Саха народнай суруйааччыта Николай Золотарев – Якутскай төрөөбүтэ 100 сааһыгар аналлаах 10 региональнай уус – уран дьүһүйүү торума
материал (1, 2, 3, 4 класс) на тему
Сценарий на тему «Сүдү талааннаах суруйааччы - оҕолорго» по произведениям писателя Н.Г.Золотарева - Якутскай. Сценарий разработан для учащихся начальных классов, где вошли 3 произведения писателя, а также краткое изложение о жизни и деятельности писателя.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
duuyuu_stsenariy.docx | 20.49 КБ |
Предварительный просмотр:
Саха республикатын үөрэҕириитин министерствота
Таатта улууһун үөрэҕириитин салаата
И.М.Хатылаев аатынан Баайаҕа орто оскуолата
Саха народнай суруйааччыта Николай Золотарев – Якутскай
төрөөбүтэ 100 сааһыгар аналлаах 10 региональнай
уус – уран дьүһүйүү торума
«Сүдү талааннаах суруйааччы - оҕолорго»
(дьүһүйүү)
Автордар:
Иванова Виктория Алексеевна
Сивцева Светлана Семеновна
Баева Лилиана Ивановна
Тосина Лена Михайловна
Баайаҕа орто оскуолатын
алын кылааһын учууталлара
2018 с.
(Музыка тыаһыыр. Экраҥҥа слайд 1 – Баайаҕа оскуолата, слайд 2 – дьүһүйүү)
(залга суруйааччы киирэр)
П. Н. Тобуруокап (Егор Винокуров, 4 кылаас үөрэнээччитэ):
- Мин Ньукулай Тобуруокаппын. Николай Якутскай сүдү талааннаах суруйааччы. Ханна да сырыттын бэйэтин бүппэт кэпсээнинэн дьон болҕомтотун тардара. Мин бэйэм даҕаны айахпын атан, иһиллии турарбын элбэхтик өйдүүбүн. Николай Якутскай улахан олоҕу олорбута, элбэх үлэҕэ – хамнаска эриллибитэ, Ийэ дойдутун илин кыраныыссатыттан арҕаа кыраныыссатыгар тиийэ киэҥ сирдэргэ сылдьыбыта.
(Музыка тыаһыыр. П.Н.Тобуруокап кэннигэр барар. Николай Якутскай киирэр)
(слайд 3 – суруйааччы олоҕун кэрчигэ)
Н. Г. Якутскай (Ньургун Неустроев, 3 кылаас үөрэнээччитэ):
- Мин оҕо сааспын ахтан аастахха: 1919 сыллаахха 11 саастаахпар төрөөбүт нэһилиэкпэр Харбалаахха оскуола аһыллыбытыгар үөрэнэ киирбитим. Онтон 3 сыл буолан баран, нэһилиэккэ комсомол тэриллибитигэр, комсомол кэккэтигэр киирбитим. Бэрт эдэр сааспыттан үлэни – хамнаһы билэн улааппытым.
(остуолга олорор, суруйан барар)
Кира Романова, 4 кылаас үөрэнээччитэ саҥарар:
Айар үлэтин Николай Гаврилович Золотарев – Якутскай 1938 сыллаахтан саҕалаабыта. Бастаан очеркалара уонна кэпсээннэрэ нууччалыы, молдаванныы тылларынан Молдавия хаһыаттарыгар бэчээттэммиттэрэ. 1946 сыллаахха ССРС Суруйааччыларын Союһун чилиэнинэн ылыллыбыта. Суруйааччы оҕолорго аналлаах үгүс айымньылардаах. Остуоруйаларын, номохторун, кэпсээннэрин, сэһэннэрин оҕолор сөбүлээн ааҕаллар, уруокка үөрэтэллэр.
1 көстүү – «Үс ини - биилэр» остуоруйа: (слайд көстөр)
(биир уол сытар, 2 уол тураллар)
Вова Белолюбскай, 4 кылаас үөрэнээччитэ: Бачча сааскар диэри тугу да үлэлээбэккэ, оҥорбокко аҥардас аҕалаах ийэҥ моонньуларыгар олордуҥ. Өйдөн, үлэлээ! Аны биһиги эйигин аһатыахпыт, атаахтатыахпыт суоҕа.
Сеня Винокуров, 2 кылаас үөрэнээччитэ: ...Һэ – һэ, мин оҕус буолбатахпын, сири хоруйуом суоҕа, өтүйэ да буолбатахпын, тимиринэн – тааһынан дьарыктаныам суоҕа...
Егор Винокуров, 4 кылаас үөрэнээччитэ: Үлэлиэххин баҕарбат буоллаххына – хоргуйан да өл! Аны биһиги эйигин аһатыахпыт, таҥыннарыахпыт суоҕа!
(Вова, Егор тахсаллар)
(Сеня сытар)
Илона Апросимова, 4 кылаас үөрэнээччитэ саҥарар:
Уол икки – үс хонукка аһаабакка сытар. Ол эрээри аһаабакка өр тулуйбат. Хараҥа түүҥҥэ хаххаланан, бастаан улахан убайын астаах ампаарын алдьатан уоран аһыыр.
Сеня Винокуров, 2 кылаас үөрэнээччитэ: Мин идэм диэн...ампаары алдьатан ас булунабын, дьон сиэбин тэбээн харчы булунабын...
Илона Апросимова, 4 кылаас үөрэнээччитэ саҥарар: Өр – өтөр буолбатаҕа, икки уоруйаҕы туппуттара. Уонна норуот ыар суутунан сууттаан, сир кэрэ ньууруттан суох гынарга быһаарбыттара.
Бары: Түөкүн – уоруйах өр үйэлэммэт, уһун олоҕу олорбот!
2 көстүү – «Ойуур оскуолата» остуоруйа: (слайд көстөр)
(Музыка тыаһыыр. Куобахчаан мэниктии сылдьар)
Тииҥ – Уруйдаана Андросова, 2 кылаас үөрэнээччитэ: Эн ханнык кыылгыный?
Мэник – Куобахчаан – Николь Петрова, 1 кылаас үөрэнээччитэ: Мин? Эн миигиттэн ыйытаҕын дуо? Хата эт, эн туох кыылгыный? Тоҕо маска ыттаҕыный?
Тииҥ – Уруйдаана Андросова, 2 кылаас үөрэнээччитэ: Мин Тииҥ диэммин. Ойуур маһыгар уйалаахпын, мас туораҕын сыата аһылыктаахпын. Оттон эн кимҥиний?
Мэник – Куобахчаан – Николь Петрова, 1 кылаас үөрэнээччитэ: Мин – Мэник куобахчааммын! Кыраларга – мин Сур Бөрөбүн! (Тииҥ куттанан куотар).
Мэник – мэник куобахчааммын,
Мээнэ – мээнэ сүүрэбин.
Тойук – тойук туойабын,
Туохтан даҕаны куттаммаппын!
Мэник – мэник куобахчааммын,
Мээнэ – мээнэ сүүрэбин.
Бороҥ – бороҥ өҥнөөхпүн
Букатын – букатын куттаммаппын!
Тураах – Дьулусхан Неустроев, 1 кылаас үөрэнээччитэ: Даах – дуух! Мин тураахпын, ойуурга олохтоохпун, мас лабаатын мунньан уйа туттабын, отонноон аһыыбын. Оттон эн хантан көстүбүт кыылгыный?
Мэник – Куобахчаан – Николь Петрова, 1 кылаас үөрэнээччитэ: Мин Мэник куобахчааммын мээнэ сылдьабын!
Тураах – Дьулусхан Неустроев, 1 кылаас үөрэнээччитэ: Даах – Дуух! Сэрэн эрэ, манна куобахтары тутан сиир Модьу атах – Модьугу көтөр баар. Антах Саһыл кыыл сытар. Аллараа үрэх аппатыгар Сур Бөрө уйаланар. Мин үөһээнэн көтө сылдьан ханна туох баарын барытын көрөбүн, билэбин...
Мэник – Куобахчаан – Николь Петрова, 1 кылаас үөрэнээччитэ: Ха-ха-ха! Мин туохтан да куттаммаппын! Хата миигиттэн сэрэнниннэр!
Бары: Оҕолоор, Мэник Куобах курдук буолумаҥ!
Ийэ – аҕа тылын истибэт
Убайдар этиилэрин улахаҥҥа уурбат
Учуутал тугу үөрэтэрин өйдөөн истибэт оҕолорго – СААТ – СУУТ!
3 көстүү – «Булчуттар үгэстэрэ» кэпсээн: (слайд көстөр)
(Булчут оҕо киирэн хаамар. Аал уотун оттор)
(сотору уолаттар киирэн төгүрүччү олороллор)
Кира Романова, 4 кылаас үөрэнээччитэ: Хас саас аайы, хаар саҥа хараарыыта бултуу бараары тэринэҕин, ботуруон ииттэҕин, саа сэбин атыылаһаҕын, мончууктаргын кырааскаланаҕын. Онтон бииргэ бултуур дьоҥҥун кытта кэпсэтэҕин, үлэһэҕин. Булка соҕотоҕун сылдьар олус чуҥкук, куһаҕан. Хас даҕаны буолан бииргэ сылдьар, бииргэ бултуур олус көхтөөх, үчүгэй буолааччы. Тымныы түүн кус көтөрүн көһүтэ сатаан баран, тоҥон, тулуйумуна, отууга тахсан уот оттунар, чэй өрүнэр түбүгэ, отуу уотун тула олорон, буруо амтаннаах хойуу чэйи иһэ – иһэ, кэпсэтэ, сэһэргэһэ олорортон ордук үчүгэй туох кэлиэй!
Кирилл Петров, 3 кылаас үөрэнээччитэ:
Баай Барылаах Тойон эһэм!
Адаар муостааххыттан,
Атырдьах атахтааххыттан амсат!
Вова Белолюбскай, 4 кылаас үөрэнээччитэ:
Сымнаҕас сыалааххыттан,
Сылаас тыыннааххыттан сымсаттар!
Ардай анаҕастааххыттан,
Адьырҕа кыылгыттан ыйан – кэрдэн кулу!
Уолаттар бары: Тускуо!
ТҮМҮК:
(музыка тыаһыыр. Уолаттар кэннигэр бараллар. Николай Якутскай киирэр, ортотугар турар)
Сандаара Потапова, 3 кылаас үөрэнээччитэ:
Саха сирин народнай суруйааччыта Николай Якутскай өлбөт - сүппэт үйэлээх айымньылара биһиги норуоппут кыһыл көмүс фондатыгар киирэллэр, саха уус – уран литературатын киэн туттар, аан дойду түһүлгэтигэр тахсыбыт
Оҕолор бука – бары: бастыҥ айымньыларбытынан буолаллар.
(Музыка тыаһыыр. Оҕолор илиилэринэн далбаатаан, тахсан бараллар)
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Презентация для 4 класса "Планета Уран"
Презентация для уроков окружающего мира в 4 классе...
Чабыр5ах - саха тылынан уус - уран айымньытын иитэр - уерэтэр суолтата.
С этим докладом мои ученицы стали дипломантами 3 степени в республиканской научно - практической конференции "Искусство и наука".Рассказывали о жанре якутского фольклора Чабыр5ах. ...
«Ийэ мичээрэ» (Ийэ кунугэр аналлаах)
Ийэ кунэ...
1 кылааска Билии кунугэр аналлаах кылаас чааьа
I кылааска Билии кунугэр аналлаах кылаас чааьа...
Доклад “Мин хос эбээм – уран тарбахтаах норуот маастара”
Бу улэ5э оло5уран Давыдова М.П. айар улэтигэр интэриэhи уэскэтэр эйгэни тэрийии, удьуор дьо5урун, сатабылын билии. Ол тэруттэрин бэйэни сайыннарыыга сэптээх хайысханы булан туьаныы....
I кылааска Билии кунугэр аналлаах кылаас чааьа
Соруктара: уэрэххэ мотивацияларын уонна уерэнэр ба5аларын уескэтии, бодоруьуу уонна бэйэ бэйэни ейдеьер культураларын сайыннарыы....
Рабочая программа кружка "Уран аа5ыы"
Пояснительная записка...