1 кылааска математика уруогун конспега
план-конспект урока по математике (1 класс) по теме
1 кылааска математика уруогар «Задачалар» тиэмэђэ аҺађас уруок презентациялаах конспега.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
1_kylaaska_matematika_uruoga.rar | 2.49 МБ |
Предварительный просмотр:
1-гы кылааска математика уруогун конспега
Оскуола: Амматаађы академик Л.В.Киренскэй аатынан лицей – МБҮөУ, Амма с., Амма улууҺа, Саха Республиката
Учуутал: Филиппова Арабелла Гаврильевна
Кылаас: 1 «б» кылаас
Тема: Задачалары суоттааҺын (чинэтии).
Уруок сыала: барбыт задачаларын араастарын суоттуур үөрүйэхтэрин чиңэтии.
Соруга:
Үөрэтэр:
- задача структуратын туҺунан өйдөбүлү чиңэтии:
-схемаларынан, уруҺуйдарынан, чыыҺылаларынан задача толкуйдуур дьођуру сайыннарыы;
- задачаны тэтэрээккэ сөпкө суруйарга үөрэнии.
Сайыннарар:
-биирдиилээн көрүңү ырыта уонна онно сыал туруоруна үөрэтии;
-бэйэ уонна атыттар үлэлэрин сыаналыы үөрэнии;
Иитэр:
-пааранан, группанан үлэђэ кэпсэтии, тутта-хапта сылдьыы культуратыгар иитии.
Үөрэнээччи уруокка сүрүн дьарыгын көрүңнэрэ:
1.Бэйэни салайынар-дьаҺанар сатабыл
-ырытыыга кытта уонна чопчу сорудађы толорууга сыал туруора үөрэнии;
-бөлөђүнэн, биирдиилээн үлэ түмүгүн сыаналааҺыңңа кытта үөрэнии;
2.Билэр-көрөр сатабыл
- учуутал ыйытыытыгар эппиэттэри чуолкайдык сөпкө туруоруу;
-уруокка ылбыт билиигэ уонна күннээђи олохтон ылбыкка олођуран билиини ситиҺии;
3.БодоруҺар сатабыл
-истэ уонна кэпсэтиигэ кыттыҺа үөрэнии;
-бөлөђүнэн ырытыыга кытта үөрэнии;
-бэйэ-бэйэђэ көмөлөҺөн пааранан үлэлии үөрэнии.
4.Личностнай УУД
- уруокка үөрэнээччи быраабылатын тутта үөрэнии.
Туттуллар тэрил: проектор, экран, карточкалар.
Уруок хаамыыта:
1. ТэрээҺин чааҺа.
Уруокка бэлэми бэрэбиэркэлээҺин.
Уруок сађаланна,
Истэбит, өйбүтүгэр хатыыбыт,
Бириэмэни харыстыыбыт.
Бэйэ-бэйэни убаастыыбыт.
2.Билиини актуализациялааҺын
Бу икки кэпсээни болђойон көрүң уонна этиң, хайатын математика учебнигар киллэриэххэ сөбүй. Хайатын тулалыыр эйгэ учебнигар киллэриэххэ сөбүй?
1.Уол түннүккэ 5 хаар кыырпађын көрбүт, кыыс 2-ни. Барыта хас хаар кыырпађын ођолор көрбүттэрий?
2. Уол түннүккэ 5 хаар кыырпађын көрбүт, кыыс 2-ни. Хаар кыырпађа диэн муус кристаллара буолаллар.
-Ким хайдах саныырый, тођо?
-Хайдах суоттуохха сөбүй?
3.Үөрэх соруктарын туруоруу.
-Ким таайдай, уруокпут сыалын?
-ЭҺиги төрөппүттэргит күн устата элбэђи ситиҺээри тугу гыныахтаахтарын хайыылларый? (Бастаан үлэбэр сылдьыам, эбиэккэ аптекађа сылдьыахпын наада…)
- ЭҺиги задачаны суоттуурга туохха ыарырђатађыт? Тугу сатыыр буолуоххутун бађарађыт? Самостоятельнай үлэђэ туохха сыыспыккытый? Тугу билэр буолуоххутун бађарађыт?
4.Задача тутулун хатылааҺын
- Задача тутулун хатылыа5ын. Тахсан ким соп тубэьэр гына сурааьыннарынан холбуо5ай?
5.Чинэтии
-Бөлөђүнэн үлэлиэхпит. Хас биирдии бөлөххө ойуулары тарђатабын бу куобах барахсан тыа оскуолатыгар үөрэнэ кэлэн баран задачата онор диэбиттэрин ардах кэлэн суурайан кэбиспит. Куобахчааннарга ким комолоьуон ба5арар?
Оччо5о көмөлөҺүң.
Учуутал ойуулары тар5атар.
О5олор аађаллакр задача толкуйдууллар.
Тахсан көмүскүүллэр.
6.Физминутка
Кыыллары утуктуу.
7.Уон иьинэн суоттур дьо5уру сайыннарыы
- Задачаны сыыьата суох суоттуурга өссө тугу сатыыр буолуохха нааданый?
(Сыыьата суох суоттуохха наада.)
- Суоттуур илиистэрбитин ылабыт. Бириэмэ5э суоттуубут, атастаьан бэрэбиэркэлиибит.
-Суоттаабыттарын бэрэбиэркэлээн баран эьиги санаа5ыт?
(О5олор санааларын этэллэр)
8.Задачаны экрантан аа5ан суоттааҺын
Задачаны ис хоҺоонун өйдүүр эрэ буоллахпытына суоттуубут, ол «Санарбакка эрэ» диэн оонньуубутун оонньуо5ун. Экрантан аа5ан үлэлээҺин.
9.Түмүк.
-Уруоктан туох түмүккэ кэллигит?
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Урок математики в 4 классе по учебнику Т.Е. Демидовой, С.А. Козловой, А.П.Тонких “Моя математика» Тема урока Не только математика… Решение задач.
Цель урока: мотивировать детей к работе с разными источниками информации; формирование у детей интеллектуальных общеучебных умений.Машина времени готова к новому полету. А отправляемся мы снова в Росс...
«Тырымнас тыллары хатылаа… (Маар-Кµ³л суруйааччылара)» 8-9 кылааска элективнэй куурус программата
Элективнэй кууру´у Маар-Кµ³л орто оскуолатын учууталлара о²ордулар. Бу µлэ саха тылын уонна т³рµт культура учууталларыгар, 8-9 кылаас µ³рэнээччилэригэр, литератураны интэриэhиргиир аа±ааччыларга, кыра...
конспект урока по математике 2 класс. рабочая программа ппо математике 1 класс . презентации по математике и грамматике для будущих первоклассников
1. Конспект открытого урока математике, данного во 2 классе по программе "Школа России" на тему :"Приёмы деления, основанные на связи между компонентами и результатом умножения."2. Презентация к...
Урок математики, "Учебник математики. Роль математики в жизни людей и общества".
Цель:выявить роль математики в жизни людей; познакомить с учебником и правилами работы по нему....
Ахсаан уруогун ыытыы методиката Тиэмэ: «икки бэлиэлээх тогурук чыыьыланы столбигынан ко5урэтии 50-24» 2 кылаас
ГБПОУ РС(Я) С.Ф.Гоголев аатынан Дьокуускайдаа5ы педагогичэскай колледж Ахсаан уруогун ыытыы методикатаТиэмэ: «икки бэлиэлээх тогурук чыыьыланы стол...
1 кылааска Билии кунугэр аналлаах кылаас чааьа
I кылааска Билии кунугэр аналлаах кылаас чааьа...
I кылааска Билии кунугэр аналлаах кылаас чааьа
Соруктара: уэрэххэ мотивацияларын уонна уерэнэр ба5аларын уескэтии, бодоруьуу уонна бэйэ бэйэни ейдеьер культураларын сайыннарыы....