Доклад "Холобур буолар дьиэ кэргэн"
статья (4 класс) по теме

Захарова Виктория Александровна

В докладе отражается воспитание детей в приемной семье Тарасовых.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл doklad_kholobur_buolar_die_kergen.docx27.66 КБ

Предварительный просмотр:

Саха Республикатын Үөрэҕириитин Министерствота

Үөһээ Бүлүү улууһун Үөрэҕин Управленията

Г.Н. Чиряев аатынан Хоро орто оскуолата

Холобур буолар дьиэ кэргэн

Толордулар:

Захарова В.А. – алын кылаас учуутала,

Максимова С.В.- төрүт культура учуутала

Хоро-2013

                                                          Ыал аҕата-дьиэ өһүөтэ,

                                                      Ыал ийэтэ-дьиэ оһоҕо,

                                                      Ыал оҕото-дьиэ кэскилэ

                                                      Аатын ааттатар ыччата.

                                                                  Ыалга-дьиэ кэргэҥҥэ төрүүр

                                                                  Биһиги олохпут сүдү күүһэ.

                                                                  Өйө-санаата, сиэрэ-үгэһэ

                                                                  Чэгиэнэ, бөҕөтө-таҕата.

Былыр-былыргыттан күн бүгүнүгэр дылы омугуттан тутулуга суох оҕону дьиэ кэргэҥҥэ иитии ураты болҕомтоҕо ууруллар. Дьиҥ иһигэр киирдэххэ, дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитии, үөрэтии бүтүн омук дьылҕатын быһаарар сүдү суолталанан тахсар. Ол иһин оҕону иитиигэ болҕомто ууруллуоҕун ууруллар.

 Оҕо киһи быһыытынан иитиллиитэ, бастатан туран, дьиэ кэргэҥҥэ ситиһиллэр. Төрөппүт оҕо сынньалаҥын уонна иллэҥ бириэмэтин хонтуруоллуохтаах, тэрийиэхтээх, көмөлөһүөхтээх.

Норуот сайдар кэскилэ дьиэ кэргэн олоҕуттан улахан  тутулуктаах. Биллэрин курдук, дьиэ кэргэн – уопсастыба туллар тутааҕа буолар, уопсастыба  олоҕун элбэх өрүттээх уустук хартыынатын хатылыыр, тэҥҥэ уларыйар. Билиҥҥи кэмҥэ олох уларыйан, дьиэ кэргэн элбэх ыарахаттары көрсөр: сыана ыарааһына, үлэтэ суох буолуу, духуобунас, сиэр- майгы өттүгэр намтааһыннар уонна да атыттар.

Санаабытын аһаҕастык этэр буоллахпытына, кэлиҥҥи кэмҥэ оҕолорун туһунан санаабакка аргыны батыһар дьиэ кэргэттэр нэһилиэк ахсын хомойуох иһин үгүстэр.

Бу барыта дьиэ кэргэн олоҕор, оҕо иитиитигэр улаханнык дьайар. Кыаммат – түгэммэт ыаллар, аргыһыт дьиэ кэргэн биллэ элбээтэ, ол түмүгэр, тулаайах, көрүүтэ – истиитэ суох хаалбыт оҕо ахсаана күнтэн күн элбээн иһэр. Маннык түгэҥҥэ оскуола уонна дьиэ кэргэн иитэр үлэтэ уустугурар, ураты суолталанар.

Оҕо дьиэ кэргэҥҥэ иитиллэн туруктаах киһи буоларын олохпут дакаастаата. Кэнники сылларга оҕо дьиэтин иитиллэччилэрин дьиэ кэргэҥҥэ олохтооһуҥҥа үлэ күүһүрдэ. Ол курдук оҕону дьиэ кэргэҥҥэ иитэ ылыы , опека, приют, патронатнай иитээччи курдук олохтооһуннар баар буоллулар.

Маннык дьиэ кэргэн биһиги улууспутгар тэриллэн үлэлээнбитэ хас да сыл буолла. Приемнай дьиэ кэргэн сүрдээх эппиэтинэстээх. Оҕо ахсаана бэйэҥ оҕоҕун киллэрэн туран,  аҕыстан элбэҕэ суох буолуохтаах. Иитэр оҕолоро аймах буолуо суохтаах. Иитэр оҕолоругар ыйын аайы босуобуйа көрүллэр уонна хамнас төлөнөр. Оҕону иитэргэ дуогабар оҥоһуллар. Приемнай дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит оҕо бэйэтин төрөппүттэрин элэмиэнин, босуобуйатын уонна да атын социальнай өҥөлөрү сүтэрбэт. Приемнай дьиэ кэргэн төрөппүттэрэ билиҥҥи ирдэбилинэн  иитээччи курсугар иккиэн үөрэнэн, оҕону иитиэхтэрин сөп диэн көҥүл ылаллар.

Эһиэхэ билиһиннэрэр дьиэ кэргэммит Үөһээ Бүлүү улууһун Хоро нэһилиэгэр биир ытыктанар, холобурга сылдьар дьиэ кэргэнинэн буолаллар. Тарасов Иван Иванович, Евдокимова Валентина Васильевна 1975 сыллаахха ыам ыйын 5 күнүгэр сүрэхтэрин холбоон ыал буолбуттара.

Төрөппүт оҕолоро: улахан уол Тарасов Вячеслав Иванович – ыам ыйын 14 күнүгэр 1976 с. күн сирин көрбүтэ, идэтинэн электрик – монтер этэ, эдэр сааһыгар, 2007 с.  олохтон туораабыта, 1 уол оҕолоох.

Иккис оҕо Тарасова Айна Ивановна –бэс ыйын 23 күнүгэр 1977с. төрөөбүтэ. Идэтинэн бухгалтер- экономист, индивидуальнай предприниматель, 1  уол оҕолоох.

Үһүс оҕо Тарасов Радислав Иванович – ыам ыйын 30 күнүгэр  1978с. төрөөбүтэ. Билигин Хаҥалас улууһугар олороллор, идэтинэн инженер- механик, 2 кыыс оҕолоохтор.

Төрдүс оҕо Тарасова Вилена Ивановна – муус устар 11 күнүгэр 1988 с. төрөөбүтэ, Хоро орто оскуолатыгар  география учуутала.

Иллээх-эйэлээх Тарасовтар дьиэ кэргэттэрэ 4 оҕо амарах ийэтэ, аҕата, 4 сиэн тапталлаах эбээтэ, эһээтэ  буоллулар.

Ыал аҕа баһылыга Тарасов Иван Иванович – үрдүк үөрэхтээх математика учууталынан 23 сыл үлэлээбитэ, ол иһигэр МО салайааччытынан 10 сыл, 14 сыл оскуола завуһунан, директорынан ананан бэйэтин кылаатын киллэрсибит биир убаастанар салайааччыбыт. Хоро нэһилиэгэ кинини быыбардаан, 3 сыл – партком сэкэрэтээринэн, 10 сыл нэһилиэк баһылыгынан талыллан, күүстээх үлэҕэ буспута-хаппыта.  Билигин үлэ ветерана, уопсайа 44 сыл үлэ стажтаах.  Сынньалаҥҥа чуҥкуйан олорбокко, салайар-тэрийэр дьоҕурун туһанан быйыл тэриллибит  олохтоох музей директорынан сүүрэ сылдьар, нэһилиэк депутата.

Улахан дьиэ кэргэн тапталлаах ийэтэ, эбээтэ Евдокимова Валентина Васильевна – оскуолаҕа минньигэс астаах, ыраас туттунуулаах поварынан үтүө суобастаахтык 25 сыл үлэлээбитэ. Билигин сынньалаҥҥа олорор, үлэ ветерана.

Дьиэ кэргэн олоҕун, оҕо иитиитин сүрүннээччи - ийэ.Ханна да сырыттар ийэ санаата дьиэтигэр-уотугар сытар, түмүллэр.

Кинилэр оҕолоро атахтарыгар турбуттарын кэннэ, саҥа  72 кв.м иэннээх дьиэни  атыылаһан, эбии толору хаачыллыылаах оҥостон  улахан дьиэҕэ бэйэбит эрэ буоллубут дии санаан  приемнай дьиэ кэргэн буоларга быһаарымматтара.

Кулун  тутар 31 күнүгэр 2009 сыллаахха Үөһээ Бүлүү приютуттан бииргэ төрөөбүт Иванова Саинаны, Иванов Эрсаны  бэйэ-бэйэлэриттэн араарбакка иитэ ылбыттара. Үһүс оҕону Александрова Күннэйи олунньу 22 күнүгэр 2010 сыллаахха аҕалбыттар.

Бу оҕолор быйыл сааскы каникул кэмигэр бэйэлэрэ баҕа санааларыттан тэтэрээккэ урукку уонна билиҥҥи  олохтоохторун тэҥнээн, сыаналаан  киһи дууһатын таарыйардыы суруйбуттара сөхтөрөр. Күн аайы көрсөр үөрэнэччилэрбит  бэйэлэригэр иҥэрэ сылдьыбыт кистэлэҥнэрин аһаҕастык тэтэрээттэригэр суруйарга санаммыттар.

Хаһан да көрбөтөх ыалларыгар кэлээт да бу дьиэ ырааһын, сылааһын, улаханын бары уот харахха үтүктүспүт курдук сөхпүттэрин суруйбуттар. Хайдах кинилэри аҕалара Иван Иванович ыла кэлбитин, олорор дьиэлэригэр айаннаан, кэлэн баран билсибиттэрин бу баардыы харахтарыгар көрө сылдьыбыттарын тэтэрээттэригэр тиспиттэр.

Ыал аҕа баһылыга Иван Иванович халыҥ уопсай тэтэрээккэ кэтээн көрүү днеквнигын олохтообут. Бу дневнигин саҕаланыытыгар оҕолору приюттан хайдах ылан аҕалбытыттан, адаптацияны ааспыттарын туһунан ымпыгар-чымпыгар тиийэ түмэн испит.

Бу оҕолору иитэ ылбыт дьиэ кэргэн эппиэтинэһэ, кинилэри болҕомтолоохтук көрө-истэ сылдьаллара, араҥаччылыыллара, харыстыыллара, үлэҕэ тэҥҥэ илдьэ сылдьан такайалллара, элбэххэ, үчүгэйгэ үөрэтэллэрэ  оҕолор күннээҕи олохторуттан көстөр.

Саамай сүрүн сыалынан-соругунан бу оҕолору инники олохторугар бэлэмнээһин буолар.

         Тарасовтар дьиэ кэргэттэрэ атын оҕолору иитэ ылар төрөппүттэргэ маннык сүбэлэри биэрэллэр:

  1. Оҕону төрөппүт оҕоҥ курдук таптыахтааххын. Кини характерын үчүгэйдик билиэхтээххин.
  2. Адаптацияны ааһар кэмнэригэр үчүгэйдик кэтээн көрүллүөхтээх.
  3. Оҕо санаатын аһаҕастык этэригэр бириэмэҕин харыстаабакка элбэхтик кэпсэтиэххэ наада.
  4. Дьиэ кэргэн оҕо сайдарын наадатыгар сааһынан көрөн араас сайыннарар оонньуулардаах буолуохтаах.
  5. Остуол тула элбэх буолан оонньооһун оҕолорго үөрүүнү аҕалар.
  6. Саас, сайын, күһүн дьиэ кэргэнинэн айылҕаҕа тахсан биир күнү ыларбытын олус да кэтэһэллэр.
  7. Кыра саастарыттан араас үүнээйини үүннэрэргэ сиэмэни тылыннарыыттан саҕалаан үүнээйи аһын биэрэн түмүктүөр дылы бары тэҥҥэ сылдьан көрөбүт –харайабыт, кэтээн көрөбүт.
  8. Оҕо эппиэтинэстээх буоларын наадатыгар күн аайы дьуһуурустуба олохтуубут.
  9. Сайынын тиэргэммит ыраас, көстүүлээх буоларын наадатыттан сүүрбэччэ араас сибэккини, мастары, сэдэх мастары - яблоняны, акацияны, черемуханы олордобут.
  10. Кыһыҥҥы өттүгэр уулуссаттан олбуорга киириигэ оҕолор эрдэттэн аҕаларын кытта тэҥҥэ хаары мунньан араас оҥоһуктары оҥорон астыналлар, аттыгар уоттаах харыйаны уһун кэмҥэ туруорарбытын сөбүлүүллэр.
  11. Ас астыырга, иистэнэргэ, таҥас сууйарга көрдөрөн туран үөрэтэбин.
  12. Оҕолорбутугар ийэ, аҕа оттүнэн 7-8 көлүөнэҕэ дылы билэрбитин үөрэппиппит.
  13.  Ийэ уонна аҕа оҕоҕо тыыннаах холобур диэн чөл олоҕу тутуһабыт, араас буолар мероприятиеларга көхтөөхтүк дьиэ кэрэгнинэн кыттабыт.
  14.  Хаһан да кыаммат, кырдьаҕас киһини атаҕастааман диэн үөрэтэбит.
  15.  Оҕолорбут сайдалларыгар араас энциклопедияны атыылаһан дьиэтээҕи библиотекабытын хаҥатабыт.
  16.  Оҕолор өйдүүр, өйгө тутар дьоҕурдара сайдарын наадатыгар уһун хоһооннору, олоҥхоттон быһа тардыыны, үгэни нойосуус үөрэтэбит.
  17.  Киэһэ сынньалаҥ кэмигэр саҥа билбит хоһооннорун дьоннорун иннигэр тахсан ааҕаллара кинилэргэ атын дьон ортотугар кыбыстыбакка ааҕаалларыгар туһалаах.
  18.  Оҕолорбут үөрэнэр кылаастарыгар төрөппүт комитетыгар киирэрбит быһыытынан оскуолаҕа, кылааска ыытыллар мероприятияларга көтүппэккэ сылдьабыт, кыттабыт. Аҕабыт оҕо иитиитигэр уһуннук үлэлээбит буолан уонна билиитин туһанан кылаас чаастарын көхтөөхтүк ыытар.
  19.  Оҕолорбутугар саха норуотун үгэстэрин, сиэрин-туомун тутуһарга  үөрэтэбит-такайабыт.
  20.  Туттуллар тэрил, оонньуурдар, кинигэлэр миэстэтигэр бэрээдэктээхтик хомуллалларын үөрэтэбит, ирдиибит.
  21.  Үөрэниэххэ, үөрэниэххэ, өссө үөрэниэххэ диэн девиһы күннээҕи олохпутугар туһанабыт.
  22.  Кыыс оҕону ыраас, чэнчис, бэрээдэктээх буоларыгар иитэбит.
  23.  Улууспутугар уонна атын улууска олорор аймахтарбытын кытары сибээһи олохтуурга оҕолорбутун тэҥҥэ илдьэ сылдьабыт. Кэрэ-бэлиэ миэстэлэри көрдөрөбүт, историятын кэпсиибит.
  24.  Айылҕаттан талааннаах айар куттаах дьону  кытта билсэбит, кинилэр үлэлэрин билиһиннэрэбит.
  25.  Оҕолорбутун кытта тэҥҥэ олорон сэһэргэһэбит, үлэбитин былаанныыбыт.
  26.  Чэгиэн-чэбдик буоларга, доруобуйаны  харыстыырга кыһын зарядканан, сайынын сүүрүүнэн дьарыктанабыт.
  27.  Режими тутуһарга үөрэтэбит.
  28.  Уруогу күн аайы 4 чаастан 6 чааска дылы ааҕалларыгар усулуобуйа олохтуубут.
  29.  Оҕолорго аналлаах хаһыаттары, журналлары суруйтарабыт, аахтарабыт, кэпсэттэрэбит.
  30.  Чинчийэр дьоҕуру сайыннарарга оҕолорбутугар күүс-көмө буолабыт.

Валентина Васильевна, Иван Иванович Тарасовтар оҕолору  үс-түөрт сыл анараа өттүгэр ылан ииппит түмүктэринэн оҕолор күннээҕи олоҕунан астыналларын, үөрэ-көтө үөрэнэллэрин, дьонноругар махталларын бырааһынньыктарга бэйэлэрэ оҥорбут сувенирдарыгар кичэйэн суруйбуттара дакаастыыр.

Иллээх-эйэлээх дьиэ кэргэн бэйэ-бэйэлэригэр убансан кыра түгэҥҥэ биир киһи атын сиргэ барда да кинини ахталлар, хаһан кэлэрин күүтэллэр.

Иллээх дьиэ кэргэҥҥэ улахан дьон икки ардыгар ытыктабыл, убаастаһыы, истиҥ, эйэҕэс сыһыан бэйэтэ үөскүүр. Оҕолорго сыһыаннара биир оннук. Ол иһин оҕолор бэйэ-бэйэлэрин икки ардыларыгар куруук аһара истиҥ, сылаас сыһыан баар. Иллээх дьиэ кэргэҥҥэ оҕолор төрөппүттэрин тылын истэллэр, иитиилэрин ылыналлар.

Истиҥник сыһыаннаһар ийэлээх-аҕалаах ыал аһыыр аһа минньигэс, таҥнар таҥаһа ыраас, үлэтэ да таһаарыылаах, сырыыта да санаа хоту табыллар. Оҕолор  «Санаа тэтэрээтигэр» бу барыта кинилэргэ ордук чугаһын тоһоҕолоон туран билиэтииллэр.

Дьиэтигэр табыллар киһи үлэтигэр да санаата кэлэн үлэлиэ, үөрэххэ да умсугуйуо, кырдьаҕаска, кыраҕа болҕомтолоохтук сыһыаннаһыа. Дьиэ кэргэн киһи-аймах көмүс ньээкэ уйата, иитиллэн тахсар эйгэтэ буолар.

Ирдэбилэ суох иитии суох. Төрөппүт тылыттан тахсыбакка, кинилэр тылларын истэ улаатан эрэллэр.

Бу дьиэ кэргэн оҕону иитэр холобурун атын дьоҥҥо тарҕатар сыалтан Саха сиринээҕи НВК телевидениетыгар хаста да уһулан көрдөрдүлэр. Итини таһынан улууспут Баһылыга Поскачин В.С. махтал суруга «За личный вклад в дело восптания детей- сирот и детей, оставшихся без попечения родителей, за их счастливое детство и уверенность в завтрашнем Дне» сөптөөх суолу тутуһан оҕолору иитэ сылдьаллара туоһулуур.

Туьаныллыбыт литература

1. К.С. Чиряев «Дьолун ыччаккар», Дьокуускай, 1990 с.

2. И.А. Иванов «Сырдак санаа ыллыгынан». Булуу, 2009

3. Иванов И.А. «Айаҥҥыт аартыга алгыстаах»

4.  «Саха сирэ» 26.08.2005 с «О5о туьугар олоробут»


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Дьиэ кэргэннэ о5олору сахалыы ньыманан иитии

Воспитывать детей на традициях народа Саха...

"Роль отца в воспитании мальчика" ("Дьиэ кэргэҥҥэ уол оҕону иитиигэ аҕа оруола")

По своей природе мальчики скромнее, немногословнее, чем девочки. Поэтому чаще всего девочки их во многом опережевают.Для того, чтобы развивать в мальчиках навыки свободно разноваривать, писать и выраж...