Ийэм уонна мин
методическая разработка (2 класс)
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
iyem_uonna_min.doc | 40 КБ |
Предварительный просмотр:
«Ийэм уонна мин» күрэх
(2-с кылаас)
Күрэҕи бэлэмнээтэ уонна ыытта:
Сулҕаччы орто уопсай үөрэхтээһин оскуолатын
учууталаа Христофорова Д.П.
Сулҕаччы
Тэрээһин ,, Мин төрөөбүт дойдум,, уруок таһынан эбии дьарык былааныгар олоҕуран ыытыллар. Күрэххэ ийэ кыыһынаан кытталлар.
Сыала-соруктара:
- Күн күбэй Ийэҕэ тапталы күүһүрдүү, кининэн киэн туттууну, ытыктабылы иитии.
- Ийэ уонна кыыс икки ардыларыгар өйдөһүүнү, өйөһүүнү олохтооһун.
- Төрөппүттэри кылаас олоҕор тардыы, көҕүлээһин.
- Кылаас уолаттарын тэрээһиҥҥэ кытыннарыы.
(Уолаттар кабинеты уруок кэнниттэн хаалан бэлэмнииллэр. Олоппостор, остуоллар холбонон тураллар. Кабинет А4 кумааҕыттан кырыллыбыт сибэккилэринэн, суругунан тупсарыллыбыт)
Күндү күн күбэй ийэлэрбит, оҕолор!
Бүгүн биһиэхэ күүтүүлээх кэрэ күн үүннэ. Аан дойду дьахталларын күнүгэр уонна 2022 сыл Саха сиригэр Ийэ сылынан биллэриллибитигэр кыттыһан туран, «Мин уонна ийэм» күрэхтэһиибитин саҕалыырбытын көҥүллээҥ!
Бары ийэлэри, эбээлэри, кыргыттары «Тапталлаах мин Аммам» ырыаларынан эҕэрдэлииллэр биһиги кылааспыт уолаттара.
Бүгүҥҥү күрэхпитигэр, эрдэ биллэриллибитин курдук, 5 түһүмэхтээх буолуоҕа. Маны барытын уолаттар сыаналыахтара (5 уолга протокол, ручка түҥэтиллэр). Баал саамай улахана «5» буолуоҕа.
Кыттааччы кыргыттарга нүөмэр талан хаһыс кытталларын быһаарыахпыт.
Чэйиҥ, күрэхпитин саҕалыаҕыҥ!
1 түһүмэх. Бэйэни билиһиннэрии.
Кыргыттар бэйэлэрин уонна ийэлэрин туһунан кылгастык иһитиннэрии оҥоруохтара (биир-биир кыттааччы кыргыттар кэпсииллэр. Уолаттар ис хоһоонунан, уус-уран тылынан сыаналыыллар). Маладьыастар! Кыргыттар кэпсээннэрэ олус интэриэһинэй буолла.
2 түһүмэх. Ас рекламата.
Хас биирдии кыттааччылар сөбүлээн тэҥҥэ астыыр бүлүүдэлэрин көрдөрүөхтэрэ, амсатыахтара. (ийэлэр бүлүүдэни рекламалыыллар). Биһиги ийэлэрбит минньигэс астарын оҕолор олус сөбүлүүллэр. Араас салаат, бурдук астарын астыырга оҕолор көмөлөстөхтөрүнэ, ийэлэрбит олус үөрэллэр.
«Ийэ мичээрэ» хоһоону Д.Саргы, Б.Варя, И.Дана, К.Вера ийэлэргэ анаан ааҕыахтара.
3 түһүмэх. Сыахай киэргэтии.
(Кыргыттарга сыахай, А4, фломастер, харандаас түҥэтиллэр. Намыын сайыҥҥы музыка тыаһыыр.) Сотору ыһыах буолуо. Саха кыргыттара эрдэттэн ыһыахха бэлэмнэнэнэллэр эбит. Ийэлэриттэн иистэнэргэ, быысыбайдыырга, оҕуруо тиһэргэ үөрэнэллэр. Билигин биһиги кыргыттарбыт сыахайдарыгар аныгылаа сахалы таҥаһы айан оҥоруохтара. Ийэлэр көмөлөһөргүт көҥүллэнэр. Бүтэрбит кыргыттар тахсан уолаттарга көрдөрөҕүт. Бэртээхэй ыһыах таҥастара буолан тахсыбыттар! Махтал!
4 түһүмэх. Причёска оҥоруу.
Бу түһүмэххэ ийэлэр кыргыттарыгар бырааһынньык причёскатын оҥоруохтара. (аҕалбыт расчёскаларын, заколкаларын, резинкаларын туһаналлар. Ол кэмҥэ учуутал баттаҕы көрүү-харайыы, саха кыыһын уһун суһуоҕун суолтатын туһунан кэпсиир). Чэйиҥ эрэ, кыргыттар! Биир-биир причёскаларгытын көрдөрөн хаамсын эрэ. Ийэлэр араас дьикти причёскалары оҥорбуттар. Кыргыттарбыт тупсубуттар даҕаны!
5 түһүмэх. Үҥкүү күрэҕэ.
Уонна бүтэһик түһүмэхпит - үҥкүү. Билигин араас музыка тыаһыаҕа. Онно сөп түбэһиннэрэн кыргыттар үҥкүүлүөхтэрэ. Ийэлэр көмөлөһөргүт биһирэнэр. (Восточнай, вальс, индийскэй, аныгылыы ритмичнэй, ностальжи биллэр музыкалар тыаһыылар). Уолаттарбыт көрдүлэр. Бүтэһик сыаналарын туруоруохтара.
(Оҕолор бары тахсан «Пусть всегда будет солнце!» ырыаны толороллор.)
Уолаттар сыаналарын түмүгүн таһаарыы. Бырааһынньык остуолун бэлэмнээһин.
Саамай долгутуулаах түгэммит үүннэ. Кыргыттар уонна ийэлэр туһунан элбэх интэриэһинэйи биллибит, ас минньигэһин амсайдыбыт, таҥас маанытын көрдүбүт, үҥкүүлэри да биһирээтибит. Бары бэлэмҥит үчүгэй буолан, бырааһынньыкпытын олус киэргэттигит. Түмүгү уолаттар иһитиннэриэхтэрэ, кыттааччыларга бэлэхтэрин туттарыахтара. (Анал ааттар, бэлэхтэр, сибэкки дьөрбөтө). Бу бырааһынньыгы тэрийбит уолаттарга, кыттыбыт кыргыттарга, күн күбэй Ийэлэрбитигэр махтал! Эһиги дьиэ кэргэҥҥэ үөрүү-көтүү, дьол-соргу уйаланнын!
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
презентация Киьи ис уонна тас тутула
Тулалыыр эйгэ УМК Перспектива. 3 кылаас. Тиэмэ: Киьи ис уонна тас тутула....
Тулалыыр эйгэ уруок ууга уонна ойуурга сэрэхтээх буолуу быраабылата
ТУЛАЛЫЫР ЭЙГЭУРУОК ТИЭМЭТЭ: УУГА УОННА ОЙУУРГА СЭРЭХТЭЭХ БУОЛУУ БЫРААБЫЛАТА ...
Саха сирин хоту уонна киин улуустарын айыл5ата
Биһиги Сахабыт сирэ сүрдээх киэн сиринэн тайаан сытар. Сахабыт Республиката иэнинэн Россия Федерациятын саамай улахан субъега буолар. Хас биирдии киһи төрөөбүт дойдутун үөрэтиитэ дьоһун суолтала...
Оҕону өй-санаа, майгы-сигили өттүнэн уонна төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолууга иитии ПРОГРАММАТА. “Төрөөбүт алааскын эн таптаа “
Оҕону өй-санаа, майгы-сигили өттүнэн уонна төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолууга иитии ПРОГРАММАТА. “Төрөөбүт алааскын эн таптаа &ldquo...
Алампа уонна Саха театра
статья...
Учууталлар уонна педагогическай общественность XIV сийиэһэ
Учууталлар уонна педагогическай общественность Х IV сийиэһэ...