Саха сирин хоту уонна киин улуустарын айыл5ата
творческая работа учащихся на тему

Ноева Сата Ивановна

Биһиги Сахабыт сирэ сүрдээх киэн сиринэн тайаан сытар. Сахабыт Республиката иэнинэн Россия Федерациятын саамай улахан субъега  буолар. Хас биирдии киһи төрөөбүт дойдутун үөрэтиитэ дьоһун суолталаах. Кыраайы билии – киһи уопсай культуратын быстыспат сор5ото

Скачать:


Предварительный просмотр:

Киириитэ

        Биһиги Сахабыт сирэ сүрдээх киэн сиринэн тайаан сытар. Сахабыт Республиката иэнинэн Россия Федерациятын саамай улахан субъега  буолар. Хас биирдии киһи төрөөбүт дойдутун үөрэтиитэ дьоһун суолталаах. Кыраайы билии – киһи уопсай культуратын быстыспат сор5ото. Ол республика сайдыытын инники соруктарын таба өйдүүргэ, айымньылаахтык үлэлииргэ наадалаах. Онон биһиги, оскуола о5олоро, хотугу дойдубут айыл5атын, нэһилиэнньэтин, хаһаайыстыбатын уратыларын үөрэтиэхтээхпит, билиэхтээхпит. Онон  бүгүн мин Сахабыт сирин хоту уонна киин улуустарын айыл5атын, дьонун-сэргэтин тэннээн көрүөхпүн ба5арабын. Хоту улуустартан Муома улууһун Төбүлэх нэһилиэгин уонна киин улуустартан Чурапчы улууһун Хадаар нэһилиэгин  ыллым. Мин бу икки улууска олорбутум, онон айыл5ата уратылаа5ын сэргээтим.

Сыала: Саха сирин хоту уонна илин энэр улуустарын айыл5аларын уратытын тэннээн көрүү.

Соруга: Муома улууһун Төбүлэх нэһилиэгин уонна Чурапчы улууһун Хадаар нэһилиэгин айыл5атын, кыылын-сүөлүн, дьонун-сэргэтин тэннээн көрүү.

Актуальноһа: Биир саастыылаахтарбар киэн-нэлэмэн Сахабыт сирин икки улууһун айыл5атын уратытын билиһиннэрии, интэриэстэрин тардыы, кэтээһини ыытыыга кө5үлээһин.

  1. Климата

        Чурапчы улууһун Хадаар нэһилиэгэ сымнаһыар курдааһын климаттаах. Кураайы,өҥүүрүк куйаас сайыннаах. От ыйын ортоку температурата 20-22˚С тиийэр. Уһун, кураайы, хаара а5ыйах, олус тымныы кыһыннаах, тохсунньу ый орто температурата -38-45,4˚С тиийэ намтыыр. Сөнүүтэ а5ыйах, сылга 120-250 мм эрэ түһэр.

        Муома улууһун Төбүлэх нэһилиэгэ субарктическай курдааһын климатыгар киирэр. Сайын сылаас, соро5ор куйаас, кураан, от ыйын орто температурата 15˚С. Кыһына олус тымныы, тыаллаах, а5ыйах хаардаах. Тохсунньу орто температурата -45-50˚С. Сыллаа5ы сөнүү олус а5ыйах, 50-150 мм буолар. Манна хаара чараас буолан туора күрдьэ5и туттубаттар. Оттон сэтинньи ортото күннэрэ киирэн хаалар уонна олунньу ый саната тахсар. Ону таһынан бэс ыйыттан атырдьах ыйын ортотугар диэри үрүн  түүннэр тураллар.

  1. Сир ньуура

        Саха сирэ – бу Сир (планета) ха5ын үс сүүнэ билиитэлэрэ ыпсыһар дойдута, ол иһин геологическай тутула уонна сирин ньуура уустук оноһуулаах.

Чурапчы Хадаара Саха сирин киин намталыгар киирэр. Киин намталы бурдук курдук туойдуну буор уонна кумах бүрүйэллэр. Саха сирин киин намтала бөдөн, көнө, сытыары долгуннурар ньуурдаах, улахан өрүстэр хочолорунан уонна кыра өрүстэр хотооллорунан бысталанар. Ону таһынан манна алаастар бааллар. Хадаарга Үрүн-күөл диэн эмис соботунан аатырбыт улахан күөл баар.

Оттон Муома Төбүлэ5э Муома-Силээннээх хотоолугар киирэр. Кини со5уруулуу-ар5аа өттүттэн Черскэй сис хайатынан, хотугулуу-илин өттүттэн Муома уонна Силээннээх сис хайалара энэрдээх. Улахан уонна кыра элбэх сис хайаттан, кэлимсэ хайалартан уонна хайа быыстарынаа5ы киэн кэдээллэртэн, хотооллортон турар. Төбүлэх аннынан Индигиир өрүс устар. Бу күүстээх сүүрүктээх, элбэх уулаах улахан өрүс, устата 1977 км. Манна өрүс төрдүттэн аахтахха 20 күрүлгэн баара биллэр. Индигиир элбэх тарыннаа5ынан аатырар.

  1. Үүнээйитэ

        Бу икки улуус айыл5атын уратыта үүнээйитин арааһыгар эмиэ оруоллаах. Ол курдук Чурапчы Хадаарыгар мастартан тиит, хатын, тэтин үүнэллэр. Оттон Төбүлэххэ бу мастартан  ураты тополь үүнэр. Уратылара диэн Төбүлэххэ тиит, хатын мастара синньигэс буолаллар. Хадаарга, алаас сир буолан, ньээм, ымыйа, тимэх, чуораан оттор, кииһилэ, кулун кутуруга, күрдьүгэс күрүөнэ, кучу курдук оттор үүнэллэр. Отто Төбүлэххэ хайалаах, өрүстээх сир буолан золотой корень, бөрө ото, болбукта (кедровый стланник), кытыан бааллар. Отоннортон Хадаарга уулаах отон, дөлүһүөн, унуохтаах отон, ону таһынан Төбүлэххэ үүммэт дьэдьэн, хапта5ас, моонньо5он үүнэллэр. Оттон Төбүлэххэ манна үүммэт биэ эмиийэ, бородьуна (хайа моонньо5оно), сугун, күлүүкүбэ, киис тинилэ5э бааллар. Ону таһынан Хадаарга Төбүлэххэ суох сардаана сибэкки үүнэр, оттон Төбүлэххэ ньургуһуннара фиолетовай уонна онон-манан розовайдары эмиэ көрүөххэ сөп.

  1. Кыыллара

        Дойду кыылын арааһа климатыттан, сирин ньууруттан эмиэ тутулуктаах буолар эбит.  Ол курдук Хадаарга  тай5алаах, алаастаах сир буолан куобах, тиин, мо5отой, киис, саһыл, туртас бааллар. Мас көтөрдөрүттэн улары, куртуйа5ы көрүөххэ сөп. Күөлүгэр собо, мунду балыктар үөскүүллэр. Манна дьон сүөһү иитиитинэн дьарыктаналлар. Оттон Төбүлэххэ дьон сүөһүнү эмиэ иитэр эрээри, а5ыйахтыыны туталлар эбит. Кинилэр сирдэрэ таастаах буолан, кыһынын хотоннорун оттоллор. Ону таһынан ыстаада5а  табаны эмиэ иитэллэр. Манна хайалаах сир буолан чубуку, бүүчээн, сиэгэн, эһэ, бөрө, кырынаас бааллар. Оттон сылыйдар эрэ хонууга дьабарааскылар олороллорун көрүөххэ сөп. Өрүскэ дьар5аа, быйыт, сыалыһар, алыһар, тукучаан диэн балыктар бааллар.    

  1. Дьоно-сэргэтэ

        Бу икки нэһилиэк дьонун-сэргэтин ахсаана, майгыта-сигилитэ олорор айыл5аларыттан быһаччы тутулуктаах эбит. Ол курдук, Хадаарга 638 киһи олорор, оттон Төбүлэххэ 2  .  Ол олорор сирдэрэ киинтэн ыраа5ынан быһаарыллар дии саныыбын. Онтон оскуола5а Хадаарга – 110, Төбүлэххэ – 4 о5о үөрэнэр. Детсадка Хадаарга – 44, Төбүлэххэ – 4 о5о сылдьар. Бааһынай хаһаайыстыба Хадаарга – 9, Төбүлэххэ – 3. Предпринимательствонан дьарыгырар дьон ахсаана Хадаарга – 10, Төбүлэххэ – 2. Хадаар нэһилиэгэр үксэ сахалар олороллор, биирдиилээн нууччалар, татаардар, эбээннэр, эбэҥкилэр бааллар. Оттон Төбүлэххэ эмиэ үксэ саха, ону таһынан 38 эбээн, биир азербайджан ыал бааллар.

        Хадаар дьоно эйэ5эстэр, ол эрэн көһүүн со5ус майгылаахтар. Айыл5аларын курдук сымна5астар, на5ыллар, бытааннар. Кинилэр үөрбүттэрин-көппүттэрин, кыыһырбыттарын көрдөрбөт тонуй со5ус дьон.

        Төбүлэх дьоно эйэ5эстэр, ыалдьытымсахтар, омуннаахтар. Тыйыс усулуобуйа5а олорор буолан, кинилэр түргэн-тар5ан туттунуулаахтар, сып-сап дьаһаллаахтар.

Түмүк

        Сахабыт сирин иэнэ 3,1 мөл.кв.км. Кини киэн уора5айыгар олорор, үөрэнэр, үлэлиир олус үчүгэй.

        Мин билигин, кыра да буолларбын, сылдьыбыт икки улууспун тэннээн көрөөрү чинчийиилэри онордум. Онно көстөрүнэн, Сахабыт сирин улуустарын айыл5ата, дьоно-сэргэтэ, кыыла-сүөлэ, тыла-өһө уратылаа5ын итэ5эйдим. Этиллибитин курдук биһиги дойдубут олус киэн сиринэн тайаан сытар. Ол иһин араас климаттаах буолар. Ханнык ба5арар дойдуга үүнэр үүнээйи, хамсыыр- харамай, дьон-сэргэ оло5о барыта климаттан тутулуктаах эбит. Хас биирдии хамсыыр харамай олох тустаах усулуобуйатыгар ньыматыйбыт.

        Хайа ба5арар киһи төрөөбүт дойдутун күндүтүк саныыр. Төрөөбүт дойдубут көй салгынынан көнүллүк тыынан, санаттан сана дьиктилэри арыйан, кини айыл5атынан киэн туттан, баайын-дуолун харыстыыр ытык иэстээх эбиппит.

        Мин бу чинчийиини онорон маннык түмүккэ кэллим: биһиги нэлэмэн Сахабыт сирин араас муннугар ураты эрээри, майгыннаспат туспа кэрэ айыл5аны көрүөхпүтүн сөп эбит. Онон төрөөбүт дойдубутун, Сахабыт сирин, таптыа5ын, айыл5атынан киэн туттуо5ун, харыстыа5ын.

             

Туттуллубут литература:

  1. География Якутии: учеб.для 9 кл.сред.шк. / [И.И.Жирков и др.]. – 2-е изд., перераб. – Якутск: Бичик, 2007. – 304с.
  2. Декоративные растения Якутии: крат.справ. / [Н.С.Данилова и др.]. – Якутск: Бичик, 2010. – 64 с., ил.
  3. Красная книга Республики Саха (Якутия). Т..1: Редкие и находящиеся под угрозой исчезновения виды растений и грибов / М-во охраны природы РС(Я), Департамент биологических ресурсов. – Якутск: НИПК «Сахаполиграфиздат», 2000. – 256 с.
  4. Почвы Якутии / Р.В.Десяткин, М.В.Оконешникова, А.Р.Десяткин; Рос.акад\наук, Сиб.отд-ние, Ин-т биол. Проблем криолитозоны. – Якутск: Бичик, 2009. – 64 с., ил.
  5. Реки иозера Якутии: крат. Справ./ С.К.Аржакова [и др.; отв.ред. В.И.Агеев]; М-во образования и науки РФ, якут. гос.ун-т им. М.К.Аммосова. – Якутск: Бичик, 2007. – 136 с.
  6. Ягодные растения Якутии / П.А.Тимофеев, Е.И. Иванова; отв. Ред Л.В.Кузнецова. – Якутск: Бичик, 2006. – 60 с.

МБОУ – Хадарская средняя общеобразовательная школа

Тема: Саха сирин хоту уонна киин улуустарын айыл5ата.

Толордо: 4 кылаас уерэнээччитэ

Гоголева Лида

Салайааччы: Ноева Сата Ивановна

2012 сыл


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Саха сирин суруйааччылара

Презентация на тему: Якутские писатели...

Саха олоҥхоһут суруйааччыта П.А.Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхото.

Сыала-соруга: .                  1. П.А.Ойуунускай – олоҥхоһут суруйааччы.2. Олоҥхо өйдөбүлүн иҥэрии.3. Оҕо с...

презентация Киьи ис уонна тас тутула

Тулалыыр эйгэ УМК Перспектива. 3 кылаас. Тиэмэ: Киьи ис уонна тас тутула....

Тулалыыр эйгэ уруок ууга уонна ойуурга сэрэхтээх буолуу быраабылата

ТУЛАЛЫЫР ЭЙГЭУРУОК ТИЭМЭТЭ: УУГА УОННА ОЙУУРГА СЭРЭХТЭЭХ БУОЛУУ БЫРААБЫЛАТА                                  ...

«Хотите – не хотите ли, но все мы потребители…»

Цель: познакомить учащихся с правовым статусом потребителя в российском государстве, воспитывать грамотного потребителя, показать, каким образом в повседневной жизни защищаются права и законные интере...