Учууталлар уонна педагогическай общественность XIV сийиэһэ
статья

Захарова Виктория Александровна

Учууталлар уонна педагогическай общественность Х IV сийиэһэ

Скачать:


Предварительный просмотр:

Бииртэн биир сонун тэрээһиннээх

 учууталлар уонна педагогическай общественность  XIV  сийиэһэ

Ханнык баҕарар учууталга, кини үүнэн–сайдан, уопутуран иһэригэр үлэлиир коллекитва улахан оруоллаах. Мин Г.Н. Чиряев аатынан Хоро орто оскуолатыгар 2010 сылтан үлэбин саҕалаабытым. Эйиигин өйдүүр, өйүүр, хаһан баҕарар көмөҕө кэлэр коллегалардаах буоллаххына, эн үлэҥ таһаарыылаах уонна ситиһиилээх буолар. Сыллата араас профессиональнай таһымнаах күрэхтэргэ, научно-практическэй конференцияларга ситиһиилээхтик кыттан, оскуола, улуус чиэһин көмүскээн, СӨ учууталларын XIV  сийиэһигэр улуус делегациятыгар киирэн кыттыыны ылар чиэскэ тиксибитим. Учууталлар уонна педагогическай общественность  XIV  сийиэһэ алтынньы 4-7 күннэригэр ыытыллыбыта. Съезд күнэ бииртэн биир уратылаах, сонун тэрээһиннээх ааспыта.

Маннык улахан тэрээһиҥҥэ урут сылдьа илик буоламмын долгутуулаах этэ. Съезд күнэ уратылаах, бииртэн биир сонун тэрээһиннээх этэ.

 Съезд бастакы күнүгэр делегаттар уонна республикатааҕы лицей- интернат үөрэнээччилэрэ ССРС народнай учуутала Михаил Андреевич Алексеев төрөөбүтэ 105 сылыгар аналлаах тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылбыппыт, махталбыт бэлиэтин сибэкки дьөрбөтүн уурбуппут. Ол кэннэ Россия – моя история музейга мультимедийнай быыстапканы көрбүппүт. Манна үөрэхтээһин инник сайдыыта уонна араас таһымнаах бырайыактар буола тураллара сырдатыллыбыта. Күн иккис аҥарыгар правительство дьиэтигэр САССР төрүттэммитэ 100 сылыгар, САССР үөрэхтээһин 100 сылыгар «Образование –важный фактор развития РС (Я)» кинигэ презентацията ыытыллыбыта.

Алтынньы 6 күнүгэр съезд делегаттара куорат оскуолаларыгар билиҥҥи кэмҥэ олус суолталаах «Разговоры о важном» кылаас чаастарын ыппыттара. Биһиги улууспут делегацията Дьокуускай куорат 2 нүөмэрдээх оскуолатыгар ыыппыта. Мин Ю.Н. Прокопьев аатынан оскуола  алын сүһүөх учуутала Саргылана Григорьевна Андреевалыын   4 «г» кылаас үөрэнээччилэригэр улууспут киэн туттар Улуу киһитэ, ССРС народнай учуутала М.А. Алексеевка аналлаах кылаас чааһын тэрийбиппит. Оҕолор олус интэриэһиргээн көхтөөхтүк кыттыбыттара. Хас биирдии оҕо тугу билбитин туһунан санаатым эппитэ, улууспут туһунан видеоролик көрөннөр олус сэҥээрбиттэрэ. Оскуола педколлективын кытта көрсүбүппүт, санаа атастаспыппыт.

СӨ үөрэҕин министерствата хас биирдии делегатка өйдөбүнньүк бэлэҕи туттарбыта.

Учууталлар уонна педагогическай общественность  XIV  сийиэһэ инники үлэҕэ кынаттаата, элбэх умнуллубат түгэннэри бэлэхтээтэ. Түгэнинэн туһанан улууспут үөрэҕириитин салалтатыгар, чуолаан начальник Спиридон Олегович Борбуевка, оскуолам коллективыгар, директор Розалия Владимировна Самсоноваҕа дириҥ махталбын тиэрдэбин!

Г.Н. Чиряев аатынан Хоро орто оскуолатын алын сүһүөҕүн учуутала

 Виктория Александровна Захарова


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Общественная презентация педагогического опыта учителя начальных классов МБОУ "СОШ с УИОП № 14" города Магадана Яковлевой Ольги Викторовны.

Общественная презентация является одним из условий  на конкурс лучших учитей для денежного вознаграждения Президентом РФ.В данной презентации отражены основные направления моего педагогического т...

Воспитание как общественное явление и педагогический процесс.

В материале рассматриваются виды воспитания, методы воспитания, факторы, влияющие на воспитание, различные взгляды на воспитание. Эта работа  будет интересна студентам педагогических ВУЗов, педаг...

Публичная презентация общественности и профессиональному сообществу результатов педагогической деятельности. ЗОЖ на уроках

Презентация, демонстрирующая упражнения, используемые в моей работе на уроках с целью сбережения здоровья учащихся.Задача:- Научить обучающихся доступным физкультурным  знаниям, двигательным умен...

Публичная презентация общественности и профессиональному сообществу результатов педагогической деятельности. СОВРЕМЕННЫЕ ОБРАЗОВАТЕЛЬНЫЕ ТЕХНОЛОГИИ КАК ОДИН ИЗ СПОСОБОВ ФОРМИРОВАНИЯ УУД

Каждый ребенок от рождения наделен определенным потенциалом развития. Этот потенциал может развиться только в процессе собственной деятельности. Маленькому человеку, вступающему в этот мир, нео...

Публичная презентация общественности и профессиональному сообществу результатов педагогической деятельности. ФОРМИРОВАНИЕ КУЛЬТУРЫ ЗДОРОВОГО ОБРАЗА ЖИЗНИ НА ОСНОВЕ РЕАЛИЗАЦИИ МЕЖПРЕДМЕТНЫХ СВЯЗЕЙ

Современный уровень формирования  культуры здоровья и безопасного уровня жизни обеспечивается при изучении базовых предметов  начальной школы.На сегодняшний день очень важно вводить вопросы ...

Отзывы педагогической общественности, родителей.

Отзывы педагогической общественности, родителей...

Публичная презентация общественности и педагогическому сообществурезультатов педагогической деятельности по теме: "Развитие экологической грамотности обучающихся "

Человек будущего, это человек, сочетающий в себе все эти навыки. Уже сегодня стоит инвестировать в своё будущее, начиная с самого раннего обучения, обеспечивая духовное развитие растущей личности школ...