Алампа уонна Саха театра
статья

Захарова Александра Ильинична

статья

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл alampa_uonna_saha_teatra.docx23.46 КБ

Предварительный просмотр:

Э.К.Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуолата

«Саха бастакы уерэхтээхтэрэ омукпут культуратын сайдыытыгар киллэрбит кылааттара.

Анемподист Иванович Софронов-Алампа уонна Саха театра»

Дэбдиргэ

        Саха литературатыгар тапталы танара уонна иэйэр кут (муза) оностон туойбут киhинэн Алампа диэн сымна5астык ытыктыы ааттыыр суруйааччыбыт А.И.Софронов буолар. Саха норуотун духовнай оло5ор сыаната биллибэт үрдүк өңөлөөх саха улуу поэта, бастакы драматура, прозаига, тылбаасчыта, маңнайгы сахалыы хаһыаттары таһаарсыбыт бастакы суруналыыһа, «Чолбон» уус-уран сурунаалы төрүттээччи, Саха театрын тэрийсибит бастакы директор, бөлүһүөк, уһулуччулаах общественнай деятель А.И. Софронов личноһа, айар үлэтэ аа5ааччы киэң интэриэһин тардыан тардар. Урукку кэмңэ Алампа драма жанрыгар ордук тууһугуран, табыллан үлэлээбитэ. Ол эрээри суруйааччы саныыр санаатын, оло5у көрүүтүн ордук толорутутк поэзиятыгар көрдөрбүтэ, саха киһитин айылгытын арыйбыта, кини уустук оло5ун эгэлгэлээн, дьүһүннээн эппитэ. Сүрэ5и ууллара уйадытар, дууһаны ытатар-ыллатар истиң-иһирэх айымньыларынан саха поэзиятыгар бастакынан лириканы киллэрбит умнуллубат үтүөлээх. Саңа төрүттэммит национальнай поэзия5а Таптал тематыгар дьоһуннаах айымньылары айбыта… 21 хоьоон киирбит лирическай дневник героинята, Алампа тапталын лирикатын бары хоhооннорун анаабыт киhитэ – 14 сыл бииргэ олорбут кэргэнэ, саха бастакы актрисата Евдокия Константиновна Яковлева-Гоголева буолар. 1891 с. төрөөбүт. Дьоно быстар дьадаңы буолан, Дьокуускайга киирэн Калинкин диэн саха атыыhытыгар сүөhү көрөөччүнэн үлэлээбиттэр. Дуня горничнайынан сылдьыбыт.Алампалыын түөрт сыл кэриңэ билсэн баран 1913с. муус устар ыйга холбоспуттар.Дьон көрүүтүгэр, Дуня үрдүк көнө уңуо5ун, маңан, толуу бэйэтин, сайа5ас майгытын бэлиэтииллэр. Олус үлэhит, асчыт, иистэнньэң, барыга ылба5ай, сыста5ас эбитэ үhү. Таптал лирикатын «Үрүң туллук эрэ мөлбөстүүр» (1914) хоhоон са5алыыр. Манна көрүөхтэн кэрэ мөссүөннээх дьахтар дьүhүлгэнэ ойууланар. Лирическэй герой тапталлаа5ын дьүhүнүн айыл5а кэрэ көстүүлэригэр холоон сө5өр-махтайар. Олоңхо5о курдук сиэдэрэй тэңнээhиннэр солбуhан иhэллэр. Үрүңтэн атын өң суо5а лирическэй героиня ырааhын, ойуччу кэрэтин көрдөрөр. Ону тэңэ, үрүң өң – тымныы өң буолара эмиэ биллэр.

    Быйыл, 2016 сылга, А.И.Софронов-Алампа үс үбүлүөйдээх эбит.
Бастакыта, төрөөбүтэ 130 сылын туолуута. Оттон иккиһэ, кини редактордаан бастакы нүөмэрин таһаарбыт саха бастакы дьиҥнээх хаһыата “Манчаары” быйыл 95 сылын бу ахсынньыга туолла.
Оттон Алампа үһүс үбүлүөйүн туһунан үгүстэр билбэттэрэ буолуо диэн сэрэйэбин. Ол билбэттэрэ баата суох, сөп даҕаны. Анемподист Иванович ити “Манчаары” хаһыат “Кыым” буолуута 1923 сыллаахха уруккуттан үлэлиир сиригэр атыыһыт Кирилл Дабыыдабыс диэн үтүөкэннээх киһини кытта Булуҥҥа балыкка киирэр. Онтон 1925 сыл бэс ыйыгар Дьокуускайга кэлээт кэргэнинээн Москубалыыр. Москубаттан 1926 сыл сайыныгар, дьэ, кэлэр.
Уруккуттан биллэр драматуру, культурнай-сырдатар уопсастыбаҕа үлэлиир А.И.Соппуруонабы оччотооҕу холбоһуктаах үөрэх уонна доруобуйа харыстабылын наркома Алексей Бояров илии баттааһыннаах 1926 сыл ахсынньы 6 күнүнээҕи бирикээһинэн Саха национальнай театрын сэбиэдиссэйинэн аныыллар. Ити аата А.И.Соппуруонап Саха театрын бастакы директора (сэбиэдиссэйэ) буолбута бу быйыл ахсынньы 6 күнүгэр 90 сылын туолла. Алампа үһүс үбүлүөйэ ити.
Алампа ол кэмҥэ Саха губревком бэрэссэдээтэлэ П.А.Ойуунускай 1921 сыллааҕы 218 нүөмэрдээх бирикээһинэн Нуучча театрыгар баар национальнай труппа комиссарынан ананан таҥара дьиэтин театр буолар гына бэлэмниир үлэни ыытар.
Анемподист Иванович 1914 сыллаахха бэлиэр дьиэтигэр театр тэрийэн А.Чехов “Кэргэн кэпсэтиитин” туруорбута. Онно 11 ыал дьиэ кэргэнэ көрөөччүлээх эбит. Бу туһунан Иркутскай жандарматыгар полицмейстер докладной-үҥсүү түһэрбит. “В день какого-то семейного праздника инородцем А.И.Софроновым в своей квартире устроен спектакль… Исполнителями ролей были сами Софронов и его жена, а также учителя из инородцев…” диэн онно суруллубут.
Бу иннигэр А.И.Соппуруонап Бирикээсчиктэр кулууптарыгар 1912 сыллаахха бэйэтэ тылбаастаан Л.Толстой “От нее все качества” драматын туруорбуттаах. 
       Онон А.И.Соппуруонап сахаҕа театр баар буолуутугар эрдэттэн дьулуспут тэрээһинигэр тус бэйэтэ улахан өҥөлөөх эбит диэтибит. Аны драматург быһыытынан эмиэ эрдэттэн саҕаламмыт дьулуурдаах уонна революция иннинээҕи дьиҥ реализм сабыдыалынан суруйбут биһиэхэ билигин классика дэнэр сиппит-хоппут “Дьадаҥы Дьаакып” (1914), “Таптал” (1918), “Кэччэгэй кэриэһэ суох” (1918), “Олох оонньуура” (1918) курдук айымньылардаах эбит.
     Итини таһынан үөһэ эппиттэн ураты, Л.Толстой “Баал кэнниттэн”, А.Пушкин “Хаппытаан кыыһа”, А.Чехов “Хаалаах киһи”, “Унтер Пришибеев”, “Хамелеон”, онтон да атын нуучча классиктарын тылбаастаталаабыт.
Дьэ, онтон А.И.Соппуруонап ити 1926 сылтан Саха театрыгар үлэлиэҕиттэн “Чолбон” сурунаалга, хаһыакка утуу-субуу “Театр диэн тугуй, туһата тугуй?”, “Драма диэн тугуй?”, “Саха театра”, “Сахалыы драма”, “Саха национальнай театрын репертуарнай аччыктааһына” эҥин курдук олус туһалаах ыстатыйалары бэчээттэтэр. Репертуары байытар туһуттан драма айымньыларыгар куонкуруһу ыытар, баар айымньылары көрөр. Кириитикэни, сыанабылы тэрийэр эҥин туһунан элбэҕи этэр.
Биһиги билигин ааҕан, докумуоннартан даҕаны билэрбитинэн, оччотооҕуга        Алампа Соппуруонаптан ураты театрга бары өттүнэн чугас, иилэһэн-саҕалаһан, ис сүрэҕинэн ылынан, итэҕэйэн, кутун туттаран үлэлиэх айылаах киһи суох, эбэтэр суоҕун кэриэтэ эбит диирбит сөп. Ону хайа баарый, баара эрэ биир сыл үс ый кэриҥэ үлэлээн истэҕинэ, хаайан, онтон көскө ыытан, кэлбитин да кэннэ сыһыара соруммакка букатын тэйиппиттэрэ. Тэрийсибит, үлэлээбит театрыгар кэлэн саҥата суох соҥуоран саалаҕа соҕотоҕун олорорун көрөр этибит диэн ол кэмнээҕи артыыстар ахтан аһараллара. Оччотооҕуга куттанан, самнан, сабыкына буолбут дьон чугаһаан кэпсэппэтэ үһү. 
       Онон А.И.Соппуруонап Саха театрыгар дьиҥнээхтик ананан 1926 сыл ахсынньы 6 күнүттэн 1928 сыл кулун тутар 28 күнүгэр диэри үлэлээбитэ.
Үс реалист сырдатааччыларбытын “өлөрө-өлөрө тилиннэрэр” үлүгэрдээх өр кэммитигэр Алампа аата букатын умнуллан кэриэтэ сэбиэскэй сиксилгэн тумарыгын быыһынан барбах көстүтэлээн ааһарга дылыта. Уруйдаан-ураатаан ыла-ыла умса-төннө түһэр муҥар сылдьар эрдэххэ кинини ким даҕаны болҕойон көрөр кыаҕа да суох эбит. Улуу Башарин соҕотоҕун ити үс реалист сырдатааччыларбытын күнү көрдөрбүтэ.
Билигин кэлэн өйдөөбүппүт, А.И.Соппуруонап олоҕун, айар үлэтин Георгий Романович Кардашевскай барахсан лаппа сырдата сатаабыт эбит диэн махтанабыт. Бу билигин олус сэбиэскэйэ суох, баартыйа ыгара-хаайара суох арыый көҥүл кэм кэллэ диэн, дьэ, үөһэ тыынан Алампаны ахтан аһарар, туруорсан туран үбүлүөйдүүр буоллубут. Эппиппит курдук, ити быйыл үс үбүлүөйдээх күннэрдээх эбит. Ойуунускай аатынан Саха академическай театра быйылгы айар дьылын мээнэҕэ Алампаҕа анаабатах.
А.И.Соппуруонап театрга киирээт, бэйэтэ 1919 сыллаахха суруйбут “Манчаары” диэн хоһоонунан драматын бэйэтэ режиссердаан 1926 сылга таһаарбыт. 1928 сылтан буруйдаах аатыран хаайыллыбатаҕа буоллар, Алампа сахалыы дьиҥнээх, политикаҕа сөп түбэһэ сатааһына суох, соцреализм, рапповщина эҥин дьайдарынан сутуллубатах ыраас драматургията Саха театрын сайдыытын түргэтэтиэх, репертуарын дириҥэтиэх этэ. А.И.Соппуруонап 1928-1931 сылларга буруйдаах аатыран умнуллар, онтон дойдутугар кэлэн даҕаны уһаабатаҕа. 1935 сыллаахха алтынньы 24 күнүгэр суох буолбута.
       Буржуазнай националистары “күнүстэри тымтыктанан” көрдүүр ухханыгар устунан олох даҕаны умнуллуоҕун кэнники ССРС народнай артыыһа буолбут саха режиссера Василий Васильевич Местников 1937 сыллаахха Алампа Соппуруонап 1918 сыллаахха суруйбут “Олох оонньуура” драматын театрга туруоран дьиҥнээх драматург үлэлии, айа сылдьыбытын санатар.
Алампа драмалара адьас кэлиҥҥэ, били 1962 с. саха литературатын сыаналааһынын көннөрөр уураах тахсыар диэри оонньоммот кэриэтэ этилэрэ. Ити кэмҥэ урут А.Соппуруонап репертуар туһунан ыстатыйаларыгар наар кыһыл-үрүҥ буолан оонньуу элбээбитин бэлиэтээбитин курдук пьесалар, бассабыык баартыйатын уруйдуур, холкуостааһын, сэбиэскэй олох ситиһиитин эҥин көрдөрө сатыыр соччо дириҥэ суох тыыннаах, уус-уран өттүнэн мөлтөһүөр пьесалар сурулла охсон театрга туруоруллуулара хойдубута. Холобур, “Ураа, кыайдыбыт”, “Бартыһаан Баһылай” эҥин курдуктар. 
      Ол эрээри, А.Соппуруонап драмаларын сэбиэскэй саҕана режиссердар Спиридон Григорьев, Федот Потапов быыс-арыт булан дьаныһан туруорбуттара. Ордук ыараханнык өр мөккүһүллэн, дьаныардаахтык туруоруллубут “Бүдүрүйбүт көммөт” оонньуу буолар. Андрей Борисовы өр эрийэн, бобо да сыһан, обкуомунан эргитэн, салайааччылар куттана-куттана да буоллар, көҥүллүүллэригэр эрэ тиийбиттэрэ. Ол барыта бүдүрүйбүт букатын көммөт диэн бигэргэтэн этии курдук өйдөөһүнтэн. Дьиҥэр, сэрэн, бүдүрүйүмэ диэн сэрэтии курдук өйдөнүөхтээх. Билигин олох тугу көрдөрдө? Төһөлөөх бүдүрүйэн эрэбитий? Ол кистэл үһү дуо?! 
Андрей Борисов кэлээт даҕаны Алампаҕа болҕомтотун хатаан, суруйааччы Николай Лугиновы булан, “Алампа, Алампа…” диэн драманы суруйтаран суруйааччы уонна кини кэмин туһунан дириҥ ис хоһоонноох уонна аныгылыы, урукку хал буолбут киэртэн тахсан бэртээхэй испэктээкили туруорбута. Алампаны Ефим Степанов, кини кэмин дьонун Симон Федотов, Анатолий Николаев, Иза Николаева курдук артыыстар оонньообуттара. Бу иннинэ хайа даҕаны саха суруйааччытын, буолаары буолан, Алампа курдук киһи, тус олоҕун туһунан испэктээкили туруоруу үөрүйэҕэ букатын суоҕа. Арай маныаха көҕүйэн Ньурба театрын сиэнэтигэр “Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр” диэн пьесаны атыннык, тоҕо эрэ, кэм ирдэбилин аахсан дуу, атыннык, плакатнайдык ааттаан туруорбуттара. 
Билигин Саха театрын репертуарыгар “Олох оонньуура” Василий Фомин уонна “Олох дьэбэрэтэ” Ефим Степанов туруорууларыгар саҥалыы көрүллэр испэктээкиллэр бааллара көрөөччүнү бэркэ тардаллар.
Алампа айымньыларыгар саҥардыытааҕыта “Дьадаҥы Дьаакыпка” сүрүн оруолу Марк Слепцов, Уйбааны Яков Кычкин умнуллубаттык оонньообуттара. Оттон Лазарь Сергучев эмиэ “Дьадаҥы Дьаакыпка” Ньукулай оруолун оччолорго сахалыы тойугунан драма иһигэр оонньоон толорор үөрүйэх суоҕар, олоҕун муҥатыйыытын тойугунан ыллаан сыналыппыта көрөөччүнү олус долгуппута. Алампа “Манчаарытыгар” эмиэ тойугунан толоруу баара даҕаны ити Сергучев киэнигэр истиҥэ, долгутуута тиийбэтэҕэ.
Саха театра быйылгы айар дьылын Алампаҕа мээнэҕэ анаабата. Инникитин ол аата А.И.Соппуруонап дьиҥ сахалыы айымньылара билигин баар уонна кэлэр кэм режиссердарын болҕомтолорун тарда туруоҕа, эҥин эгэлгэ кэрэ өттүнэн эргитиллэн диэлитэн таһаарылла туруоҕа диэн бүк эрэниэҕиҥ.
П.А.Ойуунускай аатынан театр саҥа уонна букатыннаахтык олоҕурбут уораҕайын тойон өһүөтүгэр Алампа ытык аата үйэ-саас суруллан турар.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Урок чтения в 3 классе по теме "Первый снег" А.И.Софронова-Алампа

Для полноценного восприятия художественного произведения на уроке должно быть разнообразие деятельности: разнообразие изучаемого материала, разнообразие способов работы.Это побуждает детей к активност...

презентация Киьи ис уонна тас тутула

Тулалыыр эйгэ УМК Перспектива. 3 кылаас. Тиэмэ: Киьи ис уонна тас тутула....

Тулалыыр эйгэ уруок ууга уонна ойуурга сэрэхтээх буолуу быраабылата

ТУЛАЛЫЫР ЭЙГЭУРУОК ТИЭМЭТЭ: УУГА УОННА ОЙУУРГА СЭРЭХТЭЭХ БУОЛУУ БЫРААБЫЛАТА                                  ...

Саха сирин хоту уонна киин улуустарын айыл5ата

Биһиги Сахабыт сирэ сүрдээх киэн сиринэн тайаан сытар. Сахабыт Республиката иэнинэн Россия Федерациятын саамай улахан субъега  буолар. Хас биирдии киһи төрөөбүт дойдутун үөрэтиитэ дьоһун суолтала...

Оҕону өй-санаа, майгы-сигили өттүнэн уонна төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолууга иитии ПРОГРАММАТА. “Төрөөбүт алааскын эн таптаа “

Оҕону өй-санаа, майгы-сигили өттүнэн уонна төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолууга иитии ПРОГРАММАТА. “Төрөөбүт алааскын эн таптаа &ldquo...

Ийэм уонна мин

Сценарий праздника "Ийэм уонна мин". Конкурс для девочек и мам класса. Творческие задания, рассчитаны на 1 час проведения...