Календарно-тематическое планирование предмета "Культура народов Республики Саха (Якутия)"
рабочая программа (2 класс) на тему
Тематическое планирование уроков по предмету "Культура народов Республики Саха(Якутия)" во 2 классе, в классах с якутским язяком обучения.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
knrsya.docx | 61.51 КБ |
Предварительный просмотр:
Муниципальное образовательное бюджетное учреждение
«Средняя общеобразовательная школа №17 г. Якутска»
(с углубленным изучением отдельных предметов)
Рабочие программы по УМК «ПЕРСПЕКТИВА»
для III Г класса
на 2016/2017 учебный год
Составитель:
Тарбахова С.Г.,
учитель начальных классов
высшей квалификационной категории
г. Якутск - 2016 г.
I чиэппэр | II чиэппэр | III чиэппэр | IV чиэппэр | ||||
былаан | чахчы | былаан | чахчы | былаан | чахчы | былаан | чахчы |
БЫҺААРЫЫ СУРУК
Начаалынай оскуолаҕа “Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотарын култуурата” биридимиэт сыала:
Этнокултуурунай компетенциялары иҥэрии, араас омук алтыһар эйэтигэр сатаан олоруу уонна ситиһиилээх социализация усулуобуйатын төрүттэрин уурсар.
Биридимиэт соруктара:
- бэйэ норуотун духуобунай уонна материальнайытык өйдөбүллэрин аан дойду култууратын арахсыбат чааһын курдук ылыныыны иҥэрии;
- бэйэтин уонна ыаллыы норуоттарын култуураларын туһунан төрүт билиини олохсутуу;
- бэйэ норуотун үгэһин, итэҕэлин тутһууну, Хоту дойду, Саха сирэ Россия олохтооҕо диэн өйдөбүлү, атын омуктары кытта алтыһарга бэйэ норуотун култууратын сатаан тиэрдии сатабылын сайыннарыы;
- таны тыллаах, итэҕэллээх норуоттар култуураларыгар үтүө сыһыаны, өйдөһүүнү уонна бодоруһууну иитии.
Үөрэх биридимиэтин үөрэтии түмүктэрэ
ЫТЫК ӨЙДӨБҮЛЛЭРИ ИҤЭРИИ ТҮМҮКТЭРЭ
Тус суолталаах дьайыы:
- саха төрүт үгэстэрин, ытык өйдөбүллэрин ылыныы, олохсутуу;
- үгэс буолбут төрүт култуураны норуот айымньытын түмүгүн уонна айылҕаны кытта бииргэ алтыһан олрруу курдук ылыныы;
- өрөспүүбүлүкэ норуоттарын ураты кутуураларыгар убаастабыллаах сыһыаны култууралар алтыһыыыларын сайдыытын сүрн усулуобуйатын уонна утарсыылары быһаарар төрүтүн курдук ылыныы;
- ахсааныттан, олорор сириттэн тутулуга суох хас биирдии норуот култууратын ылыныы;
- ноуруоттар култууралара эгэлгэ араастааҕынуопсастыба култууратын байытыы төрдүн курдук ылыныы;
- элбэх култууралара алтыһар эйгэлэрэ, бодоруһуулара, култууралара диалогтара – ллиичинэс бэ йэтэ уонна гражданскай уопсастыба социальнай сиэрэ-майгыта сайдар усулуобуйата буоларын ылыныы.
Сатабылы сайыннарыы:
- бэйэ норуотун үгэһин күннээҕи олоххо уонна анал этнокултуурунай тэрээһиннэргэ (ыһыах, сиэр-туом, уо.д.а.) тутуһуу;
- бэйэни саха, Саха сирин уонна Россия гражданинын быһыытынан билинии;
- бэйэни Хотугу дойду, Саха сирэ, Россия олохтооҕунабын диэн билиһиннэрии;
- бэйэҕээ, тулалыыр дьоҥҥо-сэргэҕэ, айылҕа эйгэтигэр убаастабылы иитии.
ҮӨРЭХ САТАБЫЛЛАРЫН САЙЫННАРЫЫ ТҮМҮГЭ
Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыллар:
- культуроведческай матырыйаалга олоҕуран сыалы-соругу таба туруорунар, бырайыактыыр дьарыгы сатаан былаанныыр;
- сиэри-туому, үгэһи толорууга тахсар алҕаһы көннөрөр;
- культуроведческай билиини, сатабыл, үөрүйэҕи сөпкө сыаналыыр;
- кэлэктиибинэн этнокултуурунай үлэҕэ кыттыһар (норуот бырааһынньыктарыгар уо.д.а.);
- араас этнокултуура усулуобуйатыгар төрүт үгэһи тутуһар уонна бэйэни сатаан салайынар;
- пааранан, бөлөҕүнэн, хамаанданан уо.д.а. бииргэ алтыһан үлэлиир;
- Саха сирин уонна Россия норуоттарын бодоруһар майгыларын-силигилэрин олохсуйбут бэрээдэгин (этноэтикеты) бииргэ алтыһыы усулубуйатыгар учуоттуур;
- тас көрүҥнэринэн, тылларынан, үгэстэринэн, итэҕэллэринэн уратылаһар дьону кытта өйдөһөргө уонна алтыһарга бэлэмнээх буолар;
- бэйэ норуотунт култууратын атын омуктары кытта алтыһыыга Саха сирин, Россия таһыммыгар сатаан көрдөрөр.
ТУСТААХ ҮӨРЭХ БИРИДИМИЭТИН ҮӨРЭТИИ ТҮМҮГЭ
- анал өйдөбүллэр нөҥүө бэйэни сахха быһыытынан билиһиннэрэрэ сатабылы олохсутуу;
- фольклор көрүҥнэрин, норуот ырыатын, музыкаытн, төрүт үгэһин, сиэрин-туомун күннээҕи олоххо уонна күн-дьыл эргииринэн тутуһар сиэрин-туомун нөҥүө өрөспүүбүлүкэ култуураҕа, тылга уратылаһар үгүс өрүттээх олоҕун туһунан бастакы билсиһиитин олохсутуу;
- өрөспүүбүлүкэ уонна Россия норуоттарын култууратын туһунан билиини-көрүүнү кэҥэтэр араас матырыйаалы туһанаүөрэнии (үөрэх, уус-уран, үөрэх-наука, ыйынньык литературатыттан, тылдьыттартан, аатыластартан, хаарталартан уо.д.а.);
- тобуллаҕас өйү сайыннарар үөрүйэхтэр:
- чопчу тэҥнээһин (конкретное сравнение) (дьиэ-уот: ураһа,балаҕан, дэриэбинэ, бөһүөлэк, куорат, ас-үөл, таҥас-сап, туттар мал, киэргэл, симэх, о.д.а.);
- ырытыы, холбооһун (анализ, синтез) (олох-дьаһах тэрээһинэ, сүөһү иитиитэ, булт, сир оҥоһуута, уһаныы, иис; омук оонньуута, оонньуура, о.д.а.);
- түмүктээһин (обобщение) (хотугу дойду айылҕатыгар сөп түбэһэн үөскээбит итэҕэл, биһиги – Россия олохтоохторунабыт, биһиги – сахаларбыт, о.д.а.);
- ханыылатана сыаналааһын (классификация) (аан дойду, сир, айылҕа, киһи, дьиэ кэргэн, уран оҥоһук (ойуу-бичик, оҥоһук, симэх); ноурот музыката (хомус, кырыымпа, хобо, о.д.а.);
- дакаастааһын (доказательство) (айылҕаны кытта алтыһан олоруу уратылара, о.д.а.);
- өрөспүүбүлүкэ норуоттарын култуураларын бэлиэ (символ) нөҥүө көрдөрүү (сэргэ, саха ата, таба, ураһа уо.д.а.).
Үөрэх биридимиэтин ис хоһооно
2-4 кылаасака үөрэтии маннык ис хоһһоонноох буолар: “Айылҕа”, “Төрөөбүт дойдум”, “Дьиэ кэргэн”, “Норуотум дьиэтэ-уота”, “Норуот төрүт дьарыга”, “Уус-уран оҥоһук”, “Таҥас-сап”, “Өбүгэм аһа-үөлэ”, “Оонньуурдар, оонньуулар”, “Норуот ырыата-тойуга”, “Олоҥхо”, “Билиигин бэрэбиэркэлэн”.
“Айылҕа”
Үгэс, сиэр-туом. Саха сирин норуоттарын үгэс буолбут итэҕэллэрин уратыта уонна маарыннаһар өрүттэрэ. Айылҕаҕа билиҥҥи сыһыан, тулалыыр айылҕа туруга. Төрүт омуктар айылҕаҕа сыһыаннара. Айылҕа иччитин туһунан өйдөбүл.
“Төрөөбүт дойдум”
Саха сирэ – мин төрөөбүт дойдум. Иитиллибит Ийэ дойдуга таптал.материальнай эйгэ – мал-сал, айылҕа көстүүтэ. Духуобунай эйгэ – кинигэҕэ, искусство айымньыларыгар баар билии уонна информация, дьон ыккардыгар сыһыан уо.д.а. бу култуура эйгэтэ. Култуура – киһи аймах олох-дьаһах, оҥоруу-тутуу, өй-санаа, сиэр-майгы өттүнэн ситиһиитэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтэ – элбэх омук алтыһан олорор сирэ. Ноурот өйдөбүлэ, Саха сирин төрүт норуоттара. Саха, эбээн, эбэҥки, дьүкэгиир, долган, чукча, төрүт олохтоох нуучча, кинилэр түөлбэлээн олохсуйбут сирдэрэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ олорор араас омук дьоно (украинецтар, буряттар, белорустар уо.д.а.).
Ийэ дойдуга таптал уонна убаастабыллаах сыһыан. Ытык өйдөбүллэр: төрөөбүт дойдуга таптал, ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу. Саха Өрсөпүүбүлүкэтэ – араас омук култуурата алтыһар дойдута.
Саха сирин духуобунай үгэһэ – сиэри-туому сырдатыы, култууралар алтыһыылара. Бэйэ норуотун култууратын, олоҕун-дьаһаҕын, духуобунай баайын билэр, өйдүүр, ылынар, таптыыр, ону ааһан ис сүрэхтэн төрөөбүт доойдуга бэриниилээх буолуу.
“Дьиэ кэргэн”
Дьиэ кэргэн сыһыана. Мин төрөппүттэрим дьиэ кэргэҥҥэ ийэ, аҕа оруола. Дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитии. Кырдьаҕастары ытыктааһын. Дьиэ кэргэним ытык өйдөбүллэрэ. Дьиэ кэргэн үлэтэ, сынньалаҥа, бырааһынньыга. Бэйэ-бэйэни көрүү-харайыы, өйөһүү, көмөлөсүһүү. Бэйэ төрүччүтүн оҥоруу. Биһиги чугас ыалларбыт, кинилэр дьиэ кэргэттэрэ.
“Норуотум дьиэтэ-уота”
Саха сиригэр олохтоох омуктар үгэс буолбут дьиэлэрэ-уоттара. Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын үгэс буолбут дьиэлэрин-уоттарын аата-суола, оҥоһуулара, тутуулара. Кыһыҥҥы, сайыҥҥы дьиэ-уот уратылара. Дьиэ-уот олоҕун, сирин талыы үгэстэрэ. Дьиэ ис-тас тутула. Дьиэ ис тэрилэ, мала-сала. Оһох, оһох тутула, уот иччитин өйдөбүлэ.
“Норуот төрүт дьарыга”
Саха сиригэр олохтоох омуктар үгэс буолбут дьарыктара. Саха сирин норуоттарын сүрүн дьарыктара: түүлээх, балык булда, таба, сылгы, ынах иитиитэ.
Норуотум үгэс буолбут хаһаайыстыбата. Дьиэ кэргэним хаһайыстыбата. Дьиэ сүөһүтэ - норуот баайаа, үтүө туруга.
“Уус-уран оҥоһук”
Норуот уус-уран оҥоһуктара. Норуот ойуулуур-дьүһүннүүр искусствотын көрүҥнэрэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин төрүт омуктарын үгэс буолбут уус-уран оҥоһуктара. Таҥас-сап, атах таҥаһын, туттар мал киэргэтиитэ, оһуорадрын ааттара, суолталара, аналлара. Биллиилээх норуот маастардара уонна худуоһунньуктара.
“Таҥас-сап ”
Норуот таҥаһа-саба. Саха сиригэр олорор норуоттар төрүт таҥастара: уратылара уонна маарыннаһар өрүттэрэ. Мин норуотум таҥаһын-сабын көрүҥнэрэ уонна уратылара. Тыһы, тириини имитии, таҥастааһын туһунан өйдөбүл. Түүлэх таҥаһы, атах таҥаын көрүү-харайыы.
“Өбүгэм аһа-үөлэ”
Норуот аһа-үөлэ. Саха сирин норуоттарын үгэс буолбут астара. Дьыл кэминэн ас арааһа. Өбүгэм аһа.. аһы астааһвн технологиятын кытта билсиһии.
“Оонньуурдар, оонньуулар”
Норуот оонньуурдара уонна оонньуулара. Үгэс буолбут норуот онньуулара, көрүҥнэрэ (остуол оонньуута, хамсаныылаах оонньуулар уо.д.а.). оонньуурдар көрүҥнэрэ, туохтан оҥоһуллубуттара.
“Норуот ырыата-тойуга”
Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын ырыа, тойук култууралара. Норуот ырыата, тылынан уус-уран айымньы көрүҥнэрэ. Оҕоҕо аналлаах ырыалар. Саха сирин норуоттарын ырыа доҕуһуоллаах үҥкүүлэрэ (оһуокай, һээдьэ, лондол, гасигор уо.д.а.). норуотум ырыата-тойуга, үҥкүүтэ. Норуотум биллиилээх ырыаһыттара, артыыстара, ырыа айааччылар. Норуот музыкатын тэриллэрэ: дүҥүр, хому, кырыымпа уо.д.а.
“Олоҥхо”
Саха героическай эпоһа олоҥхо – саха норуотун ытык өйдөбүллэрин түмэр сүдү айымньы. Аан дойду айыллыыта. Үс дойду. Олоҥхону туруоруу уонна олоҥхону туруоруу уратылара. Норуот дириҥ өйүн, күүстээх санаатын, уус дьэрэкээн тылын-өһүн, киэҥ билиитин чыпчаала – эпос. Олоҥхо уонна Саха сирин норуоттарын эпостара. Эпостарга бухатыыр уонна кыыс уратылара олоҥхо араас омук култууратыгар.
Бэйэ дьарыга:
“Саха сирин театрдара”
Театр туһунан өйдөбүл ;спектакль, режиссер, репертуар, артыыс уо.д.а.). Театрдар араастара (драматическай, музыкальнай, куукула театра уо.д.а.). Дьокуускай куоракка баар театрдар: А.С. Пушкин аатынан Нуучча драматическай театра; Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет государственнай театра; Эдэр көрөөччү театра. Саха сирин улуустарын, куоратттарын, бөһүөлэктэрин театрдара. Бэйэ олорор сирин, оскуолатын театра.
“Өрөспүүбүлүкэ музейдара”
Музей – норуот муудараһын кыладабыайа. Музей арааһа: ойуулуур-дьүһүннүүр, историческай, этнографическай уо.д.а. Өрөспүүбүлүкэ государственнай музейдара: Национальнай-художественнай музей; Ем. Ярославскай аатынан Саха сиринээҕи хоту норуоттар историяларын уонна култуураларын государственнай музейа; П.А. Ойуунускай аатынан государственнай литературнай музей. Өрөспүүбүлүкэ уонна улуус музейдара: мамонт музейа, хомус музейа, Сунтаар улууһун Б. Андреев аатынан Элгээйитээҕи айылҕа музейа, Таатта улууһун Чөркөөхтөөҕү историческай-этнографическай музейа уо.д.а. Саха биллиилээх худуоһунньуктара.
“Бибилэтиэкэ – билии-көрүү уйата”
Бибилэтиэкэ – грек тыла. Бибилэтиэкэҕэ сылдьыы быраабылата. Өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо бибилэтиэкэтэ. Саха Өрсөпүүбүлүкэтин Национальнай бибилэтиэкэтэ.
Бырайыактыыр үлэ
Мин дьиэ кэргэним төрүччүтэ. Айылҕа. Ыһыах – саха норуотун бырааһынньыга.
Календарнай-тематическай былаан
№ | № | Уруоктар темалара | Тиэмэлэринэн үөрэтии сүрүн ис хоһооно | Үөрэнээччи үлэтин сүрүн көрүҥнэрэ | Чыыһыла | |
былаан | чахчы | |||||
Айылҕа (3 ч) | ||||||
1 | 1 | Сахам сирин кэрэ айылҕата | Аар айылҕа. Айылҕа ытык сирдэрэ. Айылҕаҕа харыстабыл. Айылҕабыт уратыта. Саха сирин ытык кэрэ сирдэрэ, маннык сирдэргэ сылдьыы сиэрэ-туома. Сири-уоту аһатыы сиэрэ-туома, көрүү-харайыы, оҥоруу-тупсарыы. Айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһыы. Алгыс: күнү көрсүү алгыһа. Үгэс: билгэ, айылҕаны харыстааһын. Сиэр-туом: Сылыктааһын, Ытык сиргэ сылдьыы. Олоҥхо үөрэҕэ: Айыыһыт, Иэйиэхсит. Хартыынанан үлэ: Владимир Семенович Карамзин. Өлүөнэ очуостара. | Эбии матырыйаалы туһаныы. Бибилэтиэкэттэн эбии кинигэ, сурунаал, хаһыат матырыйаалларын булан ааҕар. Быһаарыы. Дьыл кэмин сылыктыыр, быһаарар. Ырытыы. Саха сирин Ытык кэрэ сирдэрин, маннык сирдэргэ сылдьыы сиэрин-туомун билсиһэн ырытар. Сааһылаан ситимнээһин. Айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһан, күҥҥэ, уокка сүгүрүйүүнү сааһылаан ситимнээһин. Чинчийэр. Олорор сирин уратытын чинчийэр иһитиннэрии оҥорор. | ||
2 | 2-3 | Айылҕа Ытык кэрэ сирдэрэ. Республикам сарсыҥҥыта. | ||||
3 | ||||||
Төрөөбүт дойдум (4 ч) | ||||||
4 | 1 | Мин дойдум – Саха сирэ. | Төрөөбүт сиргэ-буорга таптал. Иитиллибит Ийэ дойду иһирэхтээх. Мин Өрөспүүбүлүкэм (куораттар). Ытык өйдөбүддэр: төрөөбүт дойдуга таптал, иэй дойдуга бэриниилээх буолуу. Саах Өрөспүүбүлүкэтэ – элбэх омук латыһан олорор сирэ. Тыптыыбын төрөөбүт дойдубун. Ийэ дойдуга таптал. Материальнай эйгэ – мал-сал, айылҕа көстүүтэ. Духуобунай эйгэ – кинигэҕэ, искусство айымньыларыгар баар билии уонна информация, дьон ыккардыгар сыһыан уо.д.а. култуура эйгэтэ. Култуура – киһи аймах олох-дьаһах, оҥоруу-тутуу, өй-санаа, сиэр-майгы өттүнэн ситиһиитэ. Үгэс: төрөөбүт сири-уоту харыстааһын. Хартыынанан үлэ: Афанасий Петрович Мунхалов. Аан дроойдуну истэллэр (“Мин хоту дойдум” серияттан). Василий Семенович Парников – Сэксэй. Эйэ. Бэйэ дьарыга. Бибилэтиэкэ – билии-көрүү уйата. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай бибилэтиэкэтэ. Олохтоох бибилэтиэкэ. | Быһаарыы. Төрөөбүт дойду, ийэ дойду өйдөбүллэрин туһунан матырыйаалы араас кинигэтээн, сурунаалтан ааҕан булар. Тэҥнээһин. Материальнай эйгэ уонна духуобунай эйгэ суолталарын өйдөөн тэҥнээн көрөр. Араарар. Үтүө уонна мөкү култуураны араарар. Толкуйдааһын. Норуот олоҕор-дьаһаҕар сиэр-туом өйдөбүлүн толкуйдаан ырытар. Кэпсээһин. Бибилэтиэкэ туһунан эбии матырыйаалы туһанан кэпсиир. Практическай үлэ. Үөрэппит матырыйаалларыгар олоҕуран Саха Өрөспүүбүлүкэтин араас омуктарын материальнай уонна духуобунай култуураларын тэҥнээн көрөн таблица оҥорор. | ||
5 | 2 | Саха өрөспүүбүлүкэтэ – элбэх омук алтыһан олорор сирэ. | ||||
6 | 3 | Таптыыбын төрөөбүт дойдубун. | ||||
7 | 4 | Бибилэтиэкэ –билии-көрүү уйата. | ||||
Дьиэ кэргэн (3 ч ) | ||||||
8 | 1 | Ыал – олох төрдө | Ыал – олох төрдө. Киһи. Киһи үс кута. Ыал туруга омук туругун быһаарар сүдү күүс. Биһиги ыал тутуһар үгэспит, сиэрбит. Биһиги дьиэ кэргэн төрүччүтэ. Төрүт удьуордар силистэрэ. Удьуордар силистэрин оҥоруу. Алгыс: уоллаах кыыска. Үгэс: ийэ кут, салгын кут, буор кут. | Билэр. Төрүччү тылын билэр. Төрдүгэр баар дьон олоҕун билэр. Тутуһар. Остуолга олоруу сиэрин-туомун тутуһар. | ||
9 | 2-3 | Мин урууларым | ||||
10 | ||||||
Норуотум дьиэтэ-уота (2 ч) | ||||||
11 | 1 | Өбүгэм дьиэтин ис тутула | Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын үгэс буолбут дьиэлэрин-уоттарын аата-суола, оҥоһуулара, тутуулара. Кыһыҥҥы, сайыҥҥы дьиэ-уот уратылара. Балаҕан-өбүгэм дьиэтэ. Дьиэ ис-тас тутула. Дьиэ ис тэрилэ, мала-сала. Оһох тутула, уот иччитин өйдөбүлэ. Алгыс: Аал уокка. Үгэс: ураһа арааһа, дьиэ тутуллуохтаах сирин талыы. Сиэр-туом: хаһаайыстыба туомнара – дьиэ туомнара. Хартыынанан үлэ: Иван Васильевич Попов. Саха ураһатын ис көстүүтэ. | Тэҥнээһин. Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын үгэс буолбут дьиэлэрин-уоттарын аатын, оҥоһууларын, тутууларын арааһын тэҥнээн көрөр. Ураһа тутула. Балаҕан тутула. Саха балаҕаныгар сылдьыы. Көрсүһүү. Балаҕаҥҥа үөскэээбит кырдьаҕастары кытта көрсүһэр. | ||
12 | 2 | Балаҕан – өбүгэм дьиэтэ | ||||
Төрүт дьарык (3 ч) | ||||||
13 | 1 | Сүөһү иитиитэ (оттооһун) | Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын үгэс буолбут дьарыктара. Үгэс буолбут дьарыкпыт- сүөһү иитии. Дьиэ сүөһүтүн иитии туһата. Сүөһүнү көрүүгэ-харайыыга мин көмөм. Дьиэ сүөһүтэ – норуот баайа, үтүө туруга. Оттооһун. Сылгы уонна таба иитиитэ. Алгыс: окко киирии, сылгыга алгым, идэһэ алгыһа. Үгэс: күүлэй, окко киирии. Сиэр-туом: от охсуутун саҕалааһын, тиэргэн. Олоҥхо үөрэҕэ: Күн Дьөһөгөй. Хартыынанан үлэ: Иннокентий Корякин. Оттооһун. Афанасий Николаевич Осипов. Сылгыһыттар. Эдэр табаһыт. 2006 | Билсэр. Өбүгэ төрүт дьарыгын билсэр. Тэҥниир. Сүөһүн,сылгыны, табаны көрүү-харайыы уратытын тэҥниир. Бөлөхтөөһүн. Саха Өрөспүүбүлүкэтин үгэс буолбут дьарыктарын бөлөхтөөһүн. Былааннааһын. Бэйэ норуотун үгэс буолбут дьарыктарын туһунан кэпсииргэ балааннанар. Кэпсээһин. Үгэс буолбут даьрыктарын туһунан кэпсээһин. Практическай үлэ. От үлэтин ис хоһоонун сиэрин-туомун чинчийэр. Дьиэ сүһүтэ –норуот баайа диэн түмүк оҥорор. | ||
14 | 2 | Сылгы иитиитэ | ||||
15 | 3 | Табаны иитии | ||||
Уус-уран оҥоһук (3 ч) | ||||||
16 | 1 | Оһуор – ойуу суолтата | Уус тарбах бэл маһы күллэрэр. Оһуор-ойуу суолтата. Сатабыл. Саха Өрөспүүбүлүкэтин омуктарын үгэс буолбут уус-уран оҥоһуктара. Таҥас-сап, атах таҥаһын, туттар мал киэргэтиитэ, оһуордар ааттара, суолталара, аналлара. Биллиилээх норуот маастардара. Үгэс: иис үгэһэ, уһаныы үгэһэ. Олоҥхо үөрэҕэ: Улуу Суорун. Хартыынанан үлэ: Владимир Семенович Карамзин. Саха оһуора. Мария Лукина. Сахалыы натюрморт. Бэйэ дьарыга. Музей. Музей – норуот баайа. Музей мала-сала. | Эбии матырыйаалы туһаныы. Интенет-ресурсалартан, эбии литератураттан Саха сирин норуоттарын үгэс буолбут уус-уран оҥоһуктарын туһунан матырыйаал хомуйар уонна уруокка туттар. Ойуулаах оҥоһук быыстапкатыгар сылдьар. Билсэр. Норуот маастардарынт уонна кинилэр үлэлэрин кытта билсэр. Ырытыы. Оһуор арааһын ырытар, чинчийэр. Таҥас-сап, атах таҥаһын, туттар мал киэргэтиитин, оһуордарын ааттарын, мулталарын, аналларын туһунан ырытар. Эбии матырыйааллары туһаныы. Интернет ресурсаларын туһанан өрөспүүбүлүкэ музейдарын туһунан матырыйаалы хомуйар. | ||
17 | 2 | Норуоттар уус-уран оҥоһуктара | ||||
18 | 3 | Түмэл мала-сала | ||||
Таҥас-сап (3 ч) | ||||||
19 | 1 | Норуотум таҥнар таҥаһа | Норуотум таҥнар таҥаһа. Таҥаска киэргэл-симэх. Таҥаһы-сабы ойуулуурга аналлаах оһуордар. Тыһы,тириини имитии, таҥастааһын туһунан өйдөбүл.Түүлээх таҥаһы, атах таҥаһын көрүү-харайыы. Үгэс: тириини таҥастааһын. Сиэр-туом: таҥныы. Хартыынанан үлэ: Валериан Романович Васильев. Маастардар. Биллибэт маастар. Кычым. Биллибэт маастар. Чаппараах. Бэйэ дьарыга. Музей. Өрөспүүбүлүкэ государственнай музейдара: Национальнай-художественнай музей; Ем. Ярославскай аатынан Саха сиринээҕи хоту норуоттар историяларын уонна култуураларын государственнай музейа; П.А. Ойуунускай аатынан государственнай литературнай музей. | Билэр. Кыһыҥҥы уонна сайыҥҥы таҥас суолтатын билэр. Эбии матырыйаалы туһаныы. Кинигэ, интернет-ресурс матырыйаалларын булар, киэҥник туһанар. Кэпсэтии. Таҥаска киэргэл-симэх, оһуор туһунан быһааран кэпсиир. Практическай үлэ. Түүлээх таҥаһы, атах таҥаһын көрүү-харайыы. Кэпсээһин. Талан ылан биир музей туһунан эбии матырыйаалы туһанан кэпсиир. | ||
20 | 2 | Таҥас киэргэлэ-симэҕэ | ||||
21 | 3 | Түмэллэр | ||||
Өбүгэм аһа-үөлэ (3 ч) | ||||||
22 | 1 | Балык ас | Төрөөбүт сир бараммат аһа-үөлэ. Саха сирин норуоттарын үгэс буолбут астара. Омуктар астарын-үөллэрин уратыта. Ас арааһа: эт ;ынах, сылгы, таба), балык, үүнээйи ас. Аһы астааһын технологичтын кытта билсиһии. Бэй норуотун төрүт аһын астааһын. Үгэс: аһылык үгэһэ, түөрэх быраҕыы. | Араарыы уонна бөлөхтөөһүн. Аһы эт (ынах, сылгы, таба), балык, үүт ас диэн араарар, сөпкө ааттаан бөлөхтүүр. Билсиһии. Аһы астааһын технологиятын кытта билсиһии. Оҥорон көрдөрүү. Бэйэ норуотун төрүт аһын астаан көрдөрүү. Билэр. Доруобуйаҕа туһалаах аһы. | ||
23 | 2 | Эт ас | ||||
24 | 3 | Үүнээйи ас | ||||
Оонньуурдар, оонньуулар (2ч) | ||||||
25 | 1 | Өбүгэ оонньуулара | Норуотум оонньуурдара. Норуот үгэс буолбут оонньуулара,көрүҥнэнэ, ааттара ( өй уонна таайсыылаах, күргүөмнээх уонна тэрээһиннээх, хамсаныылаах оонньуулар уо.д.а.). Норуот оонньууларын үөрэтии. Алгыс: бухатыырга алгыс. Үгэс: төрүт хамсаныылар (кэдэйэн түһүү, сүүһү тобукка тиэрдии, чиккэччи тэбии). Олоҥхо үөрэҕэ: киһи тэрчитэ. Хартыынанан үлэ: Элляй Семенович Сивцев. Оҕунан ытыы. | Эбии матырыйаалы туһаныы. Кинигэ, интернет-ресурс матырыйаалларын булар, киэҥник туһанар. Билэр. Илии, атах оонньууларын билэр. Бөлөхтөөһүн. Хотугу олохтоох норуот оонньууларын, остуол оонньууларын бөлөхтүүр. Талыы. Норуот оонньууларын талан үөрэтэр. | ||
26 | 2 | Остуол оонньуута | ||||
Норуот ырыата-тойуга (3 ч) | ||||||
27 | 1 | Норуот үҥкүүтэ | Норуот үҥкүүтэ. Саха сирин норуоттарын ырыа доҕуһуоллаах үҥкүүүлэрэ (оһуокай, һээдьэ, лондол, хйэро, гасигор уо.д.а.) Үгэс: оһуокай хаамыыта. Хартыынанан үлэ: Владимир Семенович Карамзин. Оһуокай. Михаил Михайлович Носов. Саха былыргы үҥкүүтэ. Бэйэ дьарыга. Театр. Театр – норуот искусствотын көрүҥэ. | Бөлөхтөһүн. Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын ырыа доҕуһуооллаах үҥкүүлэрэ диэн бөлөхтүүр. Тэҥнээһин. Саха сирин норуоттарын ырыа доҕуһуооллаах үҥкүүлэрин уратыларын, маарыннаһар өрүтэрин тэҥниир. Толоруу. Саха сирин норуоттарын ырыа доҕуһуооллаах үҥкүүлэрин толоро үөрэнэр. Эбии матырыйаалы туһаныы. Интернет-ресурсалары, эбии литератураны туһанан куорат туһунан матырыйаалы хомуйар. | ||
28 | 2 | Ырыа доҕуһуоллаах үҥкүүлэр | ||||
29 | 3 | Норуот ырыата – тойуга театрга | ||||
Олоҥхо ( 4 ч) | ||||||
30 | 1 | Олоҥхо ытык өйдөбүллэрэ | Саха норуотун тылын ууһун сүмэтэ-олоҥхо. Олоҥхо ытык өйдөбүллэрэ. Олоҥхо тыла. Алгыс. Отуор. Олоҥхону туруоруу уонна олоҥхону толоруу уратылара. Алгыс: Аал-уот иччитигэр, айанньыкка. Үгэс: Айыыны тутуһуу, үлэ үгэһэ, олоҥхону истии. Сиэр-туом: алгыһы иҥэринии. Хартыынанан үлэ: Владимир Семенович Карамзин. Ньургун ырыата. Иннокентий Юрьевич Пестряков. Алгысчыт. Иван Иванович Попов. Хотун ийэ. (Е.П. Чехордуна “Олоҥхо тыла-өһө” кинигэтиттэн). Бэйэ дьарыга. Театр. Дьокуускай куоракка баар театрдар: үүнэр көлүөнэ театра, Үҥкүү театра, Өксөкүлээх Өоөксөй аатынан култуура киинэ. | Билсиһии. Олоҥхо үс дойдутугар кимнээх олорлоорун билсэр. Истии. Олоҥхону истэ үөрэнэр. Иһитиннэрии. Бөлөҕүнэн талбыт театрдарын туһунан иһитиннэрии оҥороллор. Практическай үлэ. Театрдары бу көрүҥнэринэн тэҥнэээн көрөн (архитектурата, репертуара, артыыстара) таблица оҥорор. | ||
31 | 2 | Олоҥхо тыла. Алгыс. | ||||
32 | 3 | Олоҥхону толоруу уонна туруоруу | ||||
33 | 4 | Театр – норуот искусствотын көрүҥэ | ||||
34 | 1 | Бырайыактыыр үлэ. АЙЫЛҔА (1 ч) |
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
ФОРМЫ И МЕТОДЫ ОЦЕНИВАНИЯ ОБУЧАЮЩИХСЯ В СООТВЕТСТВИИ С ФГОС ПО ПРЕДМЕТУ «КУЛЬТУРА НАРОДОВ РЕСПУБЛИКИ САХА (ЯКУТИЯ)»
Сегодня в арсенале педагогов существует целый набор хорошо зарекомендовавших себя форм и способов оценки, позволяющей реализовать все требования к оцениванию в соответствии с ФГОС....
ФОРМЫ И МЕТОДЫ ОЦЕНИВАНИЯ ОБУЧАЮЩИХСЯ В СООТВЕТСТВИИ С ФГОС ПО ПРЕДМЕТУ «КУЛЬТУРА НАРОДОВ РЕСПУБЛИКИ САХА (ЯКУТИЯ)»
Сегодня в арсенале педагогов существует целый набор хорошо зарекомендовавших себя форм и способов оценки, позволяющей реализовать все требования к оцениванию в соответствии с ФГОС....
Внеурочная деятельность. Интегрированное занятие в 1 классе. «Азбука информатики» + «Культура народов Республики Саха (Якутия)»
Темы: Понятие «Дерево». Национальная одежда народов Республики Саха (Якутия).Предметные цели:· создать условия для знакомства с понятием «Дерево», научи...
Кружок «Культура народов Республики Саха (Якутия).
Внеурочная деятельность в 1 классе.Кружок «Культура народов Республики Саха (Якутия).Тема: «Чороон»Целевая установка: сформировать понятие о деревянной посуде на примере кубка чороон...
Рабочая программа по предмету "Культура народов Республики Саха (Якутия)" 4 класс
Рабочая программа по предмету КНРС(Я) составлена на основе Примерной программы начального общего образования, в соответствии с требованиями ФГОС НОО второго поколения и ориентирована на работу п...
Культура народов Республики Саха (Якутия) 4 класс
Культура народов Республики Саха (Якутия) 4 класс...
Контрольные тесты по предмету "Культура народов Республики Саха (Якутия)" 4 класс
контрольные тесты по предмету "Культура народов Республики Саха (Якутия)" по разделам в 4 классе...