Контрольные тесты по предмету "Культура народов Республики Саха (Якутия)" 4 класс
методическая разработка (4 класс)

контрольные тесты по предмету "Культура народов Республики Саха (Якутия)" по разделам в 4 классе

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл тесты КНРСЯ 4 класс27 КБ

Предварительный просмотр:

Тест №1

Айылҕа

  1. Өбүгэлэрбит айылҕаны таптааһын, харыстааһын үөрэҕин кытаанахтык тутуһаллара. Ол үтүө үгэстэн 1-2 холобуру суруй.

__________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________

  1. Хотугу Муустаах акыйаан муораларыгар ханнык өрүс түһэрий?
  1. Бүлүү
  2. Өлүөнэ
  3. Алдан
  4. Амма

  1. Олоҥхоҕо этиллэринэн, хас биирдии уу иччилээх, ким диэн ааттанарый?
  1. Байанай
  2. Аан Алахчын Хотун
  3. Күөх Боллох Тойон
  4. Хатан Тэмиэрийэ

  1. Бурятия олохтоох дьонун атаҕын таҥаһа үөһэ ханарыйан тахсар, тоҕо?
  1. Тупсаҕай көстүүлээх буоллун диэн
  2. Сири бааһырдыбат туһуттан
  3. Атын омуктартан ураты буолаары
  4. Иҥнэн охтумаары

5.Чөркөөхтөөҕү историческай-этнографическай түмэл ханнык улууска баарый?

1) Сунтаар

2) Өлөөн

3) Горнай

4) Таатта

6. Хомус түмэлэ хас сыллаахха тэриллибитэй?

1) 1992 с

2) 1991 с

3) 1900 с

4) 2020 с

7. Саха сирин бастакы президенэ кимий?

1) В.А. Штыров

2) М.Е. Николаев

3) А.С. Николаев

4) Е.А. Борисов

8. Дьокуускай куорат ханнык хочоҕо турарый?

1) Эркээни

2) Туймаада

3) Эҥсиэли

9. Мас силиһэ суох олорбот, киһи Ийэ дойдута суох олорбот диэн тоҕо этэллэрэ буолуой?

___________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________

Тест №2

Төрөөбүт дойдум

  1. Саха сирэ  Российскай Федерация территориятын төһө сирин ыларый?
  1. 1/3
  2. 2/3
  3. 2/4
  4. Кыра аҥарын

  1. Сибиир хотугулуу-илиҥҥи өттүгэр түүр тыллаах сахалар хаһыс үйэҕэ кэлбиттэрий?
  1. IX-XI үйэлэргэ
  2. V-VIII үйэлэргэ
  3. XVII үйэлэргэ
  4. XIII-XIV үйэлэргэ

  1. «Ийэ сир» диэн өйдөбүлэ?
  1. Төрөөбүт-үөскээбит дойду
  2. Ол дойдуга олорор норуот
  3. Дойду историята
  4. Барыта

  1. Хаан хаалбат, …….. көппөт, өс хоһоонун ситэр
  1. Уҥуох
  2. Киһи
  3. Көлүөнэ
  4. Норуот

  1. Саха норуота хайдах омугунан биллэрий?
  1. Ырыаһыт
  2. Ыалдьытымсах
  3. Үлэһит
  4. Тулуурдаах

  1. Ыалдьыты маанылаары хотугу норуоттар остуолга туох төбөтүн ууралларый?
  1. Бараан төбөтүн
  2. Сылгы төбөтүн
  3. Балык төбөтүн
  4. Ынах төбөтүн

  1. Саха киһитэ сайылыкка көһөрүгэр бастаан ханнык сиэри-туому оҥороруй?
  1. Сүөһүлэрин көһөрөр
  2. Биир хонук иннинэ эбэни аһатар
  3. Сайылыгын киэргэтэр
  4. Сайылыкка тиийэн сыт-сымар таһаарар

  1. Саламаны туохтан оҥороллоруй?
  1. Сылгы сиэлиттэн
  2. Томторук арааһыттан
  3. Танас сыыһыттан
  4. Барыта сөп

  1. Ыһыах күрэхтэһиитин кыайыылааҕар туох улахан наҕараада туттаралларый?
  1. Харчы
  2. Сүөһү
  3. Мүһэ
  4. Массыына

Тест №3

Төрүт дьарык

  1. Саха аймах иитиллибит булда, үрүҥ тыынын элбэхтик өрүһүйбүт кыыл
  1. Саһыл
  2. Куобах
  3. Эһэ
  4. Собо

  1. Чалбараҥ диэн тугу ааттыылларый?
  1. Куобах күрэҕэ
  2. Булду буһаран, кэлбит дьону аһатыы
  3. Булт тэрилэ
  4. Бултааһын

  1. Былыр булчут саһылы өлөрдөҕүнэ, үрүҥ көмүс симэҕинэн киэргэтэн түннүгүнэн киллэрэр, тоҕо?
  1. Байанайы үөрдээри
  2. Ким да көрбөтүн диэн
  3. Аныгыскыга бултуйаары
  4. Абааһыттан куоттаран

  1. Күөл кытыытыгар, ууга куһу бултуурга анаан иитиллэр
  1. Айа
  2. Туһах
  3. Тиргэ
  4. Хапкаан

  1. Куйаас күн ханан илимниир ордугуй?
  1. Күөл үөһүн соҕус
  2. Ханан баҕарар
  3. Сүүрүктээх сиринэн
  4. Күөл кытыы сиригэр

  1. Балыксыт тэриллэрин бэлиэтээ
  1. Айа
  2. Туу
  3. Ох саа
  4. Куйуур

  1. «Ыра санаа» хартыына ким үлэтэй?
  1. Валериан Васильев
  2. Афанасий Мунхалов
  3. Андрей Чикачев
  4. Афанасий Осипов

  1. Тимир ууһа уоттаах чоҕу үрдэрэргэ аналлаах тэрилэ
  1. Күөрт
  2. Чыскы
  3. Чүүччү
  4. Балта

  1. Ханнык театр маҥнай аһыллыбытай?
  1. П.А. Ойуунускай аатынан Таатта норуодунай театра
  2. Ньурбатааҕы көһө сылдьар драматическай театра
  3. Д. Ходулов аатынан Майа норуодунай театра

Тест № 4

Өбүгэм аһа-үөлэ Оонньуурдар, оонньуулар

  1. Ынах үүтүттэн, сүөгэйтэн оҥоһуллубут кымыс көрүҥэ
  1. Саамал кымыс
  2. Аарахтаах кымыс
  3. Хойуу кымыс
  4. Арыылаах кымыс

  1. Чохоон ханнык ас көрүҥэй?
  1. Үрүҥ ас
  2. Балыктан ас
  3. Эт ас
  4. Үүнээйиттэн ас

  1. Саха норуотун төрүт аһылыга
  1. Блины
  2. Саламаат
  3. Дьуухала
  4. Хааһы

  1. Сайыҥҥы биир күн бүтүн ….. аһатар. Өс хоһоонун көппүт тылын бул
  1. Киһини
  2. Ыалы
  3. Кыһыны
  4. Сири

  1. Хаппыт мастан, кыра бүлүүһэ саҕа төгүрүк көрүҥнээх эбээн оҕотун оонньуура
  1. Хабылык
  2. Күүрүкээн
  3. Дыыгынас
  4. Күүгүнэй

  1. Сахалыы остуол оонньуута
  1. Хапсаҕай
  2. Оҕус буолан харсыы
  3. Бөтүүктэһии
  4. Хаамыска

  1. Хаамыскаһыт хас төгүл араас хабыыны оҥордоҕуна таҕыста дэнэрий?
  1. 7
  2. 5
  3. 4
  4. 10

  1. «Оонньообот оҕо – оҕо буолбат» диэн өс хоһоонун хайдах өйдүүгүн, бэйэҥ санааҕын суруй:

__________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________

Тест 5

Норуот ырыата-тойуга Олоҥхо

  1. Ырыа бэрт былыргыттан үөскээбитэ уонна икки көрүҥҥэ арахсар, ханнык ырыа дэгэрэҥ көрүҥэр киирсэрий
  1. Тойук
  2. Алгыс
  3. Оһуохай
  4. Олоҥхону ырыанан толоруу
  1. Дэгэрэҥ ырыаны толорууга киһи ханнык органнара сүрүн оруолу толороллоруй?
  1. Таҥалай
  2. Тыл
  3. Хабарҕа
  4. Быар
  1. Саха профессиональнай искусствотын төрүттээччи, сахалартан бастакы композитор
  1. Аркадий Алексеев
  2. Грант Григорян
  3. Николай Бажов
  4. Марк Жирков
  1. Олоҥхоҕо Орто дойдуга хас оҕо төрөөтөҕүн аайы Айыыһыт Хотун кэлэр, уҥа илиитигэр уол оҕо сүрүн тутан кэлэр, ол тугуй
  1. Саа
  2. Быһах
  3. Ох саа
  4. Кур
  1. Хаҥас илиитигэр кыыс оҕо сүрүн тутан кэлэр, ол тугуй
  1. Иҥнэ
  2. Кыптыый
  3. Ытарҕа
  4. Бастыҥа
  1. Ханнык баҕарар омук олорон кэлбит историятын көрдөрөр героическай эпостаах.саха оннук айымньыта олоҥхо буолар. Бэриллибит айымньылары омуктарын кытары холбоо

Нуучча                                      Храбрый Содани-богатырь

Эбэҥки                                      Дьулуруйар Ньургун Боотур

Саха                                           Илья Муровец

  1. Аан дойдуга араас култуураны харыстыыр тэрилтэ ЮНЕСКО олоҥхону киһи аймах чулуу айымньытынан биллэрбитэ, ол күн Саха сиригэр Олоҥхо күнүнэн биллэриллибитэ, ханнык күн
  1. Алтынньы 25 күнэ 2005 сыл
  2. Сэтинньи 25 күнэ 2005 сыл
  3. Сэтинньи 25 күнэ 2004 сыл
  4. Ахсынньы 25 күнэ 2005 сыл
  1. Олоҥхо ытык өйдөбүллэрэ олох, киһи, дьулуур, бэриниилээх буолуу, сомоҕолоһуу, билиҥҥи кэмҥэ бааллар дуо, бэйэҥ санааҕын суруй

__________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________

Тест 6

Үгэс буолбут бырааһынньыктар

  1. Хас биирдии норуот үгэс буолбут бырааһынньыктаах, эбэҥки норуотун бырааһынньыгын бул
  1. Ыһыах
  2. Шахадьибэ
  3. Бакалдын
  4. Эвинек
  1. Бу бырааһынньыктарга норуот туспа бэйэтэ үҥкүүлээх буолар, дьүкээгир үҥкүүтэ ханныгый
  1. Лоҥдол
  2. Оһуохай
  3. Сээдьэ
  4. Хоровод
  1. Николай Николаевич Курилов хартыынатын аата
  1. Ыһыах
  2. Үҥкүү
  3. Сайыны көрсүү
  4. Күн тахсыыта
  1. Ыһыах сүрүн сиэрэ-туома
  1. Оһуохай
  2. Күрэхтэһии
  3. Алгыс
  4. Аһааһын
  1. Ыһыах сирин бэрт мындыр чинчиһит киһи ыйан биэрэр, хайдах сири таларый
  1. Көнө ньуурдаах
  2. Чугас ойуурдаах
  3. Күөллээх
  4. Барыта сөп
  1. Саха олоҕун-дьаһаҕын, үгэстэрин туһунан сиһилии суруйбут киһинэн швед Яков Линденау буолар. Кини суруйбутунан сахалар оҕоҕо хас аат биэрэллэрий
  1. 1
  2. 3
  3. 2
  4. Хас баҕарар буолуон сөп
  1. Сахалар ыалга бастаан кэлэр киһиэхэ сүүһүгэр күлү умньууллара. Тоҕо?
  1. Дьиэ иччитин кытары билсиһиннэрээри
  2. Абааһы көрбөтүн диэн
  3. Үтүө киһи буоллун диэн
  4. Үһүс харах оҥороллор
  1. Билиҥҥи бырааһынньыктартан ханныгы ордороҕунуй? Тоҕо?


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

ФОРМЫ И МЕТОДЫ ОЦЕНИВАНИЯ ОБУЧАЮЩИХСЯ В СООТВЕТСТВИИ С ФГОС ПО ПРЕДМЕТУ «КУЛЬТУРА НАРОДОВ РЕСПУБЛИКИ САХА (ЯКУТИЯ)»

Сегодня в арсенале педагогов существует целый набор хорошо зарекомендовавших себя форм и способов оценки, позволяющей реализовать все требования к оцениванию в соответствии с ФГОС....

ФОРМЫ И МЕТОДЫ ОЦЕНИВАНИЯ ОБУЧАЮЩИХСЯ В СООТВЕТСТВИИ С ФГОС ПО ПРЕДМЕТУ «КУЛЬТУРА НАРОДОВ РЕСПУБЛИКИ САХА (ЯКУТИЯ)»

Сегодня в арсенале педагогов существует целый набор хорошо зарекомендовавших себя форм и способов оценки, позволяющей реализовать все требования к оцениванию в соответствии с ФГОС....

Внеурочная деятельность. Интегрированное занятие в 1 классе. «Азбука информатики» + «Культура народов Республики Саха (Якутия)»

Темы: Понятие «Дерево». Национальная одежда народов Республики Саха (Якутия).Предметные цели:·         создать условия для знакомства с понятием «Дерево», научи...

Кружок «Культура народов Республики Саха (Якутия).

Внеурочная деятельность в 1 классе.Кружок «Культура народов Республики Саха (Якутия).Тема: «Чороон»Целевая установка:   сформировать понятие о деревянной посуде на примере кубка чороон...

Рабочая программа по предмету "Культура народов Республики Саха (Якутия)" 4 класс

Рабочая программа по предмету КНРС(Я)  составлена на основе Примерной программы начального общего образования, в соответствии с требованиями ФГОС НОО второго поколения и ориентирована на работу п...

Культура народов Республики Саха (Якутия) 4 класс

Культура народов Республики Саха (Якутия)  4 класс...

Календарно-тематическое планирование предмета "Культура народов Республики Саха (Якутия)"

Тематическое планирование уроков по предмету "Культура народов Республики Саха(Якутия)" во 2 классе, в классах с якутским язяком обучения....