Рабочая программа по родному литературному чтению
рабочая программа (3 класс) на тему

Олесова Айыына Ивановна

УМК Саха оскуолата 

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл РП УМК Саха оскуолата42.5 КБ

Предварительный просмотр:

Министерство образования РС(Я)

Муниципальное бюджетное образовательное учреждение

«Балыктахская средняя общеобразовательная школа»

Рассмотрено на заседании ШМО                        Согласовано                                                 Утверждаю

Учителей __________________                        Заместитель директора УВР                        Директор ОУ

______________________ Ф.И.О                    _________________Ф.И.О.                                 _______________ Ф.И.О

№ протокола ______                                «__» _____________2015-16г.                         «__» ___________2015-16г.

«___» ______________2015-16г.

РАБОЧАЯ ПРОГРАММА

Предмет:                                           Родная литература

Учебный план:                                2017-2018

Класс:                                               3

Количество часов:                          68

Количество часов в неделю:          2

Учитель:                                          Олесова А.И

  1. БЫҺААРЫЫ СУРУК

Үөрэх биридимиэтин өйдөбүлэ

Үлэ бырагыраамата Федеральнай государственнай үөрэх стандартыгар, “Россия гражданинын личноһын сиэрин-майгытын сайыннарыы уонна иитии кэнсиэпсийэтигэр“, үөрэх биридимиэтин үөрэтии түмүктэригэр, Л.В.Захарова уо.д.а. автордар 3 кылааска ааҕыы уруогар аналлаах «Литература ааҕыыта» үөрэнэр кинигэҕэ (Дьокуускай: «Бичик», 2015) олоҕуран оҥоһулунна.

Уус-уран литература оскуолаҕа оҕону кыра сааһыттан ийэ тыл эйгэтигэр киллэрэр, уран тылга уһуйар, иитэр-үөрэтэр сүрүн хайысха. Умсугуйан ааҕар оҕо өйө-санаата сайдыылаах, билиилээх-көрүүлээх, олох бүгүҥҥүтүн эрэ буолбакка, бэҕэһээҥҥитин ырыҥалыыр, сарсыҥҥытыгар эрэллээх буолар. Онон «Литература ааҕыыта» үөрэх биридимиэтин анала — оҕоҕо ааҕар дьоҕурн олохсутуу, ааҕыы бэйэ кыаҕын сайыннарыыга суолталааҕын өйдөтүү.

Оскуолаҕа «Литература ааҕыыта» үөрэх биридимиэтин сыаллара:

  • ааҕыы уопсай култууратын иҥэрии; ааҕар үөрүйэҕи олохсутуу; саҥа араас көрүҥүн сайыннарыы;
  • оҕону ааҕыы араас эйгэтигэр сөптөөх научнай литератураны хабан туран киллэрии;
  • уус-уран айымньыны ааҕыы нөҥүө уйулҕаны хамсатан иэйиини уһугуннарыы; тыл искусствотыгар эстетическэй сыһыаны үөскэтии; айар дьоҕуру сайыннарыы;
  • ааҕыы нөҥүө сиэр-майгы үтүө өрүттэрин олохсутуу; Саха сирин, Россия уонна тас дойду норуоттарын култуураларыгар убаастабылы иитии.

Сыалы ситиһэргэ маннык соруктар тураллар:

  • ааҕыы араас ньыматын баһылааһын;
  • тиэкиһи кытта үлэ сүрүн сатабылларын иҥэрии;
  • наадалаах литератураны булан туһаныы;
  • ааҕыыга интэриэһи үөскэтэн, кинигэҕэ тапталы иҥэрии;
  • айан кэпсиир уонна суруйар үөрүйэхтэри сайыннарыы;
  • норуот тылынан уонна уус-уран айымньытын духуобунай ис номоҕун нөҥүө иэйиини уһугуннаран, олох араас көстүүтүгэр сиэрдээх сыһыаны үөскэтии;
  • уус-уран айымньы тылыгар болҕомтолоох буолууну ситиһии;
  • төрөөбүт уонна араас омук литературатын араара өйдөөн, ол нөнүө норуоттар доҕордуу сыһыаннарын олохсутуу.

ОСКУОЛА УРАТЫТА

Мэҥэ-Хаҥалас улууһун, Балыктаах орто оскуолата  2013 сылтан агропрофилированнай оскуола ахсааныгар киирбитэ. Оскуола сыала- Кэнчээри ыччат, сир хаһаайына буоларын быһыытынан үлэни таптыы, үлэҕэ сыстаҕас уонна үлэни сатыы үөрэниэхтээх диэн хайысханан салайтарар. Оҕолор үөрэҕи таһынан дьиэ сибэккитин көрөллөр-харайаллар, онтон сайыҥҥы бириэмэҕэ пришкольнай учатскка оҕуруот аһын ыһан, сайын устат ону көрөн, күһүн ас ылаллар. Сыл устата тугу дьарыктаммыттарын туоһутун араас улууска буолар агрооскуола дьаарбаҥкатыгар кыттан ситиһиилэри мунньуналлар.

Кылаас уратыта:

3 кылааска 2016-2017 үөрэх дьылыгар уопсайа 9 оҕо үөрэнэр, онтон 3 кыыс, 6 уол олортон быйылгы сылга 2 үөрэх туйгуна уонна 5 үөрэх бастыҥнара. Кылаас салайааччыта Рожина Альбина Дмитриевна, оскуолаҕа номнуо 22 сылын үлэлиир.

Үлэ сонуна:

-тустаах биридимиэти уонна ытык өйдөбүлү бэрэбиэркэлиир анал критерийдар уонна сыана кэрчиктэрэ.

- календарнай-тематическай былаанна тустаах биридимиэт уонна ытык өйдөбүлү иҥэриигэ критическай мышления ньымаларын туьанан о5о уруокка улэтигэр киирдилэр.

Саха соуколата ҮМК уратыта:

Кэмпилиэк ис хоһооно үөрэнээччи кыластан кылааска ааҕар, ырытар, суруйар, айар чинчийэр кыахтарын арыйыы, сайыннарыы олуктарынан ситимнээх буоларын болөотоҕо ылар. Ааҕыы ньымаларын, култууратын баһылаабыт киһини итиигэ дьулуур оҕо бэрт кыра сааһыттан төрүттэннэҕинэ ситиһиилээх буолар. Тиһиктээх үлэ сыала, соруктара маҥнайгы кылаастан саҕалаан, оҕо өй-санаа, эт-хаан өттүнэн улаатан, сайдан иһиитигэр дьүөрэлээн, үөрэтии-иитии бары өрүттэрин сатабыллаахтык ханыылаан таҥнахха эрэ түмүгэ кэскиллэнэр.

Үөрэх биридимиэтин сыалыгар уонна соруктарыгар тирэҕирэн, норуот тылынан уус-уран айымньыта-саха сирин уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар (ыаллыы олорор) суруйааччыларын айымньылара, Россия уонна тас дойду, аныгы кэм суруйааччыларын айымньылара киирдилэр. Алын кылаас үөрэнээчитин сааһын уратытын учуоттаан, олох араас өрүтүн хабар айымньыларга болҕомто ууруллар; бэйэ саастыллаҕын уонна улахан дьону кытта сыһыан, мүччүргэннээх сырыы,айылҕа, төрөөбүт дойду, тулалыыр эйгэ о.д.а тиэмэлэр хабыллаллар.

Кэмпилиэк биир сонун өрүтүнэн айымньыны ааҕан ойуулуур-дьүһүннүүр искусствоны кытта чопчу сибээстэммитэ буолар. Саха сирин худуоһунньуктара суруйааччы мэтириэтигэр, айымньы ис хоьоонун, сүрүн санаатын арыйар үгүс хартыыналардаахтара биллэр.

Ытык өйдөбүллэри үөрэх биридимиэтин ис хоһоонугар киллэрии

Орто уопсай уерэхтээһин үөрэнээччи оскуолаттан сиэр-майгы бастыҥ хаачыстыбаларын — киһи аймах ытык өйдөбүллэрин (духуобунай сыаннастарын) иҥэриммит Россия гражданинын иитэн-үөрэтэн таһаарыыга туһуланар.

Киһи уопсастыбатын сайдан кэлбит историятыгар үтүө уонна мөкү, чиэс уонна сиэрэ суох быһыы, суобас уонна чиэһинэйэ суох буолуу, о.д.а. сиэр-майгы нуормалара тэҥҥэ олохсуйан кэллилэр. Ол гынан баран, хайа баҕарар норуокка киһилии сиэрдээх быһыы ытык өйдөбүллэрэ биһирэнэр, кэрэхсэнэр.

2009 с. ылыныллыбыт «Россия гражданинын личноһын сиэрин-майгытын сайыннарыы уонна иитии концепцията» федеральнай государственнай үөрэх стандартарын методологическай төрүтүнэн буолла.

Кэнсиэпсийэ Россия гражданинын личноһын иитиигэ, сайыннарыыга 10 сүрүн ытык өйдөбүлү ыйар. Онно киирэллэр:

1. Ийэ дойдуга, бэйэ сиригэр- уотугар, норуотугар таптал, бэриниилээх буолуу.

2. Биир санааланыы, кырдьыктаах быһыы, аһыныгас, амарах сүрэхтээх, чиэстээх, дьоһуннаах буолуу.

3. Ийэ дойдуга сулууспалааһын, сокуону тутуһуу, бэрээдэктээх буолуу. Атын омук култууратын, айымньытын өйдөөһүн.

4. Дьиэ кэргэҥҥэ, ыалга тапталлаах уонна бэриниилээх буолуу. Доруобуйа, уйгулаах олох. Төрөппүттэргэ ытыктабыл, аҕа саастаахха уонна кыраҕа, кыаммакка кыһамньы, ийэ-аҕа ууһун тэнитии, удьуору салҕааһын.

5. Үлэ, төрүт дьарык. Үлэҕэ ытыктабыл, дьулуур, дьаныар. Айымньылаах үлэ.

6. Билиини сыаналааһын. Дьиҥ чахчыга дьулуһуу, аан дойду научнай көстүүтэ.

7. Итэҕэл, духуобунас өйдөбүллэрэ, өбүгэ үгэһин утума.

8. Төрөөбүт литература — барҕа баай. Кэрэ, киһи духуобунай эйгэтэ, сиэрдээх быһыы. Олох, олох сиэрэ-майгыта.

9. Ийэ айылҕа. Ытык сир, харыстанар сир. Сир — планета. Айылҕаҕа харыстабыл.

10. Сир үрдүгэр эйэ, элбэх омук култуурата, киһи аймах сайдыыта, норуоттар сибээстэһиилэрэ, сомоҕолоһуулара.

Ытык өйдөбүллэри «Литература ааҕыыта» үөрэх биридимиэтин ис хоһоонугар уус-уран айымньыга сөҥөн сылдьар норуот историятын, култууратын, олоҕун төрүт үгэһин, сиэрин-майгытын нөҥүө киллэрии көрүллэр.

Үөрэх былааныгар үөрэх биридимиэтин миэстэтэ

Үөрэх былаанынан 3 кылааска «Литература ааҕыыта»биридимиэти үөрэтиигэ нэдиэлэҕэ 2 чаас көрүллэр, сылга барыта 68 чаас бэриллэр (34 үөрэх нэдиэлэтэ). Ол гынан баран бырааһынньык күннэрэ түбэһэн (олунньу 23 күнэ – чэппиэргэ, кулун тутар 8 күнэ – сэрэдэҕэ), 2 чаас көтөн хаалан, сылга 66 чаас бэриллэр.Нэдиэлэ5э ордук сэрэдэ уонна чэппиэр кун расписания5а турара табыгастаах.  3 чиэппэргэ уоспайа 21  чаас.

Тереебут литература предметигэр уерэтиллэр матырыйаал 3 кылааска маннык наарданна:

1 чиэппэр – 18 чаас

2 чиэппэр – 14 чаас

3 чиэппэр – 20 чаас

 4 чиэппэр – 16 чаас

Раздел, бэрэбиэркэлиир үлэ ахсаана

Раздел аата

Чааһа

Бэрэбиэркэлиир үлэ

1

Иитиллэр ийэ айылҕабыт

9 ч

1

2

Кинигэ – мин аргыһым

4 ч

1

3

Остуоруйа дойдута

8 ч

1

4

Олоҥхо-төрөөбүт тыл кэрэтэ, өбүгэ үгэһэ

2 ч

1

5

Таптыыбын бары тыынар тыыннааҕы

7 ч

1

6

Элбэҕи ааҕыаҥ-үгүһү билиэҥ

2 ч

7

Үтүө дьыала үөрүүтэ дэлэгэй

7 ч

1

8

Суруйааччылар – оҕолорго

14 ч

1

9

Элбэҕи ааҕыаҥ-үгүһү билиэҥ

13 ч

1

Барыта

66

8

Сыл бүтэһигэр оҕо ааҕыы уруоктарыгар ситиһиэхтээх:

  • Тиэкиһи сөпкө, өйдөөн, сатаан тыынан, тылын чуолкай этэн түргэнник ааҕыахтаах;
  • Тэтимнээхтик, түргэнник ааҕыы:
  • Текси сөптөөхтүк талыы. Текст урут ааҕыллыбыт буолан баран, тыллара оҕолорго биллэр, өйдөнүллэр буолуохтаах;
  • Текст хайдах ааҕыллыахтааҕын (сөптөөх тэтиминэн, хоhоонноохтук өйдөбүллээхтик, табатык) үөрэнээччи билэр буолуохтаах;
  • Ааҕыы тэтимэ тутуhуллуохтаах. Олус бытааннык эбэтэр олус түргэнник ааҕар оҕолору учуутал тэҥнииргэ кыhаллыахтаах.
  • Табатык ааҕыы:
  • Тылларга буукубаны, сүhүөҕү, этиигэ тыллары көтүтүө суохтаах;
  • Дорҕооннору, сүhүөхтэри, тыллары хос-хос хатылыа суохтаах;
  • Охсууну сөпкө туруоруохтаах;
  • Тыл литературнай нуорматын кэһиэ суохтаах.
  • Биир уустаах чилиэннээх этиигэ субуруччу ааҕыахтаах, интонациятын тутуһуохтаах;
  • Хоhоонноохтук ааҕыы:
  • Табатык, өйдүүр гына улаханнык ааҕыы;
  • Ааҕыллар тылларга сөптөөх охсууну оңоруу;
  • Интонацияны сөпкө тутуһуу;
  • Сурук бэлиэлэригэр сөптөөх тохтобулу оҥоруу;
  • Айымньыны дорҕоонноохтук ааҕан ис хоhоонун истээччигэ сөпкө тириэрдии;
  • Искэ (бастакы ааҕыы) ааҕан баран ыйытыыга эппиэттиэхтээх эбэтэр кэпсиэхтээх;
  • Өйдөбүллээхтик ааҕыы:
  • Ааҕыллар текст тылларын барыларын өйдүүр.

  1. ҮӨРЭХ БИРИДИМИЭТИН ҮӨРЭТИИ ТҮМҮКТЭРЭ

Ытык өйдөбүллэри үөрэнээччигэ иҥэрии түмүгэ:

  • киһи сайдыылаах уонна ситиһиилээх буоларыгар төрөөбүт тылынан ааҕыы суолтатын өйдүүр; уус-уран литератураны тылынан искусство ураты көрүҥүн быһыытынан сыаналыыр;
  • тулалыыр эйгэ туһунан билии-көрүү ааҕыы көмөтүнэн кэҥиирин-дириҥиирин өйдүүр;
  • норуот айымньыта уонна уус-уран литературата саха төрүт олоҕун-дьаһаҕын, историятын, тылын-өһүн, култууратын көстүүтэ буоларын өйдүүр, сыаналыыр;
  • Саха сирин, Россия уонна аан дойду норуоттарын чулуу айымньыларын ааҕан, атын норуот култууратын, литературатын ытыктыыр;
  • үтүөнү-мөкүнү, сырдыгы-хараҥаны арааран, сиэри тутуһуу, амарах, аһыныгас, дьоҥҥо кыһамньылаах майгы үчүгэйгэ тиэрдэрин өйдүүр.

Үөрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ:

  • ааҕыы үлэтин араас көрүҥэр сыал-сорук туруорунар, былаанныыр, түмүгүн сабаҕалыыр; үлэтин хонтуруолланар, сыаналана үөрэнэр;
  • уруокка, уруок таһынан үлэҕэ бэриллибит сорудаҕынан араас информационнай эйгэ кыаҕын талар, туһанар;
  • уус-уран айымньыга мөккүөр төрүөтүн, сайдыытын быһаарар, үөскээбит көстүүлэри, дьон сыһыанын ырытан дакаастыыр;
  • уус-уран айымньы сүрүн ис хоһоонун, дьоруойдар араас сыһыаннарын, сүрүн сюжет сайдыытын ырытан, анал бэлиэ, графика көмөтүнэн быһаара, ситимнии, тиһиктии үөрэнэр;
  • аахпытыгар уонна тус уопутугар олоҕуран, тэнниир уонна ойуулуур, учебнигынан үлэлиир;
  • уус-уран айымньыны ырытыы кэмигэр бодоруһуу сиэрин тутуһан, бииргэ улэлиир кыахтанар;
  • доҕотторун, төрөппүттэрин, кылаас иннигэр кылгас иһитиннэриини оҥорор;
  • бэриллибит тиэмэҕэ санаатын сааһылаан айан кэпсиир, суруйар.

Тустаах үөрэх биридимиэтин үөрэтии түмүгэ:

  • ааҕыы сүрүн үөрүйэхтэрин баһылыыр;
  • айымньы араас көрүнүн болҕойон истэр;
  • норуот айымньыта уонна уус-уран литература, төрөөбүт уонна атын омук литературата диэн араарар;
  • аахпыт уус-уран айымньытын суруйааччытын (саха уонна омук) аатын уонна көрүҥүн (жанрын) болҕойор үөрүйэхтээх;
  • сааһыгар сөптөөх араас көрүҥнээх (уус-уран, үөрэх, научнай-популярнай) тиэкиһи үчүгэйдик өйдүүр, ырытар, туһанар;
  • кэпсээһин араас көрүҥун (сиһилии, кылгатан, талан, быһа тардан) билэр; сорудах быһыытынан туһааннаах көрүҥҥэ сөп түбэһиннэрэн кэпсиир;
  • сөбүлээн аахпыт айымньытын туһунан ааҕааччы дневнигэр (альбом, тэтэрээт) уһуктубут иэйиитин үллэстэн санаатын суруйар;
  • сааһыгар сөп тубэһэр айымньы тылын араас дэгэт суолтатын өйдүүр, тоҕоостоох миэстэҕэ кубулуйбат уус-уран быһаарыыны (эпитет), өс хоһоонун, уус-уран ньыма арааһын кэпсииригэр туһанар;
  • айымньыттан сөбүлээбит кэрчигин талан үөрэтэр, өйтөн хоһоонноохтук ааҕар;
  • чопчу тиэмэҕэ араас көрүҥнээх суругунан айар улэни толорор.

Тустаах предмет уонна ытык өйдөбүл ситиһиитин сыаналыыр критерий

Бэрэбиэркэлиир үлэ көрүҥэ сыл устатата:

  1. Кылааска үлэҕэ уонна дьиэҕэ сорудахтары толоруу, тылынан эбэтэр суругунан биир үөрэх сатабылын бэрэбиэркэлээһин.
  2. Ааҕыллыбыт разделы түмүктүүр үлэ. Бу үлэ суругунан толороллор, манна оҕолор айымньы ис хоһоонун төһө өйдөөбүттэрин бэлиэтиир уонна сыаналыыр үлэ буолар, ону таһынан уопсай бүтэһик түмүк сыана оҕо уруокка төһө кыттарыттан учуутал кэтээн көрүүтүнэн туруоруллар.

 Ааҕыы уруогар үлэ көрүҥнэрин сыаналыыр критерий:

Нойосуус:

5 сыана- хоһоону нойосуус билэр, чуолкайдык ис хоһоонноохтук, иҥнибэккэ ааҕыы;

4 сыана-хоһоону билэр, ол эрэн кыра тохтобуллаах, хос хатылаан хоһоонун тылын көннөрөр.

3 сыана-нойосуус ааҕар, ол эрэн ситэ билбэт, элбэхтэ хоһоону ааҕа туран иҥнэр.

2 сыана-нойосуус ис хоһоонун билбэт, элбэхтэ иҥнэр, өр тохтоон турар.

Тиэкси ис хоһоонноохтук ааҕыы:

Ааҕыы критерийэ:

  1. Уһун аһаҕас уонна хоһуласпыт дорҕооннору табатык ааҕар.
  2. Этиигэ баар тохтобуллары тутуһар
  3. Интонациялаахтык ааҕар
  4. Этиини сыыһата уонна тохтобула суох ааҕыы

5 сыана – критерий барыта тутуһуллуута

4 сыана-критерий 1-2 ирдэбилин кэстэҕинэ

3 сыана- Бэриллибит критерийтэн 3 сыыстаҕына турар.

2 сыана-3 элбэх сыыһалаах, критерий 3 элбэх критерийин тутуспатаҕына турар.

Тиэкси оруолунан ааҕыы

Оруолунан ааҕыы ирдэбилэ:

1. Бириэмэтигэр, тохтобул оҥорбокко бэйэтин оруолун уочарата кэллэҕинэ ааҕар.

2. Оруолга сөп түбэһэр интонпцияны тутһан ааҕар

3. Сыыһата суох ааҕыы

4. Ис хоһоонноохтук тиэкси ааҕыы

5 сыана- ыйыллыбыт критерийи барытын тутуспут буоллаҕына.

4 сыана- биир икки сыыһаны критерийтэн кэспит буоллаҕына.

3 сыана- икки үс сыыһаны кэспит буоллаҕына.

2 сыана– критерийтэн 4 сыыһаттан үөһэ турар.

Айымньыны өйтөн, тугу өйдөөбүтүн кэпсээһин     

5 сыана- кэпсээни ис хоһоонун ыспакка, кинигэни көрбөккө туһаммакка, тиэкис сүрүн чааһын көтүппэккэ кэпсиир. Ыйытыыларга сөпкө кэпсиир. 

4 сыана-кэпсээни ис хоһоонун ыспакка кэпсиир, ол эрэн тиэкис сүрүн чаастарын буккуйар, ыйытыыга чопчута суох эпиэттиир буоллаҕына.

3 сыана- кэпсээни кинигэттэн арыйан көрө-көрө кэпсиир, учуутал ыйытыы нөҥүө кэпсиир, кэпсээн ис хоһоонун тутулун кэһэр буоллаҕына.

2 сыана-тиэси сатаан кэпсээбэт. Ис хоһоонун билбэт буоллаҕына.

3. ҮӨРЭХ БИРИДИМИЭТИН ИС ХОҺООНО

3кылааска төрөөбүт литератураны үөрэтии маннык ис хоһоонноох буолар: 

Саҥарыы уонна ааҕыы үлэтин көрүҥҥэрэ туора саҥаны истэргэ, ылынарга; истибит айымньы туһунан ыйытыыга сатаан хоруйдуурга, сааһылаан быһаарарга; истибит үөрэх, научнай-биллэрэр тиэкис, уус-уран айымньы туһунан ыйытыы биэрэргэ үөрэтэр. Таска сүһүөхтээн ааҕыыттан сыыйа бүтүн тылынан ааҕыыга көһөрүгэр, ааҕыы тэтимин түргэтэтэригэр, орфоэпияны, интонацияны, сурук бэлиэтин тутуһа, тиэкистэр ис номохторун өйдүү, ааҕыы көрүҥүн быһаара үөрэнэригэр билиини биэрэр.

Араас тиэкиһи кытта улэ тиэкис өйдөбүлүн, уус-уран тиэкис тиэмэтин, сүрүн санаатын, тутулун, кэрчиктэргэ арааран кыра тиэмэлэри быһаарарга, аат биэрэргэ,үөрэх, научнай-популярнай тиэкис диэн араарарга үөрэтэр; уопсай ырытыыга кыттан, ыйытыыга хоруйдуурга, тыл этэргэ, атын оҕо этэрин сатаан истэ үөрэнэргэ олук уурар; уус-уран ньыманы туһанан айымньы дьоруойун ойуулуурга, кэпсээһин араас көрүҥүн (сиһилии, талан, кылгатан) баһылыырга төрүт уурар.

Библиографическай култуура кинигэ билии төрдө буоларын, көрүҥүн, тутулун, тииптэрин (ыйынньык-кинигэ, үөрэх кинигэтэ, уус-уран кинигэ) туһунан биллэрэр. 

Саҥарыы диалог, монолог диэн саҥа араас көрүҥэ буоларын биллэрэр, былааннаан саҥарар, уус-уран ньыманы туттар, айымньыны салҕаан, өйтөн этэр дьоҕуру, кэпсэтии сиэрин тутуһар култуураны олохсутар.

Сурук суругунан саҥа литературнай нуорматын, ис хоһоон уонна тиэкис аата сөп түбэсиһиилэригэр (тиэмэ, кэпсэнэр сир, дьоруой быһыыта-майгыта), тэттик өйтөн суруйууга (ойуулааһын, сэһэргээһин, толкуйдааһын) уус-уран ньыманы (синоним, антоним, тэннээһин) туһанарга, бэриллэр тиэмэҕэ кэпсээн, сыанабыл оҥорорго үөрэтэр.

0ҕо ааҕар эйгэтэ норуот тылынан айымньытын, Саха сирин, Россия уонна тас дойдулар оҕо литературатыгар классическай айымньыларын, оҕо ааҕар тиэмэлэрин быһаарар.

Литературнай өйдөбүллэринэн улэ тиэкистэн уус-уран ньыма көрүҥнэрин булууга; литература өйдөбүллэринэн (уус-уран айымньы, тылынан искусство, кэпсээччи, сюжет, тиэмэ, дьоруой) сирдэтинэргэ; айымньы дьоруойун (мэтириэтэ, тыла-өһө, дьайыыта, өйө-санаата) быһаарарга үөрэтэр; ааптар дьоруойга сыһыанын; кэпсээн уонна хоһоон тылын уратытын, айымньы көрүҥүн (жанр) туһунан биллэрэр.

Үөрэнээччи айар үлэтэ оруолунан ааҕарга, тылынан ойуулуурга, бэриллибит тиэмэҕэ өйтөн суруйарга, тиэкиһи инсценировкалыырга, айар үлэтинэн араас тэрээһиҥҥэ кыттарга, тыл этэргэ олук уурар.

Үөрэтии түмүгэр салгыы үөрэнэргэ бэлэм буолууну кэрэһэлиир сайдыы таһымыгар киирэллэр:

  • тулалыыр эйгэни билиигэ уус-уран литератураны ааҕыы суолтатын өйдүүр;
  • уус-уран литература киһи аймах ытык өйдөбүллэрин билиһиннэрэр суолтатын иҥэринэр;
  • айымньы көрүҥүн быһаарар, дьоруойу ойуулааһыҥҥа ырытыыны, тэҥнээһини туттары сатыыр;
  • араас тиэкистэн туһааннаах информацияны ылар;
  • ыйынньыгынан, энциклопедиянан, о.д.а. матырыйаалларынан сатаан үлэлиир.

  1. КАЛЕНДАРНАЙ - ТЕМАТИЧЕСКАЙ БЫЛААН

20 чаас

Ытык өйдөбүллэр

Ч

Тиэмэни былааннааһын

Үөрэнээччи үлэтин көрүҥэ

Туттуллар ньымалар

Күнэ-дьыла

Үтүө дьыала үөрүүтэ дэлэгэй (7 чаас)

Үтүө санаа. Айымньылаах үлэ.

1

1.Василий Тарабукин “Санаа хайдыһыыта»

Тулалыыр эйгэ5э баар үөн-көйүүр, көтөр-сүүрэр олохторун туһунан ааҕыы-билии. Онно эмиэ араас түгэн баарын, сиэр-майгы көстүүтүн билсиһии, быһаарар буолуу. Тыынар-тыыннаахха уонна үүнээйигэ бэйэ сыһыанын кэпсииргэ үөрэнии. Уус-уран уонна биллэрэр тиэкистэри араарар буолуу. Кинигэлэри тиэмэлэринэн наардыыры сатааһын. Худуоһунньук ойуутун айымньыга сыһыаран кэпсиир дьоҕуру сайыннарыы уонна таптыыр дьиэтээҕи кыылын туһунан бэйэ кэпсээнин айыы.

https://docviewer.yandex.ru/htmlimage?id=1f3e-72upbfc1l8ym1s7rjdk40784c3ct2j16mxveea02egsmc8xe2ccxio42mooxfhcnhpxwosnhq8bf84qb6xfb79ua6k3o7hr2rnc&name=image-NTYYL6lutf8pkPkJBt.png&uid=446011083

18.01

1

2.Николай Носов «О5урсу»

19.01

1

3.Владислав Авдеев «Минньигэһи сиэбэт күн»

25.01

1

4.Семен Руфов «Албынчыктар»

26.01

1

5.Суорун Омоллоон «Сымыйалыаҥ – бэйэҕэр куһаҕаны оҥостуоҥ»

1.02

1

6.Семен Винокуров «Күөскүн эрдэ өрүнүмэ

2.02

1

7.Ситиһиибитин сыаналанабыт, билиибитин бэрэбиэркэлэнэбит

8.02

Суруйааччылар-о5олорго-14 чаас

Суруйааччы тыла. Уран, хомо5ой тыл

2

1.Моисей Ефимов «Куобах кутуруга уолчаан»

Үгэ санаатын быһаарсарга, кылгатан кэпсииргэ, хартыынанан өйгө айарга болҕойор.

Искэ аа5ыы. Айымньы араас көруҥүн өйдөөн, сүрүн чааска арааран ааҕар. Ааҕыы көрүҥнэрин тутуһан хоһоонноохтук ааҕарга эрчиллэр.

Быһаарыы. Тиэкис тутулун, ис хоһоонун өйдөөн быһаарар. Тиэкис аатынан, тиэмэтинэн, ойууларынан ис хоһоонун быһаарар. Айымньы сүрүн санаатын, тиэмэтин, көрүҥүн өйдүүр.

Араарыы. Тиэкистэн көннөрү этиилэр хомуурдарын араарар. Тиэкис уратытын, тутулун, көрүҥнэрин араарар, сөпкө туһанар.

Саба5алааһын. Тиэкис аатынан, тиэмэтинэн, ойууларынан ис хоһоонун сабаҕалыыр. Дакаастааһын. Тиэкистэн ааптар иэйиитин, санаатын булан этэр, быһаарар. Тэҥнээһин. Тиэкистэри тэҥниир. Айымньылар тиэмэлэрин, Россия норуоттарын айымньыларын, норуот тылынан уонна уус-уран айымньыларын уратыларын ырытан тэҥниир. Тылы сайыннарыы. Уус-уран айымньылар уратыларын, тиэкис уус-уран ньымаларын ырытарга эрчиллэр, кэпсииригэр туһанар. Ойуулуур-дьүһүннуур тыллар суолталарын быһаарыылаах тылдьыттан булан туһанар. Учуутал уонна үөрэнээччилэр эппиттэриттэн кинигэҕэ, айымньыга аат булар.

Былааннааһын. Тиэкиһи чаастарга үллэрэр, чаастары ааттыыр, тирэх тыллары бэлиэтиир.

Кэпсээһин. Айымньыны сиһилии (сюжеты барытын); кылгатан (сүрүн санааны ыган);

талан (быһа тардыылары, айымньы дьоруойдарын ойуулааһын) кэпсиир.

Кэтээн көрүү. Ойуулары көрөн, тиэкис сюжетыгар сөп тубэһиннэрэр, ааттыыр. Ырытыы. Тиэкиһи ойууларынан кэпсииргэ тирэх тыллары булар. Былааннааһын. Тиэкиһи хартыынанан кэпсииргэ былаан оҥорор.

Тылы сайыннарыы.Кэпсээнтэн тирэх тыллары булан туһанар, тардыы тирэх тылларын бэлиэтээһин.

Инсерт

Саьа5алааьын

Айар улэ

09.02

1

2.Анна Неустроева «О5олор»

Эссе (тэттик бэйэ санаатын суруйуу)

15.02

1

3.Эрилик Эристиин «Кыһыҥҥы киэһэ”

4.Александр Пушкин «Кыһыҥҥы киэһэ”

Кластер

Синквейн

16.02

1

5.Сэмэн Тумат «Туундара оһо5о»

Саба5алааьын

Билии корзината

22.02

1

6.Софрон Данилов “Торбостор”

Билии корзината

Ыйытыктары толкуйдааьын

1.03

1

7.Уйбаан Бахсылыырап «Аат»

2.03

1

8. Уйбаан Бахсылыырап «А5ыстаах эр киһи”

9.03

1

9.Рафаэль Ба5атаайыскай «О5о саас»

15.03

1

10. Рафаэль Ба5атаайыскай «Эһэлээх Куобах»

Билии маьа (дерево знаний)

Айымньыны

16.03

1

11. Иван Крылов «Аһыҥа уонна Кымырдаҕас”

12. Иван Крылов «Куба, Сордоҥ уонна Рак”

Синквейн

Кластер

Бортовой журнал

22.03

1

13.Болот Боотур “Чугаһынан тойооску”

23.03

1

14. Ситиһиибитин сыаналанабыт, билиибитин бэрэбиэркэлэнэбит

  1. ҮӨРЭХ БИРИДИМИЭТИН МАТЕРИАЛЬНАЙ-ТЕХНИЧЕСКЭЙ ХААЧЧЫЙЫЫ

Үөрэнээччилэргэ:

Л.В.Захарова, У.М.Флегонтова «Литература аа5ыыта» ; 3 кылааска үөрэх кинигэтэ: икки чаастаах [Е.Романова ойуулара ]. – Дьокуускай : Бичик, 2015. – 224 с. – («Саха оскуолата» систиэмэ);

- Л.В.Захарова, У.М.Флегонтова “ Бэйэ ааҕыыта” : 3 кылааска аа5ар кинигэ / А. Шамаева ойуулара. – Дьокуускай : Бичик, 2013. – 64 с. («Саха оскуолата» систиэмэ);

- Л.В.Захарова, У.М.Флегонтова “ Ыалынан ааҕыы” : 3 кылааска аа5ар кинигэ / Е.Садовникова ойуулара. – Дьокуускай : Бичик, 2013. – 64 с. («Саха оскуолата» систиэмэ)

-Тылдьыттар (литература сахалыы терминэ,быһаарыылаах, синоним, антоним, омоним, сомоҕодомох, о.д.а.).

-Оҕоҕо аналлаах сахалыы энциклопедиялар. Билиини-көрүүнү кэҥэтэр (научнай-познавательнай) кинигэлэр

Учууталга:

-Поликарпова Е.М. Литература аа5ыыта. Учууталга көмө босуобуйа (1-4 кылаас) [Текст] / Е.М. Поликарпова, Л.В. Захарова, У.М. Флегонтова. –Дьокуускай: Бичик, 2014. – 144 с. – (Саха оскуолата).

Туһаныллыбыт литература:

1.  Л.В.Захарова, У.М.Флегонтова «Литература аа5ыыта» ; 3 кылааска үөрэх кинигэтэ: [Е.Романова ойуулара ]. – Дьокуускай : Бичик, 2015. – 224 с. – («Саха оскуолата» систиэмэ);

2. Поликарпова Е.М. Литература аа5ыыта. Учууталга көмө босуобуйа (1-4 кылаас) [Текст] / Е.М. Поликарпова, Л.В. Захарова, У.М. Флегонтова. –Дьокуускай: Бичик, 2014. – 144 с. – (Саха оскуолата).


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Рабочая программа по предмету "Литературное чтение на русском родном языке"

Рабочая программа (УМК "Школа России") составлена в соответствии с ФГОС....

Рабочая программа по предмету литературное чтение на родном башкирском языке

Рабочая программа по предмету литературное чтение на родном башкирском языке 2-4 класс...

Рабочая программа по родному литературному чтению 4 класс

рабочая программа по родному литературному чтению...

Рабочая программа по родному Литературному чтению "Школа России",4класс

Рабочая программа по родному Литературному чтению "Школа России",4класс...

Адаптированная рабочая программа по родному литературному чтения, вариант 2.1, для слабослышащих обучающихся

Адаптированная основная общеобразовательная  рабочая программа по родному литературному чтению, вариант 2.1, для слабослышащих  обучающихся...

РАБОЧАЯ ПРОГРАММА учебного предмета «Литературное чтение на родном языке» для обучающихся 1-4 классов РАБОЧАЯ ПРОГРАММА НАЧАЛЬНОГО ОБЩЕГО ОБРАЗОВАНИЯ учебного предмета «ОСНОВЫ СВЕТСКОЙ ЭТИКИ» для 4 класса

          Рабочая программа по предмету «Основы религиозных культур и светской этики» (модуль Светская этика) для 4 класса  (предметная область "О...