Технологическая карта
план-конспект урока (4 класс) на тему

Стручкова Елена Гаврильевна

Урок якутского языка для четвертых классах. На этом уроке учащихся сами выявляют свои мнения.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл saha_tyla.docx43.48 КБ

Предварительный просмотр:

 

Кылаас, оскуола:

4кылаас МБОУ Маягасская СОШ

Уруок темата:

Сирэйинэн уларыйар туохтуур грамматическай суолтата

УМК:

Захарова

Уруок тиибэ:

Саҥа өйдүбүлү арыйыы уруога

Учуутал сыала:

Оҕолор туохтуур грамматическай суолтата сирэйинэн уларыйар диэн өйдүүллэригэр усулуобуйаны тэрийии

Оҕо соруга:

Туохтуур өссө тугунан уларыйарый?

Уруок түмүктэрэ:

  1. Предмети үөрэтии түмүктэрэ

 Туохтуур үс сирэйинэн уларыйар:

1с-Мин. Хайааччы бэйэтин хайааһынын бэлиэтиир.

2с-Эн. Хайааччы кэпсэтэр киһитин хайааһынын бэлиэтиир.

3с-Кини.Хайааччы кэпсэтэр түгэҥҥэ  суох киһи хайааһынын бэлиэтиир.

  1. Үөрэх сатабылларын сайыннарыы түмүктэрэ
  • Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл: Уруок соругун сатаан туруоруу, үлэни быланнааһын, сыыһаны көннөрүү, бэйэни хонтуруолланыы уонна сыаналаныы.
  • Билэр- көрөр сатабыл: Өй үлэтин дьайыыларын сатаан толорор:

  • Бодоруһар сатабыл: Оҕолор бэйэ-бэйэлэрин өйдөөн истэллэр, бэйэ санааларын этэллэр.
  1. Ытык өйдөбүлү иҥэрии түмүгэ

Оҕолор туохтуур грамматическай суолтата сирэйинэн уларыйар диэн үөрэтиилэрэ, билиилэрэ тыл ис хоһоонун, этии тутулун өйдүүллэригэр туһалааҕын туһунан ытык өйдөбүлү иҥэриннилэр.

УРУОК ХААМЫЫТА

Уруок этаптара

Учуутал дьарыга

(сорудахтар, ыйытыылар)

Уэрэнээччи дьарыга

Уэрэтии ньымалара,

алтыhыы кэрунэ

Тумугэ

1. Тэрээьин чааhа

Үтүө күнүнэн оҕолор. Уруокка бэлэмнэннибит.Тэтэрээппитин арыйдыбыт икки строканы түстүбүт бүгүҥҥү чыыһыланы суруйабыт Сэтинньи 17 күнэ.

Үтүө күнүнэн.

-хонтуруол

-кэпсэтии

Оҕолор тэрээһин чааһын түмүгүнэн уруокка бэлэм буоллулар.

2. Уэрэнэр соругу туруоруу

2.1 О5олор билэллэрин кордороллоругэр уэрэнэр тугэн 

Сорудах        

Оҕолор туохтуур диэн туох этэй? Тугу бэлиэтиирий кини?

Туохтуур  ханнык суолталаахтарын билэҕитий?

                     Ахсаан         

                      Кэм

                      ?

Билигин мин эһиэхэ сорудах биэрэбин.Тэтэрээппитигэр столбигынан тыллары суруйдубут.

Киирэр                         Киирэбин

Киирэллэр                   Киирбитим

                                      Киириэҕим

Онтон бу туохтуурдар туох атыннаахтарый?

  • Соруда5ы толорууну тэрийии
  • Дьэ, эрэ оҕолор бу тыллар туох атыннаахтарый? Киирэр уонна киирэллэр диэн?

            Кинилэр тугу бэлиэтииллэрий?

  •  Билигин иккис столбикпытыгар маннык тыллары суруйабыт.Киирэбин, киирбитим, киириэҕим.
  • Оҕолор отто бу туохтуурдар туох атыннаахтарый?

           Бу тыллар ахсааннара суох. Оччоҕуна тугунан уларыйда.

 

Туохтуур диэн хайааһыны ааттыыр тыллар.

-Киирэр диэн тыл биир ахсаан.

-Киирэллэр диэн тыл элбэх ахсааҥа турар. Ахсаанын бэлиэтииллэр.

Бүгүн киирэбин.

Бэҕэһээ киирбитим.

Сарсын киириэҕим.

Бу тыллар кэми бэлиэтииллэр.

-кэпсэтии

-ыйытыы

-сорудах ньымата

-хайҕааһын

-бары бүттүүн

Ситиһии түгэнин түмүгүнэн оҕолор туохтуур тугунан уларыйарын хатылаатылар

2.2 О5олору билбэттэригэр (уэрэнэр сорукка)  таhаарар тугэн

Сорудах: Билигин үһүс столбикпытыгар маннык тыллары суруйдубут.

Киирэбин

Киирэҕин

Киирэр

  • Оҕолор оттон бу туохтуурдар туох атыннаахтарый?
  • Бу тыллар тыллар тугунан уларыйбыттарый?

Оҕолор ыарҕаталлар

Ыйытыы

Бары бүттүүн

Оҕолору билбэттэригэр таһаарар түгэн түмүгүнэн оҕолор киирэбин, киирэҕин, киирэр диэн тыллар туохтуур ханнык көрүҥэ буоларый.

2.3 Уэрэнэр соругу таhаарыы

Оччоҕуна бүгүн биһиги уруокпутугар тугу билиэхтээх эбиппитий?

  • Дьэ оччоҕуна бүгүн биһиги туохтуур тугунан уларыйарынан билиэхтээхпит.

Биһиги бүгүн уруокка туохтуур өссө тугунан уларыйарын билиэхтээхпит.  

-ыйытыы

-бары бүттүүн

Үөрэнэр соругу туруоруу түмүгүнэн оҕолор уруокка тугу үөрэтэллэрин өйдөөтүлэр

3. Уэрэнэр соругу толоруу

  1. Сана ойдобулу (дьайыы ньыматын) арыйыы
  • сана эйдэбулу арыйыыны тэрийии

Билигин биһиги ыарырҕаппыт тылларбытын ырытыахха.

  • Киирэбин диэн тылы ким этэрий? Хайааһыны ким толороруй?Биир киһи дуу, эбэтэр хас да киһи дуу?
  • Киирэҕин диэн тылы кимиэхэ этиэххэ сөбүй? (кэпсэтэ турар киһигэр)
  • Киирэр. Ким киириэн сөбүй?Киирэр диэн тылы ким туһунан этиэххэ сөбүй?(Суох киһиэхэ)

Дьэ эрэ оҕолор «мин, эн, кини” диэн  тыллар тугу бэлиэтииллэрий?

Мин,эн ,кини диэн тыллары, маны ааттыыллар учуонайдар сирэйинэн уларыйар диэн.

  • МИН диэни кытта туттар бээтин туһунан кэпсиир буоллаҕына бастакы сирэй дииллэр.
  • ЭН диэтэххэ хайааччы кэпсэтэр киһитин хайааһынын бэлиэтиир буоллаҕына иккис сирэй дииллэр.
  • КИНИ диэтэххэ хайааччы кэпсэтэр түгэҥҥэ  суох киһи хайааһынын бэлиэтиир буоллаҕына үһүс сирэй дииллэр.

- Билигин бу тыллары элбэх ахсааҥҥа суруйун тэтэрээкитигэр Арай дьоннор элбэхтэр, бэйэлэрин туһунан кэпсиир буоллахтарына туох диэн буоларый?

Биһиги киирэбит

Эһиги киирэҕит

Кинилэр киирэллэр

  • Тумук оноруу  (быраабыла5а тахсыы)

Оҕолор оччоҕуна туохтуурбут өссө тугунан уларыйар  диэн түмүккэ кэллибит?

Билигин схемабытын тэтэрээппитигэр суруйабыт.

                    Ахсаан         

                      Кэм

                    Сирэй

Сирэй

биир ахсаан

Элбэх ахсаан

1

2

3

Мин киирэбин

Эн киирэҕин

Кини киирэр

Биһиги киирэбит

Эһиги киирэҕит

Кинилэр киирэллэр

Мин киирэбин

Эн киирэҕин

Кини киирэр

ыйытыы ньымата

-хайҕааһын

-быһаарыы

-өйдөтүү

-сорудах ньымата

-бары бүттүүн

  1. Сана ойдобулу (дьайыы ньыматын) боруобалаан туттуу

Эрчилли

О5олор билигин эрчиллии оҥоруохпут

  • Соруда5ы толорууну былааннааьын

1.Кинилэр бары биир кылааска үөрэнэллэр. 2.Кини доҕотторун олус күндүтүк санаата.3. Мин маны бэркэ диэн муодарҕаатым. 4.Кинилэр куруутун бииргэ сылдьаллар. 5.Эн кинини, баһаалыста киллэр. 6. Биһиги ис сүрэхпититтэн махтанабыт. 7.Эһиги кинигэ ис хоһоонун дьоҥҥутугар бары кэпсиэхтээххит.

  • Эрчиллиини толорууну тэрийии

Билигин тэтэрээппитигэр сорудаҕы толоробут.

  • Бэрэбиэркэни тэрийии

Оҕолор паартаҕа олорор оҕобутун кытары тэтэрээппитин атыстаһабыт. Билигин бэрибиэркэлиэхпит бары бииргэ.

Эрчиллии…(сана эйдэбулу ситимнээх сана5а туттуу)

  • Соруда5ы толорууну былааннааьын

2 сорудах. Көтүтүллүбүт тылларга сөптөөх сирэйи туруоран биэрин.

1....... оскуолаҕа бараары таҥнабын. 2........ үһүс кылааска туйгуннук үөрэнэр. 3....... дойдубутун аҕынныбыт. 4.....сайын дьоҥҥутугар көмөлөспүккүт дуо? 5.... бүгүн оскуолаҕа хайутаама. 6....... быйыл эмиэ бастакы миэстэ буоллулар.

  • Эрчиллиини толорууну тэрийии

Билигин тэтэрээппитигэр сорудаҕы толоробут.

  • Бэрэбиэркэни тэрийии

  • Оҕолор билигин  бэйэҕит этии толкуйдуугут. Мин, эн, кини, биһиги, эһиги, кинилэр диэн сирэйдэри туттан.

Кинилэр үерэнэллэр. Кини санаата.   Мин муодарҕаатым. Кинилэр сылдьаллар. Эн киллэр. Биһиги махтанабыт. Эһиги кэпсиэхтээххит.

Мин, кини, биһиги, эһиги, эн, кинилэр,

-сорудах ньымата

-бары бүттүүн

-хайҕааһын

-биирдилээн

-хонтуруол

-сыаналааһын

Саҥа өйдөбүлү боруобалаан туттуу түмүгүнэн оҕолор эрчиллии толорон, тиэмэни төһө өйдөөбүттэрэ, ылыммыттара билиннэ.

Сыаналаныы

1.Бэйэ эйдэбулун сыаналаныы

Оҕолор бүгүн биһиги тугу сананы биллибит.

Туохтуур хайдах уларыйар эбитий?

2.Бэйэ дьарыгын сыаналаныы

Бүгүҥҥү уруокка ким үчүгэйдик үлэлээтим диир илиибитин уунабыт.

сыаналаныы

Сыанабыл

хайҕааһын

Бэйэ өйдөбүлүн сыаналаныы түмүгүнэн оҕолор уруокка тугу билбиттэрэ чопчуланна.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

1 класс. Технологическая карта раздела « Числа от 1 до 5». Технологическая карта урока «Число и цифра 1».

Особенностью содержания современного начального образования является не только ответ на вопрос, что ученик должен знать (запомнить, воспроизвести), но и формирование универсальных учебных действи...

Выступление с практической направленность по теме "Технологическая карта урока как индикатор готовности учителя работать по новому образовательному стандарту.Требования к проектированию технологической карты".

Статья содержит теоретические обоснования и практические рекомендации по применению технологической карты урока. Материал предназначен для учителей начальных классов, реализующих ФГОС НОО....

Технологическая карта урока технологии "Технологические операции ручной обработки материалов. Овечка" 2 класс

по программе "Технология" . Е.А. Лутцева. УМК "Школа 21 века". Можно использовать для внеурочного занятия или кружка "Умелые руки"...

Технологическая карта урока технологии "Технологические операции ручной обработки материалов. Овечка" 2 класс

по программе "Технология" . Е.А. Лутцева. УМК "Школа 21 века". Можно использовать для внеурочного занятия или кружка "Умелые руки"...

Методический семинар. «Технологическая карта урока. Оптимизация технологической карты урока».

Учить детей сегодня трудно,И раньше было нелегко.Читать, считать, писать учили:«Даёт корова молоко».Век XXI – век открытий,Век инноваций, новизны,Но  от учителя зависит,Какими д...

Технологическая карта коррекционно-развивающего занятия на тему: Правописание буквосочетания жи-ши в 1 классе Технологическая карта занятия

1.Познакомить с правилами правописания жи-ши,закрепить умение использовать правило жи-ши при письме;2.Развивать память,логическое мышление,орфографическую зоркость;3.Воспитывать трудолюбие,аккуратност...

Методическая разработка " Технологическая карта урока по окружающему миру в 4 классе на тему: "Карта полушарий". Практическая работа "Карта полушарий", УМК "Планета знаний"

Методическая разработка " Технологическая карта урока по окружающему миру в 4 классе на тему: Карта полушарий. Практическая работа "Карта полушарий", УМК "Планета знаний"...