Рабочая программа Литература аа5ыыта 2 кылаас
рабочая программа по чтению (2 класс) на тему

Ноева Сата Ивановна

Үлэ бырагыраамата Федеральнай государственнай үөрэх стандардыгар, Россия гражданинын лиичинэһин сиэрин-майгытын сайыннарыыга уонна иитиигэ кэнсиэптийэтигэр, үөрэх биридимиэтин үөрэтии түмүктэригэр олоҕуран сурулунна.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл literatura_aagyyta_2_kl.docx35.1 КБ

Предварительный просмотр:

МБОУ «Хадарская средняя общеобразовательная школа имени С.Д.Флегонтова»

                                 РАССМОТРЕНО                                        СОГЛАСОВАНО                                                УТВЕРЖДАЮ

                                 на заседании МО                         Заместитель директора по УР                                    Директор МБОУ ХСОШ

                              ______ С.И.Ноева                     _________ М.Е. Рахматуллина                                   _________ А.П. Лукин

 

                                  «__» ______ 2017г.                         «__» _______ 2017г.                                                   «__»_________ 2017г.

УЛЭЛИИР БЫЛААН

ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА

Уруок: Литература аа5ыыта

Кылаас: 2        

Учуутал: Ноева С.И.

Сылга уопсай чааьа: 68ч

Нэдиэлэ5э уопсай чааьа: 2ч

Кинигэ: Л.В.Захарова, У.М.Флегонтова «Литература аа5ыыта»

Быһаарыы сурук

Үлэ бырагыраамата Федеральнай государственнай үөрэх стандардыгар, Россия гражданинын лиичинэһин сиэрин-майгытын сайыннарыыга уонна иитиигэ кэнсиэптийэтигэр, үөрэх биридимиэтин үөрэтии түмүктэригэр олоҕуран сурулунна.

Бастакы сүһүөх оскуолаҕа литература ааҕыыта – уус-уран айымньыны үөрэтии уонна тылы сайыннарыы курдук иккис хайысханы тутуһар сүрүн биридимиэттэртэн биирдэстэрэ. Биридимиэт оҕо  ааҕар үөрүйэҕин, тылынан уонна суругунан саҥатын сайыннарар сүрүн оруоллаах. Оҕоҕо ааҕар уонна тиэкиһи кытта үлэлиир үөрүйэх иҥмит эрэ буоллаҕына, кини атын биридимиэттэргэ ситиһиилээхтик үөрэнэр кыаҕы ылар.

«Литература ааҕыыта» биридимиэт оҕо сааһыгар сөптөөх өйү-санааны иҥэрэр, айар, толкуйдуур дьоҕурун, майгытын-сигилитин, тылын-өһүн сайыннарар, ааҕыы эйгэтигэр киллэрэр, кинигэҕэ интэриэһи кытта үөскэтэр, ааҕар баҕаны олохсутар, уус-уран айымньы  тыл искусствота буоларын өйдөтөр, оҕо бэйэтэ сайдар, дьону кытта  бодоруһар кыаҕын олохсутар. Ааҕыы оҕо лиичинэс быһыытынан сайдарыгар, тулалыыр эйгэтин өйүнэн-сүрэҕинэн, дууһатынан ылынарыгар суолтата улахан.

Биридимиэт сүрүн сыаллара:

  • Ааҕыы араас көрүҥүн олохсутуу;
  • Уус-уран айымньы тиэкиһин кытта үлэҕэ оҕо тылын-өһүн сайыннарыы;
  • Араас көрүҥнээх информациянан үлэлиир үөрүйэхтэри иҥэрии;
  • Оҕону уус-уран айымньыга сыһыарыы, айымньыны истэргэ, тылга болҕомтолоох буолууга иитии;
  • Оҕо тус олоҕун айымньы нөҥүө сиэр-майгы сыаннастарынан байытыы;
  • Оҕо литературатын эйгэтигэр киллэрии;
  • Тиэкиһи уонна кинигэни  кытта үлэлиир үөрүйэҕи иҥэрии, үөрэх уонна научнай-биллэрэр тиэкиһинэн үлэ бастакы үөрүйэхтэрин олохсутуу.

«Литература аа5ыыта» биридимиэт ис хоһооно

  • Саҥа үлэтин көрүҥнэрэ. Бодоруһуу култуурата;
  • Тиэкиһи кытта үлэ көрүҥнэрэ. Саҥа-иҥэ үлэтэ;
  • Уус-уран айымньыга кэрэ уонна сиэр-майгы иитиллиитигэр үлэ;
  • Оҕо ааҕар эйгэтэ. Ааҕыы култуурата.

Үөрэх былааныгар үөрэх биридимиэтин миэстэтэ

Үөрэх былаанынан алын сүһүөх оскуолаҕа «Литература аа5ыыта» биридимиэти үөрэтиигэ барыта 238 чаас көрүллэр. Ол иһигэр: 1 кылааска – 34 чаас; 2 кылааска – 68 чаас; 3 кылааска – 68 чаас; 4 кылааска – 68 чаас.

Үөрэх биридимиэтин үөрэтии түмүгэ

Ытык өйдөбүллэри үөрэнээччигэ иҥэрии түмүгэ

  • Төрөөбүт дойдунан, дойду историятынан уонна норуоттарынан киэҥ туттуу санаатын олохсутар
  • Атын омук историятыгар уонна култууратыгар убаастабыллаахтык сыһыаннаһар
  • Үөрэнэр баҕаны,бэйэни сайыннарар
  • Бодоруһууга майгы-сигили нуорматын, бэйэ эппиэтинэһин сайыннарар, салайынар
  • Эстетическай сыһыаны олохсутар
  • Сиэрдээх быһыыны, атын дьоҥҥо амарах сыһыаны сайыннарар
  • Бииргэ үлэлиир сатабылы сайыннарар
  • Үтүө сыһыаннаах бодоруһуу иҥэрэр
  • Мөккүөрдээх түгэнтэн сатаан тахсар үөрүйэҕи үөскэтэр.

Үөрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ

  • Араас тиэкиһи ис хоһоонноохтук ааҕар, үчүгэйдик толкуйдаан саҥарар
  • Сорудаҕы толорорго саҥа араас көрүҥнэрин, ньымаларын баһылыыр
  • Сэһэргэһэр киһитин болҕойон истэр, кэпсэтэргэ бэлэм, кэпсэтиигэ араас санаа үөскүүрүн өйдүүр
  • Тэҥниир, ырытар, түмэр, түмүктүүр, наардыыр, маарынныыры, хардарыта сибээһи, төрүөтү булар, хайа баҕарар тиэмэҕэ кэпсэтиһиигэ кыттар
  • Үөрэх дьарыгын сыалын уонна соругун  өйдүүр, сөптөөх ньымалары булан туттар, туһанар
  • Үөрэх дьарыгын туруоруллубут соруктарга олоҕуран былаанныыр, хонтуруолланар уонна сыаналанар, ситиһиигэ тиэрдэр ордук көдьүүстээх ньымалары быһаарар.

Тустаах үөрэх биридимиэтин үөрэтии түмүгэ

  • Уус-уран айымньы омук уонна аан дойду култуурата, сиэр-майгы сыаннастара буоларын уонна баар үгэстэр харыстаныахтарын, кэлэр көлүөнэҕэ тиэрдиллиэхтээхтэрин өйдүүр
  • Кинигэ – киһи аймах култууратын ураты сыаннаһа буоларын өйдөөн, сиэрдээх сыһыаны олохсутар
  • Уус-уран айымньы тыл искусствота диэн өйдүүр, харыстабыллаахтык сыһыаннаһар
  • Саха сирин уонна Россия элбэх ахсааннаах норуоттарын уус-уран литератураларын духуобунай уонна сиэргэ-майгыга сыаннастарын өйдүүр
  • Сайдыылаах, үөрэх бары биридимиэтигэр ситиһиилээх буоларга тиһиктээх ааҕыы суолтатын өйдүүр
  • Таска уонна искэ ааҕыы техникатын баһылааһын, аахпыты араастан уларытыы, уус-уран, научнай-популярнай уонна үөрэтэр тиэкистэри  ырытарга судургу литературоведческай өйдөбүллэри туһаныы салгыы ааҕааччы тылын-өһүн сайдыытыгар суолталааҕын өйдүүр
  • Бэйэ ааҕарыгар сөптөөх кинигэни талары сатыыр, тиэмэнэн, алпаабытынан каталогтары уонна сүбэлиир испииһэги туһанар, бэйэ ситиһиитин, кыаҕын сыаналанар, тупсарынар,эбии дьарыктанарга, информация хомуйарга ыйар-кэрдэр матырыйаалынан таба туһанар.

Ытык ейдебуллэр

Темаларынан былааннааьын

Чааьа

Уерэнээччи улэтэ

Оскуола компонена

Бэрил-х кунэ

Бэрил-т кунэ

                                                                                                      Айымньы туьулгэтигэр айан (1 чаас)

1

Уерэх баар-бараммат баай.

Болдьох бэлиэлэр,уерэх кинигэтин ис хоьооно. Ааптардар уерэнээччигэ суруктара

1ч.

Уерэх кинигэтигэр «Иьинээгитинэн» сирдэтинэр, наадалаах тиэмэни, айымньыны булар.

Соруда5ы толорууга болдьох бэлиэлэри ейдуур, туьанар.

                                                                                                           Сахам сирэ барахсан (7 чаас)

2

Ийэ дойду.

Тереебут сир-уот.

Киирии уруок. Тиэмэ сурун ейдебуллэрэ: хоьоон, иьитиннэрии.

1ч.

   Тиэмэ аатыгар оло5уран, туох туьунан айымньылар киирбиттэрин саба5алыыр. Тереебут дойдутун, дьиэ кэргэнин туьунан, тереебут уонна улааппыт дойдутугар иэйиитин, тереппуттэригэр, бииргэ тереебуттэригэр тапталын кэпсиир.

   Хоьоон иэйиитин сепке тиэрдэн аа5ар. «Тереебут дойду», «А5а дойду», «Ийэ дойду» диэн тыллар суолталарын быьаарар.

   Олорор дойдутун, куоратын, тереебут улууьун сирин-уотун билэр. Киин куорат туьунан хоьооннору ейтен аа5ар.

   Сэьэргэьэр киьиэхэ бол5омто уурар. Бэйэ санаатын этэн, аахпыт айымньы туьунан ыйытыы биэрэн, паара5а улэлиир. Биир тиэмэ5э суруллубут айымньылары тэнниир. Тыл уонна уруьуй искусстволарын айымньыларын тэнниир; кинилэргэ маарыннаьары уонна

уратыны булар. Тиэмэнэн наардааьынтан наадалаах кинигэни булар.

Кинигэни тиэмэтинэн наардыыр. Уерэх кинигэтигэр баар хонтуруоллуур улэ5э оло5уран, ситиьиилэрин сыаналанар уонна бэрэбиэркэлэнэр.

   Хоьоонно дьуерэлээн этии диэн салаа сурун ейдебулун чопчу ейдуур. Хоьоонно рифманы булар. Тэннэбили булар. Айымньыга ойууланар быьыы-майгы ис хоьоонун уонна онно бэйэ сыьыанын кердерен аа5ар. Хоьоон тэтимин быьаарар.

   Аахпыт айымньылар ис номохторун быьаарар.

   Айымньы ааптар сыьыанын билгэлиир. Остуоруйаны бэйэтэ айар. Кинигэ быыстапкатын тиэмэтин быьаарар.

   Худуоьунньук хартыынатын айымньыга сыьыаран кэпсиир.

3

Л. Попов «Эйэ ырыата».

Т. Черемкин «Тереебут буор таптала». С.Данилов «Куерэгэй» П.Ламутскай «Хомус ырыатын иьиттим». И. Артамонов «Куех хонуу».

1ч.

Куех хонуу диэн тыл ейдебулун быьаарыы

4

С.Омоллоон «Олонхо олого». Н.Курилов «Москва уонна да атын дойдулар»

1ч.

Атын дойдулар улэлэрин кэпсэтиьии

5

Бибилитиэкэгэ дьарык. «Тереебут дойдум барахсан» кинигэ быыстапката.

1ч.

6

Бэйэ аагыыта. С.Данилов «Тымныы». С.Омоллоон «Тымныы муоьа». В.Лебедев «Айан».

1ч.

7

Ыалынан истии, аагыы. М.Ефимов «Сэргэхчэй уонна Бэргэнчэй».

1ч.

8

Айымньы дойдутун кистэлэннэрэ.

Ситиьиини сыаналааьын, билиини бэрэбиэркэлээьин.

1ч.

      Кинигэ – билиим терде (10 чаас)

9

Ийэ литература – бар5а баай.

До5орум –кинигэ.

Киирии уруок. Тиэмэ сурун ейдебуллэрэ: бастакы сурук – бичик, кинигэ тутула, ойуута.

1ч.

Тиэмэ аатыгар оло5уран, туох туьунан айымньылар киирбиттэрин саба5алыыр. Кинигэ, кинигэ тутула диэн ейдебуллэри чопчу ейдуур. Кинигэни, уерэх кинигэтин харыстыыр, киьи оло5ор кинигэ суолтатын ейдуур. Кинигэ, суруйааччы, аа5ааччы, бибилэтиэкэ диэн ейдебуллэр туьунан билиитин чинэтэр, диринэтэр.

   Кинигэ ойууларын ырытар. Кинигэ5э таьа, ойуута, ааптар араспаанньата, айымньы аата диэн араарар. «Кинигэтэ суох хайдах олоруохпут этэй?» диэн санаа тула кэпсэтиигэ кыттар.

   Себулуур кинигэтин туьунан (ааптарын, аатын, тиэмэтин, сурун тугэннэрин) кэпсиир. Сурук-бичик уескээьинин туьунан билбитин кэпсиир.

   Айымньы хайдах интонациялаахтык аа5ары быьаарар.

   Атын киьи этэрин ейдеен истэр, паара5а улэлиир. Уруьуй кеметунэн бэйэ суругун толкуйдуур.

   Бибилэтиэкэ5э кинигэни сатаан таларга уерэнэр.

   Уерэх кинигэтигэр баар хонтуруоллуур улэ5э оло5уран, ситиьиилэрин сыаналанар уонна бэйэтин бэрэбиэркэлэнэр.

10

До5орум –кинигэ. С.Руфов «Оскуола аана тэлэлиннэ». К.Туйаарыскай «До5ор».

1ч.

11

И.Алексеев «Туул». Т.Сметанин «Борон куобах уерэммитэ». М.Заболоцкай «Маллар мунньахтара».

1ч.

Куобагы уруьуйдааьын

12

Кинигэ туьунан таабырыннар. Кинигэ туьунан ес хоьоонноро.

1ч.

13

Биьиги театрбыт. С.Маршак «Уутээн». (5 хартыыналаах остуоруйа-пьесаттан 2-5 хартыыната. К.Туйаарыскай тылбааьа).

1ч.

14

Бибилэтиэкэ5э дьарык. Экскурсия. Тематическай ыйынньык. Кинигэ быыстапката. О5о кинигэтин дьоруойдара.

1ч.

15

Бэйэ аа5ыыта. С.Руфов «Улахан киьи».

1ч.

16

Ыалынан аа5ыы. С.Омоллоон «Чиэьинэй быьыы». Ф.Гуляев «Кугас-о5о керееччу», «Сана до5ор». Талан аа5ыы. Айымньыга сиэр-майгы ойууланыыта.

1ч.

17

Ойуулуур-дьуьуннуур эйгэ5э. Бэйэ уруьуйа.

1ч.

18

Айымньы дойдуларын кистэлэннэрэ.

Ситиьиини сыаналааьын, билиини бэрэбиэркэлээьин.

1ч.

                                                                              Норуот еркен ейе – тылынан уус-уран айымньыга (12 чаас)

19

Устар ууну сомо5олуур уус тыл.

Киирии уруок. Тиэмэ сурун ейдебуллэрэ: таабырын, ес хоьооно, чабыр5ах, норуот ырыата, оьуокай.

1ч.

Тиэмэ аатыгар оло5уран, туох туьунан айымньылар киирбиттэрин саба5алыыр. Араас норуот тылынан уус-уран айымньытын керуннэрин кэпсиир. Ес хоьоонугар сиэр-майгы ерутун (норуот муударай этиитин) быьаарар. Аа5ыы тэтимин керен уларытар. Себулээбит ес хоьооннорун ейтен этэр, кинилэр ис хоьооннорун ырытар. Араас норуот тылынан уус-уран айымньытын тэнниир. Уерэппит норуот айымньытын керуннэрин ааттыыр, нуучча норуотун ырыатыгар, таабырыныгар, ес хоьоонугар, Россия атын норуоттарын тылынан уус-уран айымньыларыгар бэйэтин сыьыанын сатаан этэр. Таабырыны уонна таайыытын тэнниир. Таабырыннары тиэмэнэн белехтуур. Ес хоьоонун суолтатын быьаарар. Оскуола бибилэтиэкэтигэр кинигэни аатынан бэйэ аа5арыгар таларга уерэнэр. Уерэх кинигэтигэр баар хонтуруоллуур улэ5э оло5уран, ситиьиилэрин сыаналанар уонна бэрэбиэркэлэнэр.

   Ырыалар, ес хоьоонноро, таабырыннар диэн тиэмэлэр сурун ейдебуллэрин билэр. Норуот тылынан айымньытын кыра керуннэрин интонацияны тутуьан доргуччу таска аа5ар. Норуот тылынан айымньытын кыра керуннэрин: ес хоьоон, ырыа, таабырын диэн араарар. Биридимиэккэ бэриллибит быьаарыыга оло5уран таабырын толкуйдуур. Аахпыт ес хоьоонун туттуллуон септеех тугэнин ейуттэн толкуйдуур. Тиэкис ис хоьоонун ырытар; айымньы дьоруойдарын ааттыыр; дьоруойдар майгыларын уратытын быьаарар. Айымньыны инсценировкалыыр.

Улэ туьунан ес хоьоонун уруьуйдаа

20

Таабырын. Таабырыннары белехтееьун: дьиэ-уот, мал-сал. Хамсыыр харамай. Таабырыннары айыы.

1ч.

Дьиэ кыылларын туьунан таабырын толк-н

21

К.Туйаарыскай. Таабырынна таайын (1,2,3,9).

1ч.

22

Ес хоьооно. Араас норуот еьун хоьооно.

1ч.

23

Чабыр5ах-таабырын. С.Ойунская «Кунду бэлиэ».

1ч.

24

Чабыр5ах. П.Варфоломеев «Чабыр5ах-таабырыннар».

1ч.

25

Норуот ырыата: «Сайын».

1ч.

Сайын тугу гынагын

26

Оьуокай: «Туллуктар», «Оьуокай».

1ч.

27

Биьиги театрбыт. «Киьиргэс куобахчаан». (М.П.Саввина тылбааьа). Айымньыннан инсценировкалааьын.

1ч.

28

Бибилэтиэкэ5э дьарык. Норуот тылынан уус-уран айымньыта. Кинигэ быыстапката.

1ч.

29

Бэйэ аа5ыыта. Норуоттар мындыр толкуйдара. Б.Боотур, Б.Тобуруокап таабырын-хоьоонноро.

Айар улэ умсул5ана. «Кустук араас енунэн» илиинэн сурунаал.

1ч.

Огуруот астарын туьунан таабырын-хоьооннор

30

Айымньы дойдутун кистэлэннэрэ.

Ситиьиини сыаналааьын, билиини бэрэбиэркэлээьин.

1ч.

                                                                                             Остуоруйа алыптаах дойдутугар (9 чаас)

31

Уран тыл.

Хомо5ой тыл.

Киирии уруок. Тиэмэ сурун ейдебуллэрэ: остуоруйа дьоруойдарын тэннээьин, норуот остуоруйата, ааптар остуоруйата, хартыынанан кэпсээн.

1ч.

   Тиэмэ аатыгар ологуран, ханнык айымньылар киирбиттэрин саба5алыыр. Остуоруйа5а бэйэ сыьыанын кэпсиир. Аахпыт остуоруйа туьунан бэйэ санаатын этэр. «Бу дьоруой оннугар эн тугу гыныан этэй?» диэн тугэни ырытар. Уруьуйунан уонна аатынан остуоруйаны талар. Уруьуйунан керен остуоруйаны кэпсиир. Россия норуоттарын 1-2 остуоруйатын ааттыыр. Кинигэттэн наадыйар остуоруйатын булар. Остуоруйа дьоруойдарын кэпсэтиилэрин оруолунан аагар. Тэн ис хиьоонноох остуоруйалары, дьоруойдары тэнниир. Хартыынанан кэпсиир. Уерэх кинигэтигэр баар хонтуруоллуур улэгэ ологуран, ситиьиилэрин сыаналанар уонна бэрэбиэркэлэнэр.

   Остуоруйа, остуоруйа дьоруойа диэн салаа сурун ейдебуллэрин чопчу ейдуур. Остуоруйа бутуутун, тумугун айар.

   Норуот уонна литературнай остуоруйа диэн быьаарар. Айымньы дьоруойун майгытын быьаарар, ол хаачыстыбаларын ааттыыр.

   Орулларынан наардыыр. Айымньыны инсценировкалыыр.

32

 «Куобах туьунан остуоруйа» (саха остуоруйата)

1ч.

33

«Урун эьэ мунна то5о хараный» (дьукээгир остуоруйата)

1ч.

34

«Тебе дуу, терде дуу?» (нуучча остуоруйата)

1ч.

35

С.Омоллоон «Дьэрэкээн оголор».

1ч.

36

Биьиги театрбыт. Б.Уьунуускай «Сулустар уонна ый хайдах уескээбиттэрин туьунан».

1ч.

37

Бэйэ аа5ыыта. «Тебе уонна терде».

1ч.

38

Ыалынан аа5ыы. «Ыт бэйэтигэр до5ору хайдах кердеебутэ» (ненец остуоруйата)

1ч.

39

Ойуулуур дьуьуннуур эйгэ5э. Бэйэ уруьуйа.

Ситиьиини сыаналааьын, билиини бэрэбиэркэлээьин.

1ч.

Хотон улэтин уруьуйа

                                                                                               Мин дойдум - олонхо дойдута (6 чаас)

40

Олонхо-ебугэ угэьэ

Ыал.

Эрэйи туорааьын.

Бэриниилээх буолуу.

Киирии уруок. Тиэмэ сурун ейдебуллэрэ: олонхо ус дойдута, айыы уонна абааьы бухатыыра.

1ч.

   Олонхо аа5ыллар уратытын ейдеен истэр. Олонхо ус дойдйтун туьунан араарар. Олонхоьут диэн ким ааттанарын ейдуур.

   Олонхо дьоруойдарын саналар уратылаагын билэр, утуктэн аа5арга холонор. Аахпыт кэрчик ис хоьоонун ейдуур. Олонхоттон айыы киьитин сиэрин-майгытын инэринэн, атын дьону кытта алтыьыытыгар туьанар. Олонхо норуот тылынан уус –уран айымньытын саамай беден айымньыта буоларын быьаарар. Уруьуйдарынан олонхону кэпсиир. Уерэх кинигэтигэр баар хонтуруоллуур улэ5э оло5уран, ситиьиилэрин сыаналанар уонна бэрэбиэркэлэнэр.

   Ходуоьунньук улэлэрин керен, аахпыт олонхотугар сыьыаннаах тугэннэри булан ырытар.

   Тылдьыттан олонхо тылын суолтатын булан кэпсиир. Олонхо орто дойдутун ойуулуур тыллары тылдьыттан булар. Истибит уонна аахпыт кэрчиктэргэ сеп тубэьэр иллюстрацияны булар. Быьа тардыыны тылынан ойуулуур.

   Салаа сурун ейдебуллэрин ейдуур.

41

Олонхоттон олуктар: Уеьээ дойду. Айыы бухатыыра. Аллараа дойду. Абааьы бухатыыра. (Екатерина Чехордуна. «Олонхо тыла-еье», «Мин дойдум –олонхо дойдута»).

1ч.

42

Бибилитиэкэ5э дьарык. «Саха олонхолоро» кинигэ быыстапката.

1ч.

43

Бэйэ аа5ыыта. Б.Решетников-Кеьене Буетур. «Куенэ ке5еччер аттаах куустээх-уохтаах Кун Кундулу бухатыыр».

1ч.

44

Ыалынан аа5ыы. С.Васильев «Кун Эрили».

1ч.

45

Айымньы дойдутун кистэлэннэрэ.

Ситиьиини сыаналааьын, билиини бэрэбиэркэлээьин.

1ч.

                                                                                                       Биьиги доготторбут (10 чаас)

46

Ийэ айылга.

Айыл5а5а харыстабыллаах сыьыан

Киирии уруок. Тиэмэ сурун ейдебуллэрэ: уус-уран уонна биллэрэр тиэкистэр уратылара.

1ч.

   Тиэмэ аатыгар оло5уран, туох туьунан айымньылар киирбиттэрин саба5алыыр. «Тыынар тыыннаа5ы барытын таптаа» диэн тиэмэ5э сижр-майгы кестуутун быьаарар.

   Уобараьы айыыга сананы утуктуу ньыма буоларын ылынар. Поэттар айыл5а тыаьын-ууьун тириэрдэр тылларын булар.

   Тыынар тыыннаахха уонна уунээйигэ бэйэ сыьыанын кэпсиир. Кэпсэтии быраабылатын тутуьар: сэьэргэьээччигэ бол5омто уурар, бэйэ санаатын этэр, аахпыт айымньы туьунан ыйытыы биэрэр, паара5а, белеххе улэлиир. Таптыыр ытын (куоскатын) туьунан кэпсээн онорон, тыынар  тыыннаахха бэйэ сыьыанын кердерер;учугэй, куьаган диэн ейдебуллэри тэнниир; кинилэр ис номохторун быьаарар.

   Тиэмэтигэр септеех хаьыаты онорууга матырыйаалы талар. Бэйэ айымньытын кердерер.

   Биллэрэр уонна уус-уран тиэкистэри тэнниир.

   Уерэх кинигэтигэр баар хонтуруоллуур улэ5э оло5уран, ситиьиилэрин сыаналанар уонна бэйэтин бэрэбиэркэлэнэр.

   Ходуоьунньук ойууларын талан кэпсиир, айымньыга сыьыаран ырытар.

   Ойууларынан айымньыны танар. Кинигэ быыстапкатын тиэмэтин быьаарар, наадалаах кинигэни булар.

47

Б.Хабырыыс «Бэскэ ууммэт мээчик».

1ч.

48

К.Уурастыырап «Бастакы хаар уонна барабыай». С.Данилов «Чооруостар».

1ч.

49

К.Туйаарыскай «Моготой того ытаабытай?». Н.Тарабукин «Булчут ыт». Е.Собакин «Хотой уйата».

1ч.

Булчут ыт туьунан кэпсэтиьии

50

Бибилитиэкэ5э дьарык. Айыл5а уонна хамсыыр харамай туьунан кинигэлэр.

1ч.

51

Бэйэ аа5ыыта. Т.Сметанин «Куоскалар уонна саьыл».

1ч.

52

Ыалынан аа5ыы. И.Сосин «Ыт утуйа мээрик буолбут».

1ч.

53

Ойуулуур дьуьуннуур эйгэгэ. Бэйэ уруьуйа

1ч.

Улааттаххына туох улэьит буоларгын уруьуйдаа

54

Айар улэ умсул5ана. «Таптыыбын бары тыынар тыыннаа5ы» истиэнэ хаьыата

1ч.

«Таптыыбын бары тыынар тыыннаа5ы» истиэнэ хаьыата

55

Айымньы дойдутун кистэлэннэрэ.

Ситиьиини сыаналааьын, билиини бэрэбиэркэлээьин.

1ч.

                                                                                             Учугэйтэн уерэбит, куьа5антан хомойобут (8 чаас)

56

До5ордоьуу.

Кыьамньы.

Хардарыта кемелеьуу.

Амарах быьыы.

Сиэрдээх сыьыан.

Киирии уруок. Тиэмэ сурун ейдебуллэрэ: кэпсээн, уус-уран тиэкис былаана, айымньыга сиэр-майгы ойууланыыта.

1ч.

Тиэмэ аатыгар оло5уран, туох туьунан айымньылар киирбиттэрин саба5алыыр. Кэпсээн, кэпсээн дьоруойа, айымньыга сиэр-майгы кестуутэ, айымньы сурун санаата, тиэкис былаана диэн салаа сурун ейдебуллэрин чопчу ейдуур. Дьоруойдарын быьаарар. Айымньы дьоруойун санатынан уонна быьыытынан характеристикалыыр. Кэпсээннэри тылынан ойуулуур.

   Айымньы уопсай тиэмэтин быьаарар, сурун санаатын булар, айымньы ис номо5ун арыйар ес хоьоонун булар. Оруолларынан наардыыр.

   До5ор диэн кими этэри дьууллэьэр, дьиннээх до5ордоьуу диэни быьаарар. Учугэйи уонна куьа5аны араарар. Бэйэ уонна атын киьи быьыытын сыаналыыр. До5ордоьуу, кыьамньы, хардарыта кемелеьуу, амарах быьыы диэн ейдебуллэр суолталарын до5ору кытта ырытар; аахпыт кэпсээннэртэн холобурдуур.

   Улэьит-сурэ5э суох, чиэьинэй-сымыйаччы, алама5ай-киннээх диэн утары суолталаах тыллары тэнниир, кинилэр суолталарын быьаарар.

   Кэпсэтэр киьини хомоппокко эрэ (до5ору кытта) алтыьар. Бэйэ бэйэни ейуур, бэйэ-бэйэ5э кемелеьер.

   Айымньылары тиэмэтинэн, ис хоьоонунан уонна сурун санаатынан тэнниир.

   Айымньыны чааска араарар, ааттыыр. Былаан онорор.

   Бибилитиэкэ5э кинигэни бэриллибит кэриннэринэн булар. Кинигэни тиэмэлэринэн керен наардыыр.

   Уерэх кинигэтигэр баар эонтуруоллуур улэ5э оло5уран, ситиьиилэрин сыаналанар уонна бэрэбиэркэлэнэр.

   Кинигэ быыстапкатын тиэмэтин быьаарар.

57

С.Омоллоон «До5ордуулар». Т.Сметанин «Керудьуес кун». Т.Бурэ «Хатыыска». А.Аччыгыйа «Иккис то5о?»,«Тердус то5о?»,

1ч.

58

Улуро Адо «Иранал». С.Михалков «Ийэ5э сыьыан». С.Данилов «Икки ийэ, икки кыыс». Л.Толстой «Уолаттар».

1ч.

Маайа ньирэйин туьунан кэпсээ

59

Бибилитиэкэ5э дьарык. «До5ордоьуу туьунан усс-уран айымньыга» быыстапка.

1ч.

60

Биьиги театрбыт. А.Аччыгыйа «Уьус то5о?»

1ч.

61

Бэйэ аа5ыыта. С.Данилов «Сурэ5э суох суус субэлээх». Н.Тарабукин «Хаарынан хабдьыны оноробут»

1ч.

Сурэгэ суох суус субэлээх диэн ес хоьоонугар уруьуй

62

Ыалынан аа5ыы. П.Ойуунускай «Мэник». В.Давыдова «Мэник»

1ч.

63

Айымньы дойдутун кистэлэннэрэ.

Ситиьиини сыаналааьын, билиини бэрэбиэркэлээьин.

1ч.

64-66

Олохтоох суруйааччы

3ч.

67-68

Сыллаа5ы хатылааьын

2ч.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Рабочая программа по окружающему миру (1 класс) составлена на основе авторской программы «Окружающий мир» Н.Я.Дмитриевой, А.Н.Казакова, (Сборник программ начального общего образования. Система Л.В. Занкова. – Самара: Издательство «Учебная литература»: Из

Рабочая программа по окружающему миру (1 класс) составлена на основе авторской программы «Окружающий мир»  Н.Я.Дмитриевой, А.Н.Казакова, (Сборник программ начального общего образования. Сис...

Рабочая программа литература 5 класс (индивидуальное обучение)

Рабочая программа литература 5 класс (индивидуальное обучение)...

Рабочая программа литература

Рабочая программа по литературе для 2 класса...

Рабочая программа "Аа5ыы" 4 кылаас

4 кылааска аа5ыы уруога уус-уран айымньыжанрын кытта билсиьии принцибинэн барар. Уэрэнээччи норуот тылынан уус-уран айымньытын уонна уус-уран литература сурун жанрын билсэр, термини быьаарыыта суох ту...

Календарно -тематическое планирование Литература аа5ыыта 2 кылаас Захарова Л.В.

Календарно-тематическое планирование ексель. с УУД. Захарова Литература аа5ыыта....

Литература аа5ыыта 6.04.20г

Биография писателя Болот Боотур...

Литература аа5ыыта 2 кылаас. Софрон Данилов «Икки ийэ, икки кыыс», Лев Толстой «Уолаттар ».

Литература аа5ыыта 2 кылаас. Софрон Данилов «Икки ийэ, икки кыыс», Лев Толстой «Уолаттар »....