Литература аа5ыыта 2 кылаас. Софрон Данилов «Икки ийэ, икки кыыс», Лев Толстой «Уолаттар ».
план-конспект урока по чтению (2 класс)
Литература аа5ыыта 2 кылаас. Софрон Данилов «Икки ийэ, икки кыыс», Лев Толстой «Уолаттар ».
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
lit.aa5yy_oai.docx | 25.19 КБ |
lit.aa5yy_oai.pptx | 1.78 МБ |
Предварительный просмотр:
Оскуола: «Тамалаканская СОШ»
Учуутал: Оконешникова Александра Ивановна
Кылаас: 2
Предмет: Литератураҕа ааҕыы
Уруок тиэмэтэ: Софрон Данилов «Икки ийэ, икки кыыс», Лев Толстой «Уолаттар ».
Уруок тиибэ: Саҥа тиэмэни барыы.
Уруок сыала: О5о ийэ5э сыһыанын тупсарыыга уһуйуу.
Уруок соруктара:
Үөрэтэр соруктар: Кэпсээн ис хоһоонун, санаатын оҕолорго тириэрдии, ааҕарга бэлэм буолууну сэһэргэһии.
Дэгиттэр үөрэнэр үөруйэхтэри ситиһии: оҕо бэйэтин дьоҕурун сайыннарыы саҥа тиэмэҕэ болҕомтолорун ууруу, элбэҕи билэ сатыыр, бэйэтин санаатын арыйыы, интэриэһин сайыннарыы.
Сатабылы иҥэрии: Болҕойон истэр дьоҕурун сайыннарыы; кэпсээн сүрүн ис хоһоонун кылгастык этэ үөрэнии.
Тус бэйэ уөруйэхтэрэ: Бэйэ дьоҕурун туһунан билиини ыларга дьулуһуу, болҕомтолоохтук ааҕыы, бэйэ санааны этии.
Бэйэни салайынар үөрүйэхтэр: О5о бэйэтэ ааҕан тылын сайыннарар. Бүгүҥҥү уруокка сыалын-соругун сөпкө туруорар.
Бодуруһар үөрүйэхтэр: Үөрэнээччи уруокка санаатын этэригэр уөрэтии, ыйыыталарга чопчу сөпкө эппиэттииргэ кэпсэтии сиэрин сөпкө тутуһарга үөрэнэллэр.
- Уруок хаамыыта:
- Үтүө күнүнэн! Өйбүтүн - санаабытын сааһыланныбыт, уруокка киирдибит.
(Учууталы көрсүү, уруокка болҕомтолоохтук олорорго бэлэмнэнии)
(Слайд 1. Музыка тыаһыыр учуутал ийэ5э аналлаах хоһоону аа5ар)
«Ийэ» Лисачев Данил
Ийэ – сир үрдүгэр күндү тыл,
Ийэ – күңңэ тэңнээх күндү тыл,
Ийэ – сүрэҕи минньитэр күндү тыл,
Амарах, истиң, иһирэх тыл.
Ийэ… Суос со5отох бу биир тылга
Аан дойду бары кэрэтэ,
Олох салҕанар утаҕа,
Түмүллэн сылдьар быһыыта.
(Слайд 2. Үөрэнээччилэр ийэлэригэр анаабыт видеолара)
– Оголоор, ийэлэргитин хайдах таптыыргытын тылгытынан эппикитин көрдүбүт иһиттибит. Маладьыастар. Аны ийэбитин тылынан буолбакка атыннык таптыырбытын өссө хайдах көрдөрүөхпүтүн сөбүй? (хоруйдар)
Бэйэни салайынар уөруйэхтэр: билии ыларга үлэни былааннааһын, улэ инники тумугун сабаҕалааһын.
2.Тиэмэҕэ киирии:
( Саҥа тиэмэни таайаллар, ааҕан саҕалыыллар; ыйытыыга хоруйдууллар
Билэр-көрөр дьоҕуру сайыннарыы.) 15м.
-Эһиэхэ саамай күндү ким буоларый бу олоххо? (ийэ)
-Ол аата бүгүҥҥү уруокка ким туһунан айымньыны барарбыт буолуой?
Бүгүҥҥү уруокка Софрон Данилов «Икки ийэ. Икки кыыс» диэн айымньытын ааҕыахпыт.
Болҕойон истэбит кэпсээммит ааптарын туһунан. (Слайд3)
Данилов Софрон Петрович (19.04.1922, Мытаах нэһилиэгэ, Арҕаа Хаҥалас улууһа, Саха губернията — 07.09.1993) — саха норуодунай суруйааччыта, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ (1949).
1934 с. 12 саастааҕар «Кыым» хаһыакка бастакы суруйуутун бэчээттэппит. 1938 с. «Бэлэм буол» хаһыакка «Мууска» диэн хоһооно бэчээттэммитэ,
Софрон Петрович Данилов элбэх айымньылара нуучча уонна атын омук тылларыгар тылбаастанан тахсыбыттара.
С. Данилов — публицист уонна литературнай критик. Орто оскуола литератураҕа бырагыраамматын уонна учебнигын ааптара.
-Кэпсээн аата эһиэхэ тугу этэрий? Туох туһунан буолуой?
Кэпсээни доргуччу ааҕан саҕалыыбыт.
- Икки кыыстан ким ордук ийэтин таптыыр эбитий? То5о Маайа ордук таптыыр эбит дии санаатыгыт?
3.Сынньалаҥ кэм
(Слайд 4) 2м.
- Бары турабыт ийэлэрбитигэр дьиэ үлэтигэр көмөлөһөр хамсаныыларын үтүктэбит.
(Үтүктэллэр.)
4. Чиҥэтии
(Сатабылы иҥэринии
Болҕойон истэр дьоҕуру сайыннарыы, остуоруйа сүрүн ис хоһоонун кылгастык этэ үөрэнии) 20 м.
- Иккис кэпсээммит «Уолаттар» - диэн ааттаах Лев Толстой айымньытын ааҕыахпыт. (Слайд 5)
Лев Николаевич Толстой - нуучча аатырбыт суруйааччыта, публицист уонна религиознай деятель. Атырдьах ыйын 28 күнүгэр (балаҕан ыйын 9) 1828 сыллаахха, Туула губерниятыгар Ясная Поляна диэн сиргэ төрөөбүт, сэтинньи 7 (20) күнүгэр 1910сыллаахха, Тамбовскай губерния Астапово станциятыгар өлбүтэ.
- Кэпсээни уочаратынан ааҕан саҕалааҥ. Оҕо ааҕар бириэмэтигэр атыттар болҕойон олорон сирдэтэн иһиҥ.
(Иккис кэпсээни ааҕан саҕалыыллар, ыйытыыларга хоруйдууллар.)
- «Биир уолу көрөбүн» диэн оҕонньор тоҕо эттэ?
- О5олоор, бу икки айымньылары тэннээн көрүөххэйиҥ. Эһиги иннигитигэр сытар табылыыссаҕа баар боппуруостар хоруйдарын толорон суруйуҥ.
(Слайд 6)
Боппуруостар | Софрон Данилов “Икки кыыс икки ийэ” | Лев Толстой «Уолаттар» |
Ийэлэр кыргыттарын уонна уолаттарын туһунан туох диэн кэпсээтилэр? | ||
Ийэлэр тугунан киэҥ туттар эбиттэрий? | ||
Кыргыттар, уолаттар хаачыстыбалара | ||
Кыргыттар, уолаттар үчүгэй быһыылара | ||
Хайа айымньыга оҕолор ордук майгылара көстөрүй? |
5. Түмүк
(Тумук оҥостоллор, боппуруоска эппиэттииллэр.
Бодуруһар уөруйэхтэр: Уөрэнээччи уруокка санаатын этэригэр уөрэтии, ыйыыталарга чопчу сөпкө эппиэттииргэ кэпсэтии сиэрин сөпкө тутуһарга үөрэнэллэр) 2 м.
- Бу икки аахпыт айымньыбытыттан ханныгын ордук сөбүлээтигит? Тоҕо?
- Ийэ диэн тыл эһиэхэ ханнык тыллары кытта сибээстээҕин этиҥ. (Слайд 7)
- Билигин эһиги иннигитигэр сытар памятканы оҥоруоххут кумаахыгыт аҥар өттүгэр ийэлэргитигэр хайдах көмөлөһүөххүтүн, кинилэри хайдах үөрдүөххүтүн баҕараргытын суруйуҥ. Аны, оҕолоор, ити суруйбуттаргытын толордоххутуна ийэлэргит хайдах курдук үөрбүт мэтириэттэрин, памяткаҕыт аҥар өттүгэр уруһуйдааҥ.
- Ол курдук, киһи дьиэ кэргэнигэр тапталын тылынан эрэ буолбакка дьыаланан эмиэ көрдөрүөхтээх. Хас биирдии оҕо дьиэ кэргэнэ киэҥ туттарын туһугар дьонугар көмөлөһүөхтээх, дьонун убаастыахтаах.
- Ийэ - бу эйиэхэ олоҕу бэлэхтээбит аанньал, сиргэ түспүт таҥара. Ийэ диэн күндү киһи, ийэ диэн күн киһи. Ийэ эйиэхэ олоҕу биэрбитэ, Аан дойдуга хараххын аспыта, төрөөбүт тылгынан саҥардыбыта. Үчүгэй киһи буоларгар өрүү кини кыһанар, арыт- арыт мөхтөр да иһигэр аһынар- диэн тураммын уруокпун түмүктүөхпүн баҕарабын.
- Билигин бары оҥорбут памяткаларгытын тутан туран ийэлэрбитигэр анаан куруук ыллыыр ырыабытынан уруокпутун түмүктүөххэйиҥ. Ырыаны мин видеоҕа устуом уонна ийэлэргитигэр бэлэх уунуохпут.
6. Дьиэҕэ сорудах
«Ийэм туһунан» кинигэ:
- Ийэм илиитэ;
- Ийэм мичээрэ;
- Ийэм хомойуута;
- Ийэ туһунан хоһоон айыы.
- Сорудах Кулун тутар 8 диэри оҥоһуллар.
Предварительный просмотр:
Подписи к слайдам:
« Ийэ » Лисачев Данил Ийэ – сир үрдүгэр күндү тыл, Ийэ – күңңэ тэңнээх күндү тыл, Ийэ – сүрэ ҕ и минньитэр күндү тыл, Амарах , истиң, иһирэх тыл. Ийэ … Суос со5отох бу биир тылга Аан дойду бары кэрэтэ , Олох сал ҕ анар ута ҕ а, Түмүллэн сылдьар быһыыта.
Ийэлэргэ э5эрдэ видео
Данилов Софрон Петрович (19.04.1922, Мытаах нэһилиэгэ , Арҕаа Хаҥалас улууһа, Саха губернията — 07.09.1993) — саха норуодунай суруйааччыта , ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ (1949).
« Икки ийэ . Икки кыыс »
Сынньалаҥ кэм
Лев Николаевич Толстой - нуучча аатырбыт суруйааччыта , публицист уонна религиознай деятель. Атырдьах ыйын 28 күнүгэр ( балаҕан ыйын 9) 1828 сыллаахха , Туула губерниятыгар Ясная Поляна диэн сиргэ төрөөбүт , сэтинньи 7 (20) күнүгэр 1910 сыллаахха, Тамбовскай губерния Астапово станциятыгар өлбүтэ .
Боппуруостар Софрон Данилов “Икки кыыс икки ийэ” Лев Толстой “Уолаттар” Ийэлэр кыргыттарын уонна уолаттарын туһунан туох диэн кэпсээтилэр ? Ийэлэр тугунан киэҥ туттар эбиттэрий ? Кыргыттар, уолаттар хаачыстыбалара Кыргыттар, уолаттар үчүгэй быһыылара Хайа айымньыга оҕолор ордук майгылара көстөрүй?
ийэ
Ырыа ийэбитигэр анаан
Дьиэҕэ сорудах « Ийэм ту һунан » кинигэ салаалара : Ийэм илиитэ; Ийэм мичээрэ; Ийэм хомойуута; Ийэ туһунан хоһоон айыы.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Ахсаан уруогун ыытыы методиката Тиэмэ: «икки бэлиэлээх тогурук чыыьыланы столбигынан ко5урэтии 50-24» 2 кылаас
ГБПОУ РС(Я) С.Ф.Гоголев аатынан Дьокуускайдаа5ы педагогичэскай колледж Ахсаан уруогун ыытыы методикатаТиэмэ: «икки бэлиэлээх тогурук чыыьыланы стол...
Софрон Петрович Данилов "Торбостор"
Литература аа5ыыта 3 кылаас. УМК Л.В.Захарова...
Рабочая программа Литература аа5ыыта 2 кылаас
Үлэ бырагыраамата Федеральнай государственнай үөрэх стандардыгар, Россия гражданинын лиичинэһин сиэрин-майгытын сайыннарыыга уонна иитиигэ кэнсиэптийэтигэр, үөрэх биридимиэтин үөрэтии түмүктэригэр оло...
Конспект урока по удмуртской литературе. Тема: Малы книга секыт? Г. Данилов. Книга бамъёсты улзытисьёс (В.Мустаев).
Через стихотворение Г.Данилова ученики делают вывод: почему умная книга тяжелее, простой дощечки такого же размера. Знакомство с детскими удмуртскими художниками....
Календарно -тематическое планирование Литература аа5ыыта 2 кылаас Захарова Л.В.
Календарно-тематическое планирование ексель. с УУД. Захарова Литература аа5ыыта....
Литература аа5ыыта 6.04.20г
Биография писателя Болот Боотур...
Технологическая карта урока по литературному чтению на родном языке 3 класс "Софрон Данилов Торбостор"
3 кылааска литература аа5ыытын уруогар технологическай карта "Софрон Данилов Торбостор"....