Уһуйаан бэлэмнэнии бөлөҕүн оҕолоругар Саҥа Дьыллааҕы бырааһынньык хаамыыта
материал (подготовительная группа)
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
ananeva_ma_stsenariy_morozko.docx | 210.58 КБ |
Предварительный просмотр:
Музыкальный руководитель Ананьева Мираслава Алексеевна МБДОУ ЦРР-д/с №86 "Колокольчик" новогодний сценарий для подготовительной группы "Морозко"
Уһуйаан бэлэмнэнии бөлөҕүн оҕолоругар Саҥа Дьыллааҕы бырааһынньык хаамыыта
Оруолларга
Ыытааччы - уһуйаан иитээччитэ
Настя - сэмэй үлэһит кыыс. Эһээ Дьыл көмөтүнэн Хаарчаана буолар.
Маманя - Настя кииринньэҥ ийэтэ. Көҥөс, айдааннаах акаары дьахтар.
Дуня – Маманя кыыһа, ийэтин курдук көҥөс, ымсыы акаары кыыс. Түктэри көстүүлээх, таһынан көстүүлээх таҥастаах.
Эһээ Дьыл, ол эбэтэр Мороз Иванович.
Туттар тэрил
Оркестр инструменнара.
Сиэркилэ.
Кыра сундуук. Иһигэр подароктар бааллар, маҕан таҥаһынан сабыллар, үрдүгэр хаар кутуллар.
Дуня тутар бриллианнардаах биэдирэтэ.
Настенька тутар күндү маллаах кырасыабай хоппо. Иһигэр араас күндү киэргэл угуллар.
Чупа-чупс, араас муодунай таҥастаах-саптаах суумка. Дуняша тутар.
Астаах корзина. Иһигэр кока-кола, сырбургер, онтон да атын буортулаах ас. Дуняша тутар.
Дуняша саҥыйаҕа, хаатыҥката, былаата.
Настенька хаатыҥката, былаата, кылгас соно.
Конфетти угуллар бокал, инчэҕэй былаат. Эһээ Дьыл туһанар.
Оонньууга туттуллар үтүлүк.
Уолаттар үҥкүүлэригэр туһаныллар сэлээппэлэр, кыра мас кэрчиктэр.
Үҥкүүгэ эбэтэр оонньууга туттуллар хаатыҥка.
- Киирии үҥкүү. “Снежный хоровод” или “Здравствуй, Новый год!”
Ыытааччы – Күндү оҕолор, убаастабыллаах ыалдьыттар! Саҥа дьылбыт чугаһаата, бу тиийэн кэллэ! Кини бар дьоммутугар үтүөнү эрэ аҕаллын, эйэлээх, толору дьоллоох сыл буоллун! Чэгиэн доруобуйалаах, ыраас санаалаах, элбэх доҕордоох буолуохха, куруутун үөрэ-көтө сылдьыахха!
Эргэ сылбыт бэккэ ааста,
Дьыл-хонук баран иһэр.
Халандаарбыт лииһэ түстэ,
Саҥа сылбыт кэлэн эрэр.
1 оҕо -
Саҥа дьыл үөрүүтүгэр,
Саҥа дьыл бэлиэтигэр,
Чээлэй күөх харыйаны
Лаглаччы киэргэппиттэр!
2 оҕо-
Кэрэтиэн Саҥа дьыл киэһээтэ,
Сандааран салаллан кэлбитэ.
Үөһээттэн хаар сулус кыыдамныыр,
Кырачаан кыым буолан кыламныыр.
3 оҕо-
Элбэх араас мааскалар
Елка тула мустаннар,
Дьиэрэһитэ ыллыыллар,
Дьиэрэҥкэйдээн тэбэллэр!
4 оҕо –
Саҥа дьылы көрсөөрү,
Ырыа – тойук истээри,
Үнкүүбүтүн көрөөрү,
Элбэх ыалдьыт мустубут,
Үөрүү-көтүү үксээбит.
- Саҥа дьыллааҕы ырыа.
(ырыа кэннэ оҕолор олоппоско олороллор)
Ыытааччы –
Күндү оҕолорбут, тапталлаах сэгэрдэрбит!
Кулгааххытын чөрөтүҥ, хараххытын кэҥэтиҥ,
Аптаах остуоруйа көрүөххүт,
Олус диэн сэргиэххит!
Остуоруйа, ханна бааргын?
Эппиэккин күүтэбин.
Оҕолортон куотума,
Кинилэри хомотума!
- Музыка тыаһыыр, Дуня киирэн кэлэр. Соччото суох куолаһынан Саҥа дьыллааҕы ырыаны ыллыы сатыыр, олорор, тыастаахтык чупа-чупс эмэр.
Дуня (чупа-чупс эмэр) – Маманя! Мама-а-ня! Ханна бааргын? Ханна дьөлө түстүҥ?
Маманя (кулиса кэнниттэн саҥата иһиллэр) – Иһэбииин,иһэбин, кыысчааныааам!
- Музыка тыаһыгар Маманя киирэн кэлэр, үгүс элбэх таҥас тутуурдаах: шляпалар, кофталар, шарфиктар, юбкалар, мишуралар…
Маманя – Хайа, Көмүһүм, уһугуннуҥ дуу
Дуня муннун хастар.
Маманя – Чыычааҕым, муннугун хастыма! Кып-кырасыбай муннугун буортулаама!
Дуня эмиэ чупа-чупсун тыастаахтык эмэн барар.
Маманя – Көр, кыысчааным, тугу баҕарбыккын барытын атыыластым. Маҕаһыыҥҥа баары барытын ыллым. (Дуняҕа таҥастары көрдөртүүр)
Дуня (чупа-чупсун эмэ-эмэ) - Муодунай дуо? Эбэтэр барыта эргэ муода ду?
Маманя – Муодунай, муодунай, долгуйума.
Дуня – Мин син биир долгуйабын! Саҥа дьыл муннум анныгар кэллэ, оттон мин Баалга кэтэр таҥаһым суох!
Маманя Дуня муннун одуулуур. Дуня, тугу да өйдөөбөттүү, хараҕын хардары көрөр, муннун көрө сатыыр.
Дуня – Хайа-а?
Маманя – Суох дии.
Дуня – Туох суоҕуй?
Маманя – Ханнык да Саҥа дьыл муннуҥ анныгар суох. Арай муннугар прыщик эрэ баар.
Дуня – Маманя, эн акаарыгын даҕаны! Ити аата Саҥа дьыл чугаһаата, муннум анныгар кэллэ диэн, муннум анныгар дьиҥнээхтии кэлбит диэн буолбатах.
Маманя – Оччоҕуна ханна баарый?
Дуня – Ханна-ханна?? Манна (кыыһыран сэҥийэтин ыйар)
Маманя (Дуня сэҥийэтин одуулуур) – Албыннаама! Итиннэ суох! Прыщик эрэ баар!
Дуня (часкыйар) – Маманя, эн соруйан гынаҕын быһылаах! Миигин күлүү гынаҕын, прыщиктары эрэ ааҕаҕын! (ытыыр)
Маманя (кыыһын кууһар)- Дуня, көмүһүөм, чэ бүт, бүт, ытаама, уоскуй. Хата таҥаспытын талыахха.
- Иккиэн таҥастары ырытан бараллар, өрөһөлүү сытар таҥастан була-була таҥналлар. Түмүгэр, буолар-буолбат таҥаһы кэппит, мишуранан киэргэммит икки чуучала курдук буолаллар.
Дуня – Чэ, бэлэм буоллубут арааһа! Настька! Настькаа, дьүлэй буоллуҥ да? Сиэркилэни аҕала тарт! Түргэнник!
- Музыка тыаһыыр. Настя сиэркилэлээх киирэр.
Настя – Дуняша, Маменька, ыҥырбыккыт дуо?
Дуня – Ыҥырын, ыҥыран! Аҕал манна сиэркилэни, биһиги Маманялыын сиэркилэҕэ көрүнүөхпүт.
Настя сиэркилэни муостаҕа уурар, аттыгар турар. Маманя дунялыын сиэркилэҕэ чугаһыыллар...кыра тохтобул кэннэ –
Маманя уонна Дуня (иккиэн) – А-а-а! (сиэркилэни ыйа-ыйа хаһыы-ыһыы буолаллар)- Абааһы курдукпуу-ут! Чуучалаҕа майгынныыбыы-ыт! А-а-а!
Дуня – Ити эн! Барыта эн буруйдааххын! (Настяны ыйа-ыйа хаһыытыыр) Маманя-я, Настя буруйдаах! Кини биэдирэ да кэппитин иһин син биир кырасыабай. Оттон ми-и-ин...(Настяны сэлээппэнэн быраҕар) Киэр бар мантан, эйигин көрүөхпүн да баҕарбаппын! (ытыыр).
Маманя (Настяҕа) Бар-бар мантан, киэр бар!
Настя – Сөп, Ийэ.
Настя сиэркилэни илдьэ тахсар.
Маманя (Дуняҕа) – Уоскуй, кыысчааным. Эн кып-кырасыабайгын, саамай-саамай үчүгэйгин, кэп-кэрэҕин.
Дуня (ытыы-ытыы) – Оттон Настька?
Маманя – Настьканы таһырдьа үүрүөхпүт. Ойуурга олоро түстүн, тоҥнун! Сирэйэ үлүйүө, кырасыабайа начаас суох буолуо!
Дуня (хараҕын уутун соттор)- Кырдьык дуо, Маманя?
- Дуэт. Дуня уонна Маманя ырыалара.
Маманя – Кэрэчээним, кыысчааным, (Дуняны төбөтүттэн имэрийэр)
Долгуйума, ытаама.
Элбэх харчы баар буолуо,
Баай олохпут дьэ кэлиэ.
Проигрыш...(Маманя үөрэ-үөрэ коза оҥорор, ыллыыр) - утю-тю, утю-тюю
Дуня – Настька кыыһы үүрүөххэ
Ойуур диэкки кыйдыахха. (хомойбута, хоргуппута буолар)
Кэргэн тахсар баҕабын
Түргэнник толоруохха.
Проигрыш...ладушкалаан оонньууллар. Ол кэннэ тахсан бараллар.
Ыытааччы – Буолар да эбит! Дуняша Маманялыын Настеньканы үүрээри гыналлар, тымныы ойуурга кыйдаары оҥостоллор!
Оҕолоор,
Оркестрга оонньуохха,
Эһээ Дьылы ыҥырыахха!
Музыканнар, кэлэ охсуҥ!
Инструмены ыла тардыҥ!
Эһээ Дьылбыт иһиттин,
Настеньканы быыһаатын.
- Оркестр “Новогодний”.
Дуняша Маманялыын киирэллэр.
Дуня – Сөп, быһаардыбыт! Настьканы ойуурга үүрэбит, тымныыга үлүтэбит! Ол эрэн хайдах кинини дьиэттэн үүрэбит? Папенькатыгар үҥсүө дии.
Маманя – Биһиги кинини ойуурга сорудахтаан ыытыахпыт. Оччоҕуна таайыа суоҕа. Настька! (Настяны ыҥырар, бастаан эйэҕэс куолаһынан, оттон кыыһыран, куруубай толоос куолаһынан хаһыытыыр). Настька, истэҕин да?! Кэлэ тарт!
Настя киирэр.
Настя – Маменька, ыҥырдыгыт дуо?
Дуня – Ыҥыран, ыҥыран. Чэ, ойуурга бар!
Настя – Тоҕо, Дуняша?
Дуня – Тоҕо-тоҕо? (хаадьылаан саҥарар). Маста аҕал! (күргүйдүүр)
Настя – Маһы баарыан аҕалбытым ди.
Дуня – Оччоҕо уута аҕал!
Настя – Уу эмиэ аҕалбытым.
Дуня – Оччоҕо хаарда аҕал!
Настя – Хаар тэлгэһэҕэ баһаам ди, тоҕо ойуурга барабын?
Маманя (Дуняны туора тардан баран, иһиллэрин курдук кулгааҕар сибигинэйэр) – Атыны этэҕин ди. Сатаан оҥорбот сорудаҕын толкуйдаа.
Дуня – А-а-а... Өйдөөтүм! Сө-өп! Хаары – күөххэ, харыйаны – маҕаҥҥа!
Настя – Ол хайдах?
Дуня – Хайдах өйдөөбөккүн? Хаары күөх өҥүнэн кырааскалаа!
Настя – Тоҕо?
Маманя – Айака, ыйытан бүт! Бар ойуурга! Сорудаҕы толорбоккоҕун дьиэҕэ кэлэн көрөөр эрэ! Өйдөөтүҥ да?! Биһиги Дуняшалыын киэргэнэ бардыбыт, Саҥа Дьыл буолара чугаһаата ди.
- Дуня Маманялыын музыка доҕуһуоллаах тахсан бараллар.
Настя – Хайыахпыный, ойуурга барар буоллум. Ол эрэн олох өйдөөбөтүм, тоҕо хаары күөх өҥүнэн кырааскалыахха нааданый, харыйалары маҥанынан? Кыһыҥҥы ойуур бэйэтэ олус дьэрэкээн эбээт...!
- Музыка доҕуһуоллаах Настя былаат баанар, хаатыҥка кэтэр, тахсан барар.
Настя (ойуурга кэлбит) – Кыһыҥҥы ойуур кэрэтиэн, маҥаныан! Олус да дьэрэкээн көстүүлээх! Маннык кэрэни хайдах буортулуохха сөбүй! Харыйа анныгар олоро түһүөм, кыратык сынньаныам (харыйа анныгар олорунар). Уай, хаар түһэн эрэр! Ооо, элбэх да хаар.
- “Хаар” үҥкүүтэ эбэтэр “Хаар түһэр” ырыа
- Эһээ Дьыл ырыата
- Настя тоҥон, былаатынан күүскэ бүрүнэр. Корзинкатын иһиттэн кыракый былаакка сууламмыт килиэп хоруоскатын таһаарар. Ыраахтан ырыа иһиллэр. Эһээ Дьыл (Мороз Иванович) ойуурун истэ-көрө сылдьар, ырыатын ыллыыр. Залга киирэр.
Эһээ Дьыл – Ух, тымныттым да тымныттым, ойуурбун хаарынан үллүйдүм. Бэт да бэт! Хайа, харыйа анныгар ким саһан олорор. Кыракый кыысчаан дуу? Ойуурга? Түүн? Бачча тымныыга? Дьэ, дьикти эбит... (Настяҕа чугаһыыр) Сылаас дуо, кыысчаан? Сылаас дуо, кэрэчээн?
Настя – Сылаас, эһэ.
Эһээ Дьыл – Ама сылаас дуу?
Настя (илиитин айаҕынан үрэр) - Сылаас, сылаас, эһээ, долгуйума.
Эһээ Дьыл (Настя аттыгар олорор) – Сөп-сөп, сылаас диэтиҥ ду... Оттон килиэпкиттэн бэрсиэҥ ду?
Настя – Сиэ-сиэ, эһээ. Ол эрэн баалаама, хаппыт килиэп ээ.
Эһээ Дьыл – Килиэп хаппыта кыһалҕа буотах. Саамай сүрүнэ диэн, Кэрэчээн кыысчаан, эн дууһаҥ сымнаҕас, үтүө, элэккэй! Эйигин уруккуттан кэтээн көрөбүн, куруук үлэ түбүгэр сылдьаҕын, кыһаллан үлэлиигин. Үчүгэй, чиэһинэй үлэһит хаһан баҕарар наҕараадаланар, хайҕанар. Кэл, миигинниин барыахха, сэмэй санааҥ иһин, ыраас дууһаҥ иһин эйиэхэ бэлэх арааһын бэлэхтиэм.
Настя – Эһээ, миэхэ бэлэх наадата суох. Бэлэх ылары ситиһэ иликпин.
Эһээ Дьыл – Аккаастаныма, эһээни хомотума. Чэ, барыахха.
- Эһээ Дьыл уонна Настя тахсан бараллар.
- Оонньуу
- Дуня уонна Маманя киирэллэр. Үөрбүттэр, дэлби киэргэммиттэр.
Дуня (эргичиҥниир)- Көрүүй, Маманя, үчүгэйбин да?
Маманя – Үчүгэйгин, кэрэҕин да кэрэҕин! Мин прынцессам барахсан!
Дуня – Маманя, эн олус да старомоднайгын. Мин прынцесса буотахпын!
Маманя – Оччоҕо? Королевишнаҕын да?
Дуня – Мин топ-модельбын!
Маманя – Оодьэ, топай-топай, модель!
Дуня – Ханна топайдыыбыный?
Маманя – Ханна да? Үҥкүүгэ үөрэнэ. Бу киэһэ Саҥа дьыллааҕы баал буолар, принц илэ бэйэтинэн эйигин полька үҥкүүлүү ыҥырыа. Эн эмиэ былырыыҥҥы курдук атаҕын илдьи тэпсээри гынаҕын дуо?
Дуня (атаахтаан саҥарар)- А-а-а, баҕарбаппын. Атаҕым ыалдьар. Үҥкүүлээбэт инибин, Маманя?
Маманя – Надо, Дуня, надо!
Дуня (Маманя илиитин тардыалыыр) – Мамань, баалга кэтэр муодунай түүпүлэм суох дии.
Маманя – Эн тугу да өйдөөбөккүн! Билигин хаатыҥканан үҥкүүлүүр муода кэлбитэ!
- Үҥкүү “Хаатыҥка” эбэтэр хаатыҥкалаах оонньуу.
- Дуня бастаан миэстэтигэр туран эрэ үҥкүүлүүр, онтон оҕолорго кыттыһар. Үҥкүү бүтүүтэ сылайан олоро биэрэр, аҕылыыр, сэлээппэтинэн сөрүүккэнэр.
Дуня – Хайа, Маманя, хайдах үҥкүүлээтим?
Маманя – Отой Балерина курдук. Настьканы ойуурга кыйдаабыппыт, онон билигин эн бастыҥ кырасаабыссаҕын, уол барыта ымсыырыах дьиҥнээх невестаҕын.
Дуня (Маманяны быһа түһэн саҥарар) – Оннук, оннук. Бары ымсыырыах, бары былдьаһыах невестабын. Прынц илэ бэйэтинэн мин иннибэр тобуктаан туран, (Дуня тобуктуу түһэр, принцы үтүктүбүтэ буолар) сыылла сылдьан көрдөһүө: “Дунечка, красавица, мин прынцессам буолууй!”
- Ол кэмҥэ Настя киирэр, Хаарчаана таҥастаах, илиитигэр кырасыабай хопполоох. Дуня тобуктаан, принцы үтүктэ сылдьан бэйэтэ да өйдөөбөккө Настя атаҕын анныгар баар буолар уонна бүтэһик прынцессою диэн тылы илиитин өрө көтөҕөн туран Настяҕа этэр. Бу кэмҥэ Настяны өйдөөн көрөр уонна илиитин өрө туппутунан ах барар...
Дуня (соһуйан ойон турар, Маманяҕа сүүрэн тиийэр) – Карауул, привидение!
Хаарчаана (Настя) бокулуоннуур – Дорообо, Маманя! Дорообо, балтыкаам!
- Дуня хаһыытыыр уонна уҥан түһэр. Маманя Дуняны хабан ылар, илиитинэн сирэйин иннигэр сапсыйар. Онтон Настяны уордуйбут хараҕынан көрөр, Дунятын хаалларан баран Настяҕа ойон тиийэр. Бокуойа суох ыйыталаһар, Настяны эргиччи көрөр, таҥаһын-сабын тутар. Дуня кэлэн кыттыһар.
Маманя – Хайдах? Хантан кэллиҥ? Хантан маннык сиэдэрэй хоппо ыллыҥ? Тоҕо ойуурга тоҥмотуҥ?
Дуня – Хантан кырасыабай сонноннуҥ? Маннык үтүлүк хантан ыллыҥ? Хоппоҕо туох баарый?
Хаарчаана – Ойуурга Эһээ Дьылы көрүстүм, кини миэхэ бу сону бэлэхтээтэ, бэргэһэ уонна үтүлүк биэрдэ. Күндү таастардаах хоппону бэлэх уунна. Уонна Саҥа Дьыллааҕы Баалга ыҥырда, Эһээ Дьыл көмөлөһөөччүтэ Хаарчаана буол диэн көрдөстө.
Маманя – Батюшки, бу иэдээни! (Дуняҕа ойон тиийэр) Дунька, тоҕо дөйөн тураҕын. Бар, хомун, ойуурга бараҕын.
Дуня – Маманя, эн хайдах буоллуҥ? Ойуурга үлүтээри, тыыннаахтыы хаарга тоҥороору гынаҕын дуо?
Маманя – Тугу куолулуу тураҕын, акаары! Эһээ Дьылга күндү кылаат ыла бараҕын! Көр, Настька баай бөҕө аҕалбыт ди!
- Дуня Настяҕа ойон тиийэр, сонун имэрийэр, бэргэһэтин, үтүлүгүн ымсыырбыттыы көрөр, сиэдэрэй хоппону аһан кырасыабай оҕуруо таһаарар, моонньугар туттан көрөр. Уонна ойуурга барарга сөбүлэһэр.
Дуня – Маманя, тоҕо тураҕын? Халыҥ таҥаспын аҕал! Сонно, бэргэһэтэ, үтүлүктэ. (Настяҕа этэр) Эн тугу көрөн турдуҥ, бар, ыһыкпын бэлэмнээ!
Маманя уонна Настя тахсан бараллар. Маманя таҥас туппутунан тутатына төптөрү киирэр.
Маманя (Дуняны хаппыыста курдук хос-хос таҥыннарар) – Иһит миигин, Эһээ Дьылтан секонд-хэнд таҥаһы ылымаар. Барыта саҥаны, этикеткалааҕы эрэ ылаар. Ас биэрэр буоллаҕына, аккаастанаайаҕын, барытын ылан иһээр.
Настя астаах корзинкалаах киирэр.
Дуня – Гамбургер уктуҥ дуо?
Хаарчаана – Уктум.
Дуня – Оттон сырбургер? Умнубута буолуо..
Хаарчаана– Уктум, Дуняшечка, уктум.
Дуня – Оттон кока-коланы?
Хаарчаана – Баар, Дуняшечка, баар.
Дуня – Чэ, мин бардым.
Маманя – Бар, доченька, бар.
Дуня – Көр эрэ, үчүгэйбин да? (эргичиҥниир)
Маманя – Ой, наһаа да үчүгэйгин (манньыйар). Чэ, кытаат, бара оҕус! Эһээ Дьыл күндү бэлэҕин түҥэтэн кэбиһиэ, эйиэхэ тиийбэххэ хаалыа.
- Дуняша аҕылыы-аҕылыы нэһиилэ турар, уп-улахан, толору астаах пакеттарын илиитигэр тутар уонна ыарханнык хааман тахсар. Маманя былаатынан хараҕын сотто-сотто ытамньыйар, кэнниттэн далбаатыы хаалар. Саала уҥуор тахсан барар. Настя эмиэ тахсар. Дуня хаппыыста курдук таҥастаах саала устун бытааннык хааман төннөр, уот хараҥарар, ойуур кыылларын саҥата иһиллэр. Дуня куттанан эргичиҥниир, бөрө улуйарыттан чохчос гынар.
Дуня – Эчи кутталыан, эчи ынырыгыан! Мастар хаамар курдуктар, лабааларынан миигин тута сатыыллар. Барыҥ-барыҥ, кыш-кыш! Эҥин араас көстөр да буолар эбит, кыыһыраммын оннооҕор аччыктаатым.
- Дуня харыйа анныгар олорунар, пакеттарын хаһар, уп-улахан сырбургер (батон килиэп иһигэр араас ас угуллубут) таһаарар. Иҥсэлээхтик сиир, кока-кола иһэр.
- Эһээ Дьыл кэлэр, Дуня аһыырын манаан турар. Батон ыстаатаҕын аайы сиргэммиттии Дуня мимикатын үтүктэр. Аһын ыстаан эрдэҕинэ эмискэччи ыйытар.
Эһээ Дьыл – Сылаас дуо, кыысчаан? Сылаас дуо, кэрэчээн?
Дуня – Хайдах буоллуҥ, оҕонньор, өйүҥ баалынна дуо? Хантан сылаас буолуой – курданаргар диэри хаар, тыбыс-тымныы тыал. Дэлби тоҥнум ди манна олорооччу, эйигин кэтэһээччи буолан.
Эһээ Дьыл – Оттон килиэпкиттэн бэрсиэҥ дуо?
Дуня – Эйиэхэ да? Эс, хайдах буоллуҥ, оҕонньор! Оҕоттон бүтэһик килиэбин былдьаары гынаҕын дуо? Ол эйиэхэ биэрэн баран, бэйэм хоргуйан өлөбүн да оччоҕуна!
Эһээ Дьыл төбөтүн быһа илгистэр, Дуняҕа чугаһыыр. Дуня батонун ботуччу ыстаан ылар.
Эһээ Дьыл – Эн тоҕо миэхэ ойуурга кэллиҥ, кыысчаан?
Дуня (айаҕын иһэ толору астаах саҥара сатыыр) – Зо-по-дар-ко-мы.
Эһээ Дьыл – Туох-туох диигин, өйдөөбөтүм?
Дуня – Подарок диибин! Подарок ыла кэллим!
Эһээ Дьыл – Ээ, сөп-сөп, бэлэх ылаары диэ. Хайдах бэлэҕи баҕараҕын, тоойуом?
Дуня – Во! Дьэ ити сөпкө ыйыттыҥ? Сурун эрэ – көмүс, бриллиант, саҥа шуба, Мерседес массыына, саҥа сотовай, кыһыл икра, хара икра,...
Эһээ Дьыл – Өйдөөтүм-өйдөөтүм, сэгэртэй, эйиэхэ да бэлэх баар. Көмүс да баар, бриллиант да баар буолуо. Бу толору күндү көмүстээх биэдирэни илдьэ бар.
- Эһээ Дьыл харыйа кэнниттэн араас дьэрэкээн таастардаах толору биэдирэни таһааран Дуняҕа биэрэр. Дуня махтаммакка даҕаны биэдирэтин туппутунан сүүрэн бара турар. Эһээ Дьыл кыыһы батыһыннара көрө хаалар, төбөтүн быһа илгистэр.
Эһээ Дьыл (Оҕолорго туһаайан этэр) – Дьэ ити, Дуняша сүүрэн хаалла. Саатар махтаммата даҕаны. Подарок ыла сатыыр эрээри умнубут быһылаах, үлэлиир киһи хайҕанар, наҕараадаҕа тиксэр диэни. Оҕолор, эһиги туох дии саныыгыт? Дуняша үлэлээн наҕараада ылары ситистэ дуо? (оҕолор хоруйдууллар). Оннук, ситиспэтэ. Тоҕо буолуой? (оҕолор хоруйдууллар). Маладьыастар, саамай сөпкө этэҕит.
Оттон эһиги Дуня курдук буотах инигит? Ийэлээх аҕаҕытын, эбээлээх эһээҕитин истэр инигит? Кинилэргэ көмөлөһөҕүт дуо? Аптаах тыллары билэр инигит? Маладьыастар. Мин билэбин, сылы быһа эһигини кэтээн көрбүтүм. Дьэ, Эһээ Дьылы элбэхтик үөрдүбүккүт, ситиһиилэргитинэн, кыайыыларгытынан дьоллообуккут. Бүгүн эһигини үөрдэр мин уочаратым кэллэ. Саҥа Дьыллааҕы бырааһынньыкпытын саҕалыахха. Хаарчаана, сиэнчээним Настенька, кэл манна. Миэхэ көмөлөс.
Настенька куолаһа ыраахтан иһиллэр.
Хаарчаана – Иһэби-ин, Эһээ Дьыл, иһэби-ин.
Музыка доҕуһуолунан Хаарчаана (Настя) киирэр.
Хаарчаана – Бу кэллим, Эһээ Дьыл.
Эһээ Дьыл – Чэ, бэт. Ыксыахха-тиэтэйиэххэ, Саҥа Дьылбыт чугаһаата, оттон биһиги харыйабыт уота-күөһэ суох, сандаарбакка-күлүмүрдээбэккэ турар ди. Бары көмөлөөн харыйабыт уотун уматыахха. О5олор, мин кэннибиттэн аптаах тыллары хатылааҥ.
Кэрэчээн харыйа
Симэнэ киэргэммит.
Кэрэчээн оонньуурдар
Күлүмнүү тураллар.
Чаҕылый, чаҕылый,
Баай елка умайыый.
Харыйа уота сандаара тыган кэлэр.
Эһээ Дьыл - Саргылаах Саҥа Дьыл
Салаллан кэлбитинэн,
Күүтүүлээх кэрэ кэммит,
Күлүмүрдээн кэлбитинэн.
Эҕэрдэ буолуохтун
Дьол-соргу тосхойдун.
- Хоровод.
- Оонньуулар
Эһээ Дьыл – Оонньооммун сылайдым, хамсанаммын эһинним.
Олорон сынньаныам, атахпын сынньатыам.
Хаарчаана – Олор-олор, Эһээ Дьыл. Оҕолор эмиэ сылайбыттара буолуо. Сынньана таарыйа, эйиэхэ хоһоон ааҕан иһитиннэриэхтэрин баҕараллар.
- Оҕолор хоһоон ааҕаллар.
- Оҕолор хоһоон ааҕан бүппүттэрин кэннэ, Эһээ Дьыл ууллан эрэр курдук туттар. Сиэбигэр уулаах пакетка сылдьар платогу хостоон, сүүһүн соттор. Платогун ыгар, онуоха уу тохтор.
Эһээ Дьыл – Оҕолоор, эһиги сылаас мичээргититтэн ууллаары гынным. Чээрэ, миигин үрэн сөрүүкэтиҥ эрэ.
- Оҕолор үрэллэр. Эһээ Дьыл биир ойоҕоһунан турар, атын ойоҕоһунан эргийэр. Өссө күүскэ үрүҥ диэн көрдөһөр. Уу иһэбин диэн уу көрдүүр. Ыытааччы конфетти кутуллубут бокалын биэрэр. Эһээ Дьыл уу испитэ буолар. Оҕолортон ыйытар. Уу иһиэхтэрин баҕаралларын туоһулаһар. Оҕолорго чугаһаан, эһигини уунан ыһыам диэн, конфеттилаах бокалынан ыһар.
Хаарчаана – Эһээ Дьыл, дьээбэлиири сөбүлүүр да эбиккин.
Эһээ Дьыл – Дьэ, дьээбэлэнэри олус сөбүлүүбүн. Миигин сөхтөрөр уустуктаах соҕус буолааччы.
Хаарчаана – Биһиги билигин боруобалаан көрүөхпүт, Эһээ Дьылы сөхтөрөрдүү ыллыахпыт-туойуохпут, үҥкүүлээн тэлээриэхпит.
- Үҥкүү
- Хаһыытаан-ыһыытаан, кыыһырбыт Дуня илиитигэр уулаах биэдирэлээх киирэн кэлэр. Эһээ Дьылга кыыһырар.
Дуня – Сымыйаччы! Түөкүн! Бу тугуй? (Уулаах биэдирэтин көрдөрөр)
Эһээ Дьыл – Ити уу.
Дуня – Оттон бруллианым ханна баарый? Көмүһүм? Ханна сүттэ барыта?
Эһээ Дьыл – Бриллиант-көмүс итиннэ өтөрүнэн суох этэ.
Дуня – Хайдах суох этэй? Оччоҕо манна туох баар этэй?
Эһээ Дьыл – Сосулька баар этэ. Муус чопчулара.
Дуня – Сосулька да! Оттон көмүс- бриллиант курдук кылабачыйаллара ди.
Эһээ Дьыл – Кылабачыйдар да комүс, күлүмүрдээтэр да бриллиант буолбат. Өс хоһооно эмиэ баар (Хаарчааналыын тэҥҥэ саҥараллар) “Хайдах үлэлээххин да оннук наҕараадалааххын”. Тугу баҕарбыккын ыллаҕыҥ ити.
Дуня – Оттон миигин ким үөрэтэр? Үлэлиири сатаабаппын ээ.
Ыытааччы – Көр, Дуняша, биһиги оҕолорбутун. Кинилэр элбэххэ үөрэммиттэрэ. Билигин эйиэхэ үҥкүүлээн көрдөрүөхтэрэ.
- Түмүк үҥкүү.
Эһээ Дьыл – Дьэ, бэртээхэй көр буолла! Оонньоотубут, ылллаатыбыт, үҥкүүлээтибит, хоһоон бөҕө иһиттибит. Салҕыы суолга турунар кэм кэллэ, атын оҕолор эмиэ күүтэллэр.
Хаарчаана – Эһээ, оҕолор ырыаларын-үҥкүүлэрин сөбүлээтиҥ дуо? Астыҥныҥ, сэргээтиҥ ини?
Эһээ Дьыл – Астынным-сэргээтим.
Хаарчаана – Оччоҕо оҕолору үөрдүөххэ. Кинилэргэ махтаныахха. Саҥа Дьыллааҕы бэлэхтэри туттарыахха.
Эһээ Дьыл – Саҥа Дьыллааҕы бэлэхтэр! Умна сыстым эбээт! Саҥа Дьыллааҕы подарога суох дьиҥнээх бырааһынньык буолбата биллэр. Подароктарбын сундуукка укпутум, салаасканан соһон кэлбитим. Ханна баарый сундуугум? Аҕалыҥ эрэ сундуукпун, оҕолорго подарок биэриэхпин.
- Сундуугу көмөлөһөөччүлэр (маскалаах иитээччилэр) киллэрэллэр. Сундуук иһигэр сытар подароктар маҥан таҥаһынан саба быраҕыллыбыттар, таҥас үрдүгэр хаарга майгынныыр маҥан конфетти, эбэтэр хаар оонньуурдар сыталлар.
Дуня (сундуукка сүүрэн тиийэр) – Миэнэ! Миэнэ! Тыытымаҥ! (сундуугу аһар, иһин хасыһан барар, маҥан конфеттини ытыһыгар тутан ыһар)
Эһээ Дьыл – Дуня, эн эмиэ саҕалаатыҥ да?
Дуня (сыҥырҕыыр) – Оччоҕуна? Хайдах буолабын? Оччоҕуна миэхэ бырааһынньык буолбат даааа? (ытыыр)
Эһээ Дьыл – Бырааһынньык барыларыгар буолуохтаах. Дуняша, эн куһаҕан кыыс буолбатаххын, арай бэрээдэгэ суоххун, сүрэҕэлдьиигин. Чэ, ону көннөрүөхпүт! Миигин кытта олорсоор, миэхэ көмөлөһөөччү буолаар. Сэмэй, үтүө санаалаах үлэһит кыысчаан буолуоҥ. Сөбүлэһэҕин дуо?
Дуня (хараҕын уутун соттор) – Сөбүлэһэбин-сөбүлэһэбин!
Эһээ Дьыл – Чэ, бэт!
Хаарчаана – Эһээ Дьыл, оҕолор подароктарын хайыыбыт?
Эһээ Дьыл – Подароктары умнубатаҕым. Сундуук иһигэр сааһылаабытым. Ол гынан баран, подароктарым хаар буолан хаалбыттар ди. Миигиттэн саспыттар быһылаах...Чээ-рэ, оҕолор, бары бииргэ: “Биир, икки, үс. Хаар подарокка кубулуй”.
- Остуоруйа аптаах музыката тыаһыыр.
Эһээ Дьыл - Аптаах сундуук аһылын! Көмүс суулаах подароктар, манна баар буолуҥ!
- Хлопушка ытар. Сундуук хаппаҕын аһаллар. Эһээ Дьыл оҕолору эҕэрдэлиир, подароктары түҥэтэр.
Эһээ Дьыл – Подароктары туттугут?
Хаарчаана – Кими да умнубатыбыт?
Эһээ Дьыл – Дьыл-хонук баран иһэр, кэм-кэрдии кэмэ кэлэр.
Хаарчаана – Аныгыскы сылга эмиэ көрсүөхпүт, эһиэхэ ыалдьыттыы эмиэ кэлиэхпит.
Эһээ Дьыл – Чээрэ, оҕолор, биһиэхэ сылаас мичээргитин бэлэхтээҥ эрэ!
Хаарчаана – Аныгыскы көрсүөххэ дылы!
- Эһээ Дьыл Хаарчааналыын тахсан бараллар.
- Музыка тыаһыыр.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
«Барбоскиннар саҥа 2018 сылы корсоллор» улахан бөлөх оҕолоругар аналлаах Саҥа дьыллааҕы аралдьытыы сценарыйа
laquo;Барбоскиннар саҥа 2018 сылы корсоллор»улахан бөлөх оҕолоругар аналлаахСаҥа дьыллааҕы аралдьытыы сценарыйа Сыала: Үөрүүлээх, өрө көтөҕүүлээх бырааһынньыктааҕы турукка киллэрии, саҥа ...
Саҥа дьыллааҕы бырааһынньык сценарийа "Снежная королева"
Саҥа дьыллааҕы бырааһынньык сценарийа "Снежная королева"...
Улахан бөлөх оҕолоругар «Сааскы бал бырааьынньыга» сценарийа.
Улахан бөлөх оҕолоругар «Сааскы бал бырааьынньыга» сценарийа....
С.С.Васильев-Борогонскай "Эрчимэн Бэргэн" олоҥхотунан бэлэмнэнии бөлөх оҕолоругар туруоруллар инсценировка
Олоҥхо тылын-өһүн нөҥүө оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолор ситимнээх саҥаларын сайыннарыы....
«Быыра Баадьай» олоҥхонон «Бырдахтар уонна Тигээйилэр» диэн улахан бөлөх оҕолоругар куоталаһыы (эстафета)
Өбүгэ оонньууларынан оҕону эт-хаан өттүнэн сайыннарыы. Оонньуу быраабылатын тутуһан оонньууру, оҕо бэйэтин салайынар уонна хонтуруолланар сатабылларын сайыннарыы. Оҕо сымса , дьулуурдаах буоларын, хам...
"Күнчээн” улахан бөлөх оҕолоругар аналлаах күһүннү аралдьыйыы сценарийа.
Сценарий осеннего развлечения для детей старшей группы на родном якутском языке...
«Кулун тутар 8 кунэ» бырааһынньык сценарийа
laquo;Кулун тутар 8 кунэ» бырааһынньык сценарийа...