Сана дьыллаа5ы утренник сценария «КОЛОБОК» остуоруйа (улахан уонна бэлэмнэнии болох)
материал (подготовительная группа) на тему

Бурцева Саина Андреевна

сценарий утренника подготовительной группы в якутских детских садов

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл sana_dyllaa5y_utrennik_stsenariya_2014_syl.docx21.19 КБ

Предварительный просмотр:

Арыылаахтаа5ы «Кэнчээри» о5о тэрилтэтэ

Сана дьыллаа5ы утренник сценария

«КОЛОБОК» остуоруйа

(улахан уонна бэлэмнэнии болох)

Суруйда:

Улахан болох иитээччитэ

Бурцева Саина Андреевна

Тымныы О5онньор – тороппут

Хаарчаана – 1 кылаас о5ото

Колобок – 1 о5о

Куобах –  2 о5о

Бөрө – 3 о5о

Эьэ – 4 о5о

Саьыл – 5 о5о

О5онньор – тороппут (о5о буолуон соп)

Эмээхсин – тороппут (о5о буолуон соп)

Ведущай – иитээччи.

Оруолга тиксибэтэх о5олор – куобах о5олоро буолаллар.

Зал иьэ толору бырааьынньыктыы бэлэмнэнэн турар. О5олор бары наряднайдык таннан сылдьаллар. Зал биир муннугар елка турар. Музыка тыаьыыр остурайа са5аланар.

(музыка тыаьыыр – новогодняй).

Иитээччи сана дьылынан тороппуттэри, ыалдьыттары э5эрдэлиир.

Вед: Былыыр-былыыр олорбуттара уьу о5онньордоох, эмээхсин. Кинилэр сана дьыллаары бэлэмнэнэ сылдьыбыттар.

О5онньор: Эмээхсин, сана дьыллаа5ы остуолга колобокта буьар эрэ, уонна Тымныы О5онньору, Хаарчаананы ынырыахпыт.

Эмээхсин: Хантан бурдук ылан буьарабын?

О5онньор: Ампааргын тахсан сиппий.

Вед: Эмээхсин тахсан ампаарын сиппийэн бурдук сыыьын мунньан колобок астаабыт. О5онньордоох, эмээхсин колобоктара буьан Тымныы О5онньору уонна Хаарчаананы ынырбыттар. Арай бырааьынньыктаары гыммыттара харыйалара суох эбит. О5онньордоох, эмээхсин харыйа кордото колобоктарын тыа5а ыыппыттар.

Колобок тыа устун баран испит. Баран иьен уун-утары куобахтары корсо туспут.

Куобах: Дорообо, колобок!

Колобок: Дорооболорун куобахчааннар!

Куобах: Хайа ханна бардын?

Колобок: О5онньордоох, эмээхсин сана дьылларыгар харыйалара суох эбит, ону кордуу тыа5а баран иьэбин.  Хата миигин кытары тыа5а харыйата корду барсын эрэ.

Куобах: Бэ тохтээ. Биьиги манна сана дьыллаа5ы хоьоон уорете сылдьабыт. Хата иьит эрэ тоьо учугэйдик  аа5арбытын. Чэйин эрэ до5оттоор, хоьооммутун аа5ан иьитиннэриэххэйин эрэ. (сыана ортотугар киирэллэр, колобок эмиэ аахсар)

(хоьоон «Сана дьыл» - бары)

Колобок: Уой наьаа да учугэйдик аа5ар эбиккит.

Куобах: Чэ колобок эн харыйа5ын корду барыаххайын.

Вед:  Колобок куобахчааннары кытары салгыы тыа устун харыйаларын кордуу барбыттар. Баран иьен борону корсубуттэр.

Боро: Дорооболорун до5оттоор! Хайа бу ханна бардыгыт?

Колобок: Дорообо! Биьиги сана дьылбытыгар харыйабыт суох эбит, ону корду тыа5а баран иьэбит. Хата эн билэр буолаайа5ын учугэй харыйа ханна уунэрин?

Боро: Харыйа ханна баарын этиэ5им, гынан баран эьиги миэхэ комолоьун. Мин ункуулуохпун наьаа ба5арабын да со5отохпун. Эьиги миигин кытта ункуулэьэгит дуо?

Колобок: Чэйин эрэ куобахчааннар борону кытары ункулуо5ун.

(ункуу «Карнавал» - уолаттар) (муз. Новогодний карнавал)

 Боро: Наьаа да учугэйдик ункуулээтибит. Бу суолунан баран иьиэ5ин, ыраах да ыраах наьаа кэрэ харыйалар бааллар. Онно барыахха.

Вед: Тыа устунан баран иьэн эьэни корсубуттэр.

Эьэ: Дорообоолорун! Бу ханна бары бардыгыт?

Колобок: Биьиги сана дьылбытыгар харыйа корду сылдьабыт. Онно биьигини Тымныы о5онньор уонна Хаарчаана кэтэьэн олороллор. Хата эн биьигини кытары барыс.

Эьэ: Барсыам этэ да мин биир да ырыаны билбэппин ээ. Эьиги миэхэ ырыа уорэтэгит дуо?

Колобок: Эьэчээни кытары сана дьыллаа5ы ырыабытын ыллыаххайын.

(ырыа «Сана дьыл» - бары)

Эьэ: наьаа да учугэйдик ыллыыр эбиккит. Ол диэкинэн баар харыйа, онно барыахха.

Вед: Баран испиттэр, баран испиттэр. Суолларыгар саьыл олорорун корсубуттэр.

Саьыл: Здравствуйте друзья! Хайа диэки бардыгыт?

Колобок: Харыйа корду бардыбыт.

Саьыл: Миигин илдьэ бара5ыт дуо?

Колобок: Барыс, барыс.

Саьыл: До5оттоор, мин наьаа учугэй ункуу билэбин ээ, ункулуубут дуо бары?

Колобок: Ункулуоххэйин!

(ункуу «Снежинки» - кыргыттар)

Боро: Наьаа да учугэйдик ункулээтигит.

Вед: Салгыы баран испиттэр.

Эьэ: Корун эрэ до5оттоор, наьаа да кэрэ харыйа турар дии.

(бары харыйа тула тураллар, уорэллэр)

Колобок: Эмээхсин, о5онньоор, Тымныы  О5онньоор, Хаарчаана!!!

Бары: Кэлин, кэлин! Кэрэчээн да харыйа буллубут.

(Тымныы о5онньор, Хаарчаана, о5онньор, эмээхсин кэлэллэр, уорэллэр)

Куобах: Харыйабыт тула туран хороводта тэрийиэ5ин.

(хоровод – «Елочка», «Эргичийдэ хоровод»)

Тымныы О5онньор: Наьаа да учугэй о5олор. Тугу барытын сатыыр эбиккит. Анны миигин кытары оонньуугут да?

(оонньуу)

Вед: Билигин ханнык сыл кэлэрий о5олоор?

Маладьыастар! «Ат» сыла кэлэр дьи. Ат туьунан эьиги тугу эмит билэ5ит да?

О5олор: Билэбит, аьа

(ырыа «Ат» - бары)

Вед: Билигин о5олоор, Хаарчаанабыт э5эрдэтин истиэххэйин.

(Хаарчаана э5эрдэтэ)

Вед: Билигин тылы биэрэбит Тымныы О5онньорго, кини конкурс тумугун таьаарыа5а. о5олоор эьиги тороппуттэргитин кытары араас харыйалары онорбуккут дьи, ол тумугун билигин истиэхпит.

(конкурс тумугун таьаарыы, подарок туттарыыта)

Тымныы О5онньор: дьэ эрэ, о5олоор мин барар чааьым кэллэ, аныгыс сылга корсуоххэ диэри!

О5олор: Корсуоххэ диэри!!!Вед: Манан биьиги сана дьыллаа5ы утренникпыт тумуктэнэр, бол5омто5ут иьин баьыыбаларын!


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Сана дьыллаа5ы утренник сценарийа.

Африка декорацията кестер: Обезьяна ыстаналаан оонньуу сырытта5ына  холууп кетен кэлэн обезьяна5а сурук туттурар. Холууп санарар – Обезьянка «Жанна» ханна баарый? Обезьянка –Баарбын. Туох баары...

Сана дьыллаа5ы утренник сценарийа

1 кыра белех о5олоругар "Куобах дьиэтэ" остуоруйа5а оло5уран суруллубут сана дьыллаа5ы сценарий...

Сана дьыллаа5ы сценарий «Оонньуурдар Сана дьылы керселлер»

Сана дьыллаа5ы сценарий «Оонньуурдар Сана дьылы керселлер»...

"Куобахчаан дьиэтэ" орто белех о5олоругар аналлаах Сана дьыллаа5ы утренник сценарийа.

Орто белех о5олоругар аналлаах Сана дьыллаа5ы утренник сценарийа. «Куобах дьиэтэ»...