Саҥа дьыллааҕы бырааһынньык сценарийа "Снежная королева"
план-конспект занятия (подготовительная группа)
Саҥа дьыллааҕы бырааһынньык сценарийа "Снежная королева"
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
Саҥа дьыллааҕы бырааһынньык сценарийа "Снежная королева" | 29.5 КБ |
Предварительный просмотр:
Саҥа дьыллааҕы утренник сценарийа.
«Снежная королева»
Оруоллар:
Герда-Иванова Лиана
Кай-Захаров Валера
Принц-Степанов Максим
Принцесса-Неустроева Сандаара
Придворные: танец «Минуэт»
- Мылаханов Эрсан-Фомина Алиса
- Слепцов Егор- Чукрова Айсена
- Афанасьев Айдар-Пестрякова Инесса
- Бурцев Эркин-Ушницкая Милана
- Тарабукин Алеша- Малышева Алиса
Разбойники:
- Бурнашев Алтын
- Шепелев Дамир
- Федоров Герман
- Нутчин Никита
- Федоров Вася
- Филиппов Ярик
«Тыал кыргыттар»:
- Валерия Готовцева
- Айыына Осипова
- Сайыына Осипова
- Амелия Александрова
«Табалар»
- Сандаара Берережнева
- Алина Литкина
- Лена Лиханова
- Айлика Сергеева
- Настя Старкова
«Хаар уолаттар»
- Егор Лепчиков
- Айсен Васильев
- Артем Яковлев
- Алеша Охлопков
- Дима Слепцов
- Эрик Яковлев.
Ыытааччы: Үтүө күнүнэн, күндү оҕолоор! Үтүө чааһынан күндү ыалдьыттар!
Сана кэрэ дьылынан
Сана үтүө дьолунан
Сана үрдүк кыайыынан
Эһиэхэ э5эрдэ!
Сана кэрэ дьылбыт
Сана үтүө дьолбут
Күмүс кыырпах күнэ
Күлүм-салым үүннэ!
Ыытааччы: О5олоор, харыйабыт наһаа да кэрэ. Күп-күөх лаглайбыт лабаалардаах. Араас элбэх оонньуурдаах. Ол гынан баран уоттара умайбат. Чэйин, эрэ елкабыт уотун уматыаххайын! Биир, икки, үс харыйабыт уота умай!
О5олор хоһоонноро: «Симэнэр харыйа»
Ырыа: «Саҥа дьыл»
Ыытааччы: Чуумпуруохха, эрэ о5олоор, ким эрэ биһиэхэ иһэр быһылаах.
(ааптаах музыка тыыһыыр, уот умуллар, залга “Сказочница” киирэн кэлэр, биир илиитигэр чүмэчилээр, биир илиитигэр кинигэлээх).
Сказочница: Үтүө күнүнэн күндү о5олоор, үтүө күнүнэн күндү ыалдьыттар! Мин киммин биллигит дуо? Мин остуоруйаһыт бэрдэ буолабын. Элбэх да да остуоруйаны билэбин, олортон бүгүн мин эһиэхэ биир остуоруйаны кэпсиэхпин ба5арабын. Остуоруйам аата «Снежная королева» диэн. Истибиккит дуо? Аптаах кинигэ көмөтүнэн, аана арыллын, кэрэ костүү көһүн! (тронугар олорор, кинигэтин арыйар).
Сказочница: Арай биирдэ ыраах, ыраах дойдуга олорбуттара эбитэ уһу Кай диэн уол уонна Герда диэн кыыс. Кинилэр бэйэ бэйэлэригэр эдьиийдээх, быраат курдук сыһыаннаһаллара, оонньууллара. Арай биир үтүө күн кинилэр эрдэ олоппут Күлүмчээнэ диэн сибэккилэрин көрө кэлбиттэрэ.
Кай: Көрүүй Герда! Күлүмчээнэбит тыллыбыт дии! (Сыана ортотугар суурэн киирэн сибэккилэрин көрөллөр)
Герда: Уаай, сибэккибит кэрэтин, кыраһыабайын!
Сказочница: Инник курдук сайын ааһан, күһүн ааһан, кырыа кыһын тиийэн кэлбит. О5олоор дьиэ таһыгар до5отторун кытта маҥнайгы хаары көрсө оонньуу тахсыбыттар.
Уҥкүү танец «Снежками»
(О5олор олороллор, Кай уонна Герда остуоруйаһыт ата5ар олорон остуоруйаларын сал5ыы истэллэр).
Сказочница: Ити курдук оонньоон-көрүлээн киирэн баран, эбээлэрэ остуоруйа кэпсиирин истэллэрин олус сөбүлүүллэрэ
Сказочница: Ыраах, ыраах хоту дойдуга, ирбэт тон саарыстыбатыгар, муус дыбарыаска Снежнай Королева олорбут эбит. Киниэхэ аптаах сиэркилэлээх эбит. Ол сиэркилэтигэр көрүммүт киһи сүрэҕэ мууска кубулуйан хаалар эбит.
Кай: “Ээ, мин Снежнай Королеваттан олох куттаммаппын! Манна кэлиэ да, оһохпор олордуом, оччо5о кини ууллан хаалыа” – дии дии Кай күлбүт.
Герда: Наһаа улаханнык санарыма эрэ Кай, ба5ар Снежнай Королева истэрэ буолуо.
Сказочница: Герда иннэ диэтин кытта, дьиэ иһигэр күүстээх тыал түспүт. Сежнай Королева Кай тылларын истэн, кэлэн кинини илдьэ барбыт.
(Снежнай Королева Кайы киирэн илдьэ барар).
Сказочница: Герда барахсан эбээтин тобугар сытан ытаабыт, уонна Кайы кордүү барарага санаммыт.
Ункуу: “Тыал ункуутэ”
Сказочница: Герда ити курдук быраатын Кайы көрдүү барбыт. Хас да күнү быһа ойуур устун хааман истэ5инэ, арай ойуур ортотугар дыбарыас турар эбит. Арай киирбитэ үнкүү-битии бо5о буола турар эбит.
Ункуу менуэт: Принц, Принцесса, Придворные дамы и господа.
Герда: Үтүө дьоннор дорооболорун! Мин бырааппын Кайы көрбөтөххүт дуо? (диэн Принцтан уонна Принцессаттан ыйыппыт. принцесса суурэн кэлэр)
Принцесса: Эн кимниний?
Герда: Мин Герда диэммин, бырааппын Кайы Снежнай Королева илдьэ барбыта, ону көрдүү сылдьабын.
Принцееса: суох, билэрим эбитэ буоллар хайаан да этиэм этэ.
Принц: Герда, чараас ба5айытык танна сылдьа5ын дии, итинник Снежнай Королева саарыстыбатыгар бука тиийбэтин буолуо. Биһи эйиэхэ бу сон, үтүлүк, бэргэһэ бэлэхтиибит.
Герда: Баһыыбаларын! Көрсүөххэ диэри! (Герда хаары үктээн ойуур устун баран испит)
Сказочница: Ити курдук Принцтаах принцесса биэрбит сонун, бэргэһэтин кэтэн Гердабыт сал5ыы быраатын Кайы көрдүү, тонуу хаары үктээн, ойуур быыһынан баран истэ5инэ, киниэхэ разбойниктар саба түспүттэр.
Танец Разбойников
(Атаманша киирэн Герданы көрөр)
Атаманша: Дьэ, эрэ киммит бу харана ойуурга со5ото5ун сылдьарый? Ханна баран эрэ5ин то5ойуом? (тула эргийэн көрөр). Сонун, бэргэһэн мааныта диибин диэн, мин кыыспар соп буолсу. (ымсыырар).
Герда: Мин бырааппын Кайы, Снежнай Королева илдьэ барбыта. Ону көрдөөбүтүм хаһыс да күнүм буолла. Кини саарыстыбата ханна баарын саатар билбэппин. Баһаалыста миигин ыытыаххыт дуо?
Атаманша: Мин дьэ билэбин, Снежнай Королева саарыстыбата ханна баарын. Мин таабырыннарбын таайдаххына, мин табыгырас табаларым эйиигин сирдиэхтэрэ.
Таабырын таайсыыта:
1. Кыһын сылытар, саас ирэр, сайын сүтэр, күһүн тиллэр баар үһү.(хаар)
2.Сыыдам сырыылаах, сурааһын суоллаах ааллаах ат баар үһү. (хайаһар)
3.Бары кинини таптыыллар, оттон кини диэки көрдөхтөрүнэ, сирэйдэрин мырдыччы тутталлар үһү.(күн)
4.Уокка умайбат, ууга тимирбэт баар үһү. (муус)
5.Отой тыла суох окур-бокур оҕолор кэккэлэһэн эрэ турдаллар, кэпсээбитинэн бараллар. (кинигэ)
Атаманша: Олус да өйдөөх о5олор эбиккит. Герда5а көмөлөстүгүт (иһирэр) табыгырас табаларым табыйаҥҥыт бу кыыһы Снежнай Королева саарыстыбатыгар илдьэн биэрин.
Табачааннар ункуулэрэ
Атаманша: (табаттан ыйытар) Эһиги Снежнай Королеваны көрбүккүт дуо?
Табачаан: Көрөн.
Герда: Кинини кытта уол баара дуо?
Табачаан: Баара.
Герда: Үөрэр, таҺынар.
Табачаан: Биһиэхэ олорус, биһиги эйиигин илдьэн биэриэхпит. Таарыйа дойдубутун көрүөхпүт.
Атаманша: Ыытыахпын олох ба5арбаппын! Чэ кытаатын! Төптөрү толкуйдуу иликпинэ бара охсун!
Герда: Көрсүөххэ диэри! Эн наһаа үтүө санаалаах эбиккин.
(Атаманша хара5ын уутун соттор)
(табачааннар круг оҥороллор, уот- күөс арахсар, тыал куугунуура иьиллэр)
Табачаан: Мантан ыла биһиги сатаан барбаппыт!
Герда: Көрсүөххэ диэри! Улахан, улахан махтал. Эһиэхэ табыгырас табалар.
(Звук метели).
Сказочница: Табалар түһэрбит сирдэриттэн Герда эмиэ өр хаамта. Халлаан Снежнай Королева дойдутугар чугаһаатар чугаһаата5ын аайы өссө тымныйартан тымныйан испитэ. Эмискэ күүстээх тыал түспүтэ. Снежнай Королева дыбарыаһа дьэ көстүбүтэ.
(Уот-күөс арахсар, Снежнай Королева уонна Кай олороллор).
Герда: (Герда Кайга суурэн тиийэр, кууһаары гыммытын Кай түннэри анньар. Герда ытыыр.) Снежнай Королева, баһаалыста мин бырааппын ыытыан дуо? Кини инник тон сурэхтээх буолбатах.
Снежная королева: То5о мин кинини ыытыахтаахпыный?
Герда: То5о диэтэргин кини миэхэ наһаа күндү киһи буолар.
Снежная Королева: Мин Кайы мэнээх төптөрү ыыппаппын. Мин сорудахтарбын толордоххуна биирдэ толкуйдуом. Миигин чахчы уортэххинэ ба5ар Кайы ыытыам.
Герда: О5олоор, миэхэ комолоһүөххүт дуо?
Ырыа: “Маҥнайгы хаар”
Снежная Королева: Дьэ кырдьык да үөрдум. Эн үтүө санаан иһин бырааккын Кайы төнүннэрэбин.
Кай: (Кай Герда5а сүүрэн кэлэр) Гердаа, уччуу-учча мин наһаа да тоннум, мин бу ханна баарбыный?
Герда: (Кайы кууһар) эйиигин Снежнай Королева мэнээх санарбыккын истэн бэйэйтин саарыстыбатыгар илдьэ барбыта...
Сказочница: Ити курдук Герда күүстээх санаалаах буолан, быраатын Кайы ыраах баар Снежная Королева дойдутуттан булан дьиэтигэр а5алла. Хаһан ба5арар үтүө санаа, куһа5аны кыайар. Ити курдук остуоруйабыт түмүктэнэр. Аптаах кинигэбит сабыллар.
Снежная королева: О5олоор, мин эһиигини наһаа таптаатым уонна эһээбин
Дед Моруоһу уонна сиэн кыысчаанын Хаарчаананы ынырыахпын ба5арабын. Снежная Королева: Чэ, эрэ бары бииргэ Дед моруоспутун ынырыаххайын.
О5олор: Дед Мороз! 3 төгүл.
Дед мороз Хаарчааналыын: (ыллыы ыллыы киирэллэр)
Лаглайбыт күөх харыйачаан,
Ойуур тыа5а үүммүүт,
Кыһын буоллун, сайын буоллун,
Куруутун күөх турбут.
Дорооболорун о5олоор!
Күндү манна мустубут ыалдьыттар!
Ыраах сиртэн анаан-минээн,
Эһиги детсадкытыгар,
Сана дьылынан э5эрдэлии,
Ырыа5ытын-тойуккутун,
Ункүүгүтүн-битиигитин көрө,
Сиэн кыыспынаан Хаарчааналыын
Айаннаан кэллибит!
Сана дьылынан! Сана дьолунан!
Хаарчаана: Чэйин эрэ, о5олоор бука бары илии илииттэн ылсан биһигини кытта хоробуокка туруо5ун.
Ырыа-хоровод: “ В хороводе танцевать”
Дед Мороз: Уу, дьэ олус да учугэй о5олор эбиккит. Тымныы Моруос эһээни үөртугут!
Ыытааччы: Дед Моруос, оҕолор эһиэхэҕэ анаан хоһоон бэлэмнээбиттэрэ.
Хоһоон: “Кэтэһэбин Чысхааны”
Дед Мороз: Мин эһиэхэ сана дьылынан кэһиилээх кэлбитим. Сиэн кыыһым, хаарчаана ылан кул эрэ моһооччукпун.
Хаарчаана: Эьээ, мөһөөччүкпүт ханнаный?
Дед Мороз: сыар5а5а таһааран уурбутум ону ба5ас билэбин, ба5ар аара ыллык суолга түһэн хаалта буолаарай? Бэ, эрэ оччоотугар, көрдүү барар буолла5ым...
Сана иһиллэр: Тымныы Моруос о5онньор! Тымныы Моруос о5онньор!
Дед Мороз: Ити миигин ким ынырарый? Кэл эрэ, бэртэх чугаһаа..
Моһооччүк киирэн кэлэр.
Дед Мороз: Тыый бу кэллэ ди моһооччүгүм. Ханна түһэн хаалбыккыный? Хата муммакка кэлбиккин дии.
Сана иһиллэр: Ыккый ойуурга күүлэйдиэхпин ба5арбытым!
Дед Мороз: Эн мин аттыбар туруохтааххын, миигин батыһа сылдьыахтааххын.
Сана иһиллэр: Суох, бугун сана дьыл ол иһин түннэри онорорум көнүллэнэр.
(куота куота хыһыытыыр)...
Мин бүгүн боростуой моһоччук буолбатахпын, аптаах мөһөөччүк буоламмын, илиинэнэн- атахтанан хаама сылдьабын. Мин испэр кэһии арааһа баар.
Дед мороз: Чэ оччо5уна аптаах буоллаххына ойон кордор эрэ! Уна-ханас эргий эрэ! О5олор диэки хайыһан тонхох гын. Дьэ уонна миэхэ эппиэттээ эрэ.. (мешочек убегает) тыый, кэһиилээх мөһөөччүгүм куотан хаалла дии! Тохтоо! Тохтоо! Тохтоо! Күүт!
Дед мороз убегает за дверь за мешком, приносит такой же мешок с подарками.
Дед мороз: Дьээ, мин кинини туттум ээ! Аны миигиттэн куоппат инигин!
Кэл, эрэ , Хаарчаана, мөһөөччүкпүтүн көрүөххэ эрэ, туох баар эбитэ буоллар иһигэр. Тыый хата биир да кэһиим суппэтэх. Билигин кэһиибитин биир биир туттартыам.
Дед мороз кэһиилэрин түнэтэр, хаартыска5а түһүү.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
«Барбоскиннар саҥа 2018 сылы корсоллор» улахан бөлөх оҕолоругар аналлаах Саҥа дьыллааҕы аралдьытыы сценарыйа
laquo;Барбоскиннар саҥа 2018 сылы корсоллор»улахан бөлөх оҕолоругар аналлаахСаҥа дьыллааҕы аралдьытыы сценарыйа Сыала: Үөрүүлээх, өрө көтөҕүүлээх бырааһынньыктааҕы турукка киллэрии, саҥа ...
Саҥа дьыллааҕы сценарий .кыра белех
Саҥа дьыллааҕы сценарий ....
2022 сылы көрсөр саҥа дьыллааҕы аралдьыйыы сценарийа: «Королевскай баалга айан»
Саҥа дьыллааҕы аралдьыйыы сценарийа...
«Кулун тутар 8 кунэ» бырааһынньык сценарийа
laquo;Кулун тутар 8 кунэ» бырааһынньык сценарийа...
Саҥа дьыллааҕы аралдьыйыы: “Пятачок уонна кини до5отторо, сана дьыллаа5ы муччургэннээх сырыылара.”
Сценарий Нового года....
Орто бөлөх саҥа дьыллааҕы утренник сценарийа.
Орто бөлөх саҥа дьыллааҕы утренник сценарийа....
Уһуйаан бэлэмнэнии бөлөҕүн оҕолоругар Саҥа Дьыллааҕы бырааһынньык хаамыыта
Уһуйаан бэлэмнэнии бөлөҕүн оҕолоругар Саҥа Дьыллааҕы бырааһынньык хаамыыта...