«Барбоскиннар саҥа 2018 сылы корсоллор» улахан бөлөх оҕолоругар аналлаах Саҥа дьыллааҕы аралдьытыы сценарыйа
материал (старшая группа) на тему
«Барбоскиннар саҥа 2018 сылы корсоллор»
улахан бөлөх оҕолоругар аналлаах
Саҥа дьыллааҕы аралдьытыы сценарыйа
Сыала: Үөрүүлээх, өрө көтөҕүүлээх бырааһынньыктааҕы турукка киллэрии, саҥа – сонун, сырдык иэйинни иҥэрии, оҕо саҥатын байытыы; оҕолор бэйэ-бэйэлэрин икки ардыларыгар эйэлээхтик, убаастабыллаахтык сыһыаннаһалларыгар иитии.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
munitsipalnoe_byudzhetnoe_doshkolnoe_obrazovatelnoe_uchrezhdenie.doc | 60 КБ |
Предварительный просмотр:
Муниципальное бюджетное дошкольное образовательное учреждение
«Детский сад №1 «Мичийээнэ»»
«Барбоскиннар саҥа 2018 сылы корсоллор»
улахан бөлөх оҕолоругар аналлаах
Саҥа дьыллааҕы аралдьытыы сценарыйа
Иитээччи: Сысолятина В. А.
Музыкальный руководитель: Колесова М. П.
с. Кысыл - Сыр
2017 год.
Сыала: Үөрүүлээх, өрө көтөҕүүлээх бырааһынньыктааҕы турукка киллэрии, саҥа – сонун, сырдык иэйинни иҥэрии, оҕо саҥатын байытыы; оҕолор бэйэ-бэйэлэрин икки ардыларыгар эйэлээхтик, убаастабыллаахтык сыһыаннаһалларыгар иитии.
Туттуллар мал-сал: проектор, экран, ноутбук, презентация, сурук, хаар кыырпахтара, музыкалар.
Ыытааччы: Сысолятина В.А.
Оруолларга:
Барбоскина Лиза – Сардана Егорова.
Барбоскина Роза –Уруйдаана Аргунова.
Барбоскин Дружок – Дамир Иванов.
Царевна Несмеяна – Айыына Гоголева.
Дьээгэ – бааба – Е. Д. Софронова.
Тымныы Оҕонньор – Петр Иванов.
Хаарчаана – Алина Протопопова.
Бырааһынньыктыы киэргэтиллибит заалга лаглайбыт күөх харыйа араас оонньуурдарынан симэнэн турар.
Фанфар тыаһыыр ведущай киирэр.
Ыытааччы: Эргичийдэ хоровод,
Чуор ырыа дьиэрэйдэ.
Саҥа дьылбыт сандаарда,
Харыйабыт киэркэйдэ!
Кылбачыйар, килбэйэр
Хас биирдии иннэтэ,
Музыкабыт кутуллар,
Харыйабыт киэркэйэр!
- Үтүө күнүнэн убаастабыллаах төрөппүттэр, маанылаах ыалдьыттар! Эһигини барыгытын кэлэн иһэр саргылаах саҥа дьылынан эҕэрдэлээн туран бырааһынньыктааҕы утренникпытыгар ыҥырабыт!
Бырааһынньыгы арыйар үөрүүлээх музыка тыаһыыр.
Музыка тыаhынан оҕолор сиэтиһэн киирэн музыкально-ритмическай хамсаныы оҥороллор.
Олороллор.
Ыытааччы: Саҥа дьыл! Саҥа дьыл!
Кэтэһиилээх Саҥа дьыл!
Саҥа дьыл! Саҥа дьыл!
Кэтэһиилээх Саҥа сыл!
Ыытааччы: - Оҕолоор, Саҥа дьыл кырдьык кэтэһиилээх, үөрүүлээх бырааһынньык дуо?
Оҕолор эппиэттэрэ: Кэтэһиилээх!
Ыытааччы: - Оччоҕуна, мин этиибэр сөбүлэһэр буоллаххытына «Сөп» диигит, онтон сөбүлэспэт буоллаххытына «Суох» диигит.
- Саҥа дьыл чугаһаата? – сөп.
- Элбэх үөрүүнү аҕалла? – сөп.
- Тымныы Оҕонньор үчүгэй? – сөп.
- Тымныы Оҕонньор хара сонноох? – сөп.
- Тымныы Оҕонньор чалбаҕы тэпсэр? – суох.
- Тымныы Оҕонньор, тымныыннан үрэр? – сөп.
- Тымныы хаары сиибит? – сөп.
- Кыһын ойбоҥҥо сөтүөлүүбут? – суох
- Салаасканнан хатааһалыыбыт? – сөп.
- Үөрэ- көтө бырааһынньыктыыбыт? – сөп.
- Тымныы о5онньор подарок биэрэр – сөп.
Ыытааччы: - Маладьыастар! Бүгүҥҥү алыптаах, аптаах күҥҥэ биһигини күүтэллэр араас көрдөөх – нардаах оонньуулар, ырыа- тойук.
Өрөйүҥ -чөрөйүҥ дьикти, кэрэ дойду эһиэхэ бүгүн саҥа дьыллааҕы аанын тэлэччи аһар!
Таһырдьа сүр хатаҥнык
Чысхаан тыал иһиирэр
Айаннаан, ол истэҕэ
Тымныы Оҕонньор ёлка5а!
Тыал иһиирэр музыката тыаһыыр.
Кыргыттар толорууларыгар –«Тыал үҥкүүтэ».
Оҕолорго көрдөрбөккө сиргэ сурук уурабыт.
Ыытааччы: Оҕолоор, көрүҥ эрэ, тыал, туох эрэ кумаа5ытын көтүтэн аҕалла.
Кумааҕыны ылан көрөбун.
Ыытааччы: Мээнэ кумааҕы буолбатах, сурук эбит. Ааҕабыт дуо?
Оҕолор: Ааҕабыт.
Сурук аа5абын: - «Үтүө күнүнэн күндү оҕолоор, мин Тымныы Оҕонньор, эһиэхэ Саҥа дьыл бырааһынньыгар барыахтаах этим. Ол гынан баран, остуоруйа дойдутугар Дьээгэ – бааба муннаран кэбистэ. Баһаалыста көмөлөһүҥ!».
Ыытааччы: - Оҕолоор, бүгүҥҥү бырааһынньыкпытыгар Тымныы Оҕонньорбут кэлбэт буолбут дии. Хайдах көмөлөһөбүтүй? Көмөҕө кимнээҕи ыытабытый?
Оҕолор эппиэттэрин истэбин.
Ыытааччы: - Болҕойон истиҥ эрэ оҕолоор! Тымныы Оҕонньор суругар маннык диэн салгыы суруйбут: «Миигин көрдүүргэ, остуоруйаҕа, мультиктарга тиийэн, тыл таайыаххытын наада. Элбэх остуоруйа, мультиктар геройдарын билэр буоллаххытына олус үчүгэй».
Презентация бэлэмниибит.
Ыытааччы: - Оҕолоор, остуоруйалар, мультиктар геройдарын таайарбытыгар төрөппүттэрбитин көмөлөһүннэрэбит дуо?
Оҕолор: Көмөлөһүннэрэбит.
Ыытааччы: Чэйин эрэ, геройдары таайарга бэлэмҥит дуо?
Оҕолор: Бэлэммит.
Ыытааччы: Бастаан оҕолор эппиэттиилэр:
– Чебурашка саамай истиҥ доҕоро кимий?
Слайдаҕа Чебурашка көстөр.
Оҕолор: Крокодил Гена.
Ыытааччы: Саамай сөп – Крокодил Гена.
Слайдаҕа Крокодил Гена көстөр.
Ыытааччы: Билигин төрөппүттэртэн ыйытыаҕыҥ:
– Суруйааччы, Шарль Перро, Мельник уолун саамай истиҥ доҕоро кимий?
Слайдаҕа мельник уола көстөр.
Төрөппүттэр: Кот в сапогах.
Ыытааччы: - Саамай сөп – Кот в сапогах.
Слайдаҕа – Кот сапогах костор.
Ыытааччы: - Билигин эмиэ о5олор эппиэттиилэр:
– Карлсон саамай истиҥ доҕоро кимий?
Слайдаҕа Карлсон көстөр.
Оҕолор: - Малыш.
Ыытааччы:- Саамай сөп – Малыш.
Слайдаҕа Малыш көстөр.
Ыытааччы:- Салгыы эмиэ төрөппүттэртэн ыйытыаҕыҥ:
Простоквашино мультикка дядя Федор табаарыстара кимнээҕий?
Слайдаҕа дядя Федор көстөр.
Төрөппүттэр: - Кот Матроскин, Шарик, Почтальон Печкин, Корова Мурка и Теленок Гаврюша, Галченок "кто там".
Ыытааччы: - Саамай сөп.
Слайдаҕа – Кот Матроскин, Шарик, Почтальон Печкин, Корова Мурка и Теленок Гаврюша, Галченок "кто там" көстөллөр.
Ыытааччы: - Маладьыастар, остуоруйаларга ким кимниин доҕордоһорун үчүгэйдик билэр эбиккит.
Слайдаҕа «Доҕордуу» диэн тыл тахсар.
Ол кэннэ Барбоскиннар көстөллөр.
Ыытааччы: - Оҕолоор, Тымныы Оҕонньор, көмөҕө доҕордуу Барбоскиннары ыытыҥ диэбит дии. Барбоскиннары ынырабыт дуо?
Оҕолор: Ынырабыт.
Көрдөөх музыка тыаһыыр.
Барбоскиннар киирэллэр.
Ыытааччы: Барбоскиннартан, кимнээх кэлбиттэрин билсиэххэйин эрэ.
Роза: Мин, Роза Барбоскина диэммин.
Лиза: Онтон мин, Лиза Барбоскина диэммин.
Дружок: Мин, Дружок Барбоскин диэн буолабын.
Ыытааччы: - Роза, Лиза, Дружок, билигин эһиги остуоруйа, мультиктар дойдуларыгар бараҕыт. Онно араас мэһэйдэр баар буолуохтара, онтон куттанымаҥ, оҕолор эһиэхэ көмөлөһүөхтэрэ.
Роза, Лиза, Дружок: Биһиги оҕолорго көмөлөһөргө бэлэммит.
Музыка тыаһыыр.
Роза, Лиза, Дружок харыйаны тула суурэллэр.
Роза: Лиза, Дружок арааһа остуоруйа дойдутугар чугаһаатыбыт быһылаах.
Дружок: Ким эрэ иһэр.
Бытаан музыка тыаһыыр.
Царевна Насмеяна киирэр.
Роза: - Үтүө күнүнэн!
Дружок: - Эн кимҥиний?
Лиза: - Тоҕо санаарҕаатыҥ?
Царевна Насмеяна: - Үтүө күнүнэн. Мин куруутун санаарҕыы сылдьар, хаһан да күлбэт Царевна Несмеяна буолабын. Үөрүөхпүт – көтүөхпут баҕарабын даҕаны ким да сатаан үөрдүбэт.
Дружок: - Ээ, оччоҕуна миигин кытта футбол оонньуоҥ дуо? Футбуоллаатаххына санаарҕыаҥ суоҕа.
Лиза: Дружок, көр эрэ, Несмеяна футболлуур таҥаһа суох дии, уонна кыргыттар футбол оонньуулларын сөбүлээбэттэр.
Роза: - Ханнык да футбол көмөлөспөт, Несмеянаны үҥкүүлэтиэххэйин.
Ыытааччы: - Оҕолоор, бары туран Несмеянаны уонна Барбоскиннары кытта үҥкүүлүөххэйин.
Үҥкүү «Давай попрыгаем».
Несмеяна: - Улахан баһыыбаларыҥ! Олус үөрдүм! Мантан ыла аны хаһан да санаарҕыам суоҕа, куруут үөрэ – көтө сылдьыам.
Барбоскиннар: - Несмеяна, хата биһигини кытта Тымныы Оҕонньору көрдүү барыс.
Несмеяна: - Үөрүүнү кытта барсабын.
Музыка тыаһыыр, Барбоскиннар уонна Несмеяна
харыйа тула сүүрэллэр.
Лиза: - Суолбутун сүтэрэн кэбистибит дии.
Дружок: Оо дьэ, сотовайбын хаалларан кэбиспиппин дии, онтон атын тугиска киирэн, ханна баарбытын көрүөм этэ.
Роза: - Дружок, биһиги олус ыраах кэллибит, манна сотовай хаппат.
Музыка тыаһыыр.
Дьээгэ – бааба киирэр.
Барбоскиннар: - Үтүө күнүнэн эбээ!
Дьээгэ – бааба: - Хайаа, бу кимнээх кэллилэрий?
Лиза: - Биһиги, Барбоскиннар уонна Несмеяна кэллибит.
Дружок: - Биһиги Тымныы оҕонньорго көмөлөһө кэллибит.
Роза: - Тымныы оҕонньору, оҕолор Саҥа дьыл барыыһынньыгар кэтэһэн олороллор.
Дьээгэ – бааба: - Ээ, суох! Саҥа дьыл буолбатын диэн, мин Тымныы оҕонньору хаайан кэбиспитим. Үөрүүнү – көтүүнү, ырыаны – тойугу олох сөбүлээбэппин.
Барбоскиннар: - Дьээгэ – бааба, Тымныы оҕонньору ыыт!
Роза: - Дьээгэ – бааба, эн Тымныы оҕонньору ыыппат буоллаххына, биһиги эйиэхэ ырыа ыллаан иһитиннэриэхпит.
Дьээгэ – бааба: - Суоох, ыллаамаҥ! Мин ырыаны отой сөбүлээбэппин.
Ыытааччы: - Оҕолоор, Дьээгэ – бааба биһиги ыллыырбытын сөбүлээбэт эбит. Ыллаатахпытына баҕар, Дьээгэ – бааба Тымныы оҕонньорбутун ыытыаҕа. Ыллыыбыт дуо?
Оҕолор: Ыллыыбыт.
Ырыа «Маҥнайгы хаарынан эҕэрдэ»
Оҕолор ыллыыр кэмнэригэр, Дьээгэ – бааба кулгааҕын сапта-сапта тоттору-таары хаамар.
Дьээгэ – бааба: - Һуу, нэһиилэ тулуйдум.
Барбоскиннар: - Дьээгэ – бааба, Тымныы оҕонньору ыыт!
Дьээгэ – бааба: - Суоох, ыыппаппын! Мин Саҥа дьыл кэлиэн баҕарбаппын.
Роза: - Дьээгэ – бааба, Тымныы оҕонньору ыыппат буоллаххына, биһиги доҕотторбутун Саҥа сылы ыҥырыахпыт. Биһиги олус элбэхтэрбит.
Дьээгэ – бааба: - Ыҥырын, ыҥырын. Мин туохтан да куттаммаппын.
Барбоскиннар: - Доҕотторбут, бары кэлиҥ!
Ыытааччы: - Оҕолоор, чэйин эрэ, Барбоскиннар доҕотторо – Ытчааннар, бары туран үҥкүүлүөҕүҥ.
Музыка тыаһыыр, ыт мааскалаах оҕолор тахсан
«Собачий вальс» музыканнан үҥкүүлүүллэр.
Дьээгэ – бааба куттанар.
Дьээгэ – бааба: - Һуу, элбэхтэриин, куттаннахпыаан! Аны киһини ытырыахтара. Кэбис, Тымныы оҕонньору ыытар эбиппин.
Дьээгэ – бааба торуоскатын умнан тахсан барар.
Ыытааччы: - Барбоскиннар, уонна Несмеяна маладьыастар! Тымныы Оҕонньорбутун ким муннаран кэбиспитин буллулар, Дьээгэ – бааба Тымныы Оҕонньорбутун ыытыах буолла. Барбоскиннарга уонна Несмеянаҕа махтаныаҕын уонна Тымныы о5онньорбутун күүтэ таарыйа оонньуубут дуо, оҕолоор?
Оҕолор: - Оонньуубут.
Ыытааччы: - Барыгытыгар хаар биэрэбин, мин «Хаардар» 2-лии, 3-түү, 4-түү, 5-тии турун диэтэхпинэ, түргэнник эппитим курдук 2-лии, 3-түү, 4-түү, 5-тии туран иһэҕит.
Хамсаныылаах оонньуу «Хаардар».
Ыытааччы: - Маладьыастар! Чэ, бары хаардаргытын миэхэ биэриҥ уонна миэстэлэргитигэр олоруҥ.
Оҕолор олороллор.
Ыытааччы: - Кыыданнаах кырыа кыһыммыт кэлэн, Саҥа дьылбыт буолара чугаһаата! Истиҥ эрэ, Тымныы Оҕонньор торуоскатын тыаһа иһиллэр!
Музыка тыаһыыр.
Тымныы оҕонньор уонна Хаарчаана киирэллэр.
Тымныы Оҕонньор: Үтүө күнүнэн күндү ыалдьыттар, оҕолор!
Оҕолор: Үтүө күнүнэн!
Тымныы Оҕонньор: - Саргылаах Саҥа дьыл салаллан кэлбитинэн барыгытын эҕэрдэлиибит. Бары боруобай, дьоллоох буолуҥ! Баһыыбаларын оҕолор! Дьээгэ – бааба, биһигини, эһиги бырааһынньыккытыгар ыытымаары муннаран кэбиспитэ. Уонна саҥа сыл бэлиэтэ – Ыттартан куттанан биһигини босхолоото. Саҥа дьылы көрсө бары мустубуккут, маладьыастар. Хаарчааналыын олус үөрдүбүт. Харыйабын наһаа үчүгэйдик киэргэппиккит!
Хаарчаана: - Эһээ, харыйабыт уота суох, күлүмнээбэт дии?
Тымныы Оҕонньор: - Оҕолор, ахсаан сатаан ааҕаҕыт дуо?
Оҕолор: - Ааҕабыт.
Ыытааччы: - Тымныы Оҕонньор, биьиги оҕолорбут ахсааны 10-ҥа дылы сатаал ааҕаллар ээ.
Тымныы Оҕонньор: - О5олоор, бары бииргэ елкабыт тула туруоҕуҥ уонна10 ахсаанна дылы ааҕыаҕын. Харыйабыт уота оччоҕуна умайыа.
Ыытааччы: - Бары бииргэ 10 дылы аахтыбыт эрэ.
Бары ааҕаллар: 1, 2, 3, 4, 5. 6, 7, 8, 9, 10!
Харыйа уота умайар.
Тымныы о5онньор: - Чэйиҥ эрэ оҕолоор, елкабыт тула туран
хороводттуоххайыҥ.
Хоровод - «Ёлка – ёлочка»
сл. И. Черницкой, муз. Т. Попатенко.
Ыытааччы: - Тымныы Оҕонньор, Хаарчаана, баһаалыста биһиэхэ күндү ыалдьыт буолуҥ! Ыраах сиринэн айаннаан кэлбит дьон сынньана таарыйа биьиги оҕолорбут, эһиэхэ анаан үөрэппит ырыаларын, хоһооннорун истиҥ.
Тымныы о5онньор: - Үөрүүнү кытта ыалдьыттыыбыт, оҕолору истэбит.
- Монтаж.
- Ырыа – «Ымыылар» -М. Тимофеев тыл. Г. Петрова мел.
- Кыргыттар толорууларыгар «Ыччыы – ыччаа» - В. Егоров.
Тымныы Оҕонньор: - Маладьыастар, элбэҕи билбиккит. Олус астынным!
Хаарчаана: - Оҕолоор, көрүҥ эрэ мин тугу эрэ булан ыллым. Бу тугуй?
Оҕолор: – Дьэгэ-бааба торуоската.
Хаарчаана: - Дьээгэ – бааба торуоскатын умнан барбыт, хата Дьээгэ – бааба торуоскатын ылан оонньуубут дуо?
Ыытааччы: - Оҕолор, Хаарчаананы кытта оонньуубут дуо?
Оҕолор: - Оонньуубут.
Хаарчаана: - Чэ, бары кэлэн төгүрүччү туруҥ, билигин мин Дьээгэ – бааба торуоскатын эһиги атахтаргыт аттыгытыгар эргитиэм, эһиги торуоска үрдүнэн ойон иһиэхтээххит. Ким торуосканы кыайан ойботох туораан иһэр.
Хамсаныылаах оонньуу: «Торуосканы ой».
Хаарчаана: - Маладьыастар! Бары бэрткэ ойор эбиккит.
Тымныы Оҕонньор: - О5олоор, чуумпуруҥ эрэ. Эһиги билэҕит дуо саҥа дьылга туох баар баҕа санаа барыта туоларын? Киэһээ таһырдьа тахсан халлааҥҥа сулустары көрөөрүҥ эрэ, онно биир эмэ сулус аллараа түстэҕинэ баҕа санааҕытын эттэххитинэ туолар. Көрүҥ эрэ, бу биһиги елкабытыгар сулус кэлэн түспүт, бу сулус түспүтүгэр эһиги баҕа санааҕытын этэн мин Тымныы оҕонньор кэлэн турабын. (елкаттан сулус ылар). Өссө баҕа санааҕыт туолуон баҕараҕыт дуо?
Оҕолор: – Баҕарабыт.
Уот умуллар, лазерынан тыктарыы.
Тымныы оҕонньор: – Сулус, сулус эн киэҥ куйаарга тураҕын дуо?
Сулус: – (микрофоҥҥа) Киэҥ куйаарга турабын.
Тымныы оҕонньор: – Сулус, сулус
Оҕолорго көһүн
Оҕолор санааларын толорон
Подарокка кубулуй!
Сулус аллараа түһэр. Уот умайар.
Тымныы оҕонньор: – Оҕолоор, сулуспут хайа диэки түстэ? Чэ эрэ, Лиза, Роза, Дружок, Несмеяна баран көрүҥ сулус түспүт сиригэр туох баарын.
Барбоскиннар, Несмеяна оҕолор ыйбыт сидэриттэн подарок булаллар.
Подарок түҥэтии.
Тымныы Оҕонньор: - Хаарчаана, барыахпыт иннинэ оҕолорбун кытта хаартыскаҕа түһүөххэ.
Ыытааччы: Билигин бары Хаарчааналаах Тымныы оҕонньору кытта хаартыскаҕа түһүөххэйиҥ.
Хаартыска түһүүтэ.
Тымныы Оҕонньор: - Хаарчаана, бириэмэ ыраатта, барар кэм кэллэ. Саҥа кэлэр – Ыт сылыгар бары этэҥҥэ олоруҥ! Эһиил улаатаҥҥыт өссө элбэх ырыалаах, хоһоонноох, үҥкүүлээх көрсөөрүҥ.
Тымныы Оҕонньор, Хаарчаана: Көрсүөххэ диэри оҕолоор!
Оҕолор: Көрсүөххэ диэри!
Тымныы Оҕонньор Хаарчааналыын тахсан бараллар.
Ыытааччы: - Күндү оҕолор, төрөппүттэр, ыалдьыттар эһигини өссө төгүл барыгытын кэлэн иһэр Саҥа дьылынан эҕэрдэлиибит. Баҕарабьгг бары кэрэни- үтүөнү, дьолу- саргыны! Манан биһиги бырааһынньыкпыт түмүктэнэр, болҕомтоҕут иһин махтанабыт. Көрсүөххэ дылы!
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
А5а дойдуну комускээччилэргэ аналлаах аралдьытыы
А5а дойдуну комускээччилэргэ аналлаах аралдьытыы...
Улахан бөлөх оҕолоругар «Сааскы бал бырааьынньыга» сценарийа.
Улахан бөлөх оҕолоругар «Сааскы бал бырааьынньыга» сценарийа....
«Быыра Баадьай» олоҥхонон «Бырдахтар уонна Тигээйилэр» диэн улахан бөлөх оҕолоругар куоталаһыы (эстафета)
Өбүгэ оонньууларынан оҕону эт-хаан өттүнэн сайыннарыы. Оонньуу быраабылатын тутуһан оонньууру, оҕо бэйэтин салайынар уонна хонтуруолланар сатабылларын сайыннарыы. Оҕо сымса , дьулуурдаах буоларын, хам...
2022 сылы көрсөр саҥа дьыллааҕы аралдьыйыы сценарийа: «Королевскай баалга айан»
Саҥа дьыллааҕы аралдьыйыы сценарийа...
"Күнчээн” улахан бөлөх оҕолоругар аналлаах күһүннү аралдьыйыы сценарийа.
Сценарий осеннего развлечения для детей старшей группы на родном якутском языке...
Уһуйаан бэлэмнэнии бөлөҕүн оҕолоругар Саҥа Дьыллааҕы бырааһынньык хаамыыта
Уһуйаан бэлэмнэнии бөлөҕүн оҕолоругар Саҥа Дьыллааҕы бырааһынньык хаамыыта...
Улахан бөлөх оҕолоругар аһаҕас дьарык Темата: «Сөптөөх аһылык-доруобай буолуу төрдө»
Сыала: Оҕолорго «Витамин» диэн тугун билиһиннэрии, оҕуруот астарын, фрукталары төьө билэллэрин чиңэтии. Бол5омтолоох буолууну, толкуйдуур дьоҕурдарын сайыннарыы, чэнчис буоларга иитии....