"Щелкунчик" улахан бөлөх оҕолоругар саҥа дьыллааҕы аралдьыйыы сценарийа
материал (старшая группа)
"Щелкунчик" 5-6 саастаах улахан бөлөх оҕолоругар аналлаах саҥа дьыллааҕы аралдьыйыы сценарийа
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
shchelkunchik_stsenariy.docx | 26.95 КБ |
Предварительный просмотр:
«Щелкунчик»
«Мичээр» улахан белех Сана дьыллаа5ы аралдьыйыы сценарийа.
Кыттаачылар (улахан дьон): Остуоруйаьыт, Мышильда, Тымныы Моруос о5онньор.
О5олор: Щелкунчик -
Мари –
Король –
Королева -
Снежинкалар-
Куклалар:
Гусардар:
Принцессы:
Кутуйах солдаттар:
(музыка тыаьынан о5олор заалга киирэллэр, харыйа тула тураллар, хоровод «Дьикти харыйа»). Миэстэлэригэр баран олороллор
Остуоруйаьыт: О5олоор, бугун биьиэхэ бырааьынньык – Сана Дьыл! Керун эрэ, саалабыт хайдах курдук киэркэйбитин, остуоруйа дойдутугар кэлбит курдук. Бугун мин эьигини «Щелкунчик» остуоруйатыгар илдьиэм. Арай биирдэ ханнык эрэ саарыстыба5а, ханнык эрэ судаарыстыба5а олорбуттара эбитэ уьу Король уонна Королева, кырачаан принц.
(Мари швабралаах муоста сууйар, харыйа быылын сотор)
Снежинкалар ункуулэрэ – Мари туораттан керен хамсанар.
Король, Королева, принц оронно сытар.
Королевский звон тыаьыыр.
Король: Саргылаах Сана дьыл
Салаллан кэлбитинэн,
Куутуулээх кэрэ кэммит
Кулумурдээн кэлбитинэн!
Королева: Барыгытын до5оттоор,
Сана дьыллаа5ы баалга ынырабыт!
Мышильда киирэр, музыка тыаьыыр.
Мышильда заалы эргийэн, дьону керер-истэр, Корольга тиийэр.
Мышильда: Хайа, бу туох бырааьынньыгын онордугут? Эмиэ миигин ынырбатаххыт дуу!? Ол эрэн, мин эьиэхэ бырааьынньыккытыгар бэлэхтээх кэллим ээ. (подарогын туттарар, Королева арыйбыта пустой буолар)
Мышильда: (Улаханнык кулэр) Ха-Ха-ха! Сир тугэ5иттэн тахсыбыт кутуйахтан тугу кэтэспиккитий!?
Король: (кыыьырар уонна уурэн ыытар) Мышильда, эн куьа5ан да санаалааххын. Бар мантан!
Мышильда: (Кыыьырар) Оччо5уна эьиэхэ бу баар! (о5ону аптыыр, принц Щелкунчик буолар)
(Король, Королева ытаьаллар)
Остуоруйаьыт: Убаастабыллаах Король, Королева! Санаа5ытын туьэримэн, Сана дьыл алыптаах, дьикти тугэни бэлэхтиир. Эьиэхэ анаан бырааьынньыкка кэлбит о5олор ырыа ыллаан сургэ5итин кете5уехтэрэ, учугэй санааны уескэтиэхтэрэ.
Ырыа «До чего же хороша»
Королева: Наьаа да учугэй ырыаны иьиттибит. Махтал буоллун (тахсан бараллар)
Мари ытыы-ытыы киирэр, Щелкунчик аттытыгар олорор.
Остуоруйаьыт: Хайа, Мари то5о ытаатын?
Мари: Наьаа учугэй бырааьынньык буолуохтаа5ын Мышильда кэлэн ыьан кэбистэ (ытыыр).
Остуоруйаьыт: Ытаама Мари, алыптаах кэм кэлэн иьиэ, уеруу-кетуу уксуе. Мин билигин кэрэчээн харыйа киэргэллэрэ куукулалар ункуулээн эйигин сэргэхситиэхтэрэ.
Куукулалар харыйа кэнниттэн тахсаллар. Ункуулууллэр, бутэн тахсан бараллар.
Остуоруйаьыт: Мари, сэргэхсийэ таарыйа, о5олору оонньотобут дуо?
Мари: Оонньуоххайын.
Остуоруйаьыт: Ким эрийэн тургэнник снежинка5а тиийэрий.
Мари харыйа аттытыгар олорор.
Остуоруйаьыт: Сана дьыллаа5ы балбытын салгыыбыт!
(Гусардар, принцессалар ункуулэрэ)
(Мышильда кутуйахтары кытары киирэн ункуулуур, кутуйахтар тахсаллар).
Мышильда: Хайа, эмиэ биьигинэ суох бааллыы сылдьа5ыт дуу!? Принцкыт уьуктубата дуо? Ха-ха-ха
Мари: Принцы Щелкунчик гына аптаан баран, кулэ тура5ын дуо? Тептеру уьугуннар!
Остуоруйаьыт: Баалбыт алыптаах кэмэ чугаьаата, кэтэьиилээх Тымныы Моруос о5онньорбут сиэн кыыьынаан Хаарчааналыын кэлэллэрэ чугаьаата. Остуоруйа алыптаах тугэнин бэлэхтээ, принцпытын аптаа, уьугуннар.
Мышильда: (кулэр) Оччо5о эьиги миигин бырааьынньыкка хааллара5ыт дуо? Мин хаьан да аны мэьэйи оноруом суо5а. Тептеру принцы тенуннэриэм.
Остуоруйаьыт: О5олор, Мышильданы бырастыы гынан, бырааьынньыкпытыгар хаалларабыт дуо?
О5олор: Себулэьэллэр.
Мышильда Щелкунчигы принц онорор Уеруу-кетуу буолар.
Принц: Тугун учугэйэй, киьи буолан эьигини кытта тэннэ уерэ –кете сылдьарым. Мари, махтал эйиэхэ принц буолан уьуктубуппар.
Король, Королева киирэллэр. Принц – Мари, Король – Королева, Мышильда – Остуоруйаьыт ункуулууллэр.
Курант тыаьыыр, Тымныы Моруос о5онньор, Хаарчааналыын киирэллэр.
Тымныы Моруос о5онньор: Дорооболорун! Саргылаах Сана дьыл салаллан кэлбитинэн, барыгытын э5эрдэлиибин! Наьаа да учугэйдик киэркэйбит саала5а кэлбиппит.
Хаарчаана: Дорооболорун о5олоор! Киэркэйбит саала5а элбэх да киьи мустубут, ол эрэн харыйачаанныт уота то5о кулумурдээбэтий? Эьээм, Тымныы Моруос о5онньор куех харыйачааннытын аптаах торуоскатынан кулумурдэтиэ, сырдатыа.
Тымныы Моруос о5онньор: Чэйин эрэ, о5олоор, харыйачааммыт уотун бары бииргэ уматыаххайын. 1, 2, 3 Харыйа уота умай диэххэйин. (Харыйа уота умайар).
Остуоруйаьыт: Тымныы Моруос Эьэбитин, сиэн кыыьын Хаарчаананы о5олор олус диэн кууппуттэрэ. Чэйин эрэ о5олор, куутуулээх ыалдьыттарбытыгар анаан «Сана дьыл» диэн ырыабытын бэлэх уунуоххайын!
Ырыа «Сана дьыл»
Хаарчаана: Наьаа учугэй ырыаны иьиттибит. Махтал! О5олор эьиги миигин кытары оонньуоххутун ба5ара5ыт дуо?
О5олор: Себулэьэбит.
Хаарчаана: 2 о5о тахсар уоллаах кыыс уонна уол хаары хомуйар, кыыс снежинканы хомуйар. Ким тургэнник хомуйбут кыайыылаах буолар.
Иккис оонньуубут аата «Тымныы Моруос о5онньор аптаах меьееччугэ»
Остуоруйаьыт: Тымныы Моруос о5онньор, Хаарчаана эьиэхэ анаан биьиги о5олорбут хоьоон бе5етун уерэппиттэрэ, билигин аа5ан иьитиннэриэхтэрэ:
Сана дьыл
Сана дьыл, сана дьыл!
Куутэбит долгуйа
Сана дьыл, сана дьыл
Куутэбит эрэнэ.
Дьиримнэс харыйа
Уоттара арааьын
Кыьыл, куех, аранас
Керуеххэ астыгын.
Кэрэ кыыс Хаарчаана
Эьээ дьыл сиэнчээнэ
Кэьиитин тунэтиэ
Биьиэхэ бэлэхтиэ.
Хороводка хаамсыахха
Сана дьылы таптыыбын,
Сана дьылы куутэбин.
Харыйабын киэргэтэн,
Сана дьылы керсебун.
Харыйабыт киэргэммит,
Оонньуурдарын иилиммит.
Ырыа –тойук истээри,
Ункуубутун керееру.
Тегуруччу туруохха,
Хороводка хаамсыахха.
Уерэ-кете ыллыахха,
Сана дьылга уеруеххэ.
Маскараадтаах о5олор,
Олус, олус уербуттэр.
Тымныы Моруос кэлэрин,
Олус, олус кууппуттэр.
Сана дьыллаа5ы хоьоон.
Манан, кыьыл оонньуурдаах,
Харыйабыт сандаарбыт.
Сана дьылга киэргэнэн,
Ыалдьыттарын манаабыт.
Аныгылыы муннукка
Хаартыска5а туьэллэр,
Уербут-кеппут тугэннэрин,
Уйэлэргэ тиьэллэр.
Сана дьылбыт сандааран,
Сыттыктарга сынньанын.
Киэргэтиилээх муннукка,
Сыыппараннан оонньоотун.
Сана дьылы куутэбин.
Сана дьылы куутэбин
Ырыа-хоьоон этэбин.
Дьыссааппын киэргэтэбин,
Кыптыыйы ыллатабын.
Кэрэ ырыа лынкыныыр,
Нарын оьуор кылбанныыр,
Сырдык сана тиьиллэр,
Сандаарыйа киэркэйэр.
Сана дьылым саргыта
Оьуорданна тылынна,
Кэлэр кэмим алгыьа
Ырыа буолан ылланна.
Елка
Саргылаах сана дьыл
Салаллан кэлиитигэр
Кэрэчээн елканы
Киэргэтэн кээстибит.
Манна баар араас суол:
Кун, чаьы, календарь,
Паровоз, трактор,
Парашют, самолет.
Манна баар саьылчаан,
Куттамсах куобахчаан,
Саадьа5ай тонсо5ой,
Сиэдэрэй куерэгэй.
Елкабыт анныгар
Турар ээ, до5оттоор
Дьиктилээх бэйэлээх
Дед Мороз о5онньор.
Сана дьыл
Кэрэчээн харыйа
Налыччы киэргэммит
Араас да уотунан
Кулумнуу умайбыт.
Куобахтар, эьэлэр,
Саьыллар, бэл, бааллар.
Сиэттиьэн бараннар
Кехтеехтук ыллыыллар.
Хаар манан бытыктаах
Тымныычаан о5онньор
Кэьиитин тунэтэр
Уерууну уксэтэр.
Ча5ылый, ча5ылый,
Баай елка, умайыый!
О5олор кердерун
Эн уерэ сырдатыый.
Харыйа
Хампа куех харыйа,
Уер, мичээр, ыллаа-туой,
Бу маннык кун аайы
Симэнэр этин дуо?
«Тымныыттан, куйаастан
Ча5ыйар тугуй?» - диир,
Харыйа, эн бааргын,
Эн куеххун дьон сэргиир.
Кыьын, саас эн курдук
Чэлгийдин кыраайбыт.
Ол иьин уруйдуу
Дьиэрэйдин ырыабыт.
Дед Мороз
Дед Мороз садится в сани.
Поздравлять детей он станет-
Всем подарки развезёт,
Ведь приходит Новый год.
Как он всюду успевает?
Этого никто не знает.
Как он помнит адреса?
Это просто чудеса.
Но я знаю, в Новый год
Обязательно найдет
Дед Мороз и наши двери.
Просто в чудо надо верить.
За окошком снег идёт
Огоньки сверкают.
Наступает Новый год,
Все об этом знают!
Придёт Дедушка Мороз
Принесёт подарки.
Славный праздник-
Новый год-
Будет самым ярким!
Сана дьыл
Саргылаах сана дьыл
Салаллан кэллэ дии,
Киэргэллээх харыйа
Кэьиилээх эбит дии.
Кунду куех харыйа
Кер – оонньуу аргыстаах,
Кунду куех харыйа
Кулумнэс айгырдаах.
Елкабыт симэ5э,
Эчикиий, элбэ5иин!
Ыл, керун, мэкчиргэ
Иьиллиир быьылаах.
Тымныы о5онньор
Тырымнас сиэниниин
Сиэттиьэн киирдилэр,
Э5эрдэ эттилэр.
Сана дьыл – аптаах кэм.
Сана дьыл – аптаах кэм,
Баҕа санаа туолуута,
Саҥа дьыл- көрдөөх кэм,
Бары үөрэ көрсөбүт.
Саҥа дьылга мин дьоммор
Кистээн бэлэх бэлэмниэм,
Харыйаҕа ыйанар
Оонньуурдары оҥоруом.
Хаар киһини кырыйан
Түннүктэргэ сыһыарыам.
Хаар кыырпаҕын быһаммын
Хосторбутум киэргэтиэм.
Саҥа дьылы кэтэһэбин,
Хас күн хаалтын ааҕабын
Тымныы оҕонньор кэлэрин
Олус күүскэ күүтэбин.
Кыракый харыйа
Кыракый харыйа
Таһырдьа тоҥмут.
Сиэтэммит кинини
Дьиэҕэ киллэриэх.
Кэрэчээн харыйа
Күлүмнүү турар.
Төгүрук оонньуурдаах
Көмүс туораахтаах
Подходите к елке
В дружный хоровод
Встретим очень весело
Этот новый год.
Сегодня день чудесный,
Сегодня новый год
И елочка нарядная,
И Дед Мороз придет.
Тымныы Моруос о5онньор: Тугун бэрдэй-кэрэтэй, о5олор улаатаннар ырыа, хоьоон бе5етун уерэппиттэр! Наьаа да уердум. Аны бары бииргэ кэлэр сылы уруйдаан ункуулуеххэйин, уеруеххэйин-кетуеххэйин! (Флешмоб)
Тымныы Моруос о5онньор: Хаарчаана, уерэ-кете о5олорбутугар бэлэхтэрбитин туттарыахха эрэ. Меьееччуктээх кэьиилэрбин манна а5алын, о5олорбутугар туттартыах.
(о5олорго кэьиилэри туттараллар)
Остуоруйаьыт: Тымныы Моруос о5онньор, Хаарчаана, о5олору кытта хаартыска5а туьэргэ ынырабыт.
(хаартыска5а туьуу)
Тымныы Моруос о5онньор: Бэркэ керулээтибит, уердубут- кеттубут. Бириэмэ да ыраатта, барар кэм кэллэ. Эьиил эмиэ Сана дьылы керсер бырааьынньыккытыгар керсуехпут! Керсуеххэ диэри!
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
«Куьунну мозаика» дьуьуйуу. (Улахан белех о5олоругар аналлаах аралдьыйыы сценарийа)
Цель – закрепить знания детей о сезонных изменениях в природе, о признаках осениЗадачи: -формировать навыки самостоятельного исполнения выученных стихов, песен и танцев;-создавать празднич...
2022 сылы көрсөр саҥа дьыллааҕы аралдьыйыы сценарийа: «Королевскай баалга айан»
Саҥа дьыллааҕы аралдьыйыы сценарийа...
"Күнчээн” улахан бөлөх оҕолоругар аналлаах күһүннү аралдьыйыы сценарийа.
Сценарий осеннего развлечения для детей старшей группы на родном якутском языке...
Саҥа дьыллааҕы аралдьыйыы: “Пятачок уонна кини до5отторо, сана дьыллаа5ы муччургэннээх сырыылара.”
Сценарий Нового года....
Орто бөлөх саҥа дьыллааҕы утренник сценарийа.
Орто бөлөх саҥа дьыллааҕы утренник сценарийа....
Уһуйаан бэлэмнэнии бөлөҕүн оҕолоругар Саҥа Дьыллааҕы бырааһынньык хаамыыта
Уһуйаан бэлэмнэнии бөлөҕүн оҕолоругар Саҥа Дьыллааҕы бырааһынньык хаамыыта...
"Кыһыл көмүс күлүүс" саҥа дьыллааҕы утренник сценарийа
6-7 саастаах уһуйаан бэлэмнэнии бөлөх оҕолоругар анаан саҥа дьыллааҕы "Кыһыл көмүс күлүүс" аралдьыйыы сценарийа....