Бэлэмнэнии белех о5ото тугу сатыахтаа5ый?
статья (подготовительная группа) на тему

Тереппуттэргэ субэлэр

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл belemnenii_o5oto_tugu_satyahtaa5yy.docx19.69 КБ

Предварительный просмотр:

Бэлэмнэнии бөлөх оҕото тугу сатыахтааҕый? (6-7 с)

Бу сааһыгар оҕо – тэриниилээх, бэрээдэктээх буоларга, бэйэни туттунарга, туруоруллубут сыалы толорорго, күүстээх санааланарга үөрэнэр.

Оҕолору, улахан дьону кытта эйэҕэстик сыһыаннаһар, кырдьаҕаһы убаастыыр доҕор-атас, дьүөгэ диэн өйдөбүлү ылар. Тэҥ саастыылаахтарын кытта алтыһарыгар оонньуу да,  үлэ да түгэнигэр сөп быһаарыыны ылынан сүбэлэһэн бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһэргэ үөрэнэр.

Улахан киһи кэпсиирин быһа түспэккэ, болҕойон истэргэ, бэйэтин санаатын сайа этэргэ салгыы үөрэнэр.

Дьиэ кэргэнин, бөһүөлэгин, нэһилиэгин историятын билэр. Хантан, кимтэн төрүттээҕин, дьонун-сэргэтин дьарыгын туһунан  кэпсиир, кинилэр  үлэлэрэ дьоҥҥо  туох   көмөлөөҕүн  быһаарар.Дойдутун президенин, улуус баһылыгын, биллиилээх дьонун билэр, убаастабыллаахтык сыһыаннаһар. Дьиэтэ-уота, детсада турар миэстэтин, аадырыһын билэр, быһаарар. Ийэтин, аҕатын толору ааттарын, ханна үлэлииллэрин билэр.

Чэнчистик туттар, бэйэтин көрүнэр-харанар : таҥаһын-сабын хомунар, баттаҕын тараанар, атаҕын таҥаһын ыраастанар, куурдунар, тыҥыраҕын кырынар. Бэриллэр сорудаҕы сөпкө, бириэмэтигэр толорор.

Төрөөбүт дойдутун айылҕатын, сирин-уотун, үүнээйитин, үөнүн-көйүүрүн, отун-маһын, көтөрүн-сүүрэрин, кыылын-сүөлүн, балыгын, куһун-хааһын, сиртэн хостонор баайын билсэр.Айылҕаҕа сылдьыы быраабылаларын билэр. Чаҕылҕан, этиҥ, ардах, хаар, силлиэ, буурҕа-диэн айылҕа көстүүлэрин туһунан өйдөбүллээх. Бу айылҕа көстүүлэрин ыксаллаах түгэннэригэр бэйэни дьаһаныы, сэрэхтээх буолуу быраабылаларын билэр.

Туттар  тэрил аналын билэр. Уокка холбонор дьиэ тэриллэригэр сэрэхтээхтик сыһыаннаһар. Сорох маллары сатаан туттар. Дьиэҕэ-уокка кыаҕынан көмөлөһөр, хайдах үлэлээбитин туһунан санаатын этэр.

Техника арааһын билэр, аналынан бөлөхтүүр( салгыҥҥа көтөр, сиринэн, сир аннынан, ууннан айанныыр көлөлөр).Ис-тас оҥоһуутун, тас көрүҥүн, уратытын, суолтатын, аналын быһаарар.

Тутан-хабан,  чинчийии көмөтүнэн боростуой эксперименнэри оҥорор. Үүнээйи үүннэрэн, дьиэ кыылын харайан- кэтээн көрөр дьоҕурун сайыннарар.Киһи оҥорон таһаарар үлэтин чэпчэтэр сыалтан  айыллыбыт тэриллэри  кытта билсэр( станоктар, роботтар, компьютердар).

Тыл, остуол оонньуутун, хамсаныылаах оонньуулары билэр, оонньуур, хайдах оонньуурун быһаарар.Бииргэ ооньуур доҕорун туһунан кэпсиир. Үтүө доҕор диэн хайдах оҕону этиэххэ сөбүн быһаарар. Иллээхтик оонньуур, алҕаһаатаҕына, бырастыы гыннарар.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Презентация на тему: "Булчут ыт о5ото"

Утуо кунунэн!Мин аатым Коля Иванов, сааьым 6. «Туллукчаан» о5о саадын иитиллээччитэбин. Мин бугун эьиэхэ кэпсиир тиэмэм «Саха булчут ыта «Лайка». Биьи дьиэ кэргэн саха бу...

Сана дьыллаа5ы утренник сценария «КОЛОБОК» остуоруйа (улахан уонна бэлэмнэнии болох)

сценарий утренника подготовительной группы в якутских детских садов...

Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэринэн аналлаах аралдьыйыы сценарийа. Бэлэмнэнии бөлөх уолаттар күрэхтэhиилэрэ.

Аҕа дойдуну көмүскээччилэркүннэринэн аналлаахаралдьыйыы сценарийа.Бэлэмнэнии бөлөх уолаттар күрэхтэhиилэрэ....

С.С.Васильев-Борогонскай "Эрчимэн Бэргэн" олоҥхотунан бэлэмнэнии бөлөх оҕолоругар туруоруллар инсценировка

Олоҥхо тылын-өһүн нөҥүө оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолор ситимнээх саҥаларын сайыннарыы....

“Кыра саастаах о5олорго сиэр-туом үөрэ5э” (6-7 саастаахтар, бэлэмнэнии бөлө5ө) эбии үөрэхтээһин үлэлиир бырагырааммата

Үлэ сыала: о5o толкуйдуур дьо5урун, кини этнопсихологическай уратытытын учуоттаан, төрүт үгэскэ, бэйэ норуотун үгэhин сыhыаран үөрэтии. О5о5о төрөөбүт ийэ тылын, норуотун сүрүн-кутун, сиэрин...

Хаар кыырпахтара» Нетрадиционнай техникананан уруһуй дьарыга Бэлэмнэнии бөлөх

хаар кыырпаҕын нетрадиционнай техниканы туттан уруһуйдуурга үөрэтии. Соруктар: - нетрадиционнай техниканан уруһуйдааһыӊӊа интэриэһи тардыы; -сытыары, туруору линиялары туттан хаар кыырпаҕын быһыы...