С.С.Васильев-Борогонскай "Эрчимэн Бэргэн" олоҥхотунан бэлэмнэнии бөлөх оҕолоругар туруоруллар инсценировка
методическая разработка (подготовительная группа)

Васильева Анна Васильевна
Олоҥхо тылын-өһүн нөҥүө оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолор ситимнээх саҥаларын сайыннарыы.

Скачать:


Предварительный просмотр:

Муниципальнай  бюджетнай  оскуола5а киириэн иннинээ5и  саастаах  о5олору

иитэр – үөрэтэр тэрилтэ  Оҕо сайдар киинэ , №82-дээх  “ Мичээр” уһуйаан

________________________________________________________________

Дьокуускай куорат ,ул. Дзержинскай уулуссатын  9/1,  нүөмэрэ: 42-38-41

Сергей Степанович Васильев-Борогонскай

«Эрчимэн Бэргэн» 

олоҥхотунан бэлэмнэнии бөлөх оҕолоругар

туруоруллар алта көстүүлээх инценировка сценарыйа

     

Сценарыйы оҥордо

   иитээччи: Васильева А.В.

Оруолларга:

  1. Эриэн тойон оҕонньор-
  2. Эбириэлдьин хотун эмээхсин-
  3. Эрчимэн Бэргэн-
  4. Кыталык-
  5. Чункунуур Чуура бухатыыр-
  6. Хаачылаан Куо-
  7. О5о-
  8. Айыы дьоно-

Фонҥа иһиллэр олонхо тылын этээччилэр

Туттуллар атрибуттар:

  1. Төгүрүк остуол
  2. Саламалар,
  3. Мас ат,
  4. Саха иьиттэрэ-үс кытыйа, икки чороон, күөрчэх, алтан сылабаар
  5. Өлбөт мэҥэ уута,
  6. Хара  таас  сымыыт,
  7. Хатыц мастар.
  8. Кыьыл о5о куукула.

Музыкальнай киэргэтии

  1. Сахалыы музыка,
  2. Чыычаахтар саҥалара,
  3. Ат туйаҕын тыаһа
  4. Хомус тыаһа,
  5. Холорук тыаһа,
  6. Бухатыырдар охсуһар музыкалара,
  7. Кыталык үҥкүүтүн музыката
  8. Оһуор үҥкүүтүн музыката

Бастакы көстүү.

Сцена ортотугар улахан экранҥа Аал луук мастаах орто дойду көстөр, онтон сцена арыый хаҥас ойоҕоһугар кэтэҕин диэки төгүрүк остуол уонна икки олоппос тураллар, остуол үрдүгэр сылабаар кытыйалар, чорооннор тураллар. ол кэмҥэ_________________________ олонхото иһиллэр

Былыргы дьыл мындаатын

Быдан нөҥүө өттүгэр,

Аныгы үйэ ар5аһын

Адьас аннараа сиксигэр,

Бухатыыр үөскүөх,

Буойун олохсуйуох,-

Устатата-туората көстубэт

Улуу толооно оло5урбута эбитэ үһү…

Ол улуу эбэ улай киинигэр,

Ураһа дьиэлэнэн,

Эриэн Тойон о5онньор

Эбириэлдьин Хотун эмээхсининээн

Ыал буолан

Ыыр уктээн

Хара тыаттан,

Булун сиртэн

Бултаан-алтаан,

Байан-тайан

Олорбуттара эбитэ уьу…

диэтин кытта хаҥас кулисаттан Эбириэлдьин Хотун эмээхсин ____________ кытыйа тутан төгүрүк остуолга кэлэн күөрчэх ытыйар ол турдаҕына уҥа кулисаттан Эриэн Тойон оҕонньор _______________ сүгэһэрдээх киирэн кэлэр

Эриэн Тойон оҕонньор

Хара тыабыттан Баай Байанайым бэрсэн бултаан-алтаан кэллим

Эбириэлдьин Хотун эмээхсин

Иэхэйбиин эчи үчүгэйин, хата итии үүттээх чээйбитин иһиэххэйин

(иннэ диэн остуолларыгар олороллор)

Иккис көстүү

(Абааһы дойдута көстөр  тойугунан доҕуһуолланан абааһылар киирэн үҥкүүлүүллэр)

Ол олордохторуна

Алларааттан

Арсан дуолай аһыҥастара,

Сотору-сотору

ада5ыйан тахсаннар

Алдьатан киирэр буолбуттар .

Уолугун төрдугэр олорор

о5о са5а оботтоох

Уолуйан таалыйан уһуктар

Улуутуйар улуу Суорун о5онньор

Удур5аччы   удьуордара

Үөһэттэн  сотору-сотору

Өһүөннээн туһэннэр

Үрэйэн тахсар буолбуттар…

Абааһылар тахсыыларыгар экранҥа балаҕан иһэ көстөр оҕонньордоох эмээхсин остуолларыгар оҕо көтөҕүүлээх олороллор ол бириэмэҕэ__________________ олонхотун тыла иһиллэр

Кэмниэ-кэнэ5эс

Хомнуо-хойут,-

Эриэн Тойон о5онньор

Эбириэлдьин Хотун эмээхсин,

Илин астара элэмэстийэрин са5ана,-

Кэлин астара кэрэмэстийэрин са5ана,-

Саннын байаатынан охсуллар

Хампа көмус баттахтаах,

Көхсун быһа5аһынан охсуллар

Көмүс долгун кө5уллээх

Олус учугэй

Уол о5о төрөөбүт…

Үһүс  көстүү.

 Эриэн тойон эмээхсининээн Эбириэлдьин хотуннуун кыһыл оҕону көтөхпүтүнэн  сцена ортотугар кэлэллэр

Эбириэлдьин хотун: 

Кемус чыычаахпыт...

Үрүн күммүт сырдаата

Олукпут кэҥээтэ

Уоппут күөдьүйдэ.

Ыалларбытын ыҥыран.

Үөлээннээхтэрбитин үмүөрүтэн

Мааны тардыахха

Малааһын оҥоруохха…

Эриэн тойон: 

Аан дойдуну

Араҥаччылыыр,

Кун улууһун көмүскүүр

Ыччат –киьи буол!

О5онньордоох эмээхсин тахсаллар. Ити кэмҥэ сахалыы музыка, чыычаахтар саҥалара иһиллэр.

 Олонхо  иһиллэр онуоха кыра уол киирэн ыстаҥалыы оонньуур________________________

Олоҥхотун олоҥхо бу уолбут

Биир хонугунан  биирдэнэн

Икки хонугунан иккилэнэн

Үс хонугунан үстэнэн

Үлүскэнник үүммүт

омуннаахтык улааппыт

Ол улаатан иһэн

Уол биир сарсыарда туран

Кырдал хонууга кылыйа оонньуу

Сүлбэ далайга сөтүөлүү оонньуу

Баай хара тыа5а мастардыын туста

Баран баран,

Үөһээлээн да көппүтэ
аллараалаан да тимирбитэ

Биллибэккэ-көстүбэккэ

Сутэн-мэлийэн хаалбыт…

Уол тахсан барбытын кэннэ оҕонньордоох эмээхсин сценаҕа тахсан уолларын көрдөөн хаамаллар ол бириэмэҕэ _________________________ олонхото иһиллэр

О5онньордоох эмээхсин

Уолларын сүтэрэн

Омун аһыыга киирбиттэр

Хонугунан баран

Хотуттан ыйыппыттар,

Атахтарынан баран

Ар5ааттан ыйыппыттар

Сурах о5устаран

Со5уруу көрдөөбүттэр

Илдьит ыытан

Илин ирдээбиттэр

Ол тухары харахтаах көрбөтөх

Кулгаахтаах истибэтэх

Тумаҥҥа ууллубут курдук

Туоһута суох мэлийбит…

Ытык кырдьа5астар

Сүрэхтэринэн  сэрэйэн

Көхсүлэринэн таайан

Күн туллубата5а буолуо диэн

Күҥэһэ быстыбата5а буолуо диэн

Бүтэйдии күүтэ сатыыллар эбит.

Күүтэн күүтэн күүстэрэ эстибитин кэннэ

Илин халлаан алын кырыытын диэкиттэн

Ат туйа5а хабыр5аччы сиэлэн кэлэн

Тусаһаларын  иннигэр тохтуу биэрдэ…

Төрдүс   көстүү

Экранҥа балаҕан иһэ көстөр оҕонньордоох эмээхсин санааҕа түһэн олороллор ол бириэмэҕэ ат туйаҕын тыаһа иһиллэр, ону истээт сэргэхсийэ түһэллэр уонна балаҕантан тахсаллар.кинилэргэ утары Эрчимэн Бэргэн кэлэр.

ЭрчимэнБэргэн: Үс халлаан

Үрдүгэр олохтоох

Күкүрдүүр Бөҕө бухатыыр

Кэлэн, ыҥыран илдьэн,

Үрүҥ Аар тойон ыйааҕынан

Сылайбат сындааһыннаата,

Өһүллүбэт үүдэһиннээтэ,

Тохтубат хааннаата,

Тостубат уҥуохтаата..

Ол курдук

Эрчимэн Бэргэн диэн

Аат иҥэрэн, орто дойду

Улуу бухатыырынан

Оҥордо.

Иннэ диэтин кытта оҕонньордоох эмээхсин уолларын икки өттүттэн тутан үөрэн-көтөн сценаттан тахсаллар.

Бэһис   көстүү

Экранҥа айылҕа көстөр, музыканан кыталыктар киирэллэр

Кыталык үнкүүтэ.

Бухатыыр кыталыгы көрсөр.

Кыталык: Эрчимэн Бэргэн барахсан

Иннигэр иэдээн тоһуйда,

Чыҥкыныыр халлаан уола

Чуҥкунуур Чуура бухатыыр

Хаачылаан Куону уоран ылан

Хара таас сымыыт гынан,

Ыйыстан кэбистэ.

Үс халлаан

Үрдүгэр олохтоох,

Үрүн–Аар тойон

Өлбөт мэҥэ уутун ыытта,

Өлбүтү өрүһүйдүн диэн

Эйиэхэ анаан

Илдьит ыытта!

Кыталык  өлбөт мэҥэ уутун уунан биэрэр ону бухатыыр  ылан уктан илдьэ барар.

Алтыс   көстүү.

Уот хараҥарар. Сырдыыр. Холорук түһэр тыаһа иһиллэр.Абааһы бухатыыра Чуҥкунуур Чуура суодас гына түһэр. Онно Эрчимэн Бэргэн атынан тиийэр тыаһа иһиллэр.

Чункунуур Чуура: Ок-сиэ, нокойдоон,

Ойутта5ын тоҕо омунай,

Аламаҕай кунҥуттэн

Арахсаайыккыный!

Хаачылаан Куону,

Хотун ойох оҥостоору,

Хара таас гынан,

Куртахпар хорҕоттум,

Дьэ, нойоон,

Ити дьахтары

Иэримэ дьиэбэр иттэхпинэ,

Дойдубун аҕынным диэн

Чочоҥолуо.

Ордоотоһор солом суох,

Эн барсаҥҥын,

Саататыаҥ буоллар

Элбэҕи үлэлэтиэ суох этим,

Чэ буоларгын-буолбаккын

Этэ оҕус эрэ!

Бухатыырдар охсуһан бараллар. Эрчимэн Бэргэн абааһы уолун атахха тэппитэ охтон түһэр. Аттаан куотан истэ5инэ Эрчимэн Бэргэн умса тутан туран сахсыйар. Абааьы уолун айа5ыттан сымыыт түһэр. Айыы бухатыыра тааһы ылар, хаһыытыыр, үстэ эргитэн баран хаҥас кулиса диэки быра5ар онтон Хаачылаан Куо киирэн кэлэр.

Хаачылаан Куо: Дьээ-буо…дьээ-буо!

Үрүҥ тыыммын өрүһүйбүт

Үөлээннээх доҕорум

Хара тыыммын харыстаабыт

Хаарыаннаах атаһым

Үөрүүлээх үрдүк күөҥҥэр

Сүгүрүйэммин,

Дьоһуннаах толуу бэйэ5ин

Уруйдаатаҕым  буоллун!

Сцена кэтэҕэр кыттааччылар бары тахсан тураллар. Сцена ортотугар Эрчимэн Бэргэн Хаачылаан Куону кытта, кинилэр ойоҕосторугар Эриэн Тойон оҕонньор Эбириэлдьин Хотун эмээхсинниин тураллар  

Эриэн Тойон о5онньор: 

Охтоохтон охтумаҥ,

Саалаахтан самнымаҥ,

Сытыы тыллаах

Быһа эппэтин.

Уоттаах харахтаах

Тобулу көрбөтүн.

Эбириэлдьин Хотун эмээхсин:

Иитэр сүөһүгүт

Күрүөлэннин,

Төрөтөр оҕоҕут уйаланнын!

Эрчимэн Бэргэн арыый иннигэр тахсан

Аан дойдубар алдьархай

Ааҥнаабатын диэн,

Күнүм сиригэр күлүк түспэтин диэн,

Сыралҕаннаах кылыспын

Сытыылыы туруом,

Унаар буруобут охтубатын диэн,

О5обут уйата тымныйбатын диэн,

Үөһээттэн өҥөйбүтү үөлэ туруом,

Алларааттан ааҥнаабыты анньа туруом,

Бүттэспиттэн биир бүттэс

Бүтүнүн тухары,

Сындааһыммыттан биир сындааһын

Хамсыырын тухары,

Эппиппин энчирэтиэм суоҕа,

Андаҕарбын аралдьытыам суоҕа,

Өрөгөй талаан үрдээтин

Саргы талаан салалыннын

Уолбат уйгу дэбилийдин

Үрдүк үөрүү өрөгөйдөөтүн!

Айыы дьоно:Уруй-туску!

Уруй-айхал!

Оһуор үҥкүүтүн музыкатынан бары саламалаах үҥкүүлүүллэр уонна бүтэн сцена иннигэр кэлэн бокулуон биэрэллэр ол бириэмэҕэ ______________________ ааҕара иһиллэр

Эмньик кулун аттаах

Эрчимэн бэргэн

Бухатыыр

Кэнчээрини кэҥэтэн

Киһи сүөһү төрдүн тэнитэн,

Ол курдук

Олорбута эбитэ уһу!

Бүттэ


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Сана дьыллаа5ы утренник сценария «КОЛОБОК» остуоруйа (улахан уонна бэлэмнэнии болох)

сценарий утренника подготовительной группы в якутских детских садов...

«Барбоскиннар саҥа 2018 сылы корсоллор» улахан бөлөх оҕолоругар аналлаах Саҥа дьыллааҕы аралдьытыы сценарыйа

laquo;Барбоскиннар саҥа 2018 сылы корсоллор»улахан бөлөх оҕолоругар аналлаахСаҥа дьыллааҕы аралдьытыы сценарыйа Сыала: Үөрүүлээх, өрө көтөҕүүлээх бырааһынньыктааҕы турукка киллэрии, саҥа ...

Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэринэн аналлаах аралдьыйыы сценарийа. Бэлэмнэнии бөлөх уолаттар күрэхтэhиилэрэ.

Аҕа дойдуну көмүскээччилэркүннэринэн аналлаахаралдьыйыы сценарийа.Бэлэмнэнии бөлөх уолаттар күрэхтэhиилэрэ....

Улахан бөлөх оҕолоругар «Сааскы бал бырааьынньыга» сценарийа.

Улахан бөлөх оҕолоругар «Сааскы бал бырааьынньыга» сценарийа....

Уһуйаан бэлэмнэнии бөлөҕүн оҕолоругар Саҥа Дьыллааҕы бырааһынньык хаамыыта

Уһуйаан бэлэмнэнии бөлөҕүн оҕолоругар Саҥа Дьыллааҕы бырааһынньык хаамыыта...