Араас саастаах оҕолорго эйэ, үлэ, маай күнүгэр аналлаах "Идэ барыта бочуоттаах, үлэ барыта үчүгэй" аралдьытыы сценарийа.
материал
Араас саастаах оҕолорго идэлэр араастарын билиһиннэрии, чиҥэтии. Идэ барыта туһалааҕын быһаарыы.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
eye_ule_maay_stsenariy.docx | 23.41 КБ |
Предварительный просмотр:
МБДОУ «Детский сад №4 «Туллукчаан» с. Бяди»
МР «Усть- Алданский улус» РС (Я)
Араас саастаах оҕолорго Эйэ, Үлэ, Маай күнүгэр аналлаах
“Идэ барыта бочуоттаах, үлэ барыта үчүгэй”
аралдьытыы сценарийа.
Бэлэмнээтэ иитээччи:
Алексеева Лукерья Ивановна
2021 – 2022 уч.год.
Араас саастаах оҕолорго Эйэ, Үлэ, Маай күнүгэр аналлаах
“Идэ барыта бочуоттаах, үлэ барыта үчүгэй” аралдьытыы сценарийа.
Сыала: идэ туһунан билэр-көрөр баҕаларын сайыннарыы, идэ туһунан өйдөбүлү үөскэтии, идэ арааһын билиһиннэрии. Улахан бөлөх оҕолоро инники билбиттэрин чиҥэтии. Бэйэ- бэйэҕэ истиҥ сыһыаны иитии.
Ыытааччы:
- Үтүө күнүнэн күндү оҕолор, төрөппүттэр, уһуйаан үлэһиттэрэ! Бүгүн биһиги биир сааскы бырааһынньыгы бэлиэтиэхпит.
Бүгүн Маай! Бүгүн Маай!
Күн уота, көр,сыдьаай!
Бүгүн Маай! Бүгүн Маай!
Кырыа хаар, быраһаай!
Бүгүн Маай! Бүгүн Маай!
Күөрэгэй, көт, күөрэй!
Дарбыйдын барабаан,
Тахсыаҕын парадтаан!
Тыаһатын горны,
Тардыаҕын ырыаны!
Айхаллаан саааскыны,
Уруйдааан саргыны!
Бүгүн Маай! Бүгүн Маай!
Туругур кэрэ Маай!
Ыам ыйын 1 күнүгэр 1886 сыллаахха элбэх дойдуга үлэһит норуот аан бастаан бэйэтин быраабын туруулаһан, аҕыс чаастаах үлэ күнүгэр көһөөрү демонстрацияларга тахсыбыта. Ол күнү бэлиэтээннэр ыам ыйын 1 күнүн, Аан дойду үлэһит норуотун күнүнэн биллэрбиттэрэ. Онтон билигин бу бырааһынньык биһиэхэ Саас, Эйэ, Үлэ бырааһынньыга курдук биллэр. Бары сибэкки дьөрбөлөөх, былаахтаах, шариктаах, эйэ холууптаах парадка тахсабыт. Үлэһит дьону чиэстиибит, ыллыыбыт, үҥкүүлүүбүт, хоһоон этэбит, үөрэбит- көтөбүт, уруйдуубут – айхаллыыбыт. Былыр – былыргыттан, күн бүгүҥҥэ диэри өбүгэлэрбит бэргэн этиилэри олохторугар, үлэлэригэр-хамнастарыгар туһаналлар «Киһини үлэ киэргэтэр» эбэтэр «Ким үлэлиир – ол аһыыр, ким үлэлээбэт – ол аһаабат».
Бүгүн биһиги оҕолоор, эмиэ үлэһит дьону чиэстиэхпит, кинилэри кытта бииргэ буолуохпут. Билигин оҕолорбутун манна сценаҕа ыҥырабыт (Монтаж орто, улахан, бэлэмнэнии бөлөхтөр).
Үлэ диэн араас буолар, киһи үлэни бэйэтэ талар. Талбыт идэтин баһылаан олоҕун тухары бэриниилээхтик үлэлиир. Идэтин баһылыыр, сайдар, дьоҥҥо туһалаах киһи буолар. Биһиэхэ ыалдьыттыы киириэхтэрэ араас идэлээх үлэһиттэр.
1 идэ. Учуутал
Учуутал эн-
Маҥнайгы чугдаарар чуораанныын
Мындыр өй суолугар сирдиигин,
Саҕахтан сапсынар сарыаллыын
Сандаарар сырдыкка илдьэҕин!
(Учуутал тахсар. Идэтин туһунан сырдатар уонна оонньуу ыытар).
2 идэ. Эмчит (Врач)
Ыарыыттан харыстыыр,
Ыллам суһал сырыылаах,
Ыраас маҥан халааттаах
Ытыктабыллаах эмчиппит.
Куттанымаҥ шприцпиттэн
Кыратык аһый гыныаҕа,
Ол оннугар эмтиэҕэ,
Ыарыыгын суох оҥоруоҕа.
(Эмчит тахсар. Идэтин туһунан сырдатар уонна оонньуу ыытар)
3 идэ. Иистэнньэҥ (Швея)
Иннэлээх саптыын эҥэрдэһэн,
Оҕуруолуун доҕордоһон
Иистэнньэҥ күнү күннээн
Тигэр, тигэр, тигэр.
Кыраһыабай таҥаһы
Дьоҥҥо тигэн бэлэхтиир.
(Иистэнньэҥ тахсар. Идэтин туһунан сырдатар уонна оонньуу ыытар)
4 идэ. Асчыт (Повар).
Кимтэн да эрдэ кэлэр,
Меню үрдүгэр түһэр.
Оҕолорго тотоойу,
Амтаннаах ас буһарар.
(Асчыт тахсар. Идэтин туһунан сырдатар уонна оонньуу ыытар)
5 идэ. Атыылааччы (Продавец)
Продавец диэн наһаа бэрт
Маҕаһыыҥҥа тураҕын,
Мичилиҥнии мичээрдии,
Бичиэнньэни уунаҕын.
Оҕолор үөрэллэр,
Олус үчүгэй продавец
Биһиэнэ дэһэллэр,
Бэркэ диэн хайгыыллар.
(Атыылааччы тахсар. Идэтин туһунан сырдатар уонна оонньуу ыытар)
6 идэ. Урууйдьут (Худуоһунньук)
Бүгүн ыалдьыт биһиэхэ худуоһунньук кэллэ
Араас дьикти хартыынаны,
Аар айылҕа симэҕин,
Тыыннаах курдук мэтириэти,
Уустаан ураннаан уруһуйдуур
Дьон дьүүлүгэр таһаарар,
Махталга куруук тиксэр.
(Уруһуйдьут тахсар. Идэтин туһунан сырдатар уонна оонньуу ыытар).
7 идэ. Тутааччы (Строитель)
Үрдүктэн чаҕыйбат-
Үтүө киһи тутааччы.
Үгүс дьиэни тутааччы,
Үрдүк – үрдүк гынааччы.
Үөрүөҕэ онтон дьиэлэммит,
Үтүө тылынан махтаныа.
(Тутааччы тахсар. Идэтин туһунан сырдатар уонна оонньуу ыытар)
8 идэ. Баттах оҥорооччу (Парикмахер).
Парикмахер идэлээх
Саҥа прическа айбыта,
Муода парадыгар кыайбыта-
Парижка көппүтэ.
(Парикмахер тахсар. Идэтин туһунан сырдатар уонна оонньуу ыытар)
Хас биирдии үлэ наадалаах, туһалаах. Биһиги төрөппүттэрбит талан ылбыт идэлэринэн төрөөбүт дойдуларыгар, нэһилиэктэригэр, туһалаах идэлээх дьон буолалларынан, оҕолоор киэн туттуохтаахпыт. Хоһоон ааҕыы:
Үлэ барыта үчүгэй
Идэ барыта бочуоттаах
Туох үлэhит буоларым
Бэйэбиттэн тутулуктаах.
Бары идэттэн биири талан
Баһылыахпын баҕарабын.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
«Сонор» оонньууну оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго үѳрэтии программата
Быһаарыы сурукХас биирдии оҕо оскуолаҕа киирэригэр билиилээх – көрүүлээх, тобуллаҕас толкуйдаах, тыла – өһө сайдыбыт, хомоҕой тыллаах буолара ирдэнэр.«Сонор» оонньуу ис хоһооно уонна үѳрэтии ньымалара...
Чөмчүүк саастаах оҕолорго олоҥхо сценарийа
quot;Тимир куйахтаах Дьурантай бухатыыр" А.Федоров олоҥхотун чөмчүүк саастаах оҕолорго кылгатан оҥоһуллубут сценарий....
«ОҔУРУО ОҺУОРУНАН ЫТЫК ӨЙДӨБҮЛҮ ОҔОЛОРГО БИЛИҺИННЭРИИ»
Саха дьикти дьарыга синньэлиир идэ (оһуордааһын) элбэх бириэмэни ылар уустук үлэ. Сахалар бу идэнэн 5 үйэттэн Алан, Сармат, Скиф саҕаттан дьарыктаналларын туһунан и.н.к., искусствовед Р.С.Гариль...
"Олонхону оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго үөрэтии"
Олонхону оҕоҕо тиэрдэр сүрдээх уустук, сыралаах үлэ....
ОСКУОЛА5А БАРЫАН ИННИНЭЭҔИ СААСТААХ ОҔОЛОРГО АНАЛЛААХ АҺАҔАС КОРРЕКЦИОННАЙ-РАЗИВАЮЩАЙ ЗАНЯТИЯ КЫЛГАС БЫЛААН КОНСПЕГА “ ОЙУУР ОСКУОЛАТА”
КОРРЕКЦИОННАЙ-РАЗИВАЮЩАЙ ЗАНЯТИЯ КЫЛГАС БЫЛААН КОНСПЕГА “ ОЙУУР ОСКУОЛАТА&rdquo...
сценарий ко дню матери средняя группа "Үлэ барыта туһалаах, идэ барыта наадалаах"
Аннотация: В последнее время часто приходится слышать от родителей воспитанников и от педагогов, что дети не желают трудиться, с трудом овладевают навыками самообслуживания, предпочитают пользо...
Ахсааңңа аһаҕас дьарык,(3-4 саастаах оҕолорго) Темата: «Сааскы айылҕа устун дьаарбайыы»
Сыала:1) Геометрическэй фигуралары, (үс муннук, түөрт муннук,төгүрүк), өңнөрү, үөһээ-аллараа, үрдүк-намыһах, кэтит синньигэс,5-кэ диэри ааҕыы үөрүйэҕи чиңэтии2) Оҕо кэтээн көрөр дьоҕурун, бол5омтотун ...