"Олонхону оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго үөрэтии"
статья

Федорова Саргылана Петровна

Олонхону оҕоҕо тиэрдэр сүрдээх уустук, сыралаах үлэ.

Скачать:


Предварительный просмотр:

Муниципальное бюджетное общеобразовательное учреждение

«Хоногорская основная общеобразовательная школа имени С.С.Васильева»

муниципального района «Усть-Алданский улус (район)»

Республики Саха (Якутия)

Публикация на тему «Олоҥхоҕо айан»

Воспитатель:        

Федорова С.П.

        Федорова Саргылана Петровна

Дата рождения: 19 февраля 1959г.

Должность- воспитатель;

Аттестация- 1 категория;

Педагогический стаж- 25 лет;

«МБОУ Хоногорский ООШ им. С.С. Васильева»

               Саха фольклорунан мин 2007 сылтан саҕалаан улэлиибин. Ол инниттэн оҕону кыра сааһыттан фольклор эйгэтигэр уһуйан «Чуораан» диэн эбии дьарык (куруһуок) арыйарга санаммытым.

               Бу дьарыкка оҕолорго олоҥхону, чабырҕаҕы, оһуохайы, норуот ырыатын, толорорго сорук турбута. Манна оҕо уус-уран айымньыны ааҕан, кыра сааһыттан фольклору чугастык ылынарыгар, олоҥхоҕо сөҥө сылдьар ийэ тыл баайын иҥэринэригэр көмөлөһөргө анаммыта. Сыалбыт -сорукпут: оҕону кыра сааһыттан олоҥхо көмөтунэн сахалыы тыыҥҥа иитии, оҕо тылын -өһун, санарар саҥатын сайыннарыы, олоҥхоҕо интириэьи уескэтии.

Мин 1998с. итээччинэн улэбин са5алаабытым. Хоноҕордооҕу 4 группалаах уһуйааҥҥа сэбиэдиссэй Мария Ивановна Пермякова улэҕэ ылбыта. Мария Ивановна миигин элбэххэ үөрэппитэ. Кини мин туох дьоҕурдаахпын таба көрөн сирдээн биэрбитэ диэн билигин улаханнык махтана саныыбын. Кэлин эмиэ бииргэ улэлээн кэлбит сэбиэдиссэйим Галина Петровна Заровняева буолар. Билигин уһуйааммытыгар былааммыт С.С. Васильев -Борогонскай аатыгар анаан кини улэлэрин, олорон ааспыт оло5ун сырдатыыга улэлэһии. С.С. Васильев – Борогонскай 115 сылын көрсө бырайыак оҥостон С.С.Васильев олоҥхотуттан ааҕыыга уонна уруһуй күрэҕин онлайн нөҥүө улууска ыыттыбыт. Улууска махтал сурук бэлиэнэн улэбит сыаналанан сүргэбит көтөҕүллэн өссө да күрэхтэри ыытар былааннаах тумуктээтибит.

Мин олоҥхоҕо холонуум 2008с. саҕаламмыта. О5о саха тылын-өһүн таба саҥарарга, ийэ тылын таба туһанарын, кыра эрдэҕиттэн саҥарар саҥатын сайыннарыахтаах диэн бэйэбэр сыал-сорук туруорунан улэлээн кэллим. Ол курдук оҕолор бииртэн биир ситиһиилэнэн, урдук таһымҥа тахсан улэлиир кыаҕы биэрбиттэрэ. Элбэх курстарга үөрэнэн, уһуйаан иһинэн саха муннуга тэринэн барбыппыт. Мин улэбэр итээччилэрим Васильева А.В. уонна Лебедева А.Д. сыстан уһуөн буолан куомуннаһан олус бэрткэ улэлээтибит. Ол курдук Анна Васильевна уруһуйга «Олоҥхо оҕо хараҕынан» проега улууска, республикаҕа элбэх ситиһиилэри аҕалбыта. Анастасия Дмитриевна сахалыы остуол оонньууларын төрөппуккэ оҥотторон сахабын муннуга улууска биһирэммитэ. Оҕолорбут таһымнара сайдан араас күрэхтэргэ үрдүк таһымнаах ситиһиилэри аҕалбыттара.

Куруһуокпун нэдиэлэҕэ биирдэ дьарык быһыытынан үөрэтэн кэллим. Олоҥхону оҕоҕо тиэрдэр сүрдээх уустук, сыралаах үлэ. Мин оҕоҕо олоҥхо сурун идеятын – күн улууһун айыы аймаҕын олоҕун хараҥа күүстэртэн, өстөөх биис уустартан көмүскээһин буоларын - тиэрдэ сатыыбын. Билиһиннэрэрбэр олоҥхону кыра кыралаан наардаан киллэрэбин. Бастатан туран олонхо туһунан сүрүн өйдөбүлү биэрэбин. Ол кэннэ Олоҥхо ус дойдутун, сирин- уотун, дьонун-сэргэтин, хамсыырын- харамайын үөрэтэбит. Ус дойду сурун геройдарын биирдиилээн билиһиннэрэбит. О5олорго олоҥхону орто дойдуттан са5алаан үөрэтэбин, билиһиннэрэбин.

Саха дьоно, былыр оту-маһы иччилээҕинэн ааҕалларын, олоҥхоҕо сир дойду иччитэ Аан Алахчын хотун олорор маһын Аал Луук Мас диэн буоларын, бу маһы ытыктыылларын, харыстыылларын, салама ыйаан бэлэх ууналларын оҕо өйүгэр хатыырын ситиһэбит. Олоҥхо ис хоһоонун кылгатан билиһиннэрии иһитиннэрии.

Кыра о5олорго олонхо театра 20-чэ, улахаттарга 30-ча мүнүүтэ устата ыытыллар. 8-10 оҕо ааҕар, этэр тиэкиһэ олус уһун буолбат, сааһын учуоттаан оҥоһуллар. Оруолу толоруута оонньуу быһыытынан барар.

Дьарык таһынан күннээҕи олохторугар оҕо баҕатынан уруһуйдуон, пласталинынан, туустаах тиэстэнэн оҥоруон, музыка истиэн, ойуу көрүөн сөп. холобур: атын да куруһуокка тэҥҥэ улэлиир иитээччилэрим олоҥхону хатыыр, иҥэрэр сыалтан уруһуйдары, араас оҥоһуктары оҥорон араас күрэхтэргэ кытыннылар.

  Ити курдук оҕолорго олоҥхо ис хоһоонун ырытан-үөрэтэн, геройдарын билиһиннэрэн баран толорууга бэлэмнээн барабыт. Хас биирдии олоҥхо геройун тылын-өһүн, ырыатын -тойугун тус-туспа үөрэтэбин. Ону үөрэтэрбитигэр-билиһиннэрэрбитигэр араас ойууну-бичиги, кинигэни, көрдөрөр пособияны туһанабын.

Ырыатын-тойугун үөрэтиэх иннинэ тыыныы эрчиллиилэрин онотторобун: муннунан салгыны эҕирийэн иһинэн тыыныы; тылчааны хамсатыы; эти- хааны уһугуннарыы.

Олоҥхо кээмэйэ улаханынан оҕо толоруутугар уустук. Оҕо олус уһун тыллаах-өстөөх тиэкистэн чаҕыйыан, интэриэһэ түһүөн сөп. Ол иһин улахан олоҥхону ылан оҕоҕо сөптөөх гына сааһын учуоттаан тылын-өһүн кыччатан уопсай ис хоһоонун биэрэбит.

Ол курдук, оҕо тус кыаҕыттан, ону таһынан төрөппут, иитээччи оҕо оонньуутугар сыһыаннарыттан быһаччы тутулуктаах. Иитээччи оҕо ис кыаҕын, уйулҕатын, таһымын майгытын, тас көстүүтүн барытын учоттаан уонна саамай сурунэ итэҕэйэн, оҕо кыаҕар эрэнэн туран улэлиибит, уһуйабыт.

Маннык улахан айымньыга төрөппут оруола улахан дии саныыбын. Оҕо сайдарыгар кыһанар тэҥҥэ олук уурсар төрөппуттэр баалларын бэлиэтиир эмиэ наадалаах.

Кыра белеххе олоҥхону иһитиннэрии кыра оҕону сылаппат курдук барар. Ол курдук уһугэр диэри саастаах кырачааннар ойууну көрөн олоҥхо дойдутун , сирин-уотун, айыы бухатыырын, кыыһын аатын-суолун, уратытын билсэллэр.

Оҕо 4-5 сааһыгар тугу барытын сэргиир, ылынар, иҥэринэр кэмэ. Бу кэмҥэ оҕо интэриэһин тардар, көбүтэр курдук, олоҥхо тиэкиһин судургутутан кэпсээн иһитиннэрэр көдьуустээх. Ол курдук, өйдууругэр табыгастаах гына олоҥхону остуоруйа курдук кылгатан, ол эрээри олоҥхо ойуулуур-дьүһүннүүр олук тылларын туттан сүрүн ис хоһоонун билиһиннэрэбит. Оҕону толкуйдатар курдук ыйытыылары туруоран өйгө тутар дьоҕурун сайыннарабыт.

Ити курдук, олоҥхону кыра сааһыттан билсэн этигэр хааныгар иҥэринэн, ылынан улааппыт оҕо:

•        Өйдөөн истэр дьоҕура сайдар ;

•        Олоҥхо тылыгар -өһүгэр интэриэһэ уһуктар;

•        Төрөөбүт норуотун былыргы олоҕун-дьаһаҕын кытта билсэр;

•        Ырааҕы толкуйдуур, ыраҥалыыр буолар, ойуулаан-дьүһүннээн, уобарастаан көрүүтэ сайдар;

•        Тулалыыр айылҕатын, эйгэтин убаастыыр, учугэй-куһаҕан өрүттэри араарар, төрөөбүт норуотунан киэн туттар киһи буола улаатар.

•        Айыы сыралын иҥэринэн, сахалыы сиэрдээх киһи кэрэмэһэ буолар кыахтанар.

Биьиги ус олоҥхону уөрэттибит, ырыттыбыт: С.С. Васильев-Борогонскай «Эрчимэн Бэргэн», П.А.Ойуунускай «Олоҥхо Дойдута», Раиса Винокурова - Хаар Мичээрэ «Бэйбэрикээн эмээхсин» диэн олонхоттон быьа тардыы. Араас улууснай, республиканскай күрэхтэргэ ситиһиилээхтик кыттан кэллибит.

Үлэбин кэтээн көрүүбүнэн маннык

түмүктэргэ кэллим:

  • Оҕо олоҥхону истээччи эрэ быһыытынан ылынар. Иитээччи олоҥхону иэйэн туран аахтаҕына  олоҥхоҕо сыстарыгар улахан суолталаах.
  • Олоҥхону ылынар, ылыммат оҕо диэн баар буолар. Иллэҥ кэмҥэ биирдиилээн оҕону кытта улэлэһии баар буоллаҕына сыалгын чопчу ситиһэҕин. Араас курэхтэргэ оҕону талан, баҕаларын учуоттаан бэлэмниибин.
  • Оҕо олоҥхону ылынара ураты эбит. Оҕону бэйэтин олоҥхо геройа оҥорон оонньоттоххо, ылыныыта тумуктээх буолар.
  • Тыла-өһө учугэйдик сайдыбыт ,үгүстүк саҥара үөрэммит оҕо олоҥхону толорууга ыарырҕаппат эбит.
  • Оҕо тыла-өһө сайдар, дикцията көнөр, тутта-хапта сылдьаллара, бодоруһа сылдьаллара кытта уларыйар эбит.
  • Оҕо өйгө тутар дьоҕура күүскэ сайдар. Бэйэтин оруолуттан ураты, атын оҕо үөрэппит оруолун сылдьан эрэ билбит буолар.
  • Олоҥхону истэ, сэргии, ааҕа үөрэттэххэ оҕо тылын саппааһа байар, толлон турбакка санаатын сааһылаан этэр буолар.

Саха оҕотото кыра сааһыттан норуот терут культуратын этигэр-хааныгар иҥэрэн, төрөөбут норуотун мындыр өйүн, уран тарбаҕын,кылыһахтаах чуор куолаһын, амарах сүрэҕин ытыктаан, онон киэн туттан, хайа да бэйэлээх омук ортотугар тэнник сананан киһи буолан иитиллэн тахсыахтаах.

Кыра сааһыттан чабырҕах, олоҥхо олуктарын өйгө тута уерэммит оҕо кэнники оскуолаҕа ситиһиилээхтик уерэнэр, тыла-өһө учугэйдик сайдар диэн түмүккэ кэллибит.

Ситиһиилэрбит

  • 2007г. Максимова Айта-1 место на республиканских «Васильевских чтениях» /уус-уран оҥоһук/ «Хаачылаан Куо».
  • 2008г. - Сертификат за вклад в духовном развитии, по выявлению талантливых детей и раскрытии творческого потенциала участников телевизионного конкурса НВК САХА ДТРА«Полярная звезда»

 -XII Республиканский телевизионный конкурс «Полярная звезда -2008» в рамках IV Международных спортивных игр «Дети Азии». Сертификат за высокие достижения Федоровой С.П.

  • 2011г.-Ноговицына Алина -дипломант 1 степени в улусном конкурсе «Полярная звезда» отрывок из олоҥхо «Алаатыыр ала туйгун»
  • 2011г.-Заровняева Юлиана-дипломант 3 степени в улусном конкурсе «Полярная звезда» аппликация из бисера «Туйаарыма Куо».
  • 2011г.-Ноговицына Алина -дипломант 2 степени в улусном конкурсе «Муру Чуораанчыктара» отрывок из олоҥхо «Алаатыыр Ала туйгун»
  • 2011г. Ноговицына Алина-3 место в улусном конкурсе исполнителей олонхо, отрывок из олонхо «Алаатыыр Ала туйгун»
  • 2012с.- «Хомо5ой тыл» номинация Ноговицына Алина. В.А.Протодьяконов-Кулантай төрөөбутэ 100 сааһыгар аналллаах улуустаа5ы «Аман өс» курэҕэр.
  • 2012c/ - Диплом 1 этно-фольклорного фестиваля «Туьулгэ» , «Кун Эрили» олоҥхоттон быһа тардыы. Рук. Федорова С.П.
  • 2014г. - Лауреат III степени третьего улусного смотра - конкурса детского творчества «Сааскы таммахтар» в номинации фольклор, рук. Федорова С.П.
  • 2014г. - Лауреат II степени в улусном конкурсе Муру Чуораанчыктара, ансамбль Чабырҕахсыттар, рук. Федорова С.П.
  • 2015г. - Дипломант I степени IV -го улусного смотра - конкурса детского творчества «Сааскы таммахтар» в номинации фольклор «Чабырҕахсыттар», рук. Федорова С.П.
  • 2017г.- Благодарственное письмо за подготовку Лауреата 1 степени семьи Стрекаловской Майи по итогам музыкального конкурса «Көмус дорҕоон-2017» среди семей дошкольного учреждения Усть-Алданского улуса, МКУ «Управление образования», МР «Усть-Алданский улус (район)»;
  • 2018г.- Диплом «Олохтоох тыллаах толорооччулара», «Чуораан» бөлөх, Уус-Алдан улууһа, Суотту нэһилиэгэ, «Чуораанчык» оҕо саада, «Олоҥхо дойдутун оҕотобун», фестиваль, Саха өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтэ Өксөкүүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ Саха Өреспүүбүлүкэтин норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин киинэ;
  • 2018г.- 6 Республиканский конкурс-фестиваль «Зима начинается с Якутии», сертификат руководителю Федоровой. С.П. г. Якутск.
  • 2018г. Всероссийский конкурс всенародного и фольклорного творчества в рамках всероссийского фестиваля «Великая Россия» г. Санкт-Петербург» Лауреат 1 Степени Стрекаловская Майя рук. Федорова С.П.
  • 2021г.-Бастакы үктэл, 18-фольклор фестивала, Олоҥхо көрүҥэр 1 бөлөх наҕараадаланар Лебедев Дьулус, Охлопков Алик. «э5эрдэ сандал саас!», Ытык алгысчыт, уһуйааччы, РФ култууратын үтүөлээх диэйэтэлэ, СР үтүөлээх артыыһа Афанасий Семенович Федоров 80 сааһыгар аналлаах СӨ култууратын диэйэтэлэ, СӨ култууратын үтүөлээх улэһитэ, «Арчы дьиэтэ» ДКК маннайгы дириэктэра, Консультативнай Сүбэтин салайааччыта Надежда Семеновна Толбонова үбүлүөйүгэр аналлаах, муус устар 2 кунэ, Дьокуускай куорат;
  • 2021г.-1-кы үктэл аат иҥэриллэр, хайысха: Олоҥхо (4-7 саастаахтар) Лебедев Дьулус, Охлопков Алик 5-6 саас «Бастаан Баатыр» олоҥхо, С.С.Васильев аатынан Хоноҕор сүрүн оскуолатын уһуйаана, Уус-Алдан улууһа. Саха Республикатын Доруобуйа сылынан, Нам улууһугар государственнай, политическай деятель И.Е. Винокуров төрөөбүтэ 125, үөрэҕирии системата тэриллибитэ 150 сылларынан «Төрүт дорҕоон түһүлгэтэ» аһаҕас фольклорнай фестиваль, Нам улууһа Кыһыл- Сыыр с., Ыам ыйа.
  • 2021г.- Диплом за 1 место во всероссийском конкурсе «Волшебные ладошки» награждается Решетникова Вика, МБОУ «Хоногорская ООШ им. С. С. Васильева» Дошкольное образование Усть-Алданский улус (район) с.Хоногор, всероссийское образовательно-просветительское издание «Альманах педагога», 3 мая;
  • 2021 г. Диплом 1 степени коллектив «Чуораан» МБОУ «Хоногорская ООШ им. С. С. Васильева» Дошкольное образование, открытый республиканский заочный конкурс детского творчества «Весенняя капель» МБУ ЦНТ «Чороон» Намского улуса РС(Я).
  • 2022г. Ийэ тыл сурук – бичик күнүгэр аналлаах «Олонхоҕо айан» кыра саастаах оҕолорго норуот тылынан уус – уран айымньытын улуустааҕы курэх.         3 үктэл туттарыллар Хоногордооҕу оскуола-сад бөлөҕөр, ийэ-тыл уонна сурук-бичик күнүгэр аналлаах «Олоҥхоҕо Айан» кыра саастаах оҕолорго норуот тылынан уус-уран айымньытын толорууга улуустааҕы курэх, Кэптэни бөhүөлэгэ. 
  • 2022г. «Олоҥхо дойдутун оҕотобун» эдэр толорооччулар бэстибээллэрэ  Диплом. Анал аат «Кэскиллээх бөлөх» салайааччы: Федорова.С.П.
  • 2022г. Артемьева Валерия воспитанница старшей группы, награждена дипломом 1 степени в 4 республиканской онлайн-олимпиаде «Мин сахам тылын таптыыбын» Ийэ тыл сурук – бичик күнүгэр аналлаах «Олоҥхоҕо айан» кыра саастаах оҕолорго норуот тылынан уус – уран айымньытын улуустааҕы курэххэ иитээччилэри ситиһиилээхтик бэлэмнээбит салайааччыга Федорова Саргылана Петровнаҕа – махтал сурук.
  • Өбүгэ быстыбат ситимэ 11-өрөспүүбүлүкэтээҕи фольклор фестивальга «Кэскиллээх толорооччулар» анал аат идҥэрилиннэ, махтал сурук туттарыллар  салайааччыга Федорова Саргылана Петровнаҕа.

Үлэбин кэтээн көрүүбүнэн маннык

түмүктэргэ кэллим:

  • Оҕо олоҥхону истээччи эрэ быһыытынан ылынар. Иитээччи олоҥхону иэйэн туран аахтаҕына оҕо олоҥхоҕо сыстарыгар улахан суолталаах.
  • Олоҥхону ылынар, ылыммат оҕо диэн баар буолар. Иллэн кэмҥэ биирдиилээн оҕону кытта үлэлэһии баар буоллаҕына сыалгын чопчу ситиһэҕин. Араас күрэхтэргэ оҕону талан, баҕаларын учуоттаан бэлэмниибин.
  • Оҕо олоҥхону ылынара ураты эбит. Оҕону бэйэтин олоҥхо геройа оҥорон оонньоттоххо, ылыныыта түмүктээх буолар.
  • Тыла-өһө үчүгэйдик сайдыбыт , үгүстүк санара үөрэммит оҕо олоҥхону толорууга ыарырҕаппат эбит.
  • Оҕо тыла-өһө сайдар, дикцията көнөр, тутта -хапта сылдьаллара, бодоруһа сылдьаллара кытта уларыйар эбит.
  • Оҕо өйдүүр дьоҕура күүскэ сайдар. Бэйэтин оруолуттан ураты, атын оҕо үөрэппит оруолун сылдьан эрэ билбит.
  • Олоҥхону истэ, сэргии, ааҕа үөрэттэххэ оҕо тылын саппааһа байар, толлон турбакка санаатын сааһылаан этэр буолар.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

«Сонор» оонньууну оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго үѳрэтии программата

Быһаарыы сурукХас биирдии оҕо оскуолаҕа киирэригэр билиилээх – көрүүлээх, тобуллаҕас толкуйдаах, тыла – өһө сайдыбыт, хомоҕой тыллаах буолара ирдэнэр.«Сонор» оонньуу ис хоһооно уонна үѳрэтии ньымалара...

Бодоруһуу уонна оонньуу нөңүө оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо тылын сайыннарыы

Бодоруһуу уонна оонньуу нөңүө оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо тылын сайыннарыы...

Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо эт-хаан ѳттүнэн сайдарыгар ѳбүгэ оонньуутун туһаныы.

Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо эт-хаан ѳттүнэн сайдарыгар ѳбүгэ оонньуутун туһаныы.«Кэнчээри» ОСК оҕону эт-хаан ѳттүнэн сайыннарар иитээччи Харитонова Т.А.Билиҥҥи сайдыылаах кэмҥ...

Чөмчүүк саастаах оҕолорго олоҥхо сценарийа

quot;Тимир куйахтаах Дьурантай бухатыыр" А.Федоров олоҥхотун чөмчүүк саастаах оҕолорго кылгатан оҥоһуллубут сценарий....

Араас саастаах оҕолорго эйэ, үлэ, маай күнүгэр аналлаах "Идэ барыта бочуоттаах, үлэ барыта үчүгэй" аралдьытыы сценарийа.

Араас саастаах оҕолорго идэлэр араастарын билиһиннэрии, чиҥэтии. Идэ барыта туһалааҕын быһаарыы....

Ахсааңңа аһаҕас дьарык,(3-4 саастаах оҕолорго) Темата: «Сааскы айылҕа устун дьаарбайыы»

Сыала:1) Геометрическэй фигуралары, (үс муннук, түөрт муннук,төгүрүк), өңнөрү, үөһээ-аллараа, үрдүк-намыһах, кэтит синньигэс,5-кэ диэри ааҕыы үөрүйэҕи чиңэтии2) Оҕо кэтээн көрөр дьоҕурун, бол5омтотун ...