«ОҔУРУО ОҺУОРУНАН ЫТЫК ӨЙДӨБҮЛҮ ОҔОЛОРГО БИЛИҺИННЭРИИ»
проект (старшая группа)
Саха дьикти дьарыга синньэлиир идэ (оһуордааһын) элбэх бириэмэни ылар уустук үлэ. Сахалар бу идэнэн 5 үйэттэн Алан, Сармат, Скиф саҕаттан дьарыктаналларын туһунан и.н.к., искусствовед Р.С.Гарильева «Саха танаһа» диэн кинигэтигэр суруйбута. өбүгэлэрбит айар, иистэнэр дьоҕурдарын оҕолоругар, эгэлгэ уустук ойуулаах мындыр ииһи хайдах иистэнэри, синньэлиири көрдөрөн, үөрэтэн сатаан түргэнник тигэргэ, иис үлэтин таптыыр, дьоҕурдаах буоларга үөрэтэр урукку ньымалара сөптөөҕүн көрөн, сааһылаан үөрэтэр наада. Оҕолору саастарынан, дьоҕурдарынан, кыахтарынан көрөн, синньэлиир, тигэр урукку ньымалары үөрэтэн бырайыак оностон үлэлии сылдьабын.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
tezis_mdv_o5uruo.docx | 23.86 КБ |
Предварительный просмотр:
«ОҔУРУО ОҺУОРУНАН ЫТЫК ӨЙДӨБҮЛҮ ОҔОЛОРГО БИЛИҺИННЭРИИ»
Монастырева Дария Васильевна
Иитээччи
МБДОУ «Тыарасинский детский сад «Сардаана»
Саха дьикти дьарыга синньэлиир идэ (оһуордааһын) элбэх бириэмэни ылар уустук үлэ. Сахалар бу идэнэн 5 үйэттэн Алан, Сармат, Скиф саҕаттан дьарыктаналларын туһунан и.н.к., искусствовед Р.С.Гарильева «Саха танаһа» диэн кинигэтигэр суруйбута. өбүгэлэрбит айар, иистэнэр дьоҕурдарын оҕолоругар, эгэлгэ уустук ойуулаах мындыр ииһи хайдах иистэнэри, синньэлиири көрдөрөн, үөрэтэн сатаан түргэнник тигэргэ, иис үлэтин таптыыр, дьоҕурдаах буоларга үөрэтэр урукку ньымалара сөптөөҕүн көрөн, сааһылаан үөрэтэр наада. Оҕолору саастарынан, дьоҕурдарынан, кыахтарынан көрөн, синньэлиир, тигэр урукку ньымалары үөрэтэн бырайыак оностон үлэлии сылдьабын.
Мандар Уус эппитинии: «Биһиги өбүгэлэрбит икки тыллаахтара, ойуу тыла, айыы тыла» диэн [Мандар Уус, 2004: 19]. Мин өйдүүрбүнэн Айыы тыла диэн норуот муудараһын иҥэриммит Ийэ тыл билигин олоҥхобутугар көстөр. Онтон Ойуу тыла диэн өбүгэбит айан хаалларбыт дьикти оҥоһуулардаах дьэрэкээн ойууларыгар сытар.
Мин бэйэм кыралаан иистэнэрбин сөбүлүүр буоламмын, оҕолорбун оҕуруонан иистэнии ньымаларыгар сүрүн болҕомтобун уураммын дьарыктыырым сөп курдук. Бу, биир өттүнэн, бэйэм тус сайдыыбар төрөөбүт норуотум төрүт үгэстэрин сиһилии чинчийэн, ырытан көрөрбөр туһалаах буолуо. Иккис өттүттэн, оҕолорум тус баҕаларын интэриэһиргии көрөр, сонургуур дьарыктарын тобулан бииргэ улэлэһэн, оҕом сайдыытын таһымын кэтээн көрөрбөр туһалаах буолуох курдук.
Хас биирдии киһи, айылҕа оҕотун быһыытынан, силистээх-мутуктаах, төрдүлээх-төбөлөөх, кини төрөөбүт сирэ-уота, ото-маһа, тыынар салгына, уута, үүнээйитэ аан дойдуга тус-туһунан. Былыр-былыргыттан киһи-аймах үөскүөҕүттэн өбүгэлэриттэн көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэн иһэр итэҕэллээх, сиэрдээх-туомнаах, культуралаах.
Саха дьоно былыр-былыргаттан иистэрин иис-күүс диэн ааттыыллар, «күүс» диэн тылы тыл дэгиттэр эрэ диэн ылбычча эппэтэхтэрэ чахчы. Сыра-сылба эстэр, күүс-уох көлбөрүйэр, харах дьүккэтэ баранар улэтэ буоларын көрө чаҕыйар, сүгүрүйэн эппит тыллара буоллаҕа.
Бачча барҕа баайбытын биһиги, үөрэх тэрилтэлэрин улэһиттэрэ буолан тураммыт ситэ туһаммат эбиппит. Дьиҥэр, саҥардыы улаатан эрэр, тулалыыр эйгэни саҥа баһылаан эрэр оҕо киһи барыта интэриэһэ күүстээх. Чинчийээччилэр да бигэргэтэллэринэн, бэйэм да педагог буолан тураммын, кыра оҕо тус санаатын кэпсэтэр, саҥатынан ситэ таһаарбат буолан, ойуу-бичик, мандар-дьарҕаа өттүн толору өйдүүр дьоҕурдаах. Онон оҕо дьикти саас уратыларыгар олоҕуран мин «Тиһилик» диэн барыл оҥостунан улэлииргэ сананным.
Салгыы саха норуотун төрдүн-төбөтүн ылан ырытан көрдүм. Биир өттүттэн, «киһи кэпсэтиһэн, ынах маҥыраһан билсэр» диэн өс хоһооно баар. Иккис өттүттэн көрдөххө, бэлиэ сурук (знаковые символы) диэн баар эбит. Саха норуотун тумус туттар ураты дьикти санаалардаах, тыллаах-өстөөх, Мандар Уус этэринэн, биһиги өбүгэлэрбит икки тыллаах эбиттэр. Аар-Саарга аатырбыт философтар, психологтар, педагогтар да этэллэринэн «знаковые символы» - анал бэлиэ сурук-бичик үөскээн-тэнийэн сорох өттө туру таас хайалар быыстарыгар ойууланан хаалбыта сэдэхтик да буоллар көстөр уонна олоҥхобутугар.
Былыргы өбүгэлэрбит тыйыс айылҕалаах дойдуга үөскээбит олохтоох-дьаһахтаах буоланнар бэйэлэрин куйаары кытта ситимниир ураты күүстээхтэрэ. Үрдүк Айыыларга итэҕэллэригэр сытар, уһун тымныы кыһыҥҥа кыараҕас балаҕаннарыгар дьукаахтаһа олорон олоҥхону истэр буоланнар кэрэҕэ-сырдыкка тардыһаллара үрдүк буолара. Ол туоһутунан бэйэлэрэ ураты анаан-минээн дьарыгыран ойуулаан-мандардаан уһаналлара, иистэнэллэрэ, айаллара-туталлара.
Үөһэ этиллибиккэ олоҕуран мин «Тиһилик» диэн ааттаан бырайыак улэлэтэбин.
Сыалым: 5—6 саастаах оҕоҕо олоҥхону оҕуруону тиһии нөҥүө билиһиннэрии.
Соруктарым:
1. Саха норуотун сиэрин-туомун, олоҥхотун, олук тылларын, үгэстэрин үөрэтии, чинчийии, ырытыы;
2. Оҕуруонан улэлииргэ сөптөөх эйгэни тэрийии, олоҥхо ойуулара;
3. Оҕолор оҥорон-айан таһаарбыт улэлэрин быыстапкаларын тэрийии.
Үлэм көрүҥнэрэ:
- бэйэм уонна оҕолорум улэлэрин кэмиттэн кэмигэр быыстапкалааһын;
- иистэҥниэн ийэлэри, эбээлэри кытта көрсүһүү;
- семинардарга, курстарга сылдьыы;
- норуот маастардарын улэлэрин быыстапкаларыгар сылдьыы;
- бэйэ таһымын үрдэтии;
- үлэм түмүгүнэн педагогическай ааҕыыларга кыттыы.
Бэлиэтиир мээрэйдэрим:
- оҕо интириэһэ;
- оҕо самостоятельноһа;
- оҕо бэйэтин үлэтиттэн дуоһуйууну ылыыта;
Киритерийдэрим:
Интириэһэ:
- Үрдүк (3 балл) – бу оҕо бэйэтэ эккирэтэ сылдьан оҕуруолуон баҕатын этэр;
- Орто (2 балл) – үксүн тус бэйэтэ, сороҕор эрэ улахан киһи көмөтүнэн интириэһэ үөскүүр;
- Намыһах (1 балл) – куруук улахан киһини, эбэтэр атын оҕолору батыһан интириэһэ үөскүүр.
Самостоятельноһа:
- Үрдүк (3 балл) – бэйэтэ-бэйэтин үлэтин тугу гынарын былааннанан үлэлиир;
- Орто (2 балл) – улахан киһи сүбэтин кэтэһэр, эбэтэр оҕолору үтүктэр;
- Намыһах (1 балл) – куруутун улахан киһи туох диэбитинэн, эбэтэр атын оҕолору үтүктэн оҥоро сатыыр.
Оҕо бэйэтин үлэтиттэн дуоһуйууну ылыыта:
- Үрдүк (3 балл) – оҕо бэйэтэ айан оҥорбут оҥоһугуттан улаханнык астынар, дуоһуйар, харыстыыр;
- Орто (2 балл) – оҕо сороҕор бэйэтэ айар, сороҕор атын оҕону үтүктэн тиһэр;
- Намыһах (1 балл) – оҕолору үтүктэн тиһэр, бэйэтэ айбат.
Инники көрүүлэрим:
Өскөтүн оҕо тулалыыр эйгэни кэлимсэ көрүүтүгэр олоҕуран оҕо бэйэтин бэйэтэ дьаһынар (самотоятельноһын) ньымаларын буллахпына:
- Оҕо өйүгэр оҥорон көрөр дьоҕура, болҕомтото, толкуйа сайдыан сөп;
- Оҕо бэйэтин оноһугуттан кэрэни кэрэхсии үөрэнэ сайдыан сөп;
- Оҕо, төрөппүт уонна иитээчччи икки ардыгар истин сыһыан үөскүөн сөп;
- Оҕо төрөөбүт норуотун, салгыы атын омуктар культураларын интириэһиргиир, ытыктыыр киһи буола улаатыан сөп.
Онтон үлэ туохтан саҕаланыахтааҕын толкуйдаан көрөн баран эйгэ тэрийэргэ быһаарынным. Хас биирдии оҕо туос мэллээх иһиттээх буолуохтаах. Бу иһиттэригэр иистэнэр малларбыт (сап, оҕуруо иннэтэ, суон иннэ, кыптыый), дьиэлэриттэн аҕалбыт араас оҕуруолара (мас, стеклярус, хоруонка уо.д.а.). Ону таһынан ким тугу буларынан: өҥнөөх картон, боростуой харандаас, туос, туой, өҥнөөх кумааҕы.
Маҥнай, иннэнэн үлэлиэхпит иннинэ оҕолорбун кытта уопсай быраабылалары оҥорууттан саҕалаатыбыт. Быраабылаларбытын уруһуйдаан, көстөр сиргэ ууран, хас дьарыкпыт аайы аан маҥнай хатылыы сылдьабыт.
Иккиһинэн, иннэни хайдах тутарга үөрэннибит.
Үсүһүнэн, картон кумааҕыга биир атахтаах чороон уруһуйдаан ону тэһэ уорэннибит. Уруһуйдаан бүтэрэн баран харандаастарын суолун устун дьөлөллөр. Түргэн туттуулаах, кыһамнньылаах оҕо түргэнник бүтэрэргэ дьулуһар, онтон аралдьыйара, тулуура суох оҕо хас эмит күн бу үлэтин соһуон сөп, Ол бэйэтин кыаҕын көрдөрөр. Төһө кыһамнньылаахтара, дьулуурдаахтара манна эмиэ көстөр.
Оҕо интэриэһин сүтэрбэтин туһугар оноһуктарын ойуутун бэйэлэрэ талалларыгар кыах бэриллэр.
5—6 саастаах оҕо тарбахтарын быччыҥнарын күүскэ үлэлэтэн, кини интириэһин тардар, үлэни тиһэҕэр тиэрдэр дьаныар , тулуур курдук хаачыстыбалары үөскэтэр буолан кини аҕыйах кэминэн үөрэнээччи буоларга өйүн-санаатын сыыйа бэлэмниир.
Айар, толкуйдуур, өйгө хатыыр дьоҕур, тулуур, самостоятельность, өҥнөрү сатаан дьүөрэлиир сатабыллар оҕоҕо үөскүөхтэрин сөп.
Онон кэлэр сылларга бу үлэбин салҕаан өссө кэҥэтэн уһуйаан саастаах оҕолору кэрэ эйгэҕэ тарда баттыһыннара туруом. Саха кыыһын симэхтэрин арааһын, олоҥхо туһунан бэйэм билиибин кэҥэтэн оҕолорго тиэрдиэм диэн баҕа санаалаахпын.
ЛИТЕРАТУРА:
- Ткаченко Т.Б., Стародуб К.И. Сказочный мир бисера. издательство Феникс, 2004 г.
- Божко Л.А. Бисер. Мартин, 2005 г.
- Божко Л.А. Бисер. Уроки мастерства. Мартин 2004 г.
- Котова И.Н., Котова А.С. Бисер. Гармония цветов. Издательский дом МиМ1997 г.
- Скрябина А.П. Герасимоа Д.С. О5ону кыратыттан кэрэни ойдуургэ, иис ньыматыгар уорэтии.ООО Офсет Дьокуускай 2008 с.
- Мандар Уус. Ойуу тыла – Айыы тыла. Бичик Дьокуускай 2004 с.
- Мандар. Иис – куус ойуута – дьар5аата. Бичик Дьокуускай 2002 с.
- Олонхо дойдута – Земля олонхо: [хомуйан оҥордо Е. П. Чехордуна; тылбаастаата М. К. Попова; Н. Е. Ябловская ойуулара]. – Дьокуускай: Бичик, 2006с. Тиражка эбии көннөрөн таһаарыы. – 64с.
- Олоҥхо тыла-өһө: Кыра саастаах оскуола оҕолоругар. /Хомуйан оҥордо Е. П. Чехордуна. И. И. Попов, В. Ф. Ноева ойуулара. – Дьокуускай: Бичик, 1999. - 96с.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
«Сонор» оонньууну оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго үѳрэтии программата
Быһаарыы сурукХас биирдии оҕо оскуолаҕа киирэригэр билиилээх – көрүүлээх, тобуллаҕас толкуйдаах, тыла – өһө сайдыбыт, хомоҕой тыллаах буолара ирдэнэр.«Сонор» оонньуу ис хоһооно уонна үѳрэтии ньымалара...
Булчут үлэтин билиһиннэрии
Булчут үлэтин билиһиннэрии...
Чөмчүүк саастаах оҕолорго олоҥхо сценарийа
quot;Тимир куйахтаах Дьурантай бухатыыр" А.Федоров олоҥхотун чөмчүүк саастаах оҕолорго кылгатан оҥоһуллубут сценарий....
"Олонхону оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго үөрэтии"
Олонхону оҕоҕо тиэрдэр сүрдээх уустук, сыралаах үлэ....
Араас саастаах оҕолорго эйэ, үлэ, маай күнүгэр аналлаах "Идэ барыта бочуоттаах, үлэ барыта үчүгэй" аралдьытыы сценарийа.
Араас саастаах оҕолорго идэлэр араастарын билиһиннэрии, чиҥэтии. Идэ барыта туһалааҕын быһаарыы....
ОСКУОЛА5А БАРЫАН ИННИНЭЭҔИ СААСТААХ ОҔОЛОРГО АНАЛЛААХ АҺАҔАС КОРРЕКЦИОННАЙ-РАЗИВАЮЩАЙ ЗАНЯТИЯ КЫЛГАС БЫЛААН КОНСПЕГА “ ОЙУУР ОСКУОЛАТА”
КОРРЕКЦИОННАЙ-РАЗИВАЮЩАЙ ЗАНЯТИЯ КЫЛГАС БЫЛААН КОНСПЕГА “ ОЙУУР ОСКУОЛАТА&rdquo...
Эбру. Ууга уруьуй.
о5ону кытта араас техниканан уруьуйдуу уерэнэбит...