«Сонор» оонньууну оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго үѳрэтии программата
учебно-методический материал (старшая группа) на тему

Быһаарыы сурук

Хас биирдии оҕо оскуолаҕа киирэригэр билиилээх – көрүүлээх, тобуллаҕас толкуйдаах, тыла – өһө сайдыбыт, хомоҕой тыллаах буолара ирдэнэр.

«Сонор» оонньуу ис хоһооно уонна үѳрэтии ньымалара оҕо ѳйүн кыра сааһыттан сайыннарыыга, билиини – кѳрүүнү биэрэргэ, дьоҕуру, сатабылы сайыннарыыга кѳмѳлѳһѳр. Оҕолор уопсай сайдыыларын түргэтэтиигэ улахан кѳмѳлѳѳх. Маны тэҥэ сахалыы сиэргэ иитиигэ ордук суолталаах. Ѳбүгэ саҕаттан кэпсээҥҥэ кэпсэнэр саха мындыр булугас ѳйѳ, сатабыла, тулуура, дьулуура, кырдьыксыта – бу оонньууга тиллэр. «Сонор» оонньуу оҕо толкуйдуур, ѳйдүүр, ырытар, болҕойор, тэҥниир, сѳптѳѳх быһаарыныыны, сыанабылы туораттан кѳмѳтѳ суох ылынар дьоҕурун сайыннарар. Маны тэҥэ оҕо тылын сайыннарар, уус уран тылы, тулалыыр олоҕу, айылҕаны кытта билиһиннэрэр.

Скачать:

ВложениеРазмер
Microsoft Office document icon sonor_reg_komp_natasha.doc80 КБ

Предварительный просмотр:

 «Сонор» оонньууну оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго үѳрэтии программата

Литература: К.С. Садовникова «Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго «Сонор» ѳйү сайыннарар оонньууну үѳрэтии» 2007с

М. Садовников «Для будущих поколений» 2007с

А.И. Голиков «Игра «Сонор» в педагогическом процессе дошкольного образовательного учреждения» 1999с

Игра «Сонор» (из опыта работы Соттинского детского сада Усть – Алданского района), г. Якутск 1993

«Сонор» Томского и игра в истории образования. Т.И. Томская – Кузьмина, «Илин» №2 1998

Кружок по интеллектуальной игре ДИП «Сонор» М.В. Сивцева, А.И. Голиков, Якутск 2010

Дошкольное воспитание в Республике Саха (Якутия) №11 2010

Быһаарыы сурук

Хас биирдии оҕо оскуолаҕа киирэригэр билиилээх – көрүүлээх, тобуллаҕас толкуйдаах, тыла – өһө сайдыбыт, хомоҕой тыллаах буолара ирдэнэр.

«Сонор» оонньуу ис хоһооно уонна үѳрэтии ньымалара оҕо ѳйүн кыра сааһыттан сайыннарыыга, билиини – кѳрүүнү биэрэргэ, дьоҕуру, сатабылы сайыннарыыга кѳмѳлѳһѳр. Оҕолор уопсай сайдыыларын түргэтэтиигэ улахан кѳмѳлѳѳх. Маны тэҥэ сахалыы сиэргэ иитиигэ ордук суолталаах. Ѳбүгэ саҕаттан кэпсээҥҥэ кэпсэнэр саха мындыр булугас ѳйѳ, сатабыла, тулуура, дьулуура, кырдьыксыта – бу оонньууга тиллэр. «Сонор» оонньуу оҕо толкуйдуур, ѳйдүүр, ырытар, болҕойор, тэҥниир, сѳптѳѳх быһаарыныыны, сыанабылы туораттан кѳмѳтѳ суох ылынар дьоҕурун сайыннарар. Маны тэҥэ оҕо тылын сайыннарар, уус уран тылы, тулалыыр олоҕу, айылҕаны кытта билиһиннэрэр.

Сыала – соруга:

  • Оҕо ѳйүн сайыннарыы;
  • Тулалыыр айылҕаны, эйгэни, уус – уран айымньылары кытта билиһиннэриини туһаныы, үүнээйилэри, дьыл кэмин, кыыллар олохторун, айылҕаҕа сыһыаннаах билгэлэри үѳрэтии, оҕолор ѳйдѳбүллэрин чуолкайдааһын, дириҥэтии;
  • Нуучча тылын үѳрэтиигэ кылгас үһүйээннэр, үгэлэр, хоһооннор, остуоруйалар атын да айымньылар персонажтарын нууччалыы саҥардан, оҕо оонньуу кѳмѳтүнэн үѳрэппит тылын хатылааһыны, чиҥэтиини, кыра кээмэйдээх хоһоону үѳрэтиини ситиһии;
  • Оҕону кэрэҕэ уһуйуу, үлэҕэ үѳрэтии;
  • Сиэр – майгы ѳттүнэн иитии. Чиэһинэй, кырдьыксыт буоларга үѳрэтии;
  • Саха тѳрүт культуратын, үгэстэрин, сиэри – туому, ѳбүгэлэрбит олохторун – дьаһахтарын, дьарыктарын, ырыаларын – тойуктарын, тылынан уус – уран айымньыларын билиһиннэрии, үѳрэтии,
  • Оҕолор болҕомтолорун, ѳйдѳѳн хаалар дьоҕурдарын, араас балаһыанньаттан сатаан тахсарга, айар, күрэхтэһиилэри тэрийэр дьоҕурдарын сайыннарыы.

«Сонор» остуолга оонньонор кѳрүҥэ

Оонньуур икки киһиттэн биирдэрэ маҥан куотааччы ньыкаалары, онтон кини утарылаһааччыта хара тутааччы ньыкааны сыҕарыталлар. Куотааччы ньыкаалар олохторо тѳгүрүк уонна тэҥ кээмэйдээх буолуохтаах, онтон тутааччы ньыкаа 1,5 – 2 тѳгүл суон буолуохтаах. Ньыкаалар быһыылара араас остуоруйа, олоҥхо геройдарын, кыыллар, кѳтѳрдѳр курдук буолуон сѳп.

Оонньуур хонуу 42 см уһуннаах, 30 см туоралаах кѳнѳ муннук быһыылаах буолар, биир кытыытыттан 2, 11, 20 уонна 40 см ыраах 3, 2, 1 уонна 0 диэн бэлиэтэнэр кѳнѳ сурааһыннар тардыллаллар. Оонньуу саҕаланыытыгар хара ньыкаа 3 кэрчик ортотугар туруохтаах. Биир маҥан уонна биир хара эбии ньыкаалар хонуу таһыгар туруохтаахтар.

Оонньуу сүрүн соруга диэн сонордьут, ол эбэтэр тутааччы, биэс куотааччыны хаайан – күѳйэн араас хайысханан эккирэтэн тутуохтаах, онтон куотааччылар хонуу уҥуор туоруу сатыыллар. Маҕан ньыкаа 1-3 кэрчиктэртэн хас биирдиитигэр тиийдэҕин аайы биирдии хараҕы ылан иһэр, онон маҕаннар холбоон 15 хараҕы (очкону) ылыахтарын, тутааччы баар буолан быдан аҕыйаҕы ылааччылар.

Ньыкаа хаамыыта:

  1. Биир илиинэн аргыый аҕай ньыкааны сыҕарыйбат гына хам баттаныллар.
  2. Атын илиинэн киниэхэ сыһыры биир ѳҥнѳѳх эбии ньыкааны сыһыары ууруллар.
  3. Ньыкааны хонууттан ылыллар, кини оннугар биир хардыы сыҕарыйбыт эбии ньыкаа туран хаалар.

Маҥан ньыкаалар бастаан биирдии хардыы оҥороллор, сорохтор оннуларыгар туран хаалыахтарын эмиэ сѳп. Онтон хара ньыкаа хардыы оҥорор. Салгыы маҕаннар, онтон хара ньыкаа уочаратынан хаамаллар.

Маҕан ньыкааны сиэһин. Хара ньыкаа хардыытын мэһэйдиир эбэтэр хардыылаабытын кэннэ кинини кытта таарыйсар маҕан ньыкаа тутуллубутунан (сиэммитинэн) ааҕыллар уонна оонньуур хонууттан ылыллар.

Кыайыылааҕы быһаарыы. Оонньуу бүтүүтэ маҕаннар А+В+С хараҕы ылаллар, манна:

А – 1 сурааһыҥҥа тиийбит маҕан ньыкаа ахсаана.

В – 2 кэрчиккэ тиийбит маҕан ньыкаа ахсаана.

С – 3 сурааһыҥҥа тиийбит маҕан ньыкаа ахсаана.

Бастакы партия кэнниттэн оонньооччулар ньыкааларын атастаһаллар уонна иккис партияны киирсэллэр. Ким маҕаннарынан оонньоон ордук хараҕы ылбыт кыайыылааҕынан ааҕыллар.

Маҕан ньыкаа олоҕун туората 7 – 30 мм буолар. Тѳһѳнѳн ньыкаалар кыралар да, оччонон оонньуу уустук буолар. Онон кыра оҕолор улахан ньыкааларынан оонньууллара ордук.

«Сонор» хамсаныылаах оонньуу

Сүрүн сыала оҕону талан ылбыт туһаайыытынан сѳпкѳ хайысхаланан хамсыырга, кутталы утары хорсуннук барарга, мүччү кѳтѳ сатыырга, оонньуу быраабылатыгар уонна ис хоһоонугар сѳп түбэһиннэрэн бэйэ – бэйэни быыһыырга, харыстыырга үѳрэтии буолар.

Физкультурнай залга, атын да хоско, эбэтэр таһырдьа 630 см усталаах, 450 см туоралаах оонньуур хонуу оҥоһуллар. Тутааччы турар кырыытыттан 45 см, 180 см, 315 см, 600 см ыраах кѳнѳ сурааһыннар тардыллаллар. Оонньууга туттуллар тэрил: хас биирдии оҕоҕо иккилии тѳгүрүк (ии). Куотааччылар тѳгүрүктэрин диаметра 25 – 30 см, тутааччы – 38 – 40 см.

Оонньууга кыттааччылар оҕолор, биир тутааччы, түѳрт – биэс – куотааччылар. Оонньуу ис хоһоонуттан кѳрѳн кинилэр араас бэргэһэлэри, кѳстүүмнэри кэтиэхтэрин сѳп.

Оонньуу быраабылата:

  1. Хамсаныылаах оонньууга «Сонор» сүрүн быраабылата тутуһуллар, ол эбэтэр оонньооччулар хонуу устун тѳгүрүккэ сыһыары тутан сыҕарыйаллар.
  2. Оонньууну ким саҕалыырын сэрэбиэйдээн быһаарсаллар. Куотааччылар миэстэлэригэр бэйэ бэйэлэриттэн тѳһѳ ыраах, чугас тураллара кѳҥүллэрэ. Тутааччы ханна турарын эмиэ бэйэтэ билэр.
  3. Хас биирдии оонньооччу иккилии тѳгүрүктээх. Биир тѳгүрүгү сиргэ ууран ол үрдүгэр турар, иккиһин илиитигэр тута сылдьар. Тутар тѳгүрүгүн хамсаппакка иккиһин аттыгар сыһыары уурар, онно атыллаан эбэтэр ыстанан сыҕарыйан барар, хаалбыт тѳгүрүгүн илиитигэр ылан тутар. Тутааччы биир хардыыны оҥордоҕуна, куотааччылар бары тэҥҥэ эмиэ биир хардыыны оҥороллор. Сорохтор оонньуу хаамыытынан кѳрѳн хамсаабакка туран хаалыахтарын сѳп.
  4. Тутуллубут куотааччы миэстэтигэр туран хаалар, салгыы сыҕарыйбат. Ѳскѳтүн кини тѳгүрүгүн атын куотааччы ааһан иһэн таарыйдаҕына кини «быыһанар», салгыы оонньуур бырааптанар.
  5. Бу оонньууга харах (очко) син биир остуол оонньуутун курдук ааҕыллар биирдиилээн оонньооһуҥҥа кыайыылаахтарынан саамай элбэх хараҕы ылбыт куотааччы уонна элбэҕи туппут эккирэтээччи буолаллар, бѳлѳҕүнэн оонньооһуҥҥа элбэх киһитэ куоппут бѳлѳх кыайыылааҕынан ааҕыллар.

   Хамсаныылаах оонньуулары оҕолор урут билэр ханнык баҕарар оонньууларын ис хоһоонугар сѳп түбэһиннэрэн ыытыахха сѳп: «Куоска уонна кутуйахтар», «Булчут уонна куобахтар», «Эһэлээх тыаҕа», «Элиэ уонна чоппуускалар» уо.д.а. Оонньуу кэмигэр оҕолорго кѳстүүмнэри кэтэрдии, кыыллар хамсаныыларын, саҥаларын үтүгүннэрии, оонньууну музыканан доҕуһуоллатыы оҕолор интириэстэрин ордук тардар. Оонньуу бу кѳрүҥэ хайа баҕарар бѳлѳххѳ киллэриллэр. Оҕолор саастарыттан кѳрѳн оонньуур хонуу аччатыллыан, кэҥэтиллиэн, эбэтэр тѳгүрүктэр кээмэйдэрэ улаатыан сѳп.

Үлэ ыйдарынан былаана:

Балаҕан ыйа

1.Диагностика

2.Ооньуур хонууну, ньыкаалары, оонньуу быраабылатын кытта билиһиннэрии

3. «Куоска уонна кутуйахтар» (хамсаныылаах оонньуу) – билиһиннэрии

4. «Куоска уонна кутуйахтар» (хамсаныылаах оонньуу) – чиҥэтии

Алтынньы ый

1. «Булчуттар уонна куобахтар» (хамсаныылаах оонньуу) – билиһиннэрии

2. «Булчуттар уонна куобахтар» (хамсаныылаах оонньуу) – чиҥэтии

3. «Колобок» (нуучча норуотун остуоруйата, хамсаныылаах оонньуу) – билиһиннэрии

4.  «Колобок» (нуучча норуотун остуоруйата, хамсаныылаах оонньуу) – чиҥэтии

Сэтинньи ый

1.  «Элиэ уонна чоппуускалар» (хамсаныылаах оонньуу) – билиһиннэрии

2. «Элиэ уонна чоппуускалар» (остуол оонньуута) – чиҥэтии

3. «Бѳрѳ уонна хоһуол оҕолоро» (нуучча норуотун остуоруйата, хамсаныылаах оонньуу) – билиһиннэрии

4. «Бѳрѳ уонна хоһуол оҕолоро» (нуучча норуотун остуоруйата, остуол оонньуута) – чиҥэтии

Ахсынньы ый

1. «Эһэлээх ойуурга» (хамсаныылаах оонньуу)

2. «Эһэлээх ойуурга» (остуол оонньуута)

3.  «Дьиикэй хаастар» (нуучча норуотун остуоруйата, хамсаныылаах оонньуу)

4. «Дьиикэй хаастар» (нуучча норуотун остуоруйата, остуол оонньуута)

Тохсунньу ый

1.«Табалар уонна табаһыт» (остуол оонньуута) 

2.«Табалар уонна табаһыт» (хамсаныылаах оонньуу) 

3. «Дьэрэкээн оҕолор» (саха норуотун остуоруйата, хамсаныылаах оонньуу)

4. Сонорго күхтэһии.

Олунньу ый

1. «Куоска уонна кутуйахтар» (остуол оонньуута)

2. «Куоска уонна кутуйахтар» (хамсаныылаах оонньуу)

3. «Лыахтар уонна сибэккилэр» (хамсаныылаах оонньуу)

4. «Лыахтар уонна сибэккилэр» (остуол оонньуута)

Кулун тутар ый

1.  «Куобах дьиэтэ» (саха норуотун остуоруйата, хамсаныылаах оонньуу)

2.  «Куобах дьиэтэ» (саха норуотун остуоруйата, остуол оонньуута)

3. «Сибэккилээх толооҥҥо» (хамсаныылаах оонньуу)

4. «Сибэккилээх толооҥҥо» (остуол оонньуута)

Муус устар ый

1. «Балыксыт»  (остуол оонньуута)

2. «Балыксыт» (хамсаныылаах оонньуу)

3. «Сонордьут» (хамсаныылаах оонньуу)

4. «Сонордьут» (остуол оонньуута)

Ыам ыйа

1.  «Мэкчиргэ уонна кутуйахтар» (остуол оонньуута)

2. Тѳрѳппүттэри кытта сонорго күрэхтэһии

3, 4 Диагностика


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Бодоруһуу уонна оонньуу нөңүө оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо тылын сайыннарыы

Бодоруһуу уонна оонньуу нөңүө оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо тылын сайыннарыы...

Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо эт-хаан ѳттүнэн сайдарыгар ѳбүгэ оонньуутун туһаныы.

Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо эт-хаан ѳттүнэн сайдарыгар ѳбүгэ оонньуутун туһаныы.«Кэнчээри» ОСК оҕону эт-хаан ѳттүнэн сайыннарар иитээччи Харитонова Т.А.Билиҥҥи сайдыылаах кэмҥ...

Чөмчүүк саастаах оҕолорго олоҥхо сценарийа

quot;Тимир куйахтаах Дьурантай бухатыыр" А.Федоров олоҥхотун чөмчүүк саастаах оҕолорго кылгатан оҥоһуллубут сценарий....

"Олонхону оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго үөрэтии"

Олонхону оҕоҕо тиэрдэр сүрдээх уустук, сыралаах үлэ....

Араас саастаах оҕолорго эйэ, үлэ, маай күнүгэр аналлаах "Идэ барыта бочуоттаах, үлэ барыта үчүгэй" аралдьытыы сценарийа.

Араас саастаах оҕолорго идэлэр араастарын билиһиннэрии, чиҥэтии. Идэ барыта туһалааҕын быһаарыы....

Ахсааңңа аһаҕас дьарык,(3-4 саастаах оҕолорго) Темата: «Сааскы айылҕа устун дьаарбайыы»

Сыала:1) Геометрическэй фигуралары, (үс муннук, түөрт муннук,төгүрүк), өңнөрү, үөһээ-аллараа, үрдүк-намыһах, кэтит синньигэс,5-кэ диэри ааҕыы үөрүйэҕи чиңэтии2) Оҕо кэтээн көрөр дьоҕурун, бол5омтотун ...