Ахсааңңа аһаҕас дьарык,(3-4 саастаах оҕолорго) Темата: «Сааскы айылҕа устун дьаарбайыы»
план-конспект занятия по математике (младшая группа)
Сыала:
1) Геометрическэй фигуралары, (үс муннук, түөрт муннук,төгүрүк), өңнөрү, үөһээ-аллараа, үрдүк-намыһах, кэтит синньигэс,5-кэ диэри ааҕыы үөрүйэҕи чиңэтии
2) Оҕо кэтээн көрөр дьоҕурун, бол5омтотун сайыннарыы
3) Тулалыыр эйгэҕэ харыстабыллаах сыһыаңңа иитии
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
ahsaanna_ahagas_daryk_3-4_saastaah_ogolorgosaasky_ayylga_ustun_daarbayyy.docx | 22.9 КБ |
Предварительный просмотр:
Ахсааңңа аһаҕас дьарык,(3-4 саастаах оҕолорго)
Темата: «Сааскы айылҕа устун дьаарбайыы»
Сыала:
1) Геометрическэй фигуралары, (үс муннук, түөрт муннук,төгүрүк), өңнөрү, үөһээ-аллараа, үрдүк-намыһах, кэтит синньигэс,5-кэ диэри ааҕыы үөрүйэҕи чиңэтии
2) Оҕо кэтээн көрөр дьоҕурун, бол5омтотун сайыннарыы
3) Тулалыыр эйгэҕэ харыстабыллаах сыһыаңңа иитии
Тэрил:
- Көрдөрөр: презентация «Сааскы айылҕа устун дьаарбайыы», уруһуйдар: үрүйэлэр, сибэккилэр, магнитнай доска, тииттэр уруһуйдара, от күөх өңнөөх кумааҕы илиистэрэ,чыычаах ырыата аудио,уорбут уонна хомойбут тииттэр,сэбирдэх уруьуйдара
- Түңэтиллэр: геометрическай фигуралар,5-кэ диэри сыыппаралар, уруһуйдаах карточкалар-сорудахтаах, өңнөөх харандаастар.
Дьарык барыыта
1)-Дьарыкка бэлэмнэнии
(Экранна слайд көстөн турар «Сааскы айылҕа устун дьаарбайыы»)
Иитээччи: Үтүө сарсыарданан оҕолоор. Бүгүн биһиэхэ дьиктилээх дьарык буолуо5а. Көрүң эрэ, биһиэхэ ыалдьыттар кэллилэр. Кинилэр эһигини көрөөрү кэллилэр. Биһиги кинилэри кытта дорооболоһуохха уонна мичээрбитин бэлэхтиэххэ. Аны бэйэ-бэйэбитигэр мичээрдиэххэ уонна үтүө күнү баҕарыахха.
(Саас туһунан хоһоон ааҕыы)
Халлааммыт сылыйан,
Таммах таммалаата,
Күммүт күүскэ тыган,
Хаарбыт уулунна.
Иитээччи: Оҕолоор, хоһооңңо туох туһунан кэпсэнэрий?
Оҕолор: Саас туһунан.
Иитээччи:Сөпкө этэҕит.
-Ыалдьыттары кытта сааскы күммүт эмиэ кэлбит. Кини биһигини сааскы айаңңа ыңырар. Бүгүн биһиги сааскы айылҕа устун дьаарбайа барыахпыт. Биһиги араас интириэһинэйи көрүөхпүт. Күммүт чаҕылыччы тыгар. Биһиги күңңэ көмөлөстөхпүтүнэ күммүт өссө куускэ тыгыаҕа.
Сүрүн чааһа:
1) Слайд көрдөрүү
-Көрүң эрэ, хаарбыт өссө элбэх эбит. Таммахтар ыйанан тураллар. Биһиги күнчээңңэ таммахтары уонна хаары ириэрэригэр көмөлөһүөхпүт. Сорудахтары толордохпутуна, таммахтар уонна хаардар ирэн барыахтара.
-Көмөлөһөбүт дуо?
-Дьиэни ханнык геометрическай фигуралартан оңорбуттарый?
-Кырыыһаны?
-Түннүгү?
-Кырыыһа хайдах өңнөөҕүй?
Иитээччи: Эһиги остуолгутугар эмиэ маннык фигуралар сыталлар. Бу фигуранан дьиэтэ оңоруң.
-Эһиги дьиэҕит хас этээстээҕий? Икки этээстээх дьиэни оңоруң.
-Маладьыастар.
-Ким этиэҕэй, үс муннук квадраттан туох атыннаа5ый?
2) Слайд көрдөрүү
-Маладьыастар.
-Хаарбыт өссө да баар эбит.
-Эһигини билигин аҕыйах ыйытыыга эппиэттээтэххитинэ харыйаттан хаар ууллан бүтүөҕэ.
Ыйытыылар.
а) дьиэ аттыгар ханнык тииттэр үүммуттэрий?
б) хас тиит баарый?
в) хайдах өңнөөхтөрүй?
г) харыйалар ханнык геометрическай фигуралартан оңоьуллубуттарый?
д) уьун харыйаны хас үс муннуктан оңорбуттарый?
е) оттон кылгаһы хастан оңорбуттарый?
Иитээччи: Маладьыастар хаарбыт уулунна.
3). Слайд көрдөрүү
-Тииттэри хайдах тэң оңоробут?
4). Слайд көрдөрүү
(Тииттэр тэң буоллулар,үстүү треугольник буолла)
5).Слайд көрдөрүү
-Өссө хайдах тэң оңоруохха сөбүй?
6). Слайд көрдөрүү
-Тииттэр тэң буоллулар, тоҕо диэтэххэ биһиги биир үс муннугу ылан кээстибит. Икки үс муннук буолла.
7). Слайд көрдөрүү
-Маладьыастар,хаарбыт ууллан буппут.
Иитээччи: Аны остуолгутун көруң эрэ. Остуолга таммахтар баар буолан хаалбыттар. Кинилэр сорудахтаахтар.
-Үрдүк харыйаны от күөх өңунэн кырааскалааң. Үчүгэйдик кырааскалаатаххытына күнчээн үөрүөҕэ.
-Маладьыастар.
8)Слайд көрдөрүү (дьиэ кырыыһатыттан таммах таммалыыр)
Сынньалаң
Биһиги таммахтар,
Сүүрэбит, сүүрэбит, сүүрэбит,
Саас кырыыһаны,
Тоңсуйабыт, тоңсуйабыт, тоңсуйабыт.
Иитээччи:-Таммахтар сиргэ туһэннэр,ыстаңалаабыттар. Бары мунньустан, сүүрүк буолан устубуттар.
(Оҕолор иитээччини кытта үрүйэҕэ диэри бараллар)
-Оҕолоор,таммахтарбытын ылан баран салгыы барыахха.
-Көруң эрэ, үрүйэлэр уста сыталлар эбит.
-Хас үрүйэ баарый?
-Кинилэр хайдахтарый?
-Синньигэс үрүйэ5э кэллибит, таммахтары синньигэс үрүйэҕэ ууруң.
-Үрүйэ хайдах буолла?
-Оҕолоор, хас биирдии таммах үрүйэ улаатарыгар көмөлөһөр. Биһиги ууну харыстыахтаахпыт, ууну харыстаабатахпытына кини киртийэр, уонна улам уолан, кууран суох буолан хаалыаҕын сөп.
-Маладьыастар, биһиги үрүйэлэргэ көмөлөстүбүт.
(Музыка тыаһыыр «Чыычаах ырыата»)
Иитээччи:-Биһиги хонууга кэллибит. Манна сибэккилэр үүмүттэр. Наһаа кэрэ сибэккилэр эбит. Эһиги хас саастааххытый да, оччо лепестоктаах сибэккини ылан баран,ыалдьыттарга бэлэхтиэҕиң.
Түмүктүүр чааһа
(Дуоскаҕа үөрбүт уонна хомойбут тииттэр ыйанан тураллар)
-Күнчээн эһигини наһаа үчүгэй оҕолор диэтэ. Биһиги айаммытын сөбүлээтигит дуо? Сөбүлээбит буоллаххытына, үөрбүт тииккэ сэбирдэхтэри сыһыарың, хомойбут буоллаххытына сэбирдэхтэри хомойбут тииккэ сыһыарың.
-Маладьыастар. Наһаа үчүгэй оҕолор диэн күммүт үөрдэ. Ыалдьыттарга мичээрбитин өссө төгүл бэлэхтиибит. Көрсүөххэ диэри диибит. Группабытыгар киирэбит.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
«Сонор» оонньууну оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго үѳрэтии программата
Быһаарыы сурукХас биирдии оҕо оскуолаҕа киирэригэр билиилээх – көрүүлээх, тобуллаҕас толкуйдаах, тыла – өһө сайдыбыт, хомоҕой тыллаах буолара ирдэнэр.«Сонор» оонньуу ис хоһооно уонна үѳрэтии ньымалара...
Чөмчүүк саастаах оҕолорго олоҥхо сценарийа
quot;Тимир куйахтаах Дьурантай бухатыыр" А.Федоров олоҥхотун чөмчүүк саастаах оҕолорго кылгатан оҥоһуллубут сценарий....
"Олонхону оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго үөрэтии"
Олонхону оҕоҕо тиэрдэр сүрдээх уустук, сыралаах үлэ....
Араас саастаах оҕолорго эйэ, үлэ, маай күнүгэр аналлаах "Идэ барыта бочуоттаах, үлэ барыта үчүгэй" аралдьытыы сценарийа.
Араас саастаах оҕолорго идэлэр араастарын билиһиннэрии, чиҥэтии. Идэ барыта туһалааҕын быһаарыы....
ОСКУОЛА5А БАРЫАН ИННИНЭЭҔИ СААСТААХ ОҔОЛОРГО АНАЛЛААХ АҺАҔАС КОРРЕКЦИОННАЙ-РАЗИВАЮЩАЙ ЗАНЯТИЯ КЫЛГАС БЫЛААН КОНСПЕГА “ ОЙУУР ОСКУОЛАТА”
КОРРЕКЦИОННАЙ-РАЗИВАЮЩАЙ ЗАНЯТИЯ КЫЛГАС БЫЛААН КОНСПЕГА “ ОЙУУР ОСКУОЛАТА&rdquo...
Аһаҕас дьарык "Сэрэхтээх маллар", (3-4 саастаах о5олорго)
Сыала: Оҕолорго сэрэхтээх маллары билиһиннэрии, бу мал туохха туттулларын өйдөтүү,саңарар саңаны сайыннарыы.Тэрил: Оонньуулардаах дьааьыктар, сэрэхтээх маллар: иннэ, кыптыый, эмп, өтүйэ, плюшевай эһэ....
Улахан бөлөх оҕолоругар аһаҕас дьарык Темата: «Сөптөөх аһылык-доруобай буолуу төрдө»
Сыала: Оҕолорго «Витамин» диэн тугун билиһиннэрии, оҕуруот астарын, фрукталары төьө билэллэрин чиңэтии. Бол5омтолоох буолууну, толкуйдуур дьоҕурдарын сайыннарыы, чэнчис буоларга иитии....