Чөмчүүк саастаах оҕолорго олоҥхо сценарийа
учебно-методический материал
"Тимир куйахтаах Дьурантай бухатыыр" А.Федоров олоҥхотун чөмчүүк саастаах оҕолорго кылгатан оҥоһуллубут сценарий.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
chomchuuk_saastaah_ogolorgo_olongho_stsenariya.docx | 37.1 КБ |
Предварительный просмотр:
Владимирова Евдокия Николаевна
Соморсуннааҕы “Чэчир”уһуйаан музыкальнай салайааччыта.
Амма улууһа.
Чөмчүүк саастаах оҕолорго олоҥхо сценарийа
Саха киһитэ оһоҕун иннигэр олордоҕуна – олоҥхоһут, оҕуһун мииннэҕинэ ырыаһыт диэн мээнэҕэ эппэттэр.Саха оҕото бэйэтин олоҥхо дойдутун оҕотобун диэн киэн тутта ааттыы улаатарын туһуттан оҕону чөмчүүк сааһыттан төрөөбүт тылын сүмэтигэр олоҥхо нөҥүө үөрэтиини саҕалыыбыт. Уһуйааммытыгар 1992 сылтан саҕалаан фольклор араас көрүҥүн билиһиннэрэбит, үөрэтэбит. Норуот ырыатыттан саҕалаан олоҥхо туруоруутугар тиийэ киэҥ далааһыннаах үлэ ыытыллар. Уһуйаан оҕотугар сөптөөх олоҥхо сценарийа суоҕун иһин бэйэм олоҥхолору кылгатан сценарий оҥорон хас да олоҥхону туруорбуппут. Ол сценарийдартан бу кэнники сыанаҕа оонньуурга анаан оҥорбут А.С.Федоров “Тимир куйахтаах Дьурантай бухатыыр”олоҥхотун сценарийын уһуйаан иитээччилэригэр, музыкальнай салайааччыларыгар көмө буолаарай диэн эһиги болҕомтоҕутугар таһаарабын. Оҕону олоҥхо оһуор тылыгар, кылыһахтаах ырыатыгар – тойугар үөрэтиигэ күүс- көмө буолуоҕуҥ.
Тимир Куйахтаах Дьурантай бухатыыр (А.С.Федоров)
(Олоҥхо)
Оонньуур дьоно:
1.Олоҥхоһут
2.Олоҥхоһут
3.Тимир куйахтаах Дьурантай Бухатыыр.
4.Тукулаана Куо.
5.Боппо тойон-кыыс аҕата
6.Чуучаана хотун-кыыс ийэтэ
7.Айыы ойууна.
8.Аартык иччитэ.
9. Абааһы бухатыыра Тимир Чыыбыстай
10.Кыаханньа кыыс
11.Сорук-Боллур.
12.Ат.
13.Абааһы оҕолоро.
14. Айыы кыргыттара.
Маҥнайгы көстүү
Сцена.Орто дойду.
Олоҥхоһут 1: Былыргы дьылым
Быдан анараа өттүгэр,
Урукку дьылым
Отой анараа өттүгэр,
Ааспыт дьылым
Адьас анараа таһаатыгар
Үс саха үөскүү илигинэ,
Түөрт саха төрүү илигинэ
Сир ийэ барахсан
Сиэрэй тииҥ тиҥилэҕин саҕаттан
Тэнийэн тэрбэйэн
Үүнэн үөскээн
Сараадыйа улааппыта үһү.
Олоҥхоһут2: Ойон тахсар күннээх,
Охтон баранар мастаах,
Уолан суорайар уулаах
Аҕыс иилээх-саҕалаах
Атааннаах –мөҥүөннээх
Орто туруу дойду диэн
Олохсуйбута эбитэ үһү.
Олоҥхоһут 1: Сир ийэ барахсан улай киинигэр
Иэримэ дьиэни иччилээн
Иитэр сүөһүнү күрүөлээн
Бур-бур буруо таһааран
Ыал буолан
Боппо тойон оҕонньор,
Чуучаана хотун эмээхсин
Баай байаннар,
Тот тотоннор
Олорбуттара эбитэ үһү.
Дьылҕа хаан оҥоһуутунан
Кэтэһэн-кэтэһэн
Кэлтэгэй буолбуттарын кэннэ,
Күүтэн-күүтэн
Күүстэрэ быстарын саҕана
Кыыс оҕо мааныта
Күн сирин көрбүт.
Олоҥхоһут 2: Бу оҕолоро
Үс хонон үстээх оҕо саҕа,
Биэс хонон биэстээх оҕо саҕа,
Уон хонон уоннаах оҕо саҕа буолбут.
Аҕалаах ийэтэ
Саарбаҕа саһыаран улаатыннарбыттар,
Киискэ суулаан кистээбиттэр,
Эппит тылын быһа гыммакка
Атаахтатан ииппиттэр.
Олоҥхоһут 1: Ол курдук, кыыс оҕо барахсан
Сааһын ситэн төлөһүйэн барбыт.
Алтан үүн тиэрбэһин курдук
Арылхай харахтаах,
Хара саһыл кутуругун түүтүн
Харсыһыннара уурбут курдук
Хойуу хаастардаах,
Ойон тахсар күн курдук
Орбоҕордуҥу уостаах
Киирэр күн килбиэнин курдук
Кытархай иэдэстээх
Эйэҕэс майгыылаах
Элэккэй саҥалаах
Дьүһүннээх үтүөтэ,
Көрүҥнээх мааныта
Кыыс оҕо кыраһыабайа буолбут.
Олоҥхоһут 2: Ойох барар сааһа
Ойон тиийэн кэлбит.
Онуоха ийэлээх аҕата
Кыыс энньэтин
Эрдэттэн бэлэмнээбиттэр.
Таҥара табатын курдук
Таҥыннаран намылытаары,
Сир симэҕин курдук
Симээн сэнньилитээри
Тоҕус улууска сураҕырбыт,
Аҕыс улууска аатырбыт
Бакаанай ууска
Анаан минээн
Симэх оҥотторбуттар.
Сцена сырдыыр. Чуучаана хотун талах олоппоһун уонна ииһин туппутунан сценаҕа киирэр. Аҕаларын кэтэһэ-кэтэһэ иистэнэр, ырыа ыллыыр.
Чуучаана хотун : Тукулаана Куо,
Көмүс чыычааҕым,
Оҕом сыыһа…
Тастан аҕа киирэр, илиитигэр холбуйалаах.Үөрбүт – көппүт.
Боппо тойон: Көмүс чыычаахпыт симэҕин
Бакаанай уустан
Ситэттэрэн аҕаллым.
Холбуйаны талах олоппоско уурар. Симэхтэри көрдөрөр. Эмээхсин бастыҥаны ылан көрөр.
Чуучаана хотун:Тоойуом, Тукулаана Куо, кэлэ оҕус!
Кыыс киирэр. Симэхтэри көрөн, сирэйэ-хараҕа сырдыы түһэр, дьонугар сүүрэн кэлэр. Ийэлээх аҕа кыыстарын симииллэр.
Иккиэн: Күндү чыычаахпыт барахсан,
Мааны киһи буоларга
Бакаанай уус барахсан
Чочуйан оҥорбут симэҕин
Кэтэртэхпит буолуохтун.
Кыыс симэхтэрин көрүнэр, эргичиҥниир.
Тукулаана Куо: Дьэ-буо,
Күндү төрөппүттэриэм!
Сүһүөхтээх бэйэм сүгүрүйэн,
Хоолдьуктаах бэйэм хоҥкуйан,
Тоноҕостоох бэйэм тоҥхойон тураммын
Махтаннаҕым буолуохтун!
Ийэлээх аҕатыгар сүгүрүйэр, сценаттан сүүрэн тахсар. Ийэлээх аҕа эмиэ тахсаллар.
Олоҥхоһут 1: Биир үтүө күн Тукулаана Куо
Алта кыталык кыргыттарын кытта
Алаастарын ортотугар
Атах тэпсэ оонньообуттар
Хатыҥ чараҥ быыһынан
Сасыһан киирэн барбыттар,
Күнү быһа көрүлээн, көччүйэ сынньаммыттар
Кыргыттар оонньоон баран сынньана олорбуттар.
Олоҥхоһут 2: Эмискэ, хантан даа кэлбитэ биллибэккэ
Көтөр диэтэххэ көтөргө майгыннаабат,
Кулгаахтаах истибэтэх,
Харахтаах көрбөтөх
Улахан бэйэлээх кыыла
Икки кынаттарынан сапсынан
Көтөн кэлэн сиргэ түһээт
Абааһы уолугар дьүһүн кубулуйда.
Тыас-уус бөҕө буола түһэр. Сцена түгэҕиттэн көтөр кыыл көтөн кэлэн кыргыттары эккирэтэр.Кыргыттар хаһыытаһа-хаһыытаһа сценаттан сүүрэн тахсаллар. Тукулаана Куо соҕотоҕун хаалар. Көтөр кыылбыт сүтэн баран абааһы буолан тахсан кэлэр. Күлэ-күлэ кыыска чугаһыыр, төбөтүн оройуттан харбаан ылар. Кыыс охтон түһэр. Абааһы уола илиитигэр кыыс кутун тутан турар.
Тимир Чыыбыстай: Алдьархайдаах аллара дойдуттан
Эһиги кыыскытын
Хоонньуга уктар
Холоонноох доҕор
Оҥосто таҕыстым (алларастыыр)
Абааһы көтөрө буолан сценаны эргийэн тахсан барар. Кыыс ийэлээх аҕата сүүрэн тахсаллар. Охто сытар кыыстарын үрдүгэр тобуктаан олорон ытыыллар, айманаллар. Кыыс дьүөгэлэрэ тахсан ытаһаллар.
Чуучаана Хотун: Оо, оҕом!
Боппо тойон: Оо, көмүс чыычааҕым!
Айыы ойууна киирэн кэлэр. Оҕонньордоох эмээхсини уоскутар.
Айыы ойууна: Иэримэ дьиэни иччилиэх
Аал уоту оттуох
Төрөтөр оҕону төлкөлүөх
Көмүс чыычаахпыт
Алдьархайга түбэстэ.
Үрүҥ Айыы тойонтон көрдөһөр.
Үүт таас үктэллээх
Үкэр куйаас тыыннаах
Үрүн Айыы тойонуом!
Үҥэн сүктэн көрдөһөн эрэбин.
Айыы дьоно күндү көмүс кыыстара,
Тукулаана Куо кутун-сүрүн
Аллара дойду
Албан ааттааҕа, абааһы уола
Уоран-талаан барда.
Ону өрүһүйэр
Күүстэ-көмөтө ыытыҥ даа диэн
Сүһүөхтээх бэйэм сүгүрүйэн ,
Хоолдьуктаах бэйэм хоҥкуйан тураммын
Орто дойдуну көмүскүүр,
Араҥаччылыыр аналлаах
Бухатыыр уолаҥҥа ыытыҥ диэн
Көрдөстөҕүм – ааттастаҕым буолуохтун!
Ойуун тобуктаан умса түһэн олорор. Задник ортотугар баар күҥҥэ уот тыгар. Күн фонугар Үрүҥ Айыы тойон күлүгэ көстөр.
Үрүҥ Айыы тойон: Сардаҥалаах маҥан халлаан
Үрүмэ долгунун үөһээ өттүгэр
Үктэллэнэн үөскээбит
Тимир куйахтаах Дьурантай Бухатыыры
Аат ааттаан, суон сурахтаан
Орто дойду аймаҕын көмүскүүргэ анаан
Ыыттаҕым буоллун!
Кыайдаҕына кини эрэ кыайыа!
Хоттоҕуна кини эрэ хотуо.
Уот хараҥарар, күлүк сүтэр. Сүрдээх улахан тыас иһиллэр. Айыы ойууна тахсар. Эмискэ Тимир куйахтаах Дьурантай бухатыыр биирдэ баар буола түһэр.
Дьурантай бухатыыр: Айыым дьоно, ханна бааргытый?
Дьэ-буо!
Үөһээ үрдүк айыылартан
Орто туруу дойдуга
Араҥаччылыыр аналлаах
Тиийэн кэллим эһиэхэ.
Бухатыыр ыллыы турар кэмигэр кулиса икки өттүттэн айыы дьоно тахсаллар. Аҕа баһылык бухатыыртан көрдөһөр
Боппо тойон: Көр- буо!
Көмүс чыычаахпыт
Кутун сүрүн
Аллараа дойду адьарайдара
Уоран-талаан бардылар.
Күүс-көмө буол диэн
Көрдөстөхпүт – ааттастахпыт буолуохтун!
Ийэ чороонноох кымыһынан Дьурантай Бухатыыры күндүлүүр.
Олоҥхоһут 1: Көхсүттэн тэһииннээх күн дьонноро
Арҕаһыттан тэһииннээх айыы аймахтара
Айыы бухатыырын одуулаан көөртөрө
Бысталаабыт тиит курдук
Быыппастар быччыҥнаах
Эриллэҕэс тиит курдук
Эрчимнээх илиилээх
Киэҥ аан курдук
Кэтит дараҕар түөстээх
Алта былас сарыннаах
Быһый быһыылаах,
Бөҕө мөссүөннээх
Урааҥхай оҕотун уһуктааҕа
Киһи киэнин килбиэннээҕэ эбит.
Дьурантай бухатыыр кымыһын иһэн баран ийэҕэ чороонун туттарар. Куйахтаах батаһын ылар. Сценаҕа ойуун тахсар, илиитигэр кымньыылаах. Дьурантай бухатыыр ойууҥҥа нөрүөн нөргүйэр.
Айыы ойууна: Тимир куйахтаах Дьурантай Бухатыыр,
Өлөр хаалар күннэр
Өрөһүлтэ буоллун диэн
Көмүс кымньыыны биэрэбин.
Охсуһууга киирдэххинэ
Уһун субуйа кылыска кубулуйуо.
Дьурантай бухатыыр кымньыытынан салгыны эрийэр.
Дьурантай бухатыыр: Эрэллээх доҕоруом,
аналлаах атым, ханнаҕыный?
Ат ырыата: Тимир куйахтаах Дьурантай бухатыыр,
Эрэллээх доҕор, аламаҕай аргыс буола кэллим.
Сындыыстыы сыыйыллан, сырыыгын чэпчэтиэм
Эрэллээх көлө буолуоҕум.
Боппо тойон: Орто дойдуга
Ананан түспүт
Аттаах атым,
Суолдьут соноҕоһум!
Айыы бухатыырын Тимир Дьурантайы кытта
Аллараа дойдуга киирсэҥҥин
Кыайыы хотуу алгыстаах,
Өрөгөй талаан үктэллээх
Орто дойдуга эргиллээр.
Дьурантай бухатыыр: Дьэ-буо!
Аһыныгас санаалаах айыым дьоно,
Быдан дьылларга бырастыыларын!
Дьурантай бухатыыр атынан айаннатан сценаттан тахсан барар.
Айыы дьоно: Үөһээ үрдүк айыылартан
Ананан түспүт
Тимир куйахтаах Дьурантай бухатыыр!
Охтоохтон охтума,
Саалаахтан самныма!
Тукулаана Куобутун абааһы аймаҕыттан
Быыһаан таһаар диэммит
Көрдөстөхпүт, ааттастахпыт буолуохтун!
Сцена хараҥарар.
Иккис көстүү
Олоҥхоһут 2: Айыы бухатыыра
Атыгар хатана түстэ да айаннатан киирэн барда,
Чыпчылыйыах бэтэрээ өттүгэр
Араас элбэх алаастары,
Туспа туора күөллэри,
Халыҥ хара тыалары
Хайыта сүүрэн аастылар,
Орто уонна Аллараа дойду
Силбэһэр киинигэр
Айаннатан кэллилэр.
Олоҥхоһут1: Бу дойдуга аҕыс аартык
Ааннарын харабыллаабыт
Кыра уҥуохтаах,
Даллаҕар кулгаахтаах,
Арбах баттахтаах,
Быччаҕар харахтаах,
Суптугур сарыннаах,
Өһөс хааннаах
Ыларга ылбаҕай,
Биэрэргэ бэрдимсик
Аартык иччитэ
Баһылаан олорор эбит.
Аартык иччитин дойдута, Аартык иччитэ мас кэнниттэн тахсан кэлэр. Ону-маны иһиллиир. Илиитигэр күлүүс тылын тута сылдьар.
Аартык иччитэ: Көр – буо!
Аан дойду ыпсыытын аҕа баһылыга,
Аартык иччитэ, халҕан тойоно
Мин буолабын! (күлэр)
Миигиттэн көҥүлэ суох
Ким да киирбэт, тахсыбат. (күлэр)
Сымара тааска олорор. Ааны тоҥсуйар тыас иһиллэр. Аартык иччитэ соһуйан туран кэлэр. Иһиллиир.
Аартык иччитэ: Туох буолла?
Тимир Чыыбыстай: Аартык иччитэ,ааҥҥын арый!
Аартык иччитэ: Ол тоҕо?
Тимир Чыыбыстай: Арый диибин дии!
Аартык иччитэ: Амтаннаах ас баар дуо?
Тимир Чыыбыстай: Арый диэтим дии, арый!
Аартык иччитэ аанын аһар. Сценаҕа абааһы уола киирэр. Аартык иччитэ куттанан олоро түһэр. Абааһы уола күлэр. Аартык иччитэ кулгааҕын саптар.
Тимир Чыыбыстай: Албан ааттаах
Аартыгым иччитэ,
Орто Дойдуттан
Кыайан-хотон иьэбин! (Күлэр)
Аартык иччитигэр эт быраҕан биэрэр. Аартык иччитэ эти сиир, уҥуоҕун тиниктиир.
Аартык иччитэ: Оттон били кыыһын?
Абааһы уола хоонньуттан мөкүчүгү (кыыс кутун) хостоон таһаарар, көрдөрөр. Онтон кулгааҕар тутан иһиллиир. Кыыс ытыыра иһиллэр.
Тимир Чыыбыстай: Хух-хуух!
Мөкүчүгү сцена хаҥас өттүгэр быраҕар. Кулиса кэнниттэн илиитэ кэлгиллибит, сэниэтэ эстибит Тукулаана Куону тардан ылар. Аартык иччитэ кыыһы көрөн уҥан түһэр. Абааһы уола сүрдээх улаханнык күлбүтүттэн Аартык иччитэ өйдөнөн кэлэр, тааһыгар олорор, этин салгыы сиир.
Тимир Чыыбыстай: Дьэ эрэ, нойоон!
Аартык иччитэ,
Ир суолбун ирдээн
Тиийэн кэллэхтэринэ
Этэн биэриэҥ да –
Моойдоох баскыттан матыан!
Өйдөөтүҥ дуо?
Аартык иччитэ: Өйдөөтүм!
Абааһы уола кыыһы соспутунан сценаттан тахсан барар. Аартык иччитэ абааһы уола тахсыбыт аартыгын уонна Орто дойдуга тахсар аартыктары нэһиилэ хатыыр. Абааһы уола кэлбэтин диэн силлиир. Ааны тоҥсуйар тыас иһиллэр. Аартык иччитэ соһуйар, иһиллиир.
Аартык иччитэ: Туох буолла?
Дьурантай бухатыыр: Аартык иччитэ! Ааҥҥын арый!
Аартык иччитэ: Ол тоҕо?
Дьурантай бухатыыр: Ааҥҥын арый! Айыы бухатыыра кэллим!
Аартык иччитэ нэһиилэ ааны арыйар.
Аартык иччитэ: Чэ, киир.
Сценаҕа Дьурантай бухатыыр киирэр. Тула өттүн көрүнэр.
Дьурантай бухатыыр: Дьэ буо!
Убайдаатар убайым,
Аартыгым иччитэ!
Алдьархайдаах аллара дойду
Албан ааттаах атамаана
Тимир Чыыбыстай
Айыы аймаҕын
Күҥҥэ көрдөрбүт
Көмүс чыычаахтарын
Тукулаана Куону
Уоран талаан барбытын
Ир суолун ирдээн иһэбин!
Аартык иччитэ ити тыллартан олоро түһэр, толкуйдуур.
Аартык иччитэ: Ол онон барбыта!
Сцена тугэҕин диэки ыйар. Айыы бухатыыра ол диэки барар. Аартык иччитэ кинини албыннаабытыттан күлэр.
Аартык иччитэ: Мин даҕаны айыы бухатыырын албынныыр эбиппин ээ. (күлэр).
Күлүүһүнэн оонньуур. Бухатыыр төҥнөн кэлэр. Аартык иччитин хабарҕатыгар түһэр.
Дьурантай бухатыыр: Тоҕо албынныыгын?
Аллараа дойду аартыгын
Аана ханна баарый?
Ыйан биэрбэт буоллаххына
Моойдоох баскын быһыам!
Аартык иччитэ куттанан дьиҥнээх суолу ыйан биэрэр. Айыы бухатыыра күлүүһү Аартык иччититтэн былдьаан ылан ааны бэйэтэ аһар. Аартык иччитин тааһынан баттатар уонна барар.
Олоҥхоһут 2: Арбах баттахтаах
Аартык иччитин
Айыы бухатыыра
Өрө-таҥнары сахсыйан
Аллараа дойдуга
Ааһар аартык аанын
Күлүүһүн былдьаан ылан
Арыйан киирбитэ-
Амырыын сыттаах,
Буспатах балык миинин курдук
Бадыа-будуо эркиннээх
Кэлтэгэй ыйдаах-күннээх
Үллэҥнии сүүрбүт үөннээх
Хороҥнуу сүүрбут хомурдуостаах
Кыймаҥныы сүүрбүт кымырдаҕастаах
Арбайа сүүрбүт абааһылаах
Аҕыс уон аҕыс
Ааһар албастаах
Тоҕус уон тоҕус
Куодайар кубулҕаттаах
Алдьархайдаах аллара дойдута эбит.
Аллараа дойду. Абааһы уола ооҕуй оҕус илимигэр хааллыбыт кыыһы соһон киллэрэр. Кыыһы тутан көрө-көрө үөрэн өрүтэ эккириир. Кыыс хаһыытыыр, куота сатыыр. Абааһы уола сценаттан тахсан барар. Кыыс илимиттэн төлөрүйэ сатыыр да кыаллыбат.
Тукулаана Куо: Ыый-ыый-ыыйбыан!
Аай -аай-аайбыан!
Кимнээх буолан кимим кэлэн көмүскүөй,
Туохтаах буолан тугум кэлэн туруулаһыай…
Абааһы кыыһа сценаҕа тахсар. Кыыс ытыыр ырыатын истэр, абарар.
Кыаханньа кыыс: Өссо кини ытыырдаах баҕастаах!
(Тукулаана кыыһы үөрбэтинэн охсор, күлэр)
Дьиэтиллэхпин-тиэриллэхпин!
Тыстыын ини баттахтаахпын
Ньыламанчай харачай
Кыаханньа кыыс буолабын!
Абааһы кыыһа Тукулаана кыыһы үөрбэтинэн охсор. Тимир Чыыбыстай киирэн кэлэр, айыы кыыһын көмүскэһэн абааһы кыыһыгар кыыһырар, үүрэр.
Тимир Чыыбыстай: Хайа, бу тугуй, бар мантан!
Абааһы кыыһа кыыһыран үөхсэ-үөхсэ тахсан барар.
Тимир Чыыбыстай: Алдьархайдаах дойду
Албан ааттааҕа
Арсан Дуолай хос-хос сиэнэ
Мин буолабын! (күлэр, кыыска чугаһыыр)
Ньыгы-ньыгы-ньыгыйыгыам!
Адьыгы-дьыгы –дьыгыйыгыам!
Кыыһы илимиттэн босхолуур. Кыыс куота сатыыр. Абааһы уола эккирэтэн иһэн кыыс кута мөкүчүк буолбутун хабан ылар. «Хуух» диэн баран кулиса кэтэҕэр быраҕар уонна тахсан барар. Айыы бухатыыра киирэн кэлэр. Абааһы уолун көрдүүр. Тимир Чыыбыстай үөрбэлээх тахсан кэлэр.
Дьурантай бухатыыр: Аллара дойду адьарайа
Тимир Чыыбыстай
Айыы кыыһын
Тукулаана Куону
Босхолуу тарт.
Тимир Чыыбыстай: (сэнээн күлэр)
Эн диэтэх киһи
Туох буолан саҥардын?
Мин чиргэл уҥуохпун
Сэймэктии иликкинэ,
Хара хааммын
Тоҕо иликкинэ
Тукулаана Куо
Көмүс чыычаахпын
Биэриэм суоҕа. (күлэр)
Абааһы уола сүллүгэһинэн түһэр, бухатыыр батаһынан түһэр. Охсуһуу саҕаланар.
Олоҥхоһут 1: Тохтооҥ!
Аан дойдуну аймаамаҥ!
Уот Кудулу байҕалга баран охсуһар үһүгүт!
Тимир Чыыбыстай: Мин туох да буруйум суох!
Барыта бу Айыы бухатыыра!
(сүллүгэһин ылан куотар)
Дьурантай бухатыыр: Тимир Чыыбыстай!
Ир суолгун ирдиэм!
Тоҥ суолгун тордуом!
Икки өттүттэн хайалар тахсаллар. Уот кудулу байҕал көстөр. Бухатыырдар уот кудулу байҕалга охсуһаллар. Айыы бухатыыра хоттороору гыммытыгар, сценаҕа Айыы ойууна тахсар.
Айыы ойууна: Тимир куйахтаах
Дьурантай бухатыыр,
Күүс-көмө буоллаҕым буоллун!
Айыы ойууна сценаттан тахсар, Бухатыыр кымньыыны ылар, эргитэр. Кылыс буолар. Абааһы уола кэннинэн чинэрийэр. Айыы бухатыыра кылыһынан охсор, абааһы уола аһаран биэрэр. Айыы бухатыыра абааһы уолун сүрэҕин туһаайан анньар. Абааһы уола уот кудулу байҕалга охтон түһэр. Дьурантай бухатыыр помост үрдүгэр тахсар.
Дьурантай бухатыыр: Дьэ-буо!
Өстөөхпүн өһөрдүм!
Саастаахпын самнардым!
Уруй-айхал буолуохтун!
Ох саатын ылан ытар, кулиса кэнниттэн кыыс кута ытыһыгар кэлэн түһэр. Бухатыыр куту кулгааҕар тутан иһиллээбитигэр кыыс ытыыра иһиллэр. Кыыс кутун мөһөөччүгэр уктан сценаттан тахсан барар.
Олоҥхоһут 2: Айыы бухатыыра
Албан ааттаах
Адьарай аймаҕын
Кыайан –хотон
Тукулаана Куо
Көмүс кутун
Хараҕын харатыныы харыстаан
Тоҕус түүннээх күн устата
Тохтоон уоскуйан турбакка
Сэттэ уон сэттэ
Силлиэ холорук сирдьиттэнэн
Аҕыс уон аҕыс
Аан холорук аргыстанан
Тоҕус уон тоҕус
Дохсун буурҕа доҕордонон
Сир баһа холбоһор
Айан аартыгынан тахсан кэлбитэ-
Били аартыгын иччитэ
Баттаппыт тааһын анныгар
Тиэриллэн сытар эбит.
Ону көрөөт, биһиги киһибит
Аһыныгас санаата киирэн
Аартыгын иччитин
Баттаппыт тааһыттан босхолоото.
Дьурантай бухатыыр: Аартык иччитэ,
Аны албыннаабат буол!
Айыы дьонугар
Аартыктарын аанын арыйар буол!
Аартык иччитэ ааны нэһиилэ аһан биэрэр. Бухатыыр тахсан барбытын кэннэ Аартык иччитэ ааннарын хатыыр.
Аартык иччитэ: Кэлбит-барбыт
Бары атаҕастыыллар!
Туох соругар төрөөн эрэйи көрдөхпүнүй?!
Мас кэннигэр баран, быыһынан көрөн турар.
Үһүс көстүү
Олоҥхоһут 1: Отут түүннээх күнү мэлдьи
Айаннатан сиэллэрэн
Орто дойдуга тиийэн кэллилэр.
Биһиги киһибит
Дьурантай бухатыыр
Тукулаана Куо кутун иҥэрэн
Утуйбут уутуттан уһугуннарда.
Тукулаана Куо барахсан
Үрүҥ тыынын өрүһүйбүт
Тимир куйахтаах
Дьурантай бухатыырга
Үс төгүл сүгүрүйдэ,
Үөрэн мичилийэ турда.
Дьэ, ити курдук
Дойдуларын диэки
Чугаһаан истэхтэринэ
Атах сыгынньах
Сорук-Боллур уол
Таба көрөн ылан,
Дьонугар –сэргэтигэр
Сүүрдэн тиийэн
Кэпсии-ипсии турда
Сорук-Боллур уол: Аһуулаһатан, аһуулаһатан!
Аллараа дойду атамаанын кыайбыт
Дьурантай бухатыыр
Дьурулатан иһэр!
Күндү көмүс чыычаахпытын
Тукулаана Куобутун
Өлөр өлүү тыыныттан
Былдьаан иһэр доҕоттор!
Чэй эрэ түргэнник
Көрсө охсор үһүгүт!
Аһуулаһатан, аһуулаһатан!
Орто дойду олоҕо. Норуот сценаҕа турар. Дьурантай Бухатыыр Тукулаана Куону атыгар олордон киирэн кэлэр.
Боппо Тойон: Көмүс чыычаахпытын
Тукулаана Куону,
Дьурантай бухатыыры
Толору кымыстаах чороонунан
Айах тутан көрсүөҕүҥ!
Дьурантай бухатыырга кымыстаах чороону туттараллар.
Боппо тойон: Үөһээ үрдүк айыылартан айыллыбыт
Тимир куйахтаах Дьурантай бухатыыр,
Айыы дьонун аатыттан
Албан ааккар
Уруй- айхал этэбит.
Дьурантай бухатыыр: Дьэ-буо!
Орто туруу бараан дойду
Аһыныгас санаалаах
Айыы хаан аймаҕын
Уйгулаах олоҕо
Огдолуйбатын диэн
Өлөр-хаалар күҥҥүтүгэр
Өрүһүйэр буолуом!
Быстар-ойдор күҥҥүтүгэр
Күүс-көмө буолуом!
Айыы дьоно: Дьэ-буо!
Аартыгыҥ аана арылыннын!
Дьоллоох суолун тобулуннун!
Кэскилбитин төрүттээбиккэр
Кэмэ суох махтанабыт!
Тускуо, тускуо!
Быыс сабыллар. Записька оһуохай иһиллэр.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
«Сонор» оонньууну оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго үѳрэтии программата
Быһаарыы сурукХас биирдии оҕо оскуолаҕа киирэригэр билиилээх – көрүүлээх, тобуллаҕас толкуйдаах, тыла – өһө сайдыбыт, хомоҕой тыллаах буолара ирдэнэр.«Сонор» оонньуу ис хоһооно уонна үѳрэтии ньымалара...
«ОҔУРУО ОҺУОРУНАН ЫТЫК ӨЙДӨБҮЛҮ ОҔОЛОРГО БИЛИҺИННЭРИИ»
Саха дьикти дьарыга синньэлиир идэ (оһуордааһын) элбэх бириэмэни ылар уустук үлэ. Сахалар бу идэнэн 5 үйэттэн Алан, Сармат, Скиф саҕаттан дьарыктаналларын туһунан и.н.к., искусствовед Р.С.Гариль...
"Олонхону оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго үөрэтии"
Олонхону оҕоҕо тиэрдэр сүрдээх уустук, сыралаах үлэ....
Араас саастаах оҕолорго эйэ, үлэ, маай күнүгэр аналлаах "Идэ барыта бочуоттаах, үлэ барыта үчүгэй" аралдьытыы сценарийа.
Араас саастаах оҕолорго идэлэр араастарын билиһиннэрии, чиҥэтии. Идэ барыта туһалааҕын быһаарыы....
ОСКУОЛА5А БАРЫАН ИННИНЭЭҔИ СААСТААХ ОҔОЛОРГО АНАЛЛААХ АҺАҔАС КОРРЕКЦИОННАЙ-РАЗИВАЮЩАЙ ЗАНЯТИЯ КЫЛГАС БЫЛААН КОНСПЕГА “ ОЙУУР ОСКУОЛАТА”
КОРРЕКЦИОННАЙ-РАЗИВАЮЩАЙ ЗАНЯТИЯ КЫЛГАС БЫЛААН КОНСПЕГА “ ОЙУУР ОСКУОЛАТА&rdquo...
Сценарий "Бэлиэ күннэр оҕолорго"
Араас бөлөх оҕолоругар бэлиэ күннэр аралдьытыыларын хомуурунньуга...
Ахсааңңа аһаҕас дьарык,(3-4 саастаах оҕолорго) Темата: «Сааскы айылҕа устун дьаарбайыы»
Сыала:1) Геометрическэй фигуралары, (үс муннук, түөрт муннук,төгүрүк), өңнөрү, үөһээ-аллараа, үрдүк-намыһах, кэтит синньигэс,5-кэ диэри ааҕыы үөрүйэҕи чиңэтии2) Оҕо кэтээн көрөр дьоҕурун, бол5омтотун ...