ОСКУОЛА5А БАРЫАН ИННИНЭЭҔИ СААСТААХ ОҔОЛОРГО АНАЛЛААХ АҺАҔАС КОРРЕКЦИОННАЙ-РАЗИВАЮЩАЙ ЗАНЯТИЯ КЫЛГАС БЫЛААН КОНСПЕГА “ ОЙУУР ОСКУОЛАТА”
план-конспект занятия по психологии (подготовительная группа)

Игнатьева Анна Дмитриевна

 КОРРЕКЦИОННАЙ-РАЗИВАЮЩАЙ ЗАНЯТИЯ  КЫЛГАС БЫЛААН КОНСПЕГА “ ОЙУУР ОСКУОЛАТА” 

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл nod_dlya_podg_gruppy.docx28.29 КБ

Предварительный просмотр:

https://detsad4.yaguo.ru/wp-content/uploads/2020/03/IMG-20200228-WA0008-150x150.jpg

ОСКУОЛА5А БАРЫАН ИННИНЭЭҔИ

 СААСТААХ ОҔОЛОРГО АНАЛЛААХ

АҺАҔАС КОРРЕКЦИОННАЙ-РАЗИВАЮЩАЙ ЗАНЯТИЯ

КЫЛГАС БЫЛААН КОНСПЕГА

“ ОЙУУР ОСКУОЛАТА”

Педагог-психолог:

 Игнатьева Анна Дмитриевна

Дьокуускай к. 2023 с.        

Сыала: Оскуолага барыан иннинээҕи саастаах оҕолору ИКТ методикатынан туһанан оҕо бол5омтотун сайыннарыы.

          Сорук: О5о бол5омтотун, толкуйдуур, өйдуур-саныыр дьоҕурун, тус санаатын этэр, оскуолаҕа үөрэнэр баҕатын сайыннарыы.

        Дьарык кэмигэр туттуллар тэриллэр:

        - ноутбук

        - колонка

        - интерактивный стол

        - харандаас

        - цветнойга бэчээттэммит заданиялаах А4

Дьарык хаамыыта

  1. Тэрээһин чаас (орг.момент)

Педагог-психолог: Утүө күнүнэн, оҕолоор! Утүө күнүнэн, күндү ыалдьыттар! О5олоор, бүгүн биһиэхэ ыалдьыттардаахпыт. Онон долгуйбаппыт, кыбыстыбаппыт бүгүҥҥү занятияҕа көхтөөхтүк кыттабыт, сөбулэһэҕит оҕолоор?  Занятиябытын саҕалыахпыт  иннинэ  бастакынан кругка туруоххайын.

  1. “Бэлэх бэрсии”

Педагог-психолог: Маладьыастар. Бэйэ-бэйэбитигэр бэлэх бэлэхтэстибит. Ону бүгүҥҥү зантияҕа кэлбиппит иһин бэйэбитин хайҕаан төбөбүтуттэн имэрийиэххэйин: “Мин ___________ (о5о аатын этэр)  бүгүн зантияҕа кэлбитим наһаа да үчүгэй, мин наһаа да маладьыаспын”.

(Остуол тула олоппосторугар олороллор)

  1. Дьарык сүрүн чааһа.

Педагог-психолог: Оҕолоор, эһиги сотору уһуйааҥытын бүтэрэн,

күһүн номнуо оскуолаҕа үөрэнэ бараҕыт. Эһиэхэ маннык ыйыйтыктаахпын:

- Оскуолаҕа эһиги уорэнэ барыаххытын баҕараҕыт дуо?

-Онтон оскуола5а тугу гына бараҕытый?

(биирдиилээн оҕолор эппиэттэрэ)

Педагог-психолог: Онтон бүгүн биһиги Ойуур оскуолатыгар  ыалдьыттыахпыт

(ойуур тыаһа)

О5олоор, оскуола5а бардахыпытына биһигини ким үөрэтэр буоларый? (учуутал). Саамй соп оҕолоор. Онтон Ойуур оскуолатыгар үөрэнээччилэри  үөрэтэр учууталлара -  Ежик.  

2. “Учуутал Ежик хартыынката” (экраҥҥа)

                                      Тыа көтөрө чыычаах сурук аҕалар.

Чыычаах саҥата тыас

Педагог-психолог: Оҕолоор биһиэхэ сурук көтөн кэллэ, көрүҥ эрэ оҕолоор, чыычаахпыт тумсугар тугу тута сылдьарый? (о5олор эппиэттэрэ: конверт/сурук).

  1. “Учуутал Ежиктан сурук” (экраҥҥа)

«Оҕолоор,дорооболорун!

Мин Учуутал Ежик эһиэхэ сурук суруйан эрэбин. Бу сотору оскуолабыт аанын арыйан, үөрүүлээх күммүт үүнэрэ кып-кыра хаалла. Үөрэнээччилэрбин олуһун да кэтэһэбин. Көрсөр күммүн ааҕабын.  Ойуур оскуолатын тутарбытыгар көмө наада буолла.

Эһиэхэ ойуур оскуолатын хаартыскатын ыытабын, онно эһиги туох тиийбэтин көрөҥҥүт уруһуйдааҥҥыт көмөлөһуҥ.

Бары үтүөнү кытта Учуутал Ежик»

  1. “Ойуур оскуолатын ситэри уруһуйдаа”

(о5олорго бэчээттэммит А4 тунэтиллэр)

  1. “Ойуур оскуолатын толору  уруһуйа”

Педагог-психолог: О5олоор, эһиги көмөҕүтүнэн оскуолабыт ситэри оноһуллунна. Учууталбыт Ежик олуһун астынна, эһиэхэ улахан махталын тиэрдэр. Дьэ эрэ оҕолоор, онтон Ойуур оскуолатыгар кимнээх үөрэнэллэрэ буолуой? (кыыллар-оҕолор эппиэттэрэ)

  1. “Ойуур оскуолатын үорэнээччилэрэ”

(экраҥҥа, оҕолор ойуур үөрэнээччилэрин  ааттаталыыллар

 Эһэ, тииҥ, бөрө, куобах)

Педагог-психолог: Кинилэртэн биирдэстэрэ үөрэнээччибит Куобах. Куобахпыт саҥа уһуйаанын бүтэрэн, оскуолаҕа бараары үөрэн астына сылдьар. Оҕолоор, куобахчааммыт аһара үөрүүтуттэн, долгуйан суумкатыгар үөрэх тээбириннэрин уктуохтааҕын умнан кэбиспит.  

        Оҕолоор, онтон оскола5а сумкабытыгар  ханнык үөэрэх тээбириннэрин  уктан барыахтаахпытын билэҕит дуо? (оҕолор эппиэттэрэ)

  1. «Үөрэх тээбириннэрэ».

Куобахчааҥҥа уөрэх тээбириннэрин рюкзагар уктарга көмөлөс.

(экраҥҥа оонньуу)

Педагог-психолог: Оҕолоор, учууталбыт көрдөһүүтүн толордубут. Куобахчааммытыгар оскуолаҕа барарыгар сумкатыгар үөрэх тээбириннэрин уктарыгар көмөлүстүбүт. Ону оҕолоор, Ойуур оскуолатын үөрэнээччилэрин оскуолаҕа диэри оскуола автобуьунан атааран биэриэххэйин.

  1. “Лабиринт”

(экраҥҥа оҕолор автобустарын сирдээн биэрэллэр)

  1. Сынньалаҥҥа эти-хааны эрчийии (физкультминутка).

Үөрэнээччи буоламмын

Сарсыарда уһуктуом

Суунуоҕум, таҥныаҕым

Рюкзакпын сугэммин

Оскуолаҕа барыаҕым

Оскуолабар киирэммин

Учууталбын көрсүөҕүм

Уруоктарга чуумпуран

Олороммун истиэҕим

  1. Корректурнай проба.

Педагог-психолог: Мин эһиэхэ ыарахан, ол гынан баран интириэһинэй задания бэлэмнээтим. Бу заданияны болҕойон, ыксаабакка оҥоробут.  

А4 задания оҕолорго биэртэлиибит

Педагог-психолог: Бутэрдигит да оҕолоор, маладьыастар. Уонна илиискит алллараа өттүгэр эһиэхэ түөрт көнө  муннуктааах фигура турар, бу манна эһиги бэйэ5итигэр «Оценка» туруорунаҕыт.

Оҕолор ситиһиилэрин ааттаталааһын.

  1. Рефлексия. Түмук.  

Педагог-психолог: 

- Бүгүҥҥү занятияны сөбүлээтигит дуо?

- Ханнык эрчиллиини сөбүлээтигит?


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Логопедическое коррекционное занятие с детьми с ОНР старшего дошкольного возраста. Тема: «Кыьынны ойуур»

Особенности речевого развития детей с ОНР оказывают влияния на формирование личности ребенка, на формирование всех психических процессов. У детей с ОНР отмечаются отклонения в эмоционально-волевой сфе...

Оскуола5а атаарыы сценарийа

Оскуола5а атаарыы сценарийа...

"Бииргэ оонньуохха" оскуола5а киириэн иннинээ5и саастаах о5олорго региональнай компоненна оло5уран дидактическай оонньуулар

Ааптарскай остуол оонньуулара о5олору тереебут дойдуларын таптыырга, убаастыырга, киэн туттарга иитэллэр - уерэтэллэр. Саха норуотун утуе угэстэрин, олохторун - дьаhахтарын кытта билиhиннэрэллэр....

Оскуола5а атаарыы сценарийа. (Сценарий выпускного бала на якутском языке)

Сценарий выпускного бала в детском саду на якутском языке....

Араас саастаах оҕолорго эйэ, үлэ, маай күнүгэр аналлаах "Идэ барыта бочуоттаах, үлэ барыта үчүгэй" аралдьытыы сценарийа.

Араас саастаах оҕолорго идэлэр араастарын билиһиннэрии, чиҥэтии. Идэ барыта туһалааҕын быһаарыы....

"Ойуур оскуолата" - Н. Якутскай остуоруйата

quot;Ойуур оскуолата" https://youtu.be/HPzcgeguHYk?si=Q_rkppWMPFaX-aZv...