сценарий ко дню матери средняя группа "Үлэ барыта туһалаах, идэ барыта наадалаах"
материал (средняя группа)

  Аннотация: В последнее время часто приходится слышать от родителей воспитанников и от педагогов, что дети не желают трудиться, с трудом овладевают навыками самообслуживания, предпочитают пользоваться помощью взрослого. Возникают трудности в привлечении детей к уборке игрушек, поддержанию чистоты и порядка в группе детского сада и в детской комнате дома. Нередко видим детей, которые не стесняются бросать мусор (обертки от сладостей, упаковки от сока и пр.) не только на улице, но и в других общественных местах. На замечания взрослого можно услышать такие объяснения: «Дворники уберут», «Я не знаю куда выбросить»,

«Это - не я!». Иногда, и родители не обращают внимание на такое поведение детей, не считая нужным, делать замечания. Таким образом, назрела необходимость педагогического просвещения родителей по вопросам трудового воспитания дошкольников, а так же целенаправленная работа с детьми по формированию устойчивой привычки трудиться.

 

Скачать:


Предварительный просмотр:

МБДОУ Детский сад «Кустук» с. Орто-Сурт

2023 сыл Саха сиригэр үлэ сыла биллэриллибитинэн

«Ийэ» күнүгэр аналлаах

«Үлэ барыта туһалаах, идэ барыта наадалаах»

аралдьытыы сценария.

(орто бөлөх)

Орто-Сурт 2023г

Сыала: - араас идэлэр тустарынан билиһиннэрии, интириэһи көбүтүү.

Соруктара: - идэ арааһын билиһиннэрии;

- идэ төрүттэрин билиһиннэрии,

-саҥарар дьоҕурдарын сааһылааһын;

Сайыннарар сыала: оҕо толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы, идэ туһунан өйдөбүлүн кэҥэтии;

Иитэр сыала: оҕо идэ арааһын билэн сөҕүүтэ, бэйэҕэ иҥэриитэ, төрөппүтүн идэтинэн киэн

Вед: Үтүө күнүнэн күндү биьиги ийэлэрбит, эбээлэрбит!

Бүгүн- ийэ күнэ

Күннүүн тэҥҥэ күллэ.

Туругурдун сиргэ ийэ,

Олох уонна эйэ

Алаһа дьиэбит сылааһа,

Алаһа дьиэбит ырааһа

Ийэ баар буоллаҕына,

Ийэ этэҥҥэ буоллаҕына.

Эһиэхэ ананар этэр тылбыт иһирэх махтала, истиҥ иэйиитэ, уҕараабат таптала бугуҥҥу дьоро киэһэҕэ.

Звук и голос: Дорогие гости! Вас приветствует экипаж самолета БОИНГ 737 авиакомпании «Якутия»

Танец: «Стюардессы» (Нарыйаана, Мичийэ, Ангелина, Сардаана)

Вед: оо, олус да кэрэ

Ийэм үөрэн иэйэрэ

Дууһам сырдаан чэмэлийэр

Тула өттум чэлгийэр!

Оҕолор толорууларыгар ырыа: «Бары ийэлээхпит»

Хоһоон: «Ийэ баар буолан» С. И. Кустуктаанап

Ааны тоҥсуйаллар. Хомойбут Почтальон Печкин киирэр.

Вед: дорообо почтальон Печкин. Туохтан хомойдуҥ?

Печкин: мин улэм туохха да наадата суох буолла. Компьютер, сотовай телефон кэлэн , дьоннор билигин сурук суруйбат буоллулар. Хаһыат аахпаттар ол иьин мин идэбин уларытаары гынным. Бугун эһиэхэ бырааһынньык буолар эбит, туох улэһит буолабын? Суоппар буоларым ду…

Вед: Почтальон Печкин суоппар да улэтэ ыарахан, ирдэбиллээх. Оголоор, оонньуубут да?

Оонньуу: «Автобус» (оголор иккилии буолан пааранан тураллар, биир илиилэринэн бэйэ бэйэлэриттэн тутуьаллар, биир илиилэринэн үөһэттэн тутуһан турар гына тураллар, төгүрүччү айанныылар, светофор тыктаҕына тохтууллар, торуоскалаах эмээхсин киирдэгинэ туран биэрэллэр)

Автобуспар олорсуҥ,

Миэстэҕитин булунуҥ,

Тургэнник элээрдиэм,

Дьиэҕитигэр тиэрдиэм.

Гаи киирэр. Тохтотор: (документ көрдүүр)

Суолга сэрэхтээх буолуҥ,

Светофору бол5ойуҥ,

Кыһыл уокка тохтооҥ,

Саһархайга бэлэмнэниҥ,

Күөх уокка дьэ барыҥ.

быраабыланы тутуьуҥ!

Печкин: Оо, суоппар идэтэ наһаа ыарахан эбит, быраабыланы барытын билиэххэ наада. Эьиги оголор хантан билэгит ханнык уокка суолу туоруургутун, ханнык уокка туораабаккытын?

Вед: почтальон Печкин оттон тутааччы буолуоххун баҕарбаккын да?

Дьоҥҥо дьиэни тутартан

Ордук үлэ суох курдук,

Мастан, таастан, киппиччэттэн

Дьиэни тутан дьэндэтиэм.

Сатабыллаах туттуубунан

Сырдык, сылаас, бөҕө гыныам.

Уҥкуу: «Строители» (уолаттар)

Вед: хайа почтальон Печкин дьиэ тутааччы буолар буоллун да?

Печкин: ьуу мин үөһээттэн куттанабыын…тутааччы буолбат эбиппин.

Вед: Чэ, оччоҕо оҕолор эбээлэрин эҕэрдэлээн ыллыахтара, ону истиэххэ

Ырыа: «Эбээм», «Туллук, туллук оголор»

Печкин: наьаа да учугэйдик ыллыыгыт, ункуулуугут, маны барытын хантан үөрэтэгит, билэгит.

Вед: Печкин эн оскуолага баран үөрэниэххин наада эбит.

Оскуола5а кун аайы

О5олору көрсөбүн,

Аа5арга, суруйарга,

Суоттуурга үөрэтэбин.

Уруок аайы ыйытан

Бэлэмнэрин билэбин,

Учугэйдик өйдөөбүккэ

Түөрдү- биэһи биэрэбин.

Уҥкуу: «Учат в школе» (Мичийээнэ, Алира, Евгения)

Печкин оонньуур ыт оготун илдьэ киирэр.

Печкин: мин ытым оҕото ыалдьыбыт, атаҕа бааһырбыт, кимтэн көмө көрдүүбүн?

О5олор эппиэттиилэр: (кыыллар быраастара)

Вед: сөп маладьыастар оҕолор, кыыллары эмтиир быраас ветеринар дэнэр. Билигин почтальон Печкин ытын эмтиэхпит.

Дьиэ кыыла эмиэ ыалдьар,

Кинилэри эмтиибин,

Аналиһы ылабын,

Битэмиини биэрэбин.

Куоскаларга, ыттарга

Ынахтарга, сылгыларга

Прививка туруорабын

Ыарыылары буойабын.

Оонньуу: Клиника «Жучка»

Печкин: Ветеринар буолар ыарахан эбит, арай кыыллар укуол ылымаары ытыраары гыныахтара…куттанабыын

Вед: Чэ оччого өссө туох идэлэр баалларын оголор үҥкүүлээн көрдөрүөхтэрэ.

Флешмоб: «Профессии»

Вед: Почтальон Печкин оччого бэйэн идэҥ туһунан кэпсээ эрэ.

Печкин: былыыр былыр дьон пещераҕа олорор эрдэхтэринэ, илдьиттэрин буруонан, кыыл -суол саҥатынан тиэрдэллэр эбит, онтон арыый сайдан дьон суруктарын, илдьиттэрин аттарынан, холууптарынан тиэрдэр буолтара. Онтон анал массыыналарынан, поеһынан, самолетунан таһар буолбут.

Печкин: Почтальон үлэтэ эмиэ ыарахан, киниэхэ улахан суумка баар онно элбэх хаһыат, сурук, сурунаал баар. Онтуктарын тоһуттар тымныыга тыал, ардах, самыыр тустун, сайын итиигэ, куйааска буоллун дьоҥҥо аадырыстарынан туҥэтэр.

Уой, олох да умнубуппун! Арба да Шарикка посылка илдьиэхтээх этим дии. Тургэнник Простоквашинага тоннуохпун наада! Махтал оҕолоор мин үлэбэр төннөр эбиппин. Пакааларын көрсүөххэ диэри. (тахсан барар)

Вед: дьэ, хата Печкиммыт идэтин уларыппата. Кини улэлээбэтэгинэ ким биьиги сурукпутун, посылкаларбытын кунду тапталлаах ийэлэрбитигэр тиэрдиэй!

Онтон биһиги ийэлэрбитигэр хоһооммутун ааҕан баран оҥорбут бэлэхпитин бэлэхтиэххэйиҥ!

Хоһоон «Чээлэй күөх сибэкки» (сибэккилэрин туттараллар)

уопсай хаартыскага түһүү.

Быыс


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Сценарий праздника "День Матери" средняя группа

Праздник, посвященный дню матери в старшей группе...

Сценарий праздника " День матери"средняя группа

В данном сценарии разработан материал(стихотворения,игры,конкурсы) для проведения праздника,совместно с родителями....

Сценарий праздника «День матери» средняя группа

Сценарий праздника посвященный дню матери. Дети поздравляют своих  мамочек , веселыми стихами, конкурсами, песнями, танцами....

Сценарий к "Дню Матери" средняя группа

Разработанн и апробирован на практике...

Сценария развлечения "День матери" (средняя группа)

Сценарий развлечения для детей и родителей посвященный самому замечательному и прекрасному празднику Дню матери....

Сценарий праздника "День матери"(средняя группа)

Сценарий праздника,посвященного дню матери...