Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо эт-хаан ѳттүнэн сайдарыгар ѳбүгэ оонньуутун туһаныы.
статья по физкультуре
Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо эт-хаан ѳттүнэн сайдарыгар ѳбүгэ оонньуутун туһаныы.
«Кэнчээри» ОСК оҕону эт-хаан ѳттүнэн сайыннарар иитээччи Харитонова Т.А.
Билиҥҥи сайдыылаах кэмҥэ оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕону сайыннарыыга оҕо доруобуйатын, этин-хаанын эрчийии бастакы миэстэҕэ турар.
Ол курдук, ѳбүгэлэрбит былыр айылҕаҕа тапталы уонна ытыктабылы оҕолоругар оонньуу нѳҥүѳ иҥэрэллэр этэ. Сахаҕа сүѳһүгэ сыһыаннаах элбэх оонньуулар бааллар: ѳһѳс торбос, ат сүүрдүүтэ, оҕус уонна чѳҥѳчѳх, ойбонтон уулааһын уо.д.а.
Айылҕаны харыстааһын туһунан мэлдьи ѳйдүүллэрэ, ытыктабыллаахтык сыһыаннаһаллара. Хамсаныылаах оонньууларыгар анал миэстэлээх буолаллара, тэлгэһэ отун тэбистэрбэттэр, ити барыта сири–уоту, оту-маһы харыстыы үѳрэнэллэригэр кѳмѳлѳһѳрѳ. Ити курдук ѳбүгэлэрбит оҕолорун кыра саастарыттан айылҕаҕа кыһамньылаахтык, эйэҕэстик, харыстабыллаахтык сыһыаннаһарга оонньуу нѳҥүѳ үѳрэтэллэрэ.
Инники, кэлэр көлүөнэ өй-санаа өттүнэн чөл, эт-хаан ѳттүнэн чэгиэн чэбдик буоларын ситиһэргэ кыра эрдэҕиттэн былааннаах үлэ ыытыллара эрэйиллэр. Биһиги тыйыс айылҕалаах дойдуга олорорбутунан бэйэбит норуоппут өбүгэ саҕаттан муспут иитэр-үөрэтэр ньымаларын туһанан үлэни тэрийэрбит көдьүүстээх буолуо дии саныыбын. Хас биирдии омук тус туспа национальнай оонньуулардаах, курэхтэрдээх.
Мин санаабар, саха оҕото бэйэтин тѳрүт оонньуутун билиэхтээх. Онтон сиэттэрэн оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо эт-хаан ѳттүнэн сайдарыгар ѳбүгэ оонньуутун билиһиннэриитин, эти-хааны чэбдигирдиитин уһуйааммар эбии дьарык оҥостон киллэрдим.
Төрүт хамсаныы киһи этэ-сиинэ төһө кыахтаа5ын көрдөрөр, имигэһин уонна күүһүн быһаарар. Өбүгэлэрбит оонньуутун ырытан көрдөххө, араас көрүҥ баар эбит: хамсаныылаах оонньуу, күрэхтэһии, кыаҕы көрдөрүү. Бу кѳрүннэри таба туһанан ситимнээхтик үѳрэттэххэ оҕо кытыгырас, сымса, имигэс, сааһыгар уонна тус кыаҕар сѳптѳѳх бэйэтин кыанар таһыма арыллар дии саныыбын.
Оҕо айылҕаттан бэриллибит дьоҕурун таба тайанан, онтон сайдарыгар олук уурарбыттан бэйэбэр эппиэтинэһим улахан. Оскуолаҕа тахсан салгыы дьоҕурдарын сайыннаран дьарыктана сылдьар оҕолорбун көрө-көрө сүрэ5им миэнэ үөрүүнэн туолар. Инники айымньылаах үлэбэр күүс-сэниэ эбэр. Саха киһитэ ыал буолла5ына ыччатын күөмчүлүүр уонна бэйэтин аата-суола, аймах, а5а-ийэ ууһа тэнийэрин туһугар өй-санаа, эт-хаан өттүнэн сайдыылаах, бө5ө-та5а, чэгиэн-чэбдик, күстээх санаалаах ыччаты иитэргэ дьаһанар. Оҕо айылҕаттан бэриллибит билиэн-кѳрүөн, тутуон-хабыан боруобалаан кѳрүөн баҕатын симэлитэн кэбиспэккэ киниэхэ баар чопчу хаачыстыбатын талаанын, хамсаныах баҕатын салгыы сайыннарарга дьулуһабыт. Оҕону күһэйэн буолбакка, оҕону оонньуу, сырсыы, үтүктүһүү курдук ньымалары туһанан дьарыктыыбыт. Оҕо төһө элбэх хамсаныылаах, сытыы-хотуу, бэйэтин кыанар буолар да, соччонон өйө-санаата, дьо5ура улаатар, сайдар. Кыраҕы, кытыгырас, сылбырҕа, сымса, имигэс, бэйэтин кыанар, чэбдик туруктаах буоларыгар хаамыы, сүүрүү, ыстаныы, ыттыы, сыыллыы, быраҕыы, хабыы курдук сүрүн хамсаныылар, сарсыардаанны эрчиллии, сахалыы хамсаныылаах, күрэхтэһиилээх оонньуулар, араас анал эрчиллиилэр о5ону сатаан хамсанарга, эрчиллэргэ дьулуһарга, кыһалларга, үөрэтэллэр. Өрө көтө5үллүүлээхтик музыка тыаһыгар уйдаран хамсаналларын ордороллор. Уолаттар үксүн атах оонньууларыттан ыстананы дьарыктаналларын ордороллор. Сүүрүүлээх-көтүүлээх оонньуулары ордук умсугуйан оонньууллар. Уонна хайа баҕарар оҕо, мээчигинэн оонньуурун наһаа сөбүлүүр. Ону туһанаммын мээчиги дьарыктаныыларбар киллэрэбин. Сороҕор саҥа кэлбит оҕолортон сатаан сүүрбэт, ыстаммат, хатаастыбат, сыылларга ыарырҕатар оҕолор кэлэллэр. Ол оҕолорбор ордук элбэх болҕомтону ууран дьарыктыыбын. Сайын детсадтан баралларыгар быдан эбиллэн бараллар. Бэйэм көрдөрөн, үөрэтэн биэрдэхпинэ кимнээ5эр ордук сатыыр буолаллар. Кыайбатахтарын күүстээх үлэ түмүгүн кэнниттэн ситистэхтэринэ сүргэлэрэ көтө5үллэр, о5олорго кэпсээн үөрүүлэрин үллэстэллэр. Оҕолорго анаан элбэх аралдьытыылары, күрэхтэһиилэри ыыта сатыыбын. Кырачаан оҕо кыраҕа үөрэр, кыраттан хомойор ол иһин кини олоҕо куруутун үөрүүнэн сыдьаайа сылдьыахтаах диэммин бырааһынньыктарбытын элбэтэ сатыыбыт. Күрэхтэһэн кыайыы үөрүүтүн биллэхтэринэ о5о барахсан үөрүүтэ үксүүр, кыайыыга дьулуура өссө күүһүрэр. Төрөппүтү кытта үлэҕэ төрөппүттэргэ аһаҕас дьарыктаныылары ыытабыт, аралдьытыыларга кытыннартыыбын. Оҕону үөрэ-көтө көрсөн, истинник кэпсэтиһэн, туох- ханнык дьоҕурдааҕын, доруобуйатын, сайдыытын таһымын кэтээн көрөн, онтон салгыы сайыннаран, олук ууран дьарыктыыр мин улэм-мин дьолум.
Сымнаҕас эрээри ирдэбиллээх, сылаас истин сыһыаммынан оҕолорбун дьарыктаатахпына үнкүүһүт да, спортсмен да буолбаталлар, кэнники инники олохторугар эт-хаан, өй-санаа өттүнэн сайдан улэһит бастыҥа, киһи үтүөтэ буолан тахсыахтара диэн эрэнэбин. Кырачаан о5олору сырдыкка- кэрэҕэ, эт-хаан өттүнэн сайыннарар, угуйар аналы талбыппыттан дьоллоохпун дэнэбин.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
«Сонор» оонньууну оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго үѳрэтии программата
Быһаарыы сурукХас биирдии оҕо оскуолаҕа киирэригэр билиилээх – көрүүлээх, тобуллаҕас толкуйдаах, тыла – өһө сайдыбыт, хомоҕой тыллаах буолара ирдэнэр.«Сонор» оонньуу ис хоһооно уонна үѳрэтии ньымалара...
Бодоруһуу уонна оонньуу нөңүө оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо тылын сайыннарыы
Бодоруһуу уонна оонньуу нөңүө оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо тылын сайыннарыы...
"Бииргэ оонньуохха" оскуола5а киириэн иннинээ5и саастаах о5олорго региональнай компоненна оло5уран дидактическай оонньуулар
Ааптарскай остуол оонньуулара о5олору тереебут дойдуларын таптыырга, убаастыырга, киэн туттарга иитэллэр - уерэтэллэр. Саха норуотун утуе угэстэрин, олохторун - дьаhахтарын кытта билиhиннэрэллэр....
"Олонхону оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго үөрэтии"
Олонхону оҕоҕо тиэрдэр сүрдээх уустук, сыралаах үлэ....
Оскуола5а киириэн иннинээ5и о5олорго аналлаах «Оскуола дойдутугар айан»
Сценарий выпускной...
ОСКУОЛА5А БАРЫАН ИННИНЭЭҔИ СААСТААХ ОҔОЛОРГО АНАЛЛААХ АҺАҔАС КОРРЕКЦИОННАЙ-РАЗИВАЮЩАЙ ЗАНЯТИЯ КЫЛГАС БЫЛААН КОНСПЕГА “ ОЙУУР ОСКУОЛАТА”
КОРРЕКЦИОННАЙ-РАЗИВАЮЩАЙ ЗАНЯТИЯ КЫЛГАС БЫЛААН КОНСПЕГА “ ОЙУУР ОСКУОЛАТА&rdquo...
«Оскуола иннинээги саастаах оголорго Олонхону билиьиннэрии.»
Знакомство докольников старшего возраста с Олонхо на якутском языке...