Бодоруһуу уонна оонньуу нөңүө оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо тылын сайыннарыы
статья (подготовительная группа) по теме

Бодоруһуу уонна оонньуу нөңүө оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо тылын сайыннарыы

 

                                                   Неустроева Христина Михайловна,  воспитатель

                                                   МБДОУ ЦРР «Кэнчээри»

                                                   678650 РФ, РС(Я), Таттинский улус

                                                   с.Ытык – Кюель  ул. П.Васильева 49

                                                   тел.8(41152)41525, E-mail: dkencheeri@ inbox.ru

 

Аннотация: оҕо уhуйааҥҥа оонньуу уонна бодоруһуу көмөтүнэн сайдар. Бодоруhан оҕо хомоҕойдук саҥарарга, кэрэтик кэпсииргэ, ураннык дьүhүйэргэ үөрэнэр.

Тутаах тыл: оонньуу, бодоруhуу, саҥарар дьоҕур.

Оҕо кыра эрдэҕиттэн ийэ тылын убаастыы, таптыы, бэйэтин тылынан толкуйдуу, санаатын хомоҕойдук саңара үөрэниитэ билиңңи олох сүрүн көрдөбүлүнэн буолар.

Сыала:

Оонньуу уонна бодоруһуу  нөңүө оҕо саңарар, толкуйдуур дьо5урун сайыннарыы.

Үөрэтии соруктара:

  1. Оонньуу персонажтара тус туһунан  уобарастарыгар оҕо болҕомтотун тардыы.
  2. Оҕо тус бэйэтин оруолун  сөпкө, табатык биэрэрин ситиһии (мимика, интонация, хамсаныы).
  3. Оҕо өйдүүр дьоҕурун (память) сайыннарыы.

Оонньуу уонна бодоруһуу  көмөтүнэн оҕо психическай өрүттэрэ сайдар, ол курдук:

  • оҕо толкуйдуур дьоҕура, өйө, туруга, өйүгэр оңорон көрөр, айар дьоҕура, болҕомтото, саңарар саңата сайдар;

- эт-хаан, турук еттунэн сайдар;

- имигэс, илии-тарбах чаастара.

Киһи быһыытынан хаачыстыбалара:

- үтүө санаалаах, аһыныгас буолуу;

- атын оҕолору кытта бодоруһа, алтыһа үөрэнэр;

            - интириэһэ кэңиир;

- оҕо тэңнээхтэрин кытта бодоруһан, чугастык билсиһэн, санаатын, кистэлэңин үллэстэ үөрэнэр;

- тулуурдаах, дьаныардаах буолар;

- артистическай дьоҕура, билэр-көрөр баҕата үрдүүр.

 Оонньуу  технологията 3 түһүмэҕинэн араарыллар:

1 түһүмэх:

Бэлэмнэнии үлэлэр:

  1. Оҕо оҕону ылынар эйгэтин үөскэтии.
  2. Сытыары сымнаҕас турукка киирии, күүрүүнү намтатыы.

2. түһүмэх:

Оонньууну тэрийии:

1.Оонньууга бөлөх оҕотун барытын хабар усулуобуйаны тэрийии.

2. Оонньууну быһаарыы, ырытыы, билсиһии.

3. Оонньуу оруолларынан оҕолору бөлөххө үллэрии.

4. Оруоллаах оҕолор тылларын чочуйуу.

5. Турукка киллэрэн оҕолору оонньотуу.

6. Оҕолору бэйэлэрин сыаналата үөрэтии (рефлекция).

3. түһүмэх:

Үлэ түмүгүн ырытыы:

  1. Иитээччи бэйэтин үлэтин сыаналааһына (рефлексия).
  2. Оҕолор саңарар дьоҕурдара сайдыытын кэтээн көрүү, оонньуу көдьүүһүн быһаарыы.

Оонньуур усулуобуйа оҕо тылын сайыннарыыга, иитиигэ-үөрэтиигэ биир көдьүүстээх ньыманан буолар. Ол курдук, оонньуу кэмигэр оҕо туруга, толкуйдуур, айар дьоҕура, киһи быһыытынан хаачыстыбалара сайдаллар.

Оонньуу уонна бодоруһуу усулуобуйатын тэрийии технологията, иитээччигэ оҕо тылын сайыннарыыга сүрүн көмөнөн буолар.

Оонньуу, бодоруһуу көмөтүнэн оҕо саңата сайдыытын сылыктааһын

Сылыктыыр үлэ:

«Төрөөбүт тылынан саңарар оҕо тыл хайдах уларыйарын, ситимнэһэрин эрэ буолбакка, ону кытта тэңңэ ахсаана биллибэт элбэх өйдөбүлү, араас көрүүнү – сыһыаны, үгүс өйү – санааны, иэйиини, уус – уран уобараһы, тыл тутулун, мандарын барытын 2-3 сыл иһигэр олус чэпчэкитик, түргэнник ылынар. Онтон кэлин 20 да сыл кыһанан – мүһэнэн үөрэнэн, ол аңаарын даҕаны ылара саарбах». - диэн К. Д. Ушинскай [] суруйбуттаах.

Оскуола иннинээҕи тэрилтэҕэ оҕо өйүн – санаатын сайыннарар үлэ үгүс өрүттээх. Олортон биир саамай боччумнаахтара – төрөөбүт саңаны оонньуу уонна бодоруһуу көмөтүнэн  сайыннарыы буолар. Кыра оҕо бодоруһар тыла – кэсэтии тыла. Кэпсэтии тыла да иһигэр араас көрүннээх: мара тыл, судургу тыл. Судургу тыл: дьиэ – уот тыла, бодоруһуу тыла – диэңңэ арахсар. Дьиэ – уот тыла арыый да көңүл, чугас дьонун сыһыаныттан тахсар. Оттон бодоруһуу тыла атын оҕону, улахан дьону кытта сыһыаны табан быһаарсар, кэпсэтэр тыл.

Биһикчээңңэ сааһыгар сөптөөх бодоруһуу тылыгар уһуйабыт. Оҕо тэрилтэтигэр сылыктааһыны ыытыы сүрүн соруга:

-  оҕо саңатын сайыннарар үлэ ис хоһоонун оҕо ылыныытын, сайдыытын туругун быһаарыы;

-  иитээччи иитэр-сайыннарар үлэтин ырытан сыаналааһын;

-  хас биирдии оҕоҕо туһуламмыт иитэр-сайыннарар эйгэни олохтооһун.

Оҕо тыла-өһө сааһыгар сөптөөхтүк сайдыытын бэрэбиэркэлииргэ Ф. Г. Даскалова, Г. Витцлак методикалара киэңник туттуллар.

Оҕо сааһынан сайдыытын учуоттаан, үлэ араас көрүңэ ыытыллар:

-  кыра бөлөххө: судургу бэсиэдэ, оонньууру, таңаһы-сабы, дьиэ кыылын     ойуулатыы, хартыына, айымньы ис хоһоонун кэпсэтии;

-   орто бөлөххө: бэсиэдэ, хартыынанан кэпсээни толкуйдатыы, кылгас остуоруйа, кэпсээн ис хоһоонун кэпсэтии;

- улахан бөлөххө: ис хоһоонноох хартыынанан кэпсээни толкуйдатыы, оңоһугун, уруһуйун билиьһннэрии, олоххо буолбуту, көрбүтү-истибити, оонньуу быраабылатын, тугунан оонньуурун кэпсэтии.

-   бэлэмнэнии бөлөххө: кэпсээни ситэрии, бэриллибит тиэмэҕэ айан кэпсээһин, остуоруйаны, кэпсээни айыы, оонньуу-айан, сорудах туолуутун быһаарыы уо. д. а.

Оҕо кэпсээнин маннык өрүттэрин сыаналанар: ис хоһоонун биэриитэ, тыл баайа, таба саңарыы, чуолкай саңа, кыттыыта.

Ис хоьооно: оонньууру, хартыынаны ойуулатан, айымньы ис хоһоонун кэпсэтиннэрэн, остуоруйа, таабырын айдаран оҕо толкуйдуур дьоҕурун, фантазиятын, кэпсээн ис хоһоонун төһө толорутук биэрэрин бэрэбиэркэлиибит.

Кыра, орто бөлөхтөргө оҕо хартыынаҕа ойууламмыт малы, көстүүнү ойуулуур. Онуоха оҕо аңардас мал туохтааҕын эрэ ааттаабакка хайдаҕын, туохха туттулларын быһаарыахтаах. Маны таһынан иитээччи аҕыйах көстүүлээх икки-үс хартыыналары туһанан ситимнээх кэпсээни оңорторор.

Онтон улахан, бэлэмнэнии  бөлөхтөргө түөрт-биэс хартыынанан кэпсээни толкйудатыан син. Арыт оҕо хартыыналары ситимнээбэккэ биир хартыына ис хоһоонун кэпсээһининэн эбэтэр биир малы, көстүүнү ойуулааһынынан муңурданыан сөп. Онуоха иитээччи оҕо хартыыналары барытын ситимнээн биир ис хоһоонноох кэпсээни толкуйдуурун ситиһиэхтээх.

Айымньыны кэпсииригэр кыра оҕо айымньы тутулун бутуйбакка саас–сааһынан кэпсииирин иитээччи ситиһиэхтээх. Онтон улахан оҕо айан кэпсээнин ис хоһоонун төһө толорутук арыйарын, ситимнээн кэпсиирин бэрэбиэркэлиир.

Тыл баайа: кыра бөлөх оҕото биир – икки тылынан санаатын этэр түгэнигэр үрдүк баал турар эбит буоллаҕына, орто бөлөх оҕотун кэпсээнэ арыый да кэңэс буолуохтаах. Онуоха быһаарар тыллары кэмигэр табыгастаахтык туттара биһирэнэр. Улахан уонна бэлэмнэнии бөлөхтөргө оҕо хайааһын хаһан, хайдах, тоҕо буоларын чуолкайдык этэр. Быһаарар тыллары кэмигэр туттара ирдэнэр. Өйүттэн кэпсиир кэмигэр табыгастаах тылы туттубут буолла да сөп. Онуоха уус – уран ойуулааһына суох диэн сыаналыыр сатамньыта суох.

Тыл баайын сыаналыырга оҕо тылы хос – хос хатылааһына, сыыс тылы туттуута, уһуннук толкуйдааһына, оонньуу уонна бодоруһуу кэмигэр эмиэ учуоттанар.

Таба саңарыы: Кыра бөлөххө оонньуу, бодоруһуу кэмигэр тылы хайааһыны кытта төһө таба ситимниирин көрөбут. Онтон орто бөлөххө судургу этии тутулун таба оңороро, тыллары таба ситимниирэ ирдэнэр. Улахан, бэлэмнэнии бөлөхтөргө тыллары таба ситимниирин таһынан холбуу этиини табыгастаахтык туттара учуоттанар. Бодоруһуу уонна оонньуу араас кэмигэр оҕо этии тутулун да уларытан сыыһа саңарара оруннаах буолан тахсар түбэлтэлэрэ эмиэ көстөр. Бу оҕо толкуйдуурун, санаатын сааһылыы сатыырын көрдөрөр. Оҕо эрдэттэн бэлэмнэммэт, тутуа эппиэттиир. Онон уһуйаан үрдүк да таүымнаах оҕото этии тутулугар олус куруубайа суох биир эмэ алҕастаах буолуон син. Өскөтүн оҕо толкуйдаан, ситэрэн этэр түгэнигэр, оттон тыллар ситимнэһиилэригэр, тылын баайа мөлтөҕүттэн сыыс тылы үгүстүк туттара, кэпсээн тутулугар аахайбатыттан сыыһара – ураты.

Чуолкай саңа: кыра, орто бөлөхтөргө оҕо биир эмэ маарыннаһар дорҕооннору солбуйа, “оҕолуу” саңарыан сөп. Оттон улахан, бэлэмнэнии бөлөхтөргө тылы чуолкайдык саңарарыгар саңа тэтимэ, куолаһы тустаах кэмңэ уларытыыта, туттуута – хаптыыта эмиэ учуоттанар. 

Кыттыыта: иитээчи оонньуу, бодоруһуу саҕаланыытыгар оҕо тугу гыныахтааҕын быһааран биэрэ, ыйытыытыгар эппиэттиир. Оттон оонньуу кэмигэр эбии ыйытан, ыйан – кэрдэн, этэн биэриэн көмөлөспөтө ордук. Оҕо олох сатаан эппиэттээбэт, ооннообот тугэнигэр эрэ көмөлөһөр.

Ол курдук, оонньуу уонна бодоруһуу көмөтүнэн оҕо тылын сайыннарыы иитээччи сүрүн соруга.

 

По теме: методические разработки, презентации и конспекты

«Сонор» оонньууну оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго үѳрэтии программата

Быһаарыы сурукХас биирдии оҕо оскуолаҕа киирэригэр билиилээх – көрүүлээх, тобуллаҕас толкуйдаах, тыла – өһө сайдыбыт, хомоҕой тыллаах буолара ирдэнэр.«Сонор» оонньуу ис хоһооно уонна үѳрэтии ньымалара...

Кружковая работа. Тема: «Уус – уран айымньы кемотунэн оҕо тереебут тылын сайыннарыы»

Быьаарыы сурукТемам:  «Уус –уран айымньы кеметунэн  о5о тереебут тылын сайыннаарыы» Билинни кэмнэ  саха о5олоро ийэ тылларын  билбэккэ  улаатан, бэйэлэр...

Годовой кружковый план. Тема: «Уус – уран айымньы кемотунэн оҕо тереебут тылын сайыннарыы»

Билинни кэмнэ  саха о5олоро ийэ тылларын  билбэккэ  улаатан, бэйэлэрин  сахалыы  ейдерун- санааларын , быьыыларын- майгыларын  улам  сутэрэн  иьэллэр. Норуот...

Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо эт-хаан ѳттүнэн сайдарыгар ѳбүгэ оонньуутун туһаныы.

Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо эт-хаан ѳттүнэн сайдарыгар ѳбүгэ оонньуутун туһаныы.«Кэнчээри» ОСК оҕону эт-хаан ѳттүнэн сайыннарар иитээччи Харитонова Т.А.Билиҥҥи сайдыылаах кэмҥ...

"Олонхону оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго үөрэтии"

Олонхону оҕоҕо тиэрдэр сүрдээх уустук, сыралаах үлэ....

Мастер-класс «Ураты ньыманы туһанан тарбах оонньууларын көмөтүнэн о5о тылын сайыннарыы»

Мастер-класс «Ураты   ньыманы туһанан тарбах оонньууларын көмөтүнэн  о5о тылын сайыннарыы»...