«Айыы бухатыыра» хамсаныылаах сонор сценария
план-конспект занятия (старшая, подготовительная группа)
Олонхонон «Сонор» хамсаныылаах оонньууга интэриэьи уоскэтии. Олонхо сурун ойдобулун, тылын-оьун, геройдарын, Айыы бухатыырын танаьын-сабын, туттар сэбин сэбиргэлин чинэтии. О5о тылын-оьун байытыы, этин-хаанын эрчийии, дьуьумэлин, толкуйдуур дьо5урун сайыннарыы. Уол о5ону Боотур буоларга ба5атын уоскэтии, патриотическай тыынна иитии, омук ураты тыынын инэринэ улаатыы.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
ayyy_buhatyyra.doc | 38 КБ |
Предварительный просмотр:
«Айыы бухатыыра» хамсаныылаах сонор сценария
Сыала-соруга: Олонхонон «Сонор» хамсаныылаах оонньууга интэриэьи уоскэтии. Олонхо сурун ойдобулун, тылын-оьун, геройдарын, Айыы бухатыырын танаьын-сабын, туттар сэбин сэбиргэлин чинэтии. О5о тылын-оьун байытыы, этин-хаанын эрчийии, дьуьумэлин, толкуйдуур дьо5урун сайыннарыы. Уол о5ону Боотур буоларга ба5атын уоскэтии, патриотическай тыынна иитии, омук ураты тыынын инэринэ улаатыы.
Туттуллар тэриллэр: сахалыы талах мас олоппос, бухатыыр танаьа-саба, туттар сэбэ-сэбиргэлэ, олонхо дойдутун хартыыналара.
Ыраахтан сахалыы музыка иьиллэр.
Ыытааччы олонхоттон быьа тардан аа5ар:
- Былыр-былыр ойон тахсар куннээх орто туру дойду оноьуллубута уьу.
- Чэйин эрэ, корсуоххэйин хорсун хоодуот уолаттары (уолаттар дунур тыаьынан эрчимнээхтик суурэн киирэллэр, тураллар).
- Олонхо5о этиллэринэн «Боотур» диэн – киьи саамай ньургуна ааттанар. Боотур оло5у алдьатар куустэри утары охсуьар. Онон ким мэьэйдэри туораан, сорудахтары толорон, инники кирбиигэ кэлбит Айыы бухатыыра ааты сугуо5э.
- Чэйин эрэ, оонньуубутун са5алыыбыт.
1. Олонхо диэн тугуй? (Норуот тылынан уус-уран айымньыта)
2. О5онньор барахсан
Уотун иннигэр
Уна ата5ынан
Оллоон кэбистэ,
Хоппо ытыьынан
Кулгаах баттанна,
Кэрдиис хабар5атын дабатан
Кэпсээн-кэ5ийэн киирдэ,
Комус куомэйин конкотон
Куорэтэн-дьиэрэтэн барда… Кимий? (Олонхоьут)
3. Олонхо5о хас дойду баарый? (Ус)
4. Хартыынаннан оонньуу: «Таба таай»
- Кулэр куох салгыннаах, кундул кунус дойдулаах, урун илгэ уктэллээх, унэр куйаас тыыннаах… (уоьээ дойду);
- Ойон тахсар куннээх, охтон баранар мастаах, уолан бутэр уулаах…(орто туруу дьа5ыл дойду);
- Силлиэ туспут, холорук ытыллыбыт, барбатах балык миинин курдук ба5ыа-будуо дойду…(аллараа дойду).
5. Орто дойдуга уунэр ытык мас аата? (Аал луук масс)
6.Аал луук маска олорор сир-дойду иччитин аата? (Аан алахчын хотун)
7. Олонхотун олонхо
Ол о5о, арай,
Биир хоноот-биирдэнэн,
Икки хоноот-иккилэнэн,
Ус хоноот-устэнэн, Уоскуллэнник ууммут,
Омуннаахтык улааппыт…
- О5олоор, о5о туьунан чабыр5ахпытын аа5ыаххайын эрэ. Чабыр5ах «О5о»
8. Боотур диэн кимий? (Айыы дьонун комускээччи)
9. Х/о «Ойбонтон уулааьын» (ким ылбыт хаамар)
10. Боотур чугас до5оро? (Ат)
11. Боотур хамсаныыта:
- Орто дойду бухатыыра (илиилэрин оттук баттаналлар);
- То5ус былас сарыннаах (санныларын уоьээ-аллараа хамсаталлар);
- Биэкэгэр бииллээх (уна-ханас иэгэйэллэр);
- Сиьин этэ сипит (иннигэр-кэннигэр иннэри туьэллэр);
- Буутун этэ буспут (олороллор-тураллар);
(О5олор эрчиллиилэри 2-3 толороллор)
12. Олонхо5о этиллэринэн, Боотур:
Хантас гынна5ына
Халлааны хаххалыыр,
Ыйы сабардыыр
Куогэс гынна5ына
Куну кулуктуур
Ньыгыл хара
Борбуйдаах,
Суон модун моойдоох
Халын хара
Баппа5айдаах – диэн ойуулууллар ханнык Боотуру? (Ньургун Боотур)
13. Хотой – киьиэхэ маарынныыр буолла5ына, ким буоларый? (Эр киьи – Боотур буолар)
14. Онтон Боотур котор буолла5ына, костор дьуьунэ туохха маарынныырый? (Хотойго)
15. Боотур танаьа-саба: - Батас;
- Ох саа;
- Куйах;
- Дапсы;
- Дуула5а.
16. Х/о «Боотур бэргэн ытааччы» (Абааьыны бырахтарыы)
17. Боотур толкуй –ой хата буолуохтаах. Таабырыннаьыахха.
- А5ыс атахтаах Араллаан бухатыыр баар уьу (Оо5уй)
- Эйиигинниин тэннэ
Куннээх куннэ сылдьыьар:
Суурдэххинэ суурэр,
Хаамтаххына хаамар,
Турдаххына турар,
Олордоххуна олорор,
Сыттаххына сытар
Арахсыспат аргыспыт
Адьас ааттаа эрэ. (Кулук)
- Кун да буолбатар
Кундээрэр
Ый да буолбатар
Ыйданарар,
Эн кимнин илэ-бааччы
Эйэргин укчу
Эт эрэ, ол тугуй?
18. Ос хоьоону салгыы таай.
Утуо киьи биир кымньыылаах, утуо киьи… ( биир тыллаах)
19. Бу музыкальнай инструмент аата туох диэний? (Дунур)
- Бугунну куннэ Айыы бухатыыр аатын сугэр…
Киниэхэ э5эрдэ буоллун Уруй! Айхал! Айхал! Айхал!
Бол5омто5ут иьин махтал!
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
«Хамсаныылаах оонньуу оҕо ситимнээх саҥатыгар дьайыыта»
Хамсаныылаах оонньуулар оҕо тыла-өһө сайдарыгар улаханнык дьайаллар. Маны таба туһаннахха, оҕо тылын-өһүн байытыахха сөп. Ситимнээх саҥатын эмиэ сайыннарыахха сөп. Оҕо бэйэтин дьайыытын саҥара-саҥара ...
Ханты норуоттарын хамсаныылаах оонньуулара
О5олорго уонна тороппуттэргэ аналлаах аралдьытыы...
"Тимир куйахтаах Дьурантай бухатыыр"А.С.Федоров
Сценарий олонхо...
о5олорго олонхо хамсаныылаах оонньуулара
Оҕолор эт-хаан, өй-санаа өттүнэн сайдалларыгар маннык хамсаныылаах оонньуулар олус туһалаахтар. Оҕо оонньуу сылдьан бары өттүнэн сайдар.Аллараа дойду олохтооҕо уонна дьөһөгөй оҕолоро – или...
"Лөҥкөлөй бухатыыр" А.Федоров
Олоҕурбут ньыманан толорууга чөмчүүк саастаах оҕолорго олоҥхо сценарийа...
Саха норуотун хамсаныылаах оонньууларыгар олоҕурбут, эти хааны сайыннарар аралдьытыылар сценарийдара.
Оҕону эт- хаан өттүнэн сайыннарыыга, билии - көрүү өттүнэн сайдыытыгар өбүгэ оонньууларын иллэҥ кэмҥэ эрэ буолбакка, дьарык уонна аралдьытыы быһыытынан киллэриэххэ сөп....
"Ойор-тэбэр аттаах Оҕо Бочоох Бухатыыр" Сэмэн Черноградскай
С. Черноградскай "Оҕо Бочоох бухатыыр" олоҥхотун биирдиилээн олоҕурбут ньыманан толорууга уһуйаан саастаах оҕоҕо анаан кылгатыллан оҥоһуллубут сценарий....