"Ойор-тэбэр аттаах Оҕо Бочоох Бухатыыр" Сэмэн Черноградскай
учебно-методический материал

Владимирова Евдокия Николаевна

С. Черноградскай "Оҕо Бочоох бухатыыр" олоҥхотун  биирдиилээн олоҕурбут ньыманан толорууга уһуйаан саастаах оҕоҕо анаан кылгатыллан оҥоһуллубут сценарий.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл artur-ogo_bochooh_buhatyyr.docx15.92 КБ

Предварительный просмотр:

Ойор - тэбэр аттаах Оҕо Бочоох Бухатыыр

                                                                Семен Ильич Черноградскай

Олоҥхоһут: Былыргы дьылга

Охтон бараммат мастаах,

Уолан бүппэт уулаах,

Ойон тахсар күннээх,

Орто дойду диэн

Үөскээбитэ үһү.

Бу маныаха

Икки илиилээх,

Икки атахтаах,

Иннинэн сирэйдээх,

Урааҥхайбын дэнэр дьон

Ууһаан- тэнийэн

Олорбуттара эбитэ үһү.

Бу дойдуга

 Кулгаахтаах истэринэн

Харахтаах көрөрүнэн

Ох саалаах,

Тирии куйахтаах,

Ойор тэбэр аттаах

Оҕо Бочоох диэн

Бухатыыр киһи

Үөскээн-төрөөн

Олорбута эбитэ үһү.

 Биир күн

Оҕо Бочоох Бухатыыр

Эҥэр хара тыатыгар

Бултуу сылдьан

Үрдүк мэҥэ халлааҥҥа

Үрүҥ көмүс суһуохтаах

Үрүмэччи куо

Ытыыр саҥатын истибит.

Үрүмэччи Куо – Ыый-ыыйбын, аай-аайбын!

Аллараа дойду атамаана

Ардалай-Мардалай

Алаһа дьиэбиттэн

Уоран ылан

Аллараа дойдуга

Илдьэ баран иһэр.

Ийэлээх аҕам

Быраһаайдарын!

Олоҥхоһут: Ону истээт

Оҕо Бочоох бухатыыр

Охсуһууга туттар тэрилин

Соҕотохто харбаан ылаат,

Аллараа дойдуга

Ойута турбута эбитэ үһү.

Өр да айаннаабыта биллибэт,

Өтөр да айаннаабыта биллибэт –

Аллараа дойдуга

Тиийэн кэлбит.

Онуоха абааһы бухатыыра

Ардалай-Мардалай

Ардьах-ардьах гынан

Ыллаан ыыра бара

Турбута үһү.

Ардалай-Мардалай: Ар дьаалы!

Миигин кытта

Күөн көрсөөрү,

Күрэс былдьаһаары

Көтүтэн кэллиҥ дуо?

Тос мааскын биэрэн,

Тараах иэннээн

Таһыйан ыытыам ээ.

Һа-Һа-һаа

Олоҥхоһут: диэбит да

Үс бууттаах сүллүгэһинэн

Үөһэттэн дайбаан түһэрбит.

Онуоха

Оҕо Бочоох обургу

Туора ойон биэрдэ да

Охсуһуу улахана

Манна буолла.

Сэттэ түүннээх күн

Силиктэстилэр.

Ахсыс күннэригэр

Оҕо Бочоох

Ардалай-Мардалайы

Түҥнэри охсон түһэрбит

Уонна түөһүттэн үктээн туран

Ыллыы-туойа

Турбута эбитэ үһү.

Оҕо Бочоох бухатыыр: Дьэ-буо!

Үрдүк мэҥэ халлаан

Үрүҥ Айыылара!

Орто дойду дьонун

Атаҕастаабытын иһин

Ардалай-Мардалайы

Үрдүк суутунан

Сууттуургутугар көрдөһөбүн.

Олоҥхоһут: Ити курдук

Ойор-тэбэр аттаах

Оҕо Бочоох бухатыыр

Абааһыны кыайан,

Аллараа дойдуттан

Үрүҥ көмүс суһуохтаах

Үрүмэччи  Куону босхолоон

Ийэлээх аҕатыгар

Орто туруу дойдуга

Аҕалбыта эбитэ үһү.

 


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

"Күөнэ көҕөччөр аттаах күүстээх-уохтаах Күн Күндүлү Бухатыыр" П. Решетников

Уһуйаан оҕолоругар бөлөҕүнэн куолаан толорууга анаан кылгатыллыбыт олоҥхо....