Ханты норуоттарын хамсаныылаах оонньуулара
материал на тему
О5олорго уонна тороппуттэргэ аналлаах аралдьытыы
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
hanty_razvlechenie.docx | 15.15 КБ |
Предварительный просмотр:
Амма улууһун Соморсуннааҕы «Чэчир» уһуйаан
«Ханты уонна Манси норуоттар
хамсаныылаах оонньуулара»
Төрөппүттэргэ уонна оҕолорго аналлаах
аралдьытыы сценарийа
Соморсун, 2016с.
«Ханты уонна Манси норуоттар хамсаныылаах оонньуулара»
Төрөппүттэргэ уонна оҕолорго аналлаах аралдьытыы сценарийа
-Үтүө күнүнэн, күндү оҕолор, убаастабыллаах төрөппүттэр!
Ханты-Манси норуот хамсаныылаах оонньууларын оонньуохпут, күрэхтэһиэхпит.
- Ханты-манси норуоттара ханна олороллоруй?
- Тугунан дьарыктаналларый? (Тайҕаҕа олороллор, таба иитэллэр, балыктыыллар, бултууллар).
- Ханты-манси хамсаныылаах оонньууларын оонньуоххутун, билиэххитин баҕараҕыт дуо?
- Оччоҕуна күрэхпитин саҕалыыбыт.
Ол иннинэ кыратык эппитин - хааммытын эрчийэн хамсаныылары оҥоруохпут:
1 . Булчут хаамыыта (үөмэн, атаҕын төбөтүгэр, тыаһа суох).
2 . Хайыһардьыт (киэҥник хардыылаан, илиилэри дайбаан хаамыы).
3. Таба (тобуктары өрө көтөҕөн, илиилэри үөһээ кириэстии тутан хаамыы).
4. Буурдаан сүүрүү (киэҥник хардыылаан сүүрүү).
5. Чыычаахтар (илиилэри сапсынан сүүрүү).
6. Куобахтар, тииҥнэр (икки атахха ыстаҥалаан).
7. Ыты үтүктэбит (тылы таһааран түргэнник тыыныы).
8. Кэҕэ этэр (сарыны өрө көтөҕөн – үөһээ тыыныы, салгын таһаарарга – кук-куук диэн саҥа таһаарабыт).
- Эрчиллиилэри оҥордубут, аны күрэхпитин саҕалыаҕыҥ.
- Хантылар тыаҕа көһө сылдьан олорор буоланнар элбэх мэһэйи көрсөллөр – үрэхтэри, дулҕалары туорууллар.
- Дулҕанан сүүрүү - төрөппүттэр. ( 4 мас дуоска)
Икки кыттааччы старка турар, иккилии мас дуоскалаах. Сигнал бэрилиннэҕинэ 1 дуоскатын сиргэ уурар уонна онно турар, 2 дуоскатын иннигэр уурар уонна онно хардыылаан көһөр. Дуоскаларын уларыта сылдьан бэлиэни эргийэн кэлэр.
- Булчуттар - оҕолор. Сүүрэн тиийэн олбоххо тобуктуу олороллор, аттыларыгар турар корзинаттан мээчик ылан куобаҕы табыахтаахтар.
- Таба тириитигэр оҕону олордон сүүрүү.
- Мас тардыһыыта (хамаанданан).
Түмүк таһаарар кэммит тиийэн кэллэ. Биһиги ханты норуоттар хамсаныылаах оонньууларын үөрэттибит. Сөбүлээтигит дуо хантылар оонньууларын?
Кыттыбыт хамаандаларбытын эҕэрдэлиибит!
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Программа II Регионального форума приёмных семей Ханты - Мансийского автономного округа - Югры. г. Ханты -Мансийск
Программа II Регионального форума приёмных семей Ханты - Мансийского автономного округа - Югры. г. Ханты -Мансийск...
Закон Ханты-Мансийского автономного округа - Югры от 1 июля 2013 года №68-оз "Об образовании в Ханты-Мансийском автономном округе - Югре"
Закон Ханты-Мансийского автономного округа - Югры от 1 июля 2013 года №68-оз "Об образовании в Ханты-Мансийском автономном округе - Югре"...
«Хамсаныылаах оонньуу оҕо ситимнээх саҥатыгар дьайыыта»
Хамсаныылаах оонньуулар оҕо тыла-өһө сайдарыгар улаханнык дьайаллар. Маны таба туһаннахха, оҕо тылын-өһүн байытыахха сөп. Ситимнээх саҥатын эмиэ сайыннарыахха сөп. Оҕо бэйэтин дьайыытын саҥара-саҥара ...
о5олорго олонхо хамсаныылаах оонньуулара
Оҕолор эт-хаан, өй-санаа өттүнэн сайдалларыгар маннык хамсаныылаах оонньуулар олус туһалаахтар. Оҕо оонньуу сылдьан бары өттүнэн сайдар.Аллараа дойду олохтооҕо уонна дьөһөгөй оҕолоро – или...
«Айыы бухатыыра» хамсаныылаах сонор сценария
Олонхонон «Сонор» хамсаныылаах оонньууга интэриэьи уоскэтии. Олонхо сурун ойдобулун, тылын-оьун, геройдарын, Айыы бухатыырын танаьын-сабын, туттар сэбин сэбиргэлин чинэтии. О5о тылын-оьун ...
Саха норуотун хамсаныылаах оонньууларыгар олоҕурбут, эти хааны сайыннарар аралдьытыылар сценарийдара.
Оҕону эт- хаан өттүнэн сайыннарыыга, билии - көрүү өттүнэн сайдыытыгар өбүгэ оонньууларын иллэҥ кэмҥэ эрэ буолбакка, дьарык уонна аралдьытыы быһыытынан киллэриэххэ сөп....
Сахалыы хамсаныылаах оонньуулар
КүлүүстэһииУтарылаһар дьон ойоҕосторунан тураллар, аҥар атахтарын хатыйа тутан тирэнсэн баран, орто тарбахтарынан ыга ылсан тардыһаллар.Миэстэтиттэн хамсаабыт, тарбаҕын төлө ыыппыт эбэтэр сулбу тардыб...