«Хамсаныылаах оонньуу оҕо ситимнээх саҥатыгар дьайыыта»
проект по теме

Попова Марианна Алексеевна

Хамсаныылаах оонньуулар оҕо тыла-өһө сайдарыгар улаханнык дьайаллар. Маны таба туһаннахха, оҕо тылын-өһүн байытыахха сөп. Ситимнээх саҥатын эмиэ сайыннарыахха сөп. Оҕо бэйэтин дьайыытын саҥара-саҥара оңордоҕуна, ордук табыллар. Хамсаныылаах оонньуу кэмигэр кини саңа тыллары истэн-үтүктэн ылынар, бэйэтин тылын-өһүн байытынар уонна инникитин оонньууругар туһанар. 

Скачать:

ВложениеРазмер
Microsoft Office document icon hamsanyylaah_oonnuu.doc33.5 КБ

Предварительный просмотр:

Тобул санаа:  «Хамсаныылаах оонньуу оҕо ситимнээх саҥатыгар дьайыыта»

Тобул санааны тоһоҕолооһун:

Оҕо тылын-өһүн байытыыга хамсаныылаах оонньуу улаханнык дьайыан сөп. Тоҕо диэтэххэ, оҕо хамсаныыта кини сайдыытын төрдө буолар. Хамсаныы – оҕо эт-хаан эрэ өттүнэн буолбакка, өй-санаа, тыл-өс өттүнэн эмиэ харгыстанар. Онон, хамсаныылаах оонньуулар оҕо тыла-өһө сайдарыгар улаханнык дьайаллар. Маны таба туһаннахха, оҕо тылын-өһүн байытыахха сөп. Ситимнээх саҥатын эмиэ сайыннарыахха сөп. Оҕо бэйэтин дьайыытын саҥара-саҥара оңордоҕуна, ордук табыллар. Хамсаныылаах оонньуу кэмигэр кини саңа тыллары истэн-үтүктэн ылынар, бэйэтин тылын-өһүн байытынар уонна инникитин оонньууругар туһанар. Хамсаныылаах оонньуу оҕо сүргэтин көтөҕөр, оҕо үөрэр-көтөр, саңаны-сонуну ылынарга аһаҕас буолар. Ону мүччү көппөккө тоҕоостоох түгэңңэ саңаттан саңа тыллары киллэрэн, ону тутуннарар олус көдьүүстээх. Бу оҕо өйдүүр тыла хаңыырыттан таһынан кини үгүстүк туттарын, туһанарын хааччыйар кыахтаах.

Онон, хамсаныылаах оонньуу оҕо тылын-өһүн байытар, ситимнээх саңатын сайыннарар кыаҕын туһаныыга бу барыл оңоһуллар.

Сүрүн сорук:

Оҕо тылын-өһүн байытыыга, сайыннарыыга кини күннээҕи олоҕор хамсаныылаах оонньууну киэңник туһаныы.

Сылыктааһын:

Өскө:

О5о күннээ5и оло5ун тэрийиигэ сарсыардааңы эрчиллиилэртэн са5алаан хамсаныылаах оонньууну күн устата кинини кытта тэрээһиннэр быыстарыгар, таһырдьатаа5ы дьаарбайыыга, көргө-нарга, сынньалаң кэмигэр киллэрэн, иитээччи о5о саңарар саңатын сайыннарар үлэ көрүңүн, ньыматын күүскэ дьүөрэлээтэ5инэ -  

Оччо5уна, о5о тыла-өһө сайдыытыгар  хамсаныылаах оонньуу көдьүүһэ үрдүүр.

Самалык соруктар:

- о5о күннээ5и оло5ор хамсаныылаах оонньуу бары дьарыктарын кытта дьүөрэлээһин;

- норуот хомо5ой, уус уран тылын (аман өһүн) бары көрүңүн (өс хоһоон, таабырын, ырыа-тойук, хоһооннор, үгэлэр, чабырҕахтар) хамсаныылаах оонньууга үгүстүк туһаныы;

- хамсаныылаах оонньуунан о5о тылын-өһүн байытыытыгар сайыннарар эйгэни тэрийии (төбөҕө кэтэр-иилинэр тэрил, маска);

- хамсаныылаах оонньууну о5о бары дьарыгын кытта дьүөрэлээһин;

- төрөппүттэри дьиэ кэргэңңэ о5о тылын-өһүн сайыннарыыга хамсаныылаах оонньууну туһаайыы, ылыннарыы

Тирэхтэр:

- норуот уус-уран айымньыта, аман-өһө;

- о5о хамсаныылаах оонньуутун бары көрүңнэрэ;

- анал литература, методикалар;

- хамсаныылаах оонньууга туттуллар тэриллэр, айыл5а эйгэтэ.

Сэрэйиллэр харгыстар:

- Саха о5отун сахалыы тылынан иитиигэ, сайыннарыыга анал литература татыма суо5а;

- Иитээччи о5о ситимнээх саңатын сайыннарыыга хамсаныылаах оонньууга туттарыгар анал ыйынньык, хомуурунньук суо5а;

- Төрөппүт о5отунаан оонньообото, о5олуун алтыһар кэмэ кэмчитэ.

Туоратыы:

- хамсаныылаах оонньуу бары көрүңэр о5ону сайыннарар тустаах эйгэни тэрийии;

- сахалыы анал ыйынньыгы, хомуурунньугу оңостуу;

- о5о тылын сайыннарыыга хамсаныылаах оонньууга төрөппүтү кытта үлэ бары көрүңүн туһаныы.

Саба5аланар түмүктэр:

О5о5о:

- тыла-өһө байар, ситимнээх саңата сайдар;

- бэйэтин оонньуутугар туһанар, киллэрэр;

- бэйэтэ тэринэн ба5а өттүнэн оонньуур.

Иитээччигэ;

- билиитэ-көрүүтэ, сатабыла үрдүүр;

- о5ону кытта үлэтин көрүңэ-ньымата хаңыыр, саңа-сонун хайысхалары булар;

- анал ыйынньык, хомуурунньук оңоһуллар;

- сайыннарар эйгэ ситэ-хото тэриллэр.

Төрөппүккэ:

- о5о тылын-өһүн сайыннарыыга туһаайыллар, о5отунаан оонньоон сыһыана тупсар, өйдөһөр;

- о5отун доруобуйатын тупсарар.

Үлэ түһүмэхтэрэ:

Тэрээһин:

Төрөппуту кытта үлэ. О5о тылын-өһүн баайын тургутан көрүү, үлэ сыллаа5ы торумун оңостуу, сайыннарар эйгэни тэринии, төрөппүтү бу үлэ5э кө5үтүү.

Сүрүн түһүмэх:

Барыл былаанынан үлэни ыытыы, үлэ хаамыытынан барылы ситэрэн, көннөрөн биэрии. Тургутуу, тургутар ньыманы наардааһын, сааһылааһын.

Түмүктээһин:

-ыйынньыктары, хомуурунньуктары оңостуу

-диагностика ыытыы

-хаһыакка тахсыы

-выставка тэрийии

-аа5ыыларга кыттыы


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Оҕо ситимнээх саҥатын сайыннарыыга олоҥхо урамньытын туһаныы

Төрөөбүт ийэ тылы иҥэриигэ, кини өлбөт мэҥэ уутун курдук киһиэхэ илгэлээх, күүстээх дьайыыны оҥор...

Оҕо ситимнээх саҥатын сайыннарыыга олоҥхо урамньытын туһаныы

Олоҥхоҕо этии силигэ сиппитэ көстөр...Оҕо эрдэҕиттэн уһуйуллан киһи олоҥхону ылымматаҕына, абылаппатаҕына кэлин олоҥхоҕо сыстыбат, олоҥхо эйгэтигэр кыайан киирбэт.Оҕо саастара олоҥхону бобуу, буойуу-х...

Ханты норуоттарын хамсаныылаах оонньуулара

О5олорго уонна тороппуттэргэ аналлаах аралдьытыы...

о5олорго олонхо хамсаныылаах оонньуулара

Оҕолор эт-хаан, өй-санаа өттүнэн сайдалларыгар маннык хамсаныылаах оонньуулар олус туһалаахтар. Оҕо оонньуу сылдьан бары өттүнэн сайдар.Аллараа дойду олохтооҕо уонна дьөһөгөй оҕолоро – или...

«Айыы бухатыыра» хамсаныылаах сонор сценария

Олонхонон «Сонор» хамсаныылаах оонньууга интэриэьи уоскэтии. Олонхо сурун ойдобулун, тылын-оьун, геройдарын, Айыы бухатыырын танаьын-сабын, туттар сэбин сэбиргэлин чинэтии. О5о тылын-оьун ...

Саха норуотун хамсаныылаах оонньууларыгар олоҕурбут, эти хааны сайыннарар аралдьытыылар сценарийдара.

Оҕону эт- хаан өттүнэн сайыннарыыга, билии - көрүү өттүнэн сайдыытыгар өбүгэ оонньууларын иллэҥ кэмҥэ эрэ буолбакка, дьарык уонна аралдьытыы быһыытынан киллэриэххэ сөп....