"Лөҥкөлөй бухатыыр" А.Федоров
учебно-методический материал
Олоҕурбут ньыманан толорууга чөмчүүк саастаах оҕолорго олоҥхо сценарийа
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
1.longkoloy_buhatyyr.docx | 18.6 КБ |
Предварительный просмотр:
«Лөҥкөлөй бухатыыр» А.С.Федоров
Олоҥхоһут:
Аҕыс иилээх- саҕалаах
Атааннаах-мөҥүөннээх
Аан Ийэ дойду
Аллаах ат туйаҕын саҕаттан
Тэнийэн чэлгийэн
Орто дойду буолбута үһү.
Ити саҕана
Икки саханы элбэттин диэн
Үс саханы үөскэттин диэн
Үөһээ дойду дьүүлдьүттэрэ
Ытык биир ыалы
Ыйаахтаан анаабыттар.
Ол дьонтон төрөөн
Орто дойду бухатыыра
Лөҥкөлөй Боотур
Баар буолбута үһү.
Ол олордохторуна
Кылбаа маҥан кыталык кыыл
Кылбааран көтөн кэлэн
Маннык диэн тойуктаах буолла.
Кыталык:
Дом ини дом!
Эдьиийдээтэр эдьиийиҥ
Айыы Умсуур удаҕан
буолабын эйиэхэ.
Нохочо Баай тойон оҕонньор
Ньидьили Баай эмээхсин
Диэн ытык ыал
Ньургустай Куо диэн кыыстарын
Аллара дойду ааттааҕа
Алып Мэҥэлэстэй былдьаан ылан
Күүс өттүнэн күтүөттүү сытар.
Дом ини дом!
Олоҥхоһут:
Онуоха, биһиги киһибит
Лөҥкөлөй Боотур соһуйа иһиттэ.
Лөҥкөлөй Бухатыыр:
Дьэ-Буо!
Эрэллээх доҕорум,
Аналлаах атаһым,
Сыспай сиэллээх
Байбара маҥаас атым
Ыраах да, чугас да буолларгын
Кэлэ тарт!
Ат ырыата:
Анньаһаа- анньаһаа!
Үтүө санаалаах
Эрэллээх иччикэйим!
Орто туруу дойдуга
Оһоллоох-боһоллоох күннэргэр
Көмө буоларга анаммытым.
Олоҥхоһут:
Омуна-төлөнө суох эттэххэ
Өр-өтөр гыммакка
Лөҥкөлөй Боотур
Абааһы уолун иннигэр
Биирдэ баар буола түстэ.
Ый устата
Уларса сылдьан охторсон,
Хардары таары тэпсиһэн
Суорба таас хайаны
Тоҕо кэстилэр
Аар хара тыаны
Хампы тэбистилэр.
Эмискэ алдьархайдаах
тыас өрө хабылла түстэ да
Абааһы уола
Алып Мэҥилэстэй
Ньургустаан Куо кутун ылан
Ыйыстан кэбиһэн баран
Алыһар балык буолан умсан хаалла.
Лөҥкөлөй Боотур
Өр-өтөр гыммакка
Уорааннаах Уот Кудулу далайга
Тиийэн кэллэ.
Биэрэк иччитэ
Биэрэс атах, биилкэ сарын
Бэкиллэхээн эмээхсинтэн туоһуласта.
Бэкиллэхээн эмээхсин:
Ээ-һэ-һэ-һэ!
Аллараа дойду албан ааттааҕа
Аҕыс уон аҕыс
Ааһар албаһынан
Алыһар балык буолан
Ньургустаан Куо кутун
Ыйыстан кэбиһээт
Уот Кудулу далайга
Умсан хаалбыта.
Олоҥхоһут:
Ону истээт биһи киһибит
Уот Кудулу далайга
Сүүрэн тиийэн
Хахайдыы хаһыытаата
Кыыртыы кыбдьырынна.
Онуоха
Били адьарай ааттааҕа
Аатын түһэн биэримээри
Бэйэтэ бэйэтинэн ойон таҕыста.
Алып Мэҥэлэстэй:
Бууйака- бууйакаа!
Эйигиннээҕэр буолуохтары
Сиргэ-буорга тэпсибитим,
Кэриэс-хомуруос тылгын этэ оҕус!
Олоҥхоһут:
Инньэ диирин кытта
Уолуктаһа түстүлэр,
Ый орулуур отут хонугун мэлдьи
Турбакка-олорбокко охсустулар.
Ол сылдьан биһиги киһибит
Тимир үөрбэтинэн
Дьөлө түһэн кэбистэ да
Алып Мэҥилэстэй
Чоруун таас куттаҕыттан
Били кыыспыт кута өрө көтөн таҕыста,
Ону Лөҥкөлөй Бухатыыр
Хап гына хабан ылан
Аан Алахчын биэрбит
Сиэлигэр суулаан кэбистэ.
Онтон туран аналлаах атын
Ыҥыран ылан
Алаһа дьиэтигэр
Айаннатан барда.
Өр-өтөр гыммакка
Көй бараан дьиэтигэр кэлэн
Айыы Умсуур удаҕаны
Ыҥыран ылан
Ньургустаан Куо кутун иҥэттэрэн
Күн сирин саҥаттан көрдөрдө.
Ол быыһыгар
Остуол уйарынан
Ас-үөл арааһын тартылар,
Оонньууну-көрү оройуттан туттулар.
Уруй уруйданна, айхал айхалланна!.
.