"Тимир куйахтаах Дьурантай бухатыыр"А.С.Федоров
материал на тему

Владимирова Евдокия Николаевна

Сценарий олонхо

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл timir_kuyahtaah_durantay_buhatyyr_original.docx31.08 КБ

Предварительный просмотр:

 Тимир Куйахтаах Дьурантай бухатыыр(А.С.Федоров)

(Олонхо)

Оонньуур дьоно:

1.Олонхоьут

2.Олонхоьут

3.Тимир куйахтаах Дьурантай Бухатыыр.

4.Тукулаана Куо.

5.Боппо тойон-кыыс а5ата

6.Чуучаана хотун-кыыс ийэтэ

7.Айыы ойууна.

8.Аартык иччитэ.

9. Абааьы бухатыыра Тимир Чыыбыстай

10.Кыаханньа кыыс

11.Сорук-Боллур.

12.Ат.

13.Абааьы о5олоро.

14. Айыы кыргыттара.

Маннайгы костуу

Сцена.Орто дойду.

Олонхоьут  1: Былыргы дьылым

Быдан анараа оттугэр,

Урукку дьылым

Отой анараа оттугэр,

ааспыт дьылым

адьас анараа таьаатыгар

ус саха уоскуу илигинэ,

туорт саха торуу илигинэ

Сир ийэ барахсан

Сиэрэй тиин тинилэ5ин са5аттан

Тэнийэн тэрбэйэн

Уунэн уоскээн

Сараадыйа улааппыта уьу.

Олонхоьут2:Ойон тахсар куннээх,

Охтон баранар мастаах,

Уолан суорайар уулаах

А5ыс иилээх са5алаах

Атааннаах –монуоннээх

Орто туруу дойду диэн

Олохсуйбута эбитэ уьу.

Олонхоьут 1: Сир ийэ барахсан улай киинигэр

Иэримэ дьиэни иччилээн

Иитэр суоьуну куруолээн

Бур-бур буруо таьааран

Ыал буолан

Боппо тойон о5онньор,

Чуучаана хотун эмээхсин

Баай байаннар,

Тот тотоннор

Олорбуттара эбитэ уьу.

Дьыл5а хаан оноьуутунан

Кэтэьэн-кэтэьэн

 кэлтэгэй буолбуттарын кэннэ,

куутэн куутэн

 куустэрэ быстарын са5ана

кыыс о5о мааныта

кун сирин корбут.

Олонхоьут 2:Бу о5олоро

Ус хонон устээх о5о са5а ,

Биэс хонон биэстээх о5о са5а,

Уон хонон уоннаах о5о са5а буолбут.

А5алаах ийэтэ

Саарба5а саьыаран улаатыннарбыттар,

Киискэ суулаан кистээбиттэр,

Эппит тылын быьа гыммакка

Атаахтатан ииппиттэр.

Олонхоьут 1:Ол курдук, кыыс о5о барахсан

Сааьын ситэн толоьуйэн барбыт.

Алтан уун тиэрбэьин курдук

Арылхай харахтаах,

Хара саьыл кутуругун туутун

Харсыьыннара уурбут курдук

Хойуу хаастардаах,

Ойон тахсар кун курдук

Орбо5ордуну уостаах

Киирэр кун килбиэнин курдук

Кытархай иэдэстээх

Эйэ5эс майгыылаах

Элэккэй саналаах

Дьуьуннээх утуотэ,

Коруннээх мааныта

Кыыс о5о кыраьыабайа буолбут.

Олонхоьут 2:Ойох барар сааьа

 Ойон тиийэн кэлбит.

Онуоха ийэлээх а5ата

Кыыс энньэтин

Эрдэттэн бэлэмнээбиттэр.

Танара табатын курдук

Таныннаран намылытаары,

Сир симэ5ин курдук

Симээн сэнньилитээри

То5ус улууска сура5ырбыт,

А5ыс улууска аатырбыт

Бакаанай ууска

Анаан минээн

Симэх онотторбуттар.

Сцена сырдыыр.Чуучаана хотун талах олоппоьун уонна ииьин  туппутунан сцена5а киирэр. А5аларын кэтэьэ-кэтэьэ иистэнэр, ырыа ыллыыр.

Чуучаана хотун : Тукулаана Куо,

Комус ччыычаа5ым,

О5ом сыыьа…

Тастан а5а киирэр, илиитигэр холбуйалаах.Уорбут- коппут.

Боппо тойон : Комус чыычаахпыт симэ5ин

Бакаанай уустан

Ситэттэрэн а5аллым.

Холбуйаны талах олоппоско уурар. Симэхтэри кордорор. Эмээхсин бастынаны ылан корор.

Чуучаана хотун:Тоойуом, Тукулаана Куо, кэлэ о5ус!

Кыыс киирэр. Симэхтэри корон, сирэйэ-хара5а сырдыы туьэр, дьонугар суурэн кэлэр. Ийэлээх а5а кыыстарын симииллэр.

Иккиэн: Кунду чыычаахпыт барахсан,

Мааны киьи буоларга

Бакаанай уус барахсан

Чочуйан онорбут симэ5ин

Кэтэртэхпит буолуохтун.

Кыыс симэхтэрин корунэр, эргичинниир.

Тукулаана Куо: Дьэ-буо,

Кунду тороппуттэриэм!

Суьуохтээх бэйэм сугуруйэн,

Хоолдьуктаах бэйэм хонкуйан,

Тоно5остоох бэйэм тонхойон тураммын

Махтанна5ым буолуохтун!

Ийэлээх а5атыгар сугуруйэр, сценаттан суурэн тахсар.Ийэлээх а5а эмиэ тахсаллар.

Олонхоьут 1:  Биир утуо кун Тукулаана Куо

Алта кыталык кыргыттарын кытта

Алаастарын ортотугар

Атах тэпсэ оонньообуттар

Хатын чаран быыьынан

Сасыьан киирэн барбыттар,

Куну быьа корулээн, коччуйэ сынньаммыттар

Кыргыттар оонньоон баран сынньана олорбуттар.

Олонхоьут 2: Эмискэ, хантан даа кэлбитэ биллибэккэ

Котор диэтэххэ которго майгыннаабат,

Кулгаахтаах истибэтэх,

Харахтаах корботох

Улахан бэйэлээх кыыла

Икки кынаттарынан сапсынан

Котон кэлэн сиргэ туьээт

Абааьы уолугар дьуьун кубулуйда.

Тыас-уус бо5о буола туьэр.Сцена тугэ5иттэн котор кыыл котон кэлэн кыргыттары эккирэтэр.Кыргыттар хаьыытаьа-хаьыытаьа сценаттан суурэн тахсаллар. Тукулаана Куо со5ото5ун хаалар.Котор кыылбыт сутэн баран абааьы буолан тахсан кэлэр.Кулэ-кулэ кыыска чугаьыыр, тоботун оройуттан харбаан ылар. Кыыс охтон туьэр. Абааьы уола илиитигэр кыыс кутун тутан турар.

Тимир Чыыбыстай: Алдьархайдаах аллара дойдуттан

Эьиги кыыскытын

Хоонньуга уктар

Холоонноох до5ор

Оносто та5ыстым (алларастыыр)

Абааьы которо буолан сценаны эргийэн тахсан барар. Кыыс ийэлээх а5ата суурэн тахсаллар.Охто сытар кыыстарын урдугэр тобуктаан олорон ытыыллар, айманаллар,Кыыс дьуогэлэрэ тахсан ытаьаллар.

Чуучаана хотун: Оо, о5ом!

Боппо тойон:Оо, комус чыычаа5ым!

Айыы ойууна киирэн кэлэр. О5онньордоох эмээхсини уоскутар.

Айыы ойууна: Иэримэ дьиэни иччилиэх

Аал уоту оттуох

Торотор о5ону толколуох

Комус чыычаахпыт

Алдьархайга тубэстэ.

Урун Айыы тойонтон кордоьор.

Уут таас уктэллээх

Укэр куйаас тыыннаах

 Урун Айыы тойонуом!

Унэн суктэн кордоьон эрэбин.

Айыы дьоно кунду комус кыыстара,

Тукулаана Куо кутун-сурун

Аллара дойду

Албан ааттаа5а, абааьы уола

Уоран-талаан барда.

Ону оруьуйэр

куустэ-комото ыытын даа диэн

суьуохтээх бэйэм сугуруйэн ,

хоолдьуктаах бэйэм хонкуйан тураммын

Орто дойдуну комускуур,

 араначчылыыр аналлаах

бухатыыр уоланна ыытын диэн

кордосто5ум- ааттаста5ым буолуохтун!

Ойуун тобуктаан умса туьэн олорор.Задник ортотугар баар куннэ уот тыгар.Кун фонугар Урун айыы тойон кулугэ костор.

Урун Айыы тойон: Сарданалаах манан халлаан

Урумэ долгунун уоьээ оттугэр

Уктэллэнэн уоскээбит

Тимир куйахтаах Дьурантай бухатыыры

Аат ааттаан, суон сурахтаан

Орто дойду айма5ын комускуургэ анаан

Ыытта5ым буоллун!

Кыайда5ына кини эрэ кыайыа!

Хотто5уна кини эрэ хотуо.

Уот харанарар, кулук сутэр. Сурдээх улахан тыас иьиллэр.Айыы ойууна тахсар. Эмискэ Тимир куйахтаах Дьурантай бухатыыр биирдэ баар буола туьэр.

Дьурантай бухатыыр: Айыым дьоно, ханна бааргытый?

Дьэ-буо!

Уоьээ урдук айыылартан

Орто туруу дойдуга

Араначчылыыр аналлаах

Тиийэн кэллим эьиэхэ.

Бухатыыр ыллыы турар кэмигэр кулиса икки оттуттэн айыы дьоно тахсаллар. А5а баьылык бухатыыртан кордоьор

Боппо тойон: Кор- буо!

Комус чыычаахпыт

Кутун сурун

Аллараа дойду адьарайдара

Уоран-талаан бардылар.

Куус-комо буол диэн

Кордостохпут- ааттастахпыт буолуохтун!

Ийэ чороонноох кымыьынан Дьурантай Бухатыыры кундулуур.

Олонхоьут 1: Кохсуттэн  тэьииннээх кун дьонноро

Ар5аьыттан тэьииннээх айыы аймахтара

Айыы бухатыырын одуулаан коорторо

Бысталаабыт тиит курдук

Быыппастар быччыннаах

Эриллэ5эс тиит курдук

Эрчимнээх илиилээх

Киэн аан курдук

Кэтит дара5ар туостээх

Алта былас сарыннаах

Быьый быьыылаах,

Бо5о моссуоннээх

Ураанхай о5отун уьуктаа5а

Киьи киэнин килбиэннээ5э эбит.

Дьурантай бухатыыр кымыьын иьэн баран ийэ5э чороонун туттарар. Куйахтаах батаьын ылар.Сцена5а ойуун тахсар, илиитигэр кымньыылаах. Дьурантай бухатыыр ойуунна норуон норгуйэр.

Айыы ойууна: Тимир куйахтаах Дьурантай бухатыыр,

Олор хаалар куннэр

Ороьултэ буоллун диэн

Комус кымньыыны биэрэбин.

Охсуьууга киирдэххинэ

Уьун субуйа кылыска кубулуйуо.

Дьурантай бухатыыр кымньыытынан салгыны эрийэр.

Дьурантай бухатыыр:Эрэллээх до5оруом,

 аналлаах атым, ханна5ыный?

Ат ырыата: Тимир куйахтаах Дьурантай бухатыыр,

Эрэллээх до5ор, алама5ай аргыс буола кэллим.

Сындыыстыы сыыйыллан, сырыыгын чэпчэтиэм

Эрэллээх коло буолуо5ум.

Боппо тойон: Орто дойдуга

Ананан туспут

Аттаах атым,

Суолдьут соно5оьум!

Айыы бухатыырын Тимир Дьурантайы кытта

Аллараа дойдуга киирсэннин

Кыайыы хотуу алгыстаах,

орогой талаан уктэллээх

Орто дойдуга эргиллээр.

Дьурантай бухатыыр:Дьэ-буо!

Аьыныгас санаалаах айыым дьоно,

быдан дьылларга бырастыыларын!

Дьурантай бухатыыр атынан айаннатан сценаттан тахсан барар.

Айыы дьоно: Уоьээ урдук айыылартан

Ананан туспут

Тимир куйахтаах Дьурантай бухатыыр!

Охтоохтон охтума,

Саалаахтан самныма!

Тукулаана Куобутун абааьы айма5ыттан

Быыьаан таьаар диэммит

Кордостохпут, ааттастахпыт буолуохтун!

Сцена харанарар.

Иккис костуу

Олонхоьут 2:Айыы бухатыыра

Атыгар хатана тустэ да айаннатан киирэн барда,

Чыпчылыйыах бэтэрээ оттугэр

Араас элбэх алаастары,

Туспа туора куоллэри,

Халын хара тыалары

Хайыта суурэн аастылар,

Орто уонна Аллараа дойду

Силбэьэр киинигэр

Айаннатан кэллилэр.

Олонхоьут1:Бу дойдуга а5ыс аартык

Ааннарын харабыллаабыт

Кыра унуохтаах,

Далла5ар кулгаахтаах,

Арбах баттахтаах,

 бычча5ар харахтаах,

суптугур сарыннаах,

Оьос хааннаах

Ыларга ылба5ай,

Биэрэргэ бэрдимсик

Аартык иччитэ

Баьылаан олорор эбит.

Аартык иччитин дойдута,Аартык иччитэ мас кэнниттэн тахсан кэлэр. Ону-маны иьиллиир.Илиитигэр кулуус тылын тута сылдьар.

Аартык иччитэ: Кор -буо!

Аан дойду ыпсыытын а5а баьылыга,

Аартык иччитэ, хал5ан тойоно

Мин буолабын!(кулэр)

Миигиттэн конулэ суох

Ким да киирбэт, тахсыбат.(кулэр)

Сымара тааска олорор.Ааны тонсуйар тыас иьиллэр.Аартык иччитэ соьуйан туран кэлэр.Иьиллиир.

Аартык иччитэ: Туох буолла?

Тимир Чыыбыстай: Аартык иччитэ,ааннын арый!

Аартык иччитэ: Ол то5о?

Тимир Чыыбыстай: Арый диибин дии!

Аартык иччитэ: Амтаннаах ас баар дуо?

Тимир Чыыбыстай:Арый диэтим дии,арый!

Аартык иччитэ аанын аьар.Сцена5а абааьы уола киирэр.Аартык иччитэ куттанан олоро туьэр.Абааьы уола кулэр.Аартык иччитэ кулгаа5ын саптар.

Тимир Чыыбыстай:Албан ааттаах

Аартыгым иччитэ,

Орто Дойдуттан

Кыайан-хотон иьэбин! (Кулэр)

Аартык иччитигэр эт быра5ан биэрэр.Аартык иччитэ эти сиир, унуо5ун тиниктиир.

Аартык иччитэ: Оттон били кыыьын?

Абааьы уола хоонньуттан мокучугу(кыыс кутун) хостоон таьаарар, кордорор. Онтон кулгаа5ар тутан иьиллиир. Кыыс ытыыра иьиллэр.

Тимир Чыыбыстай: Хух-хуух!

Мокучугу сцена ханас оттугэр быра5ар. Кулиса кэнниттэн илиитэ кэлгиллибит, сэниэтэ эстибит Тукулаана Куону тардан ылар. Аартык иччитэ кыыьы корон унан туьэр. Абааьы уола сурдээх улаханнык кулбутуттэн  Аартык иччитэ ойдонон кэлэр, тааьыгар олорор, этин салгыы сиир.

Тимир Чыыбыстай: Дьэ эрэ, нойоон!

Аартык иччитэ,

Ир суолбун ирдээн

Тиийэн кэллэхтэринэ

Этэн биэриэн да-

Моойдоох баскыттан матыан!

Ойдоотун дуо?

Аартык иччитэ: Ойдоотум!

Абааьы уола кыыьы соспутунан сценаттан тахсан барар. Аартык иччитэ абааьы уола тахсыбыт аартыгын уонна Орто дойдуга  тахсар аартыктары нэьиилэ хатыыр.Абааьы уола кэлбэтин диэн силлиир. Ааны  тонсуйар тыас иьиллэр. Аартык иччитэ  соьуйар,иьиллиир.

Аартык иччитэ: Туох буолла?

Дьурантай бухатыыр: Аартык иччитэ! Ааннын арый!

Аартык иччитэ:Ол то5о?

Дьурантай бухатыыр: Ааннын арый! Айыы бухатыыра кэллим!

Аартык иччитэ нэьиилэ ааны арыйар.

Аартык иччитэ:Чэ, киир.

Сцена5а Дьурантай бухатыыр киирэр. Тула оттун корунэр.

Дьурантай бухатыыр: Дьэ буо!

Убайдаатар убайым,

Аартыгым иччитэ!

Алдьархайдаах аллара дойду

Албан ааттаах атамаана

Тимир Чыыбыстай

Айыы айма5ын

Куннэ кордорбут

Комус чыычаахтарын

Тукулаана Куону

Уоран талаан барбытын

Ир суолун ирдээн иьэбин!

Аартык иччитэ ити тыллартан  олоро туьэр, толкуйдуур.

Аартык иччитэ: Ол онон барбыта!

Сцена тугэ5ин диэки ыйар. Айыы бухатыыра  ол диэки барар. Аартык иччитэ кинини албыннаабытыттан  кулэр.

Аартык иччитэ: Мин да5аны айыы бухатыырын албынныыр эбиппин ээ.(кулэр).

Кулууьунэн оонньуур. Бухатыыр тоннон кэлэр. Аартык иччитин хабар5атыгар туьэр.

Дьурантай бухатыыр: То5о албынныыгын?

Аллараа дойду аартыгын

Аана ханна баарый?

Ыйан биэрбэт буоллаххына

Моойдоох баскын быьыам!

Аартык иччитэ куттанан дьиннээх суолу ыйан биэрэр. Айыы бухатыыра кулууьу Аартык иччититтэн былдьаан ылан ааны бэйэтэ аьар. Аартык иччитин тааьынан баттатар уонна барар.

Олонхоьут 2: Арбах баттахтаах

Аартык иччитин

Айыы бухатыыра

Оро-таннары сахсыйан

Аллараа дойдуга

Ааьар аартык аанын

Кулууьун былдьаан ылан

Арыйан киирбитэ-

Амырыын сыттаах,

Буспатах балык миинин курдук

Бадыа будуо эркиннээх

Кэлтэгэй ыйдаах-куннээх

Уллэннии суурбут уоннээх

Хороннуу суурбут хомурдуостаах

Кыйманныы суурбут кымырда5астаах

Арбайа суурбут абааьылаах

А5ыс уон а5ыс

ааьар албастаах

то5ус уон то5ус

куодайар кубул5аттаах

алдьархайдаах аллара дойдута  эбит.

Аллараа дойду. Абааьы уола оо5уй о5ус илимигэр хааллыбыт кыыьы соьон киллэрэр.Кыыьы тутан коро- коро уорэн орутэ эккириир. Кыыс хаьыытыыр, куота сатыыр. Абааьы уола сценаттан тахсан барар. Кыыс илимиттэн толоруйэ сатыыр да кыаллыбат.

Тукулаана Куо: Ыый-ыый-ыыйбыан!

Аай -аай-аайбыан!

Кимнээх буолан кимим кэлэн комускуой,

Туохтаах буолан тугум кэлэн туруулаьыай…

Абааьы кыыьа сцена5а тахсар. Кыыс ытыыр ырыатын истэр, абарар.

Кыаханньа кыыс: Оссо кини ытыырдаах ба5астаах!

(Тукулаана кыыьы  уорбэтинэн охсор,кулэр)

Дьиэтиллэхпин-тиэриллэхпин!

Тыстыын ини баттахтаахпын

Ньыламанчай харачай

Кыаханньа кыыс буолабын!

Абааьы кыыьа Тукулаана кыыьы  уорбэтинэн охсор.Тимир Чыыбыстай киирэн кэлэр, айыы кыыьын комускэьэн абааьы кыыьыгар кыыьырар,уурэр.

Тимир Чыыбыстай: Хайа , бу тугуй, бар мантан!

Абааьы кыыьа кыыьыран уохсэ-уохсэ тахсан барар.

Тимир Чыыбыстай: Алдьархайдаах дойду

Албан ааттаа5а

Арсан Дуолай хос-хос сиэнэ

Мин буолабын!(кулэр, кыыска чугаьыыр)

Ньыгы-ньыгы-ньыгыйыгыам!

Адьыгы-дьыгы –дьыгыйыгыам!

Кыыьы илимиттэн босхолуур.Кыыс куота сатыыр.Абааьы уола эккирэтэн иьэн кыыс кута мокучук буолбутун хабан ылар. «Хуух» диэн баран кулиса кэтэ5эр быра5ар уонна тахсан барар.Айыы бухатыыра киирэн кэлэр.Абааьы уолун кордуур. Тимир Чыыбыстай уорбэлээх тахсан кэлэр.

Дьурантай бухатыыр: Аллара дойду адьарайа

Тимир Чыыбыстай

Айыы кыыьын

Тукулаана Куону

Босхолуу тарт.

Тимир Чыыбыстай: (сэнээн кулэр)

Эн диэтэх киьи

Туох буолан санардын?

Мин чиргэл унуохпун

Сэймэктии иликкинэ,

хара хааммын

то5о иликкинэ

Тукулаана Куо

Комус чыычаахпын

Биэриэм суо5а.(кулэр)

Абааьы уола суллугэьинэн туьэр,бухатыыр батаьынан туьэр.Охсуьуу са5аланар.

Олонхоьут 1: Тохтоон!

Аан дойдуну аймааман!

Уот Кудулу бай5алга баран охсуьар уьугут!

Тимир Чыыбыстай: Мин туох да буруйум суох!

Барыта бу Айыы бухатыыра!

(суллугэьин ылан куотар)

Дьурантай бухатыыр: Тимир Чыыбыстай!

Ир суолгун ирдиэм!

Тон суолгун тордуом!

Икки оттуттэн хайалар тахсаллар.Уот кудулу бай5ал костор.Бухатыырдар уот кудулу бай5алга охсуьаллар. Айыы бухатыыра хоттороору гыммытыгар, сцена5а Айыы ойууна тахсар.

Айыы ойууна: Тимир куйахтаах

Дьурантай бухатыыр,

Куус-комо буолла5ым буоллун!

Айыы ойууна сценаттан тахсар, Бухатыыр кымньыыны ылар, эргитэр.Кылыс буолар.Абааьы уола кэннинэн чинэрийэр.Айыы бухатыыра кылыьынан охсор, абааьы уола аьаран биэрэр. Айыы бухатыыра абааьы уолун сурэ5ин туьаайан анньар. Абааьы уола уот кудулу бай5алга охтон туьэр. Дьурантай бухатыыр помост урдугэр тахсар.

Дьурантай бухатыыр:Дьэ-буо!

Остоохпун оьордум!

Саастаахпын самнардым!

Уруй-айхал буолуохтун!

Ох саатын ылан ытар, кулиса кэнниттэн кыыс кута ытыьыгар кэлэн туьэр. Бухатыыр куту кулгаа5ар тутан иьиллээбитигэр кыыс ытыыра иьиллэр. Кыыс кутун моьооччугэр уктан сценаттан тахсан барар.

Олонхоьут 2: Айыы бухатыыра

Албан ааттаах

Адьарай айма5ын

Кыайан –хотон

Тукулаана Куо

Комус кутун

Хара5ын харатыныы харыстаан

То5ус тууннээх кун устата

Тохтоон уоскуйан турбакка

Сэттэ уон сэттэ

Силлиэ холорук сирдьиттэнэн

А5ыс уон а5ыс

Аан холорук аргыстанан

То5ус уон то5ус

Дохсун буур5а до5ордонон

Сир баьа холбоьор

Айан аартыгынан тахсан кэлбитэ-

Били аартыгын иччитэ

Баттаппыт тааьын анныгар

Тиэриллэн сытар эбит.

Ону короот , биьиги киьибит

Аьыныгас санаата киирэн

Аартыгын иччитин

Баттаппыт тааьыттан босхолоото.

Дьурантай бухатыыр: Аартык иччитэ,

Аны албыннаабат буол!

Айыы дьонугар

Аартыктарын аанын арыйар буол!

Аартык иччитэ ааны нэьиилэ аьан биэрэр.Бухатыыр тахсан барбытын кэннэ Аартык иччитэ ааннарын хатыыр.

Аартык иччитэ: Кэлбит-барбыт

Бары ата5астыыллар!

Туох соругар тороон эрэйи кордохпунуй?!

Мас кэннигэр баран , быыьынан корон турар.

 

Уьус костуу

Олонхоьут 1: Отут тууннээх куну мэлдьи

Айаннатан сиэллэрэн

Орто дойдуга тиийэн кэллилэр.

Биьиги киьибит

Дьурантай бухатыыр

Тукулаана Куо кутун инэрэн

Утуйбут уутуттан уьугуннарда.

Тукулаана Куо барахсан

Урун тыынын оруьуйбут

Тимир куйахтаах

Дьурантай бухатыырга

Ус тогул сугуруйдэ,

Уорэн мичилийэ турда.

Дьэ, ити курдук

Дойдуларын диэки

Чугаьаан истэхтэринэ

Атах сыгынньах

Сорук-Боллур уол

Таба корон ылан,

Дьонугар –сэргэтигэр

Суурдэн тиийэн

Кэпсии-ипсии турда

Сорук-Боллур уол: Аьуулаьатан, аьуулаьатан!

Аллараа дойду атамаанын кыайбыт

Дьурантай бухатыыр

Дьурулатан иьэр!

Кунду комус чыычаахпытын

Тукулаана Куобутун

Олор олуу тыыныттан

Былдьаан иьэр до5оттор!

Чэй эрэ тургэнник

Корсо охсор уьугут!

Аьуулаьатан, аьуулаьатан!

Орто дойду оло5о. Норуот сцена5а турар. Дьурантай Бухатыыр Тукулаана Куону атыгар олордон киирэн кэлэр.

Боппо Тойон: Комус чыычаахпытын

Тукулаана Куону,

Дьурантай бухатыыры

Толору кымыстаах чороонунан

Айах тутан корсуо5ун!

Дьурантай бухатыырга кымыстаах чороону туттараллар.

Боппо тойон: Уоьээ урдук айыылартан айыллыбыт

Тимир куйахтаах Дьурантай бухатыыр,

Айыы дьонун аатыттан

Албан ааккар

 Уруй- айхал этэбит.

Дьурантай бухатыыр: Дьэ-буо!

Орто туруу бараан дойду

Аьыныгас санаалаах

Айыы хаан айма5ын

Уйгулаах оло5о

Огдолуйбатын диэн

Олор-хаалар куннутугэр

Оруьуйэр буолуом!

Быстар ойдор куннутугэр

Куус комо буолуом!

Айыы дьоно: Дьэ-буо!

Аартыгын аана арылыннын!

Дьоллоох суолун тобулуннун!

Кэскилбитин торуттээбиккэр

Кэмэ суох махтанабыт!

Тускуо,тускуо!

Быыс сабыллар.Записька оьуохай  иьиллэр.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

"Лөҥкөлөй бухатыыр" А.Федоров

Олоҕурбут ньыманан толорууга чөмчүүк саастаах оҕолорго олоҥхо сценарийа...

«Айыы бухатыыра» хамсаныылаах сонор сценария

Олонхонон «Сонор» хамсаныылаах оонньууга интэриэьи уоскэтии. Олонхо сурун ойдобулун, тылын-оьун, геройдарын, Айыы бухатыырын танаьын-сабын, туттар сэбин сэбиргэлин чинэтии. О5о тылын-оьун ...

Конспект НОД по речевому развитию для детей старшего дошкольного возраста (5-6 лет) "У Федоры горе - поможем Федоре"

Уважаемые педагоги!!! Предлагаю вашему вниманию конспект НОД по речевому развитию для детей старшего дошкольного возраста (5-6 лет) на тему: "У Федоры горе - поможем Федоре"....

"Ойор-тэбэр аттаах Оҕо Бочоох Бухатыыр" Сэмэн Черноградскай

С. Черноградскай "Оҕо Бочоох бухатыыр" олоҥхотун  биирдиилээн олоҕурбут ньыманан толорууга уһуйаан саастаах оҕоҕо анаан кылгатыллан оҥоһуллубут сценарий....

"Күөнэ көҕөччөр аттаах күүстээх-уохтаах Күн Күндүлү Бухатыыр" П. Решетников

Уһуйаан оҕолоругар бөлөҕүнэн куолаан толорууга анаан кылгатыллыбыт олоҥхо....

"Кэскил бухатыыр" Юрий Борисов

Уһуйаан саастаах оҕолорго бөлөҕүнэн толорууга ананан кылгатыллан оҥоһуллубут олоҥхо сценарийа....

"Ой, Федора, Федора ..."

Математика — это доказательство самых очевидных вещей наименее очевидным способом....