Саха норуотун хамсаныылаах оонньууларыгар олоҕурбут, эти хааны сайыннарар аралдьытыылар сценарийдара.
методическая разработка

Оҕону эт- хаан өттүнэн сайыннарыыга, билии - көрүү өттүнэн сайдыытыгар өбүгэ оонньууларын иллэҥ кэмҥэ эрэ буолбакка, дьарык уонна аралдьытыы быһыытынан киллэриэххэ сөп.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл stsenariydar.docx99.87 КБ

Предварительный просмотр:

Алексеева Л. И.

Уус – Алдан улууһун  Бээди бөһүөлэгин 4 № - дээх        

“Туллукчаан” оҕо саадын иитээччитэ.

Саха норуотун хамсаныылаах оонньууларыгар уонна күрэхтэһиилэригэр олоҕурбут, эти – хааны сайыннарар аралдьытыылар сценарийдара

http://festival.1september.ru/articles/615708/img11.JPG

Бээди, 2019

ИҺИНЭЭҔИТЭ

Киириитэ..........................................................................................................3

Оҕой Боотур уолаттар күрэхтэрэ......................................................................4

Остуоруйа дойдутугар......................................................................................8

Ийэм, аҕам уонна мин - чэгиэн дьиэ кэргэн.....................................................11

Айылҕа оҕолоро...............................................................................................15

Кус быһый – ат бөҕө........................................................................................18

Остуоруйа дойдутугар өбүгэлэр оонньуулара..................................................22

Хамсаныылаах оонньуулар. Саха норуотун көрө, оонньуута..........................26

«Күөнэ көҕөччер аттаах күүстээх – уохтаах Күн Күндүлү бухатыыр” олнхонон интегрированнай дьарык ................................................................................29

КИИРИИТЭ

Орто туруу бараан дойдуга киһи барахсан, оҕо буолан окко түһээт, салгыны эҕирийиитэ кинини тута олох улуу мөккүөрүгэр киллэрэр. Кыра саастаах оҕону көрүү-харайыы, иитии эйгэтэ, ис хоһооно, ньымалара кини инники сайдыытыгар, киһи буолан тахсыытыгар улахан суолталаахтара биллэр. Психологтар оҕону биэһигэр диэри көрүү, иитии кинини киһи быһыытынан ис эйгэтин олоҕурдар диэн бэлиэтээһиннэрэ оруннаах. Туох барыта саҕаланыыттан, төрүтэнииттэн тутулуктаах.

Норуоппут эт-хаан, өй-санаа сайдарыгар аналлаах оонньуулара, өбүгэлэрбит аhаабыт аhылыктара, таҥныбыт таҥастара умнууга хаалбатын туһуттан, биһиги уһуйаан үлэһиттэрэ эти – хааны сайыннарар үлэни, оҕо өйүгэр санаатыгар төрөөбүт төрүт культура маҥнайгы олуктарын билиһиннэриини элбэҕи ыытыахтаахпыт.

Кырдьык даҕаны, ханнык баҕарар норуот тыыннаах хаалар, салгыы сайдар кэскилэ эт-хаан өттунэн сайдыыта буолар. «Чөл» - диэн тыл туттуллар суотатынан «Тыытыллыбатах, бутун, алдьамматах»- диэн быһаарыллар. Оттон «Чөл олох» диэн өйдөбүлэ өссө киэӊ. Табаахтан, арыгыттан аккаастанныбыт да, чөл олохтоох буолбаппыт. Чөл олохтоох буоларга оҕону кыра эрдэҕиттэн доруобуйатын бөҕөргөтүү өттүнэн сайыннарыыга элбэхтик үлэлэһиэххэ наада. Оҕо үксүн олорон дьарыктаннаҕына эт-хаан өттүнэн сайдыыта атахтанар. Ол оҕо өйүн-санаатын бытаардар. Ол иhин оҕону хамсаныылаах оонньууларга элбэхтик оонньотуу иитээччилэр, төрөппүттэр соруктара.

Аныгы үйэҕэ оҕо доруобуйатын бөҕөргөтүүгэ саӊаны тобулан булуу, саӊа сүүрээни киллэрии тоҕоостоох буолла. Оскуола иннинээҕи саастаах оҕону иитэр-үөрэтэр сүрүн программа федеральнай государственнай ирдэбилинэн интегрированнай уонна комплекснай-тематическай бириинсиптэр дьарыгы тэрийэргэ төрүт буолаллар. Бастатан туран, оҕону олордон буолбакка, хас да биридимиэти холбуу тутан, оонньуу сылдьан тугу эрэ үөрэтэн, дьарык ыытыллар. Онон оҕону эт-хаан өттүнэн сайыннарыыга, билии-көрүү өттүнэн сайдыытыгар өбүгэ оонньууларын иллэӊ кэмӊэ эрэ буолбакка дьарык уонна аралдьытыы быһыытынан киллэриэххэ сөп.

Байанай ыйыгар аналлаах

«Оҕой Боотур уолаттар күрэхтэрэ»

эти – хааны чэбдигирдэр аралдьытыы сценарийа

Сыала: Байанай ыйыгар анаан ыытыллыбыт үлэни түмүктээһин. Саха киһитин төрүт дьарыга булт  туһунан оҕолор билиилэрин  чиҥэтии, өбүгэлэр үгэстэрин, булт сиэрин-туомун салгыы билиһиннэрии. Айылҕаҕа тапталы, харыстабыллаах сыһыаны иитии. Үлэһит киһи этэ-сиинэ чэбдик, бэйэтин кыанар, тулуурдаах буолар диэн өйдөбүлү биэрии.

Туттуллар  тэриллэрэ:

1.        Булчуттар таҥастара.

2.        Оллоон, котелок.

3.        Оонньуурдар (куобах, тииҥ, 2 кыра обруч (маамыкта)

4.        Мас хайыһардар (2 хайыһар)

5.        Булчут туттар тэриллэрэ ( 2 рюкзак, чүмэчи, испиискэ, иһит-хомуос, быһах, саа, хапкаан, туһах, ботуруон,) Илим, куйуур, туу –хартыынаннан көрдөрүү.

6.        Кыыллар суоллара, кыыллар  кутуруктарын ойуута.

Буолар сирэ: спортивнай саала

  1.  Тэрээһин чаас «Кыьын»

Ыытааччы: Алтынньы, Сэтинньи ыйдар ыйдара – Байанай ыйдара  диэн ааттаналлар. Бу ыйга  булчуттар ыраах  бултуу-алтыы баралар. Күндү түүлээҕи эккирэтэллэр, эһэкээннэригэр үөмэлэр, айах туталлар. Оту-маһы алдьатыам суоҕа, наадыйарбын эрэ ылыам диэн андаҕар этэллэр. Саха булчута бултаан дьиэ кэргэнин иитэр-аһатар, таҥыннарар.

Бүгүн биһиэхэ үөрүүлээх күн Баай Барыылаах Байанайбыт күнэ. Үтүөкээн үгэстээх, Сээркээн сэһэннээх, өттук харалаах Баай Байанай бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибит уонна аралдьытыыга ыҥырабыт.

Биһиэхэ кыргыттарбыт хоһоон ааҕан иһитиннэриэхтэрэ, ырыа ыллыахтара.

 Хоьоон «Кыьын»  

Кэнчээрилээх алаастарбыт              

Кэнкир хара тыаларбыт  

Кылбан куобах сонунан              

Кылбаарыччы таҥыннылар

Кыраһалаах сарсыарда

Сонор бэрдэ арыллан

Тииҥнэр, киистэр суоллара

Ыйа, кэпсии сыталлар.                                    

Тоҥуу хаарга уйуктаах

Туут анал хайыһардаах

Таайым  Дьөгүөр сис тыаҕа

Тииҥнии, бултуу  сырыттаҕа

Аатырар чулуу сонордьут

Байанайдаах удьуор булчут

Кини көрөөт билэр ырааҕы

Булка-алка сур кыраҕы.

Музыка тыаһыыр «Маннайгы хаар»

Ыытааччы: Билигин биьиги, тыаҕа бултуу барыахпыт иннинэ ойуур олоҕун төһө билэргитин билиэхпит уонна таабырыннаһан ылыахпыт

  • Ууга олохтоох, от аһылыктаах кыыл баар үһү (Андаатар)
  • От-мас аһылыктаах ойуоккалаан оҕонньор баар үһү (Куобах)
  • Тор-тор торулуур маһы тоҥсуйар баар үһү (Тоҥсоҕой)
  • Ууга киирдэҕинэ балык, кытыыга таҕыстаҕына кыыл баар үһү (Үрүҥ эһэ)
  • Отоннооҕор оччугуй, оҕустааҕар күүстээх баар үһү (Буулдьа)
  • Баһаам элбэх аанынан ким да тахсыбат үһү (Илим)
  • Бииргэ миинниллэр икки ат баар үһү (Хайыһар)

2. Сүрүн чаас

Булчут киирэр. Үтүө күнүнэн оҕолор! Мин эһиэхэ ыалдьыттыы кэллим, булчуттарбын бултуу илдьэ бараары. Ол барыахпыт иннигэр булчуттарга оонньуу оонньотон көрөөрү гынабын.

Булчут: Булчут кыраҕы харахтаах, эрчимнээх илиилээх буолар. Ким саамай сытыы харахтааҕын, сымса илиилээҕин билиэхпит.

“Маамыкта быраҕыы” (Сыал быраҕыы кыра обруч) 2оҕо тахсар.

“Ыт буутун охсуута” Илиитин-атаҕын ыһыктабатах кыайар. (2 оҕо куоталаһар)

Ханнык баҕарар булчут  бэйэлэрэ миинэр көлөлөөх  уонна кыһыҥҥы тоҥуу  хаарга  атахтарыгар кэтиллэр  хайыһардаах буолаллар. Ол хайыһардарынан түргэнник сүүрэр, сырылыыр буолуохттаахтар. Онон билигин  ким  сымса, түргэн атахтааҕын билиэхпит.

«Хайыһарынан хаамтарыы» (2 кыра саастаах оҕо тахсар хайыһардаах)

Аны оҕолор, билигин булчут  туттар тэрилин төһө билэргитин көрүөхпүт.

Бу мин үрүкзээкпэр  араас  булчуттар, балыксыттар туттар тэриллэрэ бааллар  ону ааттыы-ааттыы булчут үрүкзээгэр уган иһиэхтээххит. Ким сөпкө ааттаан,  булан укпут киһи ол кыайар.

Оонньуулар:        

«Сөптөөх  тэрили  бул» 2 оҕо оонньуур.

«Кыылы кутуругунан  эбэтэр  суолунан бул» (Ойуунан                                            көрдөрүү).

Оонньуу  “Муҥхалааhын”

«Булчуттар»

1.        Булчут алгыһа

2.        Булчуттар бултуу бараллара

3.        Булт аһын амсайыы

Ыытааччы:  Көмүс кыымын ыһыахтаан

                       Кутаа уота умайда

                       Сырдаан, көстөн кэллилэр

                       Харыйалар, бэс мастар,

                       Муһуннулар көрдөөх дьоннор сааһыттар.

                       Көру-нары тэнитэн

                       Сэһэн-номох  эргитэн

                       Булчут дьонум айдаарар.

Булчут  уолаттар  оллооннорун тула олороллор, сэһэргэһэллэр.

Кырдьаҕас булчут:   Бултуу тахсыах иннинэ күрэхтэһиэх эрэ. Ким күүстээҕий? Булчут күүстээх буолуохтаах.

Күрэхтэһии “Күлүүстээhин”

Чэ эрэ, турдубут, бултуу бардыбыт.

Бастаан аал уоппутун аһатыаххайын.

Бары тобуктаан тураллар.

Булчут ас кээһэр.   Алгыс тыла-өһө.

                               Аал уотум иччитэ,

                               Алтан сэбэрэй эһэм.

                               Баай хара тыам иччитэ

                              Баай Байанай!

                              Алтан чуораан айаххар

                              Алҕаан аһатабын

                              Аһаа-сиэ, күлүм гын,

                              Мичик гын!

Бултуу бараары хомуналлар.

Оонньуу “Дулҕалаах сиринэн”

Ыытааччы:  Байанай  көрү-нары  таптыыр. Ол иһин кинини үөрэн-көтөн,  үчүгэйдик  туттан  көрсөллөр.  Биһиги эмиэ  үөрүөҕүн! 

3 чаас  Түмүк чаас

Тумук.   Биһиги аар тайҕабытын, тулалыыр  айылҕабытын мэлдьи харыстыаҕын! Оччоҕо эрэ көтөр-сүүрэр үксүү туруо, Баай  Байанайбыт араас булдунан  күндүлүү  туруо!

Баай Байанай күндүлээбит  аһыттан амсайыаххайын.

Остуоруйа ыйыгар аналлаах «Остуоруйа дойдутугар»

 эти – хааны чэбдигирдэр аралдьытыы сценария

Сыала: Саха оонньууларын билиилэрин чиҥэтии. Физкультура дьарыгар үөрэппит элеменнэрин күрэхтэһиигэ туттуу. Бэйэ – бэйэҕэ истиҥ сыһыаны иитии. Аралдьытыыттан бэһиэлэй настырыанньаны үөскэтии.

Инники ыытыллыбыт үлэ: 

  • Бэсиэдэ Саха остуоруйалара
  • «Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин», «Таал – Таал эмээхсин», «Куобахчаан дьиэтэ» саха остуоруйаларын ааҕыы.
  • Киһиргэс куобахчаан остуоруйаны оонньоон көрдөрүү.
  • Айар сорудах Сөптөөх тыллары туруор.
  • “Мин таптыыр остуоруйам” уруһуйдааһын.

Туттуллар тэриллэрэ: ойбонтон уулуурга - туос ыаҕайа, хардаҕас охторуутугар – хардаҕаска майгынныр туруору оонньуур, суһуох өрөргө – быалар. Остуоруйа хартыыналара.

Буолар сирэ: спортивнай саала.

1.        Тэрээһин чаас

Оҕолор быһаҕас төгүрүккэ тураллар.

Иитээччи: - Эмээхсиннээх оҕонньор

                     Былыр бу күн сиригэр,

                     Үүтээн дуомун туттаннар,

                     Олорбуттара эбитэ үһү дииллэр.

- Маннык ис хоһоонноох тыллартан туохтар саҕаланалларый? (Оҕолор эппиэттэрэ) Маладьыастар остуоруйалар. Онтон эһиги остуоруйаны төһө сөбүлээн истэҕитий? Ханнык саха норуотун остуоруйалары билэҕитий? (оҕолор эппиэттэрэ)

Иитээччи: Оҕолоор, онтон биһиги өбүгэлэрбит былыр кыһыҥҥы уһун киэһэлэри остуоруйалаһан, остуол оонньууларын, хамсаныылаах оонньуулары оонньоон киэһэлэрин билбэккэ атаараллар эбит.

- Ахсынньы аам – даам ыйа саамай уһун, хараҥа киэһэлэрдээх ыйынан биллэр, ол иһин биһиги эмиэ бу ахсынньы ыйдааҕы аралдьытыыбытын остуоруйаны кытта ситимнээтибит. (Саха остуоруйатынан хартыыналары көрдөрөр, таайтарар)

2. Сүрүн чаас

Оҕо этин – сиинин тургутарга аналлаах эрчиллиилэр:

  • Хаамарга эрчиллиилэр - илиибит үөһэ - атахпыт төбөтүгэр, илиибит туора – атахпыт тиҥилэҕэр, ойоҕостуу ойобут;
  • Бэйэ – бэйэбититтэн ууммут илиибит ырааҕын саҕа ыраах турабыт чохчойон хааман иһэн өрө ыстанан ылабыт;
  • Гимнастическай палканы ойуу, ытыспытын таһына- таһына;
  • Чэпчэки сүүрүү.

 Иитээччи: Таал - Таал эмээхсин ыаҕайатын тутан, ойбонтон уу баһа баран испит. Онтон билигин биһиги ойбоҥҥо тугу гынабытый, кимнээҕи уулатабытый? Саамай сөп сүөһүлэрбитин. Ойбон кырыаран, кыараан хааллаҕына сүөһүлэр уулуулларыгар эрэйдээх буолар. Сахалар сүөһүлэрин наһаа убаастыыллар, кинилэр баар буоланнар, аһатан тыыннаах сылдьабыт диэн саныыллар эбит. Ол иһин сүөһүлэрэ эрэйдээхтик уулуулларыгар үтүгүннэрэн, кинилэр оонньууга күрэхтэһэллэр. Уҥа илиилэринэн хаҥас кулгаахтарын эминньэҕин туталлар, хаҥас илиилэринэн уҥа атахтарын туталлар уонна чохчойоннор сиргэ турар иһити айахтарынан ыла сатыыллар.

  • Оонньуубут аата «Ойбонтон уулааһын» диэн. Ортоку ыаҕайа уурабыт. Биирдии - биирдии тахсан боруобаланан көрөбүт. Ким ыаҕайа быатыттан айаҕынан ытыран ылбыт ол кыайар.

Иитээччи: Кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ өбүгэлэрбит дьиэлэрин сылытаары, сырдатаары оһохторун иннитигэр элбэх хардаҕаһы бэлэмнииллэр эбит. Уонна ол хардаҕастарыттан ылан оонньуу айан оонньуулар.

  • Иккис оонньуубут аата “Хардаҕас охторуута”. Бу оонньууга баар оҕо барыта оонньуур. Төгүрүччү сиэттиһэн турабыт. Ортобутугар хардаҕаска майгынныр мас уурабыт уонна сиэтэн турар оҕобутун тардан, ол маһы сууллаттара сатыыбыт. Ким бүтэһик хаалбыт ол кыайар.

Иитээччи: Билигин сынньана таарыйа таабырыннаһан ылыахпыт. Мин таабырыннарбын болҕойон истиҥ уонна таайаарын:

  • Тыла суох кэпсиир, айаҕа суох саҥарар баар үһү (Кинигэ).
  • Кыһын ититэр, саас ирэр, сайын сүтэр, күһүн тиллэр баар үһү (Хаар).
  • Кыһын да, сайын да ойуулаах сонун устубат хотун баар үһү. (Харыйа)
  • Түөрт ааттаах биир кыыл баар үһү. (Дьыл кэмнэрэ)
  • Биир ыалдьыт сүгэтэ, эрбиитэ суох муоста муосталаабыт үһү. (Тымныы)
  • Күнүс килбигийэр, түүн бэрдимсийэр баар үһү (Ый).

Иитээччи: Үһүс күрэхтэһиибитигэр киирэбит. Былыр биһиги өбүгэлэрбит наһаа уһун хоп – хойуу толбонурар суһуохтаахтар эбит. Дэлэҕэ даҕаны ааттаах Олоҥхоҕо этиллэринэн, тоҕус былас суһуохтаах Туналҕаннаах Ньуурдаах Туйаарыма Куо диэн күн бүгүнүгэр диэри уос номоҕо оҥостон, былыргы да, аныгы да ырыаларга ыллыыллар. Кыыс оҕо суһуоҕа төһөнөн уһун, намылхай да, соччонон кини өссө киэркэйэр, дууһалыын ырааһырар.Туйаарыма Куоларын - Тоҕус былас суһуохтаах диэн хоһуйбаттар.

- Үһүс оонньуубут аата  “Тоҕус былас суһуоҕу өрүү” диэн. Манна биһиэхэ Тоҕус былас суһуоҕу өрүү. Былыргы биһиги өбүгэлэрбит баай дьону кинилэр кыыстарын суһуоҕунан сыаналыыллара үһү. Улахан баай дьон кыыстарын баттаҕын тоҕус суһуох гына өрөллөрө. Оттон орто баай кыыһын баттаҕын сэттэ суһуох гына өрөллөр эбит. Сөбүгэр баайдаах дьон кыыстарын баттаҕын үс суһуох гына өрөллөрө дииллэр. Төгүрүк иилэр аттыларыгар кэлэн турабыт уонна үс сүмэҕи кытаанах гына өрөбүт. Урут бүтэрбит гынан баран, суһуохтарын мөлтөхтүк өрбүт бөлөх кыайтарыылааҕынан ааҕыллар.

3. Түмүк чаас

- Ханнык саҥа оонньуулары хатылаатыбыт? Дьарыктарга, оонньууларга хатылыы сылдьыбыппыт туһалаата дуо? Суһуох өрөрбүтүгэр ханнык

эттикпит чааһа сайынна дии санаатыгыт?

- Ойбон диэн тугу ааттыыр эбиппитий? Ойбон ханнык дьыл кэмигэр баар буоларый?

- Хардаҕас диэн тугу ааттыылларый?  Бу оонньууну ханна уонна хаһыа буолан оонньуохха сөбүй?

«Ийэм, а5ам уонна мин – чэгиэн дьиэ кэргэн»

эти – хааны чэбдигирдэр аралдьытыы сценарийа.

Сыала: Дьиэ кэргэн чөл туруктаах буоларыгар уһуйуу. Сахалар күрэхтэһиилэригэр интириэһи үөскэтии. Дьиэ кэргэн уонна уһуйаан бииргэ алтыһан үлэлииллэрин тэрийии.

Инники ыытыллыбыт үлэ: 

  • Бэсиэдэ “Былыргы күүстээхтэр уонна быһыйдар”.
  • Айар сорудах “Сөптөөх тыллары туруор”
  • Конкурс “Айылҕа матырыйаалыттан саамай ураты спортивнай тэрил”
  • Дьиэ кэргэн хаартыскатын мунньуу.

Туттуллар тэриллэрэ хартыыналар, “Мин чэгиэн дьиэ кэргэним” хаартыскалар быыстапкалара.

Буолар сирэ: спортивнай саала.

Аралдьытыы хаамыыта:

  1. Тэрээһин чаас

Ыытааччы: - Үтүө күнүнэн, убаастабыллаах төрөппүттэр, оҕолор, иитээччилэр! Бүгүҥҥү аралдьытыыбыт ананар биһиги обществобыт тутааҕар дьиэ кэргэммитигэр. Дьиэ кэргэн диэн мээнэ тыл буолбатах. Бу ийэ - иһирэх тыллара, аҕа сылаас илиитэ уонна оҕо чуор күлүүтэ. Манна биһигини куруук күүтэллэр уонна таптыыллар. Төһөнөн дьиэ кэргэн бигэ туруктаах буолар да, оччонон биһиги государствобыт самныбат күүстээх буолар. Дьиэ кэргэн традициялара уһуйааҥҥа куруук бааллар уонна ону эһиги эмиэ салгыы сылдьаргытыгар барҕа махтал.

  • Билигин бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ кытта кэлбит дьиэ кэргэннэри билиһиннэрэбит (кыттааччылары кытта билиһиннэрии).
  • Сарсыарда күммүтүн туохтан саҕалаатахпытына күнү быһа сэргэхтик, чэгиэнник сылдьабытый? Эһиги дьиэ кэргэнинэн сарсыардааҥҥы хамсаныылары оҥороҕут дуо? (Оҕолор эппиэттэрэ) Билигин разминкаҕа ыҥырабыт. “Сарсыардааҥҥы хамсаныы” хоһоону этэбит уонна тылыгар майгыннатан хамсанабыт.

Сэбэргэнэ чаһыта сэттэ чааһы оҕуста,

Сэргэх чэгиэн сарсыарда түннүк тааһын сырдатта.

Ийэм, аҕам уонна мин кэккэлэһэ турдубут,

Илии, атах хамсанан имиллэҥнээн бардыбыт.

Туран эрэн сүүрдүбүт, туран эрэн ойдубут,

Мичилийэ - мичилийэ, эргичийэн ыллыбыт.

Тымныы уунан сууннубут, чэбдигирэн ыллыбыт

Сотторунан аалынан массаастана турдубут.

Сарсыардааҥҥы хамсаныы туһалааҕын билэбит,

Күнү быһа үөрэ – көтө, сылдьар иитии ылабыт.

  1. Сүрүн чаас

Иитээччи:  Махтал барыгытыгар уонна аралдьытыыбыт сүрүн чааһыгар күрэхтэһиилэрбитигэр киирэбит. Аралдьытыыбыт түөрт түһүмэхтэн турар: куобах, ыстаныы, кылыы уонна сүүрүү. Күрэхтэһиэхпит иннинэ убаастабыллаах жюриларбытын кытта билсэбит.(Билиһиннэрии) Барыгытыгар “Ким күүстээх – ол кыайдын” диэн туран саҕалыыбыт.

Күүскэ дайбаат,

Чохчос гынаат,

Туох баарынан ыстанна

Туостан туоска олук түһэн,

Биэтэк диэки

Ойо турда, чэк — чэк, тэк — тэк!

Бастакы түһүмэх “Куобах” - турар сиртэн эбэтэр чугастан сүүрэн кэлэн, икки атаҕынан тэҥҥэ тирэнэн, тохтообокко эрэ уон биирдэ ойуу. Тирэнэр кэмҥэ киһи тобуга бокуйар, икки илиитэ кэннин диэки буолар. Ойор киһи атаҕын күүскэ, түргэнник көннөрөн, илиитин иннин диэки эрчимнээхтик дайбаан саҕалыыр.

(Күрэхтэһии барар).

Иитээччи: Күрэхпит көхтөөх уонна бэһиэлэй буолла. Иккис түһүмэхпитин саҕалыыбыт.

-  Сүүрэн тибигирээн тиийэн

     Чэ, чээй! Ыстаан!

     Кутурук субурус,

     Буор бурҕас.

Иккис түһүмэх “Ыстаныы”- Сүүрэн кэлэн икки атахха олбу - солбу уон төгүл түһүөлээн баран, уон биириһигэр икки атахха тэҥҥэ түһүллэр. Сүүрүүтэ кылыы сүүрүүтүн курдук. тирэнэр атах уллуҥаҕар малтаччы соҕус үктэниллэр. Тирэнэн баран, өттүгү хамсатан, босхо атаҕы инники күүскэ быраҕыллар. Киһи иннин диэки төҥкөччү соҕус туттан, киэҥник атыллаан ойор. (Күрэхтэһии барар).

Иитээччи: Маладьыастар, бу да күрэхтэһиигэ олус тэтимнээхтик, кыайыыга дьулуурдаахтык кытынныгыт. Үһүс түһүмэхпитигэр киирэбит. Дьиэ кэргэн бары кытталлар.

  • Аҥар атах дэгэй, дэгэй

     Кылыйбахтаан сэгэй, сэгэй.

     Такымнары тардымахтаа,

     Тахсыылаахтык кылыйбахтаа.

Үһүс түһүмэхпит “Кылыы”  - сүүрэн кэлэн аҥар атаҕынан уон төгүл ойон баран, уон биириһигэр икки атахха тэҥҥэ түһүллэр. Маҥнайгы сүүрүү 20-30 м уһун буолуон сөп. Тирэнэр атах уллуҥаҕар бүтүннүүтүгэр үктэниллэр, босхо атах тобуга токуйан, биэтэҥнээн - такыҥнаан, ойору күүһүрдэр.

Хайдах эрэ табыйар курдук буолан баран, чэпчэкитик дэгийэн тирэниллэр. Илиини атахха сөп түбэһиннэрэн кэнниттэн инники диэки дайбаныллар. Үчүгэйдик, сатаан кылыйарга туох ханнык иннинэ атах, илии былчыҥа хамсыыра, салгыҥҥа көтүү, тыыныы - барыта сөпкө дьүөрэлэһэрэ наада. (Күрэхтэһии барар).

Иитээччи: Күрэхтэһиини сэргээн көрдүбүт, хамаандаларбытыгар ыарыйдыбыт. Ийэ, аҕа, оҕо бары көхтөөхтүк кыттыбыккытыгар махтанабыт уонна төрдүс түһүмэххэ киирэбит.

  • Быһый атах

Битий, битий

Түһэн биэр

Түргэнник, эрчимник!

Биэтэк кэллэ! Оо, маладьыас!

Төрдүс түһүмэхпит сүүрүү. Бастаан дьиэ аҕа баһылыктара сүүрэллэр, кэлэн ийэлэри ылан бараллар онтон кэлэн иккиэн оҕолорун ылан баран сүүрэллэр.

(Күрэхтэһии барар).

3. Түмүк чаас

Иитээччи: Манан биһиги аралдьытыыбыт күрэхтэһиилэрэ түмүктэнэллэр. Билигин убаастабыллаах жюри түмүк таһаарыан диэри оҕолорбут “Туругурдун дьиэ кэргэн” диэн ырыанан эһигини эҕэрдэлииллэр. (Оҕолор ырыалара)

Кыайыылаахтары наҕараадалааһын, кэлэн кыттыбыттарга махтаныы.

«Айылҕа оҕолоро» хамсаныылаах оонньууларга

эти – хааны чэбдигирдэр  аралдьытыы сценарийа

Сыала: Өбүгэбит оонньууларын, сиэрин – туомун билиилэрин чиҥэтии. Хамсаныылаах оонньуулар быраабыллаларын чиҥэтии.

Соруктара: 

Үөрэтэр соруга: күүстээх – уохтаах, сытыы- сымса буоларга үөрэтэр сахалыы оонньуулары кытта билиһиннэрии.

Сайыннарар соруга: оонньуу көмөтунэн бэйэбит норуоппут культуратыгар интириэһи үөскэтии, билэр – көрөр дьоҕурдарын сайыннарыы.

Иитэр соруга: өбүгэ сиэригэр – туомугар убаастабыллаах сыһыаны иитии.

Инники ыытыллыбыт үлэлэр:

  • Бэсиэдэ «Былыргы күүстээхтэр, быһыйдар тустарынан»
  • Оонньууга кэтэр атрибуттары оҥостуу.
  • Оонньууларга сөп түбэһэр картотекалары оҥорон аҕалыы.
  • Хоһоон, кэпсээн ааҕыы. Кинигэ көрүү.

Туттуллар тэриллэрэ: свисток, бөрө, кулунчуктар, саһыл, кырбый маскалара, кыыллар хартыыналара.

Буолар сирэ: спортивнай саала

Аралдьытыы хаамыыта.

  1. Тэрээһин чаас:

Биир колоннаҕа стройдаан туруу.

- Оҕолоор, бугун биһиги салгыы өбугэлэрбит оонньууларын, сахалар хамсаныылаах оонньууларын билиибитин чиҥэтиэхпит. Бүгүҥҥү аралдьытыыбыт үс хамсаныылаах оонньууттан турар. «Бөрө уонна кулуннар» диэн оонньууну улахан бөлөх оҕолоро оонньуохтара, «Кыыртаах кус» диэни кыра бөлөхтөр уонна “Баҕадьыһыттар” – уопсай. Быраабыллаларын хатылыахпыт уонна оонньоон көрүөхпут. Ол иннинэ билигин кыратык разминкаланыахпыт.

  • Тыыныы гимнастиката: биир тэҥник тыынабыт. Муннубутунан салгын эҕирийэбит уонна тутулуга суох таһаарабыт.
  • Төбө, илии эрчиллиилэрэ.
  • Сис, атах эрчиллиилэрэ.
  • Миэстэҕэ туран эрэн хаамыы, төгүрүччү сүүрүү.
  1. Сүрүн чаас.

- Билигин мин эһиэхэ «Бөрө уонна кулуннар» диэн оонньууну тэрийиэм (иитээччи быраабылланы хатылыыр).

«Бөрө уонна кулуннар»

Биир оҕо бөрө буолар, икки биэ уонна хаалбыт оҕолор бары кулунчуктар буолаллар. Оонньуур сигэ миэлинэн тардыы иһигэр кулуннар сылдьаллар. Аһыыр хонуулара оҥоһуллар. Кинилэри көмүскүүр аҕыйах сылгы баар буолар. Бөрө хонууга киирбэт. Кулуннар хонууттан хонууга күргүөмүнэн көһө сылдьаллар. Ол кэмҥэ бөрө харабыл сылгыга таарыйтарбакка эрэ кулуну бултаһар. Бөрөнү элбэтэн сылгыны аҕыйатан биэрдэххэ оонньуу түргэтиир.

  • Төһө өйдөөбүппүтүн билэ таарыйа оруоллары үллэстэн оонньоон көрүөхпүт.
  • Маладьыастар, билигин кыратык сынньана таарыйа таабырыннаһыахпыт:
  • Соҕуруу дойдуттан кырбас эт кыырайан кэлэр үһү (Кус).
  • Куска – хааска тойоммун, куоттарбакка ситэбин,

                 Кынатым тыаһа олуһун, кырата холорук силлиэбин (Мохсоҕол).

  • Күөх баархат бэргэһэлээхпин, көрүгэспинэн биллэбин,

          Саас аайы эрдэлиибин, садырым ууга дьиэлэнэбин (Көҕөн).

  • Бүтэй дьиэттэн төлө көтөн тахсар баар үһү (Сымыыттан көтөр оҕото тахсар).
  • Таҥара уола көмүс манньыаттары уобан баран турар (Кус сымыыта).
  • Хас саас ахсын соҕуруу дойдуттан хоту дойдуга кэлэбин (Кус).
  • Маладьыастар билигин иккис оонньуубутун быраабыллатын үөрэтиэхпит уонна оонньоон көрүөхпүт. (Быраабылланы быһаарар)

«Кыыртаах кус»

Биир оҕо кыырт, атыттар бары кус буолаллар. Бэйэ – бэйэлэриттэн 3-4 хаамыы ыраах гына икки сурааһын тардыллар. Сурааһыннар икки ардылара күөллэр билиилэрэ диэн ааттанар. Билиини кыырт кыраҕытык маныыр. Сурааһыннар истэрэ - күөллэр. Күөллэргэ кустар түһэллэр. Кинилэр биир күөлгэ өр тэһийэн олорботтор, сотору – сотору, күөлтэн күөлгэ төттөрү – таары билиинэн көтөллөр. Оччоҕо кыырт кинилэргэ саба түһэр. Кыырт таарыйбыт оҕото – куһа өлбүтүнэн ааҕыллар. Бу оонньуутан туоруур. Кыырт күөлгэ үктэниэ суохтаах. Кини кустары барытын туттаҕына, эбэтэр биир эмэ куһу кыайан туппакка аккаастаннаҕына, кыырды  атын оҕонон солбуйаллар, оонньуу салҕанан барар.

-Чэйиҥ эрэ, билигин оонньуубут быраабыллатын өйдүү таарыйа оонньоон көрүөхпүт. (Оонньууну кыра оҕолору кытта иккитэ, үстэ хатылыыбыт)

“Баҕадьыһыттар”

Күөлү сурааһынынан арыт маһынан бэлиэтииллэр. Оонньооччулар баҕаларынан сорохтор баҕадьыһыт, сорохтор балык буолаллар. Балыктар күөл иһигэр ыһылла сылдьаллар. Баҕадьыһыттар, илии – илиилэриттэн сиэттиһэн, күөлү аҥар кытыытыттан туорайдаан, уҥуоргу кытыыга анньыллаллар. Кинилэр балыгы күөл кытыытыгар кыһайан онно хаайан ылыахтаахтар.

Балыктар илии икки ардынан, алларанан, үөһэнэн куоталлар. Балыксыттар, балыктары куоттарымаары, илиилэрин үрдэтэн, намтатан биэрэллэр.

Күөл анараа кытыытыгар кыһаллан тиийбит балыктар бултаммытынан ааҕыллаллар. Тобохбалыктар бултаныахтарыгар диэри бултаммыт балыктар оонньууттан туорууллар. Баҕадьыһыттар аны күөлү төттөрү тардаллар.

Биир бөлөх хас да туонаны оҥордоҕуна, эбэтэр балыгы барытын бултаатаҕына атастаһаллар. Кинилэр балыктар буолаллар, урут балык буолбуттар баҕадьыһыттар буолаллар.

3. Түмүк чаас

- Бүгүн ханнык оонньуулары кытта билистибит? Интириэһиргээтигит дуо? Сайын тэлгэһэҕит иһигэр, табаарыстаргытын кытта оонньоорун. Эккитин – сииҥҥитин сайыннараарын, доруобуйаҕытыгар туһалаах буолуо диэн баҕа санаабын этэбин.

«Кус быһый, ат бѳҕѳ» эти – хааны чэбдигирдэр

аралдьытыы сценарийа

Сыала — соруга:

1.        Ѳбүгэлэрбит оҕону эт — хаан ѳттүнэн сайыннарар уратыларын туһанан сытыы — сымса, чэгиэн — чэбдик буоларга иитии.  

2.         Ѳбүгэлэрбит оонньууларын билиилэрин чиҥэтии.

3.         Бэйэ — бэйэҕэ истиҥ сыһыаны иитии.

Инники ыытыллыбыт улэлэр:

•        Бэсиэдэ «Сылгыны иитии — саха тѳрүт дьарыга»

•        Сылгы туьунан хартыыналары, хаартыскалары кѳрүү.

•        Физкультура дьарыгар, өбугэ хамсаныылаах оонньууларыгар олоҕурбут эрчиллиилэри хатылааһын.

•        Уруьуй дьарыга «Ат киэргэлэ - чаппараах»

Туттуллар тэрил:  ноутбук, проектор, 60 см уһуннаах кылаабыр угун маһын саҕа мастар, хас биирдии оҕоҕо кыра бириис, фоновай музыка.

Буолар сирэ: спортивнай саала

 1. Тэрээһин чаас      

Ыытааччы:  Сыспай сиэллээхпин,

                         Түѳрт тѳгүрүк туйахтааахпын,

                         Субуллар уһун кутуруктаахпын,

                         Илистибэт уһун тыыннаахпын — диир баар үһү

–        Бугун биьиги оҕолоор, Кулун тутар ый бэлиэтигэр — Дьөһөгөй оҕотугар анаан, өбүгэлэрбит оонньообут хамсаныылаах оонньуларыгар олоҕуран аралдьытыыбытын ыытыахпыт.

- Ат туһунан өс хоһооннордо истиэххэ

  • Үчүгэй ат биир кымньыылаах, үтүө киһи биир тыллаах.
  • Ат – киһиэхэ кыната.

2. Сүрүн чаас

- Оҕолоор, курэхтэһиэхпит иннинэ эппитин — хааммытын уһугуннарар эрчиллиилэри ооруоҥхпут.

Сорудахтаах хаамыы, сүүрүү:

  • Атахпыт төбөтүгэр, илиибит үөһэ.
  • Атахпыт тилэҕэр, илиибит кэтэхпитигэр.
  • Тилэхпит таһыгар үктэнэн хаамабыт, илиибит өттүкпүтүгэр.
  • Хороҥ оту үрдүнэн ыстанабыт.
  • “Кулунчук курдук» тобукпутун үөһэ көтөҕөн сүүрэбит.
  • Дьиэрэҥкэй
  • Аргыый бытаарыы, муннубутунан салгыны эҕирийэн баран, айахпытынан салгыны таьаарабыт
  • «Кус быһый — ат бөҕө» курэхпитин саҕалыыбыт.

•        Бастакы түһүмэхпит «Ат буолан сырсыы». Бары оонньуу быраабыллатын өйдүүбүт. (Хатылааһын)

Ат буолан сырсыы

Сайын сайылыкка тахсыы оҕо аймахха саамай күүтүүлээх кэм буолара. Оҕолор сындалҕаннаах уһун кыһын кэнниттэн кѳрсүһэн араас оонньуулары оонньууллара. Олортон биирдэстэрэ - «ат буолан күрэхтэһии».

Үс эбэтэр биэс оҕо икки илиилэринэн сиргэ тайаналлар, икки атахтарын тѳбѳтүгэр тирэнэллэр. Бары кэккэлэһэн, сүүрэргэ бэлэм тураллар. Сүүрэр сирдэрэ 30 — 50 метр уһуннаах кѳнѳ сир. «Чэ!» - диэн хамаанда кэнниттэн бука бары тэбис тэҥҥэ түһүнэн кэбиһэллэр. Кинилэр

сүүрэллэригэр икки илиилэрин — атахтарын тэҥҥэ ылан, сылгы эрчимнээхтик сүүрэринии тѳҥкѳйѳн барыахтаахтар. Ким урут эрдэттэн тардыллыбыт сурааһыны үктээн аастаҕына, ол оҕо кыайыылааҕынан тахсар уонна бүгүҥҥү күннээх оонньууга «баһылык» буолан оонньуулары салайар чиэскэ тиксэр.

•        Иккис түһүмэхпит «Ат сүүрдүүтэ» Манна ким таба быраҕара көстөр. 

Ат сүүрдүүтэ

Бу оҕолор сайыҥҥы кэмҥэ оонньуур оонньуулара. Икки оҕо биирдии бэйэлэрэ икки 60 см уһуннаах кыраабыл угун саҕа суон маһы ылаллар. Бу мастарын хардары - таары быраҕан сүүрдэллэр.

Бастакы оҕо биир маһын 5 метр курдук тэйиччи туора уурар. Иккис маһын тѳбѳтүттэн таҥнары тутан, биэтэҥнэтэн баран, сытар маһын таба быраҕыахтаах. Таптаҕына, сытар мас тэйэн, иннин диэки сыҕарыйар. Ол сыҕарыйбыт мас оннук сытыахтаах. Оттон оҕо иккис маһы ылан, биэтэнэтэн баран, урут сыҕарыппыт маһын таба быраҕан ѳссѳ тэйитиэхтээх. Ити курдук икки оҕо хардары — таары мастарын сүүрдүѳхтээхтэр.

Ѳскѳтүн биирдэстэрэ маһы сыыһа бырахтаҕына, тѳттѳрү 5 метрдээх сиригэр тѳннѳр уонна хаттаан сүүрдэр. Сүүрдэр сирдэрин устата туран быраҕар сирдэриттэн биэтэккэ диэри 20 метр буолуохтаах. Бу оонньуу оҕо сыыһа — халты туттубатыгар, этэ — хаана, ѳйѳ — санаата тэҥҥэ эрчиллэригэр туһалаах.

•        Үһүс түһүмэхпит «Тобук тардыһыыта» - ким ордук атаҕар күүстээҕэ учуоттанар оонньуута.

Тобук тардыһыыта

Оонньуу ыытааччы дьиэ ортотугар икки олоппоһу утарыта туруорар.

Икки күрэхтэһэр киһи ол олоппосторго уун — утары олорон, тобуктарын ыга кыпчыйсыахтаахтар. Бу олорон иккиэн илиилэрин кэннилэригэр сис туттуохтаахтар. Иккис киһи туох баар күүһүнэн тобуктарын икки аҥы араара сатыахтаах.

Ѳскѳтүн кини утарылаһааччытын тобуктарын икки ардынан киһи сутуруга батар буолбут буоллаҕына, кини кыайыылааҕынан тахсар. Оонньуу ыытааччы биир кыайыыны киниэхэ биэрэр уонна аны тобуктарын уларыта тутан күрэхтэһэллэригэр соруйар. Ол аата иккис киһи кыпчыйыахтаах, бастакы киһи кыайдаҕына, оонньуу ыытааччы хайалара бииринэн ордук кыайыар диэри салгыы крэхтэһиннэрэр.

•        Төрдүс түһүмэхпит «Атаралаан сүүрүү»

Атаралаан сүүрүү

Бу оонньууну ѳбүгэлэрбит саҕана ыһыах күрэхтэһиитигэр киллэрэр эбиттэр. Кырдьаҕастар кэпсээннэринэн, атаралаан сүүрэр киһи сиртэн тэйэн барыытыгар, кѳннѳрү сүүрэн иһэр киһини куотара эбитэ үһү.

Атаралаан сүүрүүнү 100 метр сиргэ эбэтэр 50 метр сиргэ холоон ыыталлар эбит. Түһэр сиргэ кэккэлэһэ турунан кэбиһэллэр. Оонньуу ыытааччы «чэ!» - диирин кытта, хаҥас атахтарын иннилэрин диэки, уҥа атахтарын кэннилэрин диэки сүүрэн иһэр курдук туттан, икки атахтарыгар тэбис — тэҥҥэ тирэнэн, иннилэрин диэки ойон иһиэхтээхтэр. Биэтэккэ диэри ѳрѳ тэйэн, урут атаралаан тиийбит кыайыылааҕынан тахсар.

3. Түмүк чаас

- Күрэхтэһиилэрбит түмүктэннилэр билигин сынньана уонна түмүкпүтүн күүтэ таарыйа таабырыннаһан ылыаххайын:

  • Уол атын ким да кыайан туппат үһү  (тыал, холорук).
  • Кыһыл кыыс халлаан устун хаамар үһү (күн).
  • Түөрт ааттаах биир кыыл баар үһү (дьыл кэмнэрэ).
  • Төгүрүк сылга биирдэ таҥнар, биирдэ сыгынньахтанар баар үһү (айылҕа).

Чэйиц бары бол5ойуц,

Чэмэличчи керуе5уц,

Чээн дэппит кыайыылаахтары

Чиэстии бочуоттуу ыцырыа5ын.

Тумук таьаарыы, на5араадалааьын.

«Олоҥхо дойдутугар өбүгэлэр оонньуулара»

эти – хааны чэбдигирдэр аралдьытыы сценарийа.

Сыала - соруга:

1.        Өбүгэлэрбит оҕону эт-хаан өттүнэн сайыннарар уратыларын туһанан сытыы-сымса, чэгиэн-чэбдик буоларга иитии.

2.         Сыл устата билсибит сахалыы төрүт оонньуулары хатылааһын.

Инники ыытыллыбыт үлэлэр

  • Олоҥхо туһунан бэсиэдэ.
  • Кырааскалааһын “Олоҥхо үс дойдута”
  • Дидактическай оонньуу “Пазыллары хомуй”
  • П. Е. Решетников “Күөнэ көҕөччөр аттаах күүстээх – уохтаах Күн Күндүлү бухатыыр” олоҥхону ааҕыы.
  • Эрчиллиилэр “Чалбах нөҥүө ой”, “Үөһэ бырах, түһэрбэккэ хап”

Туттуллар тэрил: Проектор, олоҥхо бухатыырдарынан слайд, сахалыы оонньууларынан слайд, өс хоһооннорунан слайд, оонньууларга атрибуттар, хас биирдии оҕоҕо мэтээл, фоновай музыка.

Буолар сирэ спортивнай саала

Ыытааччы: Чэбдик – ыраас доруобуйалаах,

                                Бөҕө-таҕа эттээх-сииннээх

                               Дьоһун дьоннор буоларга

                               Сүүрэри сөбүлүөх,

                               Эккириири элбэтиэх,

                               Куобахтаан куһуйуох,

                               Кылыйан кыыратыах,

                               Хапсаҕайга хадьыктаһыах,

                               Тустууга тургутуһуох,

                               Өйү-санааны сааһылыах!

                               Оччоҕо эрэ, оҕолор,

                               Уҥуоххут улаатыа,

                               Иҥииргит кытаатыа,

                               Доруобай, чөл куттаах

                               Туһа киһитэ буола улаатыаххыт!

Ыытааччы: Үтүө күнүнэн күндү оҕолор, төрөппүттэр, иитээччилэр, убаастабыл-лаах дьүүллүүр сүбэ!

(Олоҥхо геройдарынан, бухатыырдарынан презентационнай слайд барар).

Ыытааччы: Урукку кэмтэн биһиги төрүттэрбит төрүт-уус оонньуулара, хамса-ныылара баар буолан, оҕолор бэйэлэрэ дьарыктанан, кыыл-көтөр, үлэ-хамнас хамсаныыларын үтүктэн, сүүрэн-көтөн, ууга-хаарга хатарыллан, кыра эрдэхтэн үлэҕэ эриллэн-эрчиллэн эт-хаан өттүнэн бэркэ сайдаллара.

Ыытааччы: Ону таһынан, уһун кыһыҥҥы киэһэлэргэ, өбүгэлэрбит олоҥхону ордук сэргээн истэллэрэ. Эт-хаан сайдыытыгар иитиигэ олоҥхо сүрдээх ула-хан сабыдыаллааҕа, ол курдук бухатыырдар быһыылара – таһаалара, хайдах эрчиллэллэрэ, күүстэрэ – уохтара хоһуйуллара. Ол да иһин оҕолор олоҥхо бухатыырдарыгар тэҥнэһэ сатыыллара, бэйэ – бэйэлэрин ардыларыгар күрэхтэһэллэрэ. Күрэхтэһии иннинэ разминка оҥоробут.

Оҕо этин-сиинин туругурдарга аналлаах тыыныы эрчиллиилэрэ:

1. «Күнү көрсүү»

2. «Ыаньыксыттар»

3. «Күөрчэх ытыйыы»

4. «От охсуу»

Ыытааччы: Онтон бүгүн биһиги оҕолорбут олоҥхо бухатыырдарын курдук төһө сымса, түргэн, өйдөөх уонна күүстээх эбиттэрин быһаарыахпыт. Ол курдук өбүгэлэрбит кыстыктан көһөн сайылыкка тахсаллара биир кэрэ бырааһынньык буолара. Атыыр оҕус айаатааһына, оҕолор аймалҕаннара, киһи – сүөһү үөрүүтэ барыта биир тыын буолара.

•        Музыка тыаьыыр.

Ыытааччы: Сайылыкка атыыр оҕуһу харсыһыннарыы дьикти түгэнинэн буолара. Оҕустар харсыһан бүттэхтэринэ аны оҕолор харсыһа оонньууллара. Чэйиҥ эрэ, уоланнарбыт харсыһыыларын көрүөҕүн.

•        Хас сахалыы оонньуу ахсын көрүҥнэринэн слайд барар, быраа-былатын хатылыыллар, оҕолор бэйэлэрэ кэпсииллэрин ситиһии.

•        Оонньуу барар.

Ыытааччы: Итии, куйаас кэмнэргэ ынахтар бырдахтан, күлүмэнтэн мэһэйдэтэн сүгүн ыаппаттар дии. Оччоҕо тэбиэлэммэтин, мөхсүбэтин диэн хайыыллар этэй? (оҕолор эппиэттэрэ, ол кэннэ слайд көстөр). Маладьыастар, кэлин атахтарын быанан кыаһылаан кэбиһэллэр этэ дии уонна ону үтүгүннэрэн «Кыаһаланыы» диэн оонньууну тэрийэллэр эбит.

•        Оонньуу барар.

•        Ойуу тахсар, оҕолор оонньууну таайаллар.

Ыытааччы: Былыр өбүгэлэрбит дьадаҥы өттүлэрэ оттуулларыгар үксүн дулҕа-лаах сир тиксэрэ. Ол иһин дулҕалаах сиринэн иҥнибэккэ сылдьар туһугар араастаан туттан оттууллара. Кыһын хараҥа түүҥҥэ, сайын эрэйдэммит күннэрин санаан, ыалдьыт, хоноһо кэллэҕинэ «Дулҕалаах сиринэн» оонньуу тэрийэллэр эбит.

•        Оонньуу барар.

Ыытааччы: Төрдүс оонньуубут аата «Хороҥ оту үрдүнэн ыстаныы». Атахтарын төбөтүттэн икки илиилэринэн тутан баран, илиилэрин араарбакка, от үрдү-нэн ыстаныы.

•        Оонньуу барар

Ыытааччы: Бэһис оонньуу «Кириэс тэбии» (кыргыттар). Кириэстии ууруллубут мас үрдүнэн сис туттубут оҕолор атахтарын кириэстии тэбэн, маһы таарыйбакка, үҥкүүлээн ааһыахтаахтар. Ону кытта тэҥҥэ ханнык баҕарар ырыаны дорҕоонноохтук ыллыахтаахтар.

•        Оонньуу барар.

Ыытааччы: Оҕолор, сылайдыгыт дуо? Сынньанан, тыын ыла таарыйа өбүгэлэрбит олохторугар – дьаһахтарыгар дьүөрэлээн айан хаалларбыт өс хоһооннорун таайыаҕын.

•        Проекторынан ойуулар тахсаллар, ол ойууларынан өс хоһооннорун таайаллар.

•        Түмүккэ саамай элбэх өс хоһоону таайбыт оҕоҕо мэтээл кэтэрдэллэр.

•        Ойуу тахсар, оҕолор оонньууну таайаллар.

Ыытааччы: Алтыс оонньуу «Күлүүстээһин». Икки сурааһын тардыллар. Ол иһигэр икки оҕо киирэн туран уҥа илиилэрин ортоку тарбахтарынан тардыһаллар. Бу оонньууга тарбахтара күүстээх киһи кыайар эбит.

•        Оонньуу барар.

•        Ойуу тахсар, оҕолор оонньууну таайаллар.

Ыытааччы: Бу оонньуу олох былыргы, кыргыс үйэтинээҕи оонньуу. Оонньуу аата ким диэн этэй? (оҕолор эппиэттэрэ). Саамай сөп,  «Ыт буутун охсуһуута». Өбүгэлэрбит өстөөхтөрүн кыайан баран үөрүү бырааһынньыгар оонньууллара дии.

    Икки киһи уҥа илиилэринэн хаҥас кулгаахтарын туталлар, уҥа атахтарын хаңас илиилэригэр кэннинэн туталлар уонна кылыйа сылдьан санныларынан анньыһаллар. Илиитин-атаҕын ыһыктыбакка охтубут киһи, тугун да араарбакка, ойон туран салгыы оонньуон сөп.

•        Оонньуу барар.

•        Ойуу тахсар, оҕолор оонньууну таайаллар.

Ыытааччы: Өбүгэлэрбит кыыдааннаах кыһын тымныытыгар, кыараҕас балаҕан-нарыгар хаайтаран да олордоллор өссө остуол араас оонньууларын оонньоон уһун киэһэлэрин атаараллара. Аныгыскы аралдьыйыыга остуол оонньууларын тула төрөппүттэрбитин кытта күрэстэһиэхпит.

      Манан биһиги аралдьыйыыбыт түмүктэнэр, өбүгэ оонньууларын оонньооң, чэгиэн-чэбдик доруобай буолун диэн алҕаан туран минньигэс бириистэрбитин туттарабыт.

«Хамсаныылаах оонньуулар. Саха норуотун оонньуута, көрө»

эти – хааны эрчийэргэ аналлаах күн иккис аҥарыгар ыытыллар дьарык  сценарийа

Сыала: Норуот оонньууларын билиилэрин чиҥэтии. Саха оонньуула- рын кытта салгыы билиһиннэрии.

Соруктара:

Үөрэтэр: - олимпиадалар, спорт  тустарынан билиилэрин хаҥатыы;

                 - детсад саастаах оҕолорго саҥа интириэһинэй  өйдөбүллэри иҥэрии.

Сайыннарар:  - хамсаныылаах оонньуулар көмөлөрүнэн оҕо этин – сиинин эрчийии, сайыннарыы.

Иитэр:   - уопсай оонньууга бэйэ –бэйэҕэ истиҥ сыһыаны иитии;

               - эппиэтинэстээх, аһыныгас, болҕомтолоох, толорумтуо буоларга иитии;

               - «үтүө  санаа», «тулуур», «дьинээх доҕор» диэн сыаналаах өйдөбүллэри туттарга иитии.

Туттуллар тэриллэрэ: кыаһы быата,  дьиэ кыылларын ойуута.

Буолар сирэ: спортивнай саала.

1. Тэрээһин чаас

- О5олоор, эһиги хамсаныылаах оонньуулары  төһө сэргээн оонньуугутуй? (Оҕолор эппиэттэрэ)

- Бүгүн биһиги саҥа оонньуулары кытта билсиэхпит уонна оонньоон көрүөхпүт. Ол иннинэ бастаан разминка ыытыахпыт.

  • Хаама – хаама эрчиллиилэри оҥоруу. (Оҕолор бары оҥороллор)

- Ыллык суол устун хаамабыт,

Тиэтэйэммит иһэбит,

Сир аһыттан хомуйа.

(Илиибитин сиспитигэр тутабыт, бэйэ – бэйэбитин батыһабыт).

- Иннибитигэр чалбах хаайда, туоруур албас булабыт,

Илиибитин туора уунабыт, бэрэбинэҕэ чугаһыыбыт,

Сэрэнэммит тахсабыт, оргууй аҕай туоруубут.

- Төбөбүтүн  көннөрөбүт,

Атахпыт төбөтүгэр өндөйөбүт,

Атын муостаҕа тахсабыт

Көлүччэни туоруубут.

- Көр эрэ, доҕоччуок!

Хайдах курдук дьэдьэний!

Тобуктуохха, тууруохха,

Туран салгыы барыахха!

- Эмиэ суолга таҕыстыбыт

Тура түһэн ыллыбыт,

Эргичийэн ыллыбыт

Сүүрэн дьиэлиир буоллубут. (Чэпчэки сүүрүү)

- Оҕолоор, мин билигин эһиэхэ кыыллар ойууларын көрдөрүөм, онтон эһиги миэхэ ол кыыл хайдах хамсанарын  үтүктэн көрдөрөөрүн (аҥыр, баҕа, ат, куобах, үрүҥ эһэ, леопард).

  1. Сүрүн чаас.

- О5олоор, онтон куобах, эһэ, леопард тустарынан тугу этиэххит этэй? (Оҕолор эппиэттэрэ)

- Маладьыастар, онтон Олимпиадалар ханна буолалларый? Олимпиадаҕа кыттар сыалтан тугу гыныахха сөбүй? Ол күүстээх, сытыы – сымса буоларга оонньуулар көмөлөһөллөр дуо? (Эппиэт, бэсиэдэ)

- Бүгүн биһиги салгыы Саха норуотун оонньууларын кытта билсиэхпит. (презентация көрүү)

- Хамсаныылаах оонньуулар биһиэхэ былыр – былыргыттан саҕалаан оонньоноллор эбит. Хас биирдии норуот бэйэтэ айбыт омугун уратытын көрдөрөр оонньуулаах буолар эбит. Бу оонньуулар үксүн таһырдьа, сибиэһэй салгыҥҥа ыытыллаллар эбит, ол иьин оҕо доруобуйатыгар туһалара үгүс буолар. Билигин «Оҕустар харсыһыылара» уонна «Кыаһыланыы» диэн оонньууну кытта билсиэхпит:

«Оҕустар харсыһыылара»

Өбүгэлэрбит кыстыктан көһөн, сайылыктарыгар киириилэрэ туспа биир кэрэ бырааһынньык буолара. Атыыр оҕус айаатааһына, оҕолор үөрбүт-көппүт аймалҕаннара, күөрэгэй ырыата, айылҕа, киһи - сүөһү үөрүүтэ - барыта биир тыын буолара.

Атыыр оҕустары харсыһыннарыы сайылык иһигэр биир дьикти түгэн этэ. Оҕустар харсыһан бүттэхтэринэ аны оҕолор харсыһа оонньууллара.

Оҕолор оҕустары үтүктэн, айаатыы-айаатыы буору ытыстарынан хаһыйан, тобуктаан сылдьан кынчыаттаһан кэлээт, төбө-төбөлөрүттэн тирэһээт, харсыспытынан бараллара. Харсыһар кэмнэригэр оонньууну ыытааччы үс метр сири мээрэйдиир уонна ортотунан сурааһын тардар. Икки харсыһар оҕолору ол сурааһын икки ардыгар туруорар, төбөлөрүн холботон баран: "Чэ!" - диэн хамаандалыыр. Харсыһааччылар эмискэ төбөҕө түһүө суохтаахтар.

Өскөтүн бастакы оҕо иккис оҕону сурааһыныттан 1 м 50 см тэйиччи үтүрүйэн илтэҕинэ, оччоҕуна иккис оҕо кыайтарбытынан ааҕыллар.

«Кыаһыланыы»

Итии-куйаас кэмнэргэ ынах - сүөһү эмиийэ хатан эбэтэр кыымаайы, күлүмэн сиэн, дэлби бааһыран, кыайан ыаппат буолан хаалааччы. Ол иһин тэбиэлэммэтин, улаханнык мөхсүбэтин диэн кэлин атахтарын такымнарын үөһэ өттүнэн быанан кыаһылаан кэбиһэллэр.

Оҕолор элбэх буолан түмүстэхтэринэ «кыаһыланыы» диэн күрэхтэһии тэрийэллэр эбит. Икки бөлөххө арахсаллар. Оонньуу ыытааччы күрэхтэһээччи дьону барыларын атахтарын бэрбээкэйдэриттэн кыаһыланалларыгар этэр. Хаҥас бэрбээкэйдэрин куустаран ылан, иккитэ эрийэ тардан. уҥа атахтарын бэрбээкэйдэригэр аҕалан, сөллүбэт гына ыга баайан кэбиһэллэр. Оччоҕо атахтарын икки арда кыра арыттаах буолар.

Оонньуу ыытааччы 15 - 20 метр сиргэ күрэхтэһэр сир бэлэмниир. Икки бөлөх дьонун тус-туспа субуруччу туруортуур уонна бэлиэтэммит сири эргийэн кэлэн, урут турар икки киһи илиилэрин тэҥҥэ таарыйар. Кыаһылаах киһи, баҕар ойуоккалаан сүүрдүн, баҕар, хаамтын, ол бэйэтиттэн тутулуктаах. Оҕуннаҕына даҕаны туран сүүрүөх тустаах.

Өскөтүн сүүрэн истэҕинэ кыаһыта сөллөр күннээх буоллаҕына, көрө охсон тута бааныахтаах уонна салгыы сүүрүөхтээх. Бу оонньууну билигин кулууптарга, спортзалларга оонньотуохха сөп.

  1. Түмүк чаас.

Болҕомтоҕо оонньуу «Салгын, сир, уу»

-Салгын диэтэхпинэ илиигитин үөһээ уунаҕыт. Сир диэтэхпинэ – сиргэ олороҕут – илиигит эмиэ сиргэ. Уу диэтэхпинэ- илиигитин иннигитигэр уунаҕыт. (Ааттарын буккуйан ааттыыр. Ким болҕомтото суох, сыыһа толорбут иннин диэки тахсан иһэр. Ким болҕомтолоох, кэнники миэстэтигэр туран хаалбыт - ол кыайар).

- Ханнык саҥа оонньууну биллигит? Интириэһиргээтигит дуо? Дьиэлэригэр бу оонньуулары оонньоон көрүөхтэрэ диэн эрэнэбин. Көрсүөххэ диэри!

«Күөнэ көҕөччөр аттаах күүстээх-уохтаах Күн Күндүлү бухатыыр»

олонхо сюжетыгар интегрированнай аралдьытыы сценария

Оҕолор көбүөргэ олороллор. (Сахалыы музыка тыаһыыр)

Иитээччи: Охтон баранар мастаах,

Уолан баранар уулаах

Орто туруу дойдуга

Көхсүттэн тэһииннээх,

Көмүскэс санаалаах

Күн Өркөн улууһугар

Ортотунан курданар,

Оройунан дугунар

Ураанхай сахалар диэн

Олорбуттара эбитэ үһү.

Орто дойду айылҕатын, алаастарын, кыылларын (кыталык), үүнээйилэрин (сардаана сибэкки) ынахтар, сылгылар тустарынан оҕолорго кэпсээһин).

Оҕо этин-сиинин туругурдарга аналлаах тыыныы эрчиллиилэрэ:

1. «Күнү көрсүү»,

2. «Ыаньыксыттар»,

3. «Күөрчэх ытыйыы»,

4. «От охсуу»,

5. «Мас хайытыы»,

6. «Хачыал»,

7. «Чохчоохой»

«Күөнэ көҕөччөр аттаах күүстээх-уохтаах Күн Күндүлү бухатыыр» диэн олонхо ис хоһоонунан оҕолор эрчиллиилэри оҥороллор:

Бухатыыр бултуурун сыал быраҕан көрдөрүү.

Бухатыыр орто дойду дьонун быыһыы барар - «Ыстаҥа»

Аллараа дойду устун айан «Хороҥ оту үрдүнэн ойуу», «Кыаhыланыы», «Дулҕалаан сиринэн», «Хороҥ оту үрдүнэн ойуу», «Кириэс тэбии».

Түмүк чааһа:

Бухатыыр дьону быыһаата. Дойдуларыгар кэлэн оонньоотулар, күрэхтэстилэр.

Хамсаныылаах оонньуу «Оҕустар харсыhыылара».

Оһуохай.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

«Хамсаныылаах оонньуу оҕо ситимнээх саҥатыгар дьайыыта»

Хамсаныылаах оонньуулар оҕо тыла-өһө сайдарыгар улаханнык дьайаллар. Маны таба туһаннахха, оҕо тылын-өһүн байытыахха сөп. Ситимнээх саҥатын эмиэ сайыннарыахха сөп. Оҕо бэйэтин дьайыытын саҥара-саҥара ...

Ханты норуоттарын хамсаныылаах оонньуулара

О5олорго уонна тороппуттэргэ аналлаах аралдьытыы...

О5о толкуйдуур дьо5урун сайыннарар математическай логикалаах оонньуулар

Ученай, педагог, Саха Республикатын оскуолатын утуолээх учуутала П. И. Шадрин «Основные проблемы начального образования в Якутской АССР» диэн научнай популярнай улэтигэр: «…бэ...

о5олорго олонхо хамсаныылаах оонньуулара

Оҕолор эт-хаан, өй-санаа өттүнэн сайдалларыгар маннык хамсаныылаах оонньуулар олус туһалаахтар. Оҕо оонньуу сылдьан бары өттүнэн сайдар.Аллараа дойду олохтооҕо уонна дьөһөгөй оҕолоро – или...

Олоҕурбут ньыманан толорууга олоҥхо сценарийа

М.Обутова -Эверстова "Үрүлү Бэргэн" олоҥхотун уһуйаан оҕотугар сөптөөх гына кылгатан оҥоһуллубут сценарий...

Саха норуотун оонньуулара уонна оонньуурдара

Билиьиннэрии кеме матырыйаал...