"Кэскил бухатыыр" Юрий Борисов
учебно-методический материал
Уһуйаан саастаах оҕолорго бөлөҕүнэн толорууга ананан кылгатыллан оҥоһуллубут олоҥхо сценарийа.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
keskil_buhatyyr.docx | 25.46 КБ |
Предварительный просмотр:
“Көмүскэс санаалаах күн айыы киһитэ Кэскил бухатыыр”
Юрий Борисов
- Олоҥхоһут
- Олоҥхоһут
- Олоҥхоһут
- Кэскил бухатыыр
- Нарыйаана Куо
- Кээчиис Хотун эмээхсин (кыыс ийэтэ)
- Килбиэн Тойон оҕонньор(кыыс аҕата)
- Сорук – Боллур
- Ачаа – Бачаа (абааһы уола)
- Арбай – Сарбай (абааһы уолун ийэтэ)
- Хара Тыын тойон – абааһылар ыраахтааҕылара
1 Олоҥхоһут:
Тоҕус уон тоҕус күөллэр
Силбэспит сирдэригэр,
Аҕыс уон аҕыс таас хайалар
Алтыспыт сирдэригэр,
Уолан көҕүрээбэт
Өрүстэр баар сирдэригэр,
Хараҥарбат халлааннаах,
Тахсан баран
Киирэн биэрбэт күннээх,
Охтон бараммат күөх тыалаах
Орто туруу дьаҕыл дойду
Оҥоһуллубута үһү.
Бу орто дойдуга
Аллараа дойдуттан
Икки хаамар атахтааҕы
Иннинэн сирэйдээҕи
Айахха уктар оҥостоору
Аллараа дойду атамааннара,
Албын тыллаахтара
Аал Луук Мас аннытынан
Оргууй уоран кииртэрэ үһү.
2. Олоҥхоһут
Ол бириэмэҕэ, ол кэмҥэ
Кээчиис диэн Хотун эмээхсин,
Килбиэн диэн Тойон оҕонньор
Күөрэлэ диэн алааска олороллоро.
Кинилэр кэрэттэн кэрэ
Тоҕус былас суһуохтаах
Буспут моонньоҕон курдук
Чоҕулуччу көрбүт
Хап – хара харахтаах
Нарын бэйэлээх
Нарыйаана Куо диэн
Суос соҕотох кыыстаахтара.
Арай биирдэ
Үүт үчүгэй күн үүнэн турдаҕына
Төп – төгүрүк истээх,
Үс атахтаах
Быччайбыт аҥаар харахтаах
Хойуу түү, барыта түү
Куһаҕан сыттаах – сымардаах
Ачаа – Бачаа диэн абааһы уола
Ынас гына түспүт.
Ачаа – Бачаа
Кыыскытыгар
Кэргэн көрдүүр сурахтааххытын
Кэлэн миэхэ кэпсээтилэр,
Кыыскытын миэхэ
Кэргэн биэриҥ,
Күн курдук көрүөм
Хараҕым харатын курдук хараһыйыам!
3.Олоҥхоһут
Абааһы атамаана
Ачаа – Бачаа обургу
Кэрэ дьүһүннээх кыыстарын
Биэримээри гыммыттарын
Былдьаан ылан
Куһаҕан баҕайы хаспахха аҕалбыт.
Ачаа – Бачаа
Кэлиҥ, көрүҥ
Кийииккитин харахтааҥ!
Арбай- Сарбай
Ачаа- Бачаа ийэтэ
Арбай-Сарбай эмээхсин
Кийиит кэлбититтэн
Ис- иһиттэн үөрэн туран
Маннык диэн ырыалаах буолбут.
Иһиликпин- таһылыкпын,
Иэхэйикпин- чуохайыкпын
Уон хонуктаах
Уруу тэрийиэхпит,
Аллараа дойду
Ааттаахтарын ыҥырыахпыт.
Оҕолорбут барахсаттар
Аллараа дойдуга
Бастыҥ ыал буолуоххут.
Уу-һа-һа-һаа!
1.Олоҥхоһут
Абааһы быһый атахтааҕын
Дойдуларын устун ыытан
Аллараа дойду ыраахтааҕытын
Хара Тыын тойону ыҥыртарбыттар.
Хара Тыын тойон
Ар – дьаалыскай,
Аар – татай, оҕолоор, аа-һа-һа-һа
Хата бэккэ диэн
Аймаҕым Ачаа -Бачаа
Нарын кэрэ бэйэлээх
Нарыйаана Куону
Уоран- талаан ылаҥҥын
Ойох оҥостоору сылдьаргын
Аара ааспыт абааһыттан
Истэммин, үөрэммин
Хата ас тахсыа диэммин
Бэйэм бэйэбинэн
Бу кэлэн турабын ээ
Һа - һа - һа.
2.Олоҥхоһут
Онуоха ис истэриттэн үөрэн туран
Абааһыларын ас амтаннааҕынан аһаталлар
Уонна кийииттэрин көрдөрөллөр.
Хара Тыын тойон
Дьэ дьиэлээх абааһылар,
Дьиибэ- дьээбэ да эбиккит,
Маннык кыраһыабай кыыһы
Хаспах курдук сиргэ хаайбыккыт,
Нарыйаана Куону
Миэхэ атыылааҥ,
Мин төһө баҕар харчыны биэриэм.
Ачаа-Бачаа
Мин кинини элбэх эрэйинэн
Манна аҕаалтым,
Кэрэ киһибин Нарыйаана Куону
Кимиэхэ да биэриэм суоҕа.
Нарыйаана Куо
Ыый-ыыйбын,
Аай-аайбын,
Мин сырдык ырам,
Дьиҥнээх аналым
Эһиги буолбатаххыт.
3.Олоҥхоһут
Ол кэмҥэ, ол бириэмэҕэ
Эмиэ орто дойдуга
Кинилэртэн ыраах- ыраах
Аарыма улахан алааска
Дьоһун- мааны
Сүөкүлэ эмээхсин ийэлээх,
Бөҕөстөн оҕонньор аҕалаах
Үтүө ыалга
Олорбута күүстээх- уохтаах
Кыраһыабай мөссүөннээх,
Күн киһитэ көмүскэс майгылаах,
Айыы киһитэ аһыныгас санаалаах
Кэскил бухатыыр.
Көмүс чыычаахтарын
Нарыйаана Куоларын
Абааһы атамааныгар былдьаппыт
Ийэлээх аҕата эрэйдээхтэр
Сорук Боллур уолу ыҥыран
Кэскил бухатыыры
Көмөлөһө- көмүскүү кэллин диэн
Илдьит ыыппыттар.
Сорук-Боллур
Сүөкүлэ диэн
Хотун эмээхсин ийэлээх,
Бөҕөстөөн диэн
Тойон оҕонньор аҕалаах
Кэскил бухатыыр
Эн буолаҕын дуо-диэн ыйыппыт.
Уонна Кээчиис диэн
Хотун эмээхсин,
Килбиэн диэн
Тойон оҕонньор
Илдьиттэрин субу курдук
Кэпсээн ипсээн барбыт:
Аһулаһаатан! Аһулаһаатан!
Күрүлүүр күнүс турдаҕына
Аллараа дойдуттан
Ачаа- Бачаа абааһы
Кэлэн биһигиттэн
Тоҕус былас суһуохтаах
Нарын кэрэ бэйэлээх
Нарыйаана Куобутун
Көрдөрбүтүнэн туран
Былдьаан- талаан барда.
Быыһыах диэбит дьоммут
Антах хайыстылар,
Өрүһүйүөх диэбит дьоммут
Өлөн хааллылар,
Онон быыһаатаххына
Эн эрэ быыһыаҥ,
Абыраатаххына
Эн эрэ абырыаҥ,
Өрүһүйдэххинэ,
Эн эрэ өрөһүйүөҥ диэн
Нарыйаана Куо
Ийэлээх аҕата илдьит ыыттылар,
Курдукчай,курдукчай.
Кэскил бухатыыр
Дьэ-буо,
Хара санаалаах абааһы
Хам баттаабыт буоллаҕына
Нарыйаана Куону быыһыам.
Мин уһун күннээх- хонуктаах,
Сэриилээх кыргыһыылаах
Айаҥҥа туруннум.
1. Олоҥхоһут
Олоҥхотун олоҥхо
Омуннаахтык түргэнник
Кэскил бухатыыр барахсан
Маҥан акка олорон
Нарыйаана Куо
Ийэлээх аҕатыгар
Тиийэн кэлэр.
Кэскил бухатыыр
Мин хоолдьуктаах бэйэм
Хоҥкуйан туран,
Сүһүөхтээх бэйэм
Сүгүрүйэн туран
Ыраах айаммар
Алгыһы аныыргытыгар көрдөһөбүн.
Нарын бэйэлээх
Нарыйаана Куону
Ким уоран талаан
Эһигини атаҕастаан барда?
Кээчиис хотун эмээхсин,
Килбиэн тойон оҕонньор
Ачаа-Бачаа абааһыттан
Кыыспытын быыһаа,
Эр киһи буоларыҥ быһыытынан
Абааһылары кытта охсус,
Алгыһы кытта айаннаа!
Кэскил бухатыыр
Мин хара тыын бухатыырдарын
Барыларын бастарын быһыталыам,
Абааһылартан
Нарыйаана Куону быыһыам!
2. Олоҥхоһут
Инньэ диэн баран
Кэскил бухатыыр
Маҥан атыгар олоро түһэр да
Уһун суол устун айанныы турар.
Олус өр буолаат,
Олус ырааҕы айаннаат
Барбатах балык
Миинин курдук
Бороҥ халлааннаах,
Куруук саһа сылдьар күннээх,
Уһун хараҥа түүннээх
Дойдуга тиийэн кэлбит.
Барар суолугар араас абааһылар,
Эрэйдээх эриирдэр
Мэһэйдии сатаатылар да
Барыларын кыайан – хотон
Өрөгөйө үрдээбит.
Өр өтөр гыммакка
Кэскил бухатыыр уол
Киэһээҥҥи хараҥаҕа
Күрүөлээх балаҕаҥҥа
Хааман кэлэн киирбит.
Хара Тыын Тойон
Көнө майгылаах
Көрсүө санаалаах
Кэскил бухатыыр
Илэ бэйэҕинэн
Кэлэн турар буоллаххына
Нарын бэйэлээх
Нарыйаана Куо
Кэргэнин кытта киирис,
Кыайдаххына кэрэ дьүһүннээх
Нарыйаана Куону илдьэ барыаҥ,
Онтон төттөрүтэ буоллаҕына
Нарыйаана Куо манна хаалыаҕа.
3.Олоҥхоһут
Аллараа дойду ыраахтааҕыта
Инньэ диирин кытта
Ачаа- Бачаа абааһы тахсан
Кэскил бухатыыры
Саайаары гыммытын
Биһи киһибит аһаран биэрбит.
Ачаа-Бачаа дьэ абарар,
Улаханнык кыыһырар,
Кэскили эккирэтэр.
Кэскил бухатыыр
Ачаа- Бачаа хараҕын
Хайа анньыбытыгар
Ачаа- Бачаа сарылыы- сарылыы
Тугу да сатаан көрбөккө
Оргуйа турар күөллээх ууга
Түһэр да туга да ордубат.
1.Олоҥхоһут
Кэскил бухатыыр уол
Кыайбыт киһи быһыытынан
Өрөгөйө үрдээн, үөрэн-көтөн
Кэрэ дьүһүннээх
Нарыйаана Куону
Сиэтэн ылар да
Дьиэлэрин диэки хаамса тураллар.
Сотору буолаат
Орто дойдуга,
Нарыйаана Куо дьиэтигэр
Тиийэн кэлэллэр.
Кылбаа маҥан баттахтаах
Эмээхсиннээх оҕонньор
Сүүрэн кэлэн
Кыыстарын сыллыы түһэллэр,
Үөрүүлэриттэн буолан
Көмүскэлэрин уута халыс гынар.
Кээчиис хотун эмээхсин,
Килбиэн тойон оҕонньор
Эн, Кэскил бухатыыр уол
Биһи кыыспытын Нарыйаана Куону
Быыһаабытыҥ иһин махтанан туран
Тугу көрдүүргүн барытын биэриэхпит,
Тугу этэргин барытын толоруохпут.
Кэскил бухатыыр
Олохтоох тыллаах
Килбиэн тойон оҕонньор,
Тойуктаах туйгуна
Кээчиис хотун эмээхсин!
Хара дьиэҕит хараҥаччытын,
Үрүҥ дьиэҕит үрүмэччитин
Тоҕус былас суһуохтаах
Нарын бэйэлээх
Нарыйаана кыыскытын
Кэргэн биэриҥ!
Кээчиис Хотун эмээхсин,
Килбиэн Тойон оҕонньор
Иэримэ дьиэбит иэйэхситин
Биэрэрбитин- биэрбэппитин
Биһиги билбэппит,
Кыыспыт бэйэтэ биллин!
Нарыйаана Куо
Төрөппүт күн күбэй ийэм,
Айбыт аар тойон аҕам,
Аһыныгас санаалаах
Кылбаа маҥан аттаах
Кэскил бухатыыр
Абааһы аймаҕын
Ааттааҕын кыайан
Аллараа дойдуттан
Арааран аҕалан
Аламай маҕан күммүн көрдөрдө,
Кинини кытта ыал буолабын,
Тойон Кэскил бухатыырдыын!
Кээчиис Хотун эмээхсин
Тоҕус былас суһуохтаах
Нарын бэйэлээх
Нарыйаана Куо кыысчааммыт!
Кылбаа маҥан аттаах
Күндү күтүөппүт
Кэскил бухатыыр буоллун!
Килбиэн Тойон оҕонньор
Аал уотта оттунуҥ,
Алаһа дьиэтэ тэриниҥ!
Аҕыс үйэ тухары
Аҕа ууһун тэнитэн
Албан ааккыт
Аар-саарга аатырдын.
Уруй ини!
Айхал ини!
2.Олоҥхоһут
Нарыйаана Куо ийэлээх аҕата
Алгыс бастыҥын анаабыттара
Уонна отут орулуур күнү быһа
Улуу уруу тэрийбиттэрэ,
Аал уоту аһата- аһата
Алгысчыт бастыҥа
Алгыс үтүөтүн анаабыта.
Уруй- айхал!
Уруй- айхал!
Уруй- айхал!
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
стихотворение посвящение детскому писателю и поэту Борису Заходеру.
используется как итоговая часть к занятию по ознакомлению с творчеством писателя Бориса Заходера....
Использование педагогической технологии развивающих игр Бориса Павловича Никитина в непосредственно образовательной деятельности детей
«Понимание атома - это детская игра по сравнению с пониманием детской игры» - высказывание физиолога Х. Хогленда, в котором выражено и огромное уважение...
КОНКУРС ЧТЕЦОВ ПО СТИХАМ БОРИСА ЗАХОДЕРА "МОЯ ВООБРАЗИЛИЯ"
КОНКУРС ПРОВОДИТСЯ С ДЕТЬМИ ДОШКОЛЬНОГО ВОЗРАСТА (МЛАДШАЯ - ПОДГОТОВИТЕЛЬНАЯ ГРУППА). ОРГАНИЗАЦИЯ КОНКУРСА ПОЛУЧИЛА ОДОБРИТЕЛЬНЫЕ ОТЗЫВЫ КОЛЛЕГ....
Конспект непосредственно образовательной деятельности по ознакомлению с художественной литературой детей старшей группы по теме "Песенки Винни-Пуха" в рамках реализации проекта "Неделя книг Бориса Заходера"
Конспект непосредственно образовательной деятельности по ознакомлению с художественной литературой детей старшей группы по теме «Песенки Винни - Пуха» в рамках реализации проекта «Неделя книг Бор...
Борис Заходер детям.
Адаптированный рассказ для детей о писателе....
"Кэскил тордо - а5а"
А5а ыал, дьиэ кэргэн оло5ор баhылык буолара мѳккүhүллүбэт кырдьык. Былыр-былыргыттан олохсуйбут үгэс. Уhун утума кэhиллибит да буолла5ына чѳлүгэр түhүѳх кэриӊнээх. Аныгы сайдыылаах да олоххо ыал а5ата...
План работы КМЦ в ДОУ "Кэскил"
Мониторинг семей микрорайона, имеющих детей, не посещающих детский сад и нуждающихся в педагогическом сопровождении.Утверждение плана работы консультационного центра на 2023 – 2024 учебный год, ...