"Күөнэ көҕөччөр аттаах күүстээх-уохтаах Күн Күндүлү Бухатыыр" П. Решетников
учебно-методический материал

Владимирова Евдокия Николаевна

Уһуйаан оҕолоругар бөлөҕүнэн куолаан толорууга анаан кылгатыллыбыт олоҥхо.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл kun_kundulu_buhatyyr.docx17.49 КБ

Предварительный просмотр:

“Күөнэ көҕөччөр аттаах күүстээх- уохтаах Күн Күндүлү бухатыыр”

                                    П.Е.Решетников- Көһөҥө Бүөтүр

1 олоҥхоһут

2 олоҥхоһут

Суордайа Хара

Сандаара Куо

Томороон тойон

Сорук Боллур

Күн Күндүлү бухатыыр

1 олоҥхоһут

Былыргы дьылларга,

Урукку хонуктарга

Ойон тахсар күннээх

Уолан бүтэр уулаах,

Охтон баранар мастаах

Орто дойду олохсуйбут эбит...

Бу орто дойду

Талааннаах таһаатыгар

Үөскээн төрөөн

Олорбуттар эбит

Томороон тойон,

Хоҥкууда хотун.

2 олоҥхоһут

Оҕонньордоох эмээхсин

Сандаара Куо диэн ааттаах

Кыыстаахтар эбит.

Бу кыыстара

Сандааран көстөр

Сардаҥалаах сирэйдээх,

Тупсан көстөр

Туналҕаннаах ньуурдаах,

Хамсыыр хара хаастаах,

Обуйуктаах уостаах

Икки тэтэркэй имнээх

Кыыс оҕо

Кыраһыабай бэрдэ эбит.

1 олоҥхоһут

Сандаара Куо албан аата

Аҕыс дойдуга аатырбыт

Суон сураҕа

Тоҕус дойдуга сураҕырбыт.

Ону истэн

Суордайа Хара бухатыыр диэн

Абааһы уолун ааттааҕа

Томороон тойон,

Хоҥкууда хотун

Иэримэ дьиэлэригэр

Адаарыс гына көтөн түспүт.

Суордайа Хара

Аар-дьаалы! Аар-татай,оҕолоор!

Этэр тылбын истиҥ эрэ.

Сандаара Куону

Анаммытым ыраатта,

Үлэспитим өр буолла.

Онон сибэкки курдук симээн,

Таба курдук таҥыннаран

Аҕала охсуҥ эрэ.

2 олоҥхоһут

Оҕонньордоох эмээхсин

Олус куттанан түгэххэ түстүлэр,

Хотоҥҥо куоттулар.

Адьарай уола Сандаара Куону

Уоран-талаан ылан

Соҕуруу халлаан аннын диэки

Сурулуу көтө турда.

Сандаара Куо

Ыый-Ыыйбын! Аай-аайбын!

Айбыт аҕам, ииппит ийэм

Аан дойдум, алаһа дьиэм

Быдан дьылга бырастыыларыҥ!

Түгэх дойду түөкүнэ

Суордайа Хара бухатыыр

Уоран илдьэ барда.

Ыый-Ыыйбын! Аай-аайбын!

1.Олоҥхоһут

Кэмниэ кэнэҕэс,

Хомнуо хойут

Томороон тойон

Хоҥкууда хотун

Уолуйбуттара ааһан

Сорук Боллур уолу ыҥыран

Сорудах биэрдилэр.

Томороон Тойон

Дьээ- буо! Көр бу!

Сорук Боллур уол,

 Иһит эрэ, нохоо!

Мантан арҕаа диэки

Киэҥ Кэҥкэмэ эбэ хотуҥҥа

Орто дойду оҕолорун

Суон дурдата,

Халыҥ хаххата буолуохтаах

Күүстээх- уохтаах

Күн Күндүлү бухатыырга

Тиийэн этэ оҕус.

Баар-суох кыыспытын

Сандаара Куону

Абааһы уолуттан

Быыһаан таһаардын!

2 олоҥхоһут

Сорук Боллур уол

Ону иһиттэ да

Киэҥ Кэҥкэмэ эбэҕэ тиийэн

Күүстээх –уохтаах

Күн Күндүлү бухатыыр иннигэр

Чорос гына тура түстэ да

Тыын быһаҕаһынан тыынан

Саҥа саҥаран сарылыы турда.

Сорук Боллур

        Оһулаатан, оһулаатан!        

Күүстээх- уохтаах

Күн Күндүлү бухатыыр

Дорообо буолуохтун!

Алларааҥҥы дойду

Дьэ ааттааҕа

Суордайа Хара бухатыыр

Сандаара Куо барахсаны

Уоран талаан барда.

Ону киирэн

Сырдык тыынын быыһаа,

Үрүҥ тыынын өрүһүй

Курдукчай курдукчай!

1 олоҥхоһут

Ону истээт да

Күөнэ көҕөччөр аттаах

Күүстээх-уохтаах

Күн Күндүлү бухатыыр

Аналлаах атыгар

Олоро түстэ да

Аллараа дойдуга

Айаннатан тиийэн

Адьарай уолун ааттааҕа

Суордайа Хара бухатыыр иннигэр

Хорос гына түстэ.

Күн Күндүлү бухатыыр

Дьээ-Буо! Көр бу!

Аллараа дойду адьырҕата,

Түгэх дойду түөкүнэ!

Сандаара Куо барахсаны

Уоран талаан аҕалбыккын.

Бэрт түргэнник

Сандаара Куону

Биэрэн ыыттаххына

Хара тыыҥҥын харыстыам этэ!

Суордайа Хара

Аар-дьаалы! Аар татай,оҕолоор!

Күн Күндүлү бухатыыр

Этэр тылбын иһит эрэ,нохойдоон!

Сандаара Куону

Алталаахпыттан анаммытым

Уоннаахпыттан сураспытым.

Хоойго сытар хотун оҥостоору,

Тэллэххэ сытар кэргэн гынаары

Тиэйэн кэлбитим.

Ону охсуһан урууну уһаттаххына

Оройгун тобулуом,

Урусхал оҥоруом, нохойдоон!

2 олоҥхоһут

Инньэ диирин кытта

Охсуһуу улахана олохтонно,

Айдаан ааттааҕа атахтанна.

Хаһыытаһа- хаһыытаһа

Хайыта сынньыстылар,

Үөгүлэһэ- үөгүлэһэ

Өтүрүтэ түһүстүлэр.

Ол курдук уон хонук устата

Охсуспуттарын түмүгэр

Күүстээх-уохтаах

Күн Күндүлү бухатыыр

Адьарай уола Суордайа Хараны

Өлөрөн- өһөрөн кэбистэ.

1 олоҥхоһут

Күндүлү бухатыыр

 Сандаара Куо барахсаны

Быыһаан ылан

Күөнэ көҕөччөр атын

Үрдүгэр мэҥэстэн

Төрөөбүт – үөскээбит

Төрүт түөлбэтигэр,

Иитиллибит ийэ сиригэр

Аналлаах алааһыгар

Айаннатан - сиэллэрэн

Тиийэн кэллилэр.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

"Ойор-тэбэр аттаах Оҕо Бочоох Бухатыыр" Сэмэн Черноградскай

С. Черноградскай "Оҕо Бочоох бухатыыр" олоҥхотун  биирдиилээн олоҕурбут ньыманан толорууга уһуйаан саастаах оҕоҕо анаан кылгатыллан оҥоһуллубут сценарий....