“Кыра саастаах о5олорго сиэр-туом үөрэ5э” (6-7 саастаахтар, бэлэмнэнии бөлө5ө) эбии үөрэхтээһин үлэлиир бырагырааммата
рабочая программа (подготовительная группа)
Үлэ сыала: о5o толкуйдуур дьо5урун, кини этнопсихологическай уратытытын учуоттаан, төрүт үгэскэ, бэйэ норуотун үгэhин сыhыаран үөрэтии. О5о5о төрөөбүт ийэ тылын, норуотун сүрүн-кутун, сиэрин туомун иҥэрии.
.Соруктар:
1. О5о5о төрут үгэскэ иитии өйдөбүлүн арыйыы;
2. Толкуйдуур, билэр-көрөр дьо5урдарын сайыннарыы;
3. Төрөөбүт айыл5а5а харыстабыллаах буолууга иитии;
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
sier_tuom_uorege_avtosohranennyy.docx | 34.17 КБ |
Предварительный просмотр:
Муниципальное бюджетное образовательное учреждение
«Детский сад общеобразовательного вида с приоритетным осуществлением деятельности
по социально-личностному развитию детей №45 «Земляничка»
городского округа «город Якутск»
“Кыра саастаах о5олорго сиэр-туом үөрэ5э”
(6-7 саастаахтар, бэлэмнэнии бөлө5ө)
эбии үөрэхтээһин үлэлиир бырагырааммата
(рабочая программа кружка)
Онордо: Филатова Н.А.
иитээччи
Кыра саастаах о5олорго сиэр-туом үөрэ5э
(6-7 саастаахтар, бэлэмнэнии бөлө5ө)
Быһаарыы сурук
Саха омук үөмэр үйэлэри туораан кэлбит үрдүк култууралаах уран омук. Ол курдук сахалар былыр – былыргыттан айыл5аны кытта алтыһан уөскээбит буоламмыт, айыл5аны кытта ыкса сибээстээхпит. Биhиги омукка төгүрүк сылы быhа о5ону харах далыттан араарбаккка, бэйэ тыыннаах холобурунан иитэр үтүө үгэстэр баар буоланнар, баччааҥҥа дылы омук быhыытынан эстибэккэ кэллэхпит. “Кут – сур” тусчутэ А.Н.Павлов – Дабыл маннык суруйар “Сиэри – туому тилиннэрэр, сайыннарар буоллахпытына, норуот уйэлэргэ муспут өйүн – санаатын билиҥҥи кэм тыыныгар сөп тубэһиннэрэн сайыннарыахтаахпыт. Өбугэлэрбит утуө угэстэрин бэйэбитигэр наадалаа5ын, туһалаа5ын ыларбыт олох ирдэбилэ буолла”. Төрүт үгэс суолтата ордук урукку кэмҥэ утумнаахтык намтаан, олоххо туһата суох диэн, үксэ көрүнньүк эрэ таһымҥа түспүтэ. Баларга эргиллэн бар5арар омук быһыытынан сайдарбытыгар туһаайдахха, олох көрдөрөрунэн, норуот уйэлэргэ илдьэ сылдьыбыт угэстэрэ, сиэрдэрэ – туомнара кэһиллэн, симэлийэ суттэ5инэ, кэнэ5эски көлүөнэ ыччаппытыгар хаалбат кутталлаах.
Саха Республикатын национальнай оскуолаларын саҥардан сайыннарыы Концепциятыгар оҕо өйө - санаата, майгыта – сигилитэ сайдарыгар омук бэйэтин уйулҕатын уратыларыгар олоҕуруу, өбүгэ иитэр үгэстэрин туһаныы принциптэрэ киллэриллибиттэрэ. Манна да5атан эттэххэ, саха оҕотун дьиҥнээх айылгыта толору арылларыгар, тулалыыр олоҕу саҥа кэрэни сыаналыыр хараҕынан көрөругэр, омук быһыытынан сайдарыгар иитии – үөрэтии билиҥҥи кэмҥэ олох ирдэбилэ буолла. Онон, ол сыаллаах бэлэмнэнии болох оголоругар нэдиэлэгэ биирдэ ыытыллар эбии дьарыктаныы былаана оноьулунна.
Үлэбит проблемата: О5ону төрүт үгэскэ иитиигэ саха сиэрин – туомун үөрэтэр дьарыгы хайдах быһыылаахтык ыытыахха сөбүй?
Үлэбит тиэмэтэ: кыра о5ону төрүт үгэскэ иитии
Үлэ сыала: о5o толкуйдуур дьо5урун, кини этнопсихологическай уратытытын учуоттаан, төрүт үгэскэ, бэйэ норуотун үгэhин сыhыаран үөрэтии. О5о5о төрөөбүт ийэ тылын, норуотун сүрүн-кутун, сиэрин туомун иҥэрии.
.Соруктар:
- О5о5о төрут үгэскэ иитии өйдөбүлүн арыйыы;
- Толкуйдуур, билэр-көрөр дьо5урдарын сайыннарыы;
- Төрөөбүт айыл5а5а харыстабыллаах буолууга иитии;
Үөрэх сабагалааьына:
- Торообут дойдутун историятын, норуотун сиэригэр-туомугар интэриэhэ улаатыа;
- О5о дьону кытта сатаан алтыһарга, куннээ5и олох быһыытыгар-майгытыгар уорэниэ;
- О5о кыра сааһыттан бэйэтин быраабын уонна эбээһинэЬин билиэ;
- О5о бэйэни салайына уорэниэ;
Бэлэмнэнии бөлө5үн о5олоругар
иитэр-үөрэтэр үлэ чопчу дьарыгын кэлэр өттүнээ5и былаана
БАЛА5АН ЫЙА | |||||||
Үлэ былаана | Сыала-соруга | Буолар күнэ | Эппиэтинэс тээх | ||||
Кыстыкка киирии сиэрдэрэ-туомнара | өбүгэлэрбит айыл5а биллибэт күүстэригэр сүгүрүйэллэрин, айыылар, дьайдар, иччилэр бааллар диэн итэ5эйэллэрин өйдөтүү. Түҥ былыргы сахалар дойдуну үс кэрдиискэ арааралларын: таҥаралар, айыылар, дойдулар диэн быhаарыы. Иччилэр өлбөт-сүппэт аналлаахтар, айыл5а көстүбэт көстүүлэрэ. Киhи киниэхэ сыhыаныттан көрөн иччилэр үчүгэйи да куhаганы оҥоруохтарын сөп диэн өйдөтүү. Уот иччитэ, Аартык иччилэрэ, тыа иччитэ, сэргэ иччитэ, уу иччитэ, Дойду иччитэ, туох барыта иччилээх буоларын туhунан өйдөбүлү биэрии. Ол иьин биhиги дьоннорбут кыстыкка киирэллэригэр сир-дойду иччититтэн көрдөhөллөр диэн быhаарыы. | 6-7 чыыh | Иитээччилэр | ||||
АЛТЫННЬЫ ЫЙА | |||||||
Уруу-аймах туhунан билиhиннэрии | Биhиги дьиэ кэргэн | О5о5о хаан уруу (а5а, ийэ, балыс, эдьиий, быраат, убай) диэн өйдөбүлү олохтооhун. Улахан дьону ытыктыырга, кыра о5ону араҥаччылыырга үөрэтии, ыалдьыты көрсөр сиэри тутуhууну бигэргэтии | 4 чыыh 11 чыыh 22 чыыh | Иитээччилэр | |||
Уол уонна кыыс аналлара | Уол уонна кыыс аналларын сиhилии кэпсээн билиhиннэрии. Бэйэ-бэйэлэрин ытыктahары иитээччи бэрт утумнаахтык олохтуу сатыахтаах. | ||||||
Төрөппvттэр кэпсээннэрэ - доклад | Төрөппүттэр о5олорун кытта бэйэлэрин уруу аймахтарын сиhилии кэпсииллэр, билиhиннэрэллэр | ||||||
СЭТИННЬИ ЫЙА | |||||||
Байанай ыйа | Булчут улэтэ | Булчут идэтин, бултааhын сиэрин –туомун туhунан билиhиннэрии | 1 нэдиэлэ 2 нэдиэлэ 3 нэдиэлэ 4 нэдиэлэ | Иитээччилэр, төрөппvттэр (булчут ыалдьыттыыр) Иитээччилэр, төрөппуттэр (балыксыт ыалдьыттыыр) Иитээччилэр, төрөппүттэр (иистэнньэҥ, булчут ыалдьыттыыр) Иитээччилэр, төрөппvттэр (булчут ыалдьыттыыр) | |||
Балыксыт үлэтэ | Балыксыт үлэтин билиhиннэрии. Былыр сахалар хайдах балыктыылларын туhунан өйдөбүлү иҥэрии. Сиэрин-туомун тутуhуллуохтаах туhунан билиhиннэрии | ||||||
Саха сирин күндү түүлээхтэрэ | Саха сиригэр үөскуур күндү түүлээхтэрин билиhиннэрии. Туох таҥаhы ханна тигэллэрин туhунан өйдөтvv, билиилэрин хаҥатыы. | ||||||
“Байанай ыалдьыттыыр”- аралдьытыы киэhэтэ | Байанай диэн кимин, туохха, кимҥэ туhалыырын, ханна олорорун, хайдах сыhыаннаhыахтаахпыт туhунан билиhиннэрии. | ||||||
АХСЫННЬЫ ЫЙА | |||||||
Аптаах-алыптаах остуоруйалар-остуоруйа ыйа | “Дьэрэкээн о5олор” (о5о иитиитигэр норуот фольклорун туhаныы с. 29) | О5о остуоруйаны сэргээн, кэрэхсээн истэрин ситиhии. Кыра да буолан баран сытыы өйдөөх буоллахха алдьархайтан, өлүүттэн куотуохха сөп диэн үөрэтии. | 1 нэдиэлэ 2 нэдиэлэ 3 нэдиэлэ 4 нэдиэлэ | Иитээччилэр Иитээччилэр Иитээччилэр Иитээччилэр | |||
“үчүгэй үөдуйээн” | Таптаатаргын тапталын халлаантан да ирдииргиттэн ча5ыйбаккын. Ап көмөтүнэн туох барыта сатанар эбит диэн өйдөбүлү биэрии | ||||||
“Күөрэгэй” Т.Е. Сметанин | Остуоруйа көмөтүнэн о5о тылын байытыы, кэпсиир дьо5урун сайыннарыы. Остуоруйа геройдарын үтүө быhыытын о5ону сиэр-майгы өттүнэн иитиигэ туhаныы. | ||||||
“Чурум-чурумчуку” | Остуоруйа норуот бэйэтин оло5ун-дьаhа5ын туhунан суруйбуттарын туhунан быhаарыы, өйдөтүү. | ||||||
ТОХСУННЬУ ЫЙА | |||||||
Таҥха ыйа (саха астрологията) | Таҥха | Былыргылар этэллэринэн бу ыйга Таҥха чугаhыыр. Таҥхаттан төрүттээх киhи бүтэй, тас сабыдыалга бас бэриммэт. Бэйэтэ ылыммыт санаатын толоро сатыыр. Сөп хайысханнан барда5ына биhирэнэр, сыыhа хайысханнан барда5ына сыыhаттан-сыыhа бара турар диэн өйдөтүү, билиhиннэрии. | 1 нэдиэлэ 2 нэдиэлэ 3 нэдиэлэ 4 нэдиэлэ | Иитээччилэр Иитээччилэр Иитээччилэр Иитээччилэр | |||
Сүллүүкүттэр | Сүллүүкүттэр диэн кимнээ5и ааттыырбытын, кинилэр хаhан то5о кэлэллэрин билиhиннэрии. Сүллүүкүттэр туhунан кыра кэпсээннэри кэпсээн билиhиннэрии. | ||||||
Сэрэбиэйдэр | Таҥха кэмигэр биhиги өбүгэлэрбит хайдах сэрэбиэйдэнэллэрин кэпсээhин, өйдөтүү. Аныгы үйэ5э эмиэ сэрэбиэйдииллэр, олохторун инникитин көрөөрү – билээри сэрэбиэйдэнэллэрин көрдөрүү, быhаарыы, өйдөтүү. | ||||||
Оонньуу | Сүллүүкүнү кытта оонньуу (үнкүү, кыра хамсаныылаах оонньуулар, холобура, “Хамыйа5ы эккирэтии”, “Миинньиккэ киирэн биэримэ” уо.д.а.) | ||||||
ОЛУННЬУ ЫЙА | |||||||
Чабыр5ах, тойук, таабырын киэhэтэ | Таабырын (саха фольклора с. 11) | Тэҥнээн көрөр дьо5уру, булугас сытыы өйү сайыннарыы, уус-уран тылга уhуйуу. Айыл5а көстүүлэрэ, кыыллар, туттар сэп-сэбиргэл, хамсыыр харамай, киhи, таҥас-сап, үөрэх, техникага сыhыаннаах буолуон сөп. | 1 нэдиэлэ 2 нэдиэлэ 3 нэдиэлэ 4 нэдиэлэ | Иитээччилэр Иитээччилэр Иитээччилэр Муз. рук Иитээччилэр Муз.рук. | |||
Чабыр5ах | О5о саҥарар саҥатын, тылын-өhүн эрчийии, түргэнник өйдүүр дьо5урун сайыннарыы. Чабыр5ах үөрэтиигэ хоhоону үөрэтэр ньыманы тутуhан үөрэтии. | ||||||
Тойук | Тойук оhуохайтан туох уратылаа5ын билиhиннэрии. Тойук уйгу-быйан олох туhунан, тулалыыр эйгэни хоhуйуу буоларын өйдөтүү. “Дьиэ буо...” диэнтэн са5аланарын этии. | ||||||
Аралдьыйыы киэhэтэ “Булугас өй” | О5о толкуйдуур дьо5урун салгыы сайыннарыы; Кэрэ, баай, киэн, ыраас санаалаах буолууга иитии; О5о5о саха фольклоругар интэриэhи үөскэтии; | ||||||
КУЛУН ТУТАР ЫЙА | |||||||
Олоҥхо
| Олоҥхону билиhиннэрии, быhаарыы. (Олоҥхо- саха норуота айбыт сүдү айымньылара буоларын туhунан быhаарыы). О5о истэр дьо5урун сайыннарыы. Олоҥхо тылын ойуулуур-дьүьүннүүр кэрэтин өйүгэр хатыыр дьо5урун сайыннарыы. | 1 нэдиэлэ 2 нэдиэлэ 3 нэдиэлэ 4 нэдиэлэ | Иитээччилэр Иитээччилэр Иитээччилэр Иитээччилэр | ||||
Олоҥхо5о буолар быhылааннар ханна, хайдах са5аланналларын, олоҥхо5о үс дойду баарынан сирдэтиллэр: үөhээ дойду, орто дойду, аллараа дойду. Дойдулар бэйэлэрэ тус-туспа бухатыырдаахтар диэн өйдөтүү. | |||||||
Ким диэн ааттаах-суоллаах бухатыырдар баалларын (Айыы бухатыырдара үөьээ дойдуттан аналлаахтар, орто дойдуну көмүскүүллэр. Онтон аллараа дойду бухатыырдарын ааттарын билиhиннэрии) | |||||||
Олоҥхону кыра-кыралаан аа5ан иhитиннэрии, ыйы супту нэдиэлэ5э биирдэ. Олоҥхону о5о хайдах өйдөөбүтүнэн уруhуйдатыы | |||||||
МУУС УСТАР ЫЙА | |||||||
Айыы үөрэ5ин быраабылата | Үрүҥ Айыы | Үрүҥ Айыы – күн танарата, Аан дойдуну айбыт танара. Күүhү биэрэр атын айыылар бары кини айыылара буолалларын быhаарыы, өйдөтүү. | 1 нэдиэлэ 2 нэдиэлэ 3 нэдиэлэ 4 нэдиэлэ | Иитээччилэр Иитээччилэр Иитээччилэр Иитээччилэр | |||
Айыы быраабылата | Айыы быраабылатын тутуhар киhи айыы суолунан барар, айыылары кытта мэлдьи сибээстээх буолла5ына кини уонна кини ыччаттара үчүгэйдик олороллор диэн өйдөтүү. | ||||||
Быhыы- майгы | Туох барыта куттаах – сүрдээх буолаллар диэн өйдөтүү. Быhыы-майгы быраабылатын билиhиннэрии. | ||||||
Көмүскэнии быраабылата | Буор куту сиир дьайдартан көмүскэнии быраабылатын билиhиннэрии. Абааhыны, дьайы биир өттүнэн кир диэн ааттыылларын, айыылар, иччилэр мэлдьи ыраас буолаллар диэн өйдөтүү, быhаарыы. | ||||||
ЫАМ ЫЙА | |||||||
Сайылыкка көhүү, сайыны көрсүү сиэрэ-туома | Сир дойду, тиэргэн, сэргэ, хайа, уот бары иччилээхтэрин туhунан хатылатыы. Сайын са5аланыыта былыр биhиги өбүгэлэрбит сайылыкка көhөллөрүн, кинилэр сиэри-туому тутуhалларын, сайыны көрсө ыhыах ыhалларын, оhуокай этэллэрин туhунан өйдөтүү, билиилэрин ханатыы. Билигин сайылыкка кимнээх көhөллөрүн, хайдах көhөллөрүн туhунан о5олор кэпсээннэрин истэн эбии быhаарыы. Хамсаныылаах оонньуулар “Сайылык о5олоро” (күрэхтэhии) | 20 чыыh | Иитээччилэр |
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
үөрэтэр оонньуу: «Кыыллары таай» (6-7 саастаах о5олорго)
үөрэтэр оонньуу: «Кыыллары таай» (6-7 саастаах о5олорго)...
Үөрэтэр оонньуу кэнспиэгэ: «Тылы ситэр» (6-7 саастаах о5олорго аналлаах)
үөрэтэр оонньуу кэнспиэгэ: «Тылы ситэр» (6-7 саастаах о5олорго аналлаах)...
"Бииргэ оонньуохха" оскуола5а киириэн иннинээ5и саастаах о5олорго региональнай компоненна оло5уран дидактическай оонньуулар
Ааптарскай остуол оонньуулара о5олору тереебут дойдуларын таптыырга, убаастыырга, киэн туттарга иитэллэр - уерэтэллэр. Саха норуотун утуе угэстэрин, олохторун - дьаhахтарын кытта билиhиннэрэллэр....
Технологическай карта Тема: «Паром» (4-5 саастаах о5олорго)
Технологическай карта Тема: «Паром»(4-5 саастаах о5олорго)...
Конспект открытого занятия "Кыра саастаах о5олорго эксперимиэннэр"
Кэнспиэк толору тутула, хаммыыта....