Презентация на тему: "Булчут ыт о5ото"
опыты и эксперименты (младшая группа) на тему
Утуо кунунэн!
Мин аатым Коля Иванов, сааьым 6. «Туллукчаан» о5о саадын иитиллээччитэбин. Мин бугун эьиэхэ кэпсиир тиэмэм «Саха булчут ыта «Лайка». Биьи дьиэ кэргэн саха булчут ыттарын иитииннэн, тэнитииннэн дьарыктанабыт. Кини Илин Сибиир лайка боруодалаах ыт, 53 см урдуктээх, манан онноох, тыьы. Синньигэс уьуктаах тоболоох, муннун тобото хара, тура сылдьар ус муннуктуу кулгаахтаах, уьун систээх, эриллэ сылдьар кутуруктаах. Туутэ хойуу, ол гынан баран сымназас. «Тынырах» олус ойдоох сымназас майгылаах, тулуурдаах ыт. Булчут азам кэпсииринэн тайахтыы сылдьан сир харатыгар туулээзи урбэт, хаар тустэзинэ тииннээн-киистээн барар. Булт бары оттугэр дьозурдаах. Ытым торуурун сазана азам субэтинэн, мин кинини кэтээн корорго санаммытым. Куннэ устэ кыра-кыралаан битэмииннээх аьынан аьаппытым. Иьэ улаатарын кээмэйдээбиппит. Бастаан биир ыйыгар 58 см этэ, онтон торуурун сазана 97 см буолбута. Сэтинньи 17 кунугэр 6 озону кээьиилээх окко тороппутэ, онтон 4 атыыр 2 тыьы, киинин тииьинэн быспыта. Озолорун эмиэ кээмэйдээн корбуппут 13-14 см. этилэр, Онтон 1 ыйдарыгар 39-42 см буолбуттара, Азам этэринэн учугэй ыт озотун таларга улахан болзомто уурар ордук. Хаьан базарар хайалара ордук сытыытын-хотуутун, аьыырын-сиирин,суурэрин-которун корон ыт учугэйин быьаарыахха соп. Холобура биьиги ыппыт озолоро тоболоро улахан, туостэрэ кэтит. 4 ыт таналайдара уонна тинилэхтэрэ хара дьуьуннээх. Ыт озотун кору-истии син биир кыьыл озону корор кэриэтэ, элбэх бириэмэни, сыраны эрэйэр. Ыппыт озолорун биир ыйдарыттан бултка уорэтэн сазалаабыппыт. Ол курдук туну сапка баайан батыьыннара уорэтэбит, сиикэй эти кыра гына кырбастаан баран онон-манан уурталаан сытынан буллара уорэтэбит. Ыттарбыт озолорун улааппыттарын кэннэ, бултунан дьарыктанар дьонно биэртэлиибит, биири бэйэбитигэр хаалларабыт. Хаалларбыт ытым озотун «Суолдьут» диэн ааттаабытым,салгыы кини улаатарын кэтээн коруом, уонна азабын кытта бултуу барыахпыт.
Озолоор! Учугэй ыт-киьи арахсыспат олозун аргыьа, эрэллээх дозоро.
Дьиннээх булчут лайка ыт боруодатын ууьатыы, тэнитии хайзаллаах суол.
Болзойон истибиккитигэр махтанабын!
Булчут ыт о5отун иитиигэ субэлэр
1. Ыт о5отун таптыахтааххын !
2. Куннэ 5-6 кыра кыралаан уба5ас битэмииннээх аhынан аhатыахтааххын( этинэн, балыгынан,о5уруот аhынан)!
3. Биир хаhаайыннаах буолуохтаах, атын туора дьону батыспат гына иитиэхтээххин!
4. Таhырдьа уйа оноро5ун, оту тэлгиигин!
5. 1 ыйыгар 1,8-2,5 киилэ ыйааhыннаах буолуохтаах!
6. Уулуссаттан аhаата5ына бобон мо5он тохтото5ун!
7. Туспа иhиттээх буолуохтаах!
8. Ыт о5отун со5отох хаалларыа суохтааххын!
9. Кутталлаах тогунан охсор шнурдары, прибордары ыт тиийэр сиригэр ууруо суохтааххын!
10. Тииhэ уунэригэр ыт о5отун оонньуурун биэрэ5ин, улаата тустэ5инэ улахан унуо5у кирдэрэ5ин!
11. Элбэхтик утуйуохтаах!
12. Ыт о5отун бириэмэтигэр прививкалатыахтааххын!
13. Бэйэтин миэстэтин билиэхтээх!
14. Команданы истэ уорэтэ5ин!
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
Булчут ыт Лайка | 1.82 МБ |
Предварительный просмотр:
Подписи к слайдам:
Тыӊырах 53 см. урдуктээх Синньигэс у h уктаах тоболоох Муннун тобото хара У h ун сиистээх Тура сылдьар ус муннуктуу кулгаахтаах Эриллэ сылдьар кутуруктаах
Бултуур кыыллара
Суолдьут
Бол5ойон истибиккитигэр махтанабын !
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Презентация для детей. Презентация к совместной деятельности учителя-дефектолога и детей среднего возраста по трафаретному рисованию на тему "Поможем зайчику спрятаться от лисы"
Презентация поможет сделать занятие более увлекательным....
1.презентация "Папа,мама,садик,я-одна дружная семья"2. Презентация "Детский сад у нас хорош"
1.Презентация предназначена для работы с родителями. В презентации отражен материал по изготовлению дидактических игр в группе раннего возраста руками родителей.2.В этой презентации предоставлен матер...
Презентация "Основные ошибки при создании презентации в программе PowerPoint"
В данной презентации рассмотрены ошибки, допускаемые педагогами при создании электронных презентаций...
Презентация опыта работы по теме: «Использование слайдовых презентаций как условие интеграции образовательных областей «Музыка», «Познание», «Художественное творчество».
Основная идея использования презентаций заключается в гармоничном соединении современных технологий с традиционными средствами развития ребенка. В материале представлен опыт работы п...
Презентация к занятию (развитие речи, старшая группа) на тему: Непосредственно-определенная деятельность по теме: "День памяти А.С. Пушкина" Презентация в старшей группе.
Образовательная область "Коммуникация"...
Бэлэмнэнии белех о5ото тугу сатыахтаа5ый?
Тереппуттэргэ субэлэр...
Презентация "Коми сказки", презентация "Коми игры", презентация "Быт и культура", презентация "Азбука моей малой Родины", Презентация "Азбука русских и коми загадок" , методические рекомендации по использованию презентаций и др.
МАТЕРИАЛЫ на районный конкурс "Лучший детский сад года - 2021" https://yadi.sk/i/4-1-E0xl078bNA - "Быт и культура"https://yadi.sk/i/erv0GzYIRCmsuA - методические рекомен...