Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэринэн аналлаах аралдьыйыы сценарийа. Бэлэмнэнии бөлөх уолаттар күрэхтэhиилэрэ.
материал (подготовительная группа)
Аҕа дойдуну көмүскээччилэр
күннэринэн аналлаах
аралдьыйыы сценарийа.
Бэлэмнэнии бөлөх уолаттар күрэхтэhиилэрэ.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
aga_doydunu_komuskeechchiler_kunnerinen_anallaah_araldyyyy_stsenariya.doc | 34 КБ |
Предварительный просмотр:
Муниципальное бюджетное дошкольное образовательное учреждение
«Детский сад №1 «Мичийээнэ» с. Кысыл-Сыр
МО «Намский улус» Республики Саха (Якутия)»
Заверяю:
Ст. восп: __________ Гоголева М.П.
Дата «____» _________________ 2019 г.
Аҕа дойдуну көмүскээччилэр
күннэринэн аналлаах
аралдьыйыы сценарийа.
Бэлэмнэнии бөлөх уолаттар күрэхтэhиилэрэ.
Иитээччилэр: Сысолятина В. А.
Гоголева М. П.
Муз. салайааччы: Колесова М.П.
с. Кысыл – Сыр, 2019 г.
Сыала: Кэрэни сэҥээрэр, дуоһуйар, кэрэхсиир, умсугуйар, кыаҕынан кыттар, айар дьоҕурун сайыннарыы, тус бэйэтин көрүүтүн сатаан биэрэрин ситиһии, аҕаҕа, төрөөбүт дойдуга, таптал иэйиитин уһугуннарыы.
Соруктара:
- бэриллибит сорудаҕы ѳйдүүр, былаанныыр, тэрийэр, оҥорор, тиhэҕэр тиэрдэр;
- туттубут тэрилин, оонньуурун хомуйар, уурар;
- дьоро киэhэҕэ хоhоону, үҥкүүнү, ырыаны, оруоллары ис санаатыттан, иэйиититтэн толорор;
- бырааhынньыкка үѳрэ-кѳтѳ кыттар;
- сэрэхтээх буолуу бырааабылатын тутуhар;
Туттар тэриллэр: кумахтаах моьооччуктэр, корзина, кегли 10 шт, улахан мээчиктэр 2 шт, оонньуур уруул 2 шт, улахан пирамида.
Ыалдьыттарбыт саалаҕа киирэн олороллор.
Фанфар тыаьыыр.
Маршировка.
Ыытааччы: Yтүө киэһээнэн күндү оҕолор уонна ыалдьыттар! Бүгүн киэһэ биһиги убаастабыллаах эһээлэрбитин, аҕаларбытын Ийэ дойду көмүскээччилэрин күннэринэн эҕэрдэлиибит!
Икки командаҕа арааран арахсыы, ааттары биэрии.
Курэхтэhии барыыта:
1. Түһүмэх: "Снайпердар" (сигналынан сурааһыҥҥа сүүрэн кэлэбит уонна кумахтаах мɵһɵɵччүгү ылан баран сыалга (корзинаҕа) быраҕабыт).
2. Түhүмэх: «Кавалеристар» улахан мээчиктэргэ олорон ыстаныы.
Кыргыттар э5эрдэ ырыалара «Булчут».
3. Түһүмэх: «Военнай массыыналар суоппардара» уруул тутан баран «змейкой» кегли быыһынан эрийэ – буруйа суурэн кэлэллэр. (Оҕолор илиилэрин араарбакка күүскэ тутуһан, кегли быыһынан суулларбакка эрийэ буруйа бары тэҥҥэ арахсыбакка кэлиэхтээхтэр).
4. Түhүмэх: «Переправа».
Аҕалар биирдэ улахан хардыы онороллор онтон оҕолор аҕа атаҕын аннынан сыыллан тахсаллар. Оннук саала түгэҕэр диэри кэлэллэр уонна улахан пирамиданы эргийэн
төттөрү сиэттиhэн сүүрэллэр.
Викторина (уопсай)
– «Таҥканан ким ыытарый?». Танкист.
– «Пушканан ким ытарый?». Артиллерист.
– «Самолётка ким олороруй?». Летчик.
– «Разведкаҕа ким сылдьарый?». Разведчик.
– «Кыраныыссабытын ким көмүскүүрүй». Пограничниктар.
– «Подводнай лодкаҕа ким службалыырый». Подводнай моряктар.
5. Түhүмэх: «Окуопата тут».
Уочаратынан кубиктары саала түгэҕэр илдьэллэр. Оннук гынан окуопа туталлар. Ханнык хамаанда бастакы кэлэр эбитий?
Ырыа: «Сахалыы санарабыт» – бары
Кыайыылаахтары э5эрдэлээhин. Хаартыскаҕа түhүү
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
А5а дойдуну комускээччилэргэ аналлаах аралдьытыы
А5а дойдуну комускээччилэргэ аналлаах аралдьытыы...
«А5а дойдуну кемускээччилэр куннэрэ»
laquo;А5а дойдуну кемускээччилэр куннэрэ»...