Хаар кыырпахтара» Нетрадиционнай техникананан уруһуй дьарыга Бэлэмнэнии бөлөх
план-конспект занятия по окружающему миру (старшая группа)
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
haar_kyyrpahtara_belemnenii_bolohho_daryk.docx | 19.04 КБ |
Предварительный просмотр:
Амма үөрэҕин управлениета
«Кэнчээри»ОСК
«Хаар кыырпахтара»
Нетрадиционнай техникананан уруһуй дьарыга
Бэлэмнэнии бөлөх
Иитээччи: Жиркова А.Н.
Педстаж- 23 сыл
КК-урдук категория
Сыала: хаар кыырпаҕын нетрадиционнай техниканы туттан уруһуйдуурга үөрэтии.
Соруктар:
- нетрадиционнай техниканан уруһуйдааһыӊӊа интэриэһи тардыы;
-сытыары, туруору линиялары туттан хаар кыырпаҕын быһыытын уруһуйдуулларын ситиһии;
- айылҕа кэрэ көстүүтүн көрөргө иитии;
- хаар кыырпаҕын ойуулаан кэпсииллэрин ситиһии;
- уруһуйдаан дуоһуйууну ылалларын ситиһии;
- клейинэн, тууһунан үлэлииргэ сэрэхтээх буоларга иитии.
Туттуллар материаллар: альбом илиистэрэ, боростуой харандаастар, клей ПВА хас биирдии оҕоҕо, туустаах иһиттэр, кырааскалаах уулар, кисточкалар или пипеткалар, салфеткалар, поднос.
Дьарык хаамыыта:
Оҕолор төгүрүккэ мусталлар, иитээччи оҕолору дьарыкка бэлэмнээһинэ.
Иитээччи: Оҕолор, бүгүн биһиэхэ ыалдьыттар кэллилэр, ыалдьыттарбытын кытта дорооболоһуохайын эрэ.
Музыка тыаһыыр, оҕолор бу туох музыката тыаһыырын таайыахтаахтар.
Иитээччи: оҕолор бүгүн биһиги тугу эрэ уруһуйдуохтаахпыт, тугу уруһуйдуохтаахпытын таайарбытыгар эһиэхэ мин маннык сорудах биэрэбин, эһиги миэхэ ойуулары булан аҕалыахтааххыт, ол ойууларбыт папкаларга сыталлар ол папкалар группабыт иһигэр бааллар, ону эһиги бу схеманан көрөн булан аҕалыахтааххыт. 5 буолан арахсабыт, мин эһиэхэ 4 схема биэрэбин, ол схеманан эһиги ол ойуулары группа иһиттэн булан аһалыахтааххыт. ( Оҕолору 5 гына араартыыбын, уонна схеманан көрдөттөрө ыытабын)
Иитээччи булан аҕалбыт оҕолор ойууларын ылар. Оҕолор аһан көрөллөр, хаар кыырпаҕа буоларын таайаллар.
Иитээччи: ол аата тугу уруһуйдуур эбиппитий?
Хартыыналары көрөн хаар кыырпаҕын туһунан кэпсэтии.
Иитээччи: Хаар биһиэхэ хантан туһэрий (халлаантан), онтон сайын хаар туһэр да? Тоҕо кыһын хаар туһэрий, онтон сайын ардах туһэрий (сайын сылаас, кыһын тымныы ол иһин) Хаар хайдах түһэрий халлаантан (бытааннык, эргийэ, эргийэ). Хаар кыырпахтарын туһунан өссө тугу этиэххит этэй, хаар кыырпахтара хайдахтарый. (маӊан, кыраһыабай, халлаан күөх) Кинилэр хас салаалаахтарый? (алта) Хаар кыырпаҕа киһи илиитигэр түстэҕинэ хайыырый? (ууллар)Тоҕо? (илии сылаас ол иһин.
Оҕолор баран миэстэлэригэр олороллор.
Иитээччи: бүгүн биһиги хаар кыырпахпытын боростуойдук уруһуйдуохпут суоҕа, бүгүн атыннык уруһуйдуохпут. Эһиги санааҕытыгар тугунан уруһуйдуурбут буолуой? (оҕолор эппиэттэрэ)
Иитээччи: миэхэ бу коробка иһигэр уруһуйдуур тэриллэрбит бааллар, ону тутан көрөн көрбөккө таайыаххайын эрэ (Оҕолор илиилэринэн тутан көрөн таайаллар, клей уонна туус)
Иитээччи уруһуй техникатын быһаарар.
Иитээччи: бастаан бу төгүрүк иһигэр харандааһынан хаар кыырпаҕын ойуулуубут, онтон клейинэн ол үрдүнэн уруһуйдуубут, онтон туус кутабыт илииспитин барытын сабар гына, кыратык кэтэһэтн баран, тууһун подноска тэбиибит.
Оҕолор уруһуйдаан баран кууруор диэри хамсаналлар. Музыка тыаһыыр уолаттар тыал буолаллар, кыргыттар хаар кыырпаҕа буолаллар, тогуруччу суурэллэр. Бутэн баран туустарын ордугун подноска сүөкүүллэр. Куурда уураллар.
Иитэччи: Үлэбит дьэ саамай интэриэһинэйэ кэллэ, ити үлэлэргит пока куурдуннар, билигин биьиги бэлэм хаар кыырпахтарын кырааскалыырга үөрэниэхпит, эһиги иннигитигэр кырааскалаах уулар бааллар, ол уулартан ылан бу хаарбыт кыырпаҕын үрдүгэр таммалатыахтаахпыт, ханнык өӊүнэн кырааскалыыргыт бэйэҕит баҕаҕытынан. (Оҕолор кырааскалаах ууну ылан таммалаталлар хаар кыырпаҕын үрдүгэр)
Иитээччи: Хайа, оҕолор кырааскалаах ууну туус үрдүгэр куттаххына хайыыр эбитий, бэйэтэ кырааскалаан бара турар эбит да. (оҕолор эппиэттэрэ)
Иитээчи: оҕолор эһиги үлэлэргит куурдахтарына эмиэ инник кырааскалыаххыт уонна төрөппүттэр киэһэ кэллэхтэринэ көрдөрүөххүт.
Иитээччи: бүгүн хаар кыырпаҕын тугунан уруһуйдуурга үөрэннибитий? Интэриэһиргээтигит, сөбүлээтигит дуо? Дьиэҕитигэр тиийэн дьоннутун кытта өссө уруһуйдуоххут дуо?
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Новогодний праздник " Аптаах хаар чеме5е" (на якутском языке)
Сценарий новогоднего праздника для старших дошкольников...
Бэлэмнэнии белех о5ото тугу сатыахтаа5ый?
Тереппуттэргэ субэлэр...
Конспект открытого занятия по ознакомлению c окружающей средой в средней группе "Хаар ханна барда"
Улахан белех о5олоругар аналлаах Тулалыыр эйгэ дьарыгын кэнспиэгэ: «Хаар ханна барда?» (Интеграция)Сыала: саас айыл5а уларыйыытын, хаар ууллуутун чинчийэн билиьиннэрии....
Сана дьыллаа5ы утренник сценария «КОЛОБОК» остуоруйа (улахан уонна бэлэмнэнии болох)
сценарий утренника подготовительной группы в якутских детских садов...
Календарно-тематический план "Алмаас кыырпахтара" на 2017-2018 уч. год.
СентябрьДорообо детсадым Кириэстээх - мин дойдумКириэстээх - торообут биьигимОктябрьКириэстээ5им айыл5ата Кириэстээ5им уунээйитэАар айыл5абыт кэмнэммэт кэрэтэНоябрьКириэстээ5им к...
Проект «Саха төрүт дьарыга – Балыктааһын»
В наше современное время незаменимым материалом для детской деятельности является лего-конструктор, а игры со строительным материалом способствуют не только развитию строительных навыков, но раз...
Чечен чогаалга унак болурунга,уругларны хаара тудары.
Чечен чогаалга уругларнын сонуургалын бедидеринге сумелер. Школа назыны четпээн уругларнын улуг болгаш белеткел болуктеринге чечен чогаалды делгеренгей, утка-шынарлыг кылдыр чорудары...