Аһаҕас дьарык "Сэрэхтээх маллар", (3-4 саастаах о5олорго)
план-конспект занятия по обж (младшая группа)

Сыала: Оҕолорго сэрэхтээх маллары билиһиннэрии, бу мал туохха туттулларын өйдөтүү,саңарар саңаны сайыннарыы.

Тэрил: Оонньуулардаах дьааьыктар, сэрэхтээх маллар: иннэ, кыптыый, эмп, өтүйэ, плюшевай эһэ.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл аьа5ас дьарык19.68 КБ

Предварительный просмотр:

Аһаҕас дьарык, (3-4 саастаах о5олорго)

Темата: «Сэрэхтээх маллар»

Сыала: Оҕолорго сэрэхтээх маллары билиһиннэрии, бу мал туохха туттулларын өйдөтүү,саңарар саңаны сайыннарыы.

Тэрил: Оонньуулардаах дьааьыктар, сэрэхтээх маллар: иннэ, кыптыый, эмп, өтүйэ, плюшевай эһэ.

Дьарыктаныы хаамыыта

Иитээччи: Үтүө сарсыарданан. Уой оҕолоор, көруң эрэ, биһиги суохпутуна ким эрэ оонньуубутунан оонньоон баран саһан хаалбыт. Кинини көрдүөххэ.(Оҕолор эһэ оонньуутун булан ылаллар)

Эһэчээн: Дорооболоруң, оҕолор! Мин эһиэхэ ыалдьыттыы кэллим. Эһиги наһаа элбэх оонньуулардаах эбиккит. Эһиги суоххутуна мин кыратык оонньууларгытынан оонньоотум

Иитээччи:Оонньуулары миэстэтигэр уурдуң дуо? Оҕолоор,көрүөххэ эрэ,хомуйбутун.

(Оҕолор бэрэбиэркэлээн баран устуулга олороллор)

Иитээччи: Бу дьааһык бэрээдэгин бэрэбиэркэлиэххэ. Уой,аата ыарыытын. Мин туохха илиибин аспытым буолуой?

Оҕолор эппиэттэрэ.

Иитээччи: Иннэнэн,кыптыыйынан. Дьикти эбит,ким манна укпута буолуой?

Оҕолор эппиэттэрэ

Эһэчээн: Ити мин дьааһыкка кистээбитим.Куукулаҕа былаачыйа тигээри гынан баран,сатаан тикпэтим.

Иитээччи: Эһэчээн тоҕо сатаан тикпэтэ?

Оҕолор эппиэттэрэ

Иитээччи: Сөпкө этэҕит,улахан дьон иннэнэн тигэллэр уонна кыптыыйынан кырыйаллар.Оттон эн эһэчээн, өйдөө, биһиги эппитин-сииммитин эчэтэр сэрэхтээх маллар бааллар. Ханнык сэрэхтээх маллары биһиги оонньуулардаах дьааьыктан булбуппутуй?

Оҕолор эппиэттэрэ.

Иитээччи: Сөпкө этэ5ит, кыптыыйы иннэни манна уурбаппыт. Иннэлээх, кыптыыйы анал замоктаах дьааһыкка уурабыт, оҕо ылбат, тиийбэт сиригэр.

Иитээччи: Аны иккис дьааһык бэрээдэгин көрүөхпут (оҕолору ыңырар,оҕолор дьааһыктан эмтэри булан ылаллар)-Эмп туохха нааданый?

Оҕолор эппиэттэрэ

Иитээччи: Биһиэхэ ким эмит ыарыйда дуо?

Оҕолор: Суох, ыалдьыбатыбыт.

Эһэчээн: Ити мин аптечкаттан ылбытым. Мээчигинэн оонньуу сырыттахпына сиһим ыалдьыбыта,эмп истэхпинэ ааһыаҕа дии санаабытым.

Иитээччи: Сис ыарыйдаҕына ханнык эми иһэллэрин билэҕит дуо?

Оҕолор эппиэттэрэ: Суох

Иитээччи: Ыарыйдаххытына кимиэхэ этэҕит,ыарыйдыбыт диэн.

Оҕолор эппиэттэрэ: ийэҕэ,аҕаҕа,эбэҕэ,бырааска.

Иитээччи: Улахан эрэ дьон билэр ханнык эми иьэллэрин. Эһэчээн бу эмтэри испитэ буоллар хайдах буолуо этэй?

Оҕолор эппиэттэрэ: Кини иһэ ыалдьыа этэ.

Иитээччи: Иһит эрэ,эьэчээн,о5олор эйиэхэ туох дииллэрин.

Быраабыла: Хаһан да, эмтэри тыытыма уонна эмтэнэ сатаама.

Иитээччи: Таблетканы аптечкаҕа угабыт,оттон сиһин ыалдьыбат наадатыгар, сарсыарда аайы зарядка оңоруохтааххын Эһэчээн.

Эһэчээңңэ хайдах зарядка оңорорбутун көрдөрүөххэ.

Сынньалаң

;Өтүйэ» (өтүйэни ыламмыт тоҕоһону саайабыт

;Сүгэ» (сүгэ охсор, сугэ маһы охсор)

;Эрбии»(суон тиити эрбии эрбиир)

Тарбах гимнастиката

Дьиэбит аана хатаммыт,

Киммит аһан биэриэҕэй?

Эргиттибит,эргиттибит,

Тонсуйдубут, арыйдыбыт.

Иитээччи: Бутэһик дьааһыкпытын көруоххэйин. (Иитээччи алдьаммыт массыынаны булан ылар)

Ким массыынаны алдьатта? Эһиги дуо уолаттар?

Оҕолор эппиэттэрэ: Суох

Эһэчээн: Мин алдьаппытым. Инструмент ылан баран, оңороору гыммытым да сатаан,оңорботоҕум.

Иитээччи: Тугунан оңоро сатаабыккыный?

Эһэчээн: (Сүгэни таһаарар,бу манан)

Иитээччи: Оҕолоор,көруң эрэ, бу ыарахан инструменынан тутта сатаабыт эбит эһэчээн. Ким маннык ыарахан инструменынан улэлиирий?

Оҕолор эппиэттэрэ: Аҕабыт уонна эһэбит.

Иитээччи: Бу маллары сэрэхтээх маллар диэхпитин сөп дуо? Бу малларынан бэйэбит тутуннахпытына,туох буолуон сөбүй?

Оҕолор эппиэттэрэ: Атахха түһүөн сөп, тарбахпытын тоһутуон сөп,ыарыылаах буолуо.

Иитээччи: Маладьыастар. Өтүйэни эмиэ анал дьааһыкка угуохха. Өйдөөтүң дуо, эһэчээн, ыарахан маллары тыытыа суохтааххын.

Эһэчээн: Аны мин сэрэхтээх маллары тыытыам суоҕа.

Иитээччи: Иннэни, кыптыыйы, эмтэри уонна ыарахан маллары тыытыа суохтааххын, кинилэр анал дьааһыкка сытыахтаахтар.

Эһэчээн:Баһыыбаларың оҕолоор,мин дьэ өйдөөтүм, ханнык маллар сэрэхтээх буолалларын.

Түмүк

Иитээччи: Билигин, дьарыкка тугу өйдөөбүккүтүн көрүөхпут

(Остуолга хартыыналар сыталлар,оҕолор сэрэхтээх маллары булан ылыахтаахтар)

Маладьыастар, бары наһаа учугэйдик кытынныгыт дьарыкка. Көрсүөххэ диэри.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

үөрэтэр оонньуу: «Кыыллары таай» (6-7 саастаах о5олорго)

үөрэтэр оонньуу: «Кыыллары таай» (6-7 саастаах о5олорго)...

Үөрэтэр оонньуу кэнспиэгэ: «Тылы ситэр» (6-7 саастаах о5олорго аналлаах)

үөрэтэр оонньуу кэнспиэгэ: «Тылы ситэр» (6-7 саастаах о5олорго аналлаах)...

"Бииргэ оонньуохха" оскуола5а киириэн иннинээ5и саастаах о5олорго региональнай компоненна оло5уран дидактическай оонньуулар

Ааптарскай остуол оонньуулара о5олору тереебут дойдуларын таптыырга, убаастыырга, киэн туттарга иитэллэр - уерэтэллэр. Саха норуотун утуе угэстэрин, олохторун - дьаhахтарын кытта билиhиннэрэллэр....

“Кыра саастаах о5олорго сиэр-туом үөрэ5э” (6-7 саастаахтар, бэлэмнэнии бөлө5ө) эбии үөрэхтээһин үлэлиир бырагырааммата

Үлэ сыала: о5o толкуйдуур дьо5урун, кини этнопсихологическай уратытытын учуоттаан, төрүт үгэскэ, бэйэ норуотун үгэhин сыhыаран үөрэтии. О5о5о төрөөбүт ийэ тылын, норуотун сүрүн-кутун, сиэрин...

Технологическай карта Тема: «Паром» (4-5 саастаах о5олорго)

Технологическай карта Тема: «Паром»(4-5 саастаах о5олорго)...