Улахан бөлөх оҕолоругар аһаҕас дьарык Темата: «Сөптөөх аһылык-доруобай буолуу төрдө»
план-конспект занятия (старшая группа)

Сыала: Оҕолорго «Витамин» диэн тугун билиһиннэрии, оҕуруот астарын, фрукталары төьө билэллэрин чиңэтии. Бол5омтолоох буолууну, толкуйдуур дьоҕурдарын сайыннарыы, чэнчис буоларга иитии.

Скачать:


Предварительный просмотр:

Улахан бөлөх оҕолоругар аһаҕас дьарык

Темата: «Сөптөөх аһылык-доруобай буолуу төрдө»

Сыала: Оҕолорго «Витамин» диэн тугун билиһиннэрии, оҕуруот астарын, фрукталары төьө билэллэрин чиңэтии. Бол5омтолоох буолууну, толкуйдуур дьоҕурдарын сайыннарыы, чэнчис буоларга иитии.

Соруктар:

Үөрэтэр:-Оҕолорго аһыыр аһылык туһунан билиини иңэрии, «Туһалаах эттиктэр», «Доруобай аһылык» диэн тыллар быһаарыыларын өйдөтуу.

Сайыннарар: Оҕо толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы.

Иитэр: Оҕо бэйэтин доруобуйатын уонна тулалыыр дьонун доруобуйатын харыстыырга, доруобай олоҕу таларыгар иитии.

Тэриллэр: Муляжтар: хортуоппуй, хаппыыста, моркуоп, яблоко, оҕурсуу. Слайд: витаминнар, остуол оонньуута «Туһалаах, буортулаах астар», Билбэтчэй персонаж.

Сыһыарарга тэриллэр: Кастрюля, ваза ойуулара, о5уруот астара, фрукталар быьыылара, кыптыый,килиэй.

 

Дьарыктаныы хаамыыта:

Иитээччи: Оҕолоор, бүгүн биһиги сөптөөх аһылык туһунан кэпсэтиэхпит.-Ким этиэҕэй, киһи аһаабакка олоруон сөп дуо?

Оҕолор: Суох

Иитээччи: Аҕыйах кэмңэ киһи аһа суох тулуйуоҕа,киһи улаатарын, үчүгэйдик сайдарын туһугар күн аайы аһыахтаах.

Иитээччи: Киһи тугу аһыырый,тугу сиирий?

Оҕолор: Эт, үүт, балык, оҕуруот астара,фрукталар.

Иитээччи: Оттон кыыллар аһыыллар дуо?

-Сөпкө этэҕит. Дьоннор, кыыллар, көтөрдөр, үөннэр, тыынар-тыыннаах бары аһыыллар. Биһиги эппитигэр-сииммитигэр аһылык наһаа наада. Оттон биһиги сарсыарда, күнүс, киэһэ аһаабатахпытына эппит сииммит  мөлтөөн барар.

Иитээччи: Тоҕо оннук буолуой?

-Тоҕо диэтэххэ аһыыр аспытыгар туһалаах эттиктэр, битэмииннэр бааллар, кинилэр биһиги эппит-сииммитин улаатарга,сайдарга көмөлөһөллөр.

Иитээччи: Хас биирдии астарга кинилэр ааттара уонна дьиэлэрэ баар. Улаатарбыт, сайдарбыт туһугар биһиги туһалаах аһы аһыахтаахпыт.

(Иитээччи слайд көрдөрөр)

А,В,С,-диэн битэмииннэр бааллар. Бу битэмииннэр, латинскай буукубаларынан суруллаллар. Греческэй тылынан «Вита» диэн «олох», «жизнь» диэн. Биһиэхэ ыалдьыттыы кэлбит битэмииннэр тустарынан хоһооннору истиэххэ.

А битэмиин

Өйдөөн кэбиһиң,оҕолоор,

Сиикэй моркуобу,

Эбэтэр моркуоп утаҕын истэххинэ,

Үчүгэйдик көрөр буолуоң.

В битэмиин

Сарсыардааңы аһылыкка,

Хара килиэби,овсянка,

Хааһы сиэтэххинэ,

Олус чэбдик буолуоң.

Д битэмиин

Балык сыата олус туһалаах,

Амтана куһаҕан да буоллар,

Кини ыарыыттан харыстыыр,

Ыалдьыбакка сылдьар олус бэрт.

С битэмиин

Тымныйдахха,ангинаҕа,

Апельсин туһалыыр.

Аһыыргаппат буоллаххына,

Лимону да эн сиэң.

Иитээччи: Билигин биһиги,араас аһылыкка ханнык битэмииннэр баалларын көрүөхпут.

(Презентация көрдөруу)

Битэмиин А,В,С,Д

Иитээччи: Хас биирдии киһи сөбүлүүр астаах буолар.Сөбүлүүр аскытын этиң?

(Оҕолор эппиэттэрэ)

Иитээчи: Оттон биһиги наар минньигэс астары, пирожнайы, туорду, кэмпиэти сиэтэхпитинэ, туохпут ыалдьарый?

Оҕолор: Тииспит ыалдьар,испит.

Иитээччи: Саамай сөп. Улаатар сайдар туһугар аһылыкпыт араас буолуохтаах, минньигэс эрэ буолбатах. Ити аата «Сөптөөх», эбэтэр «Доруобай аһылык» диэн ааттанар. Доруобай буолуу аңардас аһылыкпыт эрэ буолбакка, хамсанартан эмиэ тутулуктаах.

Сынньалаң

Оҕолор хаампыттар-хаампыттар,

Оҕуруокка киирбиттэр,

Хаппыыста булбуттар,

Оҕурсуулары булбуттар,

Помидордары хомуйбуттар,

Кабачоктары булбуттар,

Корзинкаҕа укпуттар,

Дьиэлэригэр барбыттар.

(Билбэтчэй кэлэр)

Билбэтчэй: Дорооболоруң, оҕолор!

Оҕолор: Дорообо!

Билбэтчэй: Мин эһиэхэ ыалдьыттыы кэллим. Битэмииннэр диэн тугун,сөптөөх аһылык туһунан билбэппин. Миэхэ кэпсиэххит дуо? Эһиэхэ  суумкабар сорудах кэһиилээх кэллим.

Иитээччи: Оҕолоор, Билбэтчэйгэ көмөлөһөбүт дуо?

Билбэтчэй таабырыннары таайтарар, таайдахтарына суумкатыттан хартыыналары ылан көрдөрөр.

Уу  да буолбатар убаҕас,

Хаар да буолбатар маңан,

Уокка уурдахха суорҕаннанар,

Сөрүүңңэ уурдахха бүрүллэр.(үүт)

     Битэмииним чааһынан

     Инники соҕус буолуом,

     Миигин куобахчаан курдук кэрбээтэххинэ,

     Муус доруобай буолуоң. (Моркуоп)

Миигин баҕас, атастаар,

Эндэппэккэ билэҕит,

Элбэх, элбэх ырбаахылаахпын да,

Биирэ да тимэҕэ суох. (Хаппыыста)

      Мин ханна да, хаһан да,

      Кими да атаҕастаабаппын,

      Ол эрээри миигин көрдүлэр да,

      Улаханныын-кыралыын ытаһаллар.(Луук)

Сайын оҕуруокка,

От күөхтэр,сибиэһэйдэр,

Кыһынын иһиккэ,

Тууһанан ууруллаллар.(Оҕурсуу)

      Буорга үүнэр буоламмын,

      Буор курдук дьуһуннээхпин,

      Килиэби солбуйар,

      Иккис аһылык буолабын.(Хортуоппуй)

Кини уруң,хара буолар,

Сымна5ас, минньигэс,

Быһаҕынан быһаллар,

Остуолга уураллар.(Килиэп)

       Үүттэн оңоһуллар үрүң ас аата? (Сүөгэй)

Соҕурууттан кэлэр минньигэс,төгүрүк ас

Кыһыл,от күөх буолар,

Оҕо аймах бары сөбүлүүр.(Яблоко)

Билбэтчэй: Маладьыастар, аны билигин иккис сорудахпын толоруң. (Груша, апельсин, ананас муляж оонньуулары көрдөрөр, Бу фрукталартан утах онордохпутуна, утахтарбыт хайдах ааттаах буолуохтарай? (Оҕолор этэн иһэллэр)-грушаттан утах, апельсинтан утах, ананастан утах.

Билбэтчэй: Маладьыастар. Таабырыннары таайдыгыт,сорудахпын толордугут. Оттон бу астары аһылыкка туттаҕыт дуо?

(Оҕолор эппиэттэрэ)

Иитээччи: Биһиги уһуйааммыт повара ким диэн ааттааҕый? Мария Алексеевна наһаа минньигэс астары астыыр, хааһылары, салааттары, котлет, борщ.

Билбэтчэй: Оҕолоор, эһиги үүт иһэргитин сөбүлүүгут дуо?

(Оҕолор эппиэттэрэ)

Билбэтчэй: Үүттэн,ханнык астары оңороллорун билэҕит дуо?

(Оҕолор эппиэттэрэ: сүөгэй,сыыр,йогурт,кефир,простокваша,творог)

Иитээччи: Көрөҕүн дуо Билбэтчэй,биһиги оҕолорбут үүттэн ханнык астары оңороллорун билэллэр эбит.

Билбэтчэй: Мин өссө биир сорудахтаахпын. Смайликтаах плакаттарга «Туһалаах уонна буортулаах астар» Карточкалартан талан уураҕыт.

Билбэтчэй: Маладьыастар. Эһиги сөпкө аһыыр эбиккит,ол аата доруобай буолуоххут.

Билбэтчэй: Фрукталар,оҕуруот астара ханна баалларын бутуйан кэбистим. Борщ миинин тугунан буһаралларый,оттон хомпуоту?

Иитээччи: Оҕолоор,Билбэтчэйгэ көмөлөһүөххүт дуо?

(Оҕолор остуолга кэлэн,оҕуруот астарын уонна фрукталары кырыйаллар,кастрюля уонна ваза ойууларыгар сыһыараллар,тугу сыһыарбыттарын кэпсииллэр)

Иитээччи: Маладьыастар, Билбэтчэйгэ туһалаах астары этиэххэйин.

Билбэтчэй: Баһыыбаларын о5олоор,мин доруобуйаҕа ханнык астар туһалаахтарын дьэ биллим. Аны туһата суох астары аһыам суоҕа. Көрсүөххэ диэри.

Оҕолор (Көрсүөххэ диэри)

Иитээччи: Маладьыастар. Эһиги доруобай, күүстээх-уохтаах буола улаатаргытыгар баҕарабын.Туһалаах астары аһаан, физкультуранан,спордунан дьарыктаның уонна куннээҕи бэрээдэги тутуһа сылдьар буолуң.

Манан дьарыкпыт бутэр.Биһиги тугу гынныбыт? Дьарыгы ким сөбүлээтэ?


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

«Барбоскиннар саҥа 2018 сылы корсоллор» улахан бөлөх оҕолоругар аналлаах Саҥа дьыллааҕы аралдьытыы сценарыйа

laquo;Барбоскиннар саҥа 2018 сылы корсоллор»улахан бөлөх оҕолоругар аналлаахСаҥа дьыллааҕы аралдьытыы сценарыйа Сыала: Үөрүүлээх, өрө көтөҕүүлээх бырааһынньыктааҕы турукка киллэрии, саҥа ...

Улахан белех тумуктуур дьарык технологическай картата

Темата: «Остуоруйа дойдутугар айан»Сыала: О5о оонньуу кеметунэн билиитин ханатыы, чинэтии. О5ону интэриэьиргэтии, оонньуур дьарыгыттан дуоьуйууну ыларын ситиьии. Толкуйдуур дьо5урун сайынн...

«Хоһоон хонуулардаах, ырыа ыллыктардаах кэрэ эйгэ”- тема5а улахан бөлөх иитиллээччилэригэр аһаҕас дьарык суолдьута:

Сценарий открытого занятия, посвященного 100 - летию якутского писателя П. Н. Тобурокова...

Улахан бөлөх оҕолоругар «Сааскы бал бырааьынньыга» сценарийа.

Улахан бөлөх оҕолоругар «Сааскы бал бырааьынньыга» сценарийа....

«Быыра Баадьай» олоҥхонон «Бырдахтар уонна Тигээйилэр» диэн улахан бөлөх оҕолоругар куоталаһыы (эстафета)

Өбүгэ оонньууларынан оҕону эт-хаан өттүнэн сайыннарыы. Оонньуу быраабылатын тутуһан оонньууру, оҕо бэйэтин салайынар уонна хонтуруолланар сатабылларын сайыннарыы. Оҕо сымса , дьулуурдаах буоларын, хам...

"Күнчээн” улахан бөлөх оҕолоругар аналлаах күһүннү аралдьыйыы сценарийа.

Сценарий осеннего развлечения для детей старшей группы на родном якутском языке...

Ахсааңңа аһаҕас дьарык,(3-4 саастаах оҕолорго) Темата: «Сааскы айылҕа устун дьаарбайыы»

Сыала:1) Геометрическэй фигуралары, (үс муннук, түөрт муннук,төгүрүк), өңнөрү, үөһээ-аллараа, үрдүк-намыһах, кэтит синньигэс,5-кэ диэри ааҕыы үөрүйэҕи чиңэтии2) Оҕо кэтээн көрөр дьоҕурун, бол5омтотун ...