Ийэ тыл кэскилэ
статья по теме

статья о проблеме преподавания якутского языка в школе о перспективах родного языка

Скачать:

ВложениеРазмер
Microsoft Office document icon iye_tyl_keskile.doc48.5 КБ

Предварительный просмотр:

«Тыа сирэ-омук кэскилэ»

Республикатаа5ы научнай-практическай конференция

«Тыл-омук тыына» хайысха

Ийэ тыл кэскилэ.

                                                                       Амма улууьун

                                                                     Сул5аччы уопсай  

                                                    орто ° µ³рэхтээ´ин оскуолатын  

                                                      саха тылын, литэрэтиирэтин  

                                                 учуутала Слепцова И.С.

2012с

Ийэ тыл кэскилэ.

(санаа ситимэ)

          Тыл-омук баайа. Тыл  сµттэ5инэ, омук эстэр. Онтон тыл хайдах туттулларыттан омук  туруга к³ст³р. Саха норуотун баайа-дуола, са²арар са²атын сиэдэрэй симэ±э ийэ тылбытыгар тµмµллэр. «Саха тыла  µрµйэ уутунуу ыраас, сир  симэ±инии сиэдэрэй»,-диэн хо´уйбута саха улуу суруйааччыта, ийэ тыл маастара Амма Аччыгыйа.

           Саха тыла ³р³спµµбµлµкэбитигэр судаарыстыбаннай тыл суолтатын ылбыта балай да буолла. Ол аата µлэ±э- µ³рэххэ, уопсастыбаннай олоххо, дьыала±а-куолуга барытыгар нуучча тылын кытта тэ²²э туттуллар кыахтаах диэн. Бы´аччы эттэххэ, туттуллэр эйгэтэ киэ² буолуохтаах диэн. Онтон бµгµ²²µ кµ²²э тылбыт туруга хайда±ый? Ис дьи²эр киирдэххэ саха тыла аныгы олох эйгэтин барытын хаппат, быраабын толору ту´аммат. Т³´³ да судаарыстыбаннай тыл буоллар, араас µрдµк та´ымнаах мунньахтар, улахан суолталаах кэпсэтиилэр, к³рсµ´µµлэр  нуучча тылынан ыытыллаллар. Дьыала-куолу эйгэтигэр µксµгэр саха тыла туттуллубат.

         Били²²и µйэ±э ийэ тылбытынан кэпсэтэр тылбыт-³спµт улам уларыйан, этигэн кэрэ сµмэтин сµтэрэн эрэрэ би´иги кµннээ±и олохпутуттан к³ст³р. Эгэлгэлээн этиини, хомо±ойдук хо´уйууну туттубат буоллубут. Ол тµмµгэр кэпсэтии тыла а²ардас «кэл»-«бар», «баар»-«суох» диэн судургу тылынан му²урданар.

               У³рэх, наука эйгэтэ балысханнык тэнийэн-сайдан, ирэ-хоро кэпсэтии тохтоото. О±ону сахалыы тыл сµмэтигэр-сµ³гэйигэр у´уйуу-такайыы а²ардас тыл µ³рэхтээхтэригэр эрэ сигэммэккэ, аан бастаан дьиэ кэргэнтэн са±аланыахтаах. Т³р³ппµт сахалыы тылынан ыраастык са²арбат, сыыс тылы туттар биитэр «нууччатымсыйар» буолла±ына о±ото, биллэн турар, т³р³³бµт тылын ылыммат. О±ону сахалыы тылынан иитиигэ дьиэ кэргэн, т³р³ппµт оруола улахан.

            «Саха тыла муора курдук баай»,- диэн Э.К.Пекарскай этэн турар. Т³р³³бµт тылбыт му²ура биллибэт баайын ³сс³ 19-с µйэ±э тылы мындырдаан чинчийбит µ³рэхтээхтэр бы´ааран тураллар. Ийэ тылбыт баайын-талымын бары ³ттµнэн ыры²алаан к³р³н билиэххэ- ту´аныахха с³п. Ол эрээри тылбытын сыы´ырдарбыт билигин да тэнийэ турар. Ыччат ортотугар жаргону туттуу дэлэйдэ. «Халява», «комп», «телик», «мобила», «жёскай» диэн сала² тылынан кэпсэтии муода курдук буолла. Манна эбии аныгы µйэ±э кырдьа±астыын-эдэрдиин туттар тэрилбитин суотабай т³л³пµ³нµнэн кэпсэтиини эбэн кэбис. СМС ыытарга, Интернетинэн сибээстэ´эргэ тылы кылгатан араастаан имитии-хомутуу тахсар.

            К³рд³р³р-и´итиннэрэр, биллэрэр эйгэ µлэ´иттэриттэн тылы сыы´ырдыбакка са²араллара ирдэнэр. Тыл култууратын таба ту´аналлара, с³пк³ са²араллара-суруйаллара улахан суолталаах. Хомойуох и´ин ал±ас тахса турар: тыл суолтатын бутуйуу, нууччалыы тылы кыбытыы, сыы´а тутуллаах этиилэри о²оруу. Маны барытын, биллэн туран, ыччат сµ´эн ылар, буолуохтаа±ын курдук ылынар.

            Т³р³³бµт тылга суолта уурбат буолуу µрдээн и´эрэ ки´ини дьиксиннэрэр. Т³лк³бµтµн тµстµµр т³р³³бµт тылбыт талан эрэ µ³рэтиллэр биридимиэт бы´ыытынан буолара сатаммат. Тетт³рµтµн улахан бол±омто ууруллан, булгуччулаах µ³рэтии сал±анан, сайдан и´эрэ наада. Онто да суох орто уопсай µ³рэхтээ´ин  оскуолатыгар  БКЭ ти´игэ киирэн, о±о бол±омтотун оскуола кэнниттэн салгыы µ³рэнэригэр туттарсар биридимиэттэригэр уурар буолла. Онон саха тылын, литэрэтиирэтин уруоктара  µтµрµллэр кутталлаахтар. Оччотугар ийэ тылбыт атарахсыйар.

              Билигин саха тылын µ³рэтэргэ грамматиканы эрэ били´иннэрэргэ-ырытарга чаас тиийэр. Ол эбэтэр сурукка туттуллар тылы µ³рэтиинэн му²урданабыт. Холобур, 7-с кылааска бырагырааманан са²а чаастарын салгыы бараллар. Манна туохтууру µ³рэтэргэ туохтуур ту´аайыытын, киэбин, к³рµ²µн  билсэн, таба араарарга–ырытарга хас да чаас ананар. Ол эрээри дьи² олох хаамыыта к³рд³р³рµнэн, бу ылбыт билиилэрин-µ³рµйэхтэрин бары µ³рэнээччилэр олоххо ту´аналлара наадата суох курдук. Ол кэриэтин тылы таба туттарга, тупса±ай этиини о²орорго, бэйэ санаатын а´а±астык этэргэ µ³рэтэр-такайар ордук ту´алаах буолуо этэ. Маны µ³рэтэргэ - ситимнээх са²аны сайыннарыыга анал чаас суох.  Онтон саха тылын салгыы µ³рэтэр, саха салаатыгар туттарсар о±олорго дири²этэн µ³рэтиини тэрийиэххэ с³п курдук. «Саха тылын култуурата», «Саха тылын баайа» диэн анал куурустары µ³рэтиэххэ с³п.

           Би´иги оскуолабытыгар билигин талан ылыы чаа´ыттан ылан саха тылын 11 кылааска диэри µ³рэтиини илдьэ сылдьабыт. 10-с кылааска литературнай тыл нуорматын, тыл култууратын, таба суруйууну-са²арыыны, маны та´ынан ха´ыат тылын µ³рэтэбит. Онтон тµмµк 11-с кылааска оло²хо баай талым тылын-³´µн ырытыыга, тыл этии µ³рэ±эр у´уйабыт. Бу биллэн туран, т³р³³бµт тылы о±о±о  и²эриигэ ту´алаах, к³м³л³³х. Саха омук эрээри сахалыы тылынан бэйэтин санаатын кыайан эппэт ыччат ыыра кыарыыр. Ону туоратар инниттэн оскуолабытыгар «Т³р³³бµт тыл, сурук-бичик» кµнµн чэрчитинэн «Аман ³с» тыл этээччилэр кµрэхтэрин ыытарбыт µгэскэ кубулуйда. О±о кыра эрдэ±иттэн т³р³³бµт тылынан санаатын сайа этэрэ, ийэ тыл эйгэтигэр иитиллэрэ наадалаах.

           Т³р³³бµт тылын µчµгэйдик билэр, кыайа-хото тутар сахалыы куттаах кэнчээри ыччат µµнэн-сайдан тахсарыгар, ама,  хайа саха тыллаах ба±арыа суо±ай?!.Кэлэр к³лµ³нэ т³р³³бµт т³рµт тылын таба ³йд³³н, толкуйдаан туттар буолла±ына, сахабыт баай-талым тыла сайдыа-чэчириэ этэ. Онтон салгыы нууччалыы халыыбынан са²ара-суруйа сырыттахпытына, ийэ тылбыт сµмэтэ

сµтэр кутталлаах. Ийэ тылбыт хас биирдии сахалыы тыллаахтан тутулуктаа±ын умнумуо±ун, омук бы´ыытынан симэлийэн биэримиэ±ин, т³р³³бµт тылбыт чэчирии сайдарыгар бары туруула´ыа±ы². Тыл кµµстээх буолла±ына омук кµµстээх буолар. Саха о±ото, сахалыы ыраастык са²арарга дьулус.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

"Мэҥэ Кэскилэ"

Рабочая программа ВУД "Мэҥэ Кэскилэ"...

Сценарий детского фестиваля "Дойдум кэскилэ-кэнчээри ыччатым"

Сценарий детского фестиваля "Дойдум кэскилэ-кэнчээри ыччатым"...