Сценарий детского фестиваля "Дойдум кэскилэ-кэнчээри ыччатым"
методическая разработка

Васильева Наталья Викторовна

Сценарий детского фестиваля "Дойдум кэскилэ-кэнчээри ыччатым"

Скачать:


Предварительный просмотр:

Егоров П.С. аатынан Акана орто оскуолата, 11.03.2016

«Дойдум кэскилэ-кэнчээри ыччатым»

I оройуннаа5ы о5о фестивалын сынаарыйа.

I түһүмэх.

«…Мин саха ыччата буоламмын

Сахалыы саныыбын, ыллыыбын…»

1 ыытааччы: (Кононов Валентин)

Аламай күн сыламынан,

Үүммүт үтүө күнүнэн,

Ар5аhыттан тэhииннээх

Айыы хаан аймахтара,

Көхсүттэн көнтөстөөх

Күн улууhун о5олоро,

Үтүө-мааны

Урааңхай Сахалар!

2 ыытааччы: (Васильева Виолетта)

Ара5ас илгэ быйаңнаах,

Арыы аллар алаастардаах,

Үүт үрүлүйэр үрэхтэрдээх,

Күөнэх оонньуур күөллэрдээх

Дьол кустугун түhэрбит

Дьөңкүүдэ Эбэ хотуннаах

Акана сирин үүнэр-сайдар

Кэнчээри ыччатыттан

Итии-истиң э5эрдэ буолуохтун!

1 ыытааччы: (Кононов Валентин)

«…Мин саха ыччата буоламмын

Сахалыы саныыбын, ыллыыбын…» диэн

Кэнсиэрбит маҥнайгы түһүмэҕин

Саҕалаатахпыт буолуохтун!

2 ыытааччы: (Васильева Виолетта)

Мин сахабын – аймах-билэ дьоммунан!

Мин сахабын – төрөөбүт Ийэ дойдубунан!

Мин сахабын – саха дэнэр омук баарынан!

Кини илбистээх тылынан-өһүнэн!

Мин сахабын –өбүгэм үгэһинэн!

Кини эрэлинэн, итэҕэлинэн!

Мин сахабын – омугум көҥүлүнэн,

Өлөрү кыайбыт өркөн өйүнэн!

1 ыытааччы: (Кононов Валентин)

Сахалыы тылынан сааһылаан саҥарар,

Өбүгэ үгэһинэн ыллыктаан толкуйдуур

Саха тыллаах баарын тухары

Саха омук сүппэт соргулаах!

Мин, саха ыччата буоламмын,

Санаабын сахалыы тиэрдэбин

Сахалыы саҥабар махтанан,

Хомоҕой хоһоону аныыбын!

2 ыытааччы: (Васильева Виолетта)

1. «Төрөөбүт төрүт тылым барахсан…» литературнай монтаж. Толорор уолаттар бөлөхтөрө.

 (1.        «Төрөөбүт төрүт тылым барахсан…» литературнай монтаж кыттыылаахтара:

Васильев Максим  «Саха саңата» С.Данилов, Сергеев Гоша «Саха тылынан» И.Гоголев, Максимов Алик  «Төрөөбүт тыл» Күндэ, Герасимов Мичил «Төрөөбүт тылбар анда5ар» С.Дадаскинов,  «Мин- сахабын»  М.Ефимов)

2 ыытааччы: (Васильева Виолетта)

Кылбаара-тэлээрэ кынатың сылайбат,

Сындыыстыы сыыйыллан сырыың да мөлтөөбөт.

Сүрэхпит биһиэнэ сүрдээ5ин ба5арар

Эйэ-дьол туһугар эрдээхтик көтөргөр.

2. «Үрүйэчээн» фольклор бөлө5үн уолаттарын толоруутугар тойук. «Эйэ холууба»

(Захаров Айаал, Кононов Валентин, Торохов Святослав)

2 ыытааччы: (Васильева Виолетта)

Өбүгэбит дуораһыйар төрүт дорҕоонун

Өрүү  умнубакка үйэтитиэ5иң.

Истиң санаанан иэйэн-куойан

Норуоппут ырыатын ыллыа5ың.

3. «Үрүйэчээн» фольклор бөлөҕүн толоруутугар норуот ырыата.

(«Үрүйэчээн» фольклор бөлө5ө   (норуот ырыата, норуот инструменнара, оһуокай)

Васильева Кристина, Никифорова Дайаана, Васильева Сахайаана, Давыдова Андреяна, Лукин Афоня, Жирков Егор, Кононов Валентин, Торохов Святослав, Захаров Айаал)

1 ыытааччы: (Кононов Валентин)

Мин - ойон тахсар куннээх,

Охтон баранар мастаах,

Уолан бүтэр уулаах

Олоҥхо дойдутун оҕотобун.

Дойдум дьикти-кэрэ айылҕатын,

Хатыламмат ураты көстүүтүн

Хомуһуннаах  тыастаах

Хоҥкунас хомуспар холбуубун.

2 ыытааччы: (Васильева Виолетта)

4. Көрсүҥ – Норуоттар икки ардыларынаа5ы “Хотугу кустук” фольклор фестивалын иккис истиэпэннээх дипломана, республикатааҕы “Хотугу сулус” телевизионнай күрэх хас да төгүллээх лауреата,  республикатааҕы “Дьүрүскэн хомус” күрэх “Кэскиллээх хомусчута”,

Бүлүү бөлөх оройуоннарыгар ыытыллыбыт “Көмүс дьүрүскэн” фольклор фестивалын «Өбүгэ үгэһин утумнааччыта» Афоня Лукин.       “Айылҕа уһуктуута”

(Соло. Хомус. Лукин Афоня)

1 ыытааччы: (Кононов Валентин)

Халың хаары тобуланнар,

Харалдьыгы таһаараннар,

Үгүс үрүң ньургуһуннар

Үрдүк сиргэ мустубуттар.

Нарын-намчы ньургуһуннар

Олус даҕаны хорсуннар,

Тымныыттан да толлубат

Тулуурдаах сибэккилэр!

Сахам нарын кыргыттарын

Кинилэргэ тэңниибин,

Өрүү күүстээх, сырдык санаа

Кинилэрдиин кэккэлэстин!

5. «Кыымчаан» үңкүү бөлөҕүн толоруутугар «Ньургуһуннар».  

(«Кыымчаан» кыргыттара: Васильева Сахайаана, Васильева Кристина, Васильева Виолетта, Давыдова Андреяна, Петрова Мила)

1 ыытааччы: (Кононов Валентин)

Дьиэрэһий –дьирилээ, хомуһум,

Дууһаны долгута дьүрүһүй,

Иһийбит иэйиини таарыйан,

Истиңник үөрүүнү эн хоһуй!

6. «Үрүйэчээн» фольклор бөлөҕүн толоруутугар хомуска сахалыы матыыптар.

(«Үрүйэчээн» уолаттара: Васильев Максим, Васильев Айсен, Лукин Афоня, Матвеев Ян)

2 ыытааччы: (Васильева Виолетта)

Чэйиң эрэ, доҕоттоор!

Чуочаллаахтаан тураммыт,

Куһаҕан  мара көстүүнү,

Омсолоох мөкү быһыыны,

Чабырҕахтаан ыллыаҕың,

Чапчыйа түһэн биэриэҕиң!

8. Мария Герасимова «Оскуола олоҕуттан». Толорор  «Тэбэнэт» чабырҕахсыттар бөлөхтөрө.

(«Тэбэнэт» чабырҕахсыттар бөлөхтөрө: Лукин Афоня, Жирков Егор, Кононов Валентин, Торохов Святослав, Матвеев Денис, Иванов Алеша, Гриц  Дамир)

2 ыытааччы: (Васильева Виолетта)

Иэҕиллэр имигэс тылым,

Нуоҕайар нус-хас тылым,

Имитэр-хомутар уус тылым,

Иэйэр-куойар ийэ тылым!

Эйигинэн элбэҕи этээри,

Эйэҕэс эҕэрдэбин тиэрдээри,

Ыллыыбын ылбаҕай ырыабын,

Туойабын хомоҕой тойукпун!

7. «Бэрэкэчээн».  Норуот ырыата. Толорор Кристина Васильева.

( Соло. Норуот ырыата. Васильева Кристина)

1 ыытааччы: (Кононов Валентин)

Таңаралаах бэчээттээх,

Сабаҕалыыр дьаҕыллаах,

Түөрт түөрэм туйахтаах,

Дьөһөгөйбүт оҕото,

Төлкөлөөх түһүлгэни төрүттээ,

Уйгу-быйаң олоҕу түстээ!

9. «Кыымчаан» үңкүү бөлөҕүн толоруутугар Дьөһөгөй үңкүүтэ.

(«Кыымчаан» бөлөх: Васильева Сахайаана, Давыдова Андреяна, Петрова Мила, Максимов Алик, Матвеев Ян, Захаров Айаал, Деркач Вова, Григорьев Андрей)

2 ыытааччы: (Васильева Виолетта)

Сахам тыла – сайдыым тыла,

Сахам тыла – айыым тыла,

Симэлийимэ, сүтүмэ,

Көйгөтүллүмэ,

Күлүктэтимэ.

1 ыытааччы: (Кононов Валентин)

Ийэ тыл илгэтин иңэрбит,

Ийэ тыл сүмэтин сөңөрбүт

Саха тыллаах баарын тухары

Саха омук сүппэт оңоһуулаах.

2 ыытааччы: (Васильева Виолетта)

Сайдам тылы сааһылаан саңарар,

Ытык тылынан ыллыктаан толкуйдуур

Сахалыы саңалаах баарын тухары

Саха куттаах өспөт өрөгөйдөөх.

1 ыытааччы: (Кононов Валентин)

Сахабыт Сирин усталаах-туоратыгар

Сахалыы саңалаах – ийэ тыллаах

Элбии туруохтун,

Сахалыы тыллаах – үс куттаах

Үксүү туруохтун!

II түһүмэх.

«Уруйдан, о5о саас, айхаллан, сандал саас!»

1 ыытааччы: (Васильев Максим)

Күн чаҕылын оонньотор

Күлүмнэс сырдык сардаҥалаах

Күүтүүлээх күндү сааһынан

Нөрүөн – нөргүй буолуохтун!!!

2 ыытааччы: (Васильева Кристина)

Сандал саас саппаҕырбат мичээрин

Ыра санаа оҥостон,

Сырдык ыраас саргылаах

Сарсыҥҥыны айыаҕыҥ,

Кэскилбитин түстүөҕүҥ!

Ырыа-тойук доҕуһуоллаах,

Үңкүү-битии доҕордоох,

Көр-күлүү  аргыстаах,

Үөрүү – көтүү көтөллөөх

Түһүлгэбитин төрүттүө5үң!

1 ыытааччы: (Васильев Максим)

Үйэттэн – үйэҕэ, көлүөнэттэн – көлүөнэҕэ,

О5о-аймах кэтэһэр кэтэһиитигэр,

Сандаарыйар сандал сааһыгар аналлаах

«Уруйдан, о5о саас, айхаллан, сандал саас!» диэн

Кэнсиэрбит иккис түһүмэ5ин саҕалыыбыт!

2 ыытааччы: (Васильева Кристина)

1.Эһигини кэлбит эбисийээнэ сылынан уонна сандал сааһынан э5эрдэлиир Норуоттар икки ардыларынаа5ы «Бриллиантовые нотки» фестиваль чэрчитинэн ыытыллыбыт  «Маңнайгы хардыылар» 4-с республикатаа5ы күрэх үһүс истиэпэннээх лауреата «Кыымчаан» үңкүү ансаамбылын кыра бөлө5ө.  

2 ыытааччы: (Васильева Кристина)

Үөрэнэр оскуолам үтүө5үн

Өрүүтүн өйдүө5үм.

О5о сааһым биһигин

Мэлдьитин саныа5ым.

Эйигиттэн силис тардан

Элбэ5и ситистим,

Эйигиттэн кынаттанан

Олох киэң аартыгар үктэниэм.

2.Дима Попов репертуарыттан «Оскуолабар». Толорор «Ырыа уолан» ансамбль.

( Жирков Егор, Кононов Валентин, Торохов Святослав, Матвеев Денис, Григорьев Андрей, Гриц  Дамир, Матвеев Ян)

2 ыытааччы: (Васильева Кристина)  

Ырыа – санаам кыната,

Ырыа – олох аргыһа,

Ырыа- дууһа иэйиитэ,

Ырыа – сүрэх төлөнө.

3.«Араас тыал». Толорор Юлиана Бускарова.

1 ыытааччы: (Васильев Максим)

2016 сыл Россия үрдүнэн Киинэ сылынан биллэриллибитэ. Бу сыл устата киинэ устуутугар үгүс күрэхтэр, араас тэрээһиннэр ыытыллыахтара. Биһиги эмиэ оскуолабытыгар араас тэрээһиннэргэ анаан тэттик киинэ устабыт.

4. Сыаңка. «Сатамматах киинэ».

(Оруолларга: Режиссёр-Гоша Сергеев, саллаат-Борис Максимов, ийэ-Дайаана Никифорова, быраас-Револий Николаев, санитардар-Данил Никифоров, Мичил Герасимов, хлопушкалаах кыыс-Васильева Виолетта)

2 ыытааччы: (Васильева Кристина)

Кустук өңнөөх кулунчук

Мэник-тэник кулунчук,

Тойтоһуйа сүүрэңңин,

Барыбытын үөрдэ5ин.

5.Калиста Пахомова тыла, Константин Еремеев мелодията «Кулунчук».  

Толорор Витя Торохов.

1 ытааччы: (Васильев Максим)

6. Сыана5а көрсүң - Норуоттар икки ардыларынаа5ы “Хотугу кустук” фольклор фестивалын икки төгүллээх  лауреата, республикатааҕы “Хотугу сулус” телевизионнай күрэх хас да төгүллээх лауреата, Норуоттар икки ардыларынаа5ы «Бриллиантовые нотки» фестиваль чэрчитинэн ыытыллыбыт «Маңнайгы хардыылар» республикатаа5ы күрэх икки төгүллээх лауреата, регионнаа5ы «Алыптаах үңкүү түһүлгэтэ» үңкүү күрэ5ин Гран-при хаһаайына «Кыымчаан» үңкүү ансаамбылын улахан бөлө5ө.  Татарскай үңкүү.

(«Кыымчаан» бөлөх: Васильева Сахайаана, Давыдова Андреяна, Петрова Мила, Максимов Алик, Матвеев Ян, Захаров Айаал, Деркач Вова, Григорьев Андрей)

2 ыытааччы: (Васильева Кристина)

Таммах, таммах таммалыыр,

Таммах ырыа ыллыыр.

Сылбай ууну хаар иһэр,

Сардаңалаах саас иһэр.

7.Василий Дедюкин тыла, Аркадий Алексеев  мелодията. «Таммахтар». Толорор «Үнүгэс» ырыа бөлө5ө.

(Сайаана Семёнова, Женя Николаева, Яковлева Уйгулаана, Солтуева Паша )

1 ытааччы: (Васильев Максим)

8.Хас биирдии киһи оло5ор экзамен арааһын ааһар. Ол курдук, экзамен биһиги олохпутугар улахан суолталаах. Соро5ор экзамен үөрүүлээх, соро5ор хомолтолоох да түгэннэрэ баар буолааччылар. Күндү көрөөччүлэр! «Экзамен» диэн сыаңканы сэргээн көрөргүтүгэр ыңырабыт.

(Оруолларга: Преподаватель-Дуня Жиркова, кэлэ5эй- Данил Никифоров, аңала-Дайаана Никифорова, ньиэрбинэй-Гоша Сергеев)

1 ытааччы: (Васильев Максим)

Сайыңңыны таптаан,

Сайылыгы хай5аан, -

Ара5ас төбөлөөх

Алтан окко ыллааң.

9.«Току-току ньээм». Толорор «Чуораанчыктар» ырыа бөлө5ө.

2 ыытааччы: (Васильева Кристина)

Хоту дойду дьүкээбилин санатар

Хотугу норуоппут үңкүүтүн,

Имигэстик хамсанан

Үңкүүлээн    биэриэ5иң!

10.«Кыымчаан» үңкүү ансаамбылын улахан бөлө5үн толоруутугар хотугу үңкүү.

2 ыытааччы: (Васильева Кристина)

Мин ыллыам, бу сири, халлааны,

Умайар, тырымныыр хотугу сулуһу

Уолуйбат биир эрдээх санааны,

Бу сиргэ баар үөрүүнү-көтүүнү.

11.Дохсун ытыс тыаһынан көрсүң, республикатааҕы “Хотугу сулус” телевизионнай күрэх хас да төгүллээх лауреата, улуустаа5ы «Ыллаа-туой, уол о5о» ырыа курэ5ин Гран-при хаһаайына Егор Жирков.  «Хотугу сулус».

1 ытааччы: (Васильев Максим)

Сахам ата барахсан,

Айанната сиэлэрэ,

Дьоруолата ойоро,

Сүргэбитин көтөхтүн!

12.Дима Попов репертуарыттан «Аттар». Көрсүң «Үнүгэс» ырыа бөлө5үн уолаттарын.

( Кононов Вася, Торохов Витя, Ефремов Боря, Лебедев Трофим)

2 ытааччы: (Васильева Кристина)

Сааскы күн сылыйда,

Сандаара чэлгийдэ.

Мэник тыал сипсийдэ

Таһырдьа ыңырда.

Үрүйэ уһунна,

Сибэкки тылынна,

Күөх  сааспыт чэлгийдэ,

Күлүмнүү сыдьаайда.

13.Мичийэ Куо репертуарыттан «Сааһы уруйдуубун!». Толороллор Норуоттар икки ардыларынаа5ы «Бриллиантовые нотки» фестиваль чэрчитинэн ыытыллыбыт «Маңнайгы хардыылар» төрдүс республикатаа5ы күрэх үһүс истиэпэннээх лауреаттара Сайаана Семёнова, Женя Николаева.

( Дуэт. Сайаана Семёнова, Женя Николаева)

1 ытааччы: (Васильев Максим)

Таптыыбын кылгас сайыннаах,

Төрөөбүт ийэ сир дойдубун.

Кымыс, үүт-сүөгэй быйаңнаан,

Сахам сирин таптыыбын.

14.Алексей Тимофеев тыла, Марк Жирков музыката. «Төрөөбүт дойду туһунан ырыа». Толорор хор. 

2 ыытааччы: (Васильева Кристина)

Күн мэлдьи бу курдук көрүөхтүн,

Күөх халлаан күлүмнүү күлүөхтүн,

Чэп-чэгиэн, доруобай буолаарың,

Этэңңэ дьоллоохтук сылдьаарың.

1 ытааччы: (Васильев Максим)

Күндү көрөөччүлэр, истиң  истээччилэр! Манан  Акана айар  куттаах кэнчээри ыччатын    «Дойдум кэскилэ-кэнчээри ыччатым» I оройуннаа5ы о5о фестивалын э5эрдэ  кэнсиэрэ  түмүктэнэр.

2 ыытааччы: (Васильева Кристина)

Ырыалары бэлэмнээтилэр: Виктория Ефремова, Людмила Жиркова, Прокопий Николаев

Үңкүүлэри туруорда:  Елена Макарова

Кэнсиэри уотунан-күөһүнэн, музыканан киэргэттэ: Петр Николаев

Сценарийы  суруйдулар:  Наталья Васильева, Ульяна Сергеева

1 ыытааччы: (Васильева Максим)

Концеры салайан ыыттылар:

Виолетта Васильева

Валентин Кононов

Кристина Васильева

Максим Васильев

Иккиэн: Бол5омто5ут иһин бар5а махтал! Аныгыскы көрсүөххэ диэри!

 

             


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Сценарий детского спектакля театра "Алиса" "Приключения Дениски и Лариски".

Музыкальный спектакль с участием учеников младших классов....

Сценарий детского праздника “Посвящение в кружковцы или Добро пожаловать, друзья!”

Театрализованное представление с игровыми элементами и сказочными персонажами для знакомства и посвящения в воспитанники детских творческих объединений....

Сценарий детского спортивного праздника «Спорт-шоу»

Сценарий детского спортивного праздника "Спорт-шоу" для детского сада. В сценарий включены шутки двух клоунов, которые не только развлекают детей, но и проводят с детьми спортивные конкурсы....

Сценарий детского праздника «В стране Мульти-Пульти»

Сценарий праздника в детском саду "В стране Мльти-Пульти" Сценарий подходит для проведения досуга детей в летнее время....

Сценарий детского летнего праздника «Здравствуй, наш лес полон сказок и чудес»

Сценарий летнего праздника в детском саду. Ребят ждут песни, конкурсы, загадки и приключения....

Сценарий детского праздника «Новогодняя Елочка»

Новогодний праздник для детей 4-5 лет.По сценарию участвуют 4 ведущих: Елочка, Хлопушка, Дед Мороз, Снегурочка.В празднике может участвовать от 30 до 50 детей....

сценарий детского мероприятия "Девичий переполох"

сценарий детского мероприятия "Девичий переполох"....