Сценарий конкурас на якутском "Сааскылаана Куо"
материал
Сценарий творческого конкурса среди девочек начальных классов на якутском языке "Сааскылаана Куо"
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
saaskylaana_kuo-2023.docx | 24.2 КБ |
Предварительный просмотр:
«Сааскылаана Куо – 2023» конкурс сценарийа.
- Фоновай музыка тыаһыыр.
Уол:
Сандал саастыын арыаллаһан,
Сиккиэр тыаллыын сипсиһэн,
Үрүң туллук көлөлөнөн
Тиийэн кэллэ кэрэ күн.
Ийэ, эбээ, эдьиий күнэ-
Кыргыттарбыт күннэрэ.
Үтүө киэһэнэн күндү Хаҥалас нэһилиэгин олохтоохторо! Саха санаалаах барыта санаата көнөр, сандал сааспыт салаллан кэлбитинэн уонна манна мустубут күн-күбэй ийэлэри, эйэ5эс эбээлэри, кындыа кыталык кыргыттары барыгытын Аан дойду кэрэ аҥаардарын күнүнэн эҕэрдэлиирбитин көҥүллээҥ!
Кыыс: Күндү көрөөччүлэр! Бу дьоро киэһэ5э эһиги сылаас ытыскыт тыаһынан көҥүл ылан, саас кэлбит үөрүүтүн үллэстэр, сарсыҥҥы кэрэни кэрэхсиир, саҥа кэм кэлэрин айхаллыыр, саргылаах оло5у уруйдуур, сырдык мичээр сыдьаайдаах, күлүү-үөрүү аргыстаах кырачаан кыталык кыргыттарбыт күөн көрсүһүүлэрин «Сааскылаана Куо » - күрэхпитин саҕалыырбытын көҥүллээҥ!
Уол: Бүгүҥҥү күрэхпитигэр оскуола алын сүһүөҕүн кыргыттара, илин – кэлин түсүһүөхтэрэ.
Кыыс: Кыталык курдук кынталдьыйбыт,
Куба курдук куоҕаспыт
Кэрэчээн кыргыттарбытын,
Нарын-намчы Куоларбытын көхтөөх ытыс тыаһынан уруйдуу көрсүөҕүҥ!
- Фоновай музыка барар. (Ыытааччылар ааттаталыыллар)
Уолаттар кыргыттары киллэрэн сценаны эргитэллэр, тахсан бараллар.
- _______________________________
- _______________________________
- ______________________________
- ______________________________
- ______________________________
- ______________________________
Уол: Өссө төгүл кэмэ суох ытыспыт тыаһынан кырачаан кыргыттарбытын уруйдуоҕуҥ!
Кыыс: Бүгүҥҥү күрэхпит 5 түһүмэхтэн турар. Ол курдук, бастакы түһүмэх – Бэйэни билиһиннэрии.
Уол: 2 түһүмэх – «Мин нарыммын-намчыбын, үҥкүүлээн сэгэйэбин, ыллаан эйээрэбин» диэн ааттаах талаан көрдөрүүтэ.
Кыыс: 3 түһүмэх – «Кумаа5ыттан кырыллыбыт хоруоҥкалар, батмантан быһыллыбыт былаачыйалар» диэн авангарднай мода.
Уол: 4-с түһүмэх - «Харах иҥнэр кэрэтэ» киэһээҥҥи былааччыйалары көрдөрүү
Кыыс: 5с түһүмэҕинэн буолар минньигэс ас күрэҕэ.
Уол: Дохсун ытыс тыаһынан көрсүөххэйиҥ бүгүҥҥү дьоро киэһэбит дьүүллүүр сүбэ састаабын:
- ________________________________________________________
- ________________________________________________________
- ________________________________________________________
Уол: Кыыс мичээрэ тустэ5инэ –
Ыраах кустук тардыллар,
Сир көҕөрөн эрдэ5инэ
Сибэкки хамсыы тыллар.
(Музыкальнай номердар)
Бэйэлэрин эҕэрдэлэрин тиэрдэллэр ____ кылаас үөрэнээччилэрэ.
Сыанаҕа көрсүҥ __ кылаас үөрэнээччилэрин.
Кыыс: Кэскилбитин түстэһэр,
Кэнчээрини кэҥэтэр,
Кэлэр кэми киэргэтэр
Кэрэчээнэ кыргыттар
Талбыт курдук кэрэлэр
Дууһабытын үөрдэллэр
Уол: Саха дьонун үгэһинэн, «кимтэн кииннээх, хантан хааннаах ...» диэн туран бастакы түһүмэхпитин саҕалыыбыт.
Бастакы кыттааччы __________________________________
Кыыс: Иккис кыттааччы ___________________________________
Уол: Үһүс кыттааччы ____________________________________
Кыыс: Төрдүс кыттааччы __________________________________
Уол: Бэһис кыттааччы ___________________________________
Кыыс: Алтыс кыттааччы ___________________________________
Кырачаан кыттааччыларбытыгар дохсун ытыс тыаһа!!!
музыкальнай номердар
Бэйэлэрин эҕэрдэлэрин тиэрдэллэр
- ___________________________________
- ___________________________________
- ___________________________________
Кыыс: Дьэ аны Талаан талыыкан дьо5урунан
Талаан тилиннэрэр кыа5ынан
Талаан уматар күүһүнэн
үһүс түһүмэхпитин са5алыа5ыҥ.
Уол - Талба талаанын көрдөрүө бастакы кыттааччыбыт ________________________________________________
Кыыс – Ытыскыт тыаһынан көрсүҥ _______________________________
Уол – Үһүс кыттааччыбыт _______________________________________
Кыыс - _________________________________________________
Уол - ______________________________________________________
Кыыс – Алтыс кыттааччыбыт __________________________________
Кыыс - Айыл5абыт маанылара, үрүмэччи кыргыттарбыт илин-кэлин түсүһэн,туох баар талааннарын хайдах баарынан көрдөрдүлэр, ыллаатылар – туойдулар. Эчи үҥкүүлэрэ үчүгэйин, ырыалара дьо5урдара элбэ5ин.
(Музыкальнай номердар)
- _______________________________________
- _______________________________________
- _______________________________________
Кыыс: Саха – айыл5а о5ото. Саха айыл5атын кэрэтин күүһэ, Саха кыыһын кэрэтигэр бэриллибит. Ол иһин, биһиги өбүгэлэрбит, сиртэн саҥа сэрбэйэр сибэкки курдук, күн уотугар талаһа улаатан эрэр кыыс о5олорун,“Сир симэхтэрэ кэрэчээнэлэрбит” диэн эмиэ да харыстыы-арчылыы, эмиэ да киэн тутта ааттыыллар эбит.
Уол - Кыыс о5о олох кыратыттан кэрэни таптыыр, кэрэ5э тардыһар, кэрэтийэн көстөргө дьулуһар. Саргылаах Саха омукка, кэрэ Айыы кыыһын чыпчаала, мичил-күлүм курдук минньигэс-минньигэстик мичилийбит, өркөн –төлөн курдук өгүрүк-төгүрүк көрбүт, долгун курдук субуруйар то5ус былас суһуохтаах тунал5аннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо буолар. Төлкөлөрө түстэммит, төрөөбүт дойдуларын кэрэ киэргэллэрэ буолар кэрэчээнэ кыргыттарбытын дохсун ытыспыт тыаһынан э5эрдэлээн иһиэххэйиҥ!
Кыыс: Бүгүҥҥү көрүүбүт үһүс түһүмэ5эр кыргыттарбыт күн-күбэй ийэлэрэ уран тарбахтарынан тигэн, оҥорон, авангард муоданан сир симэ5э курдук симээбиттэрин көрдөрүөхтэрэ.
Уол: Сылаас ытыскын тыаһынан сыанаҕа көрсүҥ кэрэчээн кыргыттарбытын.
__________________________________________
Кыыс: __________________________________
Уол: ____________________________________
Кыыс: __________________________________
Уол: _____________________________________
Кыыс: ___________________________________
(Музыкальнай номердар)
- ___________________________________
- ___________________________________
- ___________________________________
Кыыс: Конкурспут 4-с түhүмэ5эр тиийэн кэллибит. Билигин көрүөххүт кыргыттарбыт вечернэй платьеларын кэтэн наскылдьыйа, долгуннура хаамалларын. Бу түhүмэххэ биhиги кыргыттарбыт макияжтара, бижутериялара, баттахтарын оноhуута платьеларыгар төhө барсарын, онно барсар гына туттан-хаптан хаамалларын биhиги убаастабыллаах жюрибыт сөптөөх сыанабылы биэриэҕэ диэн кэтэhэбит.
Уол – Дохсун ытыскыт тыаһынан доҕуһуоллатан сыанаҕа көрсүҥ!
Кыыс : _______________________________
Уол: -_________________________________
Кыыс: _______________________________
Уол: -_________________________________
Кыыс: ________________________________
Уол: __________________________________
Кыыс: Кыыс – сүрэх чопчута, дууhа тумуга,
Кыыс – ырыа, музыка дор5ооно
Бар дьону толору дьоллуурга
Күн айбыт, анаабыт о5ото.
Уол – Күрэхпит бүтэһик түһүмэҕэр тиийэн кэллибит. Бу түһүмэхпитигэр кыргыттар ийэлэринээн буһарбы минньигэс астарын көрдөрүөхтэрэ, кэпсиэхтэрэ.
Кыыс – Сылаас ытыскыт тыаһынан сыанаҕа көрсүөххэйиҥ бастакы кыттааччыбытын _____________________________________
Уол - __________________________________
Кыыс _________________________________
Уол - __________________________________
Кыыс - ________________________________
Уол - __________________________________
Кыыс: Манан биһиги конкурспут түмүктэнэр. Дьүүллүүр сүбэ түмүгү таһаарар кэмигэр күн-күбэй ийэлэрбитигэр маннык кэрэ, үтүө сибэкки кыргыттарынан сир ийэбитин симээбиккит иһин махтанан туран, эҕэрдэбитин тиэрдэбит. Сыанаҕа көрсүҥ ___________________ толоруутугар ________________________________
Муз.номер.
- Фоновай музыка барар.
Уол: Бүгүҥҥү дьоро киэһэбит түмүктэнэр түгэнэ тиийэн кэллэ. Сценаҕа ыҥырабыт кэрэчээн кыргыттарбытын.
- Фоновай музыка барар.
- Кыргыттары ыҥыран иһэллэр.
- Кыргыттар киирэн сцена ортотугар туран иһэллэр.
Кыыс: Дьэ эрэ доҕоттор, долгутуулаах чааспыт тиийэн кэллэ, тыл барар убаастабыллаах дьүүллүүр сүбэҕэ.
- Түмүгү, кыайыылааҕы этии.
- Наҕараадалааһын.
- Кыргыттар сцена иннигэр хааман киирэллэр, бу кэмҥэ саҥараллар.
Кыыс: Барҕа махтал тылларбытын аныыбыт бүһүҥҥү конкурска о5олорун тустарыгар сүүрбүт-көппүт, кыһамньылаах күндү төрөппүттэргэ.
Махтал эһиэхэ,кэрэчээнэ кыргыттарбытыгар бу дьоро киэһэни бар дьоҥҥутугар бэлэхтээбиккитигэр! Туйаарыма Куолуу тупса, туругура туруҥ!Саха Айыы кэрэ кыыһа буола улаатын!
Өссө төгүл дохсун ытыс тыаһынан эҕэрдэлиэҕин «Сааскылаана Куо»
конкурс кыайыылааҕын, ________________________(аата этиллэр).
Уол - Бар дьоммут! Бэйэ-бэйэни харыстыаҕыҥ, таптыаҕыҥ, чөл, чэгиэн туруктаах ньир – бааччы олоруоҕуҥ! Аныгыс көрсүөххэ диэри!
- Фоновай музыка улаатар.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
сценарий последнего звонка "Сценарий многосерийного фильма"
интересный тематический сценарий последнего звонка....
Сценарий: Мастер-класс «Победи конфликт!» Сценарий: Мастер-класс «Победи конфликт!»
Сценарий: Мастер-класс «Победи конфликт!» Сценарий: Мастер-класс «Победи конфликт!» Цель: познакомить педагогов с опытом эффективного взаимодействия классного руковод...
разработка сценария "исторический КВН".Сценарий игры "исторический аукцион"
Сценарии "исторический КВН2и игра "исторический аукцион" способствуют к самореализации ученика, воспитание настойчивости, выдержки, способности принимать решения, т е все то, что необходимо для успеха...
сценарий Юбилея школы Сценарий юбилея школы "Наше продолжение" Автор сценария и ведущая - учитель музыки АОУ школы №9 г. Долгопрудный ТЕПЛЫХ ТАТЬЯНА НИКОЛАЕВНА
В концерте участвуют учителя, выпускники и учащиеся. Это совместное творчество....
Сценарий спектакля на английском языке "The magic gift". Сценарий спектакля "Волшебный дар"
Сценарий подходит для проведения предметных недель на тему Хеллоуин, Рождество, День Святого Валентина.Мы поставили спектакль силами учащихся 7, 2, 3 классов. Выступили перед начальной школой на...
Сценарий праздника русского языка «СЛОВО О СЛОВАХ» (сценарий праздника русского языка, проведенного в рамках декады «Филология»)
Сценарий праздника русского языка «СЛОВО О СЛОВАХ»(сценарий праздника русского языка, проведенного в рамках декады «Филология»)Щербак Е.В., МКОУ СОШ № 42013-2014 уч.год...
Сценарий праздничного концерта, посвященного международному женскому дню 8 марта «Песни весны в кругу семьи» методическая разработка мероприятия (сценарий).
Данная методическая разработка является сценарием праздничного концерта, посвящённого международному женскому дню 8 марта. В разработке представлен полный сценарий со стихами, авторами и названиями пе...