Сценарий на Новый год
материал (5, 6, 7, 8, 9, 10, 11 класс)
Сценарий внеклассного мероприятия "Карнавальная ночь , шоу "ТОЧЬ-В- ТОЧЬ"
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
stsenariy_novyy_god_2023.docx | 20.27 КБ |
Предварительный просмотр:
Саҥа дьыллааҕы хаамыы
Буолар күнэ: 28.12.22
Бириэмэтэ:
Ыытааччылар:
Тымныыогонньор:
Хаарчаана: Кузьмина Василина
Сана дьыл: Филиппов Артур
Бастакы чааһа
Саҥа дьыллааҕы фоновай музыка.
Үөрүүлээх чаас.
Орто уонна сүһүөх вальстара.
(вальстаан баран ыытааччылар тута миэстэлэрин булаллар)
Фанфар.
1 ыытааччы: Саргылаах саҥа дьылынан!
2 ыытааччы: Соргулаах саҥа дьолунан!
1 ыытааччы: үтүө киэһэ буолуохтун күндү доҕотторбут, убаастабыллаах учууталлар уонна манна мустубут күндү мааны бары ыалдьыттар!
2 ыытаччы: бука барыгытын куобах сыла тиийэн кэлбитинэн итиитик-истҥник эҕэрдэлиибит!
1 ыытааччы: саамай күүтүүлээх, алыптаах кыһыҥҥы бырааһынньыкпытын, саҥа дьылы көрсөргө бэлэмҥит дуоо? Өссө төгүл ыһытаан-хаһытаан ылыаҕын!
2 ыытааччы: иннэ диэн туран саҥа дьыллааҕы дьоро киэһээбит үөрүүлээх чааһын саҕалыаҕын!
Фанфар.
1 ыытааччы: эҕэрдэ тылы биэрэбит “Чакыр нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии баһылыгар Константин Иннокентьевич Лебедевка.
Фанфар.
Баһылык наҕараадата.
Фанфар.
2 ыытааччы: биһиги оскуолабыт оҕолоро үөрэнэллэрин тухары киэн билиини-көрүүнү, туох эрэ саҥаны билэ-көрө сатыыллар. Ол билиилэрэ сыана буолар. Түөрт-биэс сыанаҕа үөрэнэр үөрэнээччилэри Саҥа дьыл күн чиэстиир үтүө үгэстээхпит.
1 ыытааччы: билигин эһиги иннигитигэр тахсыахтара туйгун, үчүгэй үөрэнээччилэр.
2 ыытааччы: туйгун үөрэнээччилэри чиэстииригэр сыыанаҕа ыҥырабыт оскуолабыт директорын Александра Васильевна Неустроеваны (фанфар).
Туйгун үөрэнээччилэр (список).
1 ыытааччы: үчүгэй үөрэнээччилэри чиэстииргэ ыҥырабыт дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччыны Саргылана Николаевна Филиппованы (фанфар).
2 ыытааччы: өссө төгүл туйгун, үчүгэй үөрэнээччилэри ытыспыт тыаһынан эҕэрдэлиэҕин! (фанфар).
1 ыытааччы: дьэ эрэ оҕолоор, өрөйүҥ-чөрөйүҥ!!!! Салгыы саҥа дьыллааҕы күрэхтэр кыайыылаахтарын, призердарын истиэҕин!
2 ыытаачы: “Саҥа дьыллааҕы фантазия» истиэнэ хаһыатын күрэҕин түмүгүн иһитиннэрэллэригэр ыҥырабыт дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлин Филиппова Саргылана Николаевнаны
- 5-8, 9-11.
1 ыытааччы: «Карнавал бэлиэтэ» күрэҕин түмүгүн иһитиннэрэллэригэр ыҥырабыт дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлинМитина Мария Петровнаны
2 ыытааччы: “Саҥа дьыллааҕы түннүк” дьиэ киэргэн күрэҕин түмүгүн иһитиннэрэллэригэр ыҥырабыт дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлин Варламова Александра Дмитриевнаны.
1 ыытааччы: бары кыайыылаахтары, ситиһиилээхтэри өссө төгүл эҕэрдэлээн биэриэҕин, оҕолоор, ытыспыт тыаһын харыстаамыаҕын!
2 ыытааччы: саҥа дьылбытыгар өссө биир суолталаах ыалдьытынан, улаханныын-кыралыын бары күүтэр ыалдьыппытынан Тымныы оҕонньор буолар.
1 ыытааччы оскуолатааҕы саҥа дьылбытын кини быһа гыммакка хайаан даҕаны таарыйан ааһар. Бүгүн да таарыйара буолуо диэн эрэнэбит.
(Тымныы оҕонньор оригинально тахсар)
- Эҕэрдэлииллэр, подароктарын түҥэтэллэр.
2 ыытаачы оҕолоор, Тымныы оҕонньорго, хаарчаана кыыспытыгар, Саҥа дьыл уолбутугар махтаныаҕын уонна атаарыаҕын!
1 ыытааччы: манан биһиги үөрүүлээх чааспыт түмүктэнэр. Салгыы чаас аҥаардаах тохтобул.
2 ыытааччы: ол кэннэ эһиги бэлэмнээбит нүөмэрдэргитин көрүөхпүт.
1 ыытааччы: Дьэ эрэ оҕолоор, күндү көрөөччүлэр! Бүгүн эрэ, биһиэхэ эрэ, Чакырбыт сыанатыгар “ТОЧЬ, В ТОЧЬ»саҥа дьыллааҕы выпуһун саҕалыыр!
2 ыытааччы: Бүгүн киэһээ биһиги сыанабытыгар саха эстрадатын арыыстарыттан саҕалаан, Россия, Аан дойду бастыҥ артыыстара ыллаан-туойан, үҥкүүлээн ааһыахтара диэн эрэнэбит.
1 ыытааччы: саҕалыахпыт иннинэ бүгүҥҥү күрэх дьүүллүүр чилиэттэрин билиһиннэриэҕин.
2 ыытааччы: Неустроева Александра Васильевна – Семен Степанович Яковлев-Эрилик Эристиин аатынан Чакыр орто оскуолатын дириэктэрэ.
1 ыытаачы Макарова Сардаана Яковлевна – Филиппов аатынан норуот култууратын дьиэтин ...
2 ыытааччы Егорова Дария Васильевна – Күнчээнэ оҕо саат уһуйаанын баспытаатала.
1 ыытаачы Күндү көрөөччүлэр, Чакыр орто оскуолатын талааннаах үөрэнээччилэрин икки ардыларыгар “ТОЧЬ, В ТОЧЬ» күрэҕин саҕалыырбытын көҥүллээн.
2 ыытааччыбилигин тахсаары турар датскай бөлөх 1996 сыллаахха тэриллибит. Бу бөлөх уратыта диэн париктары уонна пластиковай көстүүмнэри кэтэллэр. Сыанаҕа көрсүн Картун Мотион группа!
(5 класс)
1 ыытааччы:билигин тахсаары турар российскай поп-группа “Евровидение 2020” ырыа күрэҕэр Россия аатын көмүскүүр чиэскэ тиксибитэ, пандемиянан сибээстээн күрэх онлайн форматынан ыытыллыбыта. Дохсун ытыс тыаһынан көрсүн, Литл Биг! (6 класс)
2 ыытааччы билигин тахсаары турар артыыһы бары бэрткэ диэн билэр буолуохтаахыт, Саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа, элбэх ырыа ааптара – Уля Сергучева – Күннэй! (7 класс)
1 ыытааччыбилигин эһиги иннигитэр тахсаары турар бөлөх анаан минээн 1979 сыллаахха буолбут Евровидение конкурска кыттарга диэн тэриллибит. Аҕыйах бириэмэ иһигэр хит айыллан, чаҕылхай тэтимнээх номер көрдөрөн 4 миэстэ буолбуттара, эдэр хамаандаҕа олус үчүгэй көрдөрүү. Уостан түспэт ырыа буолан билиннээҥҥи диэри ылланар ырыалардаах, Чингисхан бөлөх эһиги иннигитигэр! (8 класс)
2 ыытааччы 90-ус сыллар саҕаланыыта, дьон биһирэбилин ылан киэҥник биллибит советскай уонна российскай кэрэ аҥардарын поп-группата. Саамай биллэр Американ бой диэн ырыаны билбэт киһи диэн суоҕа буолуо. Ол курдук, сыанаҕа көрсүн, Комбинация! (9 класс)
1 ыытаачы Ырыаһыт, ырыаны оҥорооччу.Саха ырыатын сайдыытыгар сөҕүмэр кылаатын киллэрбит. 90-ус сыллар саҥаларыгар ураты суоллаах-иистээх «Дэриэбинэ» диэн ырыатынан саха эстрадатыгар биллэн барбыта. Кинини билбэт киһи диэн суоҕа буолуо – Бүөккэ Бөтүрүөп! Дохсун ытыспыт тыаһынан көрсүөҕүн! (10 класс)
2 ыытааччы уонна бүгүҥҥү күрэхпит бүтэһик кыттааччыларын көрсөбүт. Үҥкүү биэчэрдэригэр элбэхтэ тыаһаабыт ырыа – “майя хи, майя ху, майя ха ха» бары истэн билэр ырыаҕыт буолуохтаах, дьэ эрэ, хайа группа ыллыыр этэй? О зон! Күүстээх ытыспыт тыаһынан көрсөбүт, уонна тэҥҥэ үҥкүүлэһиэҕин диэн ыҥырабын! (11 класс)
1 ыытааччыМанан ТОЧЬ В ТОЧЬ күрэхпит түмүктэнэр.
2 ыытааччыБүгүн араас сыллардааҕы ырыаһыттар, бөлөхтөр пародияларын көрдүбүт.
1 ыытааччыСотору кэминэн, дьүүллүүр сүбэ түмүгү таһаарыа. Ол бириэмэҕэ диэри үҥкүү-битии.
2 ыытааччы Болҕойун! Болҕойун! Дьүүллүүр сүбэ түмүгү таһаарда!
1 ыытааччы сыанаҕа ыҥырабыт дьүүллүр сүбэ председателин уонна чилиэттэрин.
2 ыытаачытылы биэрэбит Неустроева Александра Васильевнаҕа.
Наҕараада.
1 ыытаачы Кырдьык даҕаны, бүгүн олус интэриэһинэй күрэх ааста. Талааннаах үөрэнээччилэрбитигэр махтанабыт!
1 ыытааччы Күндү көрөөччүлэрбит, дуоһуйа сынньаммыккыт буолуо диэн эрэнэбит.
2 ыытааччы Бары, үчүгэй тэтимнээх иэйиинэн күүс ылан, кэлэр 2023 сылы көрсөргө бэлэммит!!!
1 ыытааччы Салҕыы эһигини эҕэрдэлии кэллэ, Чакыр эдэр кэскиллээх, талааннаах ыччата -Адамов Стас!
2 ыытааччы эһигини эҕэрдэлииллэр, 6 кылаас үөрэнээччилэрэ ....
1 ыытааччы Манан биһиги дьоро киэһэбит түмүктэнэр, бары кыайыылаахтары истиҥник эҕэрдэлиибит!
2 ыытааччы салгыы кылаастарынан тарҕаһан, ирэ-хоро кэпсэтэн, бэйэ-бэйэҕитин эҕэрдэлэһэн, үҥкүүлээн, оонньоон-көрүлээн, биэчэргитин бэһиэлэйдик атаарыҥ!
Музыка. Кылаастарынан бырааһынньык, үҥкүү-битии.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Сценарий праздника Новый год 2012 по теме "Дед Мороз и год спорта" для 1-6 классов
Сценарий праздника Новый год разрабатывался в предверие года спорта и зимней олимпиады 2014 года....
Сценарий к Новому году
Сценарий к Новому году...
Сценарий мероприятия "Новый год - 2012"
Сценарий мероприятия для учащихся 5 - 11 классов "Новый год - 2012"...
Сценарий к Новому году
Дорогие друзья, Новый год – это праздник волшебства, смеха, красивых костюмов и , конечно же, под новый год сбываются даже самые заветные желания. Сегодня вы в этом убедитесь сами, на примере сказки «...
Сценарий праздника Нового года в младшей подготовительной группе «Нюша и Новый год!»
Сценарий для праздника в музыкальной школе. Дети 4-5 лет....
Сценарий праздника "Новый Новый год"
Мероприятие для учащихся 5 - 9 классов....
Сценарий на Новый год (своя разработка). Тема "Как Бабки-Ежки Новый год спасали"
В этом сценарии вы найдете сказочных персонажей, детективную линию, экологические призывы и т.д....