Рабочая программа 10 класс. Саха литературата
рабочая программа (10 класс)

Соловьева Валентина Дмитриевна

10 кылаас саха литературата, 3 чаастаах үлэлиир бырагыраама

 

Скачать:

ВложениеРазмер
Microsoft Office document icon rabochaya_progr_10_lit.doc239.5 КБ

Предварительный просмотр:

Министерство образовании и науки РС(Я)

МР «Мегино Кангаласский район»

Муниципальное бюджетное общеобразовательное учреждение

«Томторская средняя общеобразовательная школа имени братьев Г.А. и А.А.Пономаревых»

 Рассмотрено:

на заседании МО

Руководитель МО

______________________________

Согласовано:

Заместитель директора по УВР

Макарова Н.М. ___________________

 «____»____________20___ г.

Утверждаю:

Директор ОУ

Свинобоев Н.Н. __________________

 «____»____________20___ г.

Рабочая программа на 2019- 2020 учебный год

по родной литературе

Класс: 10

Учитель: Соловьева Валентина Дмитриевна

Учебник: Саха литературата,10 кылаас. Үөрэнэр кинигэ, икки чаастаах.  М.Т.Гоголева, Л.Ф.Молукова, Е.М.Поликарпова, У.М.Флегонтова ”Бичик”,2018с.

Количество часов в неделю: 3

Количество часов в год: 102

Планирование составлено на основе: Программа. Саха литературата. 10-11 кылаас. Бичик 2018сс. Е.М.Поликарпова, У.М.Флегонтова

10-11 кылаастары саха литературатыгар үөрэтиигэ туттуллар литература

Учебниктар:

  1. Саха литературата,10 кылаас. Үөрэнэр кинигэ, икки чаастаах.  М.Т.Гоголева, Л.Ф.Молукова, Е.М.Поликарпова, У.М.Флегонтова ”Бичик”,2018с.
  2. Саха литературата,11 кылаас. Үөрэнэр кинигэ, икки чаастаах.  Н.И.Филиппова, Г.А.Захарова, С.Г.Олесова, А.Ф.Саввинова ”Бичик”,2018с.

Методическай литературалар, эбии туһаныллар матырыйааллар:

  1. Саха литературата,10 кылаас. Хрестоматия. П.В.Максимова,Н.Н.Тобуруокап,Н.И.Филиппова “Бичик” 2006с.
  2. Литература кэрэһиттэрэ Хрестоматия. 10-11 кылаастар,У.М.Флегонтова,”Бичик”,2006с.
  3. Писатели земли олонхо, Д.В.Кириллин, В.Н.Павлова, С.Д.Шевков,Бичик, 2000с.
  4. Аман өс, Н.И.Филиппова, М.Т.Гоголева, Бичик,1994с.
  5. Саха тылыгар уонна литературатыгар тирэх бэлиэлэри туһаныы, В.В.Скрябин Я,1993с..
  6. Хоһоонноохтук ааҕыы, Е.М.Поликарпова, Я, 1992с..
  7. Саха оскуолатыгар уус-уран литератураны үөрэтии туһунан санаалар, Н.И.Бугаев, Бичик, 1998с.
  8. Саха литературата үйэлэр кирбиилэригэр, В.Б.Окорокова, Бичик, 2000с.
  9. Литература теорията, В.Б.Окорокова, Бичик, 2000.
  10. Саха литературатын уонна культуратын билиэн-көрүөн баҕалаахтарга, Дь.2000с.
  11. Саха литературатыгар тургутуктар В.Б.Окорокова, С.Г.Олесова, Дь.2010с.
  12.  Саха литературатын үөрэтиигэ учууталга көмө-пособие. Шишигина В.Р., Корякина А.Ф. 2012 с.

  Үөрэтии  сыала-соруга:

  • сахалыы литератураны сэргээн,кэрэхсээн,сатаан,өйдөөн ааҕарга үөрэтии; аахпыты бэйэ сайдыытыгар туһанарга туһулааһын;
  • ийэ тыл уус-уран күүһүн,кэрэтин,тыл илбиһин,хомуһунун үөрэнээччигэ  иҥэрии;
  • уус-уран айымньыны, араас геройдарын туһанан төрөөбүт норуот олоҕун, историятын, култууратын,үгэстэрин, сиэрин-майгытын арыйыы; киһи аналын, олоҕу дириҥник, таба өйдүүргэ үөрэтии;
  • төрөөбүт тылынан уус-уран айымньы айыллар үгэһин,кистэлэҥин,араас ньыматын билиһиннэрии;
  • өй-сүрэх мөккүөрүн ырытан ылыныыга, дириҥ, улаҕаалаах толкуйу арыйыыга тиэрдии;
  • бүтүн айымньыны эбэтэр быһа тардыыны литература теориятын өйдөбүллэрин туһанан ырытарга,сыаналыырга үөрэтии;
  • үөрэнээччи айымньылаахтык толкуйдуур уонна айар дьоҕура тобулларыгар суол аһыы;
  • уус-уран айымньыны уран тыллаах,ураты дьоҕурдаах,талааннаах дьон айарын өйдөтүү.

Үөрэтии технологията: сайыннарыылаах үөрэх

 

Үөрэтии уратыта:

  1. Хас биирдии оҕону дьарыкка киллэрэн үөрэнэргэ үөрэтии;
  2. саҥаны арыйыы үөрүүтүн үллэстии, өй мөккүөрүн, өй алтыһыытын тэрийии;
  3. бэйэ санаатын толору этэргэ, айымньыга олоҕуран дакаастыырга үөрэтии;
  4. айымньылары үөрэтиигэ проблемнай ньыманы туһаныы;
  5. суруйааччылар уус-уран маастарыстыбаларыгар оҕо болҕомтотун тардыы.

Үлэни тэрийии.

  • Тус туһаайыылаах дьарык.
  • Бэйэ соҕотоҕун эбэтэр коллективы кытта сэргэ үлэлээһинин тэрийии.
  • Туруоруллубут проблемалары быһаарыы.
  • Бэриллибит схеманан айымньыны ырытыы,инсценировка,бырайыактааһын.
  • Экскурсиялар ,өйгө үөрэтии,өйтөн суруйуулар,рефераттар
  • Тургутуктар.

Үөрэнээччи билиэхтээх:

Айымньыны билэр,өйдүүр туһугар кудуччу, сүүрдэн,сыныйан,талан ааҕар.

Булгуччу ааҕан билиэхтээх:

  • Сахалыы суруллубут аан маҥнайгы  айымньыны;
  • Маҥнайгы суруйааччылар А.Е.Кулаковскай, А.И.Софронов, В.В.Никифоров, Н.Д.Неустроев биирдии бөдөҥ айымньыларын А.Е.Кулаковскай, А.И.Софронов олохторун кэпсээнин кытта дьүөрэлээн философскай хоһоонноруттан;
  • П.А.Ойуунускай олоҕун кэпсээнин кытта дьүөрэлээн хоһоонноруттан уонна” Кыһыл Ойууну”;Эллэй,Күннүк Уурастыырап хоһоонноруттан; Күндэ биир кэпсээнин, Эрилик Эристиин, Амма Аччыгыйа биирдии сэһэнин,
  • 3-4 эдэр автор 1-2-лии айымньытын.

- 5-6 хоһоону  өйтөн ааҕар;

- классик суруйааччылар А.Е.Кулаковскай,А.И.Софронов,Н.Д.Неустроев.П.А.Ойуунускай олохторун,айар үлэлэрин толору,атын 3-4 суруйааччы олоҕун сүрүн түгэннэрин эбэтэр сорох айымньытын айыллыбыт историятын билэр;

- үөрэппит айымньытын туһунан сүрүн эбэтэр утарыта сыанабылы билсиһэр,айымньыны өйдүүргэ ,ырытарга туһанар;

- саха уус-уран литературата сайдыбыт сүрүн түһүмэхтэрин билэр; түһүмэх сүрүн уратытын,бэлиэ айымньыларын,олох хаамыытын,уларыйыытын кытта ситимнээн өйдүүр;

- суруйааччы сатабылын,айар стилэ, тыла-өһө туох уратылааҕын болҕойор,өйдүүр;

- литература үөрэҕин сүрүн өйдөбүллэрин,терминнэрин билэр, уус-уран айымньыны өйдүүргэ ырытарга туһанар;

- автор олоҕу анааран көрөр өйө-санаата айымньытыгар көстөрүн, ол арыллар сүрүн ньыматын өйдүүр;

- литература үөрэҕэр уонна критикатыгар тахсар үлэ сүрүн көрүҥүн (монография, ыстатыйа, анаарыы (обзор), сыанабыл, реферат уо,д,а), уратытын арааран билэр, айымньыны сыныйан билэр, өйдүүргэ туттар, туһанар.

 Уөрэнээччи сатыахтаах:

  • сахалыы ыраастык,ылбаҕайдык,санаатын сааһылаан саҥарары;
  • уус-уран айымньы  көрүҥүн,стилин тутуһан хоһоонноохтук,уус-ураннык ааҕары,кэпсиири (сиһилии,талан,кылгатан, айан);
  • проблемнай тиэмэҕэ биир эбэтэр хас да айымньыга олоҕуран толкуйдаан,.тойонноон өйтөн суруйары;
  • аахпыт айымньыга.көрбүт киинэҕэ, спектакльга, видео, телевизор киинэтигэр, ойуулуур-дьүһүннүүр искусство айымньытыгар о.д.а. бэйэтин санаатын, сыанабылын этэри,с уруйары;
  • литература,публицистика тиэмэтигэр ыстатыйа, очерк, репортаж, реферат суруйары, иһитиннэрии, дакылаат оҥорору;
  • литература, публицистика айымньытыгар аннотация оҥорору,литературнай-критическэй үлэни конспектыыры;
  • бэйэ суруйар үлэтигэр былаан, тезис, конспект оҥорор; эпиграбы, цитатаны туһанары;
  • литература олох уус-уран кэрэһитэ, туоһута буоларын учуоттаан, литература матырыйаалынан араас дьүүллэһиигэ,  диспукка, конференцияҕа кыттары, бэйэ санаатын олохтоохтук дакаастаан этэри;
  • норуот тылынан айымньытын стилинэн остуоруйаны, чабырҕаҕы, ырыаны, тойугу, оһуокайы айарга, толорорго холонору;
  • уус-уран литература стилин тутуһан араас көрүҥҥэ, жанрга айан холонору, суруйары;
  • литература тиэмэтигэр радионан, телевизорынан биэрии, биэчэр сценарийын суруйары.

Ытык өйдөбүллэри үөрэнээччигэ иҥэрии түмүгэ.

  • киһи сайдыылаах уонна ситиһиилээх буоларыгар төрөөбүт тылынан ааҕыы суолтатын өйдүүр;
  • уус-уран литератураны тылынан   искусство ураты көрүҥүн быһыытынан сыаналыыр;
  • тулалыыр эйгэ туһунан билии-көрүү ааҕыы көмөтүнэн кэҥиирин, дириҥиирин өйдүүр;
  • норуот айымньыта уонна уус-уран литературата саха төрүт олоҕун-дьаһаҕын, историятын.тылын-өһүн.култууратын көстүүтэ буоларын өйдүүр,сыаналыыр;
  • Саха сирин, Россия уонна аан дойду норуоттарын чулуу айымньыларын ааҕар, атын норуот култууратын,литературатын ытыктыыр;
  • үтүөнү-мөкүнү, сырдыгы-хараҥаны арааран, сиэри тутуһуу, амарах, аһыныгас, дьоҥҥо кыһамньылаах майгы үчүгэйгэ тиэрдэрин өйдүүр.

Үөрэнээччи билиитин бэрэбиэркэлиир,хонтуруоллуур үлэлэр көрүҥнэрэ.

  • Күннээҕи хатылыыр сорудахтар, тиэмэни түмүктүүр семинар уруоктар, анал тиэмэҕэ диспуттар.
  • Чиэппэрдээҕи хатылыыр үлэлэр,тургутуктар,литературнай диктаннар.
  • Бырайыактыыр улэлэр,сыл аҥарынан ,сыл түмүгүнэн хонтуруоллуур үлэлэр,тургутуктар.

Календарнай тематическай былаан

Салаа

Салаа аата

Уруок ахсаана

Билиини иҥэрии, үөрэтии, иэйиини уһугуннарыы

Сатабылы иҥэрии, сайыннарыы

Дьиэҕэ сорудах

Былаан

күнэ, ыйа

Бэрилли

бит күнэ

I

Норуот тылынан уус-уран айымньыта

1

2

3

Киирии. Норуот ырыата. Олоҥхо.

Сергей Афанасьевич Зверев – Кыыл Уола (1900-1973)

Айхал эйиэхэ, Аар Тайҕа!

3

Олорон ааспыт олох, өй-санаа, көстүүтэ, аан дойдуну анаарыытын билии, олох сыаннастарыгар сыһыан, киһилии сиэрдээх буолуу кэриҥнэрин өйдөтүү

Норуот тылынан уус-уран айымньытын норуот ырыатын ис хоһоонун билэр. С.Зверев туһунан билэр. Айылҕа уонна икһи өйдөбүлгэ бэйэтин санаатын үллэстэр.

Биир эмэ норуот ырыалатын билэн кэл

Стр 16

бэлиэтэнии

4

5

6

7

8

9

Платон Алексеевич Ойуунускай – Олоҥхоьут суруйааччы. (1893-1939)

Дьулуруйар Ньургун Боотур.

  1. Киириитэ.
  2. Орто дойду олоҕун булларыы
  3. Орто уонна Аллараа дойду олохтоохторун атааннаһыылара.
  4. Ньургун Боотур уонна Тимир Дьигистэй охсуһууларыттан Аллараа дойду эмсэҕэлээһинэ
  5. Дьылҕа Тойон быһаарыытын үс дьөһөлдьүттэр тиэрдиилэрэ.
  6. Ньургун Боотур Туйаарыма Куону, Күн Дьирибинэни босхолооһуна.
  7. Кыыс Ньургуну абааһы майгытыттан араарыы, киһититии.

Олоҥхону түмүктүүр

уруок.

6

Былыргы үйэлэр мындааларыгар айыллыбыт эпическай айымньы суолтатын өйдөтүү. Тулалыр эйгэни сылыктаан көрүү, баай ис хоһоонноох айымньыны сыаналыырга үөрэтии.

П.А.Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун боотур» олоҥхотун туһунан анаан дьүүллэһии

Тылынан уус-уран чыпчаалын, чулуу ситиһиитин сыаналыыр. Сүрүн ис хоһоонун, норуот сырдыкка тардыһыытын өйдүүр. Дьикти баай ойуулуу-дьуһуннуур ньымалары билэр.

Сиһилии ааҕыы, стр 21-32

Тылбытын байытабыт, тылдьытта оҥоһун

Ааҕыы, стр 38-43

52-55стр ааҕыы.

II

Саха уус-уран литературата

10

 Афанасий Яковлевич Уваровскай.

А.Я.Уваровскай уонна кини «Ахтыылара»

1

Саха литературатын үөскээбит уонна сайдыбыт сүрүн түһүмэхтэрин

билиһиннэрии. «Ахтыылар». Литература маҥнайгы пааматынньыгын кытта билсиһиннэрии.

Саха литературатын туһунан кэпсэтиигэ санааны сааһылаан этии.

А.Я. Уваровскай олоҕун айар үлэтин сүрүн түгэннэрин кытта билсиһэн, саха олоҕор суолтатын ыраҥалааһын кэпсэтиигэ кыттыы.  

Ааҕыы, стр 60-64

11

12

13

АХТЫЫЛАР.

Уваровскай О.Н.Бетлиҥҥа суруга.

А.Я. Уваровскай. Саха киһитин уратытын сиһилээһин. Айар стилэ.

1

1

1

Суруйааччы олоҕу анааран көрөр өйө-санаата айымньытыгар көстөрүн, ол арыллар сүрүн ньымаларын өйдөтүү.

Суруйааччы сатабылын, айар стилин, тыла-өһө туох уратылааҕын туһунан тус санааны этии. Ийэ, айылҕа уобарастарын туһунан суругунан анаарыы.

Ыйытыылар уонна сорудахтар

стр 64

чинчийэр үлэ стр.65

14

Өксөкүлээх Өлөксөй – А.Е. Кулаковскай – саха уус – уран литературатын төрүттээччи.

1

Өксөкүлээх Өлөксөй – А.Е. Кулаковскай – саха уус – уран литературатын төрүттээччи, бөлөһүөк – поэт, сырдатааччы, чинчийээччи буоларын өйдөтүү, киэн туттуу иэйиитин уһугуннарыы.

Өксөкүлээх Өлөксөй . Конспектыыр, ону туһанан кэпсиир үөрүйэҕи сайыннарыы.

Кэпсииргэ бэлэмнэн.

15

«Ойуун түүлэ». “...икки атах иэдээнэ”. Айылҕа уонна киһи.

1

Икки атах иэдээнэ туохтанын туһунан А. Кулаковскай тиэрдэр сүрүн санаатын өйдөтүү.

Айымньы туһунан проблемнай боппуруостарга билиҥҥи кэми кытта сыһыаран кэпсиир үөрүйэҕи сайыннарыы.

Ааҕыы, стр 66-74

16

«Ойуун түүлэ» поэмаҕа норуоттар сыһыаннаьыылара.

1

Аан дойду норуоттарын сыһыаннарын күөнүгэр саха норуотун инники дьыл5атын, олоҕо тупсар суолун туһунан автор санаалара буоларын итэҕэтии.

 Кулаковскай анаалыырын билиҥҥи кэми кытта сыһыаран анализтыыр үөрүйэх.

Сыныйан ааҕыы, стр 74-83

17

«Ойуун түүлэ» Норуот тыыннаах буолар суола-ииһэ. Поэма сүрүн санаалара уонна билиҥҥи кэм.

1

«Ойуун түүлүн» сүрүн санааларын билиҥҥи кэмҥэ сыһыаран өйдөтүү. Айымньы этэр ис хоһоонун тиэрдии.

Тэҥнээһин уонна анаарыы.

Ааҕыы, стр 88-96

18

ТСУ. «Ойуун түүлэ». Поэмаҕа автор уобараһа

1

А.Е. Кулаковскай айымньытыгар кини прогрессивнай өйдөөх- санаалаах киһи быһыытынан тиэрдии

Бэриллибит схеманан уобараһы оҥоруу..

Ситэрии

19

«Саха интеллигенциятыгар сурук»

1

Айымньыга киһи олоххо аналын хайдах көрөллөрүн ырытыы.

Бэйэни сыаналаныы. Бэйэ санаатын сурукка ти´иини сайыннарыы.

Кинигэтин булан көрүү.

20

Күлүмнүүр – В.В. Никифоров –бөдөҥ общественнай деятель.

«Манчаары»

1

В.В. Никифоров норуотун ту´угар олорбут оло´ун сырдатыы.

Норуот дьолун тыыннммыттар тустарынан санааны этинии. Саҥарар саҥаны сайыннарыы

Конспектаныы стр 104.

21

«Манчаары» - маҥнайгы сахалыы драма. “Аламай күн баайдарга эрэ тахсыбата буолуо.

1

«Манчаары» драмаҕа Манчаары ата5астабылы утары турунуутун төрүөттэрин тиэрдии .

Тиэкистэн проблеманы бы´аарыыга наадалаах кэрчиктэри булар µ³рµйэГи сайыннарыы..

Ыйтыылар уонна сорудахтар.

 стр 109

22

«Манчаары»

“Хараҕа суох баттабыл мөлтүөҕэ, уурайыаҕа”

1

Манчаары бэйэтигэр эрэмньитин төрүөттэрин  өйдөтүү.

 Диспукка кыттан, Манчаары киһи киэнэ кыахтааҕын, харса суоҕун, хорсунун дакаастааһын. Манчаары кырдьыга туоххатын кэпсэтии.

Ыйытыылар уонна сорудахтар стр 122

23

«Манчаары»

Манчаары ырыатын ис хоһооно, этэр ис номо5о.

1

Манчаары баайдары утары турунуута көҥүл, дьоллоох, киһилии олоххо тардыһыытыттан буоларын  өйдөтүү.

Ырытыы.

Дириҥэтэн ырытыы стр 134

24

И.М.Гоголев - Кындыл. Манчаары.

1

«Манчаары» сэһэн дириҥ этэр ис хоһоонун ырытан өйдөөһүн.

Манчаары ороспуонньук дуу, көҥүл иһин охсуһааччы дуу? Сааһылаан ситимнээһин, анаарыы..

Ааҕыы. Стр 152-159

25

«Манчаары ааспат ахтыл5ана – төрөөбүт алааһа»

1

Манчаары норуот өйүгэр, номоҕор кэрэ кэпсээн буолта тугу бэлиэтиирий? Толкуйдааһын.

Мөккүөр. Бэйэ санаатын дакаастыы, көмүскүүр,  проблеманы быһаарар үөрүйэх

Ыйытыылар уонна сорудахтар  стр 159

26

А.И. Софронов –талааннаах драматург, прозаик поэт.

1

А.И. Софронов – саха уус – уран литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, талааннаах драматург, прозаик поэт.

Саха сиригэр бэчээт культурата, театр сайдыытыгар үтүөтµн  өйдөтүү. Хоһоон этэр ис санаатын тиэрдии.

Сүдү талаан, норуотум туһа диэн олорбут А.И. Софронов олоҕун туһунан эбии ааҕан, кэпсиир дьоҕуру сайыннарыы.

27

«Олох оонньуура»

Уйбаан  уонна Дьэкиим дьол туһунан өйдөбүллэрэ.

1

«Олох оонньуура»

Уйбаан уонна Дьэкиим дьол туһунан өйдөбүллэрин тэҥнээн ырытыы . «Баай диэн үчугэй да суол»-«аһаан- таҥнан олоробут, онтон ордук туох наада».  

Ырытыы, түмүктээһин.

Ыйытыылар уонна сорудахтар стр 168

28

«…тыала да суохха  мас хамсыыра кэллэ5инэ хамсыыр эбит».

1

Дьэкиим олох, дьол, ыйаах туһунан санаалара.. Норуот философията.

Сааһылаан ситимнээн, ырытыы.

Ааҕыы

стр 168-178

30

«… баайга ордук дьол суох эбит.»

1

Уйбаан «…мин сыыһа да олоҕу олордум..». Хараҥа санаа  иэстэбилэ суох буолбат.

Ырытыы уонна түмүктээһин. Проблеманы быһаарар үөрүйэҕи сайыннарыы.

Ыйтыылар уонна сорудахтар стр 186

31

«Баай - дьол» дуо?

Диспут уруок

1

«Баай - дьол» дуо? Санаа атастаһыыта, түмүк өйдөбүлгэ тиийии.

Айымньы туруорар проблемаларын кытта бэйэ санаатын ситимнээн, сааһылаан этиини сайыннарыы.

32

33

«Дьадаҥы Дьаакып»

2

Ортотун  көрөн дьаһаныы-

норуот өйүн – санаатын, оло5ун – дьаһа5ын философията буоларын өйдөтүү.

Ырытыы, түмүктээһин. Проблеманы бы´аарар үөрүйэх. Олох, дьол, анал туһунан анаарыы.

Ааҕыы, стр 199-209

34

Аҕалар уонна оҕолор.

1

Уус-уран айымньыга аҕа уонна оҕо уобараһын булар

Айымньыга проблеманы булар, быһаарар.

35

Н.Д. Неустроев –Күлүү маастара.

1

Н.Д. Неустроев олоҕун, айар үлэтин билиһиннэрии.

Кэниспиэктиир дьо5уру сайыннарыы.

36

«Куһа5ан тыын»

 « Марыына кыыһы ойох ылбыт киһи оҕонньор баайыттан тииһинэр дии»

1

Үөһэттэн кэлэн түһэр баайга баҕалаах  Куонаан, Силээхтэ Сэмэн уобарастара .

Алгоритмы туһанан уобараһы оҥоруу..

Ыйытыылар уонна сорудахтар стр 247

37

«Куһаҕан тыын». «Харчы диэн улахан күүстээх кыыл». «Түптүр хара»  Бырдаахап.

1

Уобараһы оҥоруу..

Ырытыы. Сыаналааһын. Алгоритмы туһанан уобараһы оҥоруу.

Диринэтэн ытырыы стр 247

38

Диспут.

А.И. Софронов «Олох оонньуура»

Н.Д. Неустроев «Куһа5ан тыын» айымньыларга олоҕуран, дьол туһунан сэһэргэһии.

1

Дьол, олох, ыйаах туһунан санаа үллэстиитэ, мөккүөр.

Мөккүөргэ бэйэ санаатын дакаастыырга үөрэнии. Атын мөккүһээччи санаатын истии, убаастаа´ын. Ырытыы, сыаналаа´ын, түмүктээһин.

39

 «Саха литературатын төрүттээччилэр айымньыларыгар», муммут дьону көрдөрүү. Теманы түмэр уруок.

1

«Саха литературатын төрүттээччилэр айымньыларыгар». өйтөн суруйуу..

Айымньы айыллыбыт ньымаларын, автор айар маастарыстыбатын ырытыы.

Ситэрии

40

Литература төрүт өйдөбүлүн кылгас тылдьыта. Уус-уран айымньы. Көрүҥэ. Уус-уран ньыма.

1

Литература өйдөбүллэрин хатылааһын, чиҥэтии, өйгө тутуу

Конспектаныы.

Ситэрии

II

Саха уус – уран литературата 1920-1930 сс

41

П.А. Ойуунускай. Норуот дьоло – кини дьоло. «Кыһыл ойуун».

1

Саха уус – уран литературатыгар революция  романтиката.

 П.А. Ойуунускай. Олоҕо, айар суола. «Кыһыл Ойуун» поэма-тойукка араас сыллардааҕы сыанабыллары ырытыы.

Былааны оҥоруу. Алгоритмы туһанан кэпсээтин. Бэйэ сыанабылын биэрии.

Конспектаныы эргэ кинигэттэн

42

 «Кыһыл ойуун». «Мөккүөр бөҕөнү  мөҥүрэттим».

1

Кыһыл Ойуун «хара норуот хараҕын аһарга» турунуута.

Айымньыны ырытыы,түмүктээһин, сааһылаан ситимнээһин.

Ааҕыы, стр 4-14

43

Кыыл ойуун уонна Саһыл ойуун. Олох улуу мөккүөрэ.

1

«Кыһыл Ойуун» поэма-тойукка эргэ уонна саҥа, үтүө уонна мөкү күрэстэһиитин өйдөтүү.

Ырытыы, айымньыттан дакаастабыллары булуу, сааһылаан саҥарыы.

Ыйытыылар стр 20

44

«Кыһыл ойуун» олоҥхо – тойукка  эргэ уонна саҥа, үтүө уонна мөкү күрэстэһиитэ.

1

«Кыһыл Ойуун» поэма-тойукка эргэ уонна саҥа, үтүө уонна мөкү күрэстэһиитин өйдөтүү. Символ уобарастар суолталара.

Айымньы тылын туттан проблеманы быһаарыы.

Ыйытыылар стр 36

45

ТСУ  Түмүк уруок

«Өрөгөй төлөннөөх өйгүнэн өлүмэ!»

1

Айымньы сүрүн санаатын өйдөтүү.

Ырытыы,түмүктээһин, сааһылаан ситимнээһин.

46

А.А. Иванов Күндэ – саха биир бастакы үөрэхтээ5э.

1

А.А. Иванов Күндэ олоҕун, айар суолун билиһиннэрии.

Сааһылаан толкуйдуур дьо5уру сайыннарыы.

47

Төрөөбүт сир. Сааскы дьылбыт. хоһоонноро

1

Күндэ хоһоонноругар үрдүк күүрээни биэрэр сатабыл .

Хоһоону ааҕыыга хоһоон сүрүн санаатын, күүрээнин биэрэр сатабыл. Айымньы айыллыбыт ньымаларын, автор айар маастарыстыбатын ырытыы.

Ыйытыылар уонна сорудахтар стр 41

48

Солооһун. Сэһэнтэн быһа тардыы.

1

Сааһылаан толкуйдуур дьо5уру сайыннарыы

Ааҕыы стр 45-48

49

Тыа о5ото – К.О. Гаврилов – саха мындыр үөрэхтээ5э, суруйааччы.

1

Оло5ун, айар үлэтин билиһиннэрии

Ырытыы, чинчийии.

50

«Кэччэгэйтэн кэлтэгэй хамыйахтаах басыһар»,

1

Урукку кэм ыалын оло5ун сиһилээини чинчийии.

Сааһылаан толкуйдуур дьо5уру сайыннарыы

Ыйытыылар стр 56

51

«О5олоох ыалтан онноо5ор уот иччитэ үөрэр»

1

Урукку кэм ыалын оло5ун сиһилээини чинчийии.

Стр 62, уус-уран чинчийии

52

“Саха былыргыттан тугу өрө тутар эбитий?» Диспут уруок

1

Сааһылаан толкуйдуур дьо5уру сайыннарыы

53

Эрилик Эристиин – С.С. Яковлев – уһулуччу талааннаах суруйааччы,, олоҥхоһут.

 

1

Эрилик Эристиин – С.С. Яковлев – уһулуччу талааннаах суруйааччы ологун, айар суолун билиһиннэрии

Алгоритмы туһанан Эрилик Эристиин уобараһын оҥоруу.

54

55

«Маарыкчаан ыччаттара».

«Эрилик Эристиин айымньыларын геройдарын саҥалара …тыыннаах дьон бу кэлэн кэпсэтэ туралларын курдуктар».  Н.Н Тобуруокап.

2

Персонаж уратытын ойуулаан көрдөрүү сатабыла..

Билиини-көрүүнү истэн,ааҕан кэбэҕэстик ылар дьоҕуру сайыннарыы.

Ааҕыы стр 63-67

Ыйытыылар стр 75

56

«Кыһыл былаах аймалҕана»

1

Саҥа киһи айыллыытын  уус – ураннык арыйыы кистэлэҥин, ньыматын чинчийэн үөрэтии. Уус-ураннык кэпсээһин

Билиини-көрүүнү истэн, ааҕан кэбэҕэстик ылар дьоҕуру сайыннарыы.

Ыйытыылар стр 87

57

«Маарыкчаан ыччаттара» арамаан туһунан

1

 рефераттары көмүскээһин

Билиини-көрүүнү истэн,аҕан кэбэҕэстик ылар дьоҕуру сайыннарыы.

Бэйэ тылынан кэпсииргэ бэлэмнэн

58

Г.В.Баишев – Алтан Сарын

1

Оло5ун, айар үлэтин билиһиннэрии

Конспектаныы

59

“Кыһыл өрт» бэйиэмэттэн быһа тардыы

1

Алтан Сарын – саҥа тыллара (неологизмнара) тылдьыт оностуу

Ааҕыы, ырытыы

Айар, айымньылаах үлэ. Стр 95

60

Амма Аччыгыйа – саха сээркээн сэһэнньитэ

1

Сээркээн сэґэнньит Амма Аччыгыйа киґи сиэрин-майгытын итэ5этиилээхтик ойуулааґын маастара.

Айымньы айыллыбыт ньымаларын, автор айар маастарыстыбатын чинчийии.

61

«Сааскы кэм”

1

Киһи ис туругун арыйыы, айыл5аны, кыылы-сүөлү хоһуйуу, тыыннаах уобарастары арыйыы уратылараын  өйдүүргэ тиэрдии..

Уус – уран ньымалары болҕойо, чинчийэ үөрэнии.

Ааҕыы, стр 97-104

62

«Сааскы кэм” “Улахан уларыйыылар”

1

Ыйытыылар уонна сорудахтар стр 116

63

Суруйааччы айар лабораторията.

1

Киһи ис туругун арыйыы, айыл5аны, кыылы-сүөлү хоһуйуу, тыыннаах уобарастары арыйыы уратылараын  өйдүүргэ тиэрдии..

Уус – уран ньымалары болҕойо, чинчийэ үөрэнии..

64

ТСУ.Айар тыл а5ата  Амма Аччыгыйын  уус – уран маастарыстыбата.

1

Санааны сааһылаан суруйа үөрэнии.

Өйтөн суруйуу. Айымньы айыллыбыт ньымаларын, автор айар маастарыстыбатын чинчийии.

65

П.А.Ойуунускай

1

Амма Аччыгыйа Ойуунускайдыын Москваҕа суруйааччылар 1 съезтэригэр делегатынан сылдьыбытын туһунан билэллэр

Ааҕыы, ырытыы

Ыйытыылар уонна сорудахтар стр 129

66

«Киһи уонна айымньы»

1

Амма Аччыгыйа биир улахан 8лэтин кытары билси7ии

Аа5ыы, ырытыы.

Чинчийэр үлэ

67

Суорун – Омоллоон – Д.К. Сивцев саха народнай суруйааччыта,

1

Күкүр уус – истиҥ, эйэ5эс аҕа, биллэр уус, Күннэй саҥа үйэ киһитэ.

Ырытыы, чинчийии.

68

«Сайсары»

«То5о Ырыа Сайсары дииллэрий?»

1

Күкүр Уус кэлэн иһэр олоҕу ылыммакка мунаарыытын төрдө -баай киһини  таҥара оҥостуута буоларын  туһунан санаа5а тиэрдии.  

Ырытыы,чинчийии. Оруолунан аа±ыыны сайыннарыы.

Ааҕыы, стр 132-146

69

«Сайсары – көҥүл өй, күүстээх санаа көстүүтэ».

1

Күкүр Уус кэлэн иһэр олоҕу ылыммакка мунаарыытын төрдө -баай киһини  таҥара оҥостуута, ньүкэнэ буоларын  туһунан санаа5а тиэрдии.  

Ырытыы, чинчийии. Оруолунан ааҕыыны сайыннарыы.

70

ТСУ. «Мөкүөйэ уонна Сайсары»

1

Санааны сааһылаан суруйа үөрэнии.

Өйтөн суруйуу. Айымньы айыллыбыт ньымаларын, автор айар маастарыстыбатын чинчийии.

Ситэрии, үрүнэр таһаарыы

71

Уһуктубут кыраай ырыаһыта Күннүк Уурастыырап

1

Күннүк Уурастыырап  лирикатын ураты ньымата.

Айымньы айыллыбыт ньымаларын, автор айар маастарыстыбатын ырытыы. Айылҕаны хоһуйуу иэйиитигэр уґуйуу.

72

Ымыы уонна Налбыһах.

Киһи кэрэ иэйиитин, истиҥ сыһыанын хоһуйуу.

1

Күннүк Уурастыырап төрөөбүт айылҕаҕа таптал, чаҕылкай уобарастара.

Айымньы айыллыбыт ньымаларын, автор айар маастарыстыбатын ырытыы. Айылҕаны хоһуйуу иэйиитигэр уґуйуу.

Ааҕыы, стр 149-161

73

Уурастыыраптыы хоһуйуу.

1

Айылҕаны ойуулуур ньыматынан айарга холонуу

Айар дьоҕуру сайыннарыы.

74

С.Р.Кулачиков - Эллэй

1

Оло5ун, айар үлэтин билиһиннэрии

Конспектаныы

75

«Бырастыылаһыы», «Өкүлүүн»

1

Сэрии кэминээҕи биир чулуу айымньыны кытары билсиьии

Ааҕыы, ырытыы

III

Саха уус-уран литературата 1940-1950 сс

76

И.Д.Винокуров – Ча5ылхан

1

Киһи ис туругун арыйыы, тыыннаах уобарастары арыйыы уратылараын  өйдүүргэ тиэрдии..

77

Москватаа5ы хоһооннор

1

Улуу Кыайыы парадын Москва уруйдуур тема тула кэпсэтиһии

Санааларын сааьылаан этэллэр, ырытыыга кыттыьаллар

78

Герой туһунан ырыа. Уус-уран литератураны чинчийииттэн

1

Киһи олоҕун сыала норуокка туһата диэни ырытыһыы, тула сэһэргэһии

Санааларын сааьылаан этэллэр, ырытыыга кыттыьаллар

Өйтөн үөрэтии, стр 175

79

Н.М.Заболоцкай – Чысхаан

1

Оло5ун, айар үлэтин билиһиннэрии

80

Экзамен иннигэр

1

Сэһэнтэн быһа тардыыны ааҕыы. Сэрии кэннинээҕи устудьуоннар олохторун билсиьии

Ааҕыы, ырытыы

Ааҕыы, стр 177-190

81

Кыыс үөрүүтэ.

1

Ийэ барахсан оҕотун туһугар долгуйуутун сыаналааһын

Ааҕыы, ырытыы

82

«Ийэ сүрэ5э долгуйбатын»

1

Айымньыны ааҕан баран публицистика киэбинэн өйтөн суруйуу.

ситэрии

83

Е.С.Сивцев – Таллан Бүрэ туспа суоллаах иистээх тыл маастара

1

Таллан Бүрэ поэзиятын уус-уран уратыларын чинчийии.

Конспектаныы

84

85

«Уолан Эрилик»

2

Аа5ыы, ырытыы

Айымньы айыллыбыт ньымаларын, автор айар маастарыстыбатын чинчийии.

Стр 219 тыыннаах тыл

86

«Көҥүлгэ тардыһыы – бу үтүө уонна мөкү киирсиитэ»

1

Санаа тула кэпсэти7ии

Ырытыы, чинчийии. Оруолунан ааҕыыны сайыннарыы.

87

И. Арбыыта – И.Е. Слепцов – талааннаах поэт, тылбаасчыт

1

Арбыыта поэзиятын уус-уран уратыларын чинчийии.

Бэлиэтэнии

88

89

«Долгуннар».

2

Долгуннар бэйиэмэ тула кэпсэтиьии

Айымньы айыллыбыт ньымаларын, автор айар маастарыстыбатын чинчийии.

Стр 231. чинчийии

90

Уус-уран литератураны чинчийииттэн «Долгуннар туһунан

1

91

Даадар – Ф.Г. Винокуров – саҥа биллэн испит поэт хоһоонноро

1

Даадар – Ф.Г. Винокуров

хоһооннорун уобарастааһыннара.  

Айымньы айыллыбыт ньымаларын, автор айар маастарыстыбатын чинчийии. Төрөөбүт дойду кэрэ айыл5атын хоһоонунан хоһуйарга холонуу..

IV

92

Хотугу норуоттар литературалара

1

Хотугу норуоттар литератураларын үөскээбит уонна сайдыбыт сүрүн түһүмэхтэрин

билиһиннэрии.

Коспектаныы

93

С.Н.Курилов.

1

Оло5ун, айар үлэтин билиһиннэрии

Олоҕун туһунан бил

94

95

Ханидуо уонна Халерхаа

2

Айымньы айыллыбыт ньымаларын, автор айар маастарыстыбатын чинчийии.

Айымньыны  толорутун булан ааҕыы

96

«Бичик» саҥа кинигэлэрэ

1

Айар дьоҕурдаахтар  кинигэлэрин били´иннэрии.

Саҥаны ааҕар баҕаны уһугуннарыы.

97

 Билиҥҥи суруйааччылар айымньылара.

1

Айар дьоҕурдаахтар  кинигэлэрин билиһиннэрии.

Саҥаны ааҕар баҕаны уһугуннарыы.

98

Билиҥҥи суруйааччылар айымньылара.

1

Айар дьоҕурдаахтар  кинигэлэрин билиһиннэрии.

Саҥаны ааҕар баҕаны уһугуннарыы.

99

Билиҥҥи суруйааччылар айымньылара. Тыл-өс дьадайыыта,  саха тылын үйэлээх үгэһин уларыйыыта.

1

Тэҥнээһин.

Ырытыы, толкуйдааһын

100

Литература төрүт өйдөбүллэрин кылгас тылдьыта

1

Боппуруостарга эппиэт.

Тобулук өйү сайыннарар дьоҕур.

101

Сыллааҕы хатылааһын

1

Литературнай оонньуу.

Тобулук өйү сайыннарар дьоҕур.

102

Сыллааҕы хатылааһын

1

Хонтуруоллуур тиэс.

Тобулук  өйү сайыннарар дьоҕур.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Рабочая программа по предмету Язык Саха как государственный 5-9 классы.

Рабочая программа составлена на основе Программы для общеобразовательных организаций РС(Я) с русским языком обучения. 2-9 классы. Мин-во образования РС(Я), 2014г. Общее количество учебных часов в год ...

Саха тыла уонна литературата. 5 кылаас. Рабочая программа

Программа по якутскому языкуи литературе для 5 классов якутской школы. Рассчитана на 5 часов....

Рабочие программы класс(география)

рабочие программы 5-9 класс(2019)...

Рабочие программы класс(обществознание )

рабочие программы 6-9 класс по учебнику Боголюбова...

Рабочая программа по внеурочной деятельности по географии "Моя Родина - Республика Саха (Якутия)"

Рабочая программа по внеурочной деятельности по географии "Моя Родина - Республика Саха (Якутия)" для 8 класса. Краеведение...

рабочая программа класса предшкольной подготовки

рабочая программа класса предшкольной подготовки...

Рабочая программа по биологии 5-9 класс, Рабочая программа по внеурочной деятельности с использованием оборудования центра "Точка роста" 5 класс, Рабочая программа по химии, Рабочая программа по географии

Рабочая программа по биологии 5-9 класс, Рабочая программа по внеурочной деятельности с использованием оборудования центра "Точка роста" 5 класс, Рабочая программа по химии, Рабочая программ...